Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Оо, туруйа, туруйа, бырастыы…

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Оо, туруйа, туруйа, бырастыы…

K
edersaas.ru Категорията суох
21.08.2024 12:53
Бүгүн Сүөкүлэ эмээхсин, мэлдьи буоларыныы, олбуорун таһыгар баар сиргэ тимириэхчэ буолбут кыракый ыскаамыйатыгар тахсан олордо. Бу ыскаамыйа хаһаайкатын курдук эмиэ элбэх да саастаах. Хаһааҥҥы эрэ от күөх кырааската онон-манан эрэ ордоохтообут. Элбэх сыл-хонук ардаҕа-хаара суурайдаҕа, күнүн уота тэһэ көрдөҕө. Бу ыскаамыйаҕа Сүөкүлэ эдьиийдэрэ, элбэх дьүөгэлэрэ кэлэ-бара олорон сынньанан, сэлэһэ түһэн ааһаллара. Онон бу кырдьаҕас ыскаамыйа барахсан элбэх да сонуну-нуомаһы, кистэлэҥи да истэн, иҥэринэн баччаҕа кэлээхтээтэҕэ. Сүөкүлэ бу Тэтиҥнээх диэн кыракый дэриэбинэ саамай кырдьаҕас төрүт олохтооҕо, аныгылыы эттэххэ “аксакаала” буолар. Хомойуох иһин, кини саастыылаахтара бары өбүгэлэригэр аттаммыттара ыраатта. Эдэригэр хомсомуол, баартыйа иилиир-саҕалыыр үлэтигэр өрө миккиллэн, кини ыараханнык эриллибит суорунатыгар тардыллан, буһуу-хатыы дьиҥнээх оскуолатын ааспыт киһи кини, бу Сүөкүлэ кырдьаҕас буоллаҕа. Саамай сытыы-хотуу, эппит-тыыммыт, турбут-олорбут улахан актыбыыс бэрдэ кыыс этэ. Сүөкүлэ Уйбаанабыната суох, саараама, биир мунньах, биир биэчэр, биир кэнсиэр буолбата. Ол бэйэтэ билигин сорсуйан, бытааран, эмэҕирбит кырдьаҕас аарыма тиит курдук сөҥөн, чуумпуран, хаҕа эрэ хаалан, бу хапсыйан- харбыллан олороохтоотоҕо. Төрөөбүт дэриэбинэтин билиҥҥи олохтоохторун үгүстэрин эбэлэрин-эһэлэрин, аҕаларын-ийэлэрин кытта ахсыы билсэн, доҕордоһон, кистэлэҥнэрин хобугунаһан, оонньоон-көрүлээн ааспыта кини санаатыгар бэрт соторутааҥҥыта эрэ курдуга эбээт… Дьэ маны этэн эрдэхтэрэ “киһи олоҕо чыычаах түннүгүнэн элэс гына көтөн ааһарын тэҥэ” диэн. Сүөкүлэ уулусса илин өттүттэн сүрдээх түргэнник, онно-манна үктээн эдэрчи дьахтар иһэрин чарапчыланан одууласта. Ээ, Сүөкүлэ тастыҥ эдьиийин аах аттыларыгар олорбут Лөкүөрүйэ кыыһа Лууба эбит. Хап-хатыҥыр эдэрчи дьахтар өҥө бараммыт мар-сар ырбаахылаах, онньоччу ис диэки үктэниллэн хаалбыт түүппүлэ дуомнаах. Илиитигэр эмиэ элбэхтик туттуллан элэйэн хаалбыт хара суумкатын тутааҕын, ким эрэ былдьаан ылыа диэбиттии, кыбыс-кытаанахтык ыга туппут. Туораан кэлэн дорооболосто. Айаҕын саба туттан олорон, кыратык ону-маны ыйыталаһа-кэпсии түһээт, ойон туран салгыы хаама-сиимэ турда. Маҕаһыыҥҥа тиэтэйэрэ хараҕар сурулла сылдьар. Ону-маны син ыйыппыта буолла да, эмээхсин эппиэтигэр төрүт да кыһаммата, өйдөөн да истибэтэ хараҕар ырылыччы көһүннэ. Лууба ийэтэ хоп курдук көрүҥнээх, сөбүгэр эттээх – сииннээх дьахтар пиэрмэҕэ дайаарканан үлэлээбитэ. Кини биир дьиэктээх этэ – аһара сииһит-одууһут этэ. Лөкүөрүйэҕэ дэриэбинэ дьонуттан ама биир эмэ үчүгэй киһи кэлиэ дуу, бары «куһаҕаттар, аҥалалар, арыгыһыттар» этилэр. Кини санаатыгар киһи барыта сиэмэх, уоруйах, чэ, биир тылынан эттэххэ барыта туох да үөтэтэ-баатата суох кэпсээннээх киһи этэ. Сүөкүлэ биирдэ да кини уоһуттан үчүгэй сонун тахсыбытын, биир эмэ киһи үчүгэй дэммитин бу диэн өйдөөбөт. Лөкүөрүйэ табааҕын буруотун унаарыта-унаарыта, тииһин быыһынан «чиирк» гыннара силлээн кэбиһэ-кэбиһэ, сирэйин арааһынайдаан тутта-тутта, бэрт дьиибэтик күлэ-күлэ «оннук үһү, маннык үһү» диэн булан-булан наар мөкү, наар куһаҕан эрэ өттүн талан кэпсиир, сиилиир дьикти адьынаттааҕа. Кини төрөппүт оҕолоро барахсаттар олохторугар табыллыбакка эрэй эҥэрдэнэ сылдьаллара, баҕар ийэлэрэ барахсан дьиэгэ дьайта буолуо дуо диэн санаа Сүөкүлэ өйүгэр охсуллан ааста. Лөкүөрүйэ алта оҕоломмутуттан ити Луубата эрэ манна баар, онтуката да сүгүн-саҕын олоруо баара дуо, иһэр-аһыыр. Икки уола түбэһэн олоро сылдьыбыттара иһиллэр. Билигин сорохторо оройуон киининэн, куоратынан уоллуун-кыыстыын үлэ-хамнас суох, таҥас-сап, сыт-сымар буолаахтаан, маҕаһыын аттыгар сылдьар, этээс анныгар олохтоох хаамаайы дьон буоллулар. Арай биир эрэ уоллара туора улууска арыый да аматык олороро иһиллэр… Бай, аны Суойа муҥнаах торуоскалаах, нэһиилэ үнүөхтээн иһээхтиир. Эмиэ кыратык олорон, сынньана түһэн, аҕыластаан ааһаахтаата. Бэрт ыраас сэбэрэлээх Суойа эрэйдээх тостуох курдук илиилээх-атахтаах, тайаҕар тирэнэ-тирэнэ хаамарын көстүбэт буолуор диэри одуулаан олорон, Сүөкүлэ эмиэ кини төрөппүттэрин санаан ылла. Кини Суойа аҕатын Хабырыылы кытта тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн улааппыттара. Дьэ, сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, булугас-талыгас уол этэ, доҕор. Маабыра диэн маннааҕы кыыһы кэргэн ылан ыал буолбута. Хабырыыл араас кыыл-сүөл уйатын ыһан-сүргэйэн, тыһыта-атыыра, оҕото-уруута диэн араарбакка аҥаар кырыытыттан кыдыйан, иҥсэтэ-обото көбөн, туора дьонтон көҥүү-көҥүү, өрүскэтигэр аһара элбэх булду бултаан, сороҕун сытытан-ымытан, сороҕун өлгөм харчыга туруоран, “байанайдаах” булчутунан аатырбыта. Ол сэтэ таайан эбитэ дуу, оҕолоругар табыллыбатахтара. Ити улахан кыыстара Суойа бэрт нэһиилэ тайаҕынан сылдьаахтыыр, икки уоллаахтара иккиэн кэлээскэҕэ эрэ олорор оҕолор этилэр да, утуу-субуу бараахтаабыттара. Суойа син ама курдук этэ, ыал буолта. Эрэ сүрдээх күнүүһүт киһи түбэһэн, итирэ-итирэ кырбаан, ити бэрт нэһиилэ сылдьар гыммыта… “Хара тыа байанайдаах мааны кыыллара барахсаттар эмиэ ытаан-соҥоон, айманан-аһыйан, абаран-сатаран сорох аһара барааччылартан ситиһэр-иэстэһэр кыахтаахтар буолан эрдэхтэрэ ээ” дии санаата кырдьаҕас. Сүөкүлэ таах олоруохтааҕар иһигэр урут бииргэ улааппыт, эн-мин дэһиспит доҕотторун майгыларын уонна кинилэр оҕолорун билиҥҥи олохторун ырыҥалыы-анаара олордо. Өксүү диэн бэрт симик, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, наар үлэлээн хачыгырайар, кимниин да үйэтигэр этиспэтэх-кыыһырсыбатах дьүөгэтин санаан кэлэн, сирэйэ сырдыы түстэ. Бэйэтигэр наһаа да барсардык таҥнара. Хаһан да кими эмит сиилээбитин, ырыппытын, туох эмэ хобдох сонуну кэпсээбитин, Сүөкүлэ бу диэн отой өйдөөбөт. Ол оннугар Өксүү биирдэ эмит айаҕа аһыллан, минньигэстик күлэн мичилийэ-мичилийэ, тугу эмэ кэпсээтэҕинэ наар «наһаа да үчүгээй» диэн эҥээритэ-эҥээритэ наар үөрүүлээх-көтүүлээх, хайдах эрэ мэлдьи олус сырдык сыдьаайдаах кэпсээннээх-ипсээннээх, бэрт сэргэх дьүөгэ буолааччы. Онто кырдьык да «наһаа үчүгээй» олохтоммута. Үс кыыс, үс уол оҕону анаабыт курдук оҕоломмута. Кэргэнэ дьоһуннаах киһи түбэспитэ, барахсан. Оҕолорун эмиэ «наһаа үчүгэйдик» ииппиттэрэ, бары үөрэҕи баһылаан, куоратынан-тыанан быр-бааччы олороллор. Кинилэр истэригэр бырабыыталыстыбаҕа, министиэристибэҕэ үлэлиир үрдүк дуоһунастаах дьоннор кытта бааллар. Өксүүлээх улахан уоллара бэйэтинэн кэлэн куоракка көһөртөөбүтүн айыытынан мантан барбыттара ыыра ыраатта. Биирдэ эмит кэлэн, сайылаан бараллар. «Наһаа үчүгээйдик» олороллор… Натааһа диэн кыыс пиэрмэҕэ субан сүөһүгэ үлэлээбитэ. Сүөкүлэ оччотооҕуга дьон кэпсэтэрин өйдөөн кэллэ: Натааһа дьонугар тымныы сүрэхтээҕинэн биллэрэ үһү, чэ, быһата дьонугар букатын кыһаллыбата үһү. Икки ыарыһах кырдьаҕас дьону аһатарын-көрөрүн сүрэҕэлдьээн, итиннэ-манна ыалы, маҕаһыыны кэрийбитэ, онно-манна таах мэскэйдэммитэ буолан тахсара үһү. Сорох сороҕор кырдьаҕастар эрэйдээхтэр тоҥ хаһаа дьиэлэригэр аһыыр аһа суох, сылбырхай ууну иһэн олороохтообуттар, таҥастара-саптара, эгэ бэйэлэрэ дуо, хаһан да сууйуу-сууннарыы диэни билбэтэхтэрэ үһү. Бу сиртэн күрэнэллэригэр да «соҕотох кыыстара, күннэрэ-ыйдара» эмиэ үгэһинэн суоҕа эбитэ үһү. Төрөппүттэрэ олус хомойон, кэлэйэн, улаханнык ытаан-соҥоон бу дойдуттан аттаммыттара үһү. Дьонун аһыы харахтарын уутунан утахтанан, кыраамы да амсайбат Натааһа, кинилэр суох буолааттарын кытта, улахан иһээччи буолан хаалбыта… Сүөкүлэ аны Огдооччуйа диэн дьүөгэтин санаан кэллэ. Бу олус сытыы-хотуу, кэлбит – барбыт, саҥарбыт-иҥэрбит, элэстэммит кыыс оҕото этэ. Биир куһаҕаннааҕа. Оччолорго ханна да бар, маҕаһыыҥҥа унньуктаах уһун уочарат буолара. Огдооччуйа хаһан да уочараттыырын адьаһын сөбүлээбэт киһи этэ. Киһи бөҕө уһун күнү быһа кэтээн-манаан, сылайан-элэйэн килиэп уочаратыгар нэһиилэ турдахтарына, кини үгэһинэн олох хойут кэлэрэ уонна олус тиэтэйбит, туоҕа эрэ сатамматах аатыран, син биир урут киирбитэ эрэ баар буолара. Онтуката ханна баарый, оҕолоро улаатан үлэһит буолалларын көрбөккө, сиэн минньигэс сытын ылбакка, эдэр сааһыгар эмискэ бараахтаабыта. Бука анараа дойдуга барар унньуктаах уһун уочаракка, эмиэ үгэһинэн быһа киирэн анньыспыт буолуон сөп диэн сылыктыы олордо хаһан да уочарат диэннэрин кэспэтэх Сүөкүлэ эмээхсин… Настаа диэн кыыһы санаан, эмиэ сонньуйан ылла. Бу кыыс киһи айаҕын атыппат, тыҥалааҕы тыыннарбат умайа турар уот айах тыллаах этэ. Кини мэлдьи кимниин эрэ хабытыспыта, этиспитэ эрэ баар буолара. Онто ханна баарый? Уонча оҕоломмута да, биир да киһилии баайдык, байылыаттык олорор оҕо көстүбэт. Мэлдьи кинилэргэ туох да барыта “тиийбэт тирии, тарпат тараһа”. Син эмиэ онно-манна үлэлээбитэ буолаахтыыллар да, уот сиэн кэбиспитин курдук, мэлдьи дьонтон иэс-күүс көрдөһөр, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох оҕолор буолтара. Ийэлэрин күлүбүрүүр уот айаҕа оҕолорун быйаҥын, баайын-баатын кубарыччы салаабыт курдуга… Сүөкүлэ Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин Уйбаан Баһылаайабыһы тоҕо эрэ санаан кэллэ. Бу киһи нэһилиэгин туһугар син туруулаһан туран үлэлээбитэ-хамнаабыта эрээри, эмиэ биир дьиэктээҕэ. Бэйэтигэр тардынарын сөбүлүүрэ, сэниир-сэниир дьонннорун мөҥөн-этэн, көбүөлээн-күргүйдээн туһугар эмиэ да тордурҕас киһи этэ. Ол курдук бэйэтигэр саамай үчүгэй оттуур ходуһалары, дьиэ уһаайбатын эмиэ саамай табыгастаах өттүттэн хото ылбыта. Ол гынан баран, хомойуох иһин, сыспай сиэллээҕи сырыһыннарар, хороҕор муостааҕы күрүөлүүр, алаһа дьиэ тэринэр оҕо ордубатаҕа. Икки уола суол быһылааныгар былдьаммыттара, биир уол үйэтигэр хаайыы киһитэ буолта. Билигин манна биир уол баар да, аһыы утаҕы эрэ өрө туппут киһи, оҕоҕо да, кэргэҥҥэ да төрүт наадыйбат, дьиэ-уот тэринэр туһунан санаабат үлэ да, хамнас да суох киһитэ. Кинини оттуур ходуһа да, уһаайба да сирдэрэ хаһан да долгуппатахтара, эгэ билигин кэлэн долгутуохтара баара дуо? Уйбаан Баһылаайабыһы кэлин кырдьарын саҕана, дьонтон эрэ барытыттан куттаммыт оҕо курдук туттан, көрөн тураахтыырын Сүөкүлэ санаан кэлэн, сүрэҕэ нүөлүйэн ылла… Аны Сүөкүлэ тилийэ тиэргэннээх, буккуһа буруолаах Мэхээстээҕин санаан кэллэ. Бу эмиэ элбэх оҕолоох, бэрт этэҥҥэтик олорбут ыаллар этэ. Ийэлэрэ сааһыран баран, ыалдьан суох буолтун кэннэ, Мэхээс икки сулумах кыыһынаан олороро. Олортон улахана Ньаадьа оҕо иитээччинэн үйэтин моҥообута. Ньаадьа дьоҥҥо-сэргэҕэ олус эйэҕэһэ, букатын биир да киһини кытта этиспит-бураспыт сураҕа, саараама, иһиллибэтэ. Солко курдук намылыйбыт Ньаадьа дьиэтин боруогун атыллаат, эһэ-бөрө тириитин кэтэрэ. Көрөрдүүн кынчыатаан, эчи, киһи сүр баттатар киһитэ буола түһэрэ. Дьонун кытта кэпсэппэтэ, биирдэ эмэ айаҕа аһылыннаҕына да, ама тугу эмэ кэпсээн “дьиэ бөҕө” кырдьаҕастарын сэргэхситиэ, үөрдүө баара дуо, наар ону-маны сураһан, боппуруостаан-доппуруостаан, күнү быһа истибит-иҥэриммит хобун-сибин байытар кэмэлдьилээҕэ. Арай биир күн, Сүөкүлэ үгэһинэн, билсэ-көрсө киирбитэ – күүлэҕэ сынньанан олоро түһэр эргэ дьыбааннарыгар Мэхээс оҕонньор эрэйдээх икки хараҕын быһа симэн олороро, иэдэһин устун хараҕын уута кылабачыйа сүүрэрэ, уоһун иһигэр ботугураан саҥарара: «Ээ, буолаахтаан эрдэҕэ, миигин абааһы көрөн тылыттан мата сыттаҕа. Ыйыттахха, кэпсэтэ түһээри да гыннахха, саҥаран абыраабат буоллаҕа. Арааһа, мин суох буоллахпына «дьэ, бэркэ олоруом» диэн ону эрэ күүтэр быһыылаах. Ким билэр дьэ? Ким билэр?». Сүөкүлэ, оҕонньор кимтэн хомойон, кими мөҥүттэ олорорун тута сэрэйбитэ уонна тыаһа-ууһа суох сыбдыйыын-сыбдыйан, ааны сэрэниин-сэрэнэн аһан, төттөрү тахсыбыта. Оҕонньор кини киирэн тахсыбытын билбэккэ да хаалаахтаабыта. Ити кэннэ аҕыйах хонон баран, Мэхээс оҕонньор өлөөхтөөбүтэ. Аҕата барахсан түөрт уон хонуга да туола илигинэ, Ньаадьа куоратынан-тыанан тилийэ көтөн, атыы-кутуу бөҕөтө буолбута. Дьиэтин иһин-таһын букатын куораттардыы оҥостон-туттан кэбиспитэ, киһи букатын билбэт мааны уораҕайа буола түспүтэ. Ньаадьа күлэн-салан, сыыдамсыйбыта сүрэ бэрдэ. Онто, хомойуох иһин, олус уһаабатаҕа. Илиитин, атаҕын сүһүөхтэрэ ыалдьан, орон ото эрэ буолбута. Онон мэлдьи онно-манна сылдьан, сэлэһэн-сипсиһэн, күлэн-үөрэн сонуну-нуомаһы истэрин сүрдээҕин сөбүлүүр Ньаадьа, биирдэ антыанната арахсыбыт тэлэбиисэр тэҥэ буола түспүтэ. Дьиэ түөрт истиэнэтин эрэ маныыр киһи буолан хаалбыта. Дьэ манна биирдэ өйдөөбүтэ: дьиэттэн ханна да быкпат, түннүгүнэн эрэ таһырдьаны билсиһэр кырдьаҕас киһиэхэ кэпсэтии, сонун-нуомас үллэстии тыынар салгын тэҥэ наадатын уонна кырдьан ханна да сылдьыбат буолбут ийэлээх аҕатын кытта киһилии кэпсэппэтэҕин, сэргэхсиппэтэҕин санаан ылар буолбута. Дьэ сэлэһиэх-кэпсэтиэх баҕата көбөн кэлбитэ да, кинини таптаан, маанылаан улаатыннарбыт дьонноро барахсаттар санаарҕаабыттыы, уу-чуумпутук таас арааматтан эрэ көрөллөрө… Онтон Сүөкүлэ Уйбаанабына бэйэтин олоҕун санаан кэллэ. Дьоно бэйэ-бэйэлэрин сүрдээх күүскэ таптаспыт олус кэрэ кэргэнниилэр этилэр. Барыта уон оҕоломмуттара: алта кыыс, түөрт уол. Аҕалара айыыны, абааһыны улаханнык итэҕэйбэт хомуньуус бэрдэ киһи арай биирдэ, олох эдэр сылдьан, маҥнайгы кыыстарын эрэ оҕоломмут кэмнэригэр, бултуу чугас баар күөлүгэр киирбит. Сотору буолаат, аарыма улахан туруйаны өлөрөн, атыгар ындыбыта, сиргэ соһуллан кэлбитэ үһү. Сүөкүлэ эдэркээн аҕата, бэйэтигэр сүрдээх улахан аньыыны оҥостубутун, сүрэҕинэн сэрэйэн да көрбөккө, олус астыммыттыы: “Иккиттэн биирин хааллардым”, — диэбитэ. Ийэлэрэ ол кэмҥэ иккис оҕотун ыарахан сылдьыбыта үһү. Маҥнайгытын бэрт кылбардык оҕоломмут буоллаҕына, бу сырыыга таҥара уол оҕону биэрбитин, ийэлэрэ барахсан кыайан быыһаммакка, бэрт нэһиилэ тыыннаах ордубута үһү. Били, аҕалара бултаабыт туруйатын астаабытын курдук, быраастар уол оҕо муҥнааҕы холун-буутун, иһин-хоойун барытын биир-биир арааран ылбыттара үһү. Туруйа кырыыһа итинэн буппэтэҕэ: өссө үс уол төрөөбүтэ, бары суорума суолламмыттара. Талыы-талба, мааны сэбэрэлээх, үөрэхтээх кыргыттара лиҥкинэспит күтүөттэри да киллэрбэтэхтэрэ. Кыргыттар бары кыыһынан кырдьыбыттара… Аҕалара оҕонньор, кырдьар сааһыгар уола да, күтүөтэ да суох буолан, туох эмэ ыарахан үлэтэ кыаттарбатаҕына, оруобуна туруйа курдук моонньун уһатыаҕынан уһатан олорон, уһуннук да уһуннук, киһи куйахата үмүрүтэ тардыалыах айылаахтык, кыланыы былаастаан ытыыра эбитэ үһү… Сүөкүлэ, ону санаан, сүрэҕэ сүр күүскэ ытырбахтаан ылла уонна «Оо, туруйа, туруйа барахсан, бырастыы гын, биһиги аҕабытын. Уоххун-кылыҥҥын уҕарыт, сөбүн иэстэстиҥ, сөп буолуо, көрдөһөбүн, ааттаһабын», — дии-дии, саҥа таһааран, ытаан дьигиргээн барбытын, билбэккэ да хаалла. Онтон «кэбис, аны дьон көрүө» диэн кыбыстан, дьиэтин диэки бакаалаата. Арай эмискэ баҕайы үөһээнэн, оруобуна кини үрдүнэн, сүрдээх улахан кынат сапсынар тыаһа куһууран ааста уонна Сүөкүлэ кулгааҕар илэ чахчы саҥа иһилиннэ: «Бырастыы гынныым, бырастыы гынныы-ам». Сүөкүлэ сүрдээҕин соһуйан, үөһээ диэкки хантайан көрдө да, саараама, тугуу да көрбөтө. Сайыҥҥы күп-күөх халлаан өссө эбии көҕөрө мэндээрдэ… Ситигирдик Сүөкүлэ Уйбаанабына кырдьаҕас, муударай төбөтүгэр бэйэтин айбыт аҕата, араас дьон, ол аайы кинилэр кэнчээрилэрин дьылҕата илим хотоҕоһунуу субуллан олордо. Бүтэһигэр эдэр ыччакка туһаайан, элбэх хаары уулларбыт сүдү кырдьаҕас бу курдук диэн уоһун иһигэр ботугуруу истэ: «Тукаларыам, эһиги сотору улаатан, оҕо сааскыт ааһан, улахан дьон буолуоххут. Бука диэн, мин үөһээ ахтыбыт тыйыс дьонум киэбин кэтимэҥ. Биир киэһээҥҥи күөс туһуттан айыы көтөр кынаттаахтарын — айылҕа маанылаах сүдү көтөрдөрүн хаһан да өлөрүмэҥ, тимир уостааххытынан кыратык кыҥаан да көрүмэҥ! Эһигини төрөтөн, көрөн-истэн, кыһаллан улаатыннарбыт төрөппүттэргит барахсаттары хаһан да хомотумаҥ, кырдьар саастарыгар көрүҥ-истиҥ, бүөбэйдээҥ! Иҥсэни-оботу кыайар, дьону-сэргэни ырыппат, кимниин да этиспэт, иирсибэт буолуҥ! Бириэмэни халтайга ыытымаҥ, хас да үөрэхтээх буолбуккут да иһин ханнык да хара үлэни сирбэккэ, кыбыстыбакка үлэлээн-хамсаан иһиҥ! Айылҕаны, булду-аһы харыстааҥ, бэйэҕэр эрэ сөп буоларынан бултуур буолуҥ, оччоҕо кырдьыаххытыгар диэри байанайдаах булчут буолуоххут! Олох хараҥа өттүн тумнан, сырдык, ыраас, кэрэ эрэ суолун тутуһан айаннааҥ! Аныгы үйэ дьонобут диэн сиэртэн-туомтан тэйимэҥ, билигин хаһааҥҥытааҕар да сытыытык айылҕабыт барахсан барыбытыттан итэҕэли, сиэри-туому тутуһары ирдиир. Алҕастары билинэ, бырастыы гын диэн көрдөһө үөрэниҥ. Айылҕа суруллубатах сокуонун хаһан да кэһимэҥ. Оччоҕо, баҕар, бу сиргэ эдэр сааһыгар былаҕайга былдаммыт аҕыйыа, арыгыһыт, умнаһыт, дьадаҥы, инбэлиит, аҥаардас кырдьыбыт бу сир үрдүгэр аҕыйыа этэ. Эһиги тугу гыммыккыт, саҥарбыккыт-иҥэрбиккит, хайдах олоҕу олорон ааһаргыт, кэлэр кэнчээри ыччаккытыгар тордоох бэлиэ буолан түһэр: үчүгэй үчүгэйинэн, куһаҕан куһаҕанынан. Ону кытаанахтык өйдөөҥ дуу, тукаларым барахсаттар. Бука бары дьоллоохтук, уһуннук, мындырдык олоруҥ!». Дьэ, итинник, саха биир үтүө санаалаах, баай ис хоһоонноох олоҕу олорбут өйдөөх эмээхсинэ Сүөкүлэ Уйбаанабына солотуулаах сүбэлэрин салгын устун сайа эппитэ, букатын оҕочоос эрдэххититтэн эһиги өйгүтүгэр- санааҕытыгар, сүрэххитигэр-быаргытыгар үйэ-саас тухары хаһан да суураллыбаттык сөҥөрүгэр олуһун баҕардым. «Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан Үөһээ Бүлүү Намыттан Валентина Шологонова.
edersaas.ru сайтан