Кэпсээ
Войти Регистрация

Полина-Победа: «Ийэм кэриэһигэр хоһооннорум»…

Главная / Кэпсээн арааһа / Полина-Победа: «Ийэм кэриэһигэр хоһооннорум»…

K
edersaas.ru Категорията суох
18.10.2020 13:13
Ийэтэ суох киһи диэн суох. Хайа да балаһыанньаҕа ийэлээх буоламмыт күн сирин көрдөхпүт. edersaas.ru, Полина Находкина Мин да бэйэм эбээ буолан олорон ийэбин санаан ылар түгэним элбэх. Ийэм Анна Акимовна Охлопкова диэн. Ийэм 12 саастааҕар ийэтэ, 15 саастааҕар аҕата өлбүттэр. Быраатын таайдара, кыра балтын детдомҥа ылбыттар. Ийэм үөрэнэр кыаҕа бүтэн ыалларга хотоҥҥо, дьиэҕэ үлэлэһэн сааһын сиппит. Айылҕаттан бэриллибит тарбаҕын талаанынан иистэнэ үөрэммит. Үлэ быыһыгар элбэх ииһи иистэммитэ. Биһигини тигэн, баайан, ынах, сылгы тыһын имитэн унтуулаан, бэргэһэлээн, андаатар тириитин таҥастаан куртка, шуба араастаан ойуулаан тигэрэ. Ону таһынан быысапката, оҕуруота, истиэнэҕэ ыйанар сыалай көбүөрдэри тигэрэ. Оччотооҕу кэмҥэ билиҥҥи курдук пропаганда да, иистэнэр матырыйаал да дэлэйэ суоҕа. Сүрэҕин баҕатынан, баай фантазиятынан арааһы барытын тигэрэ. Барыта үлэтин, дьиэтээҕи түбүгүн, сүөһүтүн таһынан ийэм дьон сөҕөр гына 4-5 поэмалары өйүттэн ааҕара, ону таһынан хоһооннору билэрэ. Улуустааҕы художественнай самодеятельность солбуллубат кыттыылааҕа, кыайыылааҕа буолара. Бөһүөлэккэ «Өйдөөх эбээ» диэн ааттыыллара. Мин ийэбин 70 сааһыгар бэлэх оҥорон эдэр сааһым ааспыт Омскай куоратыгар илдьэн күүлэйдэтэн аҕалбытым, үтүө табаарыстарбын билиһиннэрбитим, ыалдьыттаппытым. Цииркэҕэ, зоопааркаҕа, улахан куорат пааркатыгар сырытыннарбытым. Онтукатын хара өлүөр диэри үөрэ кэпсиирэ, астынара. «Кырдьаҕас саха эмээхсинин Омскай нууччалара сыллаабыттара» диэн үөрэрэ, күллэрэрэ. Ийэм 82 сааһыгар икки ый тиийбэтэҕэ. Ийэм хоһоону кистээн бэркэ суруйар эбит этэ. 10 кылааска уоран аахпыппын билэн хоһоонноох тэтэрээтин уокка бырахпыта. Былыргы дьон кэнэн, кыбыстанньаҥ буолаллара. Мин бэйэм кини бу сиртэн бараатын кытта хоһоону суруйарбын саҕалаабытым. Бэйэм саныырбынан киниэхэ сүр баттата сылдьыбыт быһыылааҕым. ИЙЭМ КЭРИЭҺИГЭР ХОҺООННОРУМ Тиһэх суолгар тириэртим, Атын сиргэ атаардым, Үс күрдьэх буор бырахтым, Быдан сылга быраһаайдастым. Дьиэбэр кэлэн бараммын Чэйгэ ыҥырыах курдукпун, Туоххаһыйда, тулаайахсыйда Тулам миэнэ барыта. Олох сокуона кытаанах, Ону тумнар кыахпыт суох — Кэлбит киһи төннүөхтээх, Симэлийэн сүтүөхтээх. Хаама, саҥара сылдьара Кырдьык сүтэр бу сиртэн, Оттон кини дууһата Өлбөт-сүппэт бу сиртэн. Кини элбэх оҕолоох, Кини элбэх сиэннэрдээх, Кинилэргэ бэриллиэ Ийэм кэрэ дууһата. Сатабыла-дьоҕура Салгыы сайда туруоҕа, Хоһоон таптыыр идэтэ Хатылана туруоҕа. Ити кини ситиитэ, Ити кини кыайыыта! Мээнэ сиргэ олорботох Туоһутунан буолуоҕа. 02.12.2001 с. ТИҺЭХ ЧЭЙИҤ Тиһэх чэйгин испэккэ Ньимийбитэ уостарыҥ, Бүтюр кэмиҥ кэлбитин Билбит эбит буоллаҕыҥ. Тохтуу түһэн бараммын Хоскор хаттаан киирбитим Букатыннаах дойдугар Барбыт этэ эн дууһаҥ. Ыарыыгыттан арахсан Мичээрдээбит курдугуҥ, Уоскуйбуттуу налыйан Утуйбуттуу сытарыҥ. «Ок сиэ, тугун түргэнэй!- Санаа кылам гыммыта: Сибилигин баарыҥ дии, Сибилигин суох буолкун». Соһуйбучча мээнэнэн Чэйгин тутан турбутум, Аны чааскыҥ даҕаны Сулууспалаан бүттэҕэ. Тиһэх чэйиҥ остуолга Туран хаалта тулаайах, Өйүм-санаам кураанах Тахсыбытым хоскуттан… ЭН ТАПТЫЫР СИБЭККИҤ /Ийэм кэриэһигэр/ Эн таптыыр сибэккиҥ Олбуорга тыллыбыт, Эн суоххун билбиттии Төбөтүн хоҥкуппут. Сибэкки үйэтэ Кылгаһын сөҕөрүҥ, Онтугун кэмигэр Иккистээн хат
тыллар. Күһүнүн хатыҥ мас Көмүһүн суйдуурун Харааста көрөрүҥ, Сайыһа хааларыҥ. Онтугуҥ кэмигэр Иккистээн хат тыллар, Сэбирдэх симэҕин Симэнэн киэркэйэр Ол аата айылҕа Харыстыыр кэриэтэ Кэминэн утутар, Кэминэн тириэрэр. Арай дуу бу сиргэ Иккистээн эргийбэт, Хат кэлэн тыллыбат Дьон-сэргэ олоҕо. Биир кэмҥэ олорон, Үлэҕэ эриллэн Бүппүт дии олоҕуҥ, Быстыбыт эн дууһаҥ. Эн таптыыр сибэккиҥ Олбуорга тыллыбыт, Эйиигин санатан Саҥата суох үүммүт… Полина-Победа, Уус Алдан
edersaas.ru сайтан