Кэпсээ
Войти Регистрация

Булт туһунан кэпсээннэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Булт туһунан кэпсээннэр

K
edersaas.ru Категорията суох
22.11.2020 13:19
Шелопугиннар Хойобуун тороху Павел Шелопугин иккистээн төрүүрүгэр, 1965 сыл күhүнүгэр, 16 саастааҕа. Шелопуга диэн араспаанньа белорус тылыттан үөскээбит, «мээмиллэ», «ыhыллаҕас», «болҕомтото суох» диэн суолталаах. Хайа эрэ өбүгэтэ барахсан, бука, оннук «недотёпа» эбитэ дуу? «Былыр, 17-18 үйэҕэ, Шелопугиннар диэн боярдар баалларын туhунан лиэтэпискэ суруллубут эбит», — диэн аҕата хочуолга бараан буhаран сиир дьоро киэhэлэригэр киэн тутта кэпсиирэ эрээри, кинилэр аймахха улаханнык байбыт эбэтэр үрдүкү былааска тахсыбыт киhи бэрт ахсааннаах этэ. Үгүс Шелопугиннар оробуочай-бааhынай уонна интэлигиэнсийэ кылааhыгар киирсэллэрэ. Оттон иккистээн төрөөбүтүн туhунан сэhэргиир эбит буоллахха, ол маннык этэ. Павел Шелопугин орто оскуоланы уон алта саастааҕар Чита куоракка бүтэрбитэ. “Аармыйаҕа барыаххар диэри үөрэнэҕин дуу, үлэлиигин дуу?” — ийэтэ барахсан ыйыппытыгар уол оннугар аҕата хоруйдуу охсубута: “Үлэлээминэ. Институт ханна да куотуо суоҕа!”. Дьонун сүбэтинэн геологтар Воздвиженскай баартыйаларыгар картограбынан киирэн, сурьма, молибден, вольфрам саппааhын чинчийиигэ кыттыбыта. Забайкалье бырааннарынан, хайаларынан сайыны быhа сылдьыбыттара. Биирдэ, полиметаллаах буолуо диэбит арааhынай таастарын боруодатыттан үрүссээктэригэр толору хааланан, систэрин тоноҕосторо кыычыгырыар диэри сүгэhэрдэнэн, баазаларыгар төннөн испиттэрэ. Шелопугины төhө да харыстаан, кыраны сүктэрэ сатааталлар, уол бэйэтэ баҕаран туран, улахан дьонтон хаалсыбат ыйааhыннаах образец таастары сүгэрэ. Бу да сырыыга үрүссээгэ отуттан тахса киилэ этэ. Кэтит лээмпилэр саннын ыга баттыыллара. Эдэр картограф чиҥ сүгэhэрин ыарырҕаппатах курдук туттан, тулатын кэрэхсии одуулаhа испитэ. Ойуур мастара күhүн чугаhаабытын билбиттии чуумпуран тураллара, арай тииттэр төбөлөрө кыратык суугунаhан ыларга дылылара. Хатыҥнар онон-манан биир эмэ саhаран эрэр сэбирдэхтэрэ киhи хараҕар тута быраҕыллаллара. Тыа барахсан этиэхтэн эриэккэс сытынан туолбут сөрүүн салгынынан уол түөhүн толору тыына испитэ. Арай, эмискэччи, кэрии тыа талахтара барчалана түспүттэрэ да,аарыма кабаан ойон тахсыбыта. Бары соhуйан хаалан, тохтуу биэрбиттэрэ, турар сирдэригэр хам хараҕаламмыттара. Хагдаҥ, хойуу түүлээх баараҕай тороху ыраас сиргэ тахсаат, хорус гына түспүтэ. Сэлтэйбит муннунан салгыны сытырҕалыырдыы олоотообута. Алын сыҥааҕыттан өрө үүммүт саhархай аhыыларын уордаахтык килэҥнэппитэ уонна геологтар диэки ыстаммыта. Күтүр улахан тороху аҕыйахта ыстанан тиийэн Шелопугины умса көппүтэ. Эдэр уол аарыма кыылы таҥнары кууhа түспүтэ, үрүссээгин быатабыhа ыстаммыта. Кыыла турбут тыа уордаах харамайа картограбы сүкпүтүнэн иннин хоту ыстаммыта. Шелопугин кыыл ойоҕоhун түүтүттэн бобо тутуспута, хаhыытыан баҕарбыта да, иhиттэн саҥа тахсар кыаҕа суох курдуга. “Охтубатах эрэ киhи” дии санаабыта уонна үлүбээй кытаахтаhа сатаабыта. Сүүрэн бүгүллэҥниир тыа сибиинньэтиттэн киhи аҕынньыта төллүөх айылаах бэрт бөрүкүтэ суох сыт аҥылыйан кэлэрэ. Онтон Шелопугин киэр эhиллибитэ уонна геологтар хаhыытаhалларын, ким эрэ маатырылыыр саҥатын истибитэ. Хата, техник – гидрогеолог Авель Зимин уолуйбатаҕа: санныттан икки уостаах доруобун сулбу тардан ылбыта да, субу икки даллаҕар кулгааҕын түүтэ сараадыйан турар атыыр торохуну сүүскэ ытан түптэлэппитэ. Тороху умса барбыта. Уҥа ойоҕоhугар сытан буордаах туйахтаах кылгас атахтарынан сири
хаhыйа тэбиэлээбитэ уонна иhийэн хаалбыта. Ол торохуну эттээн көрөн баран, сиэбэтэхтэрэ. Уматан кэбиспиттэрэ. Ким эрэ туосапканан ытан бааhырдыбыт этэ, буулдьата иhигэр сылдьара. Онтун тула этэ хараара сытыйан, амырыын сыттаммыт этэ. Ол даҕаны иhин, алдьархайдаах ыарыыттан харсыттан тахсан, дьоҥҥо саба түстэҕэ. Авель Зимин кэпсээбитинэн, тороху сиртэн тура илик Шелопугиҥҥа иккистээн саба түhэрдии бэлэмнэммит эбит. Оччотугар, сытыы аhыытынан хайа анньан, уолу өлөрүөхтээҕэ хаалбыт. Геологтар күө-дьаа күйгүөрэн уолу «иккистээн төрөөбүтүнэн» эҕэрдэлээбиттэрэ. Павел сиртэн туран, үрүссээгин быстыбыт лээмпитин самсыы тута сатаабыта. Улаханнык куттаммыт курдук санамматаҕа эрээри, илиитэ салҕалыыр этэ. Ити торохуттан суорума суоллана сыспыт күнүн, балаҕан ыйын 8-ын, Шелопугин “иккистээн төрөөбүт күнүм” диэбитэ. Баазаларыгар кэлэн кулуhуҥҥа оргуйбут грузинскай чэйи астына ыймахтаабыттара, пуобардара минньигэсчэй бэйэлээхтик буhарбыт тушуонка миинин тото-хана испиттэрэ. Миинин иhэн баран, Шелопугин кутаа аттыгар дүлүҥҥэ олорон, тимир куруускаҕа итии уу ылбыта. Ылтаhын бааҥкаттан кофе баhан ылан куруускатыгар куттубута. Кофе минньигэс сыта уол сүрэҕин көрбүтүнэн киирбитэ. — Фоке, — диэн ботугураабыта эдэр картограф. “Фоке” Шелопугиннар күѳх мыраан кытыллардаах Ингода ѳрүс биэрэгэр турар Атамановка сэлиэнньэтин илиҥҥи ѳттүгэр баар Матюгин аатынан уулуссаҕа олорбуттара. 1949 сыл сайыныгар Шелопугиннар эбиллибиттэрэ: ийэлэрэ балыыһаттан уол оҕолонон тахсыбыта. Уолу хос эһэтин аатынан Павел диэн ааттаабыттара. Павлуша аатыгар олус барсар, мылталлыбыт тѳп-тѳкүнүк сирэйдээҕэ.Кини кыратыгар иринньэх этэ. Субу-субу ыарытыйара. Сэниэтэ суох курдуга. Ийэтин эмиийин эмэ сытан утуйан буккураан хаалара. Онуоха холоотоххо, киниттэн биир сыл аҕа эдьиийэ Ксюша мотоҕоно курдук этиргэн, тэтэркэй иэдэстээх, “Алёнка” сакалаат хаҕыгар ойууламмыт кыыһы санатара. Павлик баччырыгар тиийэн, алта ыйыттан, дьэ, арыый буолбута, үгээрдиирэ-дьаҥныыра аччаабыта. Биирин ааһан иһэн хааман туллаҥнаабыта. Эдьиийинээҕэр хойут тылламмыта. Үс сааһыгар чугаһаан баран наадатын додо курдук быһаарсар “сүүнэ” киһи буолбута. Ол эрэн сорох тыллары дорҕооннорун миэстэтин атастаһыннаран саҥарар этэ. Холобур, “кофе” диэн тылы “фоке”, “ыскаап” диэни “ыксаап диирэ. Ийэтэ күнүс уолун түһэҕэр кѳтѳҕѳн олорон үѳрэтэрэ: — Чэ, эрэ, Павлуша, “Котик” диэ эрэ. — Токик, — уола кыһалҕата суох үтүктэрэ уонна ийэтэ, эдьиийэ күлэллэриттэн үѳрэн эмиэ күлэн дьабайара. — Кофе, — тохтуу түһэн, тыын ылан баран, ийэтэ салгыы саҥардара. — Фоке, — кыра киһи иҥнигэһэ суох улгумнук үтүктэрэ. Дьонноро эмиэ күлсүбүттэриттэн саҥа таһааран бэрт кѳрүдьүѳстүк күлэрэ. Павлик күлэриттэн эдьиийэ Ксюша ѳссѳ эбии күлэрэ. — “Ко” диэриий, — аны эдьиийэ кѳрдѳһѳрѳ. — Ко, — биир сүһүѳҕү сурдьа тута хатылыыра. — Аны билигин “фе” диэ, — аны ийэтэ тыл иккис сүһүѳҕүн үтүгүннэрэрэ. — Фе, — уолчаан мүчүҥнүү-мүчүҥнүү үтүктэрэ. — Буот! Сатаатаҕыҥ ити дии! Билигин холбуохха эрэ. “Ко-фе”, — Ульяна уолун баттаҕын имэрийэрэ уонна сүһүѳхтээн этэрэ. — Фо-ке! – оҕото эмиэ сүһүѳхтээн этэрэ. — Оо, дьэ! Эмиэ “фоке”! – ийэтэ
күлэн лыҥкынатарыттан, эдьиийэ чачыгыраччы күлэриттэн Павлуша эмиэ ымайара, үѳрүүтүттэн атахтарынан сууралыыра. Уолчаан уларытан саҥарар тылыттан сиэттэрэн Шелопугиннар бары кофены “фоке” диэн ааттыыр буолбуттара. Оттон уолларыгар «Фокин» диэн таптал аат иҥпитэ. “Бирэдьиитэл Шелопугиннар аҕалара Алексей Ефимович тимир суол ыстаансыйатыгар инсэниэрдиирэ. Үлэтигэр сарсыарда эрдэ барара, киэһэ хойут кэлэрэ. Павлуша түөрт сааһын туолбут сайына этэ. Читаттан ийэлэрин эдьиийэ Пелагея уолун Костяны кытта кэлбитэ. Түѳтэлэрэ оҕолорго кэһиитин мармелад аҕалбыт этэ. Биир сайыҥҥы киэһэ куукунаҕа борук-сорукка, түннүгүнэн ѳрүс уҥуор кѳстѳр быраан омоонун одуулаһа олорон ийэлэрэ эдьиийин кытта туох эрэ хобдох сонуну кэпсэтэрин оҕолор истибиттэрэ. Аҕас – балыстыылар дойдуга үспүйүѳннэр, бирэдьиитэллэр тутуллан сууттаммыттарын, ол туһунан хаһыаттарга тахсыбытын аахпыттарын ѳрѳ тыынан ыла-ыла сибигинэйэн кэриэтэ ботугураспыттара. Уобаластарыгар өссө да тыhыынчанан билиэннэй дьоппуон саллаата баара. Кинилэр мас кэрдиитигэр, суол оҥоруутугар, тутууга үлэлииллэрэ. Алексей Ефимович тэрилтэтигэр билиэннэйдэри аҕалан үлэлэтэллэрин дьоно билэллэрэ. Аҕалара билиэннэйдэргэ сырыынньа, сымнаҕас сыhыаннааҕа. Биир нууччалыы балачча билэр билиэннэйи — Юкайо Кобаясины — кытта Алексей Ефимович быыс булан сэрии, эйэлээх олох, көҥүл туhунан кэпсэтэрэ. Кобаяси, отуччалаах эрэ диэтэххэ, олус түс-бас, лоп-бааччы уолан этэ. Юкайо босхолонор буолбутун истэн Шелопугин: «Дьиэҕэр тиийдэргин эрэ ыал буола охсоор. Элбэх оҕолоноор. Биир оҕоҕор нууччалыы аатта биэрээр, нууччалыы ааттар олус дьикти, кэрэ дорҕоонноохтор! Хайаан да үлэтэ була охсон үлэлээр-хамнаар. Маннааҕы дьоҥҥун кытта, сатанар буоллаҕына, билсиhэ тураар», — диэн сүбэлээбитэ, алҕаабыта. Юкайо билиэҥҥэ сылдьар кэмигэр (1945 сылтан 1953 сылга диэри) нууччалыы саҥара үөрэммитэ. Лиза Разинкина диэн кыыстыын билсибиттэрэ. Эдэр дьон бэйэ-бэйэлэрин таптаабыттара. Лиза 1950 сыллаахха Кобаяситтан кыыс оҕоломмута. Кыыhын Дарина диэн ааттаабыта. Тимир суол ыстаансыйатын инсэниэрэ Алексей Ефимович Юкайоҕа уонна Лизаҕа куруук көмөлөhөр этэ. Эдэр дьон инники мунаах дьылҕалара кинини эмиэ долгутара. Репатриацияланан, Дьоппуонньаҕа төннөр буолбутун истэн, Юкайо кэри-куру буолбута. Кини Лизатыттан уонна сүрэҕин чопчута Даринкатыттан арахсыан баҕарбат этэ да, дойдутугар кырдьаҕас ийэтэ уонна балта бааллара… Кобаяси атын японецтары кытары дойдутугар утаарыллыбытын кэннэ Алексей Ефимович Разинкиннарга көмөлөhөрүн тохтоппотоҕо: Ксюшатын кыччаабыт таҥаhын, бараан этин, фруктаны илдьэн биэрэрэ. Биирдэ күһүѳрү, киэһэ уон чаас ааһыыта, Шелопугиннар дьиэлэрин аттыгар хара массыына кэлэн тохтообута. Утаакы буолаат, кэлииккэлэрин аана «хап» гына тыаһаабыта. Ыттара Барбос уйатыттан тахсан үрэн баргыйбыта, сыаба кылыгыраабыта. Остуолга үлэтин кумааҕыларын бэрийэ-толоро олорбут аҕалара түннүк сабыытын сэгэтэн кѳрбүтэ уонна сирэйэ тыйыһыра түспүтэ. Ол киэһэ аҕаларын тутан илдьэ барбыттара. Ийэлэрэ оҕолорунуун ытаһа хаалбыттара. — Бу алҕас! Дойдум уонна баартыйа иннигэр мин туох да буруйум суох! Эрэниҥ, мин тѳннүѳҕүм! – аҕалара дьиэттэн таһааран истэхтэринэ хаһыытаабыта. Онтон өр буолбатаҕа, Шелопугины бирэдьиитэлинэн биллэрэн, хаайыыга ыыппыттара. “Норуот хаһаайыстыбатын куорҕаллыыр, буортуну оҥорор, Иккис Аан дойду сэриитин саҕанаааҕы өстөөхтөрбүтүгэр – дьоппуон билиэннэй саллааттарыгар — лояльнайдык сыhыаннаhар”,
— диэн донуос киирбит этэ. Ийэлэрэ бириигэбэр сыыһатыгар, кэргэнэ буруйа суоҕар бүк эрэнэн, Москубаҕа сурук суруйбута. Ол суругар дьыаланы хаттаан кѳрѳн, Шелопугин Алексей Ефимовиһы сыыһа буруйдаммытын быһыытынан босхолуулларыгар кѳрдѳспүтэ. “Үѳрэниэм этэ! Павлигы дьоно уонна аттынааҕы ыаллара таптаан Павлуша эбэтэр Фокин диэн ааттыыллара. Тѳгүрүк, тэтэркэй сирэйдээх уолчаан сайыны быһа оскуола аһылларын кэтэспитэ. Читаттан кэлэн сайылаабыт, Павлушаттан икки сылынан аҕа тастыҥ убайа Костя үѳрэ-кѳтѳ, күѳ-дьаа кэпсээбитинэн, оскуолаҕа олус бэрт үһү. Кини киччэччи кырыттарбыт тѳбѳтүн имэринэн кэбиһэ-кэбиһэ оскуола олоҕун туһунан үгүһү сэһэргээбитэ. Кѳрдѳѳхтүк саһыгыраччы күлэ-күлэ уруок аайы элбэх саҥаны билэн, күн аайы улам баһа саллайан, ѳйѳ хойдон иһэрин кэпсээбитигэр Фокин, дьиҥэ, улаханнык ымсыырбатаҕа. Онтон уруоктар быыстарыгар, уоскулаҥҥа, таһырдьа тахсан оонньуохха сѳбүн бэркэ сэргии истибитэ. Дьэ, дьиҥнээх кѳрдѳѳх оонньуу онно баар үһү: чыхарда, эрилээҥки, истиэҥкэ, “аттаах сэрии”, хаарынан тамнаһыы онтон да атын олус кэрэхсэбиллээх дьарыктар. Маны таһынан Костик Павлушаҕа бойобуой самбо приёмнарын үѳрэппитэ, уол оҕо бэйэтин хайа да түбэлтэҕэ сатаан кѳмүскэниэхтээҕин кэпсээбитэ. Оччоҕо оскуолаҕа да, сайын лааҕырга да атаҕастаппакка сылдьыахха сѳбүн быһаарбыта. Уолаттар хаппыт соломо түүтэҕин чороччу кэлгийэн чуучула оҥорбуттара уонна ону ѳттүктээн түһэрэн, «вертушкалаан» күдээритэн, охсон-тэбэн “эрчиллэллэрэ”. Соломо чуучула ѳр барбатаҕа, уонча хоноот алдьанан быраҕыллыбыта. Ол эрэн ити дьарыктан Павлуша баһаам элбэҕи үѳрүйэҕи ылыммыта. Павлушалаах Ксюша ийэлэрэ Ульяна Дмитриевна, сылаарҕаабыттыы унаарыччы кѳрѳ сылдьар, отутун саҥардыы ааспыт, Шелопугиннар иллээх дьиэ кэргэннэрин хаһаайката, күнү быһа үлэтигэр тимир суол станциятыгар сылдьара. Онон балаҕан ыйыттан Павлуша дьиэтигэр соҕотоҕун хаалыахтааҕа. Эдьиийэ Ксюша бастакы кылааска киирэн, оскуола киһитэ буоларын кэтэһэрэ. Аҕаларыттан хам-түм сурук кэлэрэ. Алексей Ефимович сотору босхолонон тахсарыгар эрэнэрин, оҕолорун олус ахтарын, кэргэнигэр таптала сѳҕүрүйбэтин туһунан бытархай буочарынан килиэккэ тэтэрээт илииһигэр симэ суруйбутун ааҕарыгар ийэлэрэ хараҕыттан уу-хаар баһара. Павлуша алтатын туолбут буолан, бэйэтин улахан киһинэн ааҕынара, онон аҕатын суругун ааҕар кэмҥэ ытаабат буола сатыыра. Балаҕан ыйын бастакы күнүгэр Ксюша оскуолаҕа ийэтинээн барбыттара. Сарсыныгар, балаҕан ыйын иккис күнүгэр, Фокин сарсыарда эрдэ уhуктубута. Ийэтэ эдьиийин уhугуннара сатыы турара. Ксюша уутун хамматах буолан, оронугар сытынан иhэрэ. Маамалара кыыhыгар хоҥор өҥнөөх холуопак колгуокка кэтэрдибитэ уонна эйэҕэстик: «Тоойуом, тур. Эн хайы-үйэ оскуола оҕотоҕун. Чэ, уhугун, тура тарт», — диэбитэ. Ксюша нэhиилэ куоҕаҥнаан муостаҕа турбутугар ийэтэ аны баттаҕын тур-тар тарыы охсоот баанчыгын өрөн биэрбитэ. “Сарсын бэйэҥ туран таҥнаар, сөп. Көр, сурдьуҥ бэйэтэ таҥынна дии!” — Ульяна Дмитриевна үлэтин чааhыгар куоттарымаары ыксыыра. Ксюша оскуолаҕа кэтэр куорматын кэппитэ, баартыктаммыта. — Мин осколуаҕа барсыам! – Фокин доргуччу эппитэ. — Кытаат, барыс, — ийэтэ тута сөбүлэспититтэн уол үөрэ түспүтэ. Павел хара килиэби кытта мааннай хааhыны тото мотуйбута уонна Ксюшаны батыһан оскуолаҕа барбыта. Эдьиийин кылааһыгар киирэн саамай түгэх паартаҕа
– камчааткаҕа — олорунан кэбиспитэ. Үѳрэнээччилэр бары оскуола оҕотун куорматын кэтэн кэлбит этилэр. Оттон Павлуша сиэҕэ уунан, уһаан хаалбыт, түүкэрийэн эрэр эргэ бороҥ сибиитэрэнэн кэлбитэ: оскуолаҕа кэтэр таҥаһа суоҕа. Чуораан тырылаатын кытта кылааска кѳнѳ уҥуохтаах, бэрт мааны учууталыҥса (Павлуша кинини кѳрѳн билэрэ) киирэн кэлбитэ. Учууталыҥса Мария Игнатьевна диэн ааттаах эбит. Бастаан, Павлушаны кѳрѳѳт, «сык» гына түспүтэ эрээри, кылаастан холдьохпотоҕо. Уолчаан бэрт болҕомтолоохтук уонна чуумпутук олорбута. Ахсаан уруога бүппүтэ. Оҕолор сынньана тахсыбыттара. Арай, убайа Костя кэпсээбитин курдук оонньуу-кѳр оргуйан олорбот эбит. Оҕолор Павлуша кэтэспитинээҕэр быдан чуумпутук, кѳрсүѳтүк уоскулаҥы атаарбыттара. Биримиэнэ бүппүтүн биллэрэн, үѳрэнээччилэри кылааска ыҥыран алтан чуораан лыҥкыныы тыаһаабыта. Кыра Шелопугин эдьиийин уонна ыалларын Ходаковтар уоллара Русланы батыһан кылааска киирбитэ. Сынтаҕар муруннаах, эбирдээх сирэйдээх, будьурхай баттаҕын киччэччи кырыттарар идэлээх Руслан Ходаков Павлуша эдьиийигэр биллэрдик кутун туттарбыт быһыылааҕа: наар Ксюшаттан хараҕын араарбат этэ, кистии-саба кыҥастаһара. Ходаков атын оҕолортон уратыта диэн, сынтайбыт муннун тѳбѳтүн уҥа-хаҥас ибирдэтэрэ уонна бэркэ кыһалыннаҕына, кулгаахтарын эмиэ хамсатара. Ол эрэн, клоун аатырымаары, ол дьикти дьоҕурун мээнэ кѳрдѳрѳ сылдьыбат этэ, элбэх кѳрдѳһүү кэнниттэн, ону даҕаны биирдэ эмэ, санаата кѳнньүѳрбүт кэмигэр, ити дьээбэ сатабылын «быктарара». Иккис уруок саҕаланыытыгар, азбукаҕа, учуутал «ыҥырыга суох» оҕоҕо тэтэрээт илииһин уонна боростуой харандааһы биэрбитэ. Павлуша үѳрэ-кѳтѳ оҕолордуун тэҥҥэ токур сурааһыннары илиискэ кэккэлэтэн барбыта. Түѳрт уруок кэнниттэн эдьиийин кытта аргыстаһан дьиэлээн испиттэрэ. Кэннилэриттэн Ходаков саҥата суох, өтөр-өтөр өрө сыҥсыйан ыла-ыла батыhан испитэ. Уулуссаны кыйа үүммүт мастар лабааларыгар олорор барабыайдары одуулаһа иһэн, сурдьун диэки хайыһан Ксюша ыйыппыта: — Фокин, эн дьиҥнээхтик үѳрэниэххин баҕараҕын дуу, дьиэҕэр соҕотох хаалымаары кэлэн олордуҥ дуу? — Үѳрэниэм этэ. Наһаа интэриэһинэй дии! – Павлуша ис сүрэҕиттэн хардарбыта уонна киэпкэтин кэтэҕэр аспыта. Ити күнтэн ыла уолчаан күн аайы эдьиийин кытта оскуолаҕа барар буолбута. Ийэтэ үѳрэ санаабыта: дьиэҕэ соҕотоҕун олорорунааҕар Ксюшалыын сылдьара ордук курдуга. Бала5ан ыйа биллибэккэ ааспыта. Алтынньы саҕаламмыта. Халлаан лаппа сѳрүүдүйбүтэ. Оҕолор оскуолаҕа баралларыгар болтуо кэтэр буолбуттара. Оттон Павлуша сибиитэрэтин иһинэн халыҥ ис ырбаахы кэтэн кэлэрэ, тоҕо диэтэххэ былырыыҥҥы болтуота кыччаабыт этэ. Уолчаан атын оҕолортон хаалбакка үѳрэнэрэ, бэл, сорохтортон ордук түргэнник үѳрэҕи ылынара. Биирдэ, биримиэнэ кэмигэр, сельпо лааппытын атыыһыта Настя Цыденова уола Адам сүрдээх эҕэлээхтик: “Павлуша, эн сибиитирэлээх тѳрѳѳбүккүн быһыылаах!” — диэн чаҕаарыйбыта. Чугас турбут Игорёк Просяник илин тииһэ суох айаҕын чэрэниилэ биһиллибит ытыһынан саба тутта-тутта күлэн ыгдаҥнаабыта. Адам кылааһынньыгын таҥаһын туһунан урут эмиэ үгэргээбит буолан, Шелопугин бу сырыыга ѳһүргэнэ санаабыта уонна саҥата суох ынан кэлэн, бэйэтиттэн тутум үрдүк Адамы маҕыйа түһээт кулгаах тааска туттарбыта. Охсууну күүппэтэх кылааһынньыга кулгааҕын саба туттаат, муостаҕа үҥкүрүйэ сылдьан сарылаабыта. Этэмэт да соҕустук доргуйдар, Цыденов, отой, тарбаҕын ааҥҥа ыксары
кыбытан турар киһилии ый-хай бѳҕѳтүн тарпыта. Мария Игнатьевна баар буола түспүтэ. Айдаан туохтан тахсыбытын ыйыталаспыта. Павлуша, дьэ, аан бастаан самычаанньа ылбыта. Бэрээдэги итинник кэстэр даҕаны, уолчаан кылааһыгар аптарытыата тута үрдээбитэ. Эргэ сибиитэрэтин туһунан ким да үгэргээбэт буолбута. Оттон Адамы кытта сарсыныгар иллэһэн, кэлин ыкса доҕордоспуттара. Маҥнайгы чиэппэр бүтэ охсубута. Биир нэдиэлэлээх коньуукулу Павлуша хаһан да бүтүѳ суох курдук санаабыта. Күн аайы ыаллыы олорор табаарыстарын кытары таһырдьа сэриилэһэ оонньууллара. «Сэбиэскэйдэри» Фокин хамаандалыыра, оттон “ньиэмэстэр” аармыйаларыгар Адам Бортницкай хамандыыр этэ. Ытыалаһан оонньуулларыгар бэстилиэт, аптамаат, бүлүмүѳт тыаһын үтүктэн “бах-бах!”, “ту-ту-ту-ту!”, “та-та-та!” диэн уулусса муҥунан хаһыытаһаллара. Ону Агриппина эмээхсин, букатын сѳбүлээбэт этэ, наар буойара, атыннык оонньуулларыгар кѳрдѳһѳрѳ. Кини санаатыгар, оҕолор ытыалаһа оонньоон кырыктаах сэрии хаттаан күѳдьүйэрин ыраланар курдуктара. Онон кэлин Агриппинаны – ыкса ыалларын ийэтин, оскуолаҕа оһох оттооччуларын – хомотумаары бырыычыка, казаки-разбойники оонньуур буолбуттара. Соннук, оонньуу-кѳр аргыстаах уһун ѳрѳбүл бүтэ охсон хаалбыта. Иккис чиэппэртэн бѳрүѳлээх уруучуканан, чэрэниилэнэн суруйар буолбуттара. Бѳрүѳ хас да араастааҕа. Нүѳмэрдэринэн кѳрѳн, хайдах быһыылаах сурааһыны түhэрэр бѳрүѳ буоларын быһаараллара. Оҕолор үксүгэр «пионер» бѳрүѳнү тутталлара. Чыычаах бѳрүѳ оскуола оҕотугар кѳҥүллэммэт этэ. Тоҕо диэтэххэ, чыычаах бѳрүѳнэн иҥнигэһэ суох, шариковай уруучуканан курдук суруйуохха сѳбѳ. Адам Бортницкай уонна Казимир Собчак чыычаах бѳрүѳнэн олус үчүгэйдик уруһуйдууллара. Адам ордук барааннары, аттары ойуулуурун ордороро, оттон Казимир табаарыстарын мѳрсүѳннэрин син балайда маарыннатан, шаржтары тардыалыыра. Оҕолор “непроливайка” диэн кугас куйаха чэрэниилэ иһитин илдьэ сылдьар буолбуттара. Оттон учууталларын чэрэниилэтин иһитэ үрүҥ фарфортан оҥоһуллубут этэ, ол тэрил мэлдьи учуутал остуолугар турара. «Мария Игнатьевна чэрэниилэтин күн аайы таспат. Абыраммыт да киһи!» — дии саныыра ардыгар Павлуша. Кини уруучуката суоҕа. Мария Игнатьевна киниэхэ бэйэтин ордук уруучукатын биэрбитэ. Хараҥа от күѳх кырааскалаах мас тутаахтаах, бѳрүѳ иҥиннэрэр чаалбаана килэбэчийэ сылдьар уруучуканы тутаат, Шелопугин улахан үѳрэхтээх суруксут кэриэтэ санаммыта. Дьэ, “ыраастык суруйуу” диэн, баһаам сыраны эрэйэр, кэрэхсэбиллээх биридимиэккэ бэйэтэ туттар тэриллэммитэ. Эдьиийэ Ксюша туттар бѳрүѳтэ тоҕо эрэ олус кылааккайдык, илииһи тарбаабакка эрэ суруйара. Ол кистэлэҥин сурдьугар сибигинэйэн кэпсээбитэ. Бѳрүѳтүн оһох билиитэтигэр аалан кылааккайдыыр эбит. Ксюша Павлуша бѳрүѳтүн эмиэ оннук оҥорон биэрбитэ. Сурдьа. онтон табыллан, ыраастык суруйууга наар «биэһи» ылар буолбута. Эдьиийэ “уруучукаҥ бѳрүѳтүн тупсаран биэрбитим” диэн, ардыгар, дьиэҕэ үлэтин толорбокко гынан баран, Павлушаттан устан ылар буолбута. Павлуша киэһэ аайы бэркэ боччумуран олорон дьиэҕэ бэриллибит сорудахтары толороро. Сэтинньигэ, халлаан тымныйбытыгар, ийэтэ уолугар тэлэгириэйкэ ылбыта. Павлуша саҥа сонугар сүрдээҕин үѳрбүтэ. Оскуолаҕа оһох оттооччу, наар боччумнаахтык уоһун үмүрүччү тутта сылдьар Агриппина Салтыкова Павлушаны наар хайгыыра: уоскулаҥ кэмигэр уолчаан бэйэтин баҕатынан киниэхэ кѳмѳлѳһѳн хардаҕастары тасыһан, оһох уонна кылаас эркинин ыккардыгар кыстаһара. Агриппинаҕа кѳмѳлѳһѳр кэмигэр Павлуша сымалалаах мас олус омуннаахтык, кыраһыынынан саба
ыһыллыбыт кураанах мастыы умайарын билбитэ, уота бүппүт оһоҕу итиитин хаайар кэккэ мындыр ньымаларга үѳрэммитэ. Кэм-кэрдии ааһан испитэ. Саҥа, 1956 сыл үүммүтэ. Дойду сэриигэ ылбыт баастарын оһорунан, тэтимнээхтик сайдан иһэрэ. 1954 сылга аан дойдуга бастакынан атомнай электростанция үлэҕэ киирбитинэн норуот киэн туттара. 1955 сылга реактивнай, байыаннай Е-4 сѳмѳлүѳт халлааны хайа суруйан, тиэхиньикэ саҥа кэрдиискэ тахсыбытын кэрэһилээбитэ. Эмиэ ити сыл дьону таһар Ту-104 реактивнай лайнер күѳгэйэ дайаарбыта. Тыа хаһаайыстыбатын кѳрдѳрүүтэ тупсан иһэрэ. Онон саҥа үүнэр сылтан дьон ѳссѳ үрдүк ситиһиилэри күүтэрэ. Оттон Павлуша хаһан оскуолаҕа “дьиҥнээхтик” ылылларын кэтэһэрэ. Иккис чиэппэр бүтүүтэ ийэтэ оскуолаҕа баран, Мария Игнатьевналыын бүѳмнээн кэпсэппитэ, сатанар буоллаҕына, уолун оскуолаҕа ылалларыгар кѳрдѳспүтэ. Учуутал тѳрѳппүт кѳрдѳһүүтүн оскуола администрациятыгар тиэрдибитэ. Владимир Анатольевич Гусельников, икки уордьаннаах бэтэрээн, уопуттаах дириэктэр, ол боппуруоһу педсовекка кѳтѳхпүтэ. Педсовет Шелопугин Павелы 1-кы кылааска ыларга уураахтаабыта. Онон Павлуша дьиҥнээх «оскуола оҕото» буолбута. Бастакы кылааһы Фокин туйгуннук үѳрэнэн бүтэрбитэ, оттон эдьиийэ Ксюша отличницалыаҕын. икки биридимиэккэ «түѳртэммитэ». “Королеваны” былдьаһыы Сайын аҕалара хаайыыттан босхолонон кэлбитэ. Төhө да ыран- дьүдьэйэн кэллэр, куолаhа сэниэлээх, чөллөркөй, санаатын туруга сэргэх этэ. Алексей Ефимович реабилитацияланан, салайар дуоһунастарга үлэлиэн сѳптѳѳҕѳ быһаарыллыбыт этэ. Онон кинини Арахлейга холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Арахлейтан чугас Тасей, Иван-Озеро, Преображенка диэн дьикти ааттаах нэһилиэктэр бааллара. Арахлей Читаттан син тэйиччи, 7-8 кѳстѳѳх сиргэ сытара. Шелопугиннар малларын-салларын таһаҕас тиэйэр массыына аһаҕас куусабыгар тиэйэн Арахлейга кѳспүттэрэ. Онон, Павлушалаах Ксюша иккис кылааска атын оскуолаҕа киирбиттэрэ. Шелопугиннар оскуола оҕотун сабыс-саҥа куорматын кэппитинэн, үѳрэ-кѳтѳ сарсыарда аайы үѳрэнэ тэбинэллэрэ. Павлушаны учуутала Катя Епифанцева диэн кылаас саамай кыраһыабай кыыһын кытта биир паартаҕа олордубута. Иккис «б» кылаас уолаттара бары фарфор куукула курдук намчы Катяны сѳбүлүүллэрэ. Ким кистээн, ким аһаҕастык биллэрэн. Кылаас «хоруола» Олег Каменскай, былдьыры тыллаах, хортуоппуй курдук муннулаах, иккис сылын хаалан олорор үѳрэнээччи: “Катя — мин кыыһым! Атыттар кини диэки кѳрѳргүт букатын сатаммат!” — диэн быһа бааччы эппитэ. Павлуша хара бастакыттан, Катяны кѳрѳѳт да, түѳһүн иһигэр сылаас иэйии туолбутун билбитэ. Катя да холкуос бэрэссэдээтэлин уолун иһигэр киллэрэ санаабыта. Олег сэрэппитин истибэккэ, Павлуша кылаас королеватын кытта уоскулаҥ кэмигэр паарталар быыстарынан эккирэтиһэ оонньообута. Епифанцева икки аҥы ѳрүллүбүт баттаҕын маҥан баантыктара сүүрдэҕинэ иннигэр туналыҥныырыттан уолчаан олус үѳрэрэ уонна дьоллоно саныыра. Биллэн турар, итинник оонньуулларын Каменскай адьаһын сѳбүлээбэтэҕэ. Биирдэ Павлушаны туора ыҥыран ылан киҥнээхтик сибигинэйэ былаан эппитэ: “Иһит эрэ, Павлик, ити Катялыын оонньоһон бүт! Отуо сүнньүгүн доргутан да биэрдэхпинэ кѳҥүлүм! Бэрэссэдээтэл оҕото диэм суоҕа!» Павлуша иирсээн тахсаары гыммытын сэрэйэн, сѳбүлэспит курдук тоҥхох гыммыта. Ол эрэн аныгыскы биримиэнэҕэ Катялыын эмиэ оонньообуттара. Уруок кэнниттэн Олег Каменскай табаарыһа Олег Иващенколыын Павлушаны аара суолга манаан турбуттара. Эдьиийэ кылаас актыыбын кытта истиэнэ
хаһыатын таһаара хаалбыт буолан, Павлуша Липин Фролу кытта аргыстаһан дьиэлээн испитэ. Атастыылары аара суолга кѳрсѳн, Каменскай Павликка мордьойон турбута, устунан кырбаары гыммыта. Ол эрэн, ким да кѳһүппэтэх ѳттүттэн балаһыанньа уларыйа түспүтэ: Павлуша тутан испит суумкатын Олег сирэйигэр бырахпыта. Ону хабан ылар кэмигэр, Олегы уҥа тобугар тэбэн саайбыта. Соһуччута, ыарыыта бэрдиттэн тобуктуу түспүт кылаас «хоруолун» Павлуша түҥнэри тэбэн түһэрбитэ уонна үрдүгэр саба түһэн, түѳһүттэн хам баттаан олорон кыбдьырыммыта: “Ѳйдѳѳн иһит, Олежек, ѳссѳ биирдэ суолбар кѳрсүѳм да, бүгүҥҥү түгэн оҕо оонньуутун курдук кѳстүѳ!» Онтон эргиллэн, соһуйбут уонна куттаммыт, тэйиччи турар Олег Иващенкоҕа хайыспыта: «Эн эмиэ тос мааскын ылыаххын баҕардыҥ дуо?!” Иващенко эргиллэ биэрбитэ уонна сүүрэн тилэҕэ хараара турбута. Сэнээбититтэн сэттэтин ылан, ити күнтэн ыла Олег Каменскай Павлигы тыыппат буолбута. Ити курдук кылаас «королеватын» Катюшаны Шелопугиҥҥа былдьаппыта. Кылаас хоруола буолбут Павлуша үѳрэх кэнниттэн Катя суумкатын тутан, аарааҥҥа дылы аргыстаһан барар буолбута. “…онно хабараан тымныы!” Павлуша аҕатын, Алексей Ефимовиһы, саҥаттан саҥа сиргэ, «хаалыылаах тэрилтэни ѳрѳ тартын» диэн, кѳһѳрѳн испиттэрэ. Оҕолор 6-с кылааска киирэллэрин саҕана аҕаларын Дарасуҥҥа хайа тиэхиньикэтин, буровой установкалары оҥорор собуокка кылаабынай инсэньиэринэн анаабыттара. Ксюшалаах Павлуша Дарасун 1-ы нүѳмэрдээх оскуолатыгар ылыллыбыттара. Дарасун эмтээх уутунан биллэр, бүтүн Сойуус үрдүнэн аатырар санаторийдаах чѳкѳ куорат этэ. “Дар суу” – “эмтээх уу” диэнтэн ааттаммыт. Тимир суолунан дойду араас муннугуттан доруобуйаларын бѳҕѳргѳтүѳхтэрин баҕалаахтар эмтэнэ кэлэллэрэ. Дарасун тулата барыта мыраан (сопка). Саас аайы мыраан сирэйигэр чэмпэрээк сибэккилээтэҕинэ, Дарасун остуоруйа дойдутун курдук кэрэтийэрэ. Күөх ойуур хаймыылаах тэтэркэй көбүөрүнэн бүрүллүбүт мырааннар олус тупсаҕай, кэрэ көрүҥнэнэллэрэ. Ксюшалаах Павлуша орто сүһүѳх үѳрэнээччилэрэ буолан, биридимиэт аайы тус-туһунан учууталга үѳрэнэр буолбуттара. Кылааhынньыктарын уонна ыаллыы олорор оҕолору кытта түргэнник бодоруспуттара. Ордук чугастык Ксениялыын (Ксюшаны аны итинник ыҥырар буолбуттара) биир паартаҕа олорор Алеша Ли доҕордоспута. Аҕата кыраайы үѳрэтэр оскуола түмэлин сэбиэдиссэйэ этэ, онон Алеша Ли устуоруйаны, тѳрѳѳбүт кыраайын уруккутун, Забайкалье биллиилээх дьонун сүрдээҕин кэрэхсиирэ. — Истиҥ эрэ, — диэбитэ биирдэ Алеша, дьиэлээн истэхтэринэ, — дойдубутугар Емельян Ярославскайы билбэт киһи диэн суох. Кини Читаҕа тѳрѳѳбүтэ. Кыраайбыт биллиилээх дьонноруттан биирдэстэрэ. Сэбиэскэй Сойууска религияны утары охсуспут бассабыыктартан биир саамай актыбыыстара этэ. Кини аатынан үгүс куораттарга уулуссалар бааллар. Дьокуускайга кыраайы үѳрэтэр мусуой кини аатын сүгэр. — Тоҕо буолуой? – Ксения мыраан тэллэҕэр баар саhарбыт хатыҥ чараҥы кэрэхсээн одуулаhа иhэн судургутук ыйыппыта. — Кини Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут. Онно мусуойга сэбиэдиссэйдээбит. Саха ыччатын сэсийэлиисим идиэйэлэригэр уһуйбут, — Ли улгумнук быһаарбыта уонна сүрдээх иэйиилээхтик эппитэ, — Саха сиригэр бара сылдьыбыт киһи-ии! Онно хабараан тымныы диэн суруйаллар дии. Онно Ярославскай аатынан мусуойу, дьэ, сыныйан кѳрүѳм этэ эбээт! Тѳһѳ эрэ араас дьикти, ураты экспонаттардааҕа буолла?!
Балачча саҥата суох хаамсан испиттэрэ. Борук-сорук буолан, остуолбаларга уулусса банаардара холбонон сандаарыспыттара. Павлик тутан иһэр бартыбыалын хаҥас илиитигэр кѳһѳрбүтэ уонна дуоспуруннаахтык эппитэ: — Кѳр эрэ, Лёша, Дьокуускайга барар буоллаххына биһиги эдьиийбинээн эмиэ барсыахпыт. — Даа, даа! Барсабыт бѳҕѳ буоллаҕа дии! – сурдьун кытта эдьиийэ тута сѳбүлэһэ охсубута. Алёша Ли эдьиийдии-сурдьулуу Шелопугиннары Саха сиригэр илдьэ барарга сөбүлэспитэ. Емельян Ярлославскай аатынан мусуойу үhүөн көрүөх буолбуттара. “Ит ис э тейбл» уонна начаалынньык баатын тобоҕо Онус кылааhы эдьиийдии сурдьулуу Шелопугиннар Чита куоракка бүтэрбиттэрэ. Биир сиртэн атын сиргэ уларыйа сылдьан үөрэммит буолан, омук тылын үөрэтэллэригэр ночоотурбуттара: биир оскуолаҕа ньиэмэс тылын, атыҥҥа боронсуус киэнин, Читаҕа аангылыйа тылын үөрэппиттэрэ. Биллэн турар, чиҥ билиини хайа да тылга иҥэриммэтэхтэрэ. Фокин ньиэмэстии “Майн найм ист Пауль” (Мин аатым Павел), боронсуустуу «Фёзон конэсанс. Мон ном де фэмили э Шелопугин» (Билсэн кэбиhиэххэ. Мин фамилиям Шелопугин), аангылыйалыы “Ит ис э тейбл. Ай сии э Кейт энд Пит” (Бу остуол. Мин Катяны уонна Петяны көрөбүн) диэн этиилэри эрэ үөрэппитин өйдөөн хаалбыта. Эспэдииссийэҕэ сылдьан биирдэ дьээбэлэнэн ити үс билэр этиитин биирдэ субуруппутугар пуобардара Александра Никоновна улаханнык саллыбыта уонна: “Отой киинэҕэ көстөр омуктар курдук саҥараҕын!” — диэн саҥа аллайбыта. Александра Никоновна түөрт кылаас үөрэхтээх буолан, орто оскуоланы бүтэрбит дьону учуонайдар кэриэтэ көрөрө. Оттон Павел маркшейдер Андреевы көрдөhөн, иллэҥ түгэн көhүннэр эрэ, аангылыйалыы тылы олохтоохтук үөрэтэн барбыта. Кугас сааппыйаан тастаах уопсай тэтэрээтигэр саҥа үөрэппит тылларын кэчигирэччи сурунан иhэр буолбута. Маркшейдер Петр Афанасьевич, саха киhитэ, аангылыйалыы бэркэ билэрэ. Кини: «Тылыҥ саппааhа тыhыынча кэриҥэ буоллаҕына күннээҕи наадаҕын быhаарсар кыахтанаҕын», — диэн Шелопугиҥҥа мэлдьи сүбэлиирэ. Ый иhигэр Павел икки сүүсчэкэ тылы үөрэтэн маркшейдертан хайҕаммыта. Эспэдииссийэҕэ сылдьан, омук тылын үөрэтэриттэн ураты, Павел саанан ыта үөрэммитэ. Доруобунан отучча хаамыы иhинэн, харабыынынан сүүсчэкэ миэтэрэҕэ сыалын бэркэ табар буолбута. Аҕата Алексей Ефимович улахан булчута суоҕа. Ол оннугар балыктыырын ордороро. Онон Шелопугин булка эспэдииссийэҕэ сылдьан уhуйуллубута. Биирдэ уокка оттор мас бэлэмнии сылдьан Павел улардарга түбэспитэ. Төттөрү сүүрэн кэлэн: “Көтөрдөр бааллар!” — диэн төлүтэ биэрээт батарантааhын курдаммыта, саатын хабан ылбыта уонна ойуурга ыстаммыта. Геологтар иhийэн, күүтэн олорбуттара. Өр буолбатаҕа дүппүлүөт тыаhа эҥсиллэн кэлбитэ. Онтон өссө саа тыаhаабыта. Онтон өссө иккитэ. — Уол фазааннары кыайда! – кыhыл уктаах бүк тутуллар быhаҕын сытыылаан кикирийэ олорор Авель Зимин эрэмньилээхтик эппитэ, куударалаах баттаҕа тыалга өрүкүйэн ылбыта. — Чаччыгыныардыы сылдьар ини! – пуобар Александра Никоновна намыhах остуолга иhити-хомуоhу сааhылыы туран гидрогеологы кытта сөбүлэспэтин биллэрбитэ. — Эс, кыра чыычаах аайы уол иитиини бараабат. Куртуйахтарга түбэстэ ини, — Петр Афанасьевич уоhун үрдүнээҕи хара хойуу бытыгын имэриммитэ уонна “Беломорканал” бөппүрүөскэтин хаҥас дьабадьытыгар көhөрбүтэ, тунааран тахсан үɵhэ устар табах буруотуттан хараҕын симириҥнэппитэ. — Уон кэппиэйкэҕэ уксабын: уол фазаан тутан кэлиэ. Үhү! – Авель тимир быыла буолбут уҥа илиитин үс тарбаҕын: сөмүйэтин, орто тарбаҕын уонна тойон эрбэҕин чочотон көрдөрбүтэ. — Чэ, сакалааттаhыахха даҕаны! – түөтэ Шура иилэ хабан ылбыта уонна эттээх харытынан сүүhүн үрдүнэн көстөр-көстүбэт көлөhүн таммахтарын туора соттубута. – Көрөөр эрэ, чаччыгыныардаах кэлиэ! — Куртуйахтаах кэлэр ини. Мин эмиэ уон харчыга уксабын, — диэбитэ Андреев. Эспэдииссийэ дьоно бары уксан барбыттара. Кимнээх эрэ бөчүгүрэhи аҕалыа диэбиттэрэ. Начаалынньыктара Просянин «улар» диэбитэ. Өр-өтөр буолбатаҕа, Шелопугин тыаттан кэлэн иhэрэ көстүбүтэ. Кини икки улары тутан кэлбитэ. Артём Ильич оҕолуу үөрэн: “Улар диэбитим дии!” — диэн саҥа аллайбыта. Уксуу түмүгэр кыайан. солкуобайтан тахсаны сүүйэн, Просянин бэркэ көнньүөрбүтэ: «Баатым тобоҕо баар эбит!» — дэтэлээбитэ. Оттон Павел хайдах бултаабытын кэпсээбитэ. Амынньыар хомуйа сырыттаҕына, арай, бэрт чугастан тыастаахтык тирилээбитинэн, хара улар көтөн тахсыбыт уонна чугас баран бэс алын лабаатыгар олорон үллэкис гыммыт. Оччону көрөөт, уол көтөҕөн испит маhын аргыый аҕай сиргэ уурбут, аа-дьуо тыаhа суох тэйэ хааман кэриигэ кэлбит. Онтон буута быстарынан саатын ылан кэлээт, бэрт ыксалынан биэстээх доруобунньуктаах ботуруоннары уктубут. Улары көрбүт сиригэр үөмэн испит. Көтөрө көстүбэт эбит. Онтон эмискэччи сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн, талахтар быыстарыттан көтөн турбут. Шелопугин саатын луоhун иэдэhигэр даҕайа охсубут, сыалыгар уларын киллэрбит да инники чыыбыhын тардан кэбиспит. Ол аата ыhар, уҥа уоhунан «үрдэрбит». Хара тыа маанылаах көтөрө барахсан түүтэ бурҕас гына да түстэр, салгыы көтө турбут. Уол аны хаҥас уоhунан “типтэрбит”. Бу сырыыга улара охтубут эрээри, тиийбитэ бааhыран сүүрэ сылдьар эбит. Ону эбии ытан ылбыт. Бултуйан үөрэн — көтөн дьэргэстэйдэнэн истэҕинэ, аны биир улар чугастан көтөн турбут. Саатын хаба тардан ылан, сомуоктарын тардыалаан көрөр, тэрилэ эстибэт. Па, ботуруон укта илик эбит. Ботуруон уларыттыбыт. Бу сырыыга үстээх доробуунньалаах ботуруоннары ииттибит. Улар көппүт сирин туhаайыытынан аа-дьуо, тыаhаабатарбын ханнык диэн, сэрэниин-сэрэнэн баран испит. Онтон чугас, отучча миэтэрэлээх сиргэ, отон угун быыhыгар көтөрө хааман доодоҥнуу сылдьарын көрбүт. Бу сырыыга тута сылдьар уларын сиргэ ууран баран, ыксаабакка кыҥаан ыппыт. Улар миэстэтигэр охтон түспүт, сэниэтэ суох кынаттарын сапсыммыта буолбут. Павел иккис уларын ылан баран, үөс диэки барбалаабыт. Туох да суох үhү. Төннөн иhэн үс улары көтүппүт. Кэннилэриттэн ытан көрбүт да, таппатах, оннук, көтөн бара турбуттар. — Ай эм э хаантэр! Гууд! (Мин булчуппун! Үчүгэй!) – диэбитэ Павел кэпсээнин түмүгэр. Кэллиэгэлэрэ күлсүбүттэрэ. Маркшейдер Андреев уолу саннын таптайбыта: — Виэри виэлл (олус бэрт), – диэбитэ. “Эйигин…” Павел эспэдииссийэҕэ сылдьыбыта элбэҕи туhалаабыта. Кини онно элбэххэ үөрэммитэ, дьону кытта алтыhар дьоҕура сайдыбыта. Эhиилигэр, үөрэх наадатын толору өйдөөн, дьонун даҕаны сүбэтинэн, инженернэй- тэхиниичэскэй үнүстүүккэ туттарсан киирбитэ. Биирдэ бииргэ үөрэнэр табаарыhа Кокорин Юра төрөөбүт күнүгэр ыҥырбыта. Кокориннар кыбартыыраларыгар Шелопугин болдьоммут бириэмэҕэ чопчу кэлбитэ. Кокориннар улахан уолларын 20 сааhыгар остуол хотойорунан ас бөҕөнү тардыбыттар этэ. Юра доҕордоhор кыыhа Варя дьүөгэтинээн бааллара. — Катя, билсэн кэбис, бу Юра доҕоро Павел, — Варя ыалдьыттары билиhиннэрбитэ. Павел Катяны “ханна эрэ көрбүт кыыhым” дии санаабыта. — Эн Шелопугиҥҥын дуо? – ыалдьыт кыыс ыйыппыта. — Эн миигин билэҕин дуо? – хоруйдуон оннугар устудьуон уол муодарҕаан хардары ыйыппыта. — Букатын уларыйбатаххын, Фокин! Арай улааппыккын, киhини билбэт буолбуккун! – намчы кɵрүҥнээх, Бриджит Бардону маарынныыр, кыраhыабай кыыс эҕэлээхтик эппитэ, уhун иэҕиллибит кыламаннарын ибирдэтэн, симириктии көрбүтэ уонна төбөтүн хамсаппытыгар икки аҥы өрүммүт суhуохтара уҥа-хаҥас охсуллубуттара. — Ай-аай! — Катюха! Ама дуу? Бу эн дуо? – Шелопугин иккис кылааска биир паартаҕа олорон үөрэммит кыыhын Катя Епифанцеваны билэн, үөрэн саҥа аллайбыта. — Дьэ, бу соhуччу көрсүhүү буолла, доҕоттор! – Юра Кокорин омуннаахтык тɵлɵ биэрбитэ, эмиэ үөрбүтэ-көппүтэ. Катя өссө тупсубут, төлөhүйбүт этэ. Павел, төhө да киниттэн биир сыл балыс буоллар, тутум үрдүгүнэн, дуоспуруннааҕынан, лоп-бааччытынан хара маҥнайгыттан ордук аҕа курдук көстүбүтэ. Катя кооперативнай техникумҥа товаровед идэтигэр үөрэнэр эбит этэ. Ол киэhэни быhа Катялаах Фокин отур-ботур сибигинэhэн, кэпсэтэн тахсыбыттара. Санааларыгар, туох эрэ наhаа наадалааҕы кыайан бэйэ-бэйэлэригэр ситэри эппэт курдуктара. Ити күнтэн ыла Фокин Катялыын доҕордоhон, сотору-сотору кɵрсɵр, библиотекаҕа бииргэ сылдьар буолбуттара. Биир субуота күн Шелопугин Катяны “Родина” кинотеатрга ыҥырбыта. «Чёрт с портфелем» диэн саҥа комедияны көрбүттэрэ. Ол хартыынаҕа араас биэдэмэстибэлэр бюрократияларын түмүгэр хортуоппуй сытыйан эрэрэ, бэчээккэ кириитикэлиир ыстатыйа, фельетон тахсара хааччахтанара көрүдьүөстүк көрдөрүллэрэ. Киинэ кэнниттэн кыыhы дьиэтигэр атааран иhэн Павел: — Үчүгэй киинэ. Ити Савелий Крамаров суоппары бэркэ да оонньуур, — диэбитэ. Тротуар устун сатыы сылдьааччылар кинилэри ситэн ааhаллара. Халлаан төhө да хараҥардар, уулусса банаардара күнүскүлүү арылыйа сырдаталлара. — Павлуша, ити киинэҕэ оонньообут икки актрисаттан: Надежда Румянцеваттан уонна Майя Булгаковаттан эн хайаларын талыаҥ этэй? – Катя уолу оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатын ааттаан ыйыппыта. Павел хаамарын бытаардыбытыгар кыыс эмиэ тохтообута. Уол утары хайыhан уулусса банаарын сырдыгар оҕо сылдьан паарталар быыстарынан эккирэтиhэ оонньообут доҕорун хараҕын харата кэҥээн хаалбытын дьиктиргии, умсугуйа одууласпыта уонна чуумпутук эрээри чуолкайдык: — Мин эйигин талабын… — диэн ботугураабыта. Ити киэhэ аан бастаан уураспыттара. Катя уоhун үмүрүппэккэ, тоhуйан эрэ биэрэр этэ, оттон Павел кыhаллан-мүhэллэн ууруу сатаабыта. Кыыс сылаас, сииктээх, минньигэс уостарын астына эмпитэ. Саҥа дьылга Павел кыыhын дьонугар билиhиннэрэ аҕалбыта. Эдьиийэ Ксения урут бииргэ үөрэммит табаарыстарыгар Алексей Лигэ кэргэн тахсан туhунан олороро. «Павлуша кыыhын көрө» кинилэр эмиэ кэлбиттэрэ. Катяны кыратыттан билэр буолан Павел дьоно кыыhы тута бэйэ киhитин курдук көрсүбүттэрэ. Онон сэмэтириинэҕэ кэлбиттии санаммыт, кыбыстан тэтэрбит Епифанцеваны үтэн-анньан көрөн ууга-уокка түhэрбэтэхтэрэ. Эдэрдэр сааhыары, кулун тутарга холбоспуттара. Павел туспа хостоох буолан, дьиэ-уот бырабылыамата улаханнык турбатаҕа. Оннук, дьоннорун кытта бииргэ, Павел хоhугар олорон барбыттара. Лёша Бириэмэ сүүрүктээх өрүhэ олус дьиктитик устар дьоҕурдаах. Арыт, кэм-кэрдии барарын күүтэ сатаатахха, баран испэт, аа-дьуо сынар, бэрт нэhиилэ сыыллар. Холобур, бэс ыйын саҥатыгар, халлаан итийдэ да, сөтүөлүү барыаххын баҕараҕын. Оттон дьонуҥ аны икки нэдиэлэнэн, уу сылыйдаҕына купааhылыахха сөбүн этэллэр. Ол икки нэдиэлэ бүтүн үйэ буолан көстүө! Оттон кэм-кэрдии ардыгар, айаас ат күлүмэх айаныныы көтөн элэстэнэр. Ордук ханна эрэ ыксаан, бириэмэ барарын бытаарда сатыыр сатахха, түргэнник ааhар. Ол курдук, холобурга ыллахха, икки нэдиэлэлээх бохуот, табыллан, үчүгэйдик сылдьан кэллэххэ, сүрдээх кылгас кэм элэс гыммытын курдук буолар. Павеллаах Катяҕа бириэмэ ахсым ат сэлиитинэн дьэргэстэйдэммитэ. “Дьоллоохтор чаhыны көрбөттөр” диэн этии кинилэргэ анаммыт курдуга. Сайын буолбута. Устудьуоннар сессиялара бүтэн коньуукуллара саҕаламмыта. Катя эксээмэннэрин барытын «туйгун» сыанаҕа туттарбыта. Оттон Шелопугин сопроматын «үскэ», атын биридимиэттэрин “биэскэ” уонна “түөркэ” туттартаан сессиятын саппыта. Сопромат – сопротивление материалов – саамай ыарахан дьиссипилиинэ диэн ааҕыллара. “Сдал сопромат – можешь жениться!” диэн этэрэ устудьуоннарыгар Миронович бэрэпиэссэр. Биир күн кэргэнэ Павел кулгааҕар: “Сотору биhиги үhүө буолуохпут”, — диэн сипсийбитэ. Катя ити тылларыттан Фокин иhэ кычыгыламмыта, мэктиэтигэр, сүрэҕин тыаhын аан дойду барыта истэргэ дылы буолбута. Кинилэр кыhын уолламмыттара. Ороддуомтан тахсарыгар эдэр ийэни уонна уолчааны сыалай дэлэгээссийэнэн: Епифанцевтар уонна Шелопугиннар бары көрсүбүттэрэ. Кыракый Шелопугиҥҥа аат булар үөрүүлээх түбүк саҕаламмыта. Ийэтэ Толя диэҕин баҕарбыта. Оттон Павел аҕатын аатынан Алексей диир былааннаах этэ. Аймахтара араас ааты этэллэрэ. Саҥа кэлбит, кыра киhи эбэтэ Ульяна Дмитриевна оҕону дьобуруопалыы Аскольд дэниэхтээҕин эппитэ. Алексей Ефимович бэйэтин аатын сиэнигэр биэрэллэригэр сөбүлэспитэ. Уол онон Алеша диэн буолбута. Эhиилигэр, Алёша биир сааhын туоларыгар, Шелопугиннарга Елизавета Разинкина кыыhын Даринаны кытта ыалдьыттыы кэлбиттэрэ. Кобаяси төннүүтэ Чита куорат кэҥээн, тэнийэн, Атамановка сэлиэнньэтэ куорат микрооройуона буолбута. Лиза Разинкина Атамановкаттан кыыhын Дарина Уруму көрсө сыантырга кэлэрэ. Дарина үөрэнэр техникумун уопсайыгар олороро. Ийэтэ Елизавета билэр ыалыгар, Шелопугиннарга, мэлдьи сылдьара. Кэhиитин бараан этин, дьаабылака аҕалара. Алексей Ефимович уонна Ульяна Дмитриевна урукку кэллиэгэлэрин куруук үөрэ-көтө көрсөллөрө. Алёшик биир сааhын туоларыгар эдэр төрөппүттэр Даринаны ийэтинээн ыҥырбыттара. Ыалдьыттарын бары үөрэ көрсүбүттэрэ. Дарина Алёшигы көтөҕөн ылан уураан “чоп гыннарбыта уонна: — Улааппыккын, доҕор, дьэ, — диэбитэ. Уолчаан эттээх ытыстарынан кыыс иэдэстэрин бобуччу туппута уонна күлэн мытырыйбыта. — Фокин, эн атыҥырас соҕус этиҥ ээ. Уолуҥ букатын атын, — диэбитэ ону көрөн Елизавета, хара куйаха кырыбыайкатынан баттаҕын көннөрө туран. Кини Шелопугиннар Атамановкаҕа олордохторуна кырачаан Павлушаны элбэхтик сүкпүтэ-көтөхпүтэ. — Дуо-а? – Павел дьиктиргээбиттии ыйыппыта. — Павлуша, арай, Юкайоны атыҥыраабатаҕыҥ. Маамаҥ биирдэ ыстаансыйаҕа эйигин илдьэ кэлбитэ. Онно мин киhим эйигин бэркэ оҕорҕуу көрбүтэ, — Елизавета үп-үрүҥ куруhуба былаатын муннугунан уҥа хараҕын соттубута. Ыалдьыт дьахтар “мин киhим” диэн истиҥник эппититтэн Алексей Ефимович уонна Ульяна Дмитриевна Лиза билигин да Кобаясины ахтарын, таптыырын сэрэйбиттэрэ. Юкайо дойдутугар репатриацияламмытын кэнниттэн Разинкина түөрт сыл буолан баран Урум Игнат диэн Краснодартан төрүттээх, Атамановкаҕа олохсуйбут, уҥа илиитэ тоҥолоҕуттан ыла суох сэрии кыттыылааҕа киhиэхэ кэргэн тахсыбыта. Урум Арассыыйаҕа төрөөбүт болгаар этэ. Бэйэтин араспаанньата былыргы гректии “Рим олохтооҕо” диэн суолталааҕын кэпсиирэ. Игнат төhө да сэрии уот будулҕанын аастар, үтүө сигилитин сүтэрбэтэх, көнө майгылаах киhи этэ. Кини Даринаны бэйэтин аннынан суруйтарбыта. Оттон Елизавета араспаанньатын уларыппатаҕа. Биэс сыл бииргэ этэҥҥэ олорбуттара. Онтон ылбыт баастара дьарҕаран, Урум олохтон туораабыта… Алёша төрөөбүт күнүн олус бэркэ бырааhынньыктаабыттара. Ыллаабыттара-туойбуттара, уруккуну-хайуккуну ахтыспыттара. Онтон, имэ тэтэрбит Лиза сибигинэйэ былаан: — Мин дьикти сонуннаахпын, — диэбитигэр бары чуумпура түспүттэрэ. Кини Юкайо Кобаясины кытта сибээстэспитин кэпсээбитэ. Кобаяси Читаҕа төннөн кэлэр буолбут. Улаханнык туруорсан, элбэх сыратын — сылбатын бараан ону ситиспит. Ити сонунтан Шелопугиннар сүрдээхтик үөрбүттэрэ, Лизаны эҕэрдэлээбиттэрэ. — Мин дьиҥнээх аҕам араспаанньатын ыларга быhаарынным, — аны Дарина кэпсээн барбыта. – Кыра эрдэхпиттэн “дьоппуоҥка”, “дьоппуон Кыыhа” диэн сэнэбиллээх, аанньа ахсарбат ааты төhөлөөхтө истибитим, ардыгар, тоҥуй да сыhыаны көрсүбүтүм буолуой?! Бастаан, кыhыыбар, кистээн ытыыр этим. Онтон кэлин, кииллийэн диэххэ дуу, кыhаммат курдук туттар буолбутум. Билигин дьоппуон хааннаахпыттан кыбыстыбаппын. Онон мин Дарина Кобаяси диэн буолуом. Куорат саахсатыгар сайабылыанньа суруйан киллэрбитим. Онно, дьэ, ылбычча уларыта охсубаттар эбит. Атамановка Советыттан выписка көрдөөбүттэр. Ол докумуоҥҥа олоҕуран төрөөбүтүм туhунан туоhу суругу эмиэ уларытан толороллор эбит. Мин, боростойдуу, пааспарбын эрэ уларыттарыам дии санаабытым баара. — Сөптөөх быhаарыныы, — Алексей Ефимович кылгастык эрээри барыларын санаатын эппитэ. Ситэ икки ый ааспатаҕа, Владивостоктан тимир суолунан Юкайо Кобаяси кэлбитэ. Баксаалга киhи үөмэхтэс этэ. Юкайоны көрсө Лизалаах Даринаттан ураты Шелопугиннар уонна Атамановкаттан Юринскайдар кэлбиттэрэ. Поезд тохтообутугар богуоннартан дьоннор тахсыталаан барбыттара. Юкайо кэнникинэн тахсыбыта. Көбүс-көнөтүк туттан баран богуон ааныттан түhэн кэлбит Юкайо чанчыга кыырыктыйбыт этэ. Тутан түспүт улахан чымадаанын уонна суумкатын сиргэ ууран баран, утары сүүрэн кэлбит Лизатын кууhа түспүтэ. Дьылҕа хаан ыйааҕынан эдэр саастарын хаарыаннаах сылларын тус-туhунан атаарбыт тапталлаахтар ити кэмҥэ тугу санаабыттарын ким билиэ баарай? Хабархай амтаннаах дьол хараҕын уута Лиза иэдэhин устун тохтоло суох сүүрбүтэ. Юкайо туттуна сатыыра да, улаханнык долгуйбута көстөр этэ. Дарина аҕатыгар чугаhаабыта. — Кыысчааныам, – диэн нууччалыы саҥа аллайбыта дьоппуон. – Үкчү эбэҥ курдуккун. Ийэҥ хаартыскаҕын бастакы уонна сэттис кылааска үөрэнэ сырыттаххына ыыппыта. Онтон ыла өссө улааппыккын дии. Дарина күлэрэ эрээри хараҕын уута тохтоло суох субуруйара. Аҕатын туhунан ийэтэ киниэхэ кыра эрдэҕиттэн мэлдьи кэпсиирэ. Онно эдэр, мааны киhи туhунан ойууланара. Оттон билигин кинилэр аттыларыгар саас ортолоох, сылаарҕаабыт харахтаах киhи турара. Кобаяси Атамановкаҕа олохсуйбута. Сэбиэскэй кырасдааныстыбаны ылбыта. Үйэ-саас таптаабыт Лизатын кытта ыал буолбуттара. Дарина араспаанньатын уларыппыта, Кобаяси дэммитэ. Арассыыйа киэҥ туонатыгар дьоппуонтан сыдьааннаах хас эмэ сүүhүнэн дьон баар. Олортон сорохторо аҕаларын, эhэлэрин араспаанньатын илдьэ сылдьаллар. Холобур, Кристина Ямагути, Ирина Хакамада, Тамара Маэда, Анатолий Икеда, Тимофей Кимура о.д.а. Оттон сорохтор араспаанньаларын нууччалыыга майгыннатан уларыппыттара: Геннадий Сокуров, Диана Мацумотова, Влад Киомурин, Мария Хейсакина о.д.а. Дарина Кобаяси аҕатын араспаанньатын ылыаҕыттан тус олоҕор туох эрэ улахан суолталааҕы ситиспит дуу, сүтэрэн баран булбут дуу курдук санаммыта. Олоҕун саҥа кэрдиис кэмэ саҕаламмыта. Юкайо Арассыыйа тымныытын умнубатах этэ. Кыhын кэтэргэ билигин ичигэс таҥас арааhа элбээбитинэн, Чита бытархан тымныытын, ол аата -30, -40 кыраадыhы, кэбэҕэстик тулуйуохха сөбүн кэпсиирэ. Оннук кэпсээтэҕинэ Дарина: — Оттон Саха сиригэр оннооҕор минус алта уон, бэл, сэттэ уон кыраадыска тиийэ тымныйар үhү, -диэн чаҕытара. — Оо, оччо тымныыны мин, оннооҕор, ɵйбɵр сатаан оҥорон кɵрбɵппүн! – аҕата улаханнык саллан тɵбɵтүн быhа илгистэрэ уонна сɵхпүттүү күлэн кэбиhэрэ. “Чахчы, тыйыс дойду эбит!” Киhи тугу эрэ күүскэ баҕарбыта туоларынан, олоххо киирэринэн уратылаах. Павел уонна Ксения Шелопугиннар Алёша Ли диэн табаарыстарын кытары Саха сиригэр бара сылдьыах буолбут оҕо эрдэҕинээҕи ыра санаалара туолбута. Ол маннык этэ. Павеллаах Катя үөрэхтэрин бүтэрэн үлэhит буолбуттара. Алёшиктара оҕо саадыгар барбыта. Ол кэмҥэ Алексей уонна Ксения Лилэр Дьокуускайга олохсуйбуттара. Кинилэр икки уолламмыттара. Ксения уоппускатыгар кыра уолун, таптыыр сурдьун аатынан ааттаабыт Павлушатын, илдьэ кэлэ сылдьан Саха сирин биримээнэ туох эрэ эриэккэс, тропик дойдутунуу куйаас сайыннаах дойду диэн ойуулаабыта. Эҥин араас соҕуруу дойду көтөрө, бэл, чиибистэр, ойуур холууптара – өтөннөр — кэлэн сайылаан бараллар диэбитэ. Оннооҕор Дьокуускайтан чугас оройуоҥҥа биир сайын пеликан кэлэн сайылаабытын ахтыбыта. Оттон кыhын көтөн иhэр чыычаах кыната хам тоҥон халыҥ хаарга сууллан тобулу түhэр бытархан тымныылааҕын кэпсээбитэ. Булда-алда олус дэлэй, сатаабат да киhи бэрт түргэнник булка үɵрэнэр үhү. Дойдутугар, Забайкальеҕа, булт диэҥҥэ сыстыбатах Алексей Ли, онно баран, кусчут-куобахчыт бэрийэр бэрдэ буолбут: үлэлиир кэлэктиибин эр дьонноро, булчут атамааннара, кинини бэйэлэрин кытта мэлдьи илдьэ сылдьаллар үhү. Күhүн-саас маҕаhыынтан эт атыыласпат үhүлэр: кус-хаас, куобах этинэн эмсэхтэнэр эбиттэр. Ксения, саамай кылаабынайа, онно олус эйэҕэс, амарах дьон: сахалар, нууччалар, эбээннэр, чукчалар олороллорун кэпсээбитэ. Сэсиэттэргин, ыалларгын ааҕа билэҕин, мегаполис дьонун курдук тоҥкуруун киhини кɵрбɵккүн диэн сɵхтɵрбүтэ. Хамнас улаханынан ымсыырдыбыта. Күтүɵтэ Алексей ыйга түɵрт мɵhɵɵгү аахсарын истэн, балтараа сүүhү ылар Павел бэркэ ымсыырбыта. Маны таhынан, Ксения Дьокуускайга Забайкальеттан тиийэн олохсуйбут, Саха сирин дойду оҥостубут балачча улахан диаспора баарын, кинилэр бэйэлэрэ туспа хуордаахтарын астына сэhэргээбитэ. Оччолооҕу истэн баран Павеллаах Катя Дьокуускайга баран, уу харахтарынан көрөргө, дьикти кыраайы билсэргэ санаммыттара. 1976 сыллаахха, ыам ыйын 25 күнүгэр кинилэр Хабаровскайынан эргийэн Дьокуускайга көтөн кэлбиттэрэ. Дьокуускай тулата кыhыҥҥылыы, хаардаах сытарын көрөн, олус саллыбыттара. Ол саас тоҕо эрэ хаар хойукка дылы ууллубатаҕа, ыам ыйын бүтүөҕэр диэри сыппыта. Тымныы, кэмсиин саас этэ. Шелопугиннары аэропорка көрсүбүт эдьиийигэр Павел: — Дьэ, чахчы тыйыс дойду эбит! – диэбитэ, сүрдээхтик сөхпүт куолаhынан, чараас демисезоннай кууркатын молниятын хатыы-хатыы. — Суох. Бу эрэ саас олус хойутаата. Олохтоохтор даҕаны наhаа дьиктиргииллэр, дьыл маннык бытаарбытыттан. Баҕардар, Саха сирэ эhигини кыhынын тобоҕунан көрсүөн, тымныытынан күндүлүөн баҕарбыта буолуо! – Ксения сырдык береткатын кэппитэ уонна күн-дьыл туругун туhунан кэпсэтиини көрүдьүөскэ кубулутан, күлэн лыhыгыраппыта. Хата, сайын бэркэ куйаарбыта. Павеллаах Катя Саха сирин киин куоратын тулатынааҕы мырааннары Забайкалье сопкаларыгар ханыылыы, уруургуу көрбүттэрэ. Биир үтүɵ күн күтүөттэрэ Алексей Павеллааҕы Лена арыытыгар күүлэйдэтэ, балыктата таhаара сылдьыбыта. Киэҥ, нэлэмэн Эбэни бастаан көрөн баран Павеллаах Катя, мэктиэтигэр, тылларыттан маппыттара. Кинилэр улааппыт, үөскээбит Ингода өрүстэриттэн букатын атын, адьас, байҕал кэриэтэ улуу өрүс устан нэлэhийэ сытара. Спинниннээн Павел алта ыллар харыстаах сордоҥу тутан, астыммыта аҕай. Ингодаҕа кини алыhары уонна хаахынайы эрэ удочканан хаптарара. Оҕо сылдьан көрүөхтэрин баҕарбыт ыра санааларын толорон, Ярославскай аатынан мусуойга сылдьыбыттара. Биир дойдулаахтара тэрийбит түмэлин астына-дуоhуйа, киэн тутта, кэрэхсии көрбүттэрэ. Дьокуускайы, Туймаада хочотун Шелопугиннар сɵбүлээбиттэрэ. Павел тутууга үлэҕэ киирбитэ. Киэҥ-куоҥ үс хостоох кыбартыыраны куортамнаабыттара. Фокин да, Катя да төрөппүттэрэ: “Кыанар эрдэхпитинэ бэйэбит олорон эриэхпит”, — диэн, оҕолоро Саха сиригэр ыҥырбыттарыгар кэлбэтэхтэрэ. Читаҕа хаалбыттара. Катя универмакка үлэҕэ киирбитэ. Биэстээх Лешаларын оҕо саадыгар сырытыннарар буолбуттара. Алёшик онно сылдьан начаас сахалыы саҥарарга үɵрэммитэ. Дьонноро кинини: “Биhиги тылбаасчыппыт”, — диир буолбуттара. Шелопугиннар Саха сиригэр итинник олохсуйбуттара. Барбос Эhиилигэр дойдутугар бара сылдьан, Павел үнүгэс ыт оҕотун аҕалбыта. Бу тɵрүт-уус бэйэлэрин ыттарын сыдьаана этэ. Шелопугиннар ыттарын барытын Барбос диэн ааттыыллар этэ. Павел Забайкальеттан илдьэ кэлбит ытын оҕотун эмиэ Барбос диэн ааттаабыта. Бэрт мэник, карело-финскэй лаайка бэдигэ бɵдɵҥ, дьоhун ыт буола улааппыта. Хара ɵҥнɵɵҕɵ. Харабыл да, булчут да быhыытынан иччилэригэр сирдэрбэт этэ. Лоҥкунатан, дуорааннаах, бэрт суон куоластааҕа. Фокин бииргэ үлэлиир табаарыс уолаттарын кытта күhүн тыаҕа куобахха, мас кɵтɵрүгэр сааланарыгар ытын илдьэ тахсара. Барбос тииҥи да үрэрэ, куобаҕы да күɵйэн аҕалара. Оттон мас кɵтɵрүн ньэкээлээн үрдэҕинэ, бочугурас эбэтэр куртуйах, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы олорон биэрэллэрэ. Павел үɵмэн кэлэн ону туура ытан түhэрэрэ. Бириэмэ сүүрүктээх ɵрүhэ тохтоло суох устан, кэм-кэрдии ааhан испитэ. Шелопугиннар эбиллибиттэрэ: Леша 1979 сыллаахха бырааттаммыта. Иккис уолларын Шелопугиннар Ростислав диэн сүрэхтээбиттэрэ. Слава убайын кыччатыллыбыт куоппуйата этэ. Алёша оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскатын дьон Славик дии саныыллара. 1980 сылга дойду Москуба Олимпиадатынан эрэ олорор курдуга. Павел сыбаарсыктар биригээдэлэрин Саха сириттэн илдьэ баран, олимпийскай дэриэбинэ тутуутугар балтараа ый үлэлээн кэлбитэ. Ахтыспыт кэргэнниилэр, Павеллаах Катя, оҕолорун эдьиийдэрин аахха илдьэн биэрбиттэрэ. “Мүɵттээх нэдиэлэни” быhа утуйар хосторуттан быкпатахтара. Харыстана да сатаабатахтара. Ол түмүгэр, тоҕус ыйынан Алёшалаах Славик игирэ Уля уонна Аля диэн балтыламмыттара. Шелопугиннар Покровскай тыраакка дьиэ туттубуттара. Туhунан дьиэлэнэн, дьэ, оннуларын-тойдорун булбуттуу санаммыттара. Ыттара Барбос, куорат кыбартыыратыгар үɵскээбит буолан, бастаан утаа, таhырдьа уйа тутан, онно олохтообуттарыгар, ɵйдɵɵбɵтɵҕɵ. Наар дьиэҕэ киирэ сатыыра. Ол иhин сыапка олордубуттара. Yйэлээх сааhыгар кɵҥүл сылдьа үɵрэммит ыкка ол улахан истириэс этэ: маҥнайгы түүнүгэр Барбос үрэн, улуйан тахсыбыта, иччилэрин да, чугастааҕы ыалларын да утуппатаҕа. Күнүс аhаабатаҕа, уйатын иннигэр түүрүллэн баран сыппыта. Иккис түүнүгэр эмиэ үрэн, улуйан барбытыгар ийэлэр тулуйбатаҕа, тахсан, сыабыттан босхо ыыппыта. Аны ыттара күүлэ аанын тарбаабыта: дьиэҕэ киириэҕин баҕарара. Хайыай, Катя ытын киллэрэн, күүлэ муостатыгар эргэ баата суорҕаны тэлгээн биэрбитэ. Барбос, дьэ, уоскуйбута. Кэлин, син үɵрэнэн, таhырдьа хонор буолбута. Ол эрэн уйатыгар буолбакка, үктэлгэ сытара. Шелопугин Дьокуускайга ыты анаан-минээн иитэр хас да киhини кытта билсибитэ. Никифоров Арыйаан диэн табаарыhа Барс диэн маҥан, сырбалдьыйбыт, удьуор булчут, Ɵлүɵхүмэ Тээнэтиттэн тɵрүттээх тыhы ыта Барбостан биэс оҕоломмутуттан биирин Шелопугиннар ылбыттара. Онтуларын Буря диэн ааттаабыттара. Эhиилигэр Буря Саха Чапаайын Сокол диэн булчут ытыттан түɵрт оҕону тɵрɵппүтэ. Атыыра биир эрэ этэ. Ону Павел бэйэтигэр хаалларбыта уонна эмиэ Барбос диэн ааттаабыта. Саха Чапаайа биир тыhы ыт оҕотун ылбыта, онтун Пурга диэбитэ. Саха Чапаайа Василий Иванович Яковлев 1923 сыллаахха Амма оройуонугар Амма-Наахара нэhилиэгэр тɵрɵɵбүтэ. Уон икки сааhыттан холкуоска үлэлээн барбыта. Хороччу улаатан эрэр уолчаан саас сир хорутуутугар оҕус сиэтэрэ, сайын окко үлэлээн буhара-хатара. Василий уон тоҕустааҕар, 1942 сыл бэс ыйын ортотугар бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыта. Сэтинньигэ дылы Челябинскай куорат аттыгар 16-с хайыhар биригээдэтигэр байыаннай үɵрэҕи ааспыта. Онтон боруоҥҥа ыыппыттара. Саха Чапаайа сэриигэ сылдьыбытын туhунан кэпсээбэт этэ. Улахан моhуйуунан, ыйытыы күүhүнэн туох уордьанынан, хаhан, ханна наҕараадаламмытын эрэ быктарара. Уоттаах сэриигэ бастаан Сталинград таhынааҕы Котельниково ыстаансыйа аттыгар сүрэхтэммитэ. 15-с гвардейскай механизированнай биригээдэ эрэспиэччигэ Василий Яковлев хорсун сэрииhит быhыытынан биллэн барбыта. Сталинград таhыгар тɵгүрүтүллүбүт ɵстɵɵҕү үлтүрүтүү кэнниттэн 15-с куорпус Ростов уобалаhын, Донбааhы уонна Соҕуруу Украинаны босхолуур кырыктаах, хаан тохтуулаах кыргыhыыларга кыттыбыта. 1943 сыллаахха Донбааhы босхолуур иhин биир кыргыhыыга Василий Яковлев иhигэр бааhыран, 3-с Украинскай боруон госпиталыгар утаарыллыбыта. Ол туhунан кини маннык, бэрт сэмэйдик, кэпсээбитэ: “Биир кыргыhыы кэмигэр ротабыт отделениеларын саллааттара тааҥкаларга хатаастан олорсон, атаакаҕа киирдибит. Ньиэмэстэр позицияларыгар кɵтүтэн тиийэн, тааҥкалартан ыстанан түhээт, кыргыhан бардыбыт. Хас биирдии траншея, окуопа иhин хабыр киирсии буолла. Иннибит диэки кимэн иhэн, ɵстɵɵх бүлүмүɵтэ тохтоло суох тибиирэриттэн, атаакабыт ханнан хаалла. Онон биир траншеяҕа тохтоон хааллыбыт. Алта уонча эрэ хаамыылаах сиртэн, ДОТ чуолҕаныттан басыыстар бүлүмүɵттэрэ ытыалаан куhуйар. Хаста да атаакаҕа туран кɵрдүбүт даҕаны, ɵстɵɵх буулдьатыттан элбэх табаарыстарбытын сүтэрэн, тɵттɵрү траншеябытыгар түстүбүт. Хамандыырбыт бурааскатын устан, сүүhүн кɵлɵhүнүн туора ньухханан кэбистэ итиэннэ миэхэ эттэ: — Вася, дабаай, эн ити ытан тиҥийэр бүлүмүɵтчүгү уодьуганнаа! Уонна тааҥканы уматар улахан кыранаатаҕа үс оскуолачынайы боробулуоханан баайан оҥоhуллубут ыарахан түрдьэни ытыспар туттаран кэбистэ уонна, тɵhɵ да хомсомуол буоллар, алҕаата: — Чэ, Айбыт Таҥара арыаллаатын! Аттыбар баар грузин уола Акакий Деврисашвили ɵттүгэр иилинэ сылдьар билээгэтиттэн ууламмыт испиири куруускаҕа толору кутан биэрдэ. Ууну-уоту ортотунан бииргэ сылдьан кэлбит доҕотторум сирэйдэрин кэриччи кɵрдүм. Бары тыйыhырбыт дьүhүннээхтэр. Куруускабын биир тыынынан хантаттым. Аhыы утах күɵмэйбит салаан, курулуйбут куртахпар түстэ. Табаарыстарбыныын саҥата суох, ыксары илии тутустубут. — За Родину! – диэн күɵмэйим муҥунан хаhыытаан бытарытаат, улахан кыранаата иитин сулбу тартым, траншеяттан ойон таҕыстым уонна инним диэки ыстанным. Сүүрэн иhэн, боҕус гынаат, ДОТ чуолҕанын туhаайан быраҕан кыыраттым… Кыранааталарым сибээскэтэ бүлүмүɵттээх амбразура диэки кɵтɵн иhэрин бытаардыллыбыт киинэҕэ курдук кɵрдүм. ДОТ чуолҕаныттан уот чаҕылыҥнаабыта… Куоспуталга ɵйдɵммүтүм. Этим-сииним барыта убахтаан ыалдьара бэрдиттэн “ɵлɵр эбиппин” дии санаабытым. Байыаннай хирург-быраастар, медсиэстэрэлэр, саньытааркалар дьулуурдарынан, улахан сыраларынан тыыннаах хаалбытым. Кэлин, үтүɵрэн, бэйэм чааспын булбутум кэннэ табаарыс уолаттарым: «Бырахпыт кыранаатаҥ чопчу чуолҕаҥҥа түспүтэ. Дэлби тэбииттэн ДОТ, мэктиэтигэр, үллэх гына түспүтэ, бүлүмүɵт ытара тохтообута. Сонно тута атаакаҕа туран, кирбиини ылбыппыт», — диэн кэпсээбиттэрэ». Ити кыргыhыыга Василий Иванович ыараханнык бааhырбыта. Ɵстɵɵх бүлүмүɵтүн сэттэ буулдьата уҥа санныттан иhин анныгар диэри курдары ааспыт этэ. Кɵхсүгэр буулдьа курдары ааспыт баастара килэриччи оhон чэрдийбиттэрэ. Хас биирдии буулдьа суолугар иистэнэр сүүтүк батар кыахтааҕа. Уhуннук эмтэнэн, устуруойга тɵннүбүтэ. Бэргэнник ытарын билэн, хамандыыра снайпер буоларыгар мэктиэлээбитэ. Yɵрэнэн, снайпер буолбута. Ɵстɵɵх хас да саллаатын уонна аппыhыарын «устуруойтан туораппыта». 1943 сыл ахсынньытыгар тɵбɵҕɵ таптаран, эмиэ куоспуталга киирбитэ. Ыарахан араанньы ылбыт этэ. Куоспуталтан тахсарыгар бэйэтин чааhа ɵстɵɵҕү арҕаа кыйдаан ырааппыт этэ. Сержант Яковлев 1944 сылга 80-с аармыйа 242-с пуолкатыгар аптамаатчыктар отделениеларын хамандыырынан анаммыта. Хайа да чааска сырыттаҕына кинини Василий Иванович диэн аатын истээт, тута: “Чапай! – дииллэрэ, — Якутский Чапай! Албан аат уордьанын үhүс истиэпэнинэн Саха Чапаайа Висла ɵрүhү туоруур иhин кыргыhыыга хорсун быhыыны кɵрдɵрɵн наҕараадаламмыта. Ол туhунан наҕараадалыыр бирикээскэ судургутук маннык суруллубут: «Висла уҥуор бастаан туораабыт этэрээти кытта кытылга тиийэн, отделениета форсирование оҥороругар холобур кɵрдɵрдɵ. Бастакынан ɵстɵɵх траншеятыгар киирэн, 8 гитлеровскай саллааты суох гынна» (82-с гвардейскай стрелковай дивизия 1945с. кулун тутар 17 күнүнээҕи 101/н №-дээх бирикээhиттэн). Онтон 11 хонон баран, 28.03.1945 с. Илиҥҥи Пруссияҕа баар Кюстрин кириэппэhи ылар сорук турбута. «Кириэппэс тэллэҕэр, илиинэн киирсии кэмигэр, Яковлев сэттэ фашиhы кыдыйбыта. Кириэппэhи штурмалааhын саҕаламмыта. Рота атаакаҕа киирбитэ. Ɵстɵɵх бэринэр санаата суоҕа. Кириэппэс уотунан илгистэ турбута: түннүктэртэн, чуолҕаннартан ытыалыыр этилэр. Сержант Яковлев В. И. таптаран, ыараханнык бааhырбыта. Ол эрэн устуруойтан туораабатаҕа. Трофейнай бүлүмүɵтүнэн ɵстɵɵҕү утары уоту аспыта. Бэргэнник ытыалаан, хас да ɵстɵɵх уотун туочукатын тохтоппута. Онон биhиги подразделениеларбыт салгыы кимэн киирэллэригэр кыах биэрбитэ. Штурм ситиhиилээхтик түмүктэммитэ» (6-с Армия 1945с. Ыам ыйын 7 күнүнээҕи 612/н №-дээх бирикээhиттэн). Бу кыргыhыы иhин Василий Иванович Албан аат 2-с истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Полевой госпитальга кылгастык эмтэнээт, бааhа ситэри чэрдийэ да илигинэ, эмиэ сэриигэ киирбитэ. “1945 сыл муус устар ый 16 күнүгэр Берлини штурмалыыр кыргыhыыга сержант Яковлев В.И. хамандыырдаах аптамаатчыктар подразделениелара ɵстɵɵх оборонатын тоҕо кɵппүтэ. Сержант бастакынан немецтэр траншеяларыгар кɵтɵн түспүтэ уонна гранаталарынан тамнаан 52 гитлеровскай саллааты суох оҥорбута. Трофейнай Фауст-патронунан утарсааччытын икки пулемётун суох гыммыта» (сержант Яковлев Василий Ивановиhы Бойобуой Кыhыл Знамя уордьанынан наҕараадалыыр 8-с Армия 1945 с. ыам ыйын 31 күнүнээҕи 687/н №-дээх бирикээhиттэн). Хорсун сэрииhит “Берлини ылыы иhин”, “Варшаваны босхолооhун иhин”, “Варшава иhин” (Польша) мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Ыраах Саха сириттэн арҕааҥҥы боруоҥҥа тиийбит саха хоодуот уолана – Яковлев Василий Иванович – Саха Чапаайа – Сталинградтан Берлиҥҥэ диэри хорсуннук кыргыспыта, Европаны кугас чумааттан – фашизмтан — босхолоспута. Доҕордуулар Василий Иванович эдэр ыччаты кытта бэркэ тапсара. Университекка үɵрэнэ сылдьар Айталыын уонна Андрей диэн устудьуон уолаттары кытта доҕордоспута. Сааhырдар да кɵнɵтүк чиккэччи тутта сылдьар, эрчимнээх саҥалаах Василий Ивановиhы эдэр доҕотторо убаастаан Эhээ диэн амарахтык ааттыыллара. Кинилэри Чапаай кэргэнэ, университет остолобуойун үлэhитэ, нуучча боростуой эмээхсинэ Мария Ивановна билиhиннэрбитэ. Кини Василий Иванович иккис кэргэнэ этэ. Оҕолоро суоҕа. Бастакы кэргэниттэн Эhээ икки улахан кыыстааҕа. Олор туhунан олороллоро. Хас даҕаны сиэннээҕэ. Оҕолоро уонна сиэннэрэ хам-хаадьаа кэлэн, күн курдук кɵстɵн бараллара. Айталыыннаах Ɵндүрэй Мария Ивановна кɵрдɵhүүтүнэн Яковлевтарга хаhаайыстаба үлэтигэр кɵмɵлɵhɵллɵрɵ: оҕуруот сирин таҥастыыллара, хортуоппуй олордуhаллара, күhүн ɵлгɵм үүнүүнү хомуйсаллара, олбуор иҥнэйээри гыннаҕына ремоннууллара, мас хайыталлара, водопроводунан уу кэлбэт кэмигэр чугас тыккырыыр үрүччэттэн эбэтэр күɵлтэн уу баhан дьалкыhытан аҕалаллара. Мария Ивановна, остолобуой үлэhитэ буолан, аа-дьуо ласпаҥныы сылдьан олус минньигэстик астыыра. Куукунаттан кэлэр минньигэс сыт дьиэ иhин толорон кэбиhэрэ. Устудьуон уолаттар Эhээ даачатыгар бэлэм уохха сытан, чуумпуга экзамеҥҥа бэлэмнэнэллэрэ. Чапаай Сэргэлээххэ баар, сырдык бэс маhынан тутуллубут, кэҥэс даачатын дьиэтигэр сылы эргиччи олороро. Кини булчут лаайкалары иитиинэн дьарыгырара. Мэлдьи 6-7 ыты тутара. Эhээ күнэ-ыйа ол ыттарыттан тахсара. Лаайкаларын туhунан кини күннүгүлүү кэпсиир кыахтааҕа. — Чэ, уолаттар, кэлэ-бара Мария Ивановнаҕа кɵмɵлɵhɵ тураарыҥ. Мин Орто Халымаҕа аллар атаспар Уйбаан Лаптевка баран, нэдиэлэ курдук кустаан кэлиэм, — биир үтүɵ күн Эhээлэрэ эппитэ уонна сэҥийэтигэр бытыгыраан эрэр кыырыл бытыгын имэриммитэ. Устудьуон уолаттар ону истэн бэркэ саллыбыттара: кустуур сирэ, саатар, Нам дуу, Горнай дуу буолбакка, адьас киhи санаата тиийбэт ыраах, Орто Халыма буоллаҕа! Ɵндүрэй, саллыбыта бэрдиттэн, баhын быhа илгистибитэ – бу этэн кэбистэҕэ кэбэҕэhин! Кинилэрдиин бииргэ үɵрэнэр кулуhун курдук кɵнɵ, уhун уҥуохтаах, киэҥ хара харахтаах, ырааҕынан сиэнчэр хааннаах, кыраhыабай Буопка Винокуров – Орто-Халыма уола — айаныгар Бүлүү дуу, Илин Эҥэр дуу оройуоннар устудьуоннарынааҕар быдан эрэйдээхтик кэлэрин-барарын билэр буолан Айталыын даҕаны Василий Иванович эппитин сɵҕɵ истибитэ. Киэhэ хомунан баран, сарсыныгар Василий Иванович таксинан аэропорка киирбитэ. Сарсыныныгар Орто Халыматтан кэргэнигэр эрийэн, атаhын нэhилиэгин этэҥҥэ булбутун эппитэ. Уонча хонон баран Эhээ икки куул андылаах кэлбитэ. Кини булдун таhынан биир ыйдаах ыт оҕотун илдьэ кэлбит этэ. Онтуката Халыма булчут ыттарын оҕото уонна хаски булкаастаах буолан, дойду сир лаайкаларыттан атына: кэтит түɵстээҕэ, хойуу түүлээҕэ, лаппаҕар сүүhүн аннынан сырдык харахтарынан оттомноохтук кɵрɵрɵ, кутуруга эриллэн, кɵхсүгэр сытара. Хап-хара таҥалайдаах этэ. Килбэлдьийэр хара ɵҥнɵɵҕɵ, арай икки илин атаҕа уонна түɵhэ маҥан этэ. Ытын оҕотун тɵрүччүтүгэр тыатааҕыга, тайахха уонна киискэ сылдьар улахан булчут ыттар баалларын иhин уонна улахан кыылга барыгас буоллун диэн оҕонньор ытын Дохсун диэн ааттаабыта. Устудьуон уолаттар иллэҥсийэ эрэ түстэллэр Дохсуҥҥа араас хамаанданы үɵрэтэ оонньууллара. Ыт оҕото олус ɵйдɵɵх уонна үтүɵ майгылаах этэ, үɵрэҕи бэрт кэбэҕэстик ылынара. Саҥа үргэммит кус кынатын тоhутан ылан быаҕа баайаллара уонна тиэргэн устун сүүрбэччэ-отучча хаамыылаах сиргэ эрийэ-буруйа соhон илдьэн кистииллэрэ. Онтон Дохсуну аҕалан, бастаан кынаты уурбут сирдэрин ыйа-ыйа: «Ирдээ! Кус! Кус!» — дииллэрэ. Онуоха анарааҥылара, кутуругун куймаҥнатан ыла-ыла ирдээн тиҥсирийэн тиийэн, чопчу кынаты булан ылара. — Оо, уолаттар, дьэ бэрт! Куска ааттаах буолсу! Аны тииҥи, кииhи үрэргэ үɵрэтэргит буоллар, hэ-hэ-hэ, — Эhээ күлэн лэhигирэтэрэ уонна хамсатыгар хаамыска курдук хаалаах «мотуруоскай» мохуоркатыттан ылан симэрэ. «Улсын ин дɵлгүүр» диэн суруктаах «бырааскай» испиискэтинэн табаҕын уматтара. Хамсатыттан унааран тахсар күɵх буруоттан симириктээн ылара уонна тиэргэҥҥэ оонньуу сылдьар эдэр доҕотторун, ытын оҕотун астыммыттыы, таптаабыттыы кɵрɵ-кɵрɵ аа-дьуо табахтаан бусхатара. Күhүҥҥү тыаҕа Икки сыл ааспыта. Айталыын Ксенофонтов Яковлевтардыын ыга бодоруспута. Ɵндүрэй кэргэннэнэн, Залокка чааhынай дьиэни куортамнаан кɵспүтэ. Эдэр ыал оҕоломмуттара. Онон Ɵндүрэй кырачаанын кɵрɵртɵн соло булбакка, Яковлевтарга сылдьара лаппа сэдэхсийбитэ. Айталыын уруккутун курдук субуотаны, ɵрɵбүлү Яковлевтарга атаарара. Кырдьаҕастар, үɵрэнэн хаалан, кинини: «Уолбут», — дииллэрэ. Кини Эhээ ыттарын кытта чугастык доҕордоспута эрээри, ордук Дохсуну уонна Пурганы сɵбүлүүрэ. Пурга – Шелопугиннар Буряларын уонна Яковлевтар Арҕаа Сибииртэн тɵрүттээх Соколларын оҕото этэ. Пурга улахан уҥуохтаах, уhун атахтаах, бэрт мааны, булчут ыт этэ. Тɵhɵ да халыҥ хаардаахха куобаҕы ыраах ыыппакка сүүрэн тутарынан Дохсунтан ордук этэ. Алтынньы саҥатыгар биир субуота күн Василий Иванович Айталыыны тыаҕа тахсан “кэрийэ, хаама түhэргэ” ыҥырбыта. Эhээ устудьуон уолга саҥа уон алтыс калибрдаах ИЖ-27, бэртикээлкэ (туруору уостаах) доруобун уларсыбыта. Бэйэтэ икки айахтаах, швейцарскай, сүүрбэ түɵртээх диэн олус сэдэх калибрдаах, горизонтаалка (сытыары уостаах) эргэ саатын ылбыта. Бу саа, баҕар, шведскэй буолуо эрээри, Эhээ «швейцарскай» диирэ. Бу саатыгар хотуобай ботуруон атыыламмат буолан, эргэ алтан гильзалары бэйэтэ ииттэн ытара. Саха Чапаайа бу саатын олус хайгыыра: — Дьэ, доҕо-ор, бу баар, саа бастыҥа. Урукку оҥоhук. Тас сомуок. Пэрэхэньиитэл эҥин диэн ньиэту. Отой удуобунай. Ханнык устубуолгунан ытыаххын баҕараргын эрэ иитэҕин. Пэрэхэньиитэллээх саа күннүгүлүү бойуогун куруhууната тура сылдьар, интерсептор эрэ тутар. Онтон тимир сылайар, кэлин оннук саа эпчиэскэлиир да буолуон сɵп. Оттон мантыҥ куруhууната ытарга эрэ үлэлиир, онон бу саа – биэчинэй, уhун үйэлээх тэрил. Люфт эҥин диэн кэлиэ дуу, суох буоллаҕа дии! Букатын дьалкыйан кɵрɵ илик. Кɵр, ыйааhына кыра, үс киилэни кыайбат эрээри, киhи саннын күүскэ аспатынан уратылаах. Саа тɵhɵнɵн ыйааhыннаах да, соччонон санныгын тэбэрэ кыра. Ити кыра ыйааhыннаах уон алталаах саалар барахсаттар соноҕос тэбэринии саайаллар ээ. Күннүгүлүү кустаан баран, киэhэ уҥа санныҥ кɵҕɵрɵн кэлээччигин. Дьэ, айаккалаах, оннук доруобунан бултуур. Ол оннугар лис курдук ыйааhыннаах уон иккилээх саа тэбэрэ кыра буолар: маассата атдаачаны тохтотор. Аны туран, бу «швейцааркабын» санныгар даҕайыаҥ кэрэх, кɵрбүт сиргэр кыҥаабыт буолаҕын. Ол аата олус приклаадистай луостаах. Бирикилээтэ олус уhуна суох буолан сайыҥҥы да, кыhыҥҥы да булка бэрт табыгастаах, — уонна бу имэрийэ олорор саатын бирээмэ бэйэтэ уhанан оҥорбут киhилии астынан, ымайан, хараҕа сүтэн хаалара. — Оттон бɵлɵхтүүрэ хайдаҕый? – Айталыын кэрэхсии истэрин биллэрэн, сэҥээрэрэ. — Дьэ, ол чааhынан ити сэсиэппит Ньукулай Дьɵгүɵрэбис эрэ венгерскэй уон алталааҕа утаалаhара буолуо дии саныыбын. Ол киниэнэ устубуола уhунун суотугар буолуохтаах. Оттон миэнэ киниэниттэн уонча сантымыатыр кылгас устубуоллаах эрээри, “кымньыылыыра” диэн “биэс! – Василий Иванович ыалын саатын эмиэ таарыччы хайгыыра. – Хаҥас устубуолбунан ыттахпына отут миэтэрэттэн тэтэрээт илииhигэр доруобунньуга барыта түhэр. Ону кɵрɵн сорохтор “итиччэ буулдьалыы бɵлɵхтүүр саанан киhи тугу табыаҕай?!” диэн олус сɵҕɵɵччүлэр. Онон холбуур уоhунан биэс уонча миэтэрэттэн “сыыспаппын диэн эрэллээх туран ытабын. Уҥа да уоhум, болучуок диэтэххэ, эмиэ бэркэ саайар, мээнэ ыспат. Ол да иhин үйэм тухары сɵбүлээн илдьэ сырыттаҕым эбээт! Доҕордуулар Пурганы уонна Дохсуну батыhыннаран чугастааҕы мырааннары кэрийбиттэрэ. Кɵтɵҕɵ түспүт буолан, тыа иhэ ыраахха диэри сэндэҥэрэн кɵстɵрɵ. Кэтит бырасыака устун аа-дьуо, отур-ботур кэпсэтэ истэхтэринэ уҥа ɵттүлэриттэн, ычык титириктэрин быыстарыттан, ыттар муус маҥан куобаҕы туруоран сырсыбыттара. Дохсун үрэ-үрэ эккирэппитэ, оттон Пурга ыйылаан ыла-ыла куобах кэнниттэн түhүммүтэ. Айталыын доруобун санныттан эhэ охсон ылан, бугуйан, кинилэр туhаайыыларынан эргийэ сүүрэн уунаҥнаан иhэр хотоноҕу кыҥаабыта. — Кэбис, доҕор, ыттаргын табыаҥ, ытыма, — Василий Иванович ботугуруур саҥатын истэн, уол саатын аллара санньыппыта. Куобах букатын аҕыйах хаамыылаах сиринэн, хараҕа быччайбытынан, тиҥилэҕин тыаhа битигирээбитинэн, омуннаахтык ойуолаан ааспыта. Бугуйаары, мэктиэтигэр, бүдүрүйэн ылбыта. Кыччаҕар кэнниттэн Пурга чэпчэкитик ыстаҥалаан ааспыта. Онтон Дохсун барчалаан, куобах иннин күɵйэрдии хайысхалаах быыралаан барбыта. Ɵр-ɵтɵр буолбатаҕа, куобах кыра оҕолуу бэбээрэр саҥата иhиллибитэ. Тиийбиттэрэ Пурга булдуттан кɵҥɵнɵн, сиргэ сытар кылбаа маҥан куобаҕы чугаhаан сытырҕалыан баҕарар Дохсуҥҥа аhыытын килэҥнэтэн, ырдьыгыныы турара. — Ээ, хотуй, бар! Табаарыhыҥ былдьыа диэтэҕиҥ дуу?! – Эhээ Пурганы сэмэлээбитэ эрээри, арҕаhыттан, сүүhүттэн имэрийбитэ. – Чэ, булкун аҕал. “Аҕал!” диэн билэр хамаандатын истэн, Пурга куобаҕы сүнньүттэн ытыран ылан, Эhээ иннигэр уурбута. — Буот, маладьыас, Пурга, — Айталыын лаайканы хайҕаабыта, — кэл, Дохсун. Тыhы ыкка тиийбэтиҥ дии, доҕоор. Чэ, ньучубуо. Аныгыскы «ушаастай ушкааны» эн тутаар. -Бай! “Ушкаан” диэн куобаҕы ааттыыллар дуо-а? – Саха Чапаайа дьиктиргээбитэ. – Оччотугар Ушканов диэн Зайцев диэбит курдук араспаанньа эбит дии! -Оннук. Ушкан, таушкан – ушастый диэнтэн тахсыбыт тыллар. Таушкан биhиэхэ табысхаан диэҥҥэ кубулуйбут, -устудьуон уол быhаарбыта. — Кɵр эрэ! “Век живи – век учись” диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит ээ. Сааhыран баран Ушканов памыылыйа суолтатын, дьэ, биллим, – Эhээ ымайбыта. Онтон Айталыын ыттары имэрийтэлээбитэ, тугу эрэ ботугураан, сүбэлиирдии Дохсуҥҥа эппитигэр, ыта кутуругун ɵссɵ күүскэ куймаҥнаппыта. Ол кэмҥэ Эhээ куобаҕы ылан кубарыччы хаппыт, онон-манан урукку булдун хаана сыстан хаппыта чай курдук болоорбут, эргэ мас манаагытыгар бааммыта уонна сүгэн кэбиспитэ. Тохтоон, ылтаhын билээгэттэн сɵрүүн уу куттан испиттэрэ, тыын ылан, охтубут тииккэ олорболуу түспүттэрэ уонна салгыы хаампыттара. Ситэ уонча мүнүүтэ буолбатахтара, ыттар үрэн лоҥкунаспыттара. Булчуттар тиийбиттэрэ, үрдүк бэскэ үп-үрүҥ кырынааhы таhааран олороллоро. Пурга омунугар икки кэлин атаҕар туран, илин атахтарынан бэс хатырыгын тарбыы-тарбыы үрэрэ. Оттон Дохсун оттомноохтук, олорон эрэн баhыргыыра. — Чэ, эрэ, Эhээ, ытан кɵрдɵрүүй, — Айталыын булду кɵрɵн эгди буолбут куолаhынан эппитэ. — Доҕо-оор, тыаҕа сылдьан “ытар” диэн тылы туттубат баҕайыта. Эhэкээн хомойуо, булт салыйыа. “Yрдэрэр”, “тыаhыыр”, “быраҕар” эбэтэр “бырахтарар”, “чуҥкунатар”, “кыталыктыыр, чэ, уонна да атыннык этиллэр куолута, — аа-дьуо быhаара-быhаара Василий Иванович сүүрбэ түɵртээҕин санныттан устан, уҥа уоhун тас сомуогун «тыс» гына туруорбута уонн мас кэннигэр сɵрɵнɵн туран син балайда уhуннук кыҥаабыта. Онтон “швейцаарка” уhун хойуу буруонан хатаннык “сɵтɵллүбүтэ. Кырынаас үɵhэттэн эhиллэн кэлэн түспүтэ. Тɵбɵҕɵ таптарбыт этэ. — Бэрт “үрдэрии» эбит! – улаханнык саҥа аллайаат, бэлиэлээҕи ылан, Айталыын кырдьаҕас доҕоругар кɵрдɵрбүтэ. – Чопчу кулгаахха түhэрбиккин. Онтон ыттарга сытырҕалаппыта. Кырынаастан дьаар сыта кэлэрэ. — Сытыкатыын! – уол мырдыччы туттан ылбыта уонна эппитэ, – Эhээ, кɵхсүгүнэн эргий эрэ, манаагыгар баайан биэриэм, эмиэ уста туруоҥ дуо? — Сɵп, сɵп, — атаhа улгумнук эргийбитигэр синньигэс сэрэмээт быанан кырынааhы сүгэр хаптаhыҥҥа иҥиннэрэн биэрбитэ. — Ити кыылларыҥ, кырынаас буоллун, солоҥдо буоллун, бэл, сиэгэн да буоллун, сыттара сүрдээх буолар. Дьаардаахтар. Онон кинилэр тириилэрин сүлэр, таҥастыыр мɵлтɵх аҕынньылаах киhи саараммат үлэтэ, hэ-hэ, — Эhээ санаата кɵнньүɵрэн, быhаара испитэ. Ити күн Айталыын биир куобаҕы, икки бочугураhы, Василий Иванович биэс тииҥи эбии бултаабыттара. Куораттан букатын чугас да сырытталлар, бэркэ бултуйан тɵннүбүттэрэ. Тɵннɵн иhэн ыттарын хайҕаан, күɵ-дьаа кэпсэтэ испиттэрэ. Моойто 1984 сыл ыам ыйыгар Пурга Дохсунтан биэс бэртээхэй оҕону: икки атыыры, үс тыhыны тɵрɵппүтэ. Тɵhɵ да суол хаалан турдар, Яковлевка ыт оҕото сакаастаабыт дьон, Пурга оҕолоруттан ылаары ɵрɵспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэллэрэ. Саҥа, чулуу ыттаныан баҕалаах элбэх, ыт оҕото аҕыйах. Онон сорохтор маппыттара, атын «помёту» күүтэргэ тиийбиттэрэ. Бастакынан кэлбит будьурхай, сырдык кугас баттахтаах, чаҥ курдугунан тэбэнэттик кɵрбүт Попов Саша, Ɵлүɵхүмэ Нɵɵрүктээйититтэн сылдьар уол, биир атыыр ыт оҕотун биэс киис тириитигэр ылбыта. Кини ɵссɵ Граф Биэрэгэр СПТУ-га үɵрэнэ сылдьан Саха Чапаайын кытта билсибитэ. Попов нууччалыы кɵрүҥнээх эрээри “кумахтан ɵтүү ɵрɵр, устар ууну сомоҕолуур” сахалыы уус тыллааҕа. Кɵрдɵɵх-нардаах, дьону кытта кэбэҕэстик уопсай тылы була охсор ураты майгылаах, Аанньаах хочотун аламаҕай уола Василий Ивановичтыын бэркэ тапсара, дойдутугар үлэлии барбытын да кэннэ сибээhин быспатаҕа. Биирдэ дойдутуттан, Кудай диэн сиргэ олорор, лаайка ыттары иитэр киhиттэн ылан, сырдык кугас ɵҥнɵɵх тыhы ыт оҕотун аҕалан биэрбитэ. Ол ытын оҕотун Яковлев бэркэ сɵбүлээбитэ, Бася диэн ааттаабыта (бааhынайдар ыттара диэн). Бася Дохсунтан хаста да оҕоломмута. Кэлин олор сыдьааннарыттан биирдэстэрэ – Дуолан — республикаҕа аборигеннай лаайкалар быыстапкаларыгар миэстэлэспитэ. Попов Саша эрдэттэн үлэхтээх уонна Василий Иванович питомнигын ыттарын боруодатын тупсарыыга ɵҥɵлɵɵх буолан, атыыр ыт оҕотугар тиксибитэ. Атыттартан биллэ бɵдɵҥ, холку, сырдык күрэҥ ɵҥнɵɵх, кутуругун тɵбɵтɵ харалаах үнүгэhи талбыта. Онтун тута Беркут диэн ааттаабыта уонна саҥа барамайын илдьэ үɵрэ-кɵтɵ дойдутугар тɵннүбүтэ. Иккис атыыр ыт оҕотун, аҕатын Дохсун курдук харатыҥы ɵҥнɵɵх, сытыы, мэник кыылчааны ыраах, хотуттан — Yɵhээ Дьааҥы Боруулааҕыттан – кэлэ сылдьар Божедонов Юранан Юмшановтар ылларбыттара. Бу ыт оҕото эмиэ ботуччу сыанаҕа турбута: Юмшановтар биир мɵhɵɵк харчыны тɵлɵɵбүттэрин таhынан биир таба этин аны кыhын ыытыах буолбуттара. Биир тыhы ыт оҕотун Уус Алдантан кэлэн ылан барбыттара. Бу ыт оҕотун сыаната арыый чэпчэки этэ: 50 солкуобайы кытта биир куул бɵдɵҥ Бэйдиҥэ соботун «тэппитэ». Ɵссɵ биир тыhы ыт оҕотун, ийэтигэр Пургаҕа маарынныыр дьүhүннээҕи, Эhээ бэйэтигэр хаалларбыта. Онтун Белка диэн ааттаабыта. Хомойуох иhин, Белка уhаабатаҕа. Намтан киирэ сылдьан уларсыбыт табаарыhа тыаҕа илдьэ сырыттаҕына сүтэн хаалбыта. Ол табаарыhа Яковлевтарга Белка оннугар атын ыт оҕотун — Модуттан тɵрүттээх булчут ыттар удьуордарыни — аҕалан биэрбитэ. Онон ыты сүтэрбит буруйун алы гыммыт курдук санаммыта. Василий Иванович бэhис ыт оҕотун кɵмɵлɵhɵɵччүтүгэр, эдэр доҕоругар Айталыыҥҥа биэрбитэ. Сиэссийэтин кэнниттэн, коньуукула саҕаланаатын кытта, Айталыын тута дойдутугар кɵппүтэ. Биир ыйдаах ытын оҕотун илдьэ барбыта. Дьокуускайтан Ньурбаҕа кɵтɵрүгэр ыт оҕото сɵмɵлүɵт куугунун, барбах хачайдаан ыларын бэркэ тулуйбута. Оттон Ньурбаттан Маалыкайга кɵтɵллɵрүгэр Ан-2 сɵмɵлүɵт үɵhэ-аллара хачайдыырын, улахан сатархай тыаhын сɵбүлээбэтэҕэ, ыйылыы-ыйылыы иччитин хонноҕун анныгар муннун кистии аспыта уонна түүрүллэн баран сыппыта, ɵҕүйээри гыммыттыы сиhин бэкчэччи таттаран ылара. “Аны хотуолуура буолуо”, — диэн устудьуон уол сэрэхэдийэн, лүɵтчүктэртэн халлаан күɵх ɵҥнɵɵх гигиеническэй кумааҕы бакыаты кɵрдɵɵн ылбыта. Хата, ыта тулуктаспыта, хотуолаабакка эрэ Бастакы Бордоҥу булбута. — Дьэ, доҕоччуок, бу, — сɵмɵлүɵттэн түспүттэрин кэннэ Айталыын ытын оҕотугар эппитэ. — Дойдубутугар кэллибит. Дьиэтигэр киирэн, Айталыын дьонун кытта дорооболоhоот, баул суумкатын муостаҕа уурбута. Онтон чараас кууркатын хоонньуттан түɵhүгэр маҥаннаах, кугастыҥы күрэҥ ытын оҕотун таhааран муостаҕа түhэрбитэ. Ыт оҕото тула кɵрɵн кылахачыҥнаппыта уонна чохчос гынаат, муостаҕа ииктээн, оҕо ытыhын саҕа “чалбаҕы” таhаарбыта. Онтун сытырҕалаан кɵрɵн баран, кутуругун куймаҥнаппыта. — Оок, ыксаабыт дии! – уол ийэтэ Дьэлиэнэ эрчимнээхтик саҥа аллайбыта, — уонна дьиэҕэ тэстибэккин! Таhырдьа тахсан наадаҕын толунар буолуоҥ. — Атыыр буолбатах эбит дии. Бɵрɵ курдук ɵҥнɵɵх эбит. Улааттаҕына тириитэ бэргэhэҕэ да барыа, — аҕата ыт оҕото тыhытыттан хомойбуттуу эппитэ. — Ээс, хайдах бэргэhэ буолуоҕай?! Бачча сытыы, мааны, ыраас лаайка! Булчут ыт гыныахпыт! – орто уол Кыдаан тээтэлэрэ оонньоон дуу, дьиҥнээхтик дуу эппитин сɵбүлээбэтэҕин биллэрэн, доргуччу саҥарбыта. — Па, доҕор, ол биhиги куспут-куобахпыт диэн улахан булт үhүɵ? Тайахха-табаҕа, эhэҕэ-бɵрɵҕɵ сылдьарбыт буоллар, син да этэ. Булчута суох ыалга тыhы ыт наадата суох. Таах сибиэ. Улааттаҕына, чугастааҕы атыыр ыт барыта мустуо, субу-субу тɵрүɵ. Оҕолорун ханна гынабыт, оччоҕо? Ыал барыта ыттаах. Ким да ылыа суоҕа, — аҕалара саарбахтаабыттыы эппитэ. — Ээ, бэйиҥ эрэ. Тɵрүү илик оҕоҕо биhик ыйаабыкка дылы буолумаҥытыый. Бастаан улааттын, чээн! – ийэлэрэ күɵдьүйүɵхчэ буолбут мɵккүɵрү тохтоппута. Моонньугар маҥан моойторук курдук түүлээҕин иhин саҥа барамайдарын Моойто диэн ааттаабыттара. Саара, Айталыын балта, үhүс кылааhы бүтэрбит, киэҥ, хара харахтаах, икки аҥыы ɵрүммүт хара суhуохтара самыытынан охсуллар, хороччу улаатан эрэр кыыс, Моойтону дрессировкалаан, араас хамаандаҕа үɵрэппитэ. Кини кыра эрдэҕиттэн ыттаныан олус баҕарара. Онон Моойтону наhаа таптаабыта. Моойто да кинини иччи оҥостон, сырса сылдьар буолбута. Ыта үɵрэҕи түргэнник ылынарыттан кыысчаан бэркэ астынара. Саараҕа дьүɵгэлэрэ Настя Евсеева уонна Снежанна Софронова оонньуу кэлэллэрэ. Кинилэр эмиэ Моойтону сɵбүлээбиттэрэ. Дьүɵгэлэрэ ытын оҕотундрессировкалыырыгар кɵмɵ-ньыма, тылбай-ɵспɵй буолаллара, Моойтону имэрийэллэрэ-томоруйаллара. Yс ыйыгар Моойто уонтан тахса араас хамаанданы толоро үɵрэнэн, хайҕанара элбээбитэ.. Күhүҥҥэ дылы Моойто улаатан дырайбыта, ийэтин Пурга курдук уhун атахтаах, сүрдээх кыраhыабай ыт буолбута. Оттомноох, ɵйдɵɵх буолан, иччилэрэ тугу этэллэрин толору ɵйдүүрэ, саҥарыаҕын тыла эрэ суох этэ. Дьиэлээхтэр бары Моойтолорун олус сɵбүлээбиттэрэ. Мɵҕүллүбүккэ улааппыт, эгэ, охсуллуо-тэбиллиэ баара дуо, тапталга, далбарга эрэ бигэммит буолан, Моойто киэн туттубуттуу, бэйэтин билиммиттии кынталдьыччы тутта сылдьара кɵрɵргɵ олус кэрэ этэ. Ардыгар, Саараҕа атаахтаан, имэрийтэрээри, кыыс таhырдьа ыскамыайкаҕа олордоҕуна кэлэн, тɵбɵтүн түhэҕэр ууран кэбиhэрэ. Хаhаайката: “Эмиэ атаахтыы кэллэ!” — диэт, күлэн лыҥкынатара уонна Моойтотун таптыы-таптыы имэрийэрэ. Бу иннинэ Ксенофонтовтар ыты ииттэ илик этилэр. Ол эрэн, Дьэлиэнэ да, Баhылай да: “Оҕо эрдэхпитинэ ыттаах этибит”, — диэн кэпсииллэрэ. Ийэлэрэ – Хабаанньа Баhылай (Семёнов Василий Кононович) кыра кыыhа — Нɵɵлбүктэҕэ үɵскээбитэ. Бииргэ тɵрɵɵбүт түɵрт убайдаах, биир эдьиийдээх, икки сурдьулаах этэ. Хабаанньалар чулуу булчут ыттардаахтара. Улахан убайдара Ньукулай аарыма булчут этэ. Нɵɵлбүктэ дьонугар Ньукулай Куонаанап (кини эhэтин аатынан араспаанньалааҕа, оттон бырааттара, балыстара Сэмиэнэптэр этэ) бултаабыт тайаҕын этиттэн сылы эргиччи бэрсэрэ. Сэрии саҕанааҕы быстыаҥка, аччыктааhын кэмигэр Куонаан Ньукулай бэрсибит тайаҕын этэ үгүс ыалга үрүҥ тыынннарын ɵллɵйɵ, хара тыыннарын харыhыга буолбута күн бүгүнүгэр дылы Быhыттаах бɵhүɵлэгэр, Ньурба улууhугар уос номоҕо буолан кэпсээҥҥэ сылдьар. Оттон Ксенофонтовтар аҕалара Чкалов холкуоска, Мохулу диэн киэҥ, улахан күɵл таhыгар тɵрɵɵбүтэ. Баhылай аҕата Кырыадьа Кириискэ (Кирилл Ксенофонтов) ыкка сыстаҕас этэ. Аҕалара тɵhɵ да бɵдɵҥ кыыл булдугар сэдэхтик сырыттар, Силиппиэнтэптэр мэлдьи ыттаах буолаллара. Баhылай оҕо эрдэҕинэ Сындыыс диэн ыттарын батыhыннара сылдьан балта Иэлэлиин от мунньалларын, куйааска буhалларын-хаталларын, ыттара моҕотойу титириккэ таhаардаҕына эпчиргэлээн ылалларын биирдэ эмэтэ кэпсээн аhарара. Баhылай бииргэ тɵрɵɵбүт балта Еля, кэргэнэ эмиэ Еля буолан, ардыгар бутуур тахсааччы. Холобур, биир эмэ мунньахха: «Бочуот Кырааматанан Ксенофонтова Елена Кирилловна наҕараадаланар!» — диэн биллэрэллэрэ. Сорохтор ону: «Василий Кириллович кэргэнин сыыhа ааттаатылар». – дии санаан: — Доҕоттоор! Елена Васильевна диэн ээ! – диэн уотчастыбатын «кɵннɵрɵн» хаhыытаhаллара. — Суох, Елена Кирилловна! – Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ иннин биэрбэтэ. Баhылай балта Иэлэ грамотатын ыла тахсара. Кулууп саалатыгар лыыктыы симиллэн олорор дьон: “Ээ-э!” — диэн саҥа аллайаллара, сорохтор «недоразумение» буола сыспытыттан күлсэллэрэ. …Ыал буолан баран Дьэлиэнэлээх Баhылай ыт ииттэ сатаабатахтара. Онон, кыра уоллара Айталыын Дьокуускай курдук ыраах сиртэн Моойтону аҕалбатаҕа буоллар, ыттанар туhунан санаан даҕаны кɵрүɵхтэрэ суох этэ. Айталыын сайыны быhа дьонун кытта оттоhон, күhүн отонноhон, кустаhан баран үɵрэҕэр барбыта. Моойтону Маалыкайга хаалларбыта. Биирдэ, кыhын, Малдьаҕартан Силиппиэнтэптэргэ Айаал Данилов тиийэн кэлбитэ. Кини дьиэлээх хаhаайка Елена Васильевна дьүɵгэтин Биэксэл Ааныска – Анна Тимофеевна улахан уола этэ. Айаал Николаевич билигин бүтүн Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн саха тɵрүт уус лаайкаларын иитэр питомник хаhаайынын, опыттаах кинолог быhыытынан биллэр. Кини оччолорго саха лаайкатын иитиинэн-тарҕатыынан дьарыктанан эрэр кэмэ этэ. Саха Чапаайыгар кэриэтэ, киниэхэ Саха сириттэн, Арассыыйа араас уобалаhыттан, араас тас дойдулартан ыраас хааннаах саха лаайкатын иитиэн баҕалаахтар, булчуттар, кинологтар кэлэллэрэ. Ыраас хааннаах саха лаайкатын оҕотун ылан, үɵрэн-кɵтɵн бараллара. Айаал ыттара араас таhымнаах быыстапкаларга, күрэхтэргэ ɵрүү инники күɵҥҥэ сылдьаллар. Ол курдук, аҕыйах сыллааҕыта, Доҕор диэн лаайката ɵрɵспүүбүлүкэтээҕи Булчут Күнүгэр ыытыллыбыт быыстапкаҕа «Быыстапка бастыҥ лаайката» номинацияҕа кыайан, бирилийээнинэн наҕараадаламмыта. Ɵссɵ биир ыта, Туйгун, быыстапка бары этааптарыгар саамай үрдүк баалы ылбыта уонна “Күрэхтэhии абсолютнай кыайыылааҕа” буолбута. Данилов Айаал ыаллыы нэhилиэккэ – Маалыкайга — Ксенофонтовтарга кэлии, ыраас боруода лаайка баар буолбутун истибитэ. Кини Моойтону бэйэтин улуу булчут Бɵх диэн ытын кытта иссиhиннэрэн, булчут буолар ыт оҕолорун ылар былааннаммыта. Бɵх сааhыран эрэрэ, онон баттаhа, ол ытыттан удьуор ылыан баҕарара. — Биир атыыр ыт оҕотун биhиэхэ биэрэҕин, — диэбитэ Баhылай, ыалдьытын соругун истэн баран. — Арай тɵрүɵҕэр биир эрэ атыыр баар буоллун? – Айаал хайыҥ охсунан кɵрбүтэ. Онуоха Баhылай кɵнɵтүк, дьиэк киллэрбэттии хардарбыта: — Оччоҕо ол атыыр биhиэнэ буолар. Эн иккис тɵрүɵҕүттэн атыыры хаалларынаар. Итинник дуогабардаhан, Айаал Моойтону Малдьаҕарга илдьэ барбыта. Моойто Бɵҕү кытта түргэнник бодоруспута. Сотору буолан баран Моойто алта оҕону тɵрɵɵбүтэ. Икки эрэ оҕото атыыр этилэр. Мухтаарчык Сааhыары кыhын, Айталыын үɵрэнэ сырыттаҕына, дьонун биир суруктарыгар Моойто Малдьаҕарга баран тɵрɵɵбүтүн, онтон биири – атыыры – бэйэлэригэр ылбыттарын туhунан кэрэхсэбиллээх сонун кэлбитэ. Ол харамайдарын Саара Мухтаар диэн ааттаабыт этэ. «Моойто тɵрɵɵтɵ», — диэн илдьити тутан баран, Силиппиэнтэптэр олус үɵрбүттэрэ. Онтон, икки эрэ оҕото атыырын истээт, ийэлэрэ сонно тута Малдьаҕарга Даниловтарга барбыта. Аатырбыт булчут ыт уонна кэлии лаайка оҕолоругар ымсыырааччы, ыла сатааччы элбэҕэ чуолкай, онон, тутуу былдьаhан, эрдэ тиийбитэ. Дьиҥэр, оннук кыhалҕа, ыксал суоҕа буоллар, ийэтин эмтэрэ түhэн, бороохтутан баран ылыахха сɵп эбитэ буолуо. Биир атыыр ыт оҕотун Айаал бэйэтигэр хаалларбыта. Онтун «Нэк» диэн харыстаан ааттаабыта. Ити, туhугар, куhаҕантан куоттаран ааттыыр былыргы үгэhи тутуhуу этэ. Нэк аҕатын Бɵҕү солбуйан, туох да ааттаах булчут буола улааппыта. Тайах, эhэ бɵҕɵтүн иччитигэр бултаппыта. Ол эрэн, барахсан, эдэригэр суорума суолламмыта… Бултуу сылдьан, тайах дии санаан, Айаал Нэги бэйэтэ дэҥнээбитэ. “Кɵстүбэт күтүр эбитэ дуу, туох эбитэ дуу, харахпын баайан, илэ-бааччы тайах гынан кɵрдɵрбүтэ, – диэн кэлин кини олус хараастан олорон кэпсээбитэ. — Бүнүɵкүллээн кɵрбүппэр, чахчы, тайах турар курдуга…” …Моойто тыhы оҕолорун булчуттар былдьаhыгынан ылбыттара. Тɵрɵɵбүтэ икки эрэ хоммут быычыкаа комуогу Дьэлиэнэ эргэ, нэктийэн эрэр түүлээх хара куруолук бэргэhэ иhигэр уган аҕалбыта. Оhох кэннигэр, сылаас сиргэ, хордуон дьааhыкка таҥас-сап тэлгээн уйа оҥорбуттара. Эргэ бэргэhэни онно уган, ыттарын оҕотун сытыарбыттара. Кырачаан, кутуйах эрэ саҕа, хараҕын аhа илик, кугас ɵҥнɵɵх харамайы хайдах аhатары толкуйдаабыттара. Онтон, харах хааппылатын таммалатар пипетканан сылаас сиҥэни айаҕар таммалаппыттара. Пипетканы толору кутуллубут, сылаас уунан убатыллыбыт ынах үүтүн ыт оҕото бэрт минньигэстик эмэн чобурҕатан кэбиспитэ уонна астыммыттыы ыҥыранан ылбыта. Онтон сылаас уйатыгар сытыарбыттарыгар утуйан буккураан хаалбыта. Түүн ортото ыттарын оҕотун ыйылыыр саҥатыттан бары уhуктан кэлбиттэрэ. “Саҥа баайдара” ииктээн баран, тоҥон ибигирии сытара. Аҕалара сииктээх бэргэhэттэн ыт оҕотун ылан кэргэнигэр ууммута: “Еля, аhатарыҥ дуу?” Кыыстара Саара оруосабай ночунууската тэлээрэн, моркуоп курдук ɵҥнɵɵх куорпустаах элэктириичэскэй сэппэрээтэр турар, кыра мас остуолтан халлаан күɵх тиэрмэhи ылан, курууска түгэҕэр итии ууну куппута. Онтон халадыынньыкка турар үүтүнэн сойутан, сылаас сиҥэ оҥорон аҕалбыта. Ийэтэ ыт оҕотун пипетканан аhатан барбыта. Баhылай куруолук тириититтэн тигиллибит эргэ хара бэргэhэни тиэрэн, итиинэн илгийэр, үп-үрүҥ сыбахтаах, ɵстүɵкүлэ курдук кылааккай эркиннээх, кэргэнин убайа Сиэдэрэй Сэмэн туппут оhоҕун сылаас чанчыгар, кыпсыын ыйыыр тоhоҕоҕо куурда ыйаабыта. Тотон, эмиэ утуктаабыт ыт оҕотун бу сырыыга эргэ баайыы саарпыкка суулаан сытыарбыттара. Кырачааны аhынан, таптаан ымманыhан баран, хосторугар утуйа тарҕаспыттара. Ситэ икки чаас ааспатаҕа, эмиэ ыйылыыр саҥаттан уhуктубуттара. Эмиэ барыта хатыламмыта. Итинник, сарсыардааҥҥа диэри, хаста да аhаппыттара, тэллэҕин уларыппыттара. — Кɵр, бу эмиэ син биир кыhыл оҕону кɵрɵр кэриэтэ. Эн кыраҕар биhиги эмиэ субу курдук сотору-сотору туран аhатарбыт, пелёнкаҕын уларытарбыт, — Баhылай кыыhыгар кэпсээбитэ. — Оттон убайдарбын? – Саара “мин эрэ оннук кɵрүллэн улааппыт буоллаҕым дуу? дии санаан ыйыппыта. — Эмиэ буоллаҕа дии, – аҕата тута хоруйдаабыта. Сарсыарда үhүɵн ууларын хаммакка, дьааhыйа-дьааhыйа турбуттара. Саара үɵрэнэ, аҕалара уруогун биэрэ оскуолаҕа барбыттара. Дьиэҕэ ийэлэрэ хаалбыта. Кини ытын оҕотун кытта бодьуустаhан, бириэмэ барбытын билбэккэ да хаалбыта. Дьэлиэнэ күнүс дьоно кэлэллэрин баттаhардыы күɵhүн ɵрбүтэ. Саара Моойтотун оҕотун ахтан кэлбит этэ. Ийэтин минньигэс, тотоойу үɵрэ миинин иhэ охсоот, ытын оҕотун бэрийэн, кɵрɵн-истэн барбыта. Соторутааҕыта тэлэбиисэргэ “Мухтар, ко мне!” диэн ɵйдɵɵх ыт туhунан киинэ буолбутун кыысчаан бэркэ сɵбүлээн кɵрбүтэ. Онон ытын оҕотун ол киинэ персонаhын аатынан Мухтаар диэн ааттаабыта. Нɵҥүɵ түүнүгэр эмиэ барыта хатыламмыта. Арай, аhата үɵрэнэн, уонна саппаас тэллэх бэлэмнээбит буоланнар, тутталлара-хапталлара сыыдамсыйан, “бырассыас” быдан түргэтээбитэ. Түүн устата үстэ эрэ тура сылдьыбыттара. Мухтаарчык улаатан истэҕин аайы, пипетканан аhыырыгар топпот буолбута. Дьааhылаҕа уhуннук сиэстэрэлээбит ийэлэрэ хас даҕаны испириистээҕэ. Онтулара араас обуйуомнаах этилэр. Биир, “уоннаах” диир кыра испирииhин Дьэлиэнэ үнүгэhи аhатарга туттар буолбута. Ол “уоннаахтара” “ыт тэрилэ” аатырбыта. Күн-дьыл баран испитэ. Саара күннүк тэтэрээтигэр: “Мухтаар бүгүн хараҕын аста. Бɵп-бɵкүнүк буолан иhэр”, “Шприhинэн аhатарга топпот буолла. Онон бүгүн эрэhиинэ грушаттан эмтэрэн аhаттым”, — диэн сурунан иhэрэ. Мухтаарчык онтон, дьэ, кэмниэ-кэнэҕэс, бүлүүhэттэн аhыыр буолбута. Иҥсэтигэр илин атахтарынан бүлүүhэтин иhигэр киирэн туран, бэрт кɵрүдьүɵстүк үүтүн салаан чалымнатара. Маҥан түɵстээх, хараҥа кугас, хойуу түүлээх, кутуругун тɵбɵтɵ харалаах ытын оҕотун Саара куукула курдук кɵтɵҕɵ сылдьара, субу-субу аhатара. Ытын оҕото улаатан испитэ. Саара күннүгэр: “Мухтаар кутуруга турда”, онтон аҕыйах хоноот: “Кулгаахтара турдулар” диэн суруйбута. Сайын Айталыын дойдутугар кэлбитэ. Кини улаатан эрэр Мухтаары кɵрɵɵт тута сэрэйбитэ: Моойтотун оҕото бэртээхэй ыт буолсу. От ыйын куйааhа сатыылаабыта. Бɵтүрүɵп күн кэнниттэн окко киирбиттэрэ. Силиппиэнтэптэр Куорбакы диэн, Марха ɵрүс маанылаах хочотугар оттууллара. Окко Айталыын дьоно урут Отордообут диэн киэҥ, нэлэмэн сыhыы илин баhыгар, Малдьаҕардыыр суолтан чугас, Мутук диэн муокас ааттаах кɵлүкэ соҕуруу эҥээригэр сопхуостан сир ылан, бырыhыаҥҥа оттууллара. Мутук, кыра күɵл диэтэххэ, түгэҕэ биллибэт дириҥ, ып-ыраас, дьэҥкир кылыгырас уулаах этэ. Атын күɵллэр курдук уhун хомус отунан буолбакка, кылгас ньаассын, уу отунан тулаланара. Онон ɵрүс элгээннэрин санатара. Сайын ньамаҕынан хаhан да бүрүллүбэт, эмис мундулаах, кыра эрээри бэрт минньигэс соболоох күɵл тулатыгар хоптолор, аҥырдар, боҕурҕаналар сайылыы кэлэллэрэ, бараах үɵрэ таптаан аараан ааhара. Сыл аайы умсаах оҕолорун киллэрэн, балаҕан ыйыгар кɵччɵҕүн кɵтүтэн Кытат сиригэр тɵннɵллɵрɵ. Бу дойдуга дэҥҥэ кэлэр оҕус үгүрүɵ (валдьшнеп) охсуллан ааhара. Лоокууттар, чɵкчɵҥɵлɵр сайылыыллара. Мутук таhынааҕы быыкаа, иккиэйэх гаалаах сири Ксенофонтовтар ɵр гыммакка оттоон бүтэрэллэрэ. Бырыhыан отторо бэрт нэhиилэ тарбыйахтаах ынахтарын дьылы туораталларыгар тиийэр этэ. 1980-ус сыллар саҥаларыгар Отордообукка “Сельхозмелиорация” киирэн, сыhыы ортотугар баар арыы тыалары солоон, хорутан, сопхуос бурдук ыhар буолаларын нэлэhиппитэ. Ол быыhыгар оттуур ходуhа да сирдэриттэн лоскуй сирдэр бааhынаҕа кубулуйаллара. Биир дьыл Отордообукка уон түɵрт туруйа сайылаабыта. Туруйалар от ыйын ортотуттан бурдуктаах буолаҕа түhэн аhыыр буолбуттара. Оннук, күhүн барыахтарыгар диэри, Отордообут буолатыгар сылдьыбыттара. Сыhыы ортотунан барар суол устун матасыыкыллаахтар, массыыналаахтар ааhар кэмнэригэр, хоноhон, хамсаабакка олороллоро. Тɵhɵ да суол кинилэртэн тэйиччинэн аастар, тыастан-уустан, дьонтон дьаархана тутталлара: сүүс миэтэрэ иhигэр киhини чугаhаппат этилэр, киhи иhэрин кɵрдɵллɵр эрэ. сүүрэн дабдаҥалаhан баран кɵтɵн хаалаллара. Арай, оттооhун үмүрүйэн, сыhыы күрүɵтүн ааннара аhыллан ходуhаҕа сылгы, ынах туолбутун кэннэ кɵрдɵххɵ, туруйалар сылгылартан отой куттаммат этилэр. Аҕыйах хаамыылаах сиртэ сылдьар аттарга наадыйбакка, аа-дьуо хаамсан тоҥхооруҥнаhаллара. Мутук аттынааҕы ходуhаларын сирин хорутан бааhына оҥорбуттарын кэннэ Ксенофонтовтарга Баастыҥа диэн, Отордообуттан бэрт чугас, ойуур ортотугар сытар, алаадьы курдук тɵгүрүк күɵл аттыгар икки гектаарга тиийэр-тиийбэт сири биэрбиттэрэ. Онно аҕыйах сыл оттоон баран Василий Кириллович арыый кэҥэс ходуhа сирин кɵрдɵɵбүтүгэр, бɵhүɵлэктэн оруобуна уон биэрэстэлээх сиргэ, Куорбакыга, оттуур сир учаастагын анаабыттара. Куорбакыга оскуола ЛТО-та баара. Онон сайыны быhа Куорбакы хочото оҕо-аймах чаҕаан саҥатынан, кɵрүнэн-күлүүнэн туолара. Силиппиэнтэптэр саҥа ходуhалара түɵрт гаалааҕа. Ходуhаларын кытыытыгар, ɵрүс үрдүгэр, биэрэктэн чугас, сиэҥнэринэн ситимнэнэр уhун элгээннэр бааллара. Олору былыргы ааттарын билбэт буолан, токкоолоhо да сатаабакка, судургутук, оттуур хаhаайыттарын ааттарынан “Уйбаан Саабыс Элгээнэ”, “Кириилэбис Элгээнэ” (кэлин “Кыдаан Элгээнэ” дэммитэ), “Тииҥэй Элгээнэ” диэн ааттыы үɵрэммиттэрэ. Баhылай ходуhатыгар кɵhɵн тиийэн, балаакканан сытан оттуура. Уолаттара уонна кыыhа кыhыл ɵҥнɵɵх “Иж-Юпитер-5” кэлээскэлээх матасыыкылынан сарсыарда кэлэн, күннүгүлүү тиритэ-хорута үлэлээн баран, киэhэ тɵннɵллɵрɵ. Мухтаар матасыыкылы сырсан, ходуhаҕа барсара. Күн аайы иккилии кɵhү сүүрэрэ. Матасыыкыл үhүс ускуораhынан да истэҕинэ хаалбат, букатын сылайбат сындааhыннааҕа. Суолун аҕыйах хонук иhигэр билэн, аны, курдары түhүтэлээн, лаппа быhалыырга үɵрэммитэ. “Бу ɵйүн-мэйиитин кɵр эрэ!” — Мухтаары иччилэрэ хайгыыллара. Лаайкалара сайын устата тɵлɵhүйбүтэ, улааппыта. Киhи аҕыйах ыйдаах ыт оҕото дии санаабат гына торолуйбута. Ходуhаҕа барсан баран, таах сыппат этэ, кэриигэ тииҥи, моҕотойу үрэрэ. Ардыгар, сылаалаах үлэттэн тыын ыла таарыйа, Айталыыннаах Махсыым Мухтаар маска таhааран баран үрэ олорор эриэн моҕотойун эпчиргэлээн түhэрэн, ыттарын үɵрдэллэрэ. Тириитин ньылбы тардан ылаат, этин түɵрт атахтаах доҕордоругар биэрэллэрэ. Мухтар, сытырҕалаан кɵрɵн баран күрдьүгэhи кур-хар ыстаан, сиэн кэбиhэрэ. Биирдэ, элгээн тулатынан тиҥсирийэн баран, хонууга тахсыбыт андаатары туппута. Онтун туора уобан иччилэригэр аҕалбыта. Дьоно омурҕаҥҥа тахсан, чэйдээри, огдооҥҥо хоруолаах чаанньык кыынньарын күүтэн, аа-дьуо сэhэргэhэ олороллоро. Таабыр тулатынан минньигэс сыттаах хаппыт үɵт талах буруота унаарыйара. Мухтаар булдун хаhаайкатын Саара иннигэр уурбута. — Уо-аай! Тугу аҕаллыҥ, Мухтаарчик? – кыыс атаҕын анныгар сытар андаатары кɵрɵн саҥа аллайа түспүтэ. — Андаатар дии. Маладьыас, Мухтаар! – Айталыын ытын арҕаhын имэрийбитэ уонна киhилиин кэпсэтэрдии быhаарбыта. – Молтоллон, дьоhун кыылы аҕалбыккын! Уонна манныгы тутаайаҕын. Билигин тириитэ сыанаҕа турбат, онон бакаа наадата суох. Саас, тириитэ кылааннааҕар, тутуоххун сɵп. Сайыны быhа окко сылдьыhан, сүүрэн-кɵтɵн, элгээн эмис соботунан, отоҥҥо уойбут моҕотойунан эмсэхтэнэн, күhүн Мухтаар тɵрɵлкɵй, түргэн атахтаах, кэтит түɵстээх лаайка мааныта буолбута. Булка сүрэхтэнии Күhүн Мухтаар булка сүрэхтэммитэ. Ол маннык этэ. Атырдьах ыйын бүтүүтэ, от-мас саhаран эрдэҕинэ, Айталыын “Иж- Планета-3” матасыыкылынан Мохулуга, аҕатын тɵрɵɵбүт түбэтигэр, Мухтаарын илдьэ кустуу барбыта. Мухтаар алта ыйдаах этэ. Саhыл курдук кытарымтыйар кугас түүлээх, кэтит, лаппаҕар сүүстээх, бɵдɵҥ, тыhы бɵрɵ саҕа буола улааппыт ыт, тɵhɵ да сылаас күн турдар, Мохулуга диэри уон алта биэрэстэни кэлээскэтэ суох сыыдам матасыыкылтан хаалбакка, улаханнык сылайбакка сүүрэн тиийбитэ. Сайыны быhа ходуhаҕа кэлэ-бара сүүрэн, эрчиллэн, адьас чэпчэкитик сүүрэр этэ. Айталыын «Планетатын» лиҥкинэс тииттээх тыаҕа, күɵлтэн арыый тэйиччи сиргэ хаалларан баран күɵлгэ үɵмэн киирэр былааннаах этэ. Уол тохтоон, матасыыкылын күлүүhүн арааран, тиэхиньикэтин умулларбыта, декомпрессорын ырычааҕын баттаан силииндиригэр хаалбыт гааhы быыхалаптатан бырдырҕаппыта. «Планета» сымнаҕас, хара дерматин сабыылаах ыҥыырыттан чэпчэкитик түhэн, икки кɵлүɵhэлээх эрэллээх миҥэтин тииккэ ɵйɵннɵрбүтэ. “ТОЗ-34” саатын санныттан устубута. Икки эрээттээх, хаҥас санныгар кэппит хара тирии батарантааhыттан икки иитиини талан ылбыта. Түɵртээх доруобунньуктаах, хара пластик гильзалаах “Азот” ботуруону алын устубуолугар, үрдүнээҕитигэр биэстээх, кумааҕы сотолоох “Позиhы” ииппитэ. Ити аата, кини олорор кустары кɵрдɵҕүнэ, үɵмэн киирэн, бастаан “миэлкэй” биэстээҕинэн, онтон кɵтɵн туралларыгар арыый бɵдɵҥ түɵртээҕинэн “үрдэрэргэ” санаммыта. Ити сɵптɵɵх былааннаныы этэ. Аатырбыт охотовед, кус-хаас булдун популяризатора Рябов “Охота по перу” диэн кинигэтигэр эмиэ итинник сүбэлиир. Мухтаар иччитин аттыгар кэлэн, имэрийтэрбитэ, кустуу кэлбиттэрин болҕомтолоохтук истибитэ уонна күɵл диэки барар ыллыгынан сиэлэ турбута. Айталыын аа-дьуо хааман испитэ. Тииттэр тɵбɵлɵрүн быыhынан күhүҥҥү күн чэмэличчи тыгара. Чычып-чааптар чугас чыбыгыраhаллара. Күɵл диэкиттэн кустар маатырҕаhар саҥалара иhиллэрэ. Баhаам элбэх кус муста сытар быhыылааҕа. Уол хойуутук үүммүт, харааччы буспут, бɵдɵҥ, уулаах отону ымсыыра кɵрбүтэ: “Отоннуу кэлэ сылдьыахха сɵп эбит”, — дии санаабыта. Ол кэмҥэ Мухтаар “ньух-ньах” саҥарбыта, онтон куобаҕы туруоран эккирэтэр тыаhа тилигирээбитэ. Тыастара ойуур үɵhүн диэки бара турбута. Кусчут уол кэннилэриттэн түhүммүтэ. Кыратык сүүрэ түhэн баран, куобах куоппут миэстэтиттэн сүүсчэкэ эрэ миэтэрэлээх сиргэ, булдун хайы-үйэ тутан, ыта сиэн эрэрин кɵрбүтэ. — Оок-сиэ, атаас, аччыктаабыккын дуу, сүүрэҥҥин?! – Айталыын ытын арҕаhыттан имэрийбитэ. – чэ, аҕал, доҕор, куобаххын. Куобаҕы ылан, иhин хостоон, ытыгар биэрбитэ. Мухтаар хотонох буотарагын, быарын, сыалаах бүɵрдэрин аҕыйахта дьүккүҥнэтэн баран, астыммыттыы салбанан кэбиспитэ, саhархай харахтарынан мичээрдииргэ дылы гыммыта. — Чэ, кустуу киириэх, — уол ытын ыҥыран, күɵл диэки барбыта. Аара, матасыыкыл аттыгар, суон дүлүҥ анныгар куобаҕын хаалларбыта. “Тыҥырахтаах кɵтɵр кɵрɵн илдьэ барбатын”, — диэн, муоҕу үргээн саба уурбута. Мохулу Эбэтэ нэлэhийэн, үрдүк мэҥэ халлааны киэҥ урсунугар түhэрэн, кɵҕɵрɵ мэндээрэн сытара. Күɵлгэ хас да кус үɵрэ уста сылдьара. Бэтэрээ уонтан тахса кɵҕɵн аhыы сылдьаллара. Хоптолор тайаарыҥнаhан, үɵhэ-аллара кɵтɵллɵрɵ, ууга суптурута түhээт, балык ытырыылаах ɵрɵ кылбайан тахсаллара. Кустары кɵрɵн, Айталыын долгуйан сүрэҕэ тиҥиргэччи тэбэрин билбитэ. Уоскуйаары дириҥник тыынан ыла-ыла, аа-дьуо үɵмэн киирбитэ. Хата, Мухтаар кэрии саҕатыгар бурҕаа хороонун хаhа хаалбыта, онон «ытым ууга сүүрэн киирэн, кустары үргүтэн кɵтүтүɵ» диэн ыксаабакка, бытааннык сыҕарыйан, күɵл кытыытыгар чугаhаабыта. Чаас аҥаарын устата тулуурдаахтык үɵмпүтэ. Ол кэмҥэ Мухтаар биир бурҕааны тутан, уоҕа киирэн, иккис хороону сүргэйэн барбыта. Оттон кɵҕɵттɵр киhи чугаhаабытын билбэккэ, аhаан ньэмиргэтэ сылдьаллара. Саа холкутук ылар сиригэр киирэн баран, уол сыыйа ɵндɵйɵн, кыҥаан барбыта. “Бачча чугаhаабычча, холбоон ытыахха”, — дии санаан, аны бɵлүɵхсэллэрин кэтэспитэ. Ɵр күүппэтэҕэ, үс кугдархай кус хоhулаhаатын кытта кэнники чыыбыhын сыыйа тарпыта. “ТОЗ” саата барахсан, үɵhээҥи уоhунан доргуччу «саайбыта», күүстээх иитии тэбиитэ саннын биллэрдик аспыта. Саа тыаhын кытта даҕаспытынан кынат тыаhа тула лаhыгырыы, ууттан кɵтɵн тахсар тыас барылыы түспүтэ. Кɵтɵн тахсан истэхтэринэ аны алын устубуолунан «типтэрэн» ɵссɵ биир аарыма кɵҕɵнү таҥнары кулаачыктаппыта. Хоhулаан ыппыт кустарыттан иккитэ «тыла суох» барбыт этилэр, биир кɵҕɵн дабыдаллатан, кытыыга устан эрэрэ. Саа тыаhын истээт, Мухтаар хаhан тибилитэ турбут хороонун быраҕан, муҥ кыраайынан күɵлгэ тэбиммитэ. Айталыын сүр тиэтэлинэн саатын булгу туппута. Эжектор ытыллыбыт гильзалары ыраах тэбиэлээн лыhырҕаппыта. Yɵрэнэн хаалбыт үгэhинэн, саатын үрэн, устубуолларыттан буорах буруотун тобоҕун “бургучус” гыннарбыта. Тула “бездымка” буорах сыта минньигэстик тарҕаммыта. Саҥа ботуруон уктан хойобуун куhун ытыан икки ардыгар, уу барылаабыта: Мухтаар сүүрэн киирэн, кылгастык харбаан ньолойоот, бааhырбыт куhу тутан ылбыта. Биэрэккэ тахсан, мɵҕүhүннэрбитинэн, куhу иччитин атаҕын анныгар бырахпыта. — Мухтаар! Маладьыас! Кɵр эрэ, биир сэрээппин кэмчилээтиҥ дии! – Айталыын ытын хайҕаабыта уонна куhу тутан ылан, моонньун булгу эрийэн “салҕаабыта”. Кɵҕɵнү имэрийэн, ыт ыстаан туруорбут түүтүн сытыарбыта. Обот түүтүн үргээбитэ. “Эмис эбит”, — диэн ботугураабыта уонна булдун тɵбɵтүн кынатын анныгар суулуу анньан баран үрүссээгэр уктубута. Мухтаар ол кэмҥэ ууттан атын кустары таhааран биэрбитэ. Күɵлтэн кɵтɵн тахсыбыт кустар үɵрдэрэ күɵлү эргийэ кɵтɵн суугунаспыттара. Сэттэ моонньоҕон түɵрт уонча хаамыылаах сиринэн, кэрии диэкинэн, ааhа кɵтɵн истэхтэринэ Айталыын дүппүлүɵттээн тибийбитэ. Бэргэн ытыы буолбута: икки кус таҥнары күɵрчэхтэммитинэн дулҕа быыhыгар түспүттэрэ. Күɵрэппит кустарын ыта начаас булаттаан биэрбитэ. Yрүссээгэ, алта улахан кус угуллан, киhи санныгар биллэр ыйааhыннаммыта. Уол утаппытын билбитэ. Ытын ыҥыран, кэриигэ тахсыбыта. Кустарын матасыыкылын аттыгар, дүлүҥ күлүгэр куобаҕын кытта кэккэлэhиннэри уурталаабыта, сииктээх муоҕунан кичэйэн саппыта. Ити аата, сүгэhэр оҥостумаары, Эбэни эргийэн, кустаан кэлиэр диэри хаалларбыта. Дүлүҥҥэ олорон арыылаах килиэп үрдүгэр халбаhыы кэлтэкэтин уурунан сиэбитэ. Биир бутерброду ытыгар бэрсибитин түɵрт атахтаах доҕоро бэрт минньигэстик сиэн кэбиспитэ. Иччитэ кɵтɵн иhэр икки кус ойуулаах, биир лиитэрэ истээх, маҥан куйаха билээгэтиттэн сɵрүүн ууну омурдан испитин Мухтаар ɵрɵ хантайан одууласпыта уонна салбанан оруосабай тылын нэлипис гыннарбыта. Сынньанан, тыын ылан баран, күɵлгэ хат киирбиттэрэ. Сорох кустар уоскуйан тɵттɵрү ууга олорбуттар этэ. Сорох кус үɵрэ, сэрэхэдийэн, Мохулу тулатынааҕы күл ууларыгар, чугастааҕы кɵлүкэлэргэ түспүттэр этэ. Аҕыйах кус күɵл тулатынааҕы отторго саhан, биирдэ эмэ саҥараллара иhилэрэ. …Ити күн Айталыын күɵлү эргиччи хааман, кэрийэн, бэркэ бултуйбута. Мухтаар хас да куhу ууттан таhааран биэрэн хайҕаммыта. Уопсайа, биэс кɵҕɵнү, үс моонньоҕону, биир халбаны уонна биэс чыккымайы “булууламмыттара”. Киэhэлик дьиэтигэр уон түɵрт кустаах, биир куобахтаах кэлбитигэр дьоно уоллара бултуйбутуттан уонна Мухтаар туhалаабытыттан олус үɵрбүттэрэ. Мухтаары «булка сыстаҕас буолсу» диэн тойоннообуттара. Ити кыhын уонна сааhыары Мухтаар тыаттан тутан дьиэтигэр хаста да кылбаа маҥан куобаҕы киллэрбитэ. Бастакы киллэрбит куобаҕын кыбыыга, от таhыгар уура сытара. Баhылай, ону булан, дьиэтигэр тутан киирбитигэр дьоно соhуйбуттара. Мухтаар тутан аҕалбытын истэн, ыттарын хайҕаан кэпсэппиттэрэ. Саас биирдэ, бɵhүɵлэк аттынааҕы Улахан Эбэттэн бɵдɵҥ андаатары тутан аҕалбыта. Онон, сылдьан эрэ, кыдьыгыран, бултуон баҕатын таhаарара. Аhылыгар бор буолан Мухтаар сүрдээҕин тɵлɵhүйбүтэ. Баhылай чугас эргин күɵллэргэ куйуурдуу барарыгар, доҕор оҥостон, ытын илдьэ сылдьара. Мухтаарчык онно барсан, мундуну, быччыкыны сɵбүлээн үссэнэрэ. Эhэтэ Дохсун, хотугу ыт, хаана тардан эбитэ дуу, сиикэй да, буспут да балыгы олус сɵбүлүүрэ. Орто Халымаҕа Айталыын үɵрэнэр кэмигэр тыа хаhаайыстыбатын бакылтыата СГУ-ттан арахсан, туспа үнүстүүт буолбута. Yɵрэҕин бүтэрэн, бэтэринээр идэтин баhылаабыт эдэр испэсэлииhи Орто Халымаҕа үлэҕэ анаабыттара. Онон, урут Саха Чапаайа кустуу барарыгар: “Ырааҕыан!” — диэн саллыбыт оройуонугар барбыта. Бастаан “ССРС 50 сыла” сопхуоска Налимскайга үлэлээбитэ. Сылгыга сыстан, атынан ыраах учаастактары кэрийэрэ. Анаалыс ылары, укуол хайа да кɵрүҥүн туруорары Yɵhээ Бүлүүгэ, онтон Новосибирскай уобалас кытыы сопхуоhугар быраактыкатын барар кэмигэр лаппа баhылаабыта улаханнык туhалыыра. Дьону кытта алтыhа үɵрүйэх, инициативалаах эдэр исписэлииhи олохтоохтор сɵбүлээбиттэрэ. Бэтэринээр уол хоту сиргэ олус наадалаах, атах тардыстарга дьоhун кɵлɵнү – “Бураан” снегоходу — баhылаабыта. Мотодельтапланынан кɵтɵргɵ үɵрэммитэ. Yлэтин быыhыгар бултуура, балыктыыра. Онтон, оройкомуол сорудаҕынан, саҥа сиргэ — «Березовка» сопхуоска — кɵспүтэ. Березовка – эбээннэр чɵкɵ олорор бɵhүɵлэктэрэ. Кинилэр сүүрбэhис үйэ иккис аҥарыгар, адьас 1956 сылга диэри, бэйэлэрэ бэйэлэригэр, тас эйгэни кытта улаханнык алтыспакка, олорбуттар эбит. Булдукин кинээс диэн баhылыктаахтара үhү. Ол кинээстэрин нэhилиэк Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талбыттар. Берёзовка аламаҕай дьонун-сэргэтин эдэр испэсэлиис тута сɵбүлээбитэ. Биир ыйынан эбээннии ɵйдүүр, аҕыйах тылынан наадатын быhаарсар буолбута. Сопхуос хонтуоратын үлэhиттэрин, ыстаадалар табаhыттарын кытта уопсай тылы булара. Булка-балыкка сыстаҕаhын, бэргэнник ытарын, табаҕа үɵрүйэҕин, сатыы ыраах сиргэ сылайбакка хаамар дьоҕурдааҕын билэн, Сэмэнньэй кырдьаҕас: “Дойду сир оҕото диэтэххэ, биhиги курдук эбиккин”, — диэбитэ. Ити саамай улахан хайҕал этэ. Бэтэринээрдэрин Эбээн Курдук Дойду Уола диэн таптаан ааттыыр буолбуттара. Айталыын бу саҥа сиргэ кэлэн баран, Былатыан Ойуунускай «Бултаах сир» диэн омуннаах кэпсээнигэр ойууланарын курдук ɵлгɵм бултаах дойдуга кэлбитин билбитэ. Киис, тайах, таба, тыатааҕы дэлэй этэ. Бэтэринээр уолга ыт булунар ɵй киирбитэ. Биир кэлии учууталыҥсаттан ыт оҕотун ылбыта. Онтун Баhырҕас диэн ааттаабыта. Ыраахтан кɵрдɵххɵ хара, чугастан бороҥнуҥу хара ɵҥнɵɵх, үрүҥ моойторуктаах, атаҕар үрүҥ чуккулаах, оттомноох, түɵрт харахтаах ыт оҕото боруодата биллибэт этэ. Тиэргэн ыта, “дворянин”, диэтэххэ, хата, булка бэркэ сыстыбыта. Yлэтин быыhыгар бириэмэ барарын Айталыын билбэккэ да хаалара. Аҕыйах ыйынан Баhырҕаhа улааппыта: кыра бастаах, кылгас муннулаах, уhун систээх, кыра соҕус уҥуохтаах ыт буолбута. Соҥурах соҕус буола улааппыта. Билбэт дьонун чугаhаппат, туора киhиэхэ имэрийтэрбэт этэ. Күhүн сугуннуу сырыттаҕына, Баhырҕас кииhи үрбүтэ. Бэтэринээр уол туосапканан кииhи илин атаҕын тосту ытан түhэрбитэ. Ыстанан тиийбит ыты кытта саарба охсуспута, муннуттан ытырбыта. Баhырҕас уордайан, кылааннаах кыылы убахтаан, тутан кэбиспитэ. Итинтэн ыла ыта киискэ «ааттаахтык барар» буолбута. Киис соторутааҕыта ааспыт суолун кɵрдɵр эрэ, ирдээн, эккирэтэн, маска ытыаран тэйэр буолбута. Биирдэ ытын кытта чугас эргин бултуу тахса сылдьан, муойкааны охторбута. Баhырҕас тайахха эмиэ үчүгэй буолуох курдуга. Айталыын: “Бачча бултаах сиргэ, Мухтаарбын аҕалар киhи, тɵhɵ эрэ үчүгэй буолар этэ”, — дии саныыр буолбута. Баhырҕас да булчут ыты кытта тэҥҥэ сылдьыстар булка түргэнник уhуйуллуо этэ. Мухтаарын Ньурбаттан Орто Халымаҕа хайдах аҕаларын толкуйдаабыта. Ыты сɵмɵлүɵтүнэн илдьэ кэлэргэ элбэх докумуон, намордник, ошейник, поводок наада этэ. “Арнольд, ты куда?!” 1991 сыл атырдьах ыйыгар Айталыын Дьокуускайга командировкаҕа барбыта. Минсельхозка сылдьан, соругун ситиhээт, Ньурбаҕа кɵппүтэ. Маалыкайга тахсан, дьонугар икки хоммута. Бэрт түргэнник олохтоох дьаhалта үлэhиттэрин уонна бэтэринээрдэри кытта кэпсэтэн-ипсэтэн, киирэн-тахсан, Мухтаарын пааспарыгар, прививкатын былааҥкатыгар тустаах бэлиэтээhиинэри оҥорторбута, сɵмɵлүɵккэ киллэрэри кɵҥүллүүр ыспыраапка ылбыта. Онтон, командировкатын болдьоҕо ыгымын быhыытынан, ытын илдьэ Ньурбалаабыта. Уот ылар курдук кэлэн барбыт уолларын дьоно сайыhа хаалбыттара. Ньурбаҕа тастыҥ инитэ Федя Данилов кустуу бара сылдьарга тыл кɵтɵхпүтүгэр бэрт улгумнук сɵбүлэспитэ. Кус кɵҥүллэммит кэмэ буолан, бɵhүɵлэк чугаhынааҕы ууларга кусчуттар дурдалара кэчигирэспиттэрэ ыраахтан кɵстɵрɵ. Кус киэhээҥҥи кɵтүүтүн баттаhардыы, Саалтааны аттынааҕы кɵлүкэҕэ барбыттара. Аара, сайылыкка таарыйан, ол сиргэ кустуур киhиттэн биир киэhэ маныырга кɵҥүллэтэн ааhыахтаахтара. Федя эрэhиинэ тыы ылаары гыммытын, биитэ: —Тыы оннугар мин ыппын Мухтаары илдьэ барыахпыт. Ууттан куhу таhаара үɵрүйэх, — диэбитэ. Сайылыкка киэhээҥҥи ыам кэннэ от күɵх ɵҥнɵɵх саҥа «Урал» матасыыкылынан тирилэтэн тиийбиттэрэ. Yлэhиттэр олорор уопсай дьиэлэрин айаҕар кэлэн, Федя илии уонна атах туормаhын тэҥинэн холбоон, тиэхиньикэлэрэ хорус гына тохтообута. Кэлээскэлээх матасыыкыл кэнниттэн сорох сиргэ сиэлэн сэгэйэн, кɵнɵ суолга чэпчэкитик ойуолаан сүүрэн испит Мухтаар, дьиэ аттыгар кэлэн, сынньана түhээри, бараак сабараанньатын аттыгар сытынан кэбиспитэ. Аҕылаан кыhыл тылын нэлимнэппитэ, ойоҕоhо кɵппɵҥнɵɵбүтэ. Эмискэччи дьиэ иhиттэн баараҕай улахан ньэмиэскэй апчаарка ойон тахсыбыта уонна кустуу кэлбит уолаттар ыттарыгар ыстаммыта. Федялаах Айталыын Мухтаар хайдах охсуhарын билэр, кɵрбүт буоланнар, ыттарын туhугар холку этилэр. Апчаарка кэнниттэн ыт хаhаайката, отут биэстээх-алталаах, үрдүк уҥуохтаах (миэтир сэттэ уон биэс баар быhыылааҕа), кылдьыылаах киэҥ, хара харахтаах, хойуу чуолкатын аннынан дуҕалыы иэҕиллибит хойуу хаастаах, тэбэнэттик кɵрбүт, сырдык халлаан күɵх фланель халааттаах мааны дьахтар аргыый күɵгэйэ нусхайан тахсан кэлбитэ. Кини кэнниттэн ферма атын үлэhиттэрэ тахсыбыттара. Кинилэр бэйэлэрин бɵрɵ саҕа ыттара кыайарыгар бүк эрэнэн: —Арнольд! Ату! Ату! Кэhэт! Фас-фас! – диэн хаhыытаспыттара. —Орунуолд хараабырай! Билигин тутуоҕа! Балтараа кɵhү сүүрэн, сылайан кэлбит лаайканы баҕас! – лэҥкэйбит тɵбɵтүгэр дулҕа сиэлинии үүммүт баттаҕын кэннин диэки кэҕис гынан баран, бостуук Оппуонньа эппитэ. Ыттар утарыта күɵннэринэн турсан, тула холоруктаспыттара. Апчаарка Мухтаартан арыый бɵдɵҥ этэ. Ардырҕаhан, куоластара да суона, астыга бэрдэ. Буору-сыыhы ɵрүкүтэн син балайда киирсимэхтээбиттэрэ. Тэҥ курдуктара. Сайылыктар ыттарын киксэрэн биэрэр саҥалара хойдубута. Федя суулуу туппут сутуругун күɵрэҥнэппитэ уонна доргуччу: —Чэ, Мухтаар, сɵп буолуо! Тут! – диэбитэ. Ону эрэ күүппүт курдук, Мухтаар охсуhарыгар сɵбүлээн туттар ньыматын кɵрдɵрбүтэ: апчаарканы уҥа окумалыттан эмискэччи уобан ылбыта уонна үчүгэй тустуук кэриэтэ, бэйэтин үрдүнэн быраҕан кыыраппыта. Сонно тута апчаарка хабарҕатыгар түhэн, сыҥаахтарын тимир ытарчалыы хам ытырбыта. Апчаарка сордоох тыынын былдьаhан хардьыгынаабыта, атахтарынан сири тиҥилэхтээбитэ. Мухтаар ыыппакка, тута сыппыта. Ыта ɵлɵрɵ буолбутуттан ыксаабыт хаhаайка, дьиэ эркинигэр ɵйɵннɵрɵ ууруллан турар ураҕас уктаах талах сиппиири хаба тардан ылбыта: —Аа-а! Ыппын сиэтэ-ээ! – диэн сарылаабыта, хараҕа быччайан тахсыбыта уонна ыттары араартыы сүүрбүтэ. Били, дьиэттэн оргууй устан тахсыбыта ханна да суох буолбута. Ыттары сиппииринэн түбэhиэх кулаабыта. Айталыыннаах Федя ыттары икки аҥыы соспуттара. Сайылык дьоно олус саллыбыттара, сɵхпүттэрэ: кинилэр ыттарын кыайар ыт кɵстɵ илигэ. Ол бэйэлээхтэрэ, Арнольд, кутуругун кумуччу туттан, таhыйыллыбыт ыт оҕотунуу ыйылыы-ыйылыы, дьиэҕэ куотан киирэн купчукус гыммыта. Айталыыннаах Федя ыттарын ыраас кыайыытыттан сүрдээҕин астыммыттара. Онтон ону-маны сэhэргэhэ түhэн баран, Оппуонньаттан кɵҥүллэтэн, күɵлгэ кустуу киирбиттэрэ. Киэhэ кус бэркэ кɵппүтэ. Хомус быыhыгар саhан олорон, уолаттар бэркэ ытан куhуйбуттара. Мухтаар ууттан хас да куhу таhааран биэрбитэ. Истэрэбиитэл курдук түргэнник кɵтɵн элээрэн иhэр чыккымайдары уолаттар нэлэтэн түhэрбиттэрин от быыhыттан булан аҕалтаабыта. “Күɵрэтэн” диэни ньурбалар итинник, “нэлэтэн” диэн этэллэр. Түүн, хараҥарыыта, саа сыала кɵстүбэт буолуута, уон аҕыс кустаах (онтон аҥаара бɵдɵҥ кус этэ) күɵлтэн тахсыбыттара. Сайылык аттынан ааhан истэхтэринэ, үктэлгэ сытар ньэмиэскэй апчаарка Мухтаары билэн, туран, дьиэ кэннигэр дьаадьыйан эрэрин тиэргэн лаампатын уотугар кɵрбүттэрэ. Айталыыннаах Федя күлсэ-күлсэ: —Арнольд, ты куда-а?! – диэбиттэрэ. Тохтоон, Оппуонньаҕа киирэн, чэй испиттэрэ. Икки моонньоҕону кытта биир халбаны биэрбиттэрэ. —Ɵссɵ кустуу кэлээриҥ, уолаттар! – бостуук үɵрэн саҥа аллайбыта. —Кэлиэм этэ да, сарсын Дьокуускайга кɵтɵбүн, — диэн хардарбыта Айталыын. —Чэ, оччоҕо эhиил кэлэн кустаhаар, — Оппуонньа мичээрдээн ымайбытыгар саhархай тиистэрэ кɵстүбүттэрэ. Кини уҥа ытыhын биэс тарбаҕынан уhун кɵҕүлүн кэтэҕин диэки ɵрɵ аспыта. – Таак да, уолаттар олус сүрдээх ыттаах эбиккит! Охсуhууга диэн, кусчута диэн! Кусчуттар таhырдьа тахсыбыттара, Мухтаар матасыыкыл аттыгар сытара. Ыттарыгар биир быhыы халыҥ, арыылаах килиэп биэрэн баран “Уралларын” собуоттаан бирилэппиттэрэ. Апчаарка кɵстүбэт этэ. Федя, фаратын холбоон хараҥаны хайа суруйтарбыта уонна уруулун Ньурба диэки салайа туппута. Уолаттар сайылык кэриитин устун барар суолунан тирилэтэ турбуттара. Килиэбин аҕыйахта уобан кэбиспит Мухтаар матасыыкылы ойоҕолуу ойуолаабыта. Тиэргэҥҥэ тахсан кинилэри атаарбыт бостуук Оппуонньа бэйэтэ бэйэтигэр: —Таак даҕаны, үчүгэй ыт баар буолар эбит! – диэбитэ, баhын быhа илгистибитэ уонна дьиэҕэ киирбитэ. Берёзовка ыттарын «хоруола» Дойду араас бэлитиичэскэй быhылааннартан түллэҥнии олорор кэмэ этэ. Тэлэбиисэргэ Yрдүкү Сэбиэт мунньаҕын тохтоло суох кɵрдɵрɵллɵрɵ. 1991 сыл атырдьах ыйынааҕы путч кэнниттэн Айталыын Мухтаары илдьэ Берёзовкаҕа кэлбитэ. Аҕыйах күннээх командировкатын туhанан, булчут ытын хоту илдьэ кэлбититтэн үɵрэ саныыра. Дьокуускайтан Орто Халымаҕа диэри уhун кɵтүүнү Мухтаар эрдээхтик тулуйбута. Стюардесса кыыс Айталыыҥҥа, бастаан, ыты багаж отсегар баайарыгар эппитэ. Ону, онно сытан хотуолаан кэбиhиэҕин сɵбүн, хаhаайынын аттыгар сыттаҕына кɵтүүнү тулуйар кыахтааҕын быhааран, тахсар аантан чугас, кириэhилэтин аттыгар сытыарарын кɵҥүллэппитэ. Бɵдɵҥ, кыраhыабай, оттомноох ыты пассажирдар да, кɵтɵр суудуна экипааhа да атыҥыраабатахтара, тɵттɵрүтүн, таптыы, хайгыы кɵрбүттэрэ. Уоппускатын ылан дойдутугар Ɵлɵɵкɵ Күɵлгэ кыра кыыhын кытта баран иhэр Винокуров Сэмэн диэн, Дьокуускайга олохсуйбута ырааттар да халымалыы «ыллыыр» саҥатын илдьэ сылдьар эдэрчи киhи Мухтаар иннигэр халбаhыы куhуоччугун ууран биэрбитэ. Бҥдɵҥ, мааны лаайка муннун анныгар сытар халбаhыыны сытырҕалаан да кɵрбɵтɵҕүттэн Сэмэн: ˗Тыый! Бу ыт халбаhыыны сиэбэт дуу? ˗ диэн халымалыы унаарыппыта, ˗ мин Казбегым амтанын да билбэккэ “дьүккүс” гыннарар дии! ˗Yчүгэй ыт туора дьонтон аhылыгы иччитэ кɵҥүллээбэтэҕинэ ылбат, — Айталыын быhаарбыта. Онтон ытыгар туhаайан: ˗Сиэххин сɵп, — диэбитэ. Мухтаар “докторскай” кэлтэкэтин тылынан салбаан ылан, аҕыйахта ыстаат, “иhирдьэ” атаарбыта. -Оо! Буолар да эбит! – Винокуров сүрдээҕин сɵхпүтэ. Орто Халымаҕа икки хонон баран, Айталыын Мухтаарын кытта Берёзовкаҕа бɵртɵлүɵтүнэн кɵппүттэрэ. Бɵhүɵлэк аттынааҕы бɵртɵлүɵт түhэр былаhааккатыгар уоhах араҕас ɵҥнɵɵх “Ми-8” бирилээн-барылаан, буору-сыыhы күдээриччи ытыйан түспүтэ. Кɵтɵр аал кэлэрэ нэhилиэккэ мэлдьи сонун. Ким куораттан (Орто Халыманы олохтоохтор «куорат» дииллэр) кэлбитин, ким арайсыантырга киирэрин кɵрɵ-истэ Берёзовка дьоно-сэргэтэ вертодром тула мустара. Олохтоохтор Эбээн Курдук Дойду Уола улахан, саhыл курдук кытарымтыйар ɵҥнɵɵх бэрт дьоhун, бɵдɵҥ ыттаах тахсан кэлбитин кɵрбүттэрэ. Траптан түhээт Айталыын ытын наморднигын устубута. Мухтаар ытыстыбыт сыҥааҕын быччыҥнарын тэнитэн, дьааhыйан эрэрдии айаҕын атан ылбыта, тулатын кɵрүммүтэ. Иччилэрин батыhан кэлбит чугастааҕы ыаллар ыттара уонча буолан үɵрдүү сылдьаллара. Кинилэр бɵртɵлүɵттэн билбэт ыттара түhэн кэлбитин бэркэ сонурҕаабыттара. Айталыын билэр дьонун кытары дорооболоhон, аҕыйах тылынан бырахсан баран ытын кытта бɵhүɵлэк диэки хаампыта. Ити кэмҥэ үɵрдээн сылдьар ыттар Мухтаарга саба түспүттэрэ. Кинилэртэн икки ыт ойуччу улахаттара. Мухтаар тула холоруктуу сылдьан охсуспута. Бастаан икки бɵдɵҥ ыттары “устуруойтан туораппыта”. Кыайтарбыт ыттар ыйылаhа-ыйылаhа, кутуруктарын кумуммутунан куотан тилэхтэрэ хараара турбуттара. Атын ыттар ону кɵрɵн уохтара тута хараабыта, үɵр ыhыллыбыта. Бɵртɵлүɵт былаhааккатыгар мустубут дьон тылларыттан матан, иhийэн турбуттара: кинилэр кэлии ыты эрдэттэн аhынан “сиэтилэр” дии санаабыттара атыннык эргийэн тахсыбытыттан улахан шок ылбыттара. Кинилэр уонча ыты соҕотох лаайка кыайбытын бу эрэ кɵрбүттэрэ. Мухтаары кытта Баhырҕас түргэнник бодоруспуттара. Биир да бɵhүɵлэк ыта кини саҥа атаhын диэки үрэн кɵрбɵтүн (эгэ, боотурҕуо дуо?) билэн, Баhырҕас «халыҥ хаххаламмытын, суон дурдаламмытын» тута туhанан барбыта. Саҥа доҕордоно илигинэ соччо охсуhууга суох ыт, аттыгар Мухтаар баар буоллаҕына, чугаhынан атын ыттары аhарбат идэлэммитэ: бастакынан саба түhэн, охсуhууну күɵртүүрэ. Мухтаар, дьиҥэ, айылҕаттан, ис хааныттан охсуhуук. агрессивнай буолбатах этэ. Ол да гыннар, табаарыhын кɵмүскэhэн Баhырҕас түспүт ытын «тутан» кэбиhэрэ. Онон Баhырҕастан эмиэ атын ыттар куттанар буолбуттара. Тиэргэннэрин быhа ааспат, ырааҕынан сылдьар буолбуттара. Мухтаар дэриэбинэ ыттарыгар “хоруол” буолбута. “Сымнаҕас кɵмүс” Намыhах симилиэс былыттар аа-дьуо сыыллаллара. Кус-хаас баран, күɵлэттэр чуумпура иhийбиттэрэ. Кыhын “сугаhаабытын” биллэрэн, тымныы тыал үрэн сирилэтэрэ. Арыт, халлаан халлан, ырааhыран ылара. Күн кылгаан иhэрэ лаппа биллэрэ. Айталыын бɵhүɵлэктэн чугас күɵлэттэргэ илимнээн, балык арааhын хоторо ылан, “ыттарым кыhыҥҥы аhылыктарыгар” диэн, булууска уган хаhааммыта. Дойду сир курдук буолуо дуо, хоту сир күɵлүн балыга эмиhэ, бɵдɵҥɵ! Тутара ɵлгɵмɵ олус этэ. Илими түhэрэн баран, эргиллэн кɵрбүтүҥ, хотоҕосторо тимирэ-тимирэ дагдайан эрэр буолар: хайы-үйэ балык бɵҕɵ иҥнэн, лоппунуогу биэтэҥнэтэллэрэ. Онон, сотору буолаат, балыгын арааран, тэрилин эhэрэ. Биирдэ, боруобалаан, түɵрт уон биэстээх хоппуруон сап илими хонноро хаалларбыта. Сарсыныгар балык бɵҕɵ тутан, илимин быа курдук эрийэн кэбиспит этилэр. Онтон ыла илими хонноро хаалларбат буолблута. Арай, улахан харахтаах — уон иккилээх “саппыйалааҕын” — биирдэ эмэ хоннорон улахан балыгы ылара. Муус туруон иннинэ илимнэрин эспитэ. Күhүн алтынньы ый иккис декадата саҕаланыыта түүлээх булда саҕаламмыта. Хаар халыҥыы илигэ, онон тыаҕа сылдьарга табыгастаах этэ. Булчуттар кииhи бултаан саҕалаабыттара. Былыр Халыма эргин кииhи хото бултаан, имири эhэ сыспыттара. Саҥаттан үɵскэтээри, 1935­-1940 сылларга хараҥа кугас түүлээх. бɵдɵҥ баргузин киистэрин аҕалан ыыппыттара. Дэлэй аhылыктаах саҥа сиргэ кэлбит киистэр бэрт түргэнник үɵскээн киэҥник тарҕаммыттара. Халыма хара кииhин тириитэ киин улуустар сырдык, саhархайдыҥы түүлээх саарбаларынааҕар ордук сыаналанар. Биир бээтинсэ күн, Айталыын үлэтиттэн күнүс биэс чааска кэлэн, чэйдии охсоот, сарсын сарсыардаттан тыаҕа тахсан ыттарын кытта «чээччийэ түhэргэ» тэриммитэ. Субуоталаах ɵрɵбүлүн толору туhанан, сиргэ хоно сылдьан бултуурга былааннаммыта. Таба тириититтэн тигиллибит утуйар мɵhɵɵччүгүн – куукулун – ылан кɵрбүтэ. Тигиитин сиигэ кɵтүллүбэтэҕин, түүтүн үрүмэччи ыамата (моль) кэбийбэтэҕин билэн, үɵрэ-кɵтɵ түрдьэлии эрийэн, үрүссээгин үрдүнэн сүгэрдии бэлэмнээбитэ. Сопхуос гарааhын мастарыскыайыгар баран, бэйэтэ охсубут быhаҕын уонна убайа Махсыым Ɵлүɵхүмэттэн ыыппыт «Москвич» рессоратыттан оҥорбут батаhын чочуга сытыылаан кэлбитэ. Уусуннаан баран эрдэ утуйбута. Түhээн, Дьокуускайга нуучча кыыhын кытары сылдьарын кɵрбүтэ. Сайын сатыылаан турар эбит. Кыыс байбаралаах, сырдык күɵх сиитэс былааччыйалаах, уол бэйэтэ сайыҥҥы чараас, сырдык бүрүүкэни кытта теннискэлээх. Проспект устун хаамсаллар. Күн чаҕылыччы тыгар. Сарсыарда уhуктан баран: “Түүл-бит үчүгэй! — диэн үɵрэ санаабыта, — Ити Инга Строеваны кɵрдүм дуу, Люда Михальскаяны дуу?” Субуотаҕа, хотугу кылгас күнү баттаhа, син балачча киэҥ сири хаампыта. Ыттара икки кииhи үрэн биэрбиттэрэ. «Белка» саатынан сыыспакка ытан, “сымнаҕас кɵмүhү” ылан үрүссээгэр уктан истэҕин аайы: “Ноколор, ааттаах үчүгэй! Мухтаар, манна кэлэн бултаан эрдэххин кɵр эрэ! Баhырҕас, бэрт-бэрт!”, — диирэ. Киэhэлик, хараҥарыыта, кулуhун буруота сыттаах грузинскай чэйи иhэн, арыылаах килиэби мотуйан, ыттарын аhатан баран, куукулугар киирэн утуйбута. Ɵрɵбүлгэ эрдэ уhуктан баран, халлаан суhуктуйарын кэтэhэн сыппалаабыта. Халлаан илин саҕаҕа барбах сырдаан эрдэҕинэ туран тыыллаҥнаабыта: бэҕэhээ үс аҥаар кɵhү хааман кɵhүйэ сыспыт этэ. Бɵhүɵлэккэ атын сиринэн тɵннүбүтэ. Аара хабдьыларга түбэhэн, биэhи «илдьэ хаалбыта». Дэриэбинэҕэ чугаhаан иhэн Мухтаардаах Баhырҕас биир кииhи үрэн биэрбиттэрэ. Бу сырыыга уол тайҕа маанылаах кыылын хаҥас санныгар таппыт этэ. Кыылчаан эhиллэн кэлэн түспүтүн тутан ылбыта, тыыннаах эбит, кырдьыгынаат, тойон эрбэҕин быhа ытырбыта. Тарбаҕа уот аhыйбытыгар, булчут, сарылыы түhээт, туора илгибитин, Мухтаар ыстанан тиийэн «тутан» кэбиспитэ. Борук-сорукка дьиэтигэр үс киистээх, биэс куруппааскылаах олуhун астынан кэлбитэ: ыттара киискэ үчүгэй эбиттэр. Итинтэн ыла, субуоталаах ɵрɵбүлүгэр тыаҕа тахсан «чээччийэр» идэлэммитэ. Хаар халыҥаабытыгар туут хайыhарынан сылдьар буолбута. “Улахан” булка Ахсынньы ый үүммүтэ. Айталыын субуотаҕа бултуу тахсарга былааннанан, жакаан буулдьанан уон иккилээх ботуруону ииттибитэ. Гильзатын фаскатын үрдүнэн маҥан сабынан эрийбитэ: ТОЗ-57 саатын ботуруонньугар гильза аhара иhирдьэ киирэн эпчиэстиир этэ. Арай, итинник, сабынан эрийэн, «тупсардахха» эрэ, тута эстэрэ. Ботуруон ииттэ олорон, Айталыын оҕо сылдьан (7-с кылааhы тахсыбыт сайыныгар) аан бастаан тайаҕы кɵрбүтүн санаан кэллэ. Убайын Махсыымы кытта атырдьах ыйын ортотугар матасыыкылынан кустуу баран испиттэрэ. Анабы диэн улахан күɵл аттынааҕы күл ууларын кɵрɵр былааннаахтара. Ɵктɵɵп Маарын ааспыттара. Анабы мантан аҕыйах биэрэстэ. Ойуур иhинэн баран истэхтэринэ биир толоон эҥэлдьийэн кɵстүбүтэ. Толоон уҥуор туох эрэ, күрэҥниҥи ɵҥнɵɵх турар этэ. -Ынах сылдьар, — Айталыын убайыгар эппитэ. Убайа уҥа диэки хайыhан толоон ортотугар кыра чоҥолох уу кытыытыгар турар кыылы кɵрбүтэ уонна: -Сылгы ини, бачча ыраах туох ынаҕа кэлиэй? – диэбитэ. Онтон уолаттар тэҥинэн: -Тайах! – диэн саҥа аллайбыттара. Махсыым туормастаабыта. Матасыыкылын умулларбыта. Чуумпу сатыылаабыта. Хата, бɵлкɵй талах кэннигэр тохтообуттара. Тайах, кинилэргэ кыhаллыбакка, тɵбɵтүн ууга уган, тугу эрэ сии турара. Уолаттар кыратык сүбэлэспиттэрэ уонна бэрэчииннэй быhаҕынан хотуобай ботуруону быhан, онон «ытан ыларга» былааннаммыттара. Кумааҕы гильзалаах ботуруоннары быhаттаан сааларын ииттибиттэрэ уонна талахтарга хаххаланан, үɵмэн киирбиттэрэ. Сүүрбэччэ мүнүүтэ устата, тохтоон, сэрэнэн ɵндɵйɵн, тайахтара турарын кɵрɵн ыла-ыла, алта уонча хаамыыга диэри чугаhаабыттара. Сыт ылбыта дуу, тыастарын истибитэ эбитэ дуу, туохтан эрэ сибиэркээбит тайах ууттан тахсаары батыччахтыыр тыаhа иhиллибитэ. Айталыыннаах Махсыым ойон турбуттара. Тайах тыа диэки сүүрэн атаралаабыта. Уолаттар ытыалаан баhырҕаппыттара. Кыыллара тохтооботоҕо, сүүрэ турбута. Баран, суоллаан кɵрбүттэрэ түү да, хаан да тохтубут суола суоҕа. Бэркиhээн, хаттаан ботуруон быhан, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ хаhыат лииhин чиэппэрин ыйаан, сыал ытан кɵрбүттэрэ. Па! Отой да сүнньүɵхтүү түспэт эбит, аҕыйах доробуунньа суола эрэ баара: ыhыллан хаалар эбит. Итиччэтигэр, алта уон хаамыылаах сиртэн биир эмэ доробуунньа таппыт да буоллаҕына, тириитигэр эрэ хатанна ини. Киэhэ сүүрбэччэ кустаах дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Дьонноругар тайаҕы куоттарбыттарын туhунан кэпсээбиттэрэ. Биэстээх балтылара куукулатын саhархай баттаҕын тарыы олорон, тайаҕы аhынан: -Бардын ээ! – диэбитэ. Аҕалара хаҥас илиитинэн хойуу, хара баттаҕын ɵрɵ ньиккэрийбитэ: -Кэрчиэс дуу, сүнньүɵх дуу укта сылдьыаххытын наада эбит. Син тэйиччинэн сылдьан “сир кɵрɵҕүт” дии. Эhэ-бɵрɵ дуу, бэдэр-сиэгэн дуу түбэстин? Ийэлэрэ уолаттарын кэпсээниттэн хомойбут курдуга. Еля аатырбыт булчут убайдардааҕа. Сэрии, сут сылларыгар улахан убайа Куонаан Ньукулай, оччолорго орто сүhүɵх оскуола оҕото, бултаан аhатан дьоно хоргуйбатахтарын ɵрүү кэпсиирэ. Ньукулай күнлү түүлээҕи судаарыстыбаҕа туттаран, бэhис кылааска үɵрэнэ сылдьан Бочуот Кырааматанан наҕараадаламмыт. Тайах бɵҕɵнү бултаан, Нɵɵлбүктэ дьонун үрүҥ тыыннарын ɵллɵйдɵɵбүт. Дьэлиэнэ атын убайдара: Мэхээ, Сэмэн, Соппуруон эмиэ тыаhыт бастыҥнара этилэр. Эдьиийин Ааныска кэргэнэ, күтүɵттэрэ Уйбаан Маппыайап, эмиэ ааттаах булчут этэ. Еля сурдьулара Борокуоппай уонна Куока эмиэ булчут, балыксыт бэртэрэ буолбуттара. -Убайым Ньукулай итинник, толооҥҥо аараан турар тайахха түбэспитэ буоллар, бултуо этэ, — диэбитэ ийэлэрэ. -Хайдах? – уолаттара тэҥинэн ыйыппыттара. -Доробуунньатын ɵрбɵххɵ суулаан, буулдьа оҥорон ытыа этэ, — ийэлэрэ быhаарбыта. -Биhиги да инньэ гыммаккабыт!- Айталыын абаккарбыта, — сɵрүɵскэбититтэн хайа тардан ылан, доробуунньабытын суулаабыппыт буоллар… -Ыксал этэ. “Кумааҕы ботуруону быhан баран ыттахха, сүнньүɵхтүү баран түhэр” диэн Сэдээлиhэп Балыарый кэпсээччи. Ону саныы биэрбитим, — Махсыым эппитэ. Итинник, бастакы кɵрбүт тайаҕын саныы олорон, бэтэринээр уол түɵрт сүнньүɵҕү иитэн, сабынан баайан эпчиэскэлээбэт гына бэлэмнээн баран батарантааhыгар уктубута. “Барс” харабыынын илдьэ сылдьыа этэ да, уларга түбэстэҕинэ доруоп ордук. Улары кɵрдɵхтɵрүнэ ыттара аргыый, наллаан, тохтуу-тохтуу үрээччилэр. Кииhи таhаардахтарына ыксаабыттыы, тохтоло суох моргуйааччылар. Оhох иннигэр, муостаҕа, саhархай ɵҥнɵɵх, эмаала хас да сиринэн хоҥнубут, эргэ кɵстүрүүлэҕэ турар, улар куртаҕын, очоҕоhун эбэн буhарбыт хааhыта сойбутун кɵрɵн. таhааран ыттарын иhиттэригэр кутан биэрбитэ. Мухтаардаах Баhырҕас маннык, “с глухариными потрошками”, хааhыны сɵбүлээн сииллэрэ. Сарсыныгар Берёзовкаттан икки кɵстɵɵх сиргэ ыттара икки тайаҕы тохтоппуттара. Муойкаалаах тыhы тайах ыттарга аралдьыйан, булчут чугаhаабытын билбэтэхтэрэ. “Сүнньүɵх ииттибитим да үчүгэй эбит. Баай Барылаах бачча маанылаабытын, “кыталыктатан” кɵрүɵххэ! — бэтэринээр уол, саа ылар сиригэр киирэн, бɵдɵҥ тыhы тайаҕы агдатын туhулаан, кынчайа туран санаабыта. – Иккиэннэрин манна охтордохпуна, сыралаhан туран астыыыбын. Сатахха, бу дойду тайаҕа баараҕайа, аарымата бɵҕɵ. Дойду сир тайаҕа, саамай улахана 4-5 сэнтиниэр буолара дуу, суоҕа дуу? Yнүр биригэрдьиир Тээкэ Тэрэппиин охторбут кыыла алта сүүс биэс уонча киилэ баар диэн кэпсэтэллэрэ, хонтуораҕа». Итинник санаалар чаҕылҕанныы элэҥнээн ааспыттара. Холун кэннинэн кыҥаат, эдбэрээгин тарта. Саата эстэн түптэлэнээтин кытта тыhы тайах кэнники атахтара ньаачас гына түспүтүн, онтон олорон иhэн хаҥас ойоҕоhунан охтубутун кɵрбүтэ. Ыттар муойкааны тула сүүрэ сылдьан үрбүттэрэ. Иккис уоhунан кыра тайаҕы арҕаhын туhулаан ыппыта. Таппытын-сыыспытын билбэтэҕэ. Икки хаалбыт сүнньүɵхтэринэн ɵссɵ ыппыта. Муойкаа таптарбыта эрээри, охтубатаҕа. Бааhыран, кыыла турбут тайах булчуту кɵрбүтэ уонна утары ыстаммыта. Мухтаар кыыл сырайыгар ыстана-ыстана үрэрэ да, харсыттан тахсыбыт тайах, тɵбɵтүн илгистэ-илгистэ, илин атахтарын туйахтарынан сыыhа-халты табыйара. Баhырҕас борбуйугар олорсо сылдьарыгар кыhаммат этэ. Ытыллыбыт гильзаларын ылан быраҕаттаат, Айталыын доробуунньалаах ботуруоннары уктубута. Ол эрэн бу «бэлэмэ суох», сабынан эриллибэтэх иитиилэр этэ. Хааннааҕынан хаhылыччы кɵрбүт тайах отой чугаhаабыта. Уонча эрэ миэтэрэ хаалбыта. Уол, субу кэлбит кыылы туhулаан сомуоктарын тардыалаабыта, саата иккитэ эпчиэскэлээн чаллырҕаабыта! Саатар, хаххаланыаҕын туундара ойууругар бɵдɵҥ мас суоҕа. Быыhанар суол суохха дылы буолбута. “Дьэ! Саам луоhунан киирсиэм!” — булчут уол итийбит чабырҕайыгар дохсун санаа чаҕылыҥнаабыта. Мухтаар, иччитин кɵмүскээн, тайахха утары түhүɵлүүрэ. Бугуhуйбут тайах сылаас паарынан бууhурҕаччы тыына-тыына ыты кытта охсуhан аралдьыйан ылар кэмигэр Айталыын саатын сомуоктарын туруортаабыта. Кыылга диэри үс-түɵрт эрэ хаамыы этэ. Тɵбɵтүн кыҥаат, инники куруогун тардыбыта. Саата, хата, эстэн дэлби ыстаммыта! Тайах, күүстээх апперкот охсууга киирэн биэрбит боксуор курдук, тɵбɵтɵ “туллах” гыммыта. Улаханнык туймаарбыт кыыл, эргиллэн, ойуур иhин диэки бара турбута. Булчут кɵрбүтэ, биир сүнньүɵҕэ кыыл агдатын курдары ааспыт этэ: бааhыттан сырдык хаан сүүрэрэ. “Тыҥатын таарыйтарбыт, ыраатыа суох”, — Айталыын үɵрэ санаабыта. Тыын ылан, уоскуйан баран, уол хас да ботуруон фаскатын таhынан сабынан эрийэн бэлэмнээбитэ. Сынан сытар бастакы тайаҕар тиийэн, тирээн туран ытан, салҕаабыта. Тута эттээн, астаан барбыта. Дьакаан буулдьата кыыл тааhын уҥуоҕун хампы кɵппүт этэ. “Оок, туох ааттаах туора тэппитэй – холун кыҥаабытым, кэлин ɵттүгэр түспүт! Адьас биир миэтэрэни разбростаабыт! Устубуолум холуоккаҕа олорор сиринэн люфтаммыт быhыылаах. Эбэтэр, сомуокпун эмискэ тардаммын, туора “саайбыта” дуу?” — дии санаабыта булчут. Ыттара биэрэстэ аҥаарыттан эрэ ордук сиргэ үрэллэрин истэ-истэ, кыылын астаан бүтэрбитэ. Биир чаас ааhа охсубут этэ. Халлаан хараҥаран эрэрэ. Ыттар биир сиргэ моргуйалларыттан сылыктаатахха, муойкаа барар кыаҕыттан тахсан, тохтообут быhыылааҕа. Айталыын, ɵссɵ түɵрт ботуруону сабынан баайбыта уонна ыттар үрэр саҥаларын хоту барбыта. Тиийиэҕэр диэри ɵссɵ хараҥарбыта. Тайах хамсаабакка турара, ыттар үрэллэригэр кыhаммат этэ. Уол, чугаhаан кэлэн, кулгааҕын үүтүгэр ытан охторбута. Ыттара саба түhэн, ытыра-ытыра тардыалаан кыыл түүтүн бурҕаҥнаппыттара. Айталыын хаппыт мас тоhутан аҕалан кулуhун оттубута. Хаппыт амынньыар буруотун сыта тула тарҕаабыта. Уот сырдыгар кыылын астаабыта. “Куукул илдьэ сылдьыбытым буоллар, манна хонон баран, сарсыарда эт сүгэн барыа эбиппин”. – дии санаабыта. Мухтаардаах Баhырҕас тайах иhиттэн, быарыттан сиэн, тотон, астынан, салбанан кэбиhэ-кэбиhэ хаарга сыталлара. Кутаа тɵлɵнүттэн харахтара чаҕылыҥнаhаллара. Айталыын уокка тайах этиттэн үтэн сиэн, сэниэ эбиммит, хочулуогар хаар уулларан иhэн, утаҕын ханнарбыт киhи быhыытынан, ыттарын ыҥыран, үрүссээгэр бɵhүйбүт эт уктан, сулустарынан сирдэтэн дьиэлээбитэ. Бɵhүɵлэккэ кэлэригэр сарсыарда буолан эрэрэ. Ити быhылааннаах сырыы кэнниттэн эдэр булчут саатын ɵрɵмүɵннэммитэ: дьалкыйбат гына үттэнэн кɵннɵрɵн биэрбитэ. Кыылы таптахха быhытталанан, түɵрт аҥыы хайа ыстанар буулдьаны толкуйдаан, сибиниэhинэн кутан оҥорбута. Сыал ытан кɵрбүтэ. Буулдьата иккилээх бэс хаптаhыны хайа тэбэн тахсыбытыттан астынан, хас да буулдьаны оҥорбута. Саҥа саа булуммута. Улардыы сылдьан “улахаҥҥа” түбэстэҕинэ холкутук бултаhар кыахтаммыта. Саас, ыстаадаҕа баран истэҕинэ, Мухтаардаах Баhырҕас тыатааҕыны үрэн биэрбиттэрэ. Бэтэринээр чугастан иккитэ эрэ ытан кэбиспитэ: аҥаар уоhунан сүнньүɵҕүнэн, иккис уоhунан кэрчиэhинэн. Амакаа “тыла суох” барбыта. Ыттара кыыл түүтүн бурҕаҥнатан, буутун ойута ытыран: “Аhылык бу сылдьар эбит!” — диэбиттии тунайдаабыттарын буойбатаҕа. Оттон иккис тыатааҕытын бултууругар, Мухтаар кыылга баттатан, былдьата сыспыта. Айталыын ол түгэни кэлин маннык кэпсээбитэ: «Балыктыы сырыттахпына ыттарым эмискэччи үрэҕи сүүрүүнэн туораан бардылар. Онтон өйдөөн көрбүтүм: син балайда тэйиччи, тыатааҕы тохтоон турар эбит. Ыттарым чугаһаабыттарын кэннэ аргыый аҕай, ыксаабакка, куотан барда. Балыкпын быраҕан, мин, саабын ылан, эккирэтээччи буоллум. Бастакы тыатааҕыбын кэбэҕэстик бултаабыппын санаатым. Онон, бу да сырыыга судургутук “нукутуом” диэн эрэнним. Ыттарым даҕаны “аhылык сылдьар!” диэн харса суох эккирэттилэр. “Кырдьаҕас” хайа сыырын тэллэҕинэн дабайан, куотан барда. Кɵрдɵхпүнэ, сугуннаах баҕайы сир эбит. Сугун угун үрдүгэ киһини курданарын ааhар, отоно киин улуустарга үүнэр сугун аhыттан лаппа бөдөҥ. Ыттарым чаас аҥарын курдугунан кыылы нэһиилэ тохтоттулар. Тиийбитим, Мухтаардаах Баhырҕаhым икки өттүттэн хаайа сылдьаллар. Тохтоло суох үрэллэр, эргийэллэр. Ытарга ыарахан соҕус: ыты дэҥниэх курдукпун. Онтон түгэн көстүбүтүгэр түөһүн ортотун көрөн баран ыттым. Арааһа, сүүрбэччэ миэтэрэ курдук. Ытааппын кытта, кырдьаҕас ытым (ити Мухтаарбын этэбин) тыатааҕыга баран түстэ, оттон анарааҥҥыта ыппын хам баттаан кээстэ… Иккистээн ыппатым. Ытым ыйылыыр саҥата иhилиннэ. «Ыппын сиэтэ!» — дии санаатым. Тыатааҕы бачча чугастан түɵскэ таптаран баран өлбөтөҕүттэн салынным. Саҥа ботуруон хостоон, уктаары гыммытым, саам устубуолугар ытыллыбыт гильзам харан хаалбыт. Түөһүм сиэбигэр кумааҕы ботуруон кумаар эмтээх тюбигы кытта сылдьыбыта. Ол крем быыhылаан, тохтон, ботуруонум сиигирэн, үллэн хаалбыт эбит. Ыстааным сиэбиттэн кэрчиэhинэн иитиллибит ботуруону ылан угаары гыммытым, эстибит ботуруонум гильзата устубуолбуттан олох кэлбэт, күүскэ харбыт. Тарбахпынан сатаан ылыа суохпун билэн, тииспинэн түһэн тарты-ым! “Хачыр” гынар тыас иhилиннэ. Тииспин тоһуттум эрээри, гильзабын син ороотум. Ыксалга, тостубут тииhим ыарыытын да билбэтим. Кэрчиэс угуннум. Кэпсээтэххэ уһун гынан баран, ити барыта, наай буоллар, икки, элбээтэҕинэ үс сɵкүүндэ иhигэр эбитэ буолуо. Ол бириэмэҕэ кыра ытым – Баhырҕаhым — тыатааҕы арҕаһыгар ыстанан таҕыста. Кыыл ону ɵрɵ сүгэн туран кэллэ. Мухтаар туора ыстанна. Кыра ытым тыатааҕы үрдүттэн киэр ойоотун кытта эмиэ түөскэ утуу-субуу ыттым. Аарыма кыыл, дьэ, оҕутта… Булпар тиийиэм иннинэ улахан ыппын ыҥыран, тутан-хабан көрдүм. Мухтаарым кулгааҕа хайдыбыт, биир аһыыта суох уонна барыта этэҥҥэ эбит! Ɵйдөөбүтүм, дэлби куттаммыт эбиппин. Маҥнайгы тыатааҕыбын “сымнатарбар”, тоҕо эбитэ буолла, олох куттаматаҕым. Бастакы кыылым куртаҕа тобус-толору боруу от (хвощ полевой) этэ, отоно аҕыйах этэ. Оттон мантыкайым — сугуна элбэх, ото а5ыйах этэ». Айталыын Халымаҕа олорор кэмигэр Мухтаардаах Баhырҕас булка дьоҕурдара толору тобуллубута, лаппа сайдыбыта. Мухтаар дойдутугар кэлэр Куликовтар Орто Халымаҕа уон биэс сыл олорбуттара. Кинилэр Ленинградтан кэлбиттэрэ. Аҕалара Александр геолог этэ. Онтон «Берёзовка» сопхуоска каадырабай булчутунан үлэлээбитэ. Куликовтар Саха сирин дойду оҥостон, хоту сир айылҕатын ис сүрэхтэриттэн таптаан, дьонун-сэргэтин биhирээн олорор ыаллар этэ. Биирдэ Александр Куликов бэтэринээр Дойду Уолугар кэлбитэ. Бэйэтин тыhы ытын кытта Мухтаары иссиhиннэрэн, үчүгэй тɵрүɵх ылар баҕалааҕын эппитэ. Айталыын “биир ыт оҕотун бастакынан таларын” этэн туран, үɵрүүнэн сɵбүлэспитэ. Куликовтар ыттарын аҕалан, Мухтаар турар вольерыгар киллэрбиттэрэ. Мухтаар, кɵхсүн түгэҕэр кырдьыгыныы түhээт, сонно тута Куликовтар ыттарыгар саба түспүтэ. Хабарҕатын хам ылларбыт ыт хардьыгынаабытыгар, хаhаайыттара ыттары туора соhоттоон, араартаабыттара. Бу иннинэ атыыр ыт сүүлбүт тыhы ыты тутан кэбиhэрин кɵрбɵтɵх да, истибэтэх буолан, Александрдаах Айталыын олус сɵхпүттэрэ. Куликов аатырбыт булчут ыттан тɵрүɵх ылар былаана туолбатаҕа. Дьалхааннаах тоҕус уонус сылларга “Берёзовка” сопхуос түɵрт общинаҕа арахсыбыта. Атын сирдэртэн, киин уобаластартан кэлэн үлэлии сылдьар испэсэлиистэр утуу-субуу дойдуларыгар тɵннүтэлээн барбыттара. Куликовтар Санкт-Петербурга кɵспүттэрэ. Ол эрэн, сотору кэминэн тɵттɵрү Орто Халымаҕа кɵhɵн кэлбиттэрэ. 1993 сыл үүммүтэ. Сааhыары Никушор Радукан дьиэ кэргэнин кытта тɵрүт дойдуларыгар – Молдавияҕа — тɵннɵргɵ былааннаммыта. Кини Дойду Уолугар ытын Казбегы хаалларбыта. Казбек үс атахтаах этэ. Тыаҕа сылдьан бɵрɵ хапкааныгар түбэhэн биир атаҕыттан мэлийбит күɵрт ыт ɵссɵ биир уратылааҕа. Казбек – тыhы ыт этэ. Тыhы ыт оҕотун булан аҕалбыттарын ийэлэригэр биллэримээри (ийэлэрэ Радмила атыыр ыт оҕотун эрэ ииттэри кɵҥүллээбитэ) уолаттара Руслан уонна Дан итинник ааттаабыттар этэ. Кэлин ийэлэрэ Казбек тыhытын билбитэ эрээри, хайыаҕай, аhынан хааллаттарбыта. Радуканнар Молдавияҕа барбыттара. Казбек Айталыын ыттарын Мухтаары уонна Баhырҕаhы кытта түргэнник бодоруспута. Yс ый буолан баран Мухтаар Казбектыын сыбаайбалаабыттара. Мухтаартан тɵрүɵх ылар соруктанан, бэтэринээр уол Баhырҕаhы тыhы ыкка чугаhаппатаҕа. Онтон аны Айталыын Дьокуускайга кɵhɵргɵ бэлэмнэммитэ. Тɵрɵɵрү сылдьар Казбегы табаарыhыгар Третьяков Сергейгэ хаалларбыта уонна: — Доҕо-ор, тɵрɵɵтɵ да тута биллэрээр, — диэн кɵрдɵспүтэ. Ыты кɵрɵ-истэ хааларын манньатыгар Айталыын тырахтарыыс табаарыhыгар ɵҥнɵɵх телевизор бэлэхтээбитэ. Егор онтон олуhун үɵрбүтэ. “Казбек айаҕар” диэн ыт аhылыгын: обургу кууллаах «Педегри-палл» комбикорму хаалларбыта. Эбээн Курдук Дойду Уола кɵhɵн баран эрэр сураҕын истэн, дьон бɵҕɵ кэлэ сылдьыбыта. Бары биири кɵрдɵhɵллɵрɵ: улахан ыккын – Мухтаары – хааллар эбэтэр атыылаа. Сопхуос биллиилээх табаhыта, наар мичимээрдии сылдьар, салгын сиэбит сирэйдээх Семен Хабаров Мухтаар иhин 15 киис тириитин биэрэ сатаабыта. Айталыынн аккаастаммыта: — Ыппын илдьэ барабын, — диэбитэ. Сарсыныгар Семен Павлович 30 саарба тириитин тутан кэлбитэ. Дойду Уола: — Ээс, ыппын атыылаабаппын. Илдьэбин, — диэн быhа-бааччы эппитэ. Кɵтүɵн биир күн баарына Хабаров эмиэ кэлбитэ. Ыксаабакка чэй испиттэрэ, ирэ-хоро ону-маны сэhэргэспиттэрэ. Онтон Семен аргыый аҕай: — Айталыын Басылайабыс, эн дойдугар баран атын үчүгэй ыты булунуоҥ. Муктааргын миэхэ хаалларан бар. 50 чулуукаан киис тириитин биэрэбин, — диэбитэ, остуолга тоҥолоҕунан ɵйɵнɵн олорон. Онтон ыт хаhаайына туох диирин кэтэспитэ. — Биир ыт иhин биэс уон киис тириитэ – олус үчүгэй сыана, — Айталыын аа-дьуо саҥарбыта, — Дьокуускайга биирдии тириини иккилии мɵhɵɵккɵ батардахпына уон тыhыынча “лас”! Саҥа “Жигулиттан” ордон тахсар. Таак даҕаны, ыппын массыынаттан ордук сыаналаабыккар улахан махтал. Доҕо-ор, ол эрэн бу ыт миэнэ эрэ буолбатах эбээт. Балтым куукула оннугар оонньоон улаатыннарбыт ыта. Тɵрɵппүттэрим, убайдарым ымыы оҥостубут ыттара. Член нашей семьи. Ону хайдах да гынан, атыылыыр да, бэлэхтиир да кыаҕым суох. Ыппын илдьэ барбатахпына дьонум ɵйдүɵхтэрэ суоҕа. Бэйэм да, олус убанан хаалан, Мухтаарбын туох да иhин биэриэхпин баҕарбат эбиппин. Дьэ, онон, аккаастыырбын бырастыы гынаргар тиийэҕин. — Дьэ, хаарыаннаах үчүгэй ыт! Илдьэ хаалбытым буоллар, тыhы ыттарбын кытары иссиhиннэрэн, бэйэтин курдук башкаатай уонна кыанар-хотунар, кырасыабай ыттарданарым хааллаҕа. Чэ, туох буолуой. Ородукаан үс атахтаах тыhы ыта Мухтаартан тɵрɵɵрү сылдьар үhү дии. Саатар, онтон биир эмэ быргыйы ылар киhи, — Хабаров хомойбута эрээри, ымсыырбыт ытын оҕотун ылар баҕалааҕын биллэрбитэ. Ити кэмҥэ Мухтаартан итэҕэhэ суох бултуу үɵрэннэр да, Баhырҕаhы ким да интэриэhиргээбэтэҕэ: бэйэлэрин бɵhүɵлэктэрин дворняжкатын аанньа ахсарбатахтара. Саатар, котоку бэйэлээх, кɵрүҥэ да соччо мааныта суох этэ. Дьокуускайга Айталыын Мухтаардаах Баhырҕаhын илдьэ кэлбитэ. Кыбартыыра куортамнаабыта, эрдэттэн кэпсэппит тэрилтэтигэр үлэлии киирбитэ. Сайын буолбута. Балта Саара тыа хаhаайыстыбатын техникумугар үɵрэнэрэ. Кини каникулугар дойдулууругар Мухтаары илдьэ барар буолбута. Дьокуускай аэропордугар ытын илдьэ киирэн, Саара билиэтин регистрациялаппыта. Сɵмɵлүɵккэ киириини биллэрбиттэрэ. Устудьуон кыыс намордниктаах аарыма ытын кытта пассажирдары кɵтɵр аалга илдьэр уhун оптуобуска киирбитэ. — Туох бɵдɵҥ, кыраhыабай ытай! – Ньурбаҕа хомондьуруопкаҕа баран иhэр Якутскгеология хотуна саҥа аллайбыта. – Аата? — Мухтаар диэн, — Саара хардарбыта. — Наhаа оттомноохтук кɵрɵр. Боччумнаах ыт, — хотун хайҕаабыта. — Халымаҕа хас да сыл буолан баран, дойдулаан иhэр, — устудьуон кыыс ытын туhунан кэпсээбитэ, — миигин умнубут быhыылаах, бэл, имэрийтэриэн баҕарбат. Иччитин, убайбын, суохтаан эрэр быhыылаах. Оптуобус, бетон балаhа устун эрэhиинэ шиналара сымнаҕастык суугунаан, АН-24 сɵмɵлүɵт аттыгар кэлэн тохтообута. Оптуобус ааннара тэлэччи аhыллыбыттара. Пассажирдар тахсан суугунаспыттара. Сиргэ түhээт, арай, эмискэччи, Мухтаар иннин хоту ыстаммыта. Саара поводогу мүлчү туппута. Ыт аэровокзал диэки муҥ кыраайынан сүүрэн быыппаста турбута. — Мухтаар! Мухтаар! Кэл! Кэл! – кыыс хаhыытаабыта. Ыт истибэтэҕэ, сүүрэрин кубулппакка, ойуолаан кытарыҥныы турбута. Пассажирдар бары: — Мухтаар! Мухтаар! Иди! Сюда! Кэл! Ко мне! – диэн хаhыытаспыттара. Уонча мүнүүтэ курдук ыт биллибэтэҕэ. Саара дэлби кыыhыран хаалбыта: Аны кини ытын туhуттан эриэйсэ хойутуур туруктанна! Бэйи, оччоҕо хайыырый? Сɵмɵлүɵттэн хаалан ытын кɵрдүүр дуу, биитэр Ньурбаҕа кɵтɵн тиийэн баран убайыгар: “Мухтаар куотта, аэропорка хаалла», — диэн тɵлɵппүɵннүүр дуу? Баҕар, убайа киирэн булан ылыа. Ити кэмҥэ баксаал диэкиттэн Мухтаар сүүрэн иhэрэ кɵстүбүтэ. Сүүрэн кэлэн, Саараны булбута. Кыыс ытын быатыттан тутан ылбыта уонна кыыhырбыт куолаhынан: — Чуут хаала сыстыҥ, аны куоттаххына, ыҥыра да сатыам суоҕа! – диэбитэ. Ыта саhархай харахтарынан кинини мунчаарбыттыы кɵрɵн кэбиспитэ. Саара ытын аhыммыттыы: — Дьиэлээн эрэбит ээ, Мухтаарчык, — диэбитэ уонна арҕаhын хойуу түүтүн имэрийбитэ. Оҕо эрдэҕинээҕи аатын истэн, Мухтаар кыыhы сыныйан кɵрбүтэ уонна, дьэ, билбиттии кутуругун хамсаппыта. Ньурбаҕа этэҥҥэ кɵтɵн тиийбиттэрэ. Бɵhүɵлэккэ хонон баран, сарсыныгар «Заря» теплоходунан Маалыкайга барбыттара. Саара ыттарын илдьэ кэлбититтэн дьоно олус үɵрбүттэрэ. Дьиэтигэр кэлэн, иччилэрин билэн, Мухтаар уоскуйбута, налыйбыта. Кини аҕыhын туолбут, сааhырбыт этэ. Кɵрɵрɵ-истэрэ мɵлтɵɵбүт этэ. Айталыын сотору буолаат Баhырҕаhы аҕалбыта. Мухтаар доҕорун үɵрэ-кɵтɵ кɵрсүбүтэ. Маалыкайга ити кэмҥэ Максим Катялыын Ɵлүɵхүмэттэн, 2-с Нɵɵрүкитээйиттэн кɵhɵн кэлбиттэрэ. Мухтаар Максимы тута билбитэ. Кийиити, Катяны, эмиэ ɵр атыҥыраабатаҕа, билиммитэ. Максим быраатын Кыдааны кытта бултуу бардахтарына Мухтаары илдьэ сылдьаллара. Ыттара бултуурун олус таптыыра. Мухтаар оҕолоро Күн-дьыл устан испитэ. 1996 сыл сайына үүммүтэ. Атырдьах ыйын бастакы декадатыгар Силиппиэнтэптэр оттоон бүппүттэрэ. Максим биир күн кустуу барбыта. Мухтаар, тɵhɵ да сааhырдар, булка сылдьыhара. Баҕа Балык, Куhаҕан Ураhалаах, Чоргул диэн сирдэр кɵлүкэлэрин кэрийэн балайда бултуйбуттара. Мухтаар ууттан кустары таhааран биэрэн, бааhырбыт кустары ирдээн булаттаан, иччитэ этэринэн, «баhаамы туhалаабыта». Дьиэлэригэр сүүрбэччэ кустаах кэлбиттэрэ. Баhырҕас, бастаан утаа, санаатыгар, Берёзовкатааҕы дьиэтин кɵрдүү барбыта. Бэйдиэ баран хаалбыт ыт улахан бɵhүɵлэги биир гына кэрийбитэ. Саҥа ыттарын сүтэрэн, Силиппиэнтэптэр дьонтон ыйыталаспыттара. Максим уулуссаҕа кɵрсɵн Васильев Степантан – Соччо Ɵстүɵпэттэн ыта сүппүтүн кэпсээбитэ. — Ээ, ити пилорама диэки, Мэгэдьэк пиэрмэтин аттыгар биир хараҥа күрэҥ, кылгас муруннаах, уhун систээх, бу дойду ыттарын маарыннаабат ыт сылдьара ээ, баарыын, күнүс, — диэбитэ ону истэн Ɵстүɵпэ. — Ол сырыттаҕа дии! Махтал, доҕор, дьэ, — Максим тиэтэйэ-саарайа дьиэлээбитэ. Дьиэтигэр кэлээт “Юпитер-5” матасыыкылын собуотаттаат, ытын кɵрдүү барбыта. Хатыыга бара суол тɵҥрдүттэн чугас Баhырҕаhы кɵрбүтэ. Ыҥырбытыгар ыта сүүрэн кэлбитэ. Максим матасыыкылын суол кытыытыгар тохтотон, кыычыгырас ыҥыырыттан түhэн, Баhырҕаhы имэрийбитэ: — Баhырҕас, дьиэлиэххэ. Мухтаар кэтэhэр, — диэбитэ. Доҕорун аатын истэн Баhырҕас чɵрбɵс гыммыта, кутуругун ɵссɵ күүскэ куймаҥнаппыта. Баhырҕас ɵр олорботоҕо. Хомойуох иhин, үс сааhын даҕаны туолбакка сылдьан, бу орто дойдуттан күрэммитэ… М. Ксенофонтов
edersaas.ru сайтан