Кэпсээ
Войти
Регистрация
Биэтэс Билээхэп: «ИККИС ДОЛГУН» БЭЛИИТИКЭТЭ ДУО?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Биэтэс Билээхэп: «ИККИС ДОЛГУН» БЭЛИИТИКЭТЭ ДУО?
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.09.2020 10:00
Па, пандыамыйабыт ханна-ханна тиийбитин, төһө-хачча киһини-сүөһүнү сутуйбутун, ханан өрө турбутун, ханан намыраабытын Балаапкына диэн хотун, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы үһү, быһаара олорор эбит буолбаат! Дөйүҥү буоламмын төлөпүөммүн кулгаахпар даҕайан олорон, үрдүк сололоох хотун дьахтар улуустар дьаһалталарыгар тус этиитин батсаап ситимигэр уһултарбыттарын итэҕэйимээри гына-гына түөртэ төхтүрүйэн иһиттим. Саха саҥалаахтар, эһиги да иһиттигит ини. Дьэ, буолар да эбит! Хор, хотун Балаапкына лабаратыарыйалар анаалыстааһыннарын түмүктэринэн, өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар пандыамыйанан сутуллубут (инписсиирэбэннэй) биир да киһи суох диэн тоһоҕолоон эттэ ээ! Хамсык дьаҥынан сутуллубут биир да киһи суох! Кылаабынайа, баһылыктар, бэчээт эйгэтигэр тахсаҥҥыт, ону-маны туора-маары тыллаһымаҥ. Обсерваторга бачча, балыыһаҕа оччо киһи сытар диэн чахчылары олох быктарымаҥ. Суруналыыстар, атыттар да итинник ыйытыыларыттан куотуна сатааҥ. Дьоннор өлүөхтэрин баҕарбат буоллахтарына, туохтан сэрэниэхтээхтэрин, тугу тутуһуохтаахтарын туһунан кэпсээҥ, сэрэтиҥ диэн дьаһаллаах буолла, хотун бииссэ-биримийиэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэрэбиэркэлээһин, чинчийии үлэлэр ыытыллаллар. Онон ким, ханна, төһө-хачча киһи сутуллубутун, ыалдьыбытын, өлбүтүн туһунан наада буолар чахчылары биһиги биэриэхпит. Баһылыктар, эһиги тугу да биэрбэккит! Диэн буолла, дьэ сүрдээх. Ол аата хотун Балаапкына күн ахсын бырабыыталыстыба Суһал ыстаабын мунньаҕар наада буолар (кимиэхэ, туохха?) чахчылары анаан-минээн эписсийээлинэ этэн-саҥаран эрдэҕэ. Батсаапка тахсыбытынан, балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи сууккаҕа лабаратыарыйалар 3 910 анаалыһы ылбыттар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 69 киһи ыалдьыбыт, итинтэн Дьокуускайга — 36. Улуустарынан Мэҥэ Хаҥаласка 5, Орто Халымаҕа 6, Мииринэйгэ 4, Алдаҥҥа, Чурапчыга 2-лии, Бүлүүгэ, Тааттаҕа, Ленскэйгэ, Уус Алдаҥҥа 1-дии киһи СOVID-ынан сутуллубут. Мэйиим убаабыт кырдьаҕас харааччы бутуллан хааллым. Хотун Балаапкына баһылыктарга туһаайан этиитигэр өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар хамсык дьаҥынан — пандыамыйанан сутуллубут (инписсиирэбэннэй) биир да киһи суох диэбитэ эбээт! Уонна кэлэн, тугуй, пандыамыйа иккис долгунун саба халыта сатааһын «наада буолар» чахчылара дуо? «Иккис долгунунан» суоһаан дьону-норуоту хабахха тыыннаран, тууйа, хааччахтыы сатааһыны уһатыы бэлиитикэтэ дуо? Биэтэс Билээхэп
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан