Кэпсээ
Войти
Регистрация
Арай эт-тирии бараннаҕына дуо?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Арай эт-тирии бараннаҕына дуо?
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.11.2020 12:41
Мин сахалар дьиибэ баҕайы айылгылаахпытын аһара сөҕөбүн-махтайабын. Бу туһунан кэпсэтии саҕаланнаҕына Саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа «Сааскы кэмигэр» «Чэгиэни ыалдьан, эдэри кырдьан, доҕору хомотон баран өйдүүбүт» диэбитин санаан кэлэбин. Итиэннэ Николай Егорович өссө биири ситэ эппэтэх дии саныыбын. Дьонноохпутун сүтэрэн баран биирдэ ытыы-ытыы саныыр, кинилэри хайдах хайгыахпытын, сыаналыахпытын билбэт идэлээхпитин. edersaas.ru. Милан Афанасьев Дьэ, дьиибэ өй-санаа, айылгы. Төһөлөөх элбэх киһи бу биһиги таспытыгар, харахпыт ортотугар үөрэ-көтө, айа-тута, үлэлии-хамсыы, кэпсии-ипсии сылдьара буолуой? Бааллар да бааллар, саҥата-иҥэтэ суох букунайа сылдьаахтыыллар. Ол иһин эбитэ дуу, биһиги дэлэҕэ да кинилэри таба көрөн, бириэмэтигэр истиҥник кэпсэтэн, үлэлэрин сыаналаан, истэллэригэр үтүө тыллары этэн бэрт. Тиэрэ анньыбатахпытына, тэпсэн ааспатахпытына баһыыба. Харахпыт оннук харалҕан, дууһабыт оннук чой буолла. Суохтарын курдук суохтар Чэ, эһиги туох да диэҥ, буһуум-хатыым, өйүм-санаам сэбиэскэй буолан эбитэ дуу А.К.Калининскай олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын кэтээн көрбүтүм ыраатта. Үлэлии сылдьан бэйэм хаһыаппар кэмиттэн-кэмигэр, ураты бэлиэ күннэригэр суруйдум ини, суруйбатым ини. Бу санаан көрдөхпүнэ онтуларым таах хаалбыттар эбит. Ол, биллэн турар, кыһыылаах. Онно баара-суоҕа икки холобур. Бастакыта, 2006 сыл кулун тутар 16 күнүгэр «Ыардары кэрэнэн кыайаары» ыстатыйам «Саха сиригэр» тахсыбыта. Бу суруйууга Алексей Калининскай айар үлэтэ ытыс тыаһынан эрэ буолбакка атын правительственнай наҕараадаларынан кытта бэлиэтэниэн сөбүн эппитим. Ити кэнниттэн 2011 сыл от ыйын 2 күнүгэр «Бэйэм былдьаныам диэбэккэ» суруйуубун таһааттарбытым. Онно А.К.Калининскай Өлүөнэ сүрүн үөһүгэр тимирэн эрэр икки киһини быыһаабытын кэпсээбитим. Итиэннэ киһибэр кырата мэтээл биэрэллэр ини дии санаабытым. Кэлин истибитим, отой да атын киһи ол дьону быыһаабыт сураҕырбыта. Алексей ууга түспүт дьону атаҕа тургуйар сиригэр кэлэн туттартаабыт киһитэ. Ол кэмтэн, өбүгэлэрбит этэллэринии, 14-с хаарбытын түһэрдибит. Ол кэнниттэн өйдөөтөххө мин эрэ суруйууларым болҕомтоҕо ылыллыбатахтар. Оттон А.К.Калининскай үлэлээбитин курдук үлэлии, айбытын курдук айа сылдьар. Ол мин эрэҥкээ буолбут аатым уонна мэтээлим эрэ суохтарын курдук суохтар. Саар булгунньах саҕа буолар кыахтаах Быһаччы этэбин, Алексей Кириллович үлэһит киһи. Айар үлэтин аартыгын аһыаҕыттан суруйбутун, тэрийбитин, оҥорбутун, дьонун-сэргэтин сомоҕолообутун, үөрдүбүтүн-көтүппүтүн, астыннарбытын барытын биир сиргэ түмэр киһи Саар булгунньах саҕа буолан көстүө этэ. Ыраахтан, туох да саарбаҕа суох. Дьэ, онон кини туппута биир торуоска, кэппитэ биир сэлээппэ эрэ дуо? Оннук саныыр буоллаххытына улаханнык сыыстарыаххыт. Кини бастатан туран сырдатар-педагогическай үлэни өрө туппута, атыннык эттэхпинэ, айылҕаттан айыллыбыт улахан Учуутал диэхтээхпин. Нэһилиэнньэҕэ төрөөбүт дойду кэрэтин, онно таптал күүһүн ырыанан кэпсээн. Оттон оскуола оҕолоругар үөрэнэр методическай посуобуйалары, бырагыраамалары оҥортоон. Эдэр ыччаты муусукаҕа уонна ырыаҕа иитэн, ырыа дириҥ ис хоһоонун өйдөтөн. Ол кэнниттэн Алексей Кириллович тэрийэр, дьону сомоҕолуур дьоҕурунан иннин, арааһа, кимиэхэ да биэрбэтэ буолуо оҥоробун. Үөрэрим баар, ону дьоно-сэргэтэ билэр уонна ылынар. Оттон кэнники кэмҥэ муода буолбут үтүө санаа,
аһымал аахсыйалара, пуондалара кини кыттыыта суох ыытыллыбаттар ээ. Бу барыта А.К.Калининскай биир мүнүүтэҕэ олоро түспэтин, Ырыатын сүрүн үөһүнэн, ханна да туора-маары ойуолаабакка, дьулурҕатык устан иһэрин кэрэһэлиир. Кураанаҕынан куолулаабат, хой баһын туойбат инниттэн ону олох аҕыйах холобурунан бигэргэтэбин. 2009 сыллаахха «Сахабыт саргытын айхаллаа» бырайыагы толкуйдаан таһаарбыта. Оскуола оҕолоро классика буолбут сахалыы ырыалары үөрэтиилэригэр. Эһиилигэр инбэлиит оҕолорго анаан «Музыканан эмтиибит» бырайыагы олоххо киллэрбитэ. Онтон тута сөрөөн “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ырыа искусствотын сайыннарыы тускула” бырайыагы салайбыта. Оттон бу олох кэнники көҕүлээбит “Ырыа күнүн” бырайыага хайдах курдук сылтан сыл далааһыннанан иһэрий?! Ил Дархан анал Ыйааҕа тахсарын, ис дууһабытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан ылыммыт Ырыабыт күнэ туспа статустанарын күүтэбит эрэ буолбат дуо? Манна ырыаҕа аналлаах 10-нан кинигэни таһааттарбытын, музыкальнай эрэдээктэр быһыытынан атын мелодистар айымньыларын күн сирин көрдөрбүтүн, аудиоальбомнарын, куоҥкурустарын, айар кэнсиэртэрин эбэн кэбиһиҥ. Онно туох баарый диэххитин сөп. Эппиэттиибин. Ханнык баҕарар куоҥкурус уонна айар биэчэр, бастатан туран, улахан тэрээһинтэн тахсар. Уонунан, сүүһүнэн (хоровой кэлэктииптэри ылан көр) дьону ыҥырыы, А.Кулаковскай аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтин, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай, П.А.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырдарын, Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха государственнай Циркэтин курдук уораҕайдары арендалаһыы, кыттааччылары түмүү, кинилэр кэлиилэрин-барыыларын хааччыйыы сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Маны бэйэтэ тэрийсибит, мунна-уоһа кэрдиллибит эрэ киһи билэригэр саарбахтаабаппын. Оо, абытайдаах үлэ эбээт, бу! Кэлин Алексей Кириллович Өрөгөй Ырыаларын суруйууга идэтийэн эрэр диэтэхпинэ улаханнык сыыстарбаппын. Өссө эбэн этиэм этэ, биир дьоһуннаах суолу таба тайанна диэн. Атын мелодистар, самодеятельнай композитордар кини курдук бу хайысханан үлэлии иликтэр. Бу кини дьиэтигэр бүгэ сыппатын, хаайтаран олорботун чаҕылхай туоһута. Мин ааҕарбынан, Алексей Калининскай суруйбут Өрөгөйүн Ырыалара 30-тан тахсан турар. Ити ырыалары иһиттэҕинэ киһи чахчы сүргэтэ көтөҕүллэр, мэктиэтигэр сүөм үрдүүр. Туох да омуна суох төрөөбүт дойдугунан, онно хаһаайын буоларгынан, айа-тута сылдьаргынан киэн туттар иэйиигэ куустараҕын. Айар куттаах дьон, ордук мелодистар, самодеятельнай композитордар, бэйэлэрин суруйууларын видеоклип оҥотторон өссө киэргэтэллэр, байытан биэрэллэр, олох саҥалыы тыынныыллар. Бу аныгы уларыйбыт олохпут биир көрдөбүлүттэн Алексей Калининскай да туора турбат. 20-чэ видеоклиптээх буолуохтаах. Кини суруйбут ырыаларыгар оҥоһуллубут видеоклиптэри көрдөххүнэ эмиэ отой атын иэйиигэ куустараҕын. Ол дойду тыыннаах кэрэтэ, баайа-дуола, айылҕата, дьоно-сэргэтэ, кэнчээри ыччата, сарсыҥҥы саргыта хараххар бу баардыы арыллар. Инньэ гынан ырыата өссө тупсар, киэркэйэр. Өссө төгүл этэбин, бу соҕотох киһи холугар үлүгэрдээх үлэ. Саамай кылаабынайа, айбытыттан, суруйбутуттан дуоһуйан, тохтоон, сөп буолан хаалбат. Атынтан атыны, саҥаттан саҥаны көрдөөбүтүнэн барар. Оннук хаачыстыбалардаах буолан Алексей Кириллович сынньалаҥы, этэргэ диэри, түүлүгэр эрэ көрөрө эрэбил. Айар-тутар кэмнэригэр Мантан тугу көрөбүтүй? А.К.Калининскай, эппитим курдук, үлэ бөҕөнү үлэлээбит, ыыппыт. Кини билигин даҕаны дьонун-сэргэтин уонна дойдутун туһугар үлэлии, ырыатын айа сылдьар. Өссө да уон оччонон
бэйэтин ырыатынан бар дьонун үөрдүө этэ оҥоробун. Мин этэр үрдүк сыанабылбын сибилигин, саамай үлэлиир, айар-тутар кэмигэр, ылара буоллар. Үөһэ этэн аһарбытым курдук олох оргуйар үөһүттэн туораабытын, туһатыттан тахсыбытын кэннэ буолбатах. Ол иһин Амма Аччыгыйын этиитин санаппытым. Дьиҥэр, Алексей Кириллович ырыалара дохсун ытыс тыаһынан сыаналамматах буолбатахтар. Сыаналаммыттара. Саамай кылаабынай сыанабыллара – ырыалара билигин да ыллана тураллар, өссө да ылланыахтара, өссө да ытыс тыаһынан доҕуһуолланыахтара. Итиэннэ Алексей Кириллович аата-суола, наҕараадата суох киһи буолбатах. Ааттардаах да, бэлиэлэрдээх да. Мин эрэҥкээ буолбут аатым эрэ суох. Дьонун-сэргэтин туһугар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьар киһиэхэ ити ааты үөрдэ-көтүтэ биэриэххэ тоҕо сатамматый? Эбэтэр онно хапсыбат дуу? Хапсар бөҕө. “СӨ норуодунай артыыһа” Бочуоттаах аат тыйаатыр, муусука, эстрада, киинэ, телевидение уонна араадьыйанан биэрии сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин искусство деятеллэригэр иҥэриллэр диэн балаһыанньаҕа сурулла сылдьар ээ. Ол аата ылыан сөптөөх эбит. Маннык ааттаах билэр дьоммун, кинилэргэ маны хайдах биэрбиттэрин сыымайдаан көрдүм. Бастаан Настаака барахсан, Анастасия Варламова, өйбөр көтөн түстэ. Кыһыйбытым, абарбытым оччо буолан умнуллубакка сырыттаҕа. Таптыыр аҕай Орто туруу дойдутуттан арахсаары, үрүҥ тыына быстаары сыттаҕына Медицина национальнай киинигэр тиийэн туттарбыттара. Төһө үөрбүтүн, хомойбутун этэр кыаҕым суох. Ол оннугар биир түгэни аһара үчүгэйдик билэбин. Настаака барахсаҥҥа «Аҕатын алааһын» дьоно-сэргэтэ ылынан, ыллаан бараатын кытары ити ааты туттарбыттара буоллар дэлэлээх айыа-тутуо, сүрэхтэн сүппэт саҥа ырыалары хаалларыа этэй?! Абалаах баҕайы! Аркадий Алексеев курдук киһибитигэр бу ааты 70 сааһыгар биирдэ иҥэрбиттэрэ. Эмиэ айар үлэтин кутаата сөҕүрүйбүтүн кэннэ. Биһиэнэ барыта итинник: сыа киһи сылайбытын, эт киһи элэйбитин, эт-тирии бүппүтүн, сэниэ-сээбэс эстибитин кэннэ. Төһөлөөх киһи бу ааты ылбакка Орто туруу дойдуга ананан кэлбит олоҕун түмүктээбитэ буолуой? Саныахха ыарахан. Айар-тутар саастарын ортотугар, дьэлтэйэр дьэттэригэр сылдьар дьоммутугар итинник ааттары биэриини тарбахпытын быстарга холуубут. Аркадий Михайловичка эмиэ эдэригэр, үлэтин үөһүгэр ити ааты биэрбит буоллуннар, кини айбыт ырыаларын билигин даҕаны ыллыы сылдьыа этибит. Ааспыт үйэ 60-с, 70-с сылларыгар курдук. Билигин Аркадий Алексеев айбыт саҥа ырыаларын ыллыылларын, тоҕо эрэ, истибэппин. Мин эрэ истибэтим, оннук мөлтөөн кулгааҕым кутурукпар түспүтэ эбитэ дуу? Итинэн мин манна сыһыаннаах тойотторбут бэҕэһээҥҥинэн, чэ, бүгүҥҥүнэн да буоллун, олорбокко сарсыҥҥы, өйүүҥҥү күнү, эһиилги сылы кытта саныахтарыгар баҕарабын. Атыннык эттэхпинэ А.К.Калининскай курдук үлэлиир мелодистарбытын, композитордарбытын үрдүктүк сыаналаан, ол аата иэс да баайан, саҥаттан-саҥа, сонунтан-сонун үрдүккэ көтүтэр, ыраахха ыҥырар, суолдьут сулус буолар саҥа айымньыларда айдаран хаалыаҕыҥ ээ. Ол кыаллар кыахтаах, барыта бэйэбит илиибит иһигэр. Кэмэ кэллэ курдук Бар дьон тыла – ох, санаата – батас дииллэр. Итиэннэ санаа холбостоҕуна, сүбэ түмүлүннэҕинэ кыайтарбатах кыайтарарын билэр буолан дьон-сэргэ тугу этэрин иһиттим. Аныгы үйэ сибээһинэн: төлөпүөнүнэн, батсаабынан, СМС-нан, төлөпүөҥҥэ саҥаран хаалыынан (голосовое сообщение) туһанан син балачча элбэх
киһини кытары кэпсэттим. Олору барыларын холобурдуур кыаҕым суох. Ол оннугар биири биллим: маннык санаалаах соҕотох буолбатах эбиппин. — Алексей Кириллович норуоту түмэр сыаллаах Ырыа күнүн олохтооһуну туруулаһан туруорсар бөдөҥ уопсастыбаннай диэйэтэл, саталлаах тэрийээччи. Уонунан ансаамбыллары тэрийбит, саха норуотун вокальнай искусствота үрдүк таһымҥа тахсарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит энтузиаст, музыкальнай фанат. Ону таһынан улахан мэтэдьиис. Мин саха оҕотун аан бастаан академическайдык ыллаппыт ньымабын өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар анал ааптарыскай куурус, сэминээр ыытан өйөөбүт, киэҥник тарҕаппыт улаханнык ытыктыыр үөлээннээҕим. Онон А.К.Калининскай СӨ норуодунай артыыһын аатыгар достойнай, бары өттүнэн сөп түбэһэр диэн дорҕоонноохтук этэбин,—диэбитэ “Кэнчээри” Образцовай норуодунай кэлэктиибин салайааччы, РФ, САССР култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, Алампа аатынан бириэмийэ лауреата В.С.Парников. —Алексею Кирилловичу давно надо давать высокое звание “Народный артист РС (Я)”. Он много сделал для развития песенней музыкальной палитры в Якутии. Он является одним из инициаторов, можно сказать главным, создания Дня Якутской песни, праздника, который стал объединительным стимулом всех народов Якутии. Алексей Кириллович как композитор песенник широко известный в Якутии. Автор музыки Гимна г. Якутска и других торжественных песен разных улусов, предприятий. Он инициатор движения в Якутии, установления памятников великим песням. И многое другое. Многогранность творчества Алексея Кирилловича на виду в народе. Сколько его песен стали народными? Он заслуживает звания “Народный артист РС (Я)”,—диэбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускайдааҕы педколледж кылаабынай дирижера В.С.Жирков. Владимир Семенович бу этиитэ А.К.Калининскайы сахалар эрэ буолбакка олохтоох атын да омуктар үчүгэйдик билэллэрин, үрдүктүк сыаналыылларын кэрэһэлиир. —Мин Алексей Кирилловичтыын гастролга сылдьан билсибитим. Ол билсии кэнниттэн хардарыта бииргэ үлэлээһиммит, дьиэ-дьиэбитигэр сылдьан кини ырыаларын үөрэтиибит саҕаламмыта. Сүрдээх уһун кэмҥэ кини эйгэтигэр киирэн биэрбэтэҕим. Бастаан ыллыырга ырыалара, аһара ыарахан диэҕи киһи тыла барбат, уустук этилэр. Кини ырыалара дириҥ уус-уран оҥоһуулаахтар, киэҥ эйгэлээхтэр. Онон кини ырыалара миэхэ олус комфортнайдар. Дьон өйүн-санаатын, дууһатын барытын таарыйар, өйтөн-сүрэхтэн умнуллубат ырыалардаах Алексей Калининскайга сыһыан ураты буолуохтаах. Айымньылара классика быһыытынан сыаналаныахтаах. Бэйэтэ норуодунай ааты ылар кэмэ кэллэ,—диэбитэ кини ырыаларын үрдүк таһымнаахтык толорооччу, СӨ норуодунай артыыһа, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай тыйаатырын солиһа Юрий Баишев. Холобурбун дойдутун дьонун этиитинэн түмүктүүм — Биһиги Алексей Кирилловиһы тумус туттабыт, ыытар бары тэрээһиннэрбитигэр, үлэбитигэр-хамнаспытыгар иннибитигэр укта сылдьабыт. Ону таһынан хас да нэһилиэк Өрөгөйүн ырыатын ааптарын быһыытынан билинэбит. Кини Иннокентий Левин тылларыгар суруйбут “Кэбээйитэ” биһиэхэ Гимн курдук ылламмыта ыраатта. Араас тэрээһиннэрбитин ол ырыаттан саҕалыырбыт эбэтэр түмүктүүрбүт үтүө үгэскэ кубулуйда. Дьон-сэргэ чахчы ылынан, таптаан, киэн туттан ити ырыаны ыллыыр. Мин көрөрбүнэн Алексей Кириллович СӨ норуодунай артыыһа Бочуоттаах ааты ыларга бэлэм сылдьар. Аҥардас Ырыа күнүн ыытыыта, тэрийиитэ төһөлөөх-хаччалаах буолуой?! Санаан көр эрэ, саас ыам ыйыгар дьон-сэргэ, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ
хайдах курдук уһуктарый, сэргэхсийэрий, ыллыырый?! Ырыа күүһүн дьоҥҥо-сэргэҕэ Алексей Кирилловичтан атын ким өйдөттө, тириэртэ, тарҕатта?!—диэбитэ култуура управлениетын начаалынньыга А.А.Кычкин: Кырдьык, А.К.Калининскай дьону-сэргэни ыллатан, хамсатан, сомоҕолоон кэллэ. Ол баҕас чуолкай. Ол аата дьон-сэргэ туһугар үлэлиир, саамай кылаабынайа, кинилэр билиниилэрин уонна сыанабылларын ылбыт киһи норуодунай ааты сүгүөхтээх. Туох барыта күннээх-ыйдаах, кэмнээх-кэрдиилээх дииллэр. Мин көрдөхпүнэ Алексей Кириллович Калининскай өрө көтөн тахсар, аатын өссө төгүл дорҕоонноохтук ааттатар күнэ ыйа үүннэ курдук, доҕоттоор. Оттон эһиги санааҕытыгар? Милан АФАНАСЬЕВ, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан