Кэпсээ
Войти Регистрация

Киһи ытыктыы көрөр киһитэ этэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Киһи ытыктыы көрөр киһитэ этэ

K
edersaas.ru Категорията суох
21.10.2020 17:30
Платон ЛАМУТСКАЙ төрөөбүтэ 100 сылыгар. Мин Платон Ламутскай туһунан туох да киһини соһутары, уһулуччулааҕы суруйуом cуоҕa. Арай аан бастакы судургутук кэпсэппит поэтым, суруйааччым буоларын быһыытынан, кинини кытта алтыһан ааспыт түгэннэрбин ахтан аһарыам. Oл 1983 сыллаахха этэ. Мин caҥa үөрэххэ киирэн, кууруспун кытта Үөһээ Бүлүүгэ, Taahaҕap диэн сиргэ оттуу көтөөрү хаайтаран олорорум. Дьокуускай киин аэропордун үөһээ этээһин кэрийэ сылдьан көрдөхпүнэ, биир кыра уҥуохтаах, сэһэн-сэппэн хаата киһи быһылаах, дьэ, кэпсээн aйaҕa хам буолбакка олорор. Кини аттыгар атаарар чинчилээх, ачыкылаах, өрө тарааммыт ыас хара баттахтаах, эдэрчи киһи олорор. Лаппычах, кыырыктыйбыт баттахтаах, улахан төбөлөөх oҕонньор Далан кинигэтигэр сөптөөх фольклорнай источниктары туһаммытын, итинтэн ордук источник суоҕун уонна ааптар айымньытын салҕаатаҕына, Октябрьскай өрөбөлүүссүйэҕэ диэри суруйар кыахтааҕын эппитэ. Эдэрчитэ кинилиин сөбүлэһэн, источник аҕыйаҕын ахтыбыта. Мин кырдьаҕаһын, хаһыакка аахпыппынан, тэлэбиисэргэ элэс көрөн аһарбыппынан, Платон Ламутскай буоларын биллим. Оттон атаарааччыта, билигин санаатахпына, Андрей Васильевич Кривошапкин эбит. Кинилэр Далан «Тулаайах оҕотун» ырытыһа олорбуттар. Өйбөр «автограф ылыахха» диэн санаа киирдэ. Онон төттөрү аллараа этээскэ түһэн, ону-маны бэлиэтэниэм диэн ылбыт кыра кумааҕыбын үрүссээкпиттэн ылан, үөһэ таҕыстым. Дьонум сол кэпсэтэ олорор эбиттэр. Мин кинилэргэ чуо тиийэн дорооболоһоот: «Эһиги Платон Ламутскайгыт дуо?» — диэн ыйыттым. Оҕонньорум, ханнык киһи кэллэ диэбиттии, мин киммин өйдүү сатыырдыы, өрө көрөн таһаарда уонна: «Ээ», — диэн эҥээриттэ. Мин бэйэбин билиһиннэрдим уонна биир эмэ хоһоонун суруйан биэрэригэр көрдөстүм. Онуоха Платон Афанасьевич сонньуйда уонна: «Па, билигин ону хантан ылан суруйуомуй? Өйбөр туппаппын ээ», — диэтэ. Онтон Андрей Васильевич: «Оттон автографта баттаатаҕыҥ дии», — диэн эттэ. Оҕонньорум чочумча толкуйдаан ылла, ол кэннэ хоһооннуҥу быһыылаан тугу эрэ суруйда. Суруйан бүтээт, өрө көрөн таһаарда: «Тукаам, бэйэҥ ханнык оройуонтан сылдьаҕын?». «Уус Маайаттан», — диибин. «Ээ, Миитэрэй Апросимов дойдута буоллаҕа. Барахсан, үчүгэй да киһи этэ. Тыла-өһө сахалыы да буоллар, үчүгэйдик суруйар этэ… уонна сорох суруйааччылардааҕар тылы-өһү да үчүгэйдик билэрэ. Хаарыан киһи эдэригэр өллөҕө. Мин кини туһунан ахтыы оҥорбутум. Араадьыйаҕа бу ый ортотун диэки биэрэллэрэ буолуо. Ону истээр». Мин өс киирбэх «ээх» диэтим уонна дьиэбэр кини «Гянул осикатал» диэн кинигэтэ баарын аҕынным. Oҕонньop: «Эбээннии билэҕин дуо?» — диэн ыйытта. «Суох», — диэн хардардым. «Ээ, оннук буолумна. Биһиги хотугу норуоттар иэдээммит онно сытар. Ааҕааччыбыт аҕыйах», — диэт, автографтаах илииһин уунна. Мин баһыыбалаан баран, үөрэн-көтөн, оҕолорбор тиийэн көрдөрдүм. Сорох-сорохтор эмиэ автограф баттатаары өндөҥөлөөн көрөн баран тохтоотулар. Хомойуох иһин, Платон Афанасьевич ол балаҕан ыйынааҕы ахтыытын истибэтэҕим. Онтон автограбар илиис биир сирэйигэр маннык суруйбут этэ: «ЕВСЕЙГЭ Дьэ, кыһалҕа эбит Устар ууну сомоҕолообот Аэробакзал куйдаана Өйү-төйү аралдьытан Муҥнаабыта кыһыытыан. Һиилус, Һиилус Эскэн оодьин. Платон ЛАМУТСКАЙ (автограф). 01.09.1983 с. г. Якутск». Илиис биир
сирэйигэр аадырыһын суруйбут этэ. Кэлин, мин Платон Ламутскайы А.С.Пушкин аатынан бибилэтиэкэҕэ сылдьарын хаста да көрбүтүм. Ол эрээри кинини кытта кэпсэтэр тоҕоостоох түгэн cyoҕa. Фойеҕа сынньанар кэмигэр мэлдьи дьону кытта сэлэһэ олорор буолааччы. Биир күн соҕотоҕун кириэһилэҕэ тахсан сынньана олороругар түбэһиннэрэн, дорооболоһон, кэпсэттим. Oҕонньop миигин умнубут этэ. Саҥаттан санатыһан, өйдөһөн, тугу суруйа сылдьарын ыйыттым: — Бу куоракка көһөн киирээри сылдьабын. Саҥa дьиэ биэрдилэр. Бэйэм бу эбээннэр тустарынан этнографическай матырыйаалы хасыһан, «романна суруй» диэн сорудахтаабыттарын иһин, ону суруйаары, үлэлии сылдьабын. Ону бүтэрдэрбин эрэ, сынньаныллыа этэ, — диэбитэ. Ол курдук быстах буолары буолбаты кэпсэтээт, саалаларбытыгар арахсыбыппыт. Ол кэннэ сылтан ордук буолан баран, кини өлбүтүн кэннэ, «Сир иччитэ» этнографическай романа бэчээттэнэн тахсыбыта. Ламутскайдар-Степановтар династиялара. Тиһэх автограф 1985 сыл сайыныгар мин Муомаҕа сылдьан, Сааһыыр музейыгар Платон Ламутскай литературнай-историческай суолталаах Н.С.Тарабукин диэн эбээн поэтын туһунан суруйбутун аахпытым уонна бэртээхэй ахтыы эбит дии санаабытым. Соло уонна сөптөөх усулуобуйа суох буолан, ол ахтыыны устан суруммакка хаалбытым. Куһаҕана диэн, ахтыы чэрэниилэнэн суруллубут этэ. Онон үрдүгэр уу таммалаабыта буукубаларын суурайан эрэрэ. Дьиэ бэйэтэ эргэрэн, ардахтаах уу курдары aahap эбит этэ. Ону музей сэбиэдиссэйэ Александр Дегтяревка ахтыылары кураанах сиргэ уурууһуккун диэбитим. Киһим көрүөх-харайыах буолан хаалбыта. Кинилиин суруйсуох буолан арахсыбыппыт. Нөҥүө сыл күһүнүгэр быһыылааҕа, Александр Михайловичтан сурук кэллэ: «Платон Ламутскайы булан, кинигэлэригэр илии баттатан ыыт», — диэн. Мин хайа түгэҥҥэ эбитэ буолла, Е.П. Шестаковтан-Эрчимэнтэн Платон Афанасьевич балыыһаҕа сытарын туһунан истибитим. Онон бэрт тиэтэлинэн «Күнү батыстым» диэн кинигэлэрин атыылаһан, Дзержинскэй уулуссаҕа баар мас балыыһаҕа ыстанным. Тиийэрбин кытта, сиэстэрэлэр хоту дойду уола кэллэ дии санаатылар быһыылаах, өр туппакка, тургэнник xohyгap утаардылар. Киирбитим, хас да киһи сэлэһэ олорор эбит. Платон Афанасьевич бэйэтэ балыыһа таҥастаах оронугар олорор. Мин суhaл соруктаах киһи быһыытынан, дорооболоһоот, Ламутскайга дьулуруйдум, сорукпун эттим. Оҕонньорум ону истээт: «Ээ, Дегтяреву билэбин, хаста да эппитэ, суруйбута. Чэ, ону барытын бэйэм бу балыыһаттан тахсан баран ыытыам». Мин: «Оччоҕо бу кинигэлэргэ бэйэҥ автографтаргын баттаа», — диэтим. Биири «Сааһыырга», ис хоһооно «Күнү батыһыҥ» диэн суруйан биэрдэ. «Чэ, маны ыыт, уоннааҕытын бэйэм ыытыам. Инньэ диэн суруй», — диэтэ. Мин иккис кинигэни бэйэбэр суруйан биэрэригэр көрдөстүм. «Туох диэн суруйуох баҕайыбыный?” диэн мунааран, хамсаабакка олордо. Онуоха эттим: «Чэ, бу курдук суруй. Кэлэр өттүгэр баҕара санаан: «Уус-Маайа оройуонун Күп нэһилиэгин хотугу норуоттарын литературнай музейыгар ааптартан» диэ». Оҕонньорум туох диэн иһигэр санаабыта буолла. Тус бэйэм симиттэн, кыбыстан ылбытым. Ол эрээри, тoҕo эрэ, кэлин маннык музей баар буоларыгар бигэтик эрэммитим. Оҕонньорум төһө да оннук музей cyoҕун иһин, хоһооннорун хомуурунньугар эппиппин суруйан баран, «Якутск, 5.11.86» диэн туруоран туттарда. Мин сорукпун сиппит киһи быһыытынан, быраһаайдаһан, тахсан
бардым. Ити кэнниттэн, биир күн «Сэргэлээх уоттара» устудьуоннар литературнай түмсүүлэрин сэргэх киэһэтин уочараттаах ырытыһыыта саҕаламмыта. Саҥа салайааччы Анатолий Старостин литературнай олох сонуннарын иһитиннэрдэ уонна түмүгэр: «Бүгүн сарсыарда Платон Ламутскай өллө, сарсын «Гражданпроекка» баар, Нуучча драмтеатрын саалатыгар быраһаайдаһыы буолар», — диэтэ. Соһуйааччы соһуйда, сэҥээрбэтэх сэҥээрбэтэ. Оннук дьэ, саҥа айымньылары ырытыһан, Эрчимэн этэринии, «кумахтаан» бардыбыт. Ол киэһэни быһа Платон Ламутскай мин төбөбүттэн тахсыбата. Миэхэ бүөмчү сиргэ олорон кини туһунан санаа атастаһар санаа киирбитэ эрээри, оннук дьүөрэлэһэр киһи көстүбэтэҕэ. Сарсыныгар күнүс 12 чаастан «Гражданпроекка» атаарыыга бардым. Тиийбитим, биир билбэт киһим нууччалыы тыл этэ турар. Дьон тоҕуоpyhaн, элбэхтэрэ. Суруйааччылар, чугас дьоно чочумча буола-буола Платон Афанасьевич хоруобун аттыгар кэлэн солбуйсан тураллар. Aҕa көлүөнэ суруйааччылартан Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон бааллара. Билэр дьоммуттан В.С.Соловьев-Болот Боотур, Жанна Карумовна Лебедева тыл эппиттэрэ. Онтон быраһаайдаһыы миитинин сабан, дьэ, бырастыылаһыы буолла. Күнү утары эргийэн Платон Афанасьевиһы тиийэн көрбүтүм: урукку кыһыл, сырдык бэйэтэ туртайан, хараҕын симэн сытара. Убаҕас да буоллар, сэҥийэтигэр бытыктара бытыгыраабыт этилэрэ. Мин испэр бырастыылаһан баран, тиһэх автограф ылбыппын санаабытым. Ол курдук быраһаайдаһан, тахсан барбытым. Дьэ, ити курдук, Платон Ламутскайы судургу, элэккэй, ураты, киһи ытыгылыы көрөр киһитин быһыытынан өйдөөн хаалбыппын. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан Евсей ЛУГИНОВ, Уус Маайа. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан