Кэпсээ
Войти Регистрация

Тас хах – албын

Главная / Кэпсээн арааһа / Тас хах – албын

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
26.06.2020 15:53
Кинини, кини ис дьиҥин дьон билбэт. Мин да кини дууһатын туругун, ыар охсууттан аймаһыйа тэбиэлиир сүрэҕин ооккотун ыарыытын, ол ыарыы туохха тиэрдибитин толору билэбин диэхпин тылым тахсыбат. Кырдьык, кини оҕо сааһым доҕоро, орой-мэник сылларым аллар атастара. Ол эрээри тэйсибиппит оччо буоллаҕа. Бэркэлээтэр, саатар, биэс сылга биирдэ алтыһан ааһарбыт эбитэ дуу? Ону да кыл түгэнэ. Арааһа, суох. Ол тухары уларыйымына даҕаны. Киһи, бэл, бэйэтэ уларыйбытын, санаата эдэр сааһынааҕар букатын атынын билинэрэ баар буолар. Ол эрээри киһи биир сүнньүн хайдах да уларытар туһа суох. Көрдөххө, эмиэ да дьиппиэн, эмиэ да ардыгар билэр дьонун көрүстэҕинэ, күлэн мыттыйар сирэйин, хайдах эрэ оҕолуу, дьээбэтэ киирэн кыараҕастык көрбүт хараҕын хайдахтаах да элбэх дьон быыһыттан эндэппэккэ билиэх, үөрэ көрсүөх курдукпун. Алтыһар атастарыныын турдаҕына, хойуутук туттар бас баттах тыллара, ким эрэ туох эрэ диэн сыыһа саҥарбытын сыыска-буорга түһэрбэккэ, хабан ылан баайса сатыыр быһыыта иккиэйэх хааллахпытына, ханна эрэ биллибэтинэн салгыҥҥа суураллан хаалар. Эмиэ, били, кыра эрдэҕинээҕибит курдук ой-бото сэлэһэр мэник-тэник дьүөгэм уобараһа баһылаан турар. Оҕо сааспыт киирбэт күннээх халлааныгар дайан, мэниктээн, оҕотук турукпутун эргитэргэ дылы буолабыт. Баҕар, ол дьоллоох кэмин санатарым иһин миэхэ истиҥ сыһыана уларыйбатаҕа, уларыйбата буолуо. Дьон кэпсээнинэн, кини “бииһирбитэ” ырааппыт. Саарбах дьоннуун алтыһар, арыгылыыр. Ханна эрэ охто сыппыт, кими эрэ сырбаппыт, саайбыт сураҕа иһиллэр. Оттон мин ону тыал тыаһын курдук истэбин. Ол этэр дьахтардара мин билэр дьүөгэм буолбатах! Аата да атын. Эчи, толооһун, холуһун! Мин кинини оҕо эрдэҕинээҕитинэн, ийэтэ таптаан ымманыйар аатынан билинэбин... Кини таптал ыраас иэйиитигэр ылларбытын, ол киһитин күн бүгүнүгэр диэри олус таптыырын, сүтэрбит сүтүгүн арыгы чаанынан сабына, оспот бааһын аһарына сатыыр ухханыгар сылдьаахтыырын, итэҕэйээччи аҕыйах. “Аата! Албына ини” диэн буолар. Оттон киһи араастаах эбээт. Охсууну араастык ылынар. * * * Кини оҕо эрдэҕиттэн уоллуҥу этэ. Былаачыйа кэтэн, баанчык баанан сэрбэчийэ сүүрбүтэ, арааһа, ахсааннаах буолуо. Мэнигэ уон! Тугу саныырын барытын аһаҕастык этэ сылдьарын сөбүлүүрэ. Уолаттары кытта ордук тапсар быһыылааҕа. Быһата “бэйэ киһитэ” этэ кинилэргэ. Лапталаан, мээчиктээн, күнү супту сөтүөлээн, ардыгар олох да арагаайка туппутунан, уһун күнү ойуурга, тыаҕа моҕотойу сырса сүүрэлээн, оҕо саас дьоллоох кэмэ ааһа охсубута. Оскуола кэнниттэн тоҕо эрэ үөрэххэ туттарса сатаабатаҕа. Тоҕо буолуо да диэн, бириэмэтэ оннуга. Оскуола – производство – үрдүк үөрэх. Ол быһыытынан эдэркээн кыысчаан бииргэ үөрэммиттэрин кытта тутуспутунан ыанньык пиэрмэтигэр үлэлии тахсар. Үлэни кыайыгаһа диэн сүр. Илиитигэр да кыахтаах. Билигин да оннук. Оттон уруһуйдуураа!!! Таҥара кинини уруһуйдаан аһаа диэбит киһитэ диэхпин сөп. Ону кини тоҕо эрэ сатаан туһаммакка хаалла. Абалаах. Ыанньык пиэрмэтэ сайылыкка көһүүтэ, ыам биллэ үрдээһинэ, сайыҥҥы үрүҥ түүннэргэ мээчик, лапта оонньуута, матасыыкылынан көтүтэ сүүрдүү.... Ол да
барыта киниэхэ баар этэ. Кыыспыт бэйэтэ да дьиктиргиэн, сөҕүөн иһин, ол сайылык ыччатын түмсүүтүгэр биир уол оонньуу тахсарыттан-тахсыбатыттан кини туруга, санаата түһэрэ-тахсар тутулуктаах буолан барар. Устунан, син бииргэ сылдьар дьон сиэринэн, билсиһэн бараллар. Кутаа тула олоруу, иккиэн “миинискэй” матасыыкылга хатааһылааһын, саҥа күн саҕах быыһыттан кылайа кыыһан тахсарын көрүү, көрсүү. Күн-дьыл биллибэккэ субуллар. Дьоммут, бэркэлээтэр, уураһан эрэ ылаллар. Ону да сүрдээҕин кыбыста-кыбыста. Кырыллыбытынан кыыс оҕо ханна салгыы барыай. Биир үтүө күн, дьиҥинэн, мөкү диир оруннаах ини, сайылыкка атын сир кыыһа кылбайан кэлэр. Кырааската, таҥаһа-саба, тутта-хапта сылдьара, таҥаһа, сатаан уолаттары кытта эрийсэрэ – туох да ааттаах. Бэйэтэ да аҕыйах уол баарыттан кырасаабысса хараҕа биһиги кыыспыт тапталлааҕар хатана түһэр. Араас сүбэнэн уолу чугаһатан барар. Аны уолаттардыын бэлиэр чугас сыһыаҥҥа киирбитэ быданнаабыт кыыс кылааннааҕа обургу уолу орон дьыалатыгар өр-өтөр гыммакка “охторор”. Оҥоһуулара оннуга дуу, дьылҕалара таайдаҕа дуу, онтулара оҕо буолан оҥоһуллан, ийэ иһигэр иһийэ сытан улааппытынан барар. Уоламмыт, онуоха ыксаан, дьиҥинэн, кини ол кыыһы ойох ылар да санаата суох эбит. Кыыспытыгар хайдах баарынан кэлэн билинэр, эбиитин “хайыыбын?" диэн ыйытааччы буолар. Сэбиэскэй иитиилээх сэмэй кыыс, баҕар, кэлэйбитэ бэрдиттэн эбэтэр ол төрүөхтээх оҕо туһун санаан “ол кыыскын кэргэн ылыахтааххын” диэн, мас-таас курдук этэн кэбиһэр. Оттон иһигэр – айманыы, хараастыы. Олор холбоһоллор. Ол гынан баран таптала суох оҕо оҥоһулларын аатыгар, олох ньээкэ уйата салгыы тутуллар кыаҕа суох айылгылаах. Ол быһыытынан эдэрдэр икки ардылара олох да сыыйа атан, арахса сыһа-сыһа оҕо туһугар диэн ааттаан, ыал курдук олороллор. Быыһыгар дьахтарбыт уҥа-хаҥас хаампыт сурахтанар. Ону көрөн турбут суох да буоллар. Онуоха диэри кыыспыт сааһыра быһыытыйар. Аны, кыһыйыан иһин, биир да уолу ол киһитигэр тэҥнээбэт. Устунан уора-көстө көрсүһэн бараллар. Холбоһуох буолаллар. Киһи тэҥинэн сананан, тапталлааҕын кытта ыал буолар баҕалаах инники сырдык олоҕу ыралыы сылдьар. Ону баара... Дьылҕа Хаан быһаарыыта атын буолан биэрэр. Туох эрэ сыыһа өйдөһүүттэн ол уолун өлөрөн кэбиһэллэр. Буолаары буолан, кини хараҕын иннигэр. “Ол түгэҥҥэ туран кэлбитим, тохтоппутум, саатар, бэйэбинэн бүөлүү түспүтүм буоллар, тапталлааҕым тыыннаах буолуо этэ” диэн санаа, сыппах быһах буолан дьүөгэм сүрэҕин аалбытынан барар. Ол ыарыы, кэмсинии кинини бачча тухары сатаан ыыппакка эрэйдиир. Кыраадыстаах утаҕы амсайдаҕына, хайдах эрэ арыый чэпчииргэ дылы буолар. Ону да кылгас кэмҥэ. “Олох салҕанар, тулуйуохтааххын” диир этэргэ эрэ судургу. Саатар, киниттэн оҕолонон хаалбыта буоллар, саныаҕар чэпчэки, кини туһугар олоххо тардыһыыта баар буолуо этэ. Билигин соҕотох. Бу мучумаанын илэ өйүнэн сылдьан кимиэхэ да кэпсээн, санаатын сайҕаабат, чэпчэппэт. Туох баар ыарыытын, муунтуйуутун иһигэр хаайа сылдьар. Дэлэҕэ этиэ дуо: «Сэгэриэм, эн иннигэр тыыннаах бокуонньук олоробун. Бу кэриэтэ сонно иккиэммитин ыппыта буоллар, быдан ордук буолуо этэ». Кини
сорун дьон билбэт. Кинилэргэ кини букатын атын, тымныы, хаҕыс киһи. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, ону баара, олус уйан, чэбэр киһи – кини. Санаабар, баҕар, аналлааҕын булан, үөрбүт-көппүт куоластаах урууга ыҥырар дьоллоох түгэнин күүтэр курдукпун. Оттон бириэмэ бардар баран иһэр. Сааскылаана.
kyym.ru сайтан