Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Лиисэ — Илииһэ

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Лиисэ — Илииһэ

K
edersaas.ru Категорията суох
25.11.2023 00:01
…Киирээт да, Лиисэни булан, палубаҕа көрүстэ. Лиисэ күлэ түстэ. «Хайа, эн манна баар эбиккин дуу, оттон борокуокка киирэн эрэриҥ дии», — диэбитигэр уол мух-мах барда, онтон биирдэ эр санаатын киллэрэн, бэйэтэ да сөҕүөн иһин, оонньуу-күлэ этэн кэбистэ: — Ээ, мин ханна баҕарар баарбын. Абааһы киһи буоллаҕым дии. Кыыс сөхпүттүү төгүрүччү көрдө. Онуоха Вася иһигэр киирбит, иккис Вася: «Чэ, кытаат, маладьыас!» — диэн тэптэрэн биэрэр курдук. Ол иһин иккис Вася: «Нынче здесь, завтра там…» — диэн ыллаан ылла. Мантан инньэ Васябыт “икки” буолла. Иһинээҕи Вася дьадаҥытыттан кыбыстар. Дьиҥэр, кини дьиҥнээх дьадаҥы. Аҕата кини кыратыгар сэриигэ өлбүтэ. Ийэтэ эрэйдээх остуорастаан үс оҕону, хотуна эмээхсини иитэр. Таһынааҕы Вася ону кистиир, кэпсээбэт. Лиисэлиин элбэхтик кэпсэтэр, палубаҕа өр сэргэ олорор. Вася улам үөрэнэн эр ылан сытыытык саҥарталыыр буолла. Ол эрээри сарсыныгар олус аччыктаата, аанньа утуйбатаҕа өтөн адьас мөлтөөн барда. Бөөлүүн хойукка диэри Лиисэлиин палубаҕа олорбута. Олус үчүгэйдик эйэргэһэ кэпсэппиттэрэ. Онтон кыыс: «Олус хойутаатым, эдьиийим мөҕүө», — диэн аллараа киирбитэ. Вася эмиэ утуйбакка илэ сырытта. Сарсынын күнүһүгэр эрэ биир уол оннугар барбах утуйа түстэ. Уһуктаат, Лиисэни палубаттан булан ылла. Эмиэ үөрэ көрүстүлэр. Кыыс бүгүн тугу да ыйыппата. Көннөрү күлэн-үөрэн мичилийэр, сирэйигэр түһэр баттаҕын нарын илиилэринэн силэйтэлээн кэбиһэр. Бүгүн биллэ-биллибэт сибэкки ойуулаах сырдык былааччыйаны кэппит, синньигэс биилинэн курдаммыт. Вася кыыс биилэ синньигэһин, бэйэтэ дьарамайын, быһыыта-тутуута тупсаҕайын саҥа көрбүт курдук, хараҕынан таптыы көрөр, санаатынан кумааҕыга нарынтан нарын, кэрэттэн кэрэ саха кыыһын, курдары көстөр убаҕас акварель кыраасканан барбах сотон ойуулаан көрөр. — Били, Чочур Мырааны олус да үчүгэйдик уруһуйдаабыт этиҥ дии. Хаарыан уруһуй, — Лиисэ уол санаатын таайбыттыы этэр. Вася, дьиҥнээх Вася, ол хартыына тыалга тэлээрэн, ханна эрэ куорат бөҕүгэр түспүтүттэн олус хомойор, «Аны итинник ойуулуом дуо?» — диэн саарыыр. Оттон таһа этэр: «Ничегуо, итиннээҕэр буолуоҕу, өссө ордугу оҥоруом» Кэпсэппэхтээн, күлэн-үөрэн, ирэн-хорон баран Лиисэ этэр: — Вася, мин эмиэ уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн ээ… — Тыый көрбүт киһи… Ол Лиисэ уруһуйдара манна каютаҕа бааллар эбит. Ону көрө каютаҕа түһэллэр. Эдьиийинээн уонна икки кыыстыын иккис кылааска айаннаан иһэллэр эбит. Лиисэ уруһуйдара үксэ сибэкки, уонна бэйэтин курдук олус синньигэс бииллээх, улахан харахтаах, ол гынан баран уһун суһуохтаах кыргыттар буолаллар эбит. Көрө олордулар. Лиисэ киирэр-тахсар. Сотору Васяны туймаардар ас сыта билиннэ. Эриэйэ диэн эриэккэс ааттаах эдьиийэ, буфеттан буолуо, ас бөҕөнү киллэрдэ. Уолу аһаттылар. Аччык Вася аска харса суох түһүөх эбит да, биирэ кыбыстар, саатар, баҕардар да туттунар, барбах аһыыр. Икки хонукка аһаабатах киһи син аһаата эрээри: «Арааһа наһаалаатым быһыылаах», — диэн кыбыстар санаа үүйэ тутар. Саатар Лиисэни чугас биллэҕин ахсын улам тупсан, кэрэтийэн иһэр. Били, куурус мааны кыыһын таһынан тахсан, Вася ханна да, хаһан да көрбөтөх, остуоруйаҕа, олоҥхоҕо эрэ, эбэтэр ыра санааҕа эрэ баар дьиктиттэн-дьикти, үрдүктэн-үрдүк, кыыс киэнин кэрэттэн-кэрэтэ, мааныттан-мааныта буолан иһэр. Бүлүү эбэ хотун барбыт чэй курдук кытархай уутун сүүрүгүн өксөйбүттэрин хаһыс эмэ күнүгэр, күн ортотун диэки, Ньурба үрдүк биэрэгэ көһүннэ. Дьиэттэн эрэ үрдүк оскуола дьэндэйэн көстөр. Вася сүрэҕэ бип-битигирэс, дойдутугар кэлбититтэн үөрэн эбитэ дуу, биитэр бу Лиисэ-Илииһэни кытта арахсан эрэриттэн эбитэ дуу. Бэйэтэ да билбэт. Биир кэм будумах санаа аймыыр, үүйэ тутар. Борокуот тохтоото. Дьон бөҕө мустубут. Борокуот буруотун ыраахтаан көрөн, быдан эрдэттэн мустубут, өссө сорохтор сураҕын истэн, бөөлүүн эргитэн оһуокайдаабыт буолуохтаахтар. Вася ийэтэ, балтылара, бэл эбэтэ эмиэ киирбиттэр. Кинини көрө оҕустулар. Тахсарга эмиэ билиэти көрөн таһаараллар. Вася ол иһин Сунтаарга ааһан иһэр дьону кытта кыһалҕата суох туттан турар. Дьоно уоллара тоҕо тахсыбатын сөҕөллөр быһыылаах. Чымыдаанын, били, билэр дьонноро таһаарбыттарын көрбүтэ. — Хайа тоҕо тахсыбаккыный?! — Лиисэ лыҥкынас саҥата кэннигэр иһилиннэ. Кыыс тоҕо эрэ хара таҥас кэппит. Хара баттаҕа, хараҕа, маҥан сирэйигэр ордук харааран, чоҕулуйан көстөллөр. «Сарсыарда үрүҥ таҥастааҕа. Билигин, бу күнүс, тоҕо хара таҥаһы кэттэҕэй?» — диэх курдук санаан ылла Вася уол уонна тоҕо эрэ олус харааһынна. Кини билигин, ити хайыр тааһын хачыгыраччы кэһэн, кытылга тахсыа уонна үрдүк сыыры дабайан, үөһэ, Ньурбатыгар тахсыа… Уонна хаһан көрсүөй бу Лиисэ-Илииһэ барахсаны… Тус туһунан, аҥыы-аҥыы дьылҕалаах буолуохтарын эдэр, туҥуй сүрэх хайдах эрэ өтө билэр, сэрэйэр баҕайыта дуу? Тоҕо бу олус хараастарый Вася уол?! Үөһэ тахсан дьонун кытта, үрдүк сыыры кыйа баран истэ да, Вася кэннин хайыспата. Лиисэ-Илииһэ көрөн турара дуу, эбэтэр хас түһэр-тахсар борокуот пассажирын умнан кэбистэҕэ, аллараа каютатыгар киирдэҕэ дуу?.. «Суох, саатар биирдэ кэннибин хайыһан борокуоту көрүөххэ». Вася кэннин хайыһан борокуоту көрбүтэ, «Трудовая» палубатын тумсун диэки хара таҥастаах кыыс турара көстөр. Хайаан да ити Лиисэ-Илииһэ буолуохтаах… Борокуот Ньурбаҕа балачча өр турда. Киэһэлик иһиттэҕинэ, бүтэһик үһүс үөгүтүн үөгүлээтэ. Вася тулуйбата. Дьиэтиттэн быһа өрүскэ сүүрэн киирдэ. Борокуот эчи түргэн да буолар эбит, бу кытылтан көрдөххө. Хайы-үйэ аппаны ааһан эрэр. Борокуот хара хойуу буруота «Трудовая» баарсаны үрдүнэн иэҕиллэн өрүс уҥуоргу өттүгэр тиийэ субуруйар. Утары тыаллаах эбит. Баарса үрдүгэр биир да киһи көстүбэт. Быраһаай, Лиисэ-Илииһэ барахсан, аны хаһан, хайдах, ханна көрсүһэрбит дуу, суоҕа дуу?! Бу туран өйдөөбүтэ, Вася Лиисэ-Илииһэни кытта тугу да күттүөннээҕи, суолталааҕы, инникигэ эрэл кыымын саҕары кэпсэппэтэх эбит. Итинник өй этэр. Оттон сүрэх этэрэ атын. Сиэн Чолбодук кэпсээниттэн,  Айымньы «Уматар, уулларар тапталым…» хомуурунньуктан.
edersaas.ru сайтан