Кэпсээ
Войти Регистрация

Суруллубукка эргиллэн. Өйүүллэр. Өссө эрэнэ күүтэллэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Суруллубукка эргиллэн. Өйүүллэр. Өссө эрэнэ күүтэллэр

K
edersaas.ru Категорията суох
07.12.2020 18:00
Туох баарынан эттэхпинэ, суруйууларбын билигин даҕаны дьон ааҕыа диэбэт этим. Биир эмэ киһи көрдөҕүнэ баһыыба диирим. Онтум букатын атын буолан биэрдэ. Ааспыт ыйга ырыа айааччы, самодеятельнай композитор А.К.Калининскай уһун кэмнээх айымньылаах үлэтинэн “СӨ народнай артыыһа” Бочуоттаах ааты ылар күнэ-ыйа, кэмэ кэлбитин туһунан суруйбутум. Ол «Эдэр саас» саайтка тахсыбытын элбэх киһи көрөн, санаа атастаһыыта тахсыбыта сүрдээҕин үөртэ. Онон сибээстээн, санаа атастаһыытын түмүктүү таарыйа, аҕыйах түгэҥҥэ тохтоору гынабын. edersaas.ru, Милан Афанасьев Бастатан туран, суруйуубун аахпыт, ол аата санаабын өйөөбүт, биһирээбит, сэҥээрбит, түмүгэр миигинниин сөбүлэспит бары ааптардарга махталым бастыҥын, баһыыбам маанытын тириэрдэбин. Маладьыастар диибин итиэннэ ити курдук актыыбынай позицияҕытын ыһыктыбаккытыгар баҕарабын. Дьэ, билигин ол киирбит санаалары көрүөҕүҥ эрэ. Бастаан, хантан суруйбуттарын көрдүм. Саамай элбэх киһи Дьокуускайтан суруйбут, ону чугас да, интернеттэрэ да үчүгэй буоллаҕа диибин. 4 киһи санаатын Кэбээйиттэн ыыппытын биир дойдулаахтарын, уолларын кытары бииргэ буолалларын, мэлдьи өйүүллэрин туоһутун курдук ылынным. Куорат тулатыттан: Хатастан уонна Тулагыттан эмиэ 4 киһи санаа атастаспыт. Балар бары А.К.Калининскайдыын бииргэ үлэлии, алтыһа сылдьыбыттар, билигин даҕаны тэҥҥэ күннээҕи кыһалҕаларын үллэстэллэр эбит. Ол иһин кинилэри эрэллээх доҕотторго киллэрдим. Уус Алдантан уонна Мэҥэ Хаҥаластан 2-лии, Бүлүүттэн, Тааттаттан, Хаҥаластан уонна Намтан 1-дии сурук кэлбит. Хас да киһи хантан суруйбуттарын ыйбатахтар… Кимнээх, туох дьон, суруйбуттарын көрдүм. Биир табаарыһым күлэн этэринии статустарын. Манна бааллар: бэйиэттэр, суруйааччылар, суруналыыстар, учууталлар, култуура үлэһиттэрэ, государственнай сулууспалаахтар, биэнсийэлээхтэр, суут-сокуон үлэһиттэрэ. Биллэн турар, саамай элбэхтэрэ – култуура үлэһиттэрэ. Манна эмиэ үгүстэр туох дьарыктаахтарын ыйбатахтар. Кинилэри А.К.Калининскай чугас доҕотторун, биир идэлээхтэрин, үөлээннээхтэрин курдук ылынным. Онтон атын суруйуохтара эбитэ буолуо. Үһүс түгэн. Дьэ, тугу суруйбуттарый, ол дьонуҥ дииргит биллэр. Эппиэттиибин. Бастатан туран, 12 киһи өйөөбүт. 9 киһи мин суруйуубун кытары толору сөбүлэспит. 6 киһи мин санаабар кыттыспыт. Оттон сэҥээрэрэ уонна сэргиирэ – 4. 2-лии киһи биһирээбит уонна А.К.Калининскай «СӨ народнай артыыһа» Бочуоттаах ааты ыларын мэктиэлээбит. Хас да киһи итинник үрдүк ааты биэрэллэрин эрэнэ күүтэрин эппит. Чуут биир түгэни умна сыстым. Ити 39 санаатын эппит ааҕааччыттан дьахтара 28, эр киһитэ 11. Эдэр ыччат суох дии санаатым. А.К.Калининскай ыччат ортотугар үлэ бөҕөнү ыытарын үрдүнэн. Ити аата ыччат хаһыаты аахпатын, сайты көрбөтүн биир туоһута буолуон сөп эбит. Төрдүс түгэн атын санаалары кытары сибээстээх. Мин Бочуоттаах аат бэриллэр “күнэ-ыйа үүннэ курдук” диэбиппэр соҕотох суруналыыс Арчылан эрэ сөбүлэспит. Бүлүүттэн Рево Семенов А.К.Калининскай СӨ народнай артыыһа буоларыгар саарбахтаабатын биллэрбит. Оттон Майаттан Анатолий Чыычаахап арыый атыннык санаан «икки илиитинэн куоластаабыт». Людмила Тобохова «иҥэрэллэрэ буоллар дьон-сэргэ үөрүө этэ» диэбит. Павла Баишева аҥардас «Саргыбыт сайыннын!» Гимнин иһин народнай артыыс аатын иҥэттэриэн, Николай Местников Ырыа күнүн, анал Ыйаах таһааттаран, бырааһынньык күнүнэн биллэттэриэн
баҕарбыттар. Итиннэ туох да суох. Төһөнөн элбэх киһи санаатын этэр да соччонон арааһы истэҕин, истиэхтээххин даҕаны. Туох барыта араастааҕын: модьулааҕын-синньигэстээҕин, уһуннааҕын-кылгастааҕын, ыараханын-чэпчэкитин курдук. Саамай кылаабынайа, кэпсэтиигэ кыттыбыттар, санааларын эппиттэр. Дьэ, онон, өссө төгүл махтанан туран санаа атастаһыытын түмүктүөҕүҥ. Саамай кылаабынайа, СӨ Култууратын уонна Духуобунаһын министиэристибэтэ бу дьыаланы, ол аата айар-тутар дьоммутун эдэр-сэнэх эрдэхтэринэ, үлэ үөһүгэр сырыттахтарына сылаас, үтүө тылынан ахтары уонна үөрдэ-көтүтэ сыаналыыры, ыраах дьааһыкка уган кэбиспэккэ кэмиттэн кэмигэр ылан көрүөҕэ, боппуруоһу сөптөөхтүк быһаарыаҕа, биһиги баҕа санаабытын олоххо киллэриэҕэ диэн эрэнэ күүтэбин. Миигинниин бииргэ буолбут махталлаах ааҕааччыларбын кытары. Тоҕо диэтэххэ, бу боппуруос кинилэртэн быһаччы тутулуктаах. Уонна кимтэн да буолбатах. Милан АФАНАСЬЕВ.
edersaas.ru сайтан