Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Тыгын Дархан» киинэ кэннэ санаалар (ырытыы)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Тыгын Дархан» киинэ кэннэ санаалар (ырытыы)
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.11.2020 15:32
Киинэ туһунан тус санааларбын суруйуох иннинэ киинэҕэ матырыйаал буолбут Василий Семенович Яковлев-Далан «Тулаайах оҕо» (1983), «Тыгын Дархан» (1993) арамааннарын сүрүн идиэйэлэрин, уобарас тиһигин кыратык ырытан ыларым ордук буолуо дии саныыбын. Тыгын Дархан – саха норуотун төрүттэниитин кэминээҕи Омоҕой, Эллэй уобарастарын тэҥэ ахтыллар норуот номоҕор сүрүн уобарас. Маныаха архетип диэн өйдөбүлү бэлиэтээн ылар сөп. Архетип (үйэлээх былыргы уобарастар диэххэ сөп) диэн аан дойду араас омугар итэҕэлиттэн, сааһыттан, олорор сириттэн-уотуттан тутулуга суох биирдик ахтыллар уобарастар, сюжеттар, матыыптар буолаллар. Ол сюжеттар, уобарастар Тыгын туһунан норуот сэһэнигэр эмиэ ыйдаҥаран көстөллөр. Саха номоҕун дьоруойдара аан дойду култууратыгар ахтыллар дьоруойдарга уруулуу уобарас буолан, үйэлээх уобарастарга хабаатталлар. Холобура, аан дойду бүттүүнүн култууратыгар уһулуччу суолталаах былыргы грек миифтэригэр айанньыт дьоруой (герой пути) уобараһын көрүөххэ. Геракл, Персей, Тесей, Прометей, Ясон уобарастара киһи олохтоммут бэрээдэги утары барыытын, тутулуга суох санаатын, сайдыытын, хааччаҕы төлө көтүүтүн бэлиэтииллэр. Кинилэр кэриэтэ Эллэй саха култууратыгар бэлиэ суолталаах култуурунай дьоруой буолан, олохтоммут эргэ бэрээдэги (Омоҕойу) утаран, саҥа эйгэни үөскэтэр. Эллэй кэнниттэн или-эйэни, бэрээдэги тэрийээччи Тыгын уобараһа эмиэ саха дьонугар айанньыт уобарас быһыытынан сыаналанар. В.С.Яковлев-Далан арамаанын атын да дьоруойдара, Ньырбачаан, Туоҕа Баатыр, Даҕанча, Тыаһааны о.д.а. айан идеятын илдьэ сылдьар дьоруойдар. Үгүс миифкэ биллэр, тарҕаммыт матыып, аҕа уолун өлөрүүтэ (мотив сыноубийства) Фрезер, Кемпбелл, Фрейд, Юнг чинчийиилэригэр ырытыллар. Бу матыып грек мифологиятыгар былааһын былдьатымаары оҕолорун сиир Хронос (Сатурн) уобараһыгар сыһыаннаан арыллар. Омук национальнай хартыынатыгар космос (бэрээдэк) уонна хаос (ыһыллыы) утарсыыта бу матыып нөҥүө сэһэргэнэр. Тыгын уолун Кэрэмэс тыыныгар туруутун кытта биир ис хоһоонноох бу матыып олохтоммут бэрээдэги харыстааһын курдук өйдөнөр. Аны биир чаҕылхай уобарас – Таас Уллуҥах эбэтэр Кэрэмэс – туһунан. Кини номоххо киирбит атын аата – Муос уол. Бу персонаж сюжета эмиэ былыргы миифкэ бэккэ биллэр Ахиллес устуоруйатыгар атылыы. Ийэтэ оҕотун уллуҥаҕыттан тутан туран, Стикс өрүс уутугар уган ылбытын түмүгэр батыйаҕа, үҥүүгэ бэриммэт кытаанах, муос курдук эттэммит Ахиллес саамай уйан сирэ уллуҥаҕа (тилэҕэ) буолбуттааҕын билэбит. Тыгын уола Таас Уллуҥах, бэрт үтүө ыччат, өйүнэн-санаатынан аҕатыттан таһыччы турарын, уонна биир дьикти уратыта диэн, кини этэ-сиинэ муос курдук кытаанаҕын номохтор сэһэргииллэр. Аны кэргэни күрэтии матыыбын көрүөҕүҥ. Мунньан Дархан кэргэнин тоҥус хоһууна дьиэтиттэн уоран илдьэ барбытын, онтон дьахтар хат сылдьарын билэн баран аара суолга хаалларбытын билэбит. Эккирэтэн тиийбит Мунньан Дархан оһоҕостоох ойоҕун (ол оҕо күн сирин көрөн Тыгын Дархан буолуохтаах) булан аҕалар. Бу монголларга Чингисхан кэргэнэ Бөртэни, хат дьахтары, өстөөхтөрүттэн булан аҕаларын кытта ханыылыы матыып буолар. Үөрэхтээхтэр киһи аан дойдуну, тулалыыр көстүүнү икки утары өрүт (оппозиция) тиһигин нөҥүө сыаналыыр дииллэр. Ол курдук Далан «Тулаайах оҕо» арамааныгар Бүтэй Бүлүү ыраах, хараҥа, түҥкэтэх, хаос
эйгэтин курдук ойууланар, бэйэ-бэйэлэрин кытта кыргыһар биис уустар дьылҕаларын көрдөрөргө фон буолар. Бүтэй Бүлүүгэ Улуу Туймаада аһаҕас, сырдык, бэрээдэктэммит эйгэтэ утары турар. Манна Или тэрийэ сатыыр сырдык сыаллаах Тыгын уобараһа аҕатын Мунньан Дархан кэнниттэн түмээччи, бэрээдэги олохтооччу, мунньааччы быһыытынан сырдатыллар. Аны иккис арамаан бүтүүтүгэр Бүтэй Бүлүү Туймаада эбэҕэ утары суолталанан, Ньырбачааҥҥа уонна кини үс уолугар аны быыһаныыны булар, бүтэй, харысхаллаах сир өйдөбүллэнэ түһэр. Уҥа — хаҥас, үөһэ — аллара, бүтэй — аһаҕас, ыраах — чугас, халлаан — сир уо.д.а. кэккэтиттэн бинарнай (икки өрүттээх) архетип (М.С. Уваров терминэ) үөскүүр. Иисус – Иуда, Моцарт – Сальери уо.д.а. утарсыыларыгар үтүө санаа уонна мөкү санаа конфлигын көрөбүт. Норуот номоҕор Тыгын Дархан уонна Лөгөй Тойон (биирдиилээн дьиҥ чахчы реальнай дьон курдук өйдөммөккө эрэ!) ити утарсыыны (конфлигы) бэлиэтиир уобарастар буолан, уҥа — хаҥас, аннараа эҥэр — бэтэрээ эҥэр, олох — өлүү, эргэ — саҥа хаһан да намыраабат мөккүөрүн көрдөрөллөр. Айымньыга конфликт баар буолуохтаах, конфликт сүрүн дьоруой идеятын күүһүрдэр. Тыгыҥҥа сиэркилэ курдук утары турар Лөгөй уобараһа хайаан да наадата өйдөнөр. Онон аан дойдуга уһулуччулаах уобарастар кэккэлэригэр биир ханыылыы архетипическай матыып, сюжет көстөрө олус интэриэһинэй уонна умсугутуулаах. Чулуу дьон уобараһа омугуттан, култууратыттан тутулуга суох үрдүккэ, сырдыкка сирдиир, түмэр ис хоһоонноохторун бигэргэтэр. Этэн аһарбыппыт курдук, бу уобарастарга сыһыаннаан айан символа киэҥник туттуллар. Саха култууратыгар айан өйдөбүлэ икки хайысхалаах. Бастатан туран, айан суола икки сытыары географическай эйгэни холбуур, ситимниир. Айан идеята ыллык, суол, аартык уобарастарыгар арыллар. «Тулаайах оҕо» арамааҥҥа хас биирдии персонаж бэйэтэ талбыт суоллаах. Тулаайах Ньырбачааны Бүтэй Бүлүүттэн Туймаада хочотугар аҕалбыт улуу айан суола – өрүс – быыһаныы суолун курдук көстөр. Аны арамаан атын дьоруойа Туоҕа Баатыр эмиэ, саҥа сир көрдөөн, өлүүттэн быыһанаары Бүлүүгэ сирдиир айан аартыгын – олох суолун – тутар. Оттон Даҕанча хааннаах илкээни (кровавая метка) ыйыытын батыһан, өс-хаан ситиһээри иэстэбил – өлүү суолун – талар. Иккис хайысха – халлааҥҥа тардыһар вертикальнай туруору айан. “Тыгын Дархан” арамаан саҕаланыытыгар (киинэҕэ эмиэ) Туймаада баһылыга Мунньан Дархан өбүгэлэрин дойдутугар аттаныыта көстөр. Кини Тоҕой Тумул үрдүгэр турбут араҥаһа эмиэ туруору хайысханы, халлааҥҥа, Ытык Үтүгэҥҥэ талаһар айан суолун көрдөрөр. Бакамда оҕонньору (“Тулаайах оҕо” арамаан) сиэнэ Даҕанча өбүгэлэрэ туматтар булгуруйбат үгэстэрин тутуһан, өлөрөн баран уматан кэбиһэр. Халлааҥҥа харбаспыт буруону кытта Бакамда өбүгэлэрин дойдутугар айанныыр. Тыаһааны удаҕан Чочур Мыраан үрдүттэн дьабыныгар турбутунан көтүүтэ эмиэ айан барыйаана буолар. Дьоруой өлүүтэ үйэлэргэ норуот өйүгэр-санаатыгар хаалыыны эбэтэр умнуллууну, симэлийиини бэлиэтиир. Хас биирдии персонаж айымньыга туспа суолталаах. Холобура, “Тулаайах оҕо” арамааҥҥа Даҕанча сюжетнай линията кэлин сүтэн хаалара өйдөммөт, бу арамаан табыллыбатах өрүтэ диэн кириитиктэр сыаналыыллар этэ. Тумат омук
бэрэстэбиитэлэ Даҕанча аҕатын өлөрбүт өстөөхтөрүттэн иэстэһэр санаалаах сонор, өс-саас, кыргыс суолугар турунар. Үгүс ахсааннаах тумат омук туман буолан симэлийиитинэн холобурдаан, суруйааччы сэрии, өлөрсүү суолун талбыт омук эстэр суолга үктэнэр диэн идиэйэни этэр. Онон төттөрүтүн В.С. Яковлев-Далан тумат уола Даҕанча суола туман буолан сүтүүтүн омук симэлийиитин кыһалҕатын кытта бэрт логичнайдык, табыгастаахтык ситимнээбит дии саныыбын. Чулуу киһи уобараһа интэриэһи, мөккүөрү куруук үөскэтэр, тардар. Чингисхан, Илиир Хоруол о.д.а. уобарастарын киинэҕэ, тыйаатырга сырдатарга элбэх бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат уобарас айылынна, трактовка оҥоһулунна. Никита Аржаков Тыгын Дархана режиссер ураты көрүүтүнэн эмиэ сонун уобарас буолбут. Далан арамааныгар Тыгын Дархан толкуйдуур-анаарар дьоруой (мыслящий герой) эрээри, кини номоххо хоһулларын курдук, суостаах киһи. Этэргэ дылы, кини бэйэтинэн саа-саадах тутан сэриилэспэт, соҕотохтуу муммат-тэммэт, сатыы хаампат, атаҕа да илийбэт, боотурдарын хааннаах сырыыларыгар дьаһал эрэ биэрэр суоһар киһи. Тыгын Дархан монументальнай баараҕай фигурата Н. Аржаков киинэтигэр норуокка чугаһытыллан, “эттэнэн-сииннэнэн” ойууламмыт. Ол да иһин киинэ былаһын тухары Тыгын Дархан араас мүччүргэннээх сырыыга, охсуһууга бэйэтинэн киирэр, бааһырар, билиэн да түбэһэр. Маннык эбии сюжеты айан, ситэрэн-хоторон, айымньы тиэкиһиттэн «халыйара» режиссер тус уус-уран соруктарыттан тутулуктаах буоллаҕа. Киинэ бэйэтэ ураты айымньы курдук сыаналанарын билэбит. Бастатан туран, Никита Аржаков Тыгына төһө да Далан айымньытыттан “төрөөн” таҕыстар, атын үйэҕэ айыллыбыт уобарас буолар. Ону тэҥэ киинэ жанр быһыытынан уратыта, киинэ сокуона да Тыгын уобараһа кинигэҕэ, философскай хабааннаах историческай арамааҥҥа, көстөрүнээҕэр атыннык көстөрүн, уларыйарын ирдиир. Тыгын Дархан уобараһын киинэҕэ аан бастаан сырдатылларын быһыытынан дьоҥҥо тута өйдөнөн хаалар, сөбүлэтэр, чаҕылхайдык киллэрэр соругу тутуһар. Ол да иһин режиссер Далан Тыгыныттан арыый атын, сонун Тыгыны билиһиннэрдэ. Тыгын Или (государствоны, түмсүүнү) тэрийэр уустук соругу туруоруммут салайааччы эрэ буолбакка, бэйэбит курдук мөлтөөн ылар да түгэннэрдээх, дьиҥ киһи, инчэҕэй эттээх, айманар дууһалаах, хотторор абатын билэр, бааһырар, хараастар, санаарҕыыр, аһынар уйулҕалаах буолан көһүннэ. Таптыыр кэргэн, оҕолорун туһугар долгуйар аҕа, эһэ быһыытынан эмиэ сырдатылынна. Тута сөбүлэтэр соруктаах айыллыбыт бу уобарас охсуһуу бары мөккүөнүн ааһар – бааһыран ылар, ууга тимирэр, хайаттан суулла сыһар, сатыы хаамар, тоҥор-хатар, кытаанах туруулаһыыны ааһар. Манна даҕатан эттэххэ, инициация (тургутуу) диэн миифкэ, остуоруйаҕа бэккэ биллэр сүрүн матыып буолар. Н. Аржаков Тыгына тургутууну балачча балысхан сюжеттарга итэҕэтиилээхтик туоруур. Иккиһинэн, кыбыстыбакка эттэххэ, аныгы көрөөччү литератураттан ырааҕын, арҕааҥҥы киинэлэргэ үөрэммит таһымын учуоттаан, режиссер экшн оҥорон, кыргыс кэминээҕи олоҕу мүччүргэннээх сырыыга кубулутан устубута туспа табыгастаах ньыма буолуон сөп дии саныыбын. Режиссер оннук гынан Тыгын уобараһын Голливуд эстетикатыгар үөрэммит эдэр көлүөнэ көрөөччүгэ балайда чугаһатар. Кини уобараһын Ньургун Бэчигэн, сахаҕа көстөр дьүһүнүнэн хайҕатар, куоластыын, ураты харизматынан кэрэхсэтэр эдэр артыыс оонньоото уонна оруолун кыайда дии саныыбын. Манна артыыс арамааҥҥа ойууланар Тыгын сааһыттан арыый эдэрэ, арыый
сымнаҕас көрүҥнээҕэ да сөпкө дылы буолар. Кытаанах, дьэбир көрүҥнээх аҕа саастаах артыыс Аржаков Тыгынын мүччүргэннээх сырыыларыгар олуонатык көстүө эбитэ буолуо. Үгүс көрөөччү киинэҕэ Саха сирин айылҕатын кэрэ көстүүтүн бэлиэтии көрбүт. Бу туспа уус-уран ньыма буолан, Тыгын уобараһын арыйарга көмөлөһөр – Саха сирин айылҕата, Өлүөнэ очуостара, ыраас хаара, улуукан Өлүөнэ эбэбит, Киһилээх таастара метафораҕа кубулуйаллар. Норуотун биир сомоҕо түмэр үрдүк сыалы туруоруммут Тыгын сөптөөх быһаарыныыны көрдүүр мучумаанын, мунаарыытын өрүс биир кытылыттан бииригэр тиксэ сатыыр айана бэлиэтиир. Хаар куйаарга сатыы хаамыы эмиэ саарбахтааһын, ис мөккүөр бэлиэтэ буолан, дьоруой тургутуутун күүһүрдэр. Саха сирин хабыллар хаба ортотунан устар Өлүөнэ эбэ чэрчи, ии, кыраныысса суолталанан, бэйэ киэнэ (свой) уонна туора (чужой) үйэлээх мөккүөрүн, Илин уонна Арҕаа хаһан да ыксаласпат утарсыытын бэлиэтиир. Хаҥаластар баһылыктарын сүрүн сыала, ыра санаата Өлүөнэ очуостарын курдук үрдүк. Тыаһааны удаҕан дьабыныгар көтүүтэ киинэҕэ сөп түбэһиннэрэн, арамаан матырыйаалыттан бэрт табыгастаахтык уларытыллыбыт. Чочур Мыраан үрдүттэн турбутунан халлааҥҥа көппүтүн туһунан сюжет уларыйан, удаҕан Өлүөнэ очуостарын үрдүнэн хотой кыыл буолан көттө. Бу аньыылаах-харалаах орто дойду олоҕуттан көҥүлгэ көппүт, көҥүл тыыннаммыт кыргыс кэмин сиэртибэтэ Тыаһааны өлүү нөҥүө быыһаныыны булбута олох уонна өлүү, үрүҥ уонна хара, сэрии уонна эйэ алтыһыытын бэрт чуолкайдык көрдөрөр. Тыгын Дархан саамай уустук кэмигэр, айымньы кульминациятыгар Киһилээх хайаларын улуукан хартыыната көстөр. Киһилээх Саха сирин топографиятыгар мэҥэ өйдөбүл, өбүгэ бэлиэтэ буоларын билэбит. Онон бу хартыына биһиэхэ мэҥэ өйдөбүл буолан хаалбыт өбүгэлэрбитигэр болҕомто наадатын өссө биирдэ санатта. Киинэ уопсай киһи-аймах сыаннастарын арыйар ис хоһоонугар доҕуһуол буолбут классическай муусука, мин саныахпар, олус сөпкө туттулунна. Тыгын Дархан бу киинэҕэ норуот инникитин туһугар дууһатынан ыалдьар, норуотугар чугас уонна сэмэй уобарас буолан көһүннэ. Ол да иһин кини киинэ түмүгэр норуотун кытта биир түһүлгэҕэ туран хаалла. Кээмэйинэн улахан, туруорар кыһалҕата киэҥ, оонньуур персонаһа үгүс айымньы уус-уран киинэ оҥорон таһаарарга уустук матырыйаал буолара өйдөнөр. Ол да иһин киинэни көрөн олордоххо кыралаан быһаҕас-итэҕэс көстөр. Сюжеты ыгыы-ыксатыы (холобура, ыһыах кэмигэр эмискэччи Мунньан Дархан өлүүтэ), дьоруойдар сотору-сотору мүччүргэннэх түгэннэргэ түбэһэ охсоллоро харахха быраҕыллар. Маны тэҥэ (монтаж мөлтөҕүттэн буолуо) биир быһылаан кэннэ тута иккис быһыы-майгы буола охсоро, персонажтар эмискэччи көстөн кэлэллэрэ өйдөммөт. Артыыстары талыы киинэ сатамньылаах көстүүтүн улаханын быһаарар. Оруоллары толоруу таһыма киинэҕэ араас. Сүрүн оруолу толорооччу Ньургун Бэчигэнтэн, Айталина Лаверноваттан, Лөгөй көмөлөһөөччүтүн оонньообут артыыстан (хомойуох иһин, аатын билбэппин) ураты артыыстар соччо итэҕэтиитэ суох оонньууларын бэлиэтиэххэ сөп. Норуот номоҕор киирбит Кэрэмэс, Лөгөй, Майаҕатта Бэрт Хара, Айталы Куо, Ньырбачаан, Тыаһааны, Тыгын уолаттара Бөдьөкөлөөх Чаллаайы бары да саха дьонун уос номоҕор киирбит бэйэтэ устуоруйалаах дьон, кэрэхсэбиллээх уобарастар. Онон кинилэр хас биирдиилэрин устуоруйатын арыйар туспа киинэ айыллыан да сөп
курдук. Холобура, киинэҕэ соччо табыллыбатах Майаҕатта персонаһыгар тохтуохха. Кини киэҥ-куоҥ көҕүстээх дьиҥ саха эр киһитэ, Саха сирин бүтүннүүтүгэр кистэлэҥ күүстээҕинэн аатырар, суон сураҕырар эрээри, күүһүнэн өҥнүбэт, өттөйбөт, төттөрүтүн киэҥ-холку майгытынан биһирэтэр. Онон кини, дьиҥэ, хайа да персонажтааҕар ордуктук эйэ идеятын илдьэ сылдьар чаҕылхай уобарас буолар. Майаҕатта Туймаада ыһыаҕар атах-илии оонньуутугар кыайбытын, Тыгын мааны кыыһын Айталыны «сыһыыттан сылгылаан» илдьэ барбытын билэбит. Киинэҕэ бу уобарас ситэ-хото кэрэхсэбиллээхтик арыллыбата. Майаҕатта персонаһыгар эр киһи тас көрүҥүн, киһи этин-сиинин ойуулуур норуот эстетикатын арыйан көрдөрүөххэ сөп этэ (ыһыахха сөп түбэһиннэрэн). Фольклорга киһи этин-сиинин көстүүтүгэр сүрүн суолта биэрэллэр, олоҥхо тиэкиһигэр сир-дойду, дьиэ-уот ойуулааһынын кэннэ бухатыыр тас көрүҥүн, быыппастар былчыҥын, дараҕар сарынын, биэкэйэр биилин, дьороҕор сототун ымпыктаан туран ойуулууллар. Эт-сиин диэн сахаҕа киин өйдөбүллээх – ийэ куту, салгын куту тэҥэ буор кут сүрүн суолталаах. Майаҕатта аарыма көрүҥэ, бөдөҥө, күүһэ-уоҕа, быыппастар былчыҥа сөхтөрөр, дьулатар. Ол эрээри кини уобараһыгар күүс-уох алдьатар, өлөрөр-өһөрөр өрүтэ буолбакка, эйэлээх олоххо баҕа, үлэҕэ-хамнаска дьулуур сырдатыллар. Онон кини персонаһа Кэрэмэһи, Тыаһааныны, Ньырбачааны кытта тэҥҥэ кыргыһары утарар, эйэлээх ньир-бааччы олоҕу ордорор персонажтар кэккэлэригэр киирэр. Ньырбачаан персонаһыгар ийэ уобараһа, Аабый Дарханынан эрэллээх кэргэн уобараһа, Айталы Куоҕа тапталлаах кыыс оҕо типическай уобарастара түмүллэн көһүннүлэр. Дьахтар артыыстар биир тииптээх сирэйдээхтэрин, онон айымньыны аахпатах киһи буккуйа да көрүөн сөптөөҕүн көрөөччүлэр бэлиэтииллэр. Ол, мин санаабар, дьүһүннэриттэн эрэ буолбакка, бу персонажтар оруолларыгар иҥэн-тоҥон ураты болҕомто ууруллубатаҕыттан, индивидуальность суоҕуттан төрүөттээх. Биллэн турар, хас биирдии дьоруойга икки чаастаах киинэ устатыгар болҕомто уурбаккын. Ол эрэн норуокка номох буолбут баараҕай личностары сырдатарга ордук күүстээх болҕомто уонна харыстабыллаах ураты сыһыан баар буолуохтаах. Номох хас биирдии персонаһыгар норуот ытык, харыс сыһыаннаах буолан, көрөөччү кыра да итэҕэһи ылыныан баҕарбат. Никита Аржаков «Тыгын Дархана» саха киинэтин устуоруйатыгар бэлиэ суолталаах, саҥа жанры, тиэмэни, уобарас тиһигин, саҥа аартыгы арыйбыт чаҕылхай киинэ быһыытынан сыаналаныа. Литератураны таптыыр, саха тылын туһугар сүрэхпинэн ыалдьар көрөөччү быһыытынан хайҕал, махтал тылларын этэбин. Киинэ матырыйаала буолуон сөптөөх историческай матырыйаал өссө да үгүс, мүччүргэннээх сюжет, таптал линията, мистикалаах түгэннэр арамааҥҥа хара баһаамнар. Киһини үлүһүтэр, умсугутар кистэлэҥнээх персонаж айымньыга олус элбэх. Онон Никита Аржаков үтүө холобурун батыһан, далааһыннаах көрүүлээх Далан байҕал курдук дириҥ арамааныгар умсугуйуоҕуҥ, өссө биирдэ эргиллэн ааҕыахха, сыаналыахха. Кыымтан кыым, иэйииттэн иэйии саҕыллан, маннык үрдүк таһымнаах саҥаттан саҥа айымньы айыллан истин. Тыгын Дархан уһулуччулаах кэмэ, история кэрэ номоҕо, кэрэхсэбиллээх дьоруойдар өссө да үгүс дьон, сырдык санаалаах, ыраас идиэйэлээх ыччат дьон өйүн өрүкүтүө, долгутуо турдахтара. Никита Аржаков ааны арыйда, идиэйэни уматта, онон Тыгын үйэтин таабырынын өссө даа таайыахпыт диэн эрэнэбит. Хас биирдии саха бэйэтэ Тыгыннаах: суостаах боотур, кырыктаах буойун, киэҥ көрүүлээх
аҕа баһылык, мындыр киһи, амарах аҕа-эһэ. Ол эрэн барыбытыгар Тыгын Дархан Или, түмсүүнү тэрийэ сатаабыт саха саарынын быһыытынан аата үйэлэргэ ааттана турдун. Саргылана Ноева, филологическай наука хандьыдаата, литературовед.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан