Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сэргэх хоһооннордоох Сэгэлдьийэ Чээлэй
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сэргэх хоһооннордоох Сэгэлдьийэ Чээлэй
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.08.2020 10:00
Илиибэр саҥа тахсыбыт “Сардаҥа ыһыаҕа” кинигэни тутан олоробун. Ааптар — Ирина Харайданова (Иванова)-Сэгэлдьийэ Чээлэй Сунтаар улууһун биир кытыы, Бүлүү өрүс үрдүгэр турар кэрэ айылҕалаах Түбэй бөһүөлэгэр элбэх оҕолоох Ивановтар дьиэ кэргэҥҥэ 1964 с. күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн сытыы-хотуу, барыны бары билиэн-көрүөн баҕалаах кыыс оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар хоһоону айарга уһуйбут-такайбыт бастакы учууталларынан төрөппүттэрин ааттыыр. Оҕо сылдьан ыһыахтарга Түбэй тойуксуттарын, оһуохайдьыттарын тылларын-өстөрүн истиитэ оҕотук өйүгэр-санаатыгар элбэҕи эппитэ, иҥэрбитэ саарбаҕа суох. Оскуолаҕа билигин биллиилээх поэтесса буолбут Наталья Михалеваны-Сайаны кытта биир кылааска үөрэммитэ. Кыргыттар үөрэнэ сылдьан бэйэлэрин санааларын хоһоонунан суруйан туспа блокноттана, дневниктэнэ сылдьыбыттара кинилэр айар дьарыкка киириилэригэр, үктэниилэригэр бастакы олук буолбута саарбаҕа суох. “Орто кылааска Сайалыын биир кэмҥэ хоһоон суруйуохха диэн кыра лоскуй тэтэрээттэнэ сылдьыбыттаахпыт. Бэйэм 6-7 кылааска суруммут күннүгүм билигин да баар. “Сыл учуутала-13” кыттарыгар Дьокуускай куорат оҕолоругар “Зависть” тиэмэҕэ кылаас чааһын ыыппытын улаханнык интэриэһиргээбиттэр. Тахсан истэҕинэ биир оҕо олус симиктик: “Өссө кэлээр”,- диэбитин олус да үөрэ, долгуйа истибитим, эргэрбит дневнигэр махтаммытын ахтар. Сахалыы кинигэни таптыырга, ааҕарга аан бастаан уһуйбут дьонунан аҕата — Иван Софронович, ийэтэ — Зинаида Григорьевна уонна аҕатын быраата, оччолорго саха тылын уонна литературатын учуутала Борис Софронович буолаллар. Колхуос-сопхуос үлэһитэ да буоллар, аҕата төһө да суруй диэбэтэҕин иһин, бэйэтэ кинигэни элбэхтик ааҕарынан, өйүнэн-санаатынан, киэҥ билиитинэн бу сүүрээҥҥэ киллэрбитэ. “Аҕам кинигэни, сурунаалы ааҕара, биһиэхэ киэһэ ахсын доргуччу аахтарара. Үөрэҕи өрө туппут дьон. Быраата Барыыс наар кинигэ кэһиилээх рюкзакка сүгэн, элбэх кинигэлээх библиотекалаах этибит. Кини эмиэ хоһоон суруйар этэ. Кини 1962 с суруйбут дневнигин билигин кылаас чаастарга туттабын. Аҕабар эмиэ баара дневник-блокнот. Бииргэ төрөөбүт сэттиэбит. Мин үһүспүн. Эдьиийим Антонина эмиэ хоһоон суруйара, быраатым Толя эмиэ суруйар, балтым Маргарита эмиэ Мин балтым Дайар Суһум-Маргарита Иванова. Аҕам урут эдьиийбин учуутал, убайбын суот-учуот киһитэ, миигин суруналыыс буолуо диэбит эбит. Мин 1991 сылтан саҕалаан ыстатыйа эҥин суруйан барбытым, бэйэтэ оннук тахсан испитэ. Соторутааҕыта суруналыыстар сойуустарыгар киирбитим, аҕам алгыһа тиийбит”, — диэн ахтар истиҥник Ирина Ивановна. Үрдүкү кылаастарга Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа орто оскуолатыгар саха тылыгар уонна литературатыгар Тамара Николаевна Маркова үөрэппитэ. Учуутала саха литературатын, суруйааччыларын туһунан киэҥ билиини иҥэрбитин, араас тиэмэҕэ өйтөн суруйуулары элбэхтик суруттарбыта, оскуоланы бүтэрэр сылларыгар айар отчуот альбомун оҥотторбута инники олоҕор туһалаабытын иһирэхтик ахтар. Бастакы бэчээккэ тахсыыта «Хаарыан хатыҥнарым» диэн 9 кылааһы бүтэрбит сайыныгар Мэҥэ Хаҥалас хаһыатыгар бэчээттэммитэ. “Сэргэлээх уоттара” сирдээбитэ Табаҕа орто оскуолатын 1981 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн, бу сыл СГУ саха салаатыгар туттарсан, элбэх куонкуруһу этэҥҥэ ааһан, оҕо эрдэҕиттэн таптыыр идэтигэр киирэн үөрэнэр дьолун билбитэ. Сэргэлээххэ үөрэнэр сылларыгар элбэх саха ыччатын айар үлэҕэ кынаттаабыт «Сэргэлээх уоттара» литературнаҋ куруһуокка
уопуттаах, дириҥ билиилээх учуутал, литературнай кириитик Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн айар баҕалаах устудьуон ыччаттары кытта умсугуйан туран дьарыктаммыта. Бу манна өрөспүүбүлүкэ биллиилээх дьонун, норуодунай суруйааччылары кытта көрсүһүүлэргэ сылдьыы, улуу дьон алыптаах сүбэлэрэ, кэс тыллара эдэр киһиэхэ айар дьарыгар күүһү укпуттара, эрчими эппиттэрэ, халбаҥнаабат айар суолга сирдээбиттэрэ. “Эрчимэн Саха суруйааччыларын 10-с сийиэстэригэр сырытыннарыыта хаһан да умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Кини үбүлүөйдээх суруйааччыларга ыҥырыы биэрэрэ хайдах эрэ эппиэтинэһи биэрэр эбит. “Сэргэлээх уоттара” литературнай түмсүүгэ биһиги куурустан кэлин биллэр суруналыыс, суруйааччы буолбут Борис Павлов, учуутал, оҕо тиэмэтигэр кэпсээннэри айар Максим Ксенофонтов, кэлин суруналыыс буолбут, учууталлар София Егорова, Клара Иванова, кэлин суруналыыс буолбут Таисия Алексеева, Зоя Дьячковская, Андрей Борисов, кэлин биллэр-көстөр суруйааччы Августина Хабарова, биллэр тыл үөрэхтээҕэ Сардаана Егинова о.д.а. бааллара”, — диир хоһоонньут. Онус кылааска сылдьан суруйбут «Хаарыан хатыҥнарым», «Ахтылҕан», «Аҕабар» хоһоонноро «Эдэр коммунист» хаһыакка 1981 с. сайыныгар бэчээттэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран, эдэр учуутал Уус-Маайа, Чурапчы оскуолаларыгар кылгастык үлэлээбит сылларыгар бэйэтин киэҥ билиитинэн-көрүүтүнэн, оҕолорго истиҥ сыһыанынан үөрэнээччилэрин куттарын тутуон туппута, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрбитэ. 1992 с. «Кырдал кыталыктара» диэн хоһоон айар кыргыттарга аналлаах хомуурунньукка Ирина хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ. 2015 с. «Дьүрүскэн дьүрүһүтэр тыына…» диэн хоһооннорун, кэпсээннэрин хомуурунньуга туспа кинигэ буолан күн сүрүн көрбүтэ. “Учуутал идэтин ыларга дьонум, кыра кылаастан үөрэммит учууталларым дьайдахтара дии — Тамара Кузьминична, Надежда Софроновна уонна Тамара Николаевна. Оскуолаҕа, университекка, үлэҕэ үчүгэй доҕоттордоох буолан киһи үүнэр-сайдар. 2002 с “Даадар” түмсүүнү тэрийбитим. Бэйэбит үөрэнээччибит Атакова Инна салайан үлэлэтэр. Гринпис-Альберт Гоголев, Таас Уола-Семен Константинов, Александр Тегюрюков, Лидия Неустроева уо.д.а. бэрт үчүгэйдик суруйар дьон баар. Оҕолору кытта үлэбэр араадьыйа, хаһыат көмөлөөхтөр. Мин оскуолаҕа учуутал, олохтоох Кириэс Халдьаайы тэлэбиидэнньэтигэр эрэдээктэр, диктор этим уонна “Тыллыы” оҕо телестудиятын үлэлэппитим”, — диэн истиҥник ахтар. Сүүрбэттэн тахса бэйэтин суолун батыспыт оҕолордоох. Уус Майа Эдьээнигэр үөрэппит Л. А. Попова, Чурапчы Сылаҥыттан О. В. Бурнашова саха тылын учууталын идэтин баһылаабыттара. Оттон көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ Тарасова Марианна – “Саха” НКИК кылаабынай эрэдээктэрэ, Охлопков Евгений — монтаж режиссера, Бястинов Николай – “Саха” НКИК араадьыйатын дириэктэрэ. Оттон бу күннэргэ Бурцев Дима магистратураны туйгуннук бүтэрдэ. Ирина Ивановна хоһоону айар үлэтин сүрүн тиэмэлэринэн төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, күн-күбэй ийэҕэ уҕараабат ыраас таптала, киһи киһиэхэ истиҥ сыһыана, киһи ис туругун араас иэйиитэ, санаата-оноото, олоххо сыһыана буолаллар. Ааптар хоһоонноро ырыа буолан айыллан, кынаттанан киэҥ эйгэҕэ көтүүлэрэ биир улахан ситиһиитинэн буолар. А. Калининскай-Луҥха Өлөксөй уонна Б. Ефимов ырыа айбыттара. Ол аата ис сүрэхтэн сайа көтөн айыллыбыт хоһоонноро дьоҥҥо сырдык иэйиини саҕар, олоххо, инникигэ кынаттыыр үрдүк аналлаахтар. Күн-күбэй ийэҕэ уҕараабат сырдык таптала, киһиэхэ истиҥ сыһыана, ыраас таптала, киһи туруга — барыта “Сардаҥа ыһыаҕа” кинигэтигэр
киирбит. Константин Жирков, саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Горнай. Хаартыскаҕа: саҥа кинигэ
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан