Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!
K
edersaas.ru
Категорията суох
02.11.2020 11:18
Күн бэҕэһээҥҥэ диэри сүүрэ-көтө, кэпсэтэ-ипсэтэ, мэлдьи солото-бокуойа суох элэстэнэ сылдьыбыт үөлээннээҕим да буолбатар, бэккэ билэр, алтыһан кэлбит киһим, тыылыы тэбэн, өлөн таҥхайан сытар. Ньимиччи сыстыбыт уостарын хамсатан аны хаһан да саҥа таһаарбат, сабыллыбыт халтаһаларын атытан аны хаһан да утары көрбөт, түөһүгэр ууруммут чэрдийбит, мастыйбыт тарбахтардаах илиитин аны хаһан да дорооболоһо ууммат буолан сытаахтыыр. Уол оҕото, дьон тэҥинэн сылдьан үлэлээн-хамсаан, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буолан, бу ойор күннээх Орто дойдуга суолун-ииһин хаалларан, аны хаһан да эргиллибэттик бараахтаатаҕа… Хара дьайдаах хамсык дьаҥа хаһыытаппытынан харайда. Өлбүтү кытта өлбүт суох дииллэр. Арай былыр, өбүгэлэрбит тыйыс сокуоннарынан, баай, тойон киһи өллөҕүнэ кулут уолун үктэл оҥостон иинигэр тыыннаахтыы көмнөрөн илдьэ барара үһү. Оо, амырыынын, арах-арах… Дьиикэй да быһыы эбит. Оттон билигин, хаалбыттар түннүгүнэн чыычаах элэс гыммытыныы ааһа охсон хаалар олохпутугар олорон эрдэхпит. Сарсыарда аайы уһугуннахпытына, баар эбиппит, тыыннаах эбиппит диэн үөрээхтиибит. Түннүгүнэн чаҕылыйар күн сардаҥатыттан симириктээн, сибэккинэн симэммит тиэргэммитин өҥөйөн, харахтаах, көрөр эбиппит диэн астынабыт. Аарыма хатыҥмыт лабаатын суугунун, солко сэбирдэх сипсиэрин, тырыбынас чыычаах «чырыгын» истэммит, кулгаахтаах эбиппит диэн дуоһуйабыт. Уруккуну-хойуккуну өйдөөн-санаан, араас кыһалҕабытын ырытан-чуолкайдаан, атастарбытын-доҕотторбутун ааттан-суоллаан мэйиибит билигин да «буһарар», түөһэйэ иликпит диэн сэргэхсийэбит. Биэнсийэбит сыыһа килиэпкэ, арыыга, тооромос эт дуомугар тиийээхтиир. Уойар-сонуур куттал суох. Тыһыынчанан тысхаҥныыр, мөлүйүөнүнэн мөскөҥнүүр мунньунуубут, уурунуубут суох. Туох буолуой, «сыана түһүө, умайыа», уоруохтара-халыахтара диэн кыһаллыбаппыт, санаа-оноо оҥостубаппыт. Арахсаллар, холбоһоллор, кирэдьиит-ипэтиэкэ айдаана, оскуола, уһуйаан аймалҕана – ол аата оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Хааммытын салгыыр, ааппытын ааттатар ыччаттаахпыт. Дабылыанньабыт тахсар-түһэр, сүрэхпит бобута тутар, кымаахтыыр буолбута сааһырыыбыт, кырдьыыбыт туоһута буоллаҕа. «Эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Кылаабынайа, мөлтөөн-ахсаан биэримиэххэ, хамсык дьаҥар хам баттатымыахха, эйэлэһэн-бэринэн олорумуохха, ыһыктынымыахха. Санаабыт күүһүнэн, олоххо дьулуурбутунан кырыыстаах ыарыыны киэр илгиэххэ. Тахсар күнү уруйдуу, киирэр күнү айхаллыы сүһүөхпүт үрдүгэр сылдьыаҕыҥ. Сахалар баар-суох уолбут Битээлий Ондуруоһап барахсан айан, ыллаан хаалларбытыныы: «Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны!». Биэтэс Билээхэп, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан