Кэпсээ
Войти Регистрация

Аныгы сибээс

Главная / Кэпсээн арааһа / Аныгы сибээс

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
02.07.2020 15:00
Тумаммыт үрэллэн, сандал саас салаллан, киһи бу күннэртэн кэрэни күүтэрэ элбээн иһэр. Тулабытыгар туох барыта сипсийэргэ дылы: саас, саас! — Нокоо, киирэ оҕус, уол кэлбит! – Маайа дьаһаллаах, эмиэ да үөрбүт-көппүт куолаһынан унаарытта. Маннык сонуну халлаан сырдаабыт кэмигэр истэр өссө үөрүүлээх буолар эбит. Соһуйумаҥ, ити Маайа хотун хотонуттан эригэр Киргиэлэйгэ суотабайынан эрийэр. Отучча сыл эн-мин дэһэн, кэлбит холоонноох доҕоро, ону эрэ кэтэһэн олорбуттуу, тута өйдүү оҕуста. Киэҥ холку көҕүстээх Киргиэлэй барахсан ойоҕо эрдэттэн бэлэмнээбит малын-салын бэрийбитинэн, аргыый наллаан сылдьар бэйэтэ арыый сытыырхайан, хомунан тахсан барда. Дьэ, бэрт, Маҥаачыктара төрөөбүт. Үүт, сүөгэй үрүлүйэ сүүрүүһү. Аныгы кэм кэлэн, суотабай диэн дьикти тэрил үөскээн абыраатаҕын көр. Ханна да тиий, этэргэ дылы, аан дойду барыта эн илиигэр киирбитин тэҥэ. Маайа даҕаны үрдүкү технологияттан туора турбат. Маннык сайдыылаах үйэҕэ ордук-хос хамсаныыны оҥорон, тоҕо төттөрү-таары сүүрэ сырыттаҕай?! Ол аайы сорук буолан илдьиккэ тэбинэр кыра оҕо суох. Дьэ, балысхан сайдыы диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Кунуопканы баттыаҥ эрэ кэрэх – санааҥ туолар. Оннук абыраллаах өҥө Маайа курдук дьоҥҥо олус табыгастаах. Кырдьаҕас ийэлээх аҕатын туох кунуопканы баттыырга эмиэ үөрэтэлээбитэ. Дэриэбинэ түгэҕэр тиийэн баран, ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалар Киргиэлэйин, оннооҕор ыраах тэлэһийэ сылдьар оҕолорун, балыстарын-бырааттарын — барыларын кытаанах хонтуруолга ылаттыыр. Онон «миигиттэн ханна да куоппаттар» диэн Маайа күлүгэр имнэнэр. Ыал ийэтэ, олоҕун аргыһыгар тэҥнээтэххэ, бэрт сытыы, чобуо киһи. Дьаһала, сорудаҕа хаһан да бүппэт. Киргиэлэй биир тылы саҥарыар диэри уону кутан куһугураппыта эрэ баар. Айылҕа барахсан сүрэхтэри холбуур, ыал буолуохтаах дьону сатаан көрүһүннэрэр. Саҥалааҕы саҥата суоҕу булуһуннаран, бачча ыал оҥортоотоҕо. Быһата, Киргиэлэйдээх Маайа таҥара тиксиһиннэртээбит дьоно – бэйэ-бэйэлэрин бэрт үчүгэйдик ситэрсэн биэрэллэр. * * * Киргиэлэйдээх үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара ыал буолан, хайыы-сахха икки сиэни бэлэхтээтэ. Онон эбэлээх эһэ сайыны эрэ кэтэһэллэр. Уоллаах кыыс сиэннэрэ чуопчаарбытынан киирэн кэлэллэрин туохтааҕар да күүтэллэр. Күннэрэ-ыйдара кинилэртэн эрэ тахсар. Самаан сайын салаллыа эрэр кэрэх, туох баар күндүлэрин, бу күн сирин кэрэтин барытын сиэннэригэр эрэ анаары, эбэлээх эһэ сарсыарда эрдэ оронноруттан ойон тураллар. Таапачыкаларын анньынаат, сүбэлэспит курдук, сиэннэрэ утуйа сытар хосторугар сүүрэн тиийэн өҥөс гыналлар. Сандаллаах Сандааралара муннулара буккураан, уһуктуохтара өссө да ыраах буолар. Дьэ, оччоҕо Киргиэлэй кэргэнин диэки көрөн бэркэ манньыйан «ээ, утуйа сыталлар» диэн минньитэр. Арай, ким эрэ «утуйумуналар» диэн чап гыннара охсуо. Ол да буоллар, Киргиэлэй ити ис-иһиттэн иэйбит тыллара буоларын Маайа эрэ билэр. Бэйэтэ эмиэ сылаанньыйан, тылыттан матар. Улахан кыыстара кэлэр-барар үлэлээх. Сири-сибиири бараата. «Ийээ, хайдаххытый?» диэн Москубаттан субуоннуур, туох сонуннаахтарын токкоолоһоору Турцияттан, Кытайтан, Европаттан кытта эрийэр. Төрөппүттэрэ биһиги сылдьыбатахпытын сылдьар диэн үөрэллэр. Аҕыйах күҥҥэ төлөпүөн ньим бардаҕына, кыыспыт дьиэтигэр кэлбит
диэн буолар. Ол да гыннар ийэ долгуйара тохтообот: «Хайа, хотуой, аан дойду араас муннугуттан эрийэр бэйэҥ ханна сүттүҥ?» — диир. Куруутун командировкаттан орпот кыыстара уоппуска диэни ылбат. Сайын оҕолорун ийэлээх аҕатыгар хаалларан, кэргэнин кытта үлэлииллэр. Уоллаах кыыстарын сураһан, төлөпүөн биир кэм оргуйан олорооччу. Маайа күтүөтүн бэйэтин оҕолорунааҕар ачаалатар. Күтүөт уонна сиэн диэн баар буолар эбит, күндү дьон. «Күтүөт айаннаан иһэр» диэн буолла да, остуолга ас мааныта тардыллыбытынан барар. Манна диэн эттэххэ, икки сиэни бэлэхтээн төрөппүттэрин сүрэҕин сүүйбүт дьон суотабайынан смс-таһан, сыччах биир смс-тан билсэн холбоспуттара. Уол аармыйаҕа сырыттаҕына, бииргэ сулууспалыыр уола төлөпүөн нүөмэрин «мин ыаллыы олорор кыыһым» диэн биэрбит этэ. Итини санаатаҕына, Маайа итии үүттээх чэйин сыпсырыйа-сыпсырыйа, «суотабай диэн абыраллаах да тэрил» диирин кубулуппат. Оттон иккис оҕо – уоллара Киэсэ – «көстүбэт фронт» киһитэ. Аҕатын курдук, им-дьим сылдьан үлэлиир-хамсыыр, ювелир идэлээх. Куоракка үөрэнэ барыаҕыттан Дьокуускайга хаалла. Хам-түм көстөн ааһар. Ыал буола илик. Кэтэһэллэр. Киһилэрэ ыксаабат. Маайаҕа тэҥнээтэххэ, суотабайы доҕор оҥостубатах киһи диэн кини баар. Тугу эмэ ыйытан эбэтэр эт, үүт, хортуоппуй ыытан эрэбин диэн эрийдэҕинэ, куруук «абонент недоступен» буолан иһэр. Маайа атын оҕолоруттан, тоҕо эрэ уолугар ордук долгуйарга дылы. «Кыргыттар булан сылдьыахтара» диир, онон уола ыал-күүс буолар күнүгэр тиийээ инибин диэн эрэх-турах сананар. Саамай кыралара – Айталы – устудьуон. Бука бары сүбэнэн үөрэттэрэллэр. Ньиэп, гаас уустук үөрэҕин баһылаары, Саха сирин тас өттүгэр үөрэнэр кыыһыттан аҕата сүрэҕэ ууллар. Онон Айталы «паапа оҕото» аатырар. Сайыҥҥы сынньалаҥар кэллэҕинэ, иккиэн суулаһан, окко киирэллэр, балыкка бараллар, аҕата массыынатын да көҥүллүүр. Устудьуон оҕо «харчым бүттэ» диэн биллэрдэҕинэ, ийэтэ сонно тута суотабайын үрдүгэр түһэр, улахаттарыгар сорудах биэрэ охсон, дьыаланы быһааран кэбиһэр. Дьэ, ити курдук Маайалаах Киргиэлэй дьиэ-уот оҥостон, оҕо-уруу төрөтөн, орто дойдуга кэлбит аналларынан тэринэн олороллор. Бээ, дьонуҥ аҕыйах сыллааҕыта эдэр, бэйэлэрэ оҕолонуох курдук санана сылдьыбыттара, сиэннэнэн, букатын умнууга хаалбыт, бадаҕа. Онон олох-дьаһах дьаалатынан этэҥҥэ устан иһэр. * * * Ыаллар Маҥаачыктарын үүтүнэн уоһах алаадьыта оҥоһуннулар. Амсатаары, кырдьаҕас төрөппүттэрин ыҥырдылар. Дьиэ иһэ саҥа буспут алаадьы минньигэс сытынан туолла. Уоһах алаадьыта... Минньигэс даҕаны-ы! Урут, Маайа сиртэн сэрбэйэ да илигинэ, эбэтэ барахсан ынаҕа төрөөтө да, сарсыарда «Маайыа, киирэ сырыт эрэ, бырааттанныҥ» эбэтэр «балыстанныҥ» диир буолара, ымсыырдыбыттыы «сүүһүгэр сулустаах, атаҕар чулкулаах, ойоҕоһунан алаадьылаах» диэн быһааран биэрдэҕинэ, биһиги киһибит чөрөс гына түһэрэ. Маайаны эрэ көрсөөрү, тарбыйах оҥой-соҥой көрөн турарын туһунан этэрэ. Оччоҕо кыыс бэркэ дьоһуннанан, сып-сап таҥна охсон, суол нөҥүө олорор дьонугар сүүрэ турара. Эбэтэ «дьэ, ким диэн ааттыыбыт?» дии тоһуйара. Онтон ыла Маайа ньирэйдэрин уол-кыыс диэн ааттыыр эбит. Сааһыран истэҕин аайы дьиктиргии саныыра элбиир. Тоҕо эбитэ буолла, ийэтэ биэрбит билиитинээҕэр
эбэтэ аҕыйах тылынан биирдэ этэн кэбиспитэ, көрдөрбүтэ өйүгэр хаһан да сүппэттии иҥмит. Хас сыл ааста... Кэлин ол түгэннэр өссө сырдаан, чаҕылыйан, өйдөнөн иһэргэ дылылар. Онон Маайа эбээ диэн ураты киһи баарын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билэн, хойут сиэннэрим эмиэ итинник саныахтара диэн, эбэтиттэн хаалбат буоларга дьулуһар. Сарсыарда аайы «эбэм күөрчэҕэ минньигэс да буолара» диэн уруккуну-хойуккуну эргитэ санаан, сиэннэригэр күөрчэх ытыйааччы. Кэлин эмиэ бэйэм курдук «эбэбит биһилэҕэ ытыкка «лыс-лыс» охсуллар тыаһа астык этэ» диэхтэрэ дуу дии саныыр. Чэ, бээ, Маайа санаата, аныгы үйэ балысхан сайдыытын тэҥэ, урукку да сыллары түргэнник уҥуордуу охсорунан маладьыас. Ок, кырдьаҕастар тайахтанан, олбуорга сылдьар ыттары үүртэлээн, иккиэн тутуһан киирэн иһэллэр эбит. Дьиэ хаһаайката чэйин хат сылыта охсоро наада. Кырдьаҕас ийэтэ таһырдьаттан Киэсэ уол сэкирэтээрин мөҥүттэн киирдэ. 82-с хаарын уулларан эрэр диэтэххэ, эмээхсин тэп курдук. Манна диэн эттэххэ, Натааһа эмээхсин сэриигэ баран эйэлээх олох иһин дьоруойдуу охтубут убайын аатын сүгэр сиэнэ Киэсэни кыратыттан маанылаан илдьэ сылдьар. — Ийээ, ол Киэсэ ханнааҕы сэкирэтээрэ? – Маайа остуолун тарда сылдьан күлэ-күлэ ыйытта. «Эмээхсин үйэлээх-сааһын тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыта таайар» диэн Киргиэлэй күлэн ылла. Оттон тэтиэнэх көрүҥнээх эрээри көрбөт буолан эрэр Ньукулай оҕонньор «олохпут сабыытыйата баай» диэн, куруук сөбүлээн туттар тылын саҥарбыта уопсай хартыына силигин ситэрэн биэрдэ. Ону истибэтэх курдук туттан, Натааһа: — Оттон ити Киэсэбэр сайыҥҥы барыанньабын ыытаары бэҕэһээҥҥиттэн төлөпүөннүү сатыыбын да, сэкирэтээрэ биир кэм «мунньахха да мунньахха» диир. «Тохтуу түс, кэлин эрийээр, олох солото суох» диир өссө. Тугу эрэ балыыҥкалыыр ээ, быһыыта. Бэйи, арай, билигин иллэҥсийбитэ буолаарай?.. — Натааһа сонун устан, сэлиэччигин сиэбиттэн сиэннэрэ бэлэхтээбит төлөпүөннэрин ороото. — Көр бу! Туох уһун синньигэс мунньахтаахтара буолла! – эмээхсин сөбүлээбэтэхтии төлөпүөнүн остуолга үҥүлүттэ. Уой, Маайа, кыынньыбыт ийэтиттэн, хата, быара быста сыһыар диэри күллэ. «Абонент недоступен. Перезвоните позже». Буолумуна, Киэсэ уол төлөпүөнэ хаһан холбоно сылдьыбытын! Киэсэ бэйэтэ-бэйэтигэр үлэлиир киһи ханнааҕы сэкирэтээрэ кэлиэй?! — Ийээ, ити сибээстэрэ хаппат буолан хаалар, сотору бэйэтэ эрийиэ, — диэн быһаара сатаата да, эмээхсин сымныах быһыыта суох. Түүннэри-күнүстэри мааны оҕотун Киэсэни «манаан» олорор, эбиитин нууччалыы саҥарар дьахтары Натааһа иһигэр олох киллэрбэтэ. Ити курдук мучумааннана олордохторуна, Маайаҕа смс кэллэ. — Ийээ, дьэ, Киэсэбит кэллэ быһыылаах, — диэтэ. Дьиэлээхтэр, ордук Натааһа эмээхсин, иһийэн, бары Маайа илиитэ хамсыырын батыһа көрөн олордулар. Арай, доҕоор, Маайа күлэн мичилийэ турбут мөссүөнэ биирдэ кубарыс гына түстэ. Натааһа «Туох буолла? Туох буолла?» диэн умайыктана түстэ. Киргиэлэй сүрэҕэ «парк» гынна. Кырдьаҕас оҕонньор халыҥ ачыкытын быыһынан тугу да булан көрбөтө. Маайа салҕалас куолаһынан аат эрэ харата аахта: — «Мама, я в беде... Положи 200 рублей на этот номер... Потом объясню...» Маайа
«Айталы Куом!..» диэбитинэн уҥуоҕа халыр босхо баран, кууллаах бурдук курдук аттыгар турар олоппоско суулунна. Киргиэлэй тугу гыныан, туруон-олоруон билбэккэ дөйүөрдэ. Натааһа эмээхсин үүтүн тохпут оҕолуу хараҕа эрэ хамсаан хаалла. Оттон кырдьаҕас эһэлэрэ, дөйүҥү буолан, тугу да истиминэ, нөрүччү туттан олордо. Киргиэлэйдээх дьиэлэригэр улахан араллаан таҕыста... * * * Суумка түгэҕэр төлөпүөн вибрацията тохтообот. Кыыс нарын илиитинэн ылбыта, дьоно эрийэллэр эбит. Айталы «тыый, туох буоллахтарай?..» диэн сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн кэллэ. Эбэм?.. Эһэм?.. Дьонум?.. Кыыс илиитин уунан, көҥүллэтэн, көрүөдүргэ ыстанна. Ол тухары төлөпүөнэ өрө биэрэн тохтуох быһыыта суох. Кэмниэ кэнэҕэс үрдүк, халыҥ ааны сэгэтэн, лиэксийэ буола турар саалатыттан таҕыста. — Алее!.. – диэтэ кыыс, тыын быһаҕаһынан. Төлөпүөҥҥэ ийэтин ыксаабыт саҥата кутуллар. Устудьуон кыыс сүрэҕэ күүскэ мөҕүстэ... Оо, ийэм барахсан!.. Туохха маннык айманнаҕай? Туох ааттаах ыксаатаҕай? Өйдөөн-дьүүллээн истибитэ «Айтакуом, ханна бааргыный?» диир эбит. — Үөрэнэ олоробун... Туох буолла? — Туох буолуохпунуй? Эн туох буоллуҥ? – Маайа үөс-батааска биэрбэккэ кыыһыттан утары ыйытта. — Суох... Ийээ, уоскуй... Туох да буолбатым, лиэксийэҕэ олоробун ээ. — Оттон смс кэллэ дии! «Кыыһыҥ Айталы туох эрэ буоллум, харчыта ук, кэлин барытын быһааран биэриэм» диэн! ¤уу, дьэ, Айта ийэтэ туохтан бачча айылаах аймаммытын өйдөөтө. Бэйэтэ уоскуйа быһыытыйан, холку куолаһынан: — Ийээ, ээ, итинтэн бу үлүгэр буоллуҥ дуо? Массыанньыктар дии. — Туох массыанньыктара?! Ханнык массыанньыктарга бааргын? Этэ оҕус! – Маайа куолаһа дуорайан олордо. — Итинник смс-тары ыыталлар диэн быһайын кэпсээбитим дии. Ону эһиги укпатыгыт ини? — Кимнээх ыыталлар?! Тоҕо ыыталлар? Аҕаҥ харчы уга барбыта, былыр үйэҕэ... Ол икки мөһөөх аайы... Айта, чахчы барыта этэҥҥэ дуо? Кырдьык үөрэнэ олороҕун дуо? — Кырдьык буолумуна. Тоҕо сымыйалыахпыный? — Айталы, эт эрэ, мин маама буоларбын хантан билбиттэрий! – Маайа илигирэс куолаһынан ыйытта. — Хантан билиэхтэрэй, сөп түбэһэн хааллаҕа дии. Ийээ, киһини куттааҥҥын. Чэ, сөп, мин аудиториябар киирдим. Бүтэн баран эрийэ сылдьыам. * * * Аныгы сибээс абыралын эрэ билэ сылдьыбыт Маайа кыыһын холку куолаһын истэн арыый уоскуйда. Ол да буоллар, сүрэҕэ тэппитэ намыраан биэрбэтэ. Төлөпүөнүнэн итинник албын-көлдьүн баарын билбэккэ сылдьарыттан бэркиһээтэ. Бу кэмҥэ оҕотун өрүһүйэр аһыныгас санаалаах айыы киһитэ Киргиэлэй барахсан «харчы ылбаттар эбит» диэн киирэн кэллэ. Сорох-сорохтор сүрэх эмин иһэн, уйаларыгар киирбит ууну аһараары, арааһы кэпсэтэн уоскуйа сатаатылар. Арай Ньукулай оҕонньор «олохпут сабыытыйата баай» дии-дии, уоһахтаах алаадьыны амсайа олордо. Василина ПОПОВА.
kyym.ru сайтан