Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.11.2020 12:25
– Дьэ доҕоор, Биэтээс, дьахтар санаата аһынааҕар кылгас диэн уот харахха да этиллибит эбит, — бэйэм курдук бүдүө-бадыа буолан эрэр биир дойдулаахпыныын, Батастыын, Кыайыы болуоссатыгар көрсө түһэн, ыскаамыйаҕа олорунан кэбистибит. – Кэрэ аҥаарыҥ, Сардаанаҥ, эмиэ тугу уһаты-туора дьаһанна, ууга-уокка түһэрдэ?— Сардааналаах Баҕа Батаһа сибэккилэр холбоһоҥҥут сириэдийэн-силигилээн, сэргэх олохтоох ыалгыт диэн үөлээннээхпин мэлдьи хаадьылааччыбын. Үйэ аҥаарын чугаһатар кэм олорон кэлбиттэрин тухары, эмээхсинэ оҕо-уруу толору улахан дьиэ кэргэннэрин үүт-тураан олохторун кэмиттэн-кэмигэр этириэс дьаһаллары ылынан уйгуурдарын, үөһээ-аллараа туруортуурун билэбин. – Сардаанам кыыс оҕо сылдьан өрүннэҕинэ самыытыгар саайыллар хап-хара, сөп-сөрүүн суһуохтаах этэ. Имэрийэ, дьээбэлэнэн тардыалыы сылдьар буоларым. Оччолорго, эдэрдэр, санаабыт сырдыга, баҕабыт баһаама, былааммыт киэҥэ бөҕө буоллаҕа. Үөрэ-көтө үөрэнэн, оҕолонон, үлэлээн-хамсаан, дьиэлэнэн-уоттанан, уонунан сылларга инникибитин оҥосторбут, — Батаһым өрө тыынан ылар. – Биирдэ, сааһыран иһэн, «айыкка, ыарахана бэрт, кэтэхпин ыарытыннарар» диэн лаппааккыларын анныгар диэри лэппийэн кэбистэ. Онтон ыла Сардаанам майгыта, сыһыана уларыйан барда. Тырытта-тымта сылдьар буолуталаата. Мэлдьи ыалдьыттыыр, хоонньуларыгар кэһии бытыылкалаах кэлэр атастарбын-доҕотторбун үлтү мөҕүтэлээн-үөҕүтэлээн, кэтэхтэринэн ааны саптаран, сылдьыбат оҥортообута, тэйиппитэ. Аны баттаҕын сиэркилэ иннигэр тутан көрө-көрө, санныларын сабар гына, икки тарбах кэтитинэн лаппыйда. Ол күһүн тыаттан киирэ сылдьар балтым идэһэ гыныҥ, убаһа атыылыыбын диэбитин кыккыраччы аккаастаан, хомотон ыытта. Туох кэйэн, баттаҕын санныларын кэрэтинэн сарбыммыт сылыгар үөс-батааска биэрбэккэ, хаарыаннаах «Нивабын» атыылаттаҕа үһү. «Аныгы үйэҕэ былыргы үйэтээҕи дьэбиннирбит массыынаҕын харыһыйаҕын дуо? Киһи олорсуон да кыбыстар, онто суох сүгүн-саҕын таспаккын, тыаны кэрийэн тахсаҕын» диэн утары да саҥарпатаҕа. Дьэ доор, эмээхсиним иирээри гынна быһыылаах. Бу сайын баттаҕын эр киһилии кырыйтаран соһутта. Төбөм иһэ дабылыанньалаах диэннээх. Туохха да ис буолбат, быраҕаттанар-эпчиргэлэнэр. Бокуруоп саҕана, быйыл сайыны быһа хара омуктарынан иэбирэ-өрөмүөн ыыттарбыт кыбартыырабытын атыылыахха диэн өмүтүннэрэн, инпаарктата сыста. Итинниги эрэ истиэм диэбэтэҕим. Сөп буолуо, баҕаҥ хоту тыаҕа дойдугар таҕыс, өллөххүнэ онно үрдүттэн көмүллүөҥ буоллаҕа. Мантан инньэ дистанционнай эһээ-эбээ буолабыт, диэн турда. Итинник дьаабы. Нуучча улуу суруйааччыта Өлөксөөндүр Пушкин дьахтар санаата аһынааҕар кылгаһын табатык да остуоруйалаабыт. Хайдыбыт харыытабытын тутан хааллахпыт. Мэлдьи бэтиэхэлиир Сардааналаах Баҕа Батаһа сибэккилэриҥ өһөн-кэхтэн өлөн эрэбит…—үөлээннээҕим Батас муҥнаах сапсыйан кэбиһэн баран, туора халыйан тахсыталаан, алтахтыы тураахтаата… Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан