Кэпсээ
Войти
Регистрация
Олох – дьол (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Олох – дьол (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
26.11.2023 00:01
Аайа уһуктаат саҥа күнү уруйдуу, алгыы көрсөр. Киһиэхэ күн сырдыга баҕалаах дииллэрин урут улаханнык суолталаабакка истэр эбит буоллаҕына, билигин эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын бу өйдөбүл күндүтүн, чахчытын билэр. Күн аайы чэгиэн туруктаах уһуктарыттан ис дууһатыттан үөрэн, айыыһыттарын, иэйэхситтэрин, өбүгэлэрин ахтар, ис сүрэҕиттэн махтана саныыр. Сарсыарда аайы саҕахха ойон тахсыбыт күн сырдык саһарҕаларыгар сирэйин тоһуйан чочумча туран ис санаатын иһиллэнэр, өйүн-санаатын сааһылыыр. Бу кэмҥэ олус чуумпу, нуурал… Дууһатыгар сылаас иэйии кутуллар, иһигэр күн уйаланан, бүтүн бэйэтин сылааһынан толорор, оччоҕуна хайдах эрэ ураты дьол сүүрүгэ этигэр-хааныгар биллэр. Бу курдук кини күннээҕи туругар киирэр. Маннык кимтэн да тутулуга суох бэйэтин санаатын сааһылыыр буоларга олох үөрэттэ. Бигэ турук, дьоллонуу – бэйэтигэр буоларын саҥа биллэ. Олороруҥ тухары үөрэнэҕин дииллэрэ сөп даҕаны. “Урут дьолу туора көрдөөн да биэрбит эбиппин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ дьоллонуом, оҕом үөрэҕин туйгуннук түмүктээтэҕинэ – дьоллонуом, үлэбэр ситиһиилэннэхпинэ – дьолу билиэм… Бу курдук наар сыал туруора-туруора дабайыы, ол былааныҥ туоллаҕына биирдэ дуоһуйуу. Онтон атын сыал, үрдэл… Эдэр сылдьан оҕолорум кыра эрдэхтэринэ күн аайы кинилэр улааталларын бэлиэтээн, маҥнайгы тылларын истэн, онтон толору дьоллонон олоруохтаах эбиппин. Хайа баар? Аҕыйах ыйдарыгар үлэбэр тахсыбытым. Ол гынан баран, хамнас наада этэ. Күн аайы ыксалынан оҕо саада, үлэ, киэһэ эмиэ – оҕо саада, дьиэ. Наар тыын быһаҕаһынан олоруу. Онтон оскуолаҕа барыы, ол бэйэтэ — туспа түбүк. Кэлин санаатахпына, эдэр сылдьан дьиэ кэрэгэммин кытта аргыый-наллаан, олохтон дуоһуйан олорбуппун бу диэн өйдөөбөппүн. Өрүү ыксал, тиэтэл үлэ, уоппускаҕа кытта – үлэ. Уолум кыра сылдьан “Маама, кэл, кэпсэтиэх эрэ” диэччи, ону мин олус сылайан, наар “кэлин…” диирим. Билигин уолум миигин кытта кэпсэтэр бириэмэтэ суох”. Аайа дириҥник өрө тыынна. Ол эрээри, кини олоҕор хом санаабат. Арааһа, бэйэтин холобурунан оҕолорун ииппит. Билигин кинилэр бэйэлэрэ эппиэтинэстээх үлэһит дьон. “Мин оҕолорбор көннөрү олоҕу сыаналаан дьоллонуҥ диэн үөрэппэтэх эбиппин. Кимиэхэ даҕаны тугу даҕаны дакаастыы сатыыр наадата суох. Сөбүлүүр идэҕинэн үлэлээ, оччоҕуна биирдэ ситиһии кэлиэ. Үгүс дьон саастарын тухары сөбүлээбэт үлэлэригэр сылдьаллар. Хаарыан бириэмэлэрин таах сиэтэллэр. Олох биирдэ бэриллэр эбээт. Туохха дьоҕурдааххынан үлэлээтэххинэ биирдэ табыллыы баар. Оттон үлэҥ чааһын эрэ ааҕа, аат эрэ харата үлэлээһин олоххун күдэҥҥэ ыытыыга тэҥнээх. Эдэр, доруобай эр дьон салгына суох кабинекка тууйуллан олороохтууллар. Киһи аһынар. Эдэр саастара начаас элэстэнэн ааһыа. Дьолу биллибит диэхтэрэ дуо кэлин?” Дьол диэн олох бэйэтэ эбит. Олус судургу эрээри уустук. Туох да диэбит иһин, киһи олоҕор сааһын ситтэҕинэ араас түмүккэ кэлэр. Билигин кини бу санаатын оҕолоругар соҥноотоҕуна ылыналлара биллибэт ээ. Дьиҥэр, кини даҕаны улахан охсууну ылан, бу курдук санааҕа кэллэҕэ. Ол түбэлтэ сааскы ылааҥы күн буолбута… Аайа уоппускатын күннэрин туһалаахтык атаара сатыы сылдьар кэмэ. Айантан кэлэн баран биир нэдиэлэ устата дьиэтин сууйбута-тараабыта, туох баар иһитин-хомуоһун, таҥаһын-сабын хомуйбута. Үлэҕэ тахсыар диэри өссө биир нэдиэлэ баара. Ону таах атаарбакка, туох эмит дьыаланан дьарыктаммыт киһи дии саныы сылдьан, биир сонуннар сайтарыгар киирэн медицинскэй страховкалаах дьону босхо битэмииннэринэн укуоллуубут диэн ис хоһоонноох биллэриини түбэһэ түһэн аахпыта. Тута рекламаҕа ыйыллыбыт чааһынай клиникаҕа төлөпүөннээн суруттарбыта. Сааскы күн сардаҥаларынан ыһыахтанан күлүмүрдээн ахан турар сырдык күн үөрэн-көтөн, туох да хос санаата суох клиникаҕа тиийбитэ. Чааһынай тэрилтэ манан үчүгэй. Киһи аҕыйах, кэллиҥ даҕаны эйигин эрэ күүппүт курдук көрсөллөр. Сонун гардеробка туттаран, бахила кэтэн баран күнүскү стационарга тиийбитэ. Бастаан укуол ылан баран системаҕа сытыахтаах. Укуол биэрэр хоско сылайбыт дуу, сүрэҕэлдьээбит дуу көрүҥнээх орто саастаах суон сиэстэрэ баар. Дьүһүнэ Инна Чурикова эдэр сылдьан оонньообут остуоруйатыгар баар кыыска майгынныыр. Айаҕар толору астаах курдук саҥарар. Аайа укуолун ылаары бэлэмнэннэ, сиэстэрэ холус баҕайытык эмтээх шприһин биирдэ анньан кэбистэ. “Битэмиин укуолу итинник түргэнник бэриллибэт”, — дии санаата, ол икки ардыгар, доҕоор, хантан кэлбитэ биллибэккэ бүтүн бэйэтин сып-сылаас сүүрээн толорон кэбистэ, тыына хаайтарда, ыгылынна. — Уой, кыайан тыыммын ылбаппын, туох эрэ буоллум! Бырааста ыҥыр! Атахтара биирдэ баата курдук буолан, охто сыста. Аттыгар турар кушеткаҕа нэһиилэ олордо. Ол тухары тыынын ыла сатыыр даҕаны салгыны кыайан эҕирийбэт. Сиэстэрэ соттор ылан баран сирэйин сапсый да сапсый буолла. Аайа биир кэм эп-эппэҥнэс, сотору илиитэ, атаҕа хамсаабат буолла, саҥара сатаата да тыла айаҕар баппат курдук үллэн хаалла. “Скорайда, скорайда…” — дии сатыыр. Олох куһаҕан буолаары гыммытыгар биирдэ сиэстэрэ быраастары ыҥырда. Сотору быраастар сүүрэн кэлэн, дабылыанньатын кэмнээтилэр, тымырыгар укуоллары биэрдилэр, система аҕалан туруордулар… Аайа буоллаҕына өйбүн эрэ сүтэрбэтэрбин дии саныыр, тыына сатыыр. Туох баар тымырдара бары үттү күүрэн, субу тэстиэх курдуктар. Айа да! Ыстаанын тимэҕин тоҕо да сүөрбэттэрэ буолуой! Этэ-сиинэ буоллаҕына туора киһи киэнин курдук, илиитин да, атаҕын да кыайан хамсаппат. —Айыыһыттарым, иэйиэхситтэрим, бэттэх буолуҥ даа! Быыһааҥ-абырааҥ! Ама, бу мин манныкка тиийдим дуо? Хайдах?! Олоҕум бүтэр уһуга бу дуо?! Суох, суох! Оо, эчи эрдэтиин! Оҕолорбун атахтарыгар туруора иликпин, олоҕум сүрүн, улахан дьыалатын оҥоро иликпин! Билигин өлөн хааллахпына дьонум хайдах бэйэлэрэ олороллор?! Оо, Айыым-таҥарам! Быһаа даа! —Утуйума! Утуйума! – дии-дии биир саастаах быраас дьахтар сирэйин өҥөйөр. Аайа санаатыгар олус уһуннук олох иһин охсуста. Тыын былдьаспакка, уоскулаҥнык, аа-дьуо тыынар диэн дьиҥ дьол эбит. Уоскулаҥ киирдэҕинэ, “һуу” диир, онтон эмиэ тымырдара ыгыллан, хараҕа хараҥаран, тыына кылгаан барар. Бу курдук төһө уһуннук сыппытын билбэт. Сыыйа арыый кэҥэтэн, чуумпутук тыынар буолан барбытыгар быраастар хайдах сүүрэн киирбиттэрин курдук тарҕаспыттара. Тугу да эппэккэ. Кэпсэтиилэриттэн иһиттэҕинэ гормон биэрэн быыһаатылар быһыылаах. Аайа буоллаҕына биир кэм айыыһыттарыгар махтанар. Былыр барбыт аҕатын элбэхтик аҕынна. Онтон өйдөөн тула көрбүтэ палатаҕа атын дьон бааллар эбит, кини диэки куттаммыттыы көрөллөр. Аайа уоскуйбутун кэннэ били укуоллаан “абыраабыт” сиэстэрэтэ кэлэн системаны араарда, илиитин биинтэлээтэ. Биир тыла суох. Кини даҕаны аахсар сэниэтэ суох. Хата быыһанным! Аайа аа-дьуо турда, мэйиитэ эргийэр эбит. Ол эрээри, аны бу дойдуга биир да мүнүүтэ хаалыан баҕарбакка, истиэнэттэн тутуһан бытааннык хааман таҕыста. Маҥнайгы этээс фойетыгар турар дьыбааҥҥа олорон, такси ыҥырда. Кинини ким эрэ ылан дэлби сахсыйан, тэбээн кэбиспит курдук. Массыыната кэлбитигэр аа-дьуо тахсан барда… Аайа ол клиниканы кытта сууттаһа барбатаҕа. Хантан кырдьыгын булаары, ньиэрбэтин эрэ сиэтиэ. Онто да суох, ол укуол кэнниттэн доруобуйата айгыраата. Дабылыанньа диэн тугун билэр буолла. Арай ол күнтэн ыла кини олоҕу уустугурдубат. Наһаа былааннаабат, ыксаабат. Олоххо чэпчэкитик сыһыаннаһар буолла. Эн бу дойдуга ыалдьыккын. Бүгүн — бааргын, сарсын – суох. Күн аайы “Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!” — диир. Кылгас олоххо быстахха, мөкүгэ, суолтата суохха хаарыан кэмин бараабакка, үтүөҕэ тардыһар. Олох, кырдьыга даҕаны, — дьол. Санааттан санаа. Кэлин ким тугунан тыынара, хайдах-туох олохтооҕо, таһыма аһаҕас эйгэҕэ таҕыста. Социальнай ситимҥэ баар буоллаххына – толору олохтоох курдуккун. Дьон олоҕун оҥкула уларыйда, биирдэ ытылла түстэ. Аайа эмиэ син атыттар курдук Инстаграмҥа, Фейсбукка бэлиэтэнэн, олоҕор буолбуту, күннээҕитин таһаарар этэ. Атыттар тугу аһаан-таҥнан, ханна баран-кэлэн эрэллэр эбит диэн, сарсыарда турда даҕаны төлөпүөнүн үрдүгэр түһэрэ. Гаджетын илиитигэр ылыа эрэ кэрэх, күнэ-дьыла күлүмнэнэн ааһа охсубутун билиминэ хаалара. Ол кэнниттэн, кыл түгэн сыыһа-халты суунан-тараанан, сиирэ-халты аһаат үлэтигэр тэбинэрэ. Тохтуу түстэ да илиитэ төлөпүөнүн ылбыта эрэ баар буолара. Уонна биир кэм туора дьон дьиҥнээх дуу, сымыйа дуу олохторун күдээринэ көрүү. Туораттан көрдөххө дьон тобус-толору дьоллоохтор, ситиһии көтөл бөҕөлөрө. Аны бары биир киһи курдук бу муударайдарын! Хайдах сөптөөхтүк олорору кинилэр эндэппэккэ билэллэр! Оччо улахан уопуттаах бэйэкэлэрэ. Өйгө-санааҕа тугу да эппэт, төттөрүтүн тоҕо эрэ киһи сэниэтин супту оборон ылар курдук ситими олоҕун атыннык ылынар буолуоҕуттан итэҕэйбэт. Төһөнөн элбэхтик онно киирэн олорор да, оччонон дөйүөрбүт курдук буолар. Туохха да наадата суох бириэмэни эрэ сиир хабалаттан сыыйа таҕыста. Һуу.. Урут өйө-санаата хайдах гынан табыгастаахтык туора дьоҥҥо көстүбүт киһи диэн эбит буоллаҕына, билигин – бэйэтин баһын бас билэр. Күннэр-дьыллар бэлэхтиир, хатыламмат дьоллоох түгэннэрин таба көрөн, онтон дуоһуйан, ис иһиттэн чахчы астынан, өйө-санаата уоскуйан олорор диэн тугун билэ сылдьар. Оннук кубулҕата суох, истиҥ дьоннуун алтыһа сатыыр буолла. Тас дуйга охтубуттары, кэмпиэт суутугар суудайбыттары кытта бириэмэтин барыыр санаата суох. Кини олоҕо биир, сүрэ эмиэ биир олоххо кэмнэннэҕэ. Онтун дьалкыппат. Айталина Никифорова — Айталы Кэпсээн ааптар “Көрүнньүк олох көлдьүнэ” кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан