Кэпсээ
Войти Регистрация

Мичил таптала (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / Мичил таптала (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
20.10.2024 10:30
Мичил атаһыныын өрүс уҥуор турар нэһилиэккэ кыргыттары кытта билсэ диэн баран иһэллэр.  Төлөпүөнүнэн кэпсэппиттэрэ, өрүс тура илик эбит. “Ээ, чэ, тыы (куорпус) эҥин баар ини, хайдах эмит туоруохпут”, — диэн баран эрэллэр. Уһуннук хааман, итииргээн, тоҥон кырыа буолбуттар. Тиийбиттэрэ куорпус суох. Өрүс уҥуор  кып-кыра буолан көстөллөр. — Хааман туораан көрүөххэ. — Кэбис, муус тыаһыыр быһыылаах. — Сыылан көрүөх, — диэн уолаттар өрүһү сыылан туораан иһэллэр. Халлаан тымныйан, өрүс мууһа “лыс”, “тас» гынан тыаһыыр. Ол аайы уолаттар муустаах ууга түспүттүү эттэрэ тардан “бррр” дэһэллэр уонна салгыы сыылаллар. Ол сыылан истэхтэринэ аттынааҕы суолунан массыына бирилэтэн ааста. — Туй сиэ, тур доҕор. Өрүстэрэ турбут эбит дии. — Оччоҕо туох тыаһыырый? — Син биир тыаһыыр ини. Салгынныыра эҥин буолуо. Тымныыга хооҥку да лыһыргыыр ини. — Бу сааты. Сыылан иһэрбитин көрөн төһө эрэ күллүлэр. Ити массыынаҕа билэр дьоммут суох ини. Сотору Мичилгэ билсэр кыыһа төлөпүөннүүр: — Арыгы испит буоллаххына букатын даҕаны кэлимэ! — Эс, испэппин ээ. Иһэ иликпин. — Сымыйалаама. Өрүскэ төкүнүйэ сылдьаргытын дьүөгэм Лена көрбүт. — Аллоо! Өрүс тура илик диэбиттэрэ дии. Ол иһин мууһа уйуо суоҕа диэн сыылан туораан истибит. Биир массыына ааспыта. Хантан билиэхпиний, суолу өйдөөн көрбөккө атын суолунан баран хаалбыппыт. — Ким итэҕэйиэ диэн кэпсиигин? — Кырдьык этэбин. Тоҥнубут ээ, ыччуу. Эйигиттэн ураты билэр киһибит суох. Бачча ыраахтан сатыы кэлбит киһини көрсүбэккин дуо? — Суох, суох, чэ сымыйалаама, — Маша төлөпүөнүн арааран кэбистэ. — Хайа доҕор, мэлийдибит. Хайыыбыт? Ханна баран киһи-хара буолабыт? Төннөбүт дуу? — Төннөр ырааҕа да бэрт, аччыктааһын да барда. Манна ханна эрэ атаһым баар буолуохтаах этэ, — диэн уолаттар хойгурга кэлбиттэрин билэн санаалара түстэ. Маша кинини күүттэ да этэ. Лена: “Кэлэн иһэллэр, итириктэр” — диэн кэпсээбитигэр хомойбута. Мичилгэ эрийэн үөҕэн баран арааран кэбиспитэ. Уол эрийэ сатыырын ылбат. “Маша, төлөпүөҥҥүн ылыый, сэрээтэ бүтэн эрэр, дэлби тоҥнубут дии”, — диэн уолтан смс кэлбит. Маша дьүөгэтин Аанчыгы көрүстэ. Уола кэлэн испитин төттөрү үүрбүтүн кэпсээтэ. Онуоха Аанчыга  “уой-ай” бөҕө буолла. — Тоҕо билбэккэ эрэ үүрэҕин. Баҕар, кырдьык кыайан туораабакка сылдьыбыттара буолуо. Суолу хантан билиэхтэрэй. Ленаҕа итэҕэйэҕин дуо? Тугу баҕарар кэпсиэҕэ. Тоҥнубут диэбит буоллахтарына хайдах төттөрү бараллар. Ырааҕа да бэрт дии. Арай, хараҥаран хааллыннар… — Уой, кырдьык даҕаны, — Маша ыксаата. Мичилгэ эрийэ сатаата да, төлөпүөнэ арахсыбыт. — Хайдах гынабын? Мичил төлөпүөнүм сэрээтэ бүтэн эрэр диэн смс ыыппыта. Мичил атаһын Айхалы кытта билбэт бөһүөлэктэригэр кэлэн, уулусса устун хоочугураһан иһэллэр. Хаамар дьон мээнэ тоҥмот инибит диэн халтаҥ соҕустук таҥныбыттара. Билигин тоҥон дьагдьайдылар. Истэриттэн сылаас салгын тахсан, харахтара, кыламаннара  кырыа буолбут. Мичил төлөпүөнүн сэрээтэ бүппүт. Машатыгар эрийэ сатаабыта да ылбатаҕа. — Таах-сибиэ эйигин кытта кэлээччи буолан. “Ыт атаҕын туттубут” дии, доҕоор! — Айхал кэлбитин кэмсинэр, — үчүгэйдик билэн баран кэлиэх баара. Баҕар, ол Машаҥ манна атын уоллааҕа буолуо. Билигин эбиитин дискотекаҕа бардахпытына, өссө ол уолтан кырбаныаҥ! — Ханна эрэ баран төлөпүөн сэрээттиир киһи. Манна билэр ыалыҥ суох дуо? — Мичил доҕоро ыйыппытыгар саҥарбата. Ол оннугар атыны ыйытта. — Ньикиппэрэп Толян ханна олороро буолла. Бииргэ сулууспалаабыппыт. Былырыын армияттан бииргэ дембеллэнэн кэлбиппит. — Ыччака доҕор. Тоҥооһун барда. Ол уолу булуоҕуй, оччоҕо. Саатар иттэ түһүллүө этэ, — уолаттар ыйдаран нэһиилэ буллулар. Айхал атаһын көрсөн  “һуу-һаа”, күө-дьаа буола түстүлэр. Уолаттар билигин аҕай уулуссаҕа тоҥон титирэһэ сылдьыбыттара ханан да суох буолла. Идэһэ кэмэ буолан ыаллар эмис эт бөҕө буһаран хоторбуттар. Ирэ-хоро кэпсэтэн, аһаан баран кулууп диэки бардылар. Кэлэн киирбиттэрэ кэҥэс саалаҕа дьүкээбил уотунуу дьэрэкээн өҥүнэн өрүтэ эккирээн, эргийэн, муусука араас уоттара саҕыллар. Ыччат үҥкүүлээн кулууп муостата биллэр-биллибэт хотоҥолуур. Мааҕын өрүскэ ууга түһүмээри мууһунан сыылан туораан эрэр уолаттары Лена массыынанан ааһан иһэн көрбүтэ уонна Машаҕа итириктэр диэн соруйан эппитэ. Лена Мичили куоракка көрөн билэр. Сөбүлүүр, билсиэн баҕарар да, Маша мэһэйдиирэ. — Оо, привет Мичил, — Лена саҥа көрбүттүү уолга тиийдэ. — Эҕэрдэ. Эн манна баар эбиккин дуу? — Мичил соһуйда. — Манна олоробун. Мааҕын массыынанан ааһан иһэн көрбүтүм ээ. — Тохтоон олордуоххун, биһиги билбэт дойдубут буолан муна сырыттыбыт. — Толору этибит. Такси буоллаҕа дии. Бэйэбит киэнэ буолбатах, — Лена Машалаах киирэн иһэллэрин көрөн уолу үҥкүүгэ ыҥырда. Маша Мичили кэлимэ диэбитин кэмсиннэ. Дьүөгэтин Аанчыгы кытта өрүскэ киирэ сырыттылар. Банаарынан тыктаран Мичиллээҕи ыҥыра сатаатылар. Кэнники кулуупка киирбиттэрэ, уолаттара манна кэлэн букатын да үҥкүүлүү сылдьаллар эбит. — Хайаа, манна баар эбиккит дуу, — диэн Маша барыах курдук буолан иһэн тохтоото. Лена Мичили ыга сыстан кууспут. Маша кулууп иккис этээһигэр ким да суох сиригэр тахсан турда. Ленаҕа СМС ыытар: “Лена, ити аата хайаатыҥ? Тоҕо сымыйалаатыҥ? — диэн суруйан ыытаат, кэтэһэ түстэ. Сотору: “Тоҕо сымыйалыахпыный? Эн үүрбүт үһүгүн Мичили. Бу тымныыга көрсүбэт эрээри тоҕо ыҥырбыккыный?” диэн хоруй кэллэ. Маша хараҕын уута таҕыста. Лена эрдэттэн Мичили сөбүлээн иҥээҥниирин билэр. Маша аллара түстэ. Соннорун устан Аанчыгы кытта уолаттардыын үҥкүүлээтилэр. Мичил Машаны кэнники өйдөөн көрдө. Хааман тиийэн: “Привет, Маша, кэлбиккин эбит дии”, —  Мичил үөрэн дорооболоһуох курдук буолан эрдэҕинэ, биир холуочук уол түөстэ оҕуста. “Бар эрэ доо!”. «Кимҥиний бу!» — Мичил утарылаһыах курдук буолла да, Маша түҥнэри хайыспытын иһин тэйэ хаамта. Мичил таһырдьа таҕыста. Айхаллааҕы көрдөөн булла. Уолаттар арыгы иһэ тураллар эбит. Мичил эмиэ иһистэ. Арыгылара бүтэн “бытыктара умайан” эбии көрдөһө бардылар. Олохтоох атастара дьиэтигэр киирэн бултаабыт киистэрин таһаарда. Түүннэри ону атыылаан эбии арыгы истилэр уонна кулуупка тиийбиттэрэ дискотекалара бүтэн эрэр. Мичил мааҕын кэмчиэрийбитэ ханан да суох, үҥкүүлээн имитэр. Сылааска киирэн хамсанан, итирэн  барда. “Эн мээнэ буолума эрэ доо! Сүгүн буол эрэ,  дойдуҥ буолбатах!” – диэн мааҕын Машаҕа күнүүлээн түөскэ охсубут уол кэлэн уолуктаабытын араардылар. Үҥкүү бүтэн таҥнан таһырдьа таҕыстылар. Айхал атаһынаан кыргыттары эккирэтэн барбыттар. Мичил Леналыын ханна эрэ баран иһэрин өйдүүр. Хараҥаҕа банаардаах уолаттар сүүрэн кэллилэр. Мичили охсон түһэрэн баран тэбиэлээтилэр. Хараҥа ойуур быыһыгар Лена хаһыыта эрэ иһиллэр. Маша сарсыарда хойутуу уһуктан баран төлөпүөнүн таккыйа сытар. Арай, ийэлээх аҕата кэпсэтэллэрин иһиттэ. “Бөлүүн, ханнык эрэ, кэлии уолу кырбаабыттар. Түүннэри куораттаппыттар”, — диэн  аҕата хантан эрэ истэн кэлбит сонунун ийэтигэр кэпсиир. Маша оронугар олоро биэрдэ. Туохтан эрэ ытырыктата санаата. “Ол кими эбитэ буолла? Бэҕэһээ Мичиллээх ханна барбыттара буолла?” — диэн санаа үүйэ-хаайа тутта. Мичилгэ эрийээри саараан төлөпүөнүн көрбөхтүү түһээт, ыҥырары баттаата. Мичил төлөпүөнэ бэҕэһээҥҥитин курдук арахса сылдьар. Батсаабыгар бүтэһигин түүн 1 чаас саҕана киирэ сылдьыбыт. Маша таҥнан таһырдьа таҕыста. Ленаҕа бэрт уһуннук төлөпүөннээн тиийдэ. Кыыс баран истэхтэринэ Игорьдаах үс буолан кырбаабыттарын кэпсээтэ. Кырбаммыт, өйө суох киһини соһо сатаан баран, дьоҥҥо тыллаабытын эттэ. Дьон түүн ааннарын аспатах буолан, Мичил уһун кэм устата хаарга сыппыт эбит. Маша дьиэтигэр киирэн, оронугар умса түһэн сытан ытаан сыҥырҕаата. “Барахсаммын ньии. Бэҕэһээ үлүйэ сыһан эрэйи көрбүтэ, аны ончу даҕаны кырбанан балыыһаҕа киирбит. Мин ыҥырбыт буруйдаахпын… мин… мин. Саатар, бэҕэһээ тоҕо кэпсэппэтэҕим буолла. Ленаҕа күнүүлээтэх буоламмын!” — Маша сыттыгын кымыстыыр. Ытаан санна дьигиҥниир. Айхал сарсыарда өйдөнөн уһуктубута, били, бииргэ сулууспалаабыт уолугар хоммут. Кимнээх эрэ дьиэлэригэр иһэ олороллорун үдүк-бадык өйдүүр. “Мичил ханна хоммута буолла? Бэҕэһээ Леналыын баран эрэллэрэ” Айхал Толяны уһугуннарда. Киһитэ төбөтүн буккуйар, туран тымныы уу иһэн киллиргэттэ. Ийэтэ мөҕүөн баҕарар да, атын уол баарыттан тардынар курдук. — Бэҕэһээ ханна аргылаатыҥ? – диэн ийэтэ  ыйыппытыгар саҥарбакка төбөтүн туттан олорор, — Эмиэ ханна да сылдьан охсуспатыҥ ини? — Суох. Тоҕо охсуһуохпунуй. — Кимнээх эрэ охсуспуттар. Биир уол балыыһаҕа киирбит. Бэҕэһээҥҥи биир уолгут оттон ханна барда? — Балыыһаҕа дуоооо…? — уолаттар соһуйан иккиэн тэҥҥэ ыйыттылар. Туран суунан, чэйдээбитэ буолаат, Мичили көрдүү бардылар. Мичил балыыһаҕа өйдөннө. Дьоно көрсө кэлбиттэр. Улаханнык эчэйбэтэх, халымыр буолан уонча күн сытан баран таҕыста. Ааспытын, үтүөрбүтүн кэннэ дьоно дьэ мөхтүлэр. Арыгыны уонна иһиэм суоҕа диэн мэктиэ тылын ыллылар. Биир үтүө күн кинилэргэ, омук массыыната кэлэн тохтоото. Күндү түүлээх саҕынньахтаах мааны хотун киирдэ. Ыаллыы нэһилиэк дьаһалтатын хотуна буоларын билиһиннэрдэ. Дьиэлээхтэр, уолбут иһэ сылдьан онно туох эрэ буруйу оҥорбут быһыылаах диэн толло, дьаархана быһыытыйдылар. Онтулара кинилэр уолларын кырбаабыт уол ийэтэ эбит. Кини уола улаханнык кэмсинэрин, бырастыы гыналларыгар көрдөһөрүн тиэртэ. Уолун үчүгэйдик ииппитин күлүгээн уолаттар уччуйан, итинниккэ тиэрдибиттэрин ытамньыйан ыла-ыла кэпсиир. Хотун дьахтар киһи эрэ аһыныах курдук эппититтэн дьиэлээхтэр эгди буоллулар. Полицияттан сайыбылыанньаларын төттөрү ылыах буоллулар. Мичил үнүр балыыһаҕа сыттаҕына, Маша көрсө кэлбит этэ. Сиэстэрэ кыыс эйиэхэ кэллилэр диэбитигэр дьонум буолуо диэн палатыттан көрүдүөргэ тахсыбыта, Маша турара. Соһуччута да бэрт буоллар, аймаммакка харахтарынан өйдөспүттэрэ. Маша уолга кэһиилээх пакетын илиитигэр туттарбыта. Көрүдүөр ыскаамыйатыгар олорбуттара. Мичил кыыһы кытта туох диэн кэпсэтиэн долгуйан, мунааран олорбута. Онуоха, хата, Маша: “Эйиэхэ төлөпүөннүү сатыыбын да, кыайан тиийбэппин”, — диэн кэпсэтиини саҕалаабыта. — Төлөпүөммүн били мучумааҥҥа ханна эрэ хаарга сүтэрбиппин, онон билигин нүөмэрим уонна  төлөпүөнүм уларыйбыта. — Били уолаттар эйиэхэ бырастыы гыннын диэн тиэртилэр. Ити быһыыларыттан улаханнык кэмсинэллэр. — Ээ, сөп. Эн ону тиэрдээри кэллэҕиҥ дии, кинилэр ыыттахтара, — диэтэ Мичил уларыйан хаалбыт куолаһынан. — Суох Мичил, оннук диэн буолбатах. Мин бэйэм эйигин көрсө диэн кэллим. Кинилэр эйиэхэ кэлэрбин истэн, төлөпүөннээн эппиттэрэ, — Маша Мичил илиитин ыга тутта. Уол кыыһы тургутардыы көрбүтэ, кыыс харахтара ууламмыт. — Мичил, эн миигин эмиэ бырастыы гын. Мин буруйум диэн, эн Леналыын билсэргэр баҕарбатаҕым. Дьиҥэр, мин эйигин олус күүппүтүм, — Маша уол куолаһа кэһиэҕирбититтэн, миигин таптыыр эбит дии санаата. Илиилэриттэн тутуһан олоро түстүлэр. Онтон дьэ сиһилии кэпсэтэн эрдэхтэринэ сиэстэрэ уолу ыҥырда. — Маша, өссө хайаан да көрсүөхпүт, – диэт, уол өрүһүспүттүү кыыска төлөпүөнүн нүөмэрин биэрдэ. Бэйэтэ эмиэ суруммута. Мичил ол көрсүһүүлэрин саныы сытар. Төлөпүөнүн экраныгар кыыс хаартыскатын туруорбутун тонолуппакка одуулуур. Кыыс, субу хамсанан, үҥкүүлээн барыахтыы туттан турар. Уол оҕо обургу, кыыс туһугар ханна сылдьыбатаҕа, ууга-уокка түспэтэҕэ баарай. Ол оннугар кинилэр тапталлара эрэй эҥэрдэнэн кытаатан, күүһүрэн иһиэҕэ. Мичил Машатын кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттэҕинэ санаата көнньүөрэн, тугу баҕарар кууһуох курдук буолар. Куоскатын таптаан ымманыйар, кимиэхэ эмэ үтүө тылы этиэн баҕарар. Маша миигин эмиэ, мин кинини саныырым курдук саныыра буолуо дуо, диэн уол бэйэтэ-бэйэтиттэн ыйытар. Икки өртүттэн итинник буоллар, дьэ дьиҥнээх таптал буолуо этэ диэн Мичил ыра санаалаах. Эбиитин аҕата кирэдьиит киирэн туран массыына атыыласпыт. Уол гарааска тахсан, массыына иһигэр Машата олорон иһэрин хараҕар оҥорон көрөр. Омук массыыната, нарын муусука, аттыгар кырасаабысса кыыс… Мичил мантан ордук дьол суох курдук саныыр. Уол дьиэтигэр киирэн ийэтиттэн ыйытар: — Ийээ, аҕам массыынатын миэхэ уларсыа дуо? Ийэтэ уолун сирийэн көрөр, уола кэнники кэмҥэ уларыйа быһыытыйбыт. Ким эдэр сылдьыбатаҕа баарай. Ийэтэ “суох ини, массыына ыытар бырабааҥ эҥин суох дии” диэри гынан баран оҕотун аһынан » Оттон тоойуом, дьиэ таһыгар эҥин, чугаска уларсар ини», — диэбитигэр Мичил оҕолуу үөрэн илиитин “лас” гына охсор. Ийэтин көтөҕөн ылан эргитиэн баҕарар. Бүгүн уолга үөрүүлээх күн. Машатыныын СМС нөҥүө да буоллар тапталга билиннилэр. “Мин эйигин таптыыбын” диэн баара-суоҕа үс тыл киһиэхэ хайдахтаах курдук истиҥник иһиллэрий… Бу үс тыл олоххун бүттүүн быһаарар курдук. Эт-этэ дьырылаан, үҥкүүлээн барыан баҕарар. Мичил эрдэ киинэҕэ эҥин көрөн, таптал диэннэриттэн сонньуйар этэ. Билигин тус бэйэтигэр тиийэн кэлбитэ үчүгэйин эриэхсит. Күндү ааҕааччым, эн эмиэ таптыыр киһилээҕиҥ буолуо. Эн эмиэ таптаа уонна таптат. Мичил уолга уостубат тапталы баҕарыах. Тапталын кыыма хаһан да сөҕүрүйбэккэ күөдьүйдүн.
edersaas.ru сайтан