Кэпсээ
Войти Регистрация

ТУРГУТУУ (Кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / ТУРГУТУУ (Кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
20.08.2024 10:30
(Кэпсээнтэн быһа тардыы)  Ньургун улахан спортсмен буолар баҕа санаалааҕа. Оҕо сааһыттан спордунан дьарыктаммыта. Тустууга, боксаҕа, хамаанданан оонньууга дьоҕурдааҕа алын кылааска үөрэнэ сырыттаҕына биллибитэ. Спорт туһунан хаһыаттары суруйтаран ааҕара, дойду, өрөспүүбүлүкэ спортсменнарын, олимпиада чемпионнарын, хоккейга сүүмэрдэммит хамаанда бары спортсменнарын туһунан биэс тарбаҕын курдук билэрэ. Орто кылаастарга үөрэнэ сылдьан, “Сэбиэскэй спорт” хаһыакка почтаҕа тиийэн, анаан-минээн суруйтаран баран, хаһыата хаһан кэлэрин кэтэһэн биэрэрэ. Кинилэргэ киинтэн почта мунньуллан баран кэлээччи. Өйдүүр ээ, почтальон кэлэрин кэтэһэн, олбуорун үс бүтэйдээх маһыгар тахсан лэкэйэн олорорун. Почтальон Дьэлиэнэ кинилэр диэки кэлэн иһэрин көрдөҕүнэ, тулуйбакка, утары сүүрэн тиийэрэ. Дьиэтигэр сибиэһэй хаһыаттары көтөх муҥунан киллэрэрэ. Типография кырааскатын сытынан дыргыйан, саҥа хаһыат сыттыын үчүгэй буолара! Тугу барытын умнан туран, спорт сонунун утаппыттыы ааҕара. Аатырар спортсменнар ситиһиилэрин, кыайыыларын, хотторууларын түмүгүн киллэрэн, анал сурунар тэтэрээтигэр бэлиэтээһиннэри оҥорон иһэрэ. Почта кэлбит күнүгэр ийэлиин-аҕалыын, оҕолордуун ‒ бары улахан төгүрүк остуол тула олорон ким хаһыат, ким сурунаал ааҕара. Дьиэ ортотугар турар оһох оттуллан, мас тыһыргыыра, иэримэ дьиэ чуумпу сылааһынан угуттуура. Кини кыра кылаастарга үөрэнэригэр уҥуоҕунан кыра этэ, физкультураҕа кэнникиттэн иккис турара. “Бу уол ийэтин курдук кыра буолууһу”, ‒ диэтэхтэринэ өһүргэнэрэ. Улаата сатаан, тиэргэнигэр аҕата оҥорон биэрбит турнигар ыйанан турара, устунан тардынар буолбута, сотору бэйэтэ да билбэтинэн этэ-сиинэ бөҕөргөөн барбыта, кылааһыгар тардыныыга кими да киһилээбэт буолбута. Кинини физкультура учуутала тута бэлиэтии көрөн, тустууга анаан үөрэтэн барбыта. ‒ Эн спорка барсар хадаар майгылааххын. Бэйэтигэр эрэллээх, ааһарга-кыраҕа аралдьыйбакка, инники сыал туһугар эрчиллэр эрэ киһи ситиһиилээх буолар. Спорт диэн үлэ. Төһөлөөх айылҕаттан дьоҕурдаах дьон дьулуурдара тиийбэтиттэн спортан туораабыттарай? Онон эн тустуунан кытаанахтык дьарыктан, инникитин күүскэ тахсар кыахтааххын. Иван Афанасьевич диэн физкультура учууталынан саҥа ананан кэлбит киһи эппит тылын умнубат. Уол Роман Дмитриев, Павел Пинигин курдук аатырбыт олимпийскай чемпионнар холобурдарыгар улааппыта. Ньургун, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, оройуоҥҥа биллэр биир бастыҥ тустуук буолбута. Сотору өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүүр биир тарбахха баттанар кэскиллээх бөҕөс буола үүммүтэ. Өрөспүүбүлүкэ тренердэрэ: “Миэхэ дьарыктан”, ‒ диэн ыҥыраллара. Үрдүкү кылааска тахсыбытыгар учуутала: “Чурапчы спорт оскуолатыгар баран үөрэн, онтон кынат үүннэрэн, хонноҕуҥ аһыллыа”, ‒ диэбитэ. Кини күүстээх тренердэргэ эрчиллиэн, бэйэтин курдук спорт диэн баран муннукка ытаабыт уолаттары кытта бииргэ дьарыктаныан олус баҕарара. Улаатан эрэ эдэр киһи күн аайы этэ-сиинэ ураты күүһүнэн туоларын билэрэ. Быччыҥнара быыппастан тахсыах курдук күүрэллэрэ, сиртэн мээчик курдук тэйэн хаамар буолан хаалбыта. Киһи этэ-сиинэ дьикти буолар эбит. Күүстээх эрчиллии киһини тосту уларытар, быччыҥнара, махтаммыттыы, эр бэрдин кэрэ көрүҥнүүр гына, санныгар, илиитигэр быыппаста күүрэн, атахтара күүһүрэн, киһи хараҕа хайгыы көрөр ыччата буола улааппыта. Уҥуоҕунан эмискэ улаатан, үрдүкү кылааска тахсан баран, инникиттэн иккис турар буолбута. Кини ыас хара хойуу баттаҕын өрө анньына сылдьар, кэлин, тустарыгар мэһэйдээбэтин диэн, кылгас гына кырыйтарар, хойуу хаастарын аннынан оттомноохтук төгүрүччү көрбүт сырдык бороҥ өҥнөөх харахтаах, ыраас маҥан сирэйдээх, көнө дьылыгыр уҥуохтаах. Атын оройуоҥҥа күрэхтэһэ дуу, эрчиллии хомууругар дуу бардаҕына сытыы кыргыттар сүгүн хаамтарбаттара. Ньургуҥҥа буоллаҕына спортан атын туох да наадата суоҕа. ‒ Маама, миэхэ учууталым Иван Афанасьевич Чурапчыга спорт оскуолатыгар үөрэнэ барыаҥ этэ диэн сүбэлиир, ‒ диэн биир киэһэ чэйдии олорон ийэтигэр эппитэ. ‒ Оттон биһиги хайдах олоробут, тоойуом? Сүөһүнү эһэр буоллахпыт дии оччоҕо. Ким миэхэ көмөлөһүөй? Сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри дьыссаакка үлэлиибин дии, хамнас наада. Кыргыттар кыралар… ‒ Билэбин ээ… Өскүөрүтүн эттим… Ньургун өйдөөбөтө кэлиэ дуо? Баҕалаах спордунан дьарыктанара аҕалара күн сириттэн күрэниэҕиттэн ыараабыта. Кини тапталлаах аҕата маҕаһыыннарга таһаҕас тиэйэр суоппар этэ. Баран-кэлэн, киирэн-тахсан сытыы-хотуу киһи дьиэтин-уотун бүтүннүү тутан, көрөн-истэн олорбута. Сотору-сотору ыраах айаҥҥа барара. ‒ Ньургун, мин оннубар, эр киһи, эн хаһаайын буолан хаалаҕын, ‒ аҕата командировкаҕа барарыгар этэр тылларын бу баардыы өйдүүр. Ньургун кыра сааһыттан дьиэ кэргэнигэр эппиэтинэстээх буоларын билэн улааппыта. Дьиэ тас үлэтэ, муус-мас бэлэмнээһинэ, оһоҕу оттуу, хотон сааҕын ыраастааһын, сүөһүнү аһатыы, уулатыы ‒ кини эбээһинэһэ этэ. Оскуолаттан кэлэн, эбээтэ бэлэмнээбит ураты минньигэс миинин иһээт, таһырдьа тахсан үлэлиирэ. Ол кэнниттэн спорт саалатыгар ойоро. Ньургун тоҕо эрэ “үлэм элбэх, тоҕо атын оҕолор курдук киэһэлик киинэҕэ дуу, көннөрү дьаарбайа дуу барбаппыный…” дии санаабат даҕаны этэ. Арааһа, итиннэ эбээтин иитиитэ оруоллаах буолуон сөп. Кини эбээтэ Мотуруона ‒ ураты дьаһаллаах, мындыр өйдөөх, сахалыы сиэрдээх, ыраас санаалаах киһи. Кинилэр дьиэлэригэр ыалдьыт-хоноһо сөбүлээн сылдьара. Аймахтара, аймахтарын доҕотторо, кинилэр табаарыстара… Эбээлэрэ киирбит киһинии чэйдэппэккэ ыыппат. Кини улахан алтан сылабаара мэлдьи сылаас буолар, үрүҥ чаанньыгар сибиэһэй чэй көөнньөн турар. Сарсыардаттан Ньургун оттубут оһоҕор күөс ууруллар, килиэп дуу, алаадьы дуу саһарчы буһар. Эбээ Мотуруона буһарар сахалыы миинэ ураты минньигэс. ‒ Уҥуохтаах эти уһуннук буһарыллар баҕайыта, кырата балтараа чаас. Эт төбүрэҕүн холбуйан ыла туруллуохтаах, оччоҕо миин дьэп-дьэҥкир буолар. Күөстэн илиини араарбакка буһардахха үчүгэй. Сүүрэ сылдьан астаатаххына, пахай, төбүрэххин куоттарыаҥ дии, дьэ, оччоҕо, мииниҥ мэлийэр, ‒ ас астыы туран, эбээтэ аа-дьуо этэр буолара. Ньургун кэлин, ыал аҕата буолан баран, эбээтин курдук миини буһарар. Миинин кэргэнигэр Айыынаҕа да итэҕэйбэт, бэйэтэ арахсыбакка туран буһарарын астынар. Кинилэр олохторо аҕалара баар эрдээтээҥҥи уонна кэлиҥҥи диэҥҥэ арахсыбыта. Ыал туллар тутаах киһитин ким толуйуо баарай? Урут аҕалара баарыгар ампаардара этинэн, булт аһынан толору буолара. Ньургун кэлин дьиибэргии саныыр. Бөһүөлэк дьоно ким суумка, ким куул тутуурдаах ас ыла кэлээччилэр. Ону дьиэлээхтэр тахсан, бэйэлэрэ да үллэрэн-өлүүлээн биэрбэттэр. “Ампаартан киирэн ылыҥ”, ‒ диэн буолар. Ким төһөнү ылара көҥүл курдук. Биирдэ даҕаны ким эрэ ордук элбэҕи ылбыт, эппит аҕыйаары гыммыт диэн кэпсэтии тахса сылдьыбытын истибэтэҕэ. Арааһа, оннук элбэх булт аһа баара эбитэ дуу. Кинилэр аҕаларыгар Баһылайга күүстэринэн-уохтарынан, байанайдаах бултарынан чугаһынан тэҥнэһэр киһи суоҕа. Бүлүү эбэ ыанньыйан улуутуйан турар кэмигэр кини харбаан туораан баран сынньаммакка тута төттөрү кэлэрэ үһү. Саас-күһүн таһаҕастаах бааржалар кэллэхтэринэ бөһүөлэк дьоно таһаҕас тиэйиитигэр үлэлииллэрэ. Ньургун аҕата ‒ бастыҥ куруусчут. Иккилии куул бурдугу биирдэ сүгэрин дьон сөҕөн-махтайан кэпсэтэрин киэн тутта истээччи. Кыра сылдьан, аҕам курдук күүстээх буолуом дии саныыра. Эбээтэ киниэхэ уонна аҕатыгар биир таҥастан ырбаахы тигэрэ. Күөх килиэккэ ырбаахылаах иккиэн баралларын-кэлэллэрин бу курдук өйдүүр. Аҕатын кэнниттэн саппай уопсан биэрэрэ. Аҕата баар эрдэҕинэ кинилэргэ бастакынан араас таҥас-сап, ас минньигэһэ баар буолара. Таһаҕас тиэйэр буолан, элбэхтик киин сиргэ айанныыра. Аҕалара ыраах айантан үөрэн, күлэн-салан, кэпсээн-ипсээн киирэн кэллэҕинэ иһийэн турбут дьиэлэрэ биирдэ олоҕунан туола түһэрэ. Барыларыгар ааҕа кэһиилээх буолар. Биирдэ куораттан мороженай аҕалан турар. Оннук сакалааттаах ураты минньигэс амтаннаах мороженайы кини кэлин сиэн көрө илик. Оҕо сааһын амтанын билээри, ардыгар, ол кэмнээҕи диэбит кэмпиэтин эбэтэр мороженайын атыылаһааччы даҕаны, оннук ураты минньигэс амтаны булбат. Арааһа, ол ‒ оҕо саас дьоллоох амтана. ‒ Ол биһиги кыра эрдэхпитинэ СССР кэмигэр ГОСТ-ка эппиэттиир гына албына суох, үчүгэй бородууктаттан астыыллар этэ, ол иһин кырдьык барыта ураты минньигэс, амтаннаах буолара. Билигин арааһы булкуйан оҥороллор. Барыс эрэ ылар туһугар астыыллар, дьон доруобуйатыгар даарым даҕаны наадыйбаттар. Барыта албын ас, көрүнньүк таҥас-сап. Дьон да майгыта онуоха ханыылыы буолан иһэр, ‒ Айыына сүр билэрдик быһа бааччы быһаарар. Кырдьыга да оннук. Ньургун бэһис кылааска үөрэнэ сырыттаҕына аҕата эмискэ улаханнык ыалдьыбыта. Кини наар баар буолуох курдуга. Саамай күүстээх. Саамай өйдөөх. Саамай сатабыллаах. Арай биир күһүҥҥү күн аҕалара сытынан кэбиспитэ. Хоһугар оҕолор киирэллэрин боппуттара. Биир киэһэ Ньургун аҕата сытар хоһугар киирбитэ. Кини улахан бэйэлээх, наар күлэн уоһа ыпсыбат, үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн сырдыгынан сыдьаайа сылдьар бу күн сиригэр баар саамай күндү киһитэ атын баҕайы көрүҥнэнэн хаалбыт этэ. Ньургун аҕатын атыҥырыы көрбүтэ. Аҕата хайдах эрэ уостан хаалбыт харахтаммыт. Уолун билэн, хатан хаалбыт уоһун нэһиилэ өһүлэн тугу эрэ этээри гынар курдук гыммыта даҕаны саҥата иһиттэн тахсыбатаҕа. Биллэр-биллибэттик илиитин хамсатан ыҥырбытыгар Ньургун, аҕатын таһыгар тиийэн, аттыгар турар олоппоско олорбута. Аҕата уолун өйдөөн хаалардыы дуу эбэтэр тугу эрэ этээри гыммыттыы дуу өр тонолуппакка көрөн сыппыта. Ол көрүүттэн Ньургун элбэҕи өйдөөбүтэ. “Аҕаа, мин улахан киһибин, ийэлээх эбээбэр көмөлөһүөм, балтыларбын көмүскүү сылдьыам”, ‒ диэхтээбитэ уолчаан. Аҕата, ону эрэ кэтэһэ сыппыт киһилии, сымнаабыт хараҕынан көрөн баран, хараҕын симпитэ. Ол кини аҕатын кытта тиһэх көрсүһүүтэ этэ… Ол түүн аҕаларын балыыһаҕа илдьибиттэрэ. Тоҕо ыалдьаатын кытта тута балыыһаҕа киллэрбэтэхтэрин кини өйдөөбөт. Арааһа, аҕата туох иһин буолумматаҕа буолуо. Ийэлэрэ буоллаҕына хаһан даҕаны кини тылыттан тахсыбат идэлээх. Кинилэр аҕалара тумуулаан да көрбөт этэ. Арай биирдэ сааҕа дэҥнэммиттээх. Саас эрдэлээбит дьыла этэ. Күн сырылатан сайыҥҥылыы тыгара, сарайтан таммахтар тохтоло суох чаккырыыллар, чыычаахтар сандал сааһы уруйдаан чырып-чап тойугун түһэрбиттэр, ыаллар кыстык бөхтөрүн ыраастаан, оту-маһы уматан түптэлииллэр. Уһун, будулҕан тымныылаах кыһыны солбуйар чаҕылхай саас барахсан киһи эрэ сүргэтин көтөҕөр! Ньургун оскуолатыттан кэлэн, дьарыктана бараары, дьонун кытта чэйдии олордоҕуна, киирэр аан аа-дьуо аһыллыбыта, аҕатын төбөтө быган ылбыта. Ньургун, аҕатын кытта наар биир куомун буолар киһи, туох эрэ буолбутун тута сэрэйэн, саҥата суох таһырдьа ойон тахсыбыта. Арай, көрбүтэ, аҕатын түөһэ хаан билик. Ньургун ыксаан хаалла, хайдах да буолуон билиминэ биир кэм: “Хайа, аҕаа, бу туох буоллуҥ?!.” ‒ диэмэхтээбитэ. “Ээ, куттаныма, доҕор, бу көннөрү бааһырыы эрэ. Эбээҕиттэн кистээн ийэҕэр эт, мин ампаарга баар буолуом”, ‒ диэбитэ. Буулдьа, хата, этигэр киирбэккэ, сыыра сотон ааспыт этэ, онон ол сааттан дэҥнэниитэ чып кистэлэҥинэн оннук ааспыта. Оччолорго уолчааҥҥа кини аҕата саалаахха-саадахтаахха да бэриммэт күүстээх да киһи диэн өйдөбүл бигэтик киирбитэ. Кини, төһө даҕаны аҕата мөлтөөбүтүн көрдөр, балыыһаҕа быраастар эмтээн үтүөрдүөхтэрэ диэн эрэммитэ. Оннук хас даҕаны хонук ааспыта. Арай биир сарсыарда ийэлэрэ ыгылыйан-ыксаан ахан кэлбитэ. Түгэх хоско киирэн, эбээлэрин кытта тугу эрэ кэпсэппиттэрэ. Ийэтэ уолун хараҕын таба көрбөт, санаата ыһыллыбыт, барыах-кэлиэх сирин билбэт киһи курдук буолбут этэ. Тоҕо баран, улаханнык ытаары гына-гына, нэһиилэ туттунара биллибитэ. Уолчаан сүрэҕин оҕото иэдээн буолбутун сэрэйэн, ыарыылаахтык толугуруу мөхсүбүтэ. Аа-дьуо хоһугар киирэн, оронун кытыытыгар суккуллан олорбута. Айталина Никифорова, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын  чилиэнэ. Кэпсээн «Көрүнньүк олох көлдьүнэ» кинигэттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан