Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Ыраленд

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Ыраленд

K
edersaas.ru Категорията суох
13.08.2020 19:30
Сайыҥҥы ылааҥы сарсыарда. Сарыал күн уһуктан эрэр айылҕаны имэрийэ көрөр. Уоннаах Айаал күөх сыһыыга кулунчугун көччүтэр. Уоллаах кулунчук тохтоон турдахтарына, аттынааҕы суолунан сылгы үөрэ сүүрэн ааста. — Көр, Туоһахта, хайдах курдук быһыйдарый, хорсуннарый! Эн эмиэ хаһан эрэ тыалы кытта тэҥҥэ сырсыаҥ. Үчүгэйдик аһаа, улаат. Баҕар, сатаннаҕына, аны аҕыйах сылынан ат сүүрдүүтүгэр кыттыа этибит. Кыайан-хотон харчы сүүйдэхпитинэ, ийэм төһө эрэ үөрэр. Эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ күүстээх тыал түстэ. Соҕурууҥҥу саҕахтан хара былыт көһүннэ. — Чэ, дьиэлиэх, Туоһахта, ардах иһэр быһыылаах. Дьөһөгөй оҕото өссө да күөх окко дьаарбайа түһүөн санаан, утарылаһа сатаан баран, иччитин кэлэтимээри, умса туттан, аа-дьуо батыһан хоҥкуҥнаата. *** — Куоракка көһөбүт, — Мичийэ уолугар муос-таас курдук этэн кэбистэ. — Ийээ, ол тоҕо? — Тоҕо буолбаккаҕын?! Манна үлэ да суох, харчы да суох, туох да суох! Тугу кэтэһэ олоруохпутуй. Мин куоракка киирэн үлэ булуом, эн үчүгэй оскуолаҕа үөрэниэҥ, сайдыаҥ. — Ийээ, оттон Туоһахтаны хайыыбытый? — Туоһахталаах баҕастаах! Ол эн Туоһахтаҥ биһиэхэ туох туһаны аҕаларый?! Таах оту эрэ сиир, ииктээн-саахтаан тиэргэни киртитэр. Өлөрөн этин атыылыахпыт. Хата, көһөрбүтүгэр эбии харчы гыныахпыт. Айаал таһырдьа тэбиннэ. — Бэйи, тохтоо эрэ, нохоо! Ардахха баттатаайаҕын! – Мичийэ ааны өҥөйөн туран, уолун хаһыытыы сатаата да, уола истэн бэрт. – Оо, дьэ, эрэй да буолар эбит! Чэ-чэ, сөбүлэһиэ, ханна барыай. Мичийэ, оҕотун кэтэһэ таарыйа, куоракка көһөрдүү малын-салын кыралаан хомуна турарга быһаарынна. Уон сыл тухары мунньуллубут бөҕө-саҕа баһаам. “Бэйэм акаарыбар бу түҥкэтэх сиргэ кэлэн хааламмын”, — диэн иһигэр мөҕүттэр. Таптыыр киһитэ кэргэн ылыам диэн эрэннэрэн аҕалбыта. Кыыс, төһө да улаатар сааһа куоракка аастар, тыа сирин ахтара, сыл аайы эһэлээх эбэтигэр сайылыы тахсара. Онон биир да тылынан утарсыбакка, дэриэбинэҕэ кэлэн олохсуйбута. Киһитэ тылыгар турбатаҕа, оҕо төрөөтүн кытта куоппута. Мичийэ уолун атаҕар туруораары, куоракка төннөн дьонун моойугар олорумаары, оҕо саадыгар асчытынан үлэлии киирбитэ. Уонча сыл устата үлэлээн кэлтин кэнниттэн сарбыллыыга түбэһэн, үлэтиттэн матан хаалла. Уруккуну-хойуккуну саныы-саныы, ыскаабын иһин хаһа сылдьан, хаһан эрэ түгэххэ анньыбыт холбукатын булан ылла. Арыйан көрбүтэ, кыра эрдэҕинээҕи оҥоһуктара, уруһуйдара эбит. Биир-биир хостотолоон, тутан-хабан көрдө, онтон олус дьэрэкээн уруһуйга хараҕын хатаата. Үрдүгэр “Ыралэнд” диэн сурулла сылдьар. Бэйэтэ ийэтин-аҕатын кытары куоракка көһүөн иннинээҕи уруһуйа этэ. Ол кэминээҕи ыра санаата, оҕолуу ыраас баҕата минньигэс сытынан дыргыйарга дылы гынна, субу баардыы хараҕар көстөн кэллэ. *** … – Оҕолоор, бүгүҥҥү дьиэҕэ сорудаххыт маннык, — уруһуй учуутала дуоскаҕа суруйда, — Ыра санаа дойдута. Дьэ, эрэ, оҕолор, эһиги санааҕытыгар ыра санаа дойдута хайдах буолуохтааҕый? Иккис кылаас үөрэнээччилэрэ чөрбөһө түстүлэр. — Көтөр массыыналар баар буолуохтаахтар! — Ээ, суох, биһиги бэйэбит кынаттанан көтө сылдьар буолабыт!
— Онно ыарыы, өлүү диэн суох буолуохтаах. — Оонньуур арааһа барыта баар! — Элбээх да элбэх харчы маска үүнэр! Мичийэ илиитин уунна. — Чэ, эрэ, Мичийэ, оттон эн санааҕар хайдаҕый? — Оҕуруот аһа, фрукта барыта тэҥҥэ үүнэр. Сайдыылаах да буоллар, салгына ыраас уонна күөх оттоох, хонуулаах. — Саамай сөп. Онон, оҕолор, фантазияҕытын туһанан, аныгыскы уруокка “Ыра санаа дойдута” диэн тиэмэҕэ уруһуйдаан кэлэҕит. Мичийэ күнүс боччумуран уруһуйдуу олордоҕуна, ийэтэ үлэтиттэн кэллэ. — Хайа, сэгэрим, тугу уруһуйдуугун? — Ыра санаа дойдутун. Уруһуй уруогар сорудах биэрдилэр. — Ээ, тоҕо үчүгэйэй. Бэркэ уруһуйдаабыккын, маладьыас. Оттон бу дойдуҥ ааттаах дуу? — Ааттаах. Ыралэнд диэн. Манна сайын таһырдьа кыһын дьиэҕэ оҕуруот аһа, фрукта үүнэр. Дьоннор даҕаны, кыыллар-көтөрдөр даҕаны бары уһуннук уонна дьоллоохтук олороллор. Мэлдьи ыраас салгыннаах. — Ээ, бэрт дии. Оттон эн бэйэҥ итиннэ тугунан дьарыктанаҕыный? — Мин эбээ курдук үүнээйи бөҕө үүннэрэбин уонна кыыллары иитэбин. …Мичийэ чаҕылхай сырдык иһигэр баар буолан хаалла. “Хайа, бу түүл дуу, туох дуу?”, — диэн дьиибэргээн иннин хоту хааман иһэн, соһуччу күөх окко тахсан кэллэ. Халлааҥҥа харбаспыт үрдүк мастар Мичийэни уруйдуу көрүстүлэр. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дьикти моһуоннаах элбэх этээстээх дьиэтэ күн уотугар дьэҥкир эркиннэринэн күлүмүрдүү оонньоон бэйэтигэр угуйарга дылы. Дьэрэкээн ойуулаах лыахтар сибэккиттэн сибэккигэ түһэн кынаттарынан сапсыналлар. Дьырылас ырыалаах чыычаахтар куоталаһа-куоталаһа көмүс тойуктарын тардаллар, мастан маска көтөн күрэстэһэллэр. Үөһэнэн ааһар көстөр-көстүбэт суолларынан тыаһа да, сыта да суох уһун ньолбуһах быһыылаах дьикти көлөлөр сүүрэллэр. Сириэдийэ үүммүт оттоох күп-күөх хонууга сыспай сиэллээх сылгылар, адаар муостаах ынахтар мэччийэ сылдьаллар. Икки үп-үрүҥ куба төп-төгүрүк күөлгэ нуоҕалдьыйа устар, уһун моойдорун холбоон, ыраас таптал бэлиэтэ буолан, мэктиэтигэр сырдыгынан сыдьаайар курдуктар. Мичийэ кэрэ көстүүттэн туймааран турдаҕына, атаҕар туох эрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтэ, дьаабылыка эбит. — Эс, ама, манна хантан дьаабылыка үүннэҕэй, — өйдөөн көрбүтэ, үрдүк мастар быыстарыгар киһи саҕа эрэ үрдүктээх яблонялар, ону таһынан груша, слива, абрикос, персик мастара үүнэн тураллар. – Хайыа, маннык баар буолар эбит дуу! Арай туох эрэ инчэҕэй илиитин таарыйда. Сүүһүгэр туоһахталаах сылгы кэлэн турар эбит. — Ээ, дьаабылыка сиэххин баҕараҕын дуо? – Мичийэ дьаабылыкатын тоһуйда, ону кытта ат мип-минньигэстик мотуйан кэбистэ. Чырылас тыастаах үрүйэҕэ чугаһаан кэлэн көрбүтэ, алмаас кэриэтэ дьэҥкир уу нөҥүө үрүҥ көмүстүү күлүмнээн, балыктар устан ааһаллар. Үрүйэ анараа кытылыгар эриэн ынах кэлэн ып-ыраас ууну астына-дуоһуйа ыймахтаан барда. Ону кытары ньирэйэ ийэтин үүтүн эмэн соппоҥноото. Мичийэ салгыы ыллык устун хааман, били дьикти дьиэҕэ тиийдэ. Эркиннэрэ бүтэй буолбатахтар, салгын киирэр гына аһаҕастаахтар эбит. Хас биирдии этээһигэр тобус-толору астаах уктар өрүсүһэ-өрүсүһэ күҥҥэ таласпыттар. Күн сардаҥалара курдат киирэн, эркинтэн эркиҥҥэ, этээстэн этээскэ
тэйэ оонньууллар. Иһирдьэ хас да киһи үлэлии сылдьара көстөр. Ким уу кутар, ким сиэмэ олордор, ким сиппит аһы хомуйар. Киирэр ааны көрдөөн, тула хааман эрдэҕинэ, биир уол тахсан кэллэ уонна илиитин уунна: — Ыра санаа дойдутугар кэлбиккинэн эҕэрдэ. Мичийэ илиитин биэрэн, дьикти дьиэҕэ кииристэ. — Эһиги бу аата оҕуруот аһын үүннэрэҕит дуо? — Оҕуруот аһын, сир аһын, туох кыалларын барытын. Мичийэ тулатын өйдөөн көрбүтэ, араас кээмэйдээх помидор, килбэчийбит оҕурсу ситэн-хотон, хомуллаары кэтэһэн турар эбит. Кэтит иһиттэргэ хортуоска, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп уктара, ону кытта укуруоп, луук, салаат сэбирдэҕэ хото үүммүттэр. Уолу батыһан, оҕуруот астаах өссө хас да этээһи ааһан, аны сир аһа силигилии сиппит этээһигэр таҕыста. Биэ эмийэ, дьэдьэн, сугун, моонньоҕон, дөлүһүөн, уулаах отон, бэл, ежевика, биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик күргүөмүнэн силис тардыбыттар. Өссө үрдүкү этээстэргэ күөх, кыһыл виноград, ол таһынан горох, кукуруза чэчирии үүммүт. — Оо, тоҕо сүрэй! Бу барыта хайдах үүнэрий? — Эргиччи күн көрөр буолан, сайын устата ситэр. — Оттон ити таһырдьа фрукта мастара бааллар дии, кыһын үлүйэн хаалбаттар дуо? — Ити саҥа суортар. Хас да көлүөнэ тухары сөптөөхтөрүн талан, бэйэ-бэйэлэригэр холбоон, биһиги кыһыммытын тулуйар гына таһаарбыппыт. — Ээ, наһаа бэркэ оҥостубут эбиккит. Салгыҥҥа көмпүүтэр сирэйин курдук эгэлгэ ойуулар, кунуопкалар көстөн кэллилэр. Уол тарбаҕын төбөтүнэн таарыйан, күөх бэлиэни баттаата. — Ити аата тугуй? — Бу курдук салайан, тэпэлииссэ иһинээҕи үүнээйигэ сиигин, сылааһын, күн тыгарын сөп гына оҥорон биэрэбит. Онон хас биирдии үнүгэс улаатар, ситэр уонна астанар, эрдэ төннөн хаалбат. — Оччоҕо оттон киһи да көрүүтэ суох үүнэр буоллахтара дии. — Оннугун оннук эрээри, киһи сылааһын туох да солбуйбат. Үүнээйи да син биир тыыннаах эттик. Төһө да технология сайдыбытн иһин, көрүүнү-харайыыны, истиҥ сыһыаны эрэйэр. Мичийэ саамай үрдүкү этээскэ тахсан, тулатын манньыйа одууласта. Үрдүгэр – күп-күөх мэҥэ халлаан. Анныгар – киэҥ нэлэмэн хонуулар, толору астаах мастар, айылҕа кэрэтин ситэрэн-тупсаран биэрэр, эргиччи күөх үүнэйинэн симэммит тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэр. Сибэкки быыһыгар кыра кыыс ыт оҕотун кытта оонньуу сырсар. Мас күлүгэр төгүрүһэн олорор оҕолорго учуутал “салгын көмпүүтэринэн” тугу эрэ көрдөрө-көрдөрө кэпсиир. Күөл кытыытыгар обургу оҕолор мустан көтөрдөрү аһаталлар. Тэйиччи соҕус орто саастаах киһи сылгытын сиэлин тэҥниир, кылбачыта тарыыр. Биир дьиэ таһыгар үрүҥ баттахтаах кырдьаҕас эдэр-сэнэх киһиттэн итэҕэһэ суох сэрээккэлээн ойор-тэбэр. — Ама, бу барыта кырдьык дуо? – диэн таалан турдаҕына, икки төгүрүк аан нөҥүө курдат ааһар суолунан били дьикти көлөлөртөн биирдэстэрэ субу уун-утары кэлэн тохтоото. Уол сиэтэн илдьэн, көлө аанын аһан биэрдэ. — Киирэн олор. Олох куттаныма. Эн дьиэҕэр тиийиэххин наада. Мичийэ аа-дьуо киирэн олорунан кэбистэ. — Манна наһаа да үчүгээй! Мин
аны хаһан эмит кэлэ сылдьыам дуу? — Ыралэнд эн өйгөр-санааҕар, сүрэххэр баар. Ону өйдөө. *** Мичийэ уһукта биэрдэ уонна бэйэтэ бэйэтиттэн күлэ санаата. — Оо, дьэ, иҥин-иҥини түһээн. Уруһуйун кууспутунан остуолугар умса түһэн утуйан хаалбыт эбит. Лииһин төттөрү холбукаҕа уган иһэн, түннүгүнэн ып-ыраас кип-киэҥ тиэргэнин таба көрдө. Ардах тохтоон, былыт быыһынан күн тыкпыт. “Оттон арай…” – диэн санаа сардаҥа кэриэтэ күлүм гынна. Сотору буолаат, Айаал умса туттан киирэн кэллэ. — Ийээ, мин Туоһахтабын кытта быраһаайдастым. — Ээ, чэ, бэйи, кэл эрэ, манна, чыычаах. Мичийэ оҕотун кууһан, оройуттан сыллаан ылла. — Кэбис, чэ, көспөт инибит. Мин биири толкуйдаатым. ИП буолуохха ээ. Оҕуруот аһын үүннэрэн атыылыахха. Тиэргэммитигэр улахан тэпилииссэ туттарыахха, дьиэбит иһигэр киэҥ түннүктээх хоспутун үүнээйигэ аныахха. Бааһынабытын арыый кэҥэтиэххэ. Кыһалыннахха, туох баҕарар кыаллыан сөп буоллаҕа. Оттон уонна үүккэ анаан саатар биир ынаҕы ииттиэххэ баар эбит. Үрүҥ астаныа этибит буоллаҕа. — Оччоҕо Туоһахтаны өлөрбөппүт? — Ээ, суох-суох. Оҕом баар суох доҕорун хайдах өлөрөн кэбиһиэхпиний. Эйигин кытта тэҥҥэ улааттын. Кэлин айаас ат гынан миинниэҥ. — Ураа! Ийээ, мин улааттахпына, Туоһахтабын кытта ат сүүрдүүтүгэр кыттыахпын баҕарабын. — Ии, чыкырык, оҕом сыыһа. Кыттаар-кыттаар. Мин онно эһиэхэ сүрүн ыалдьааччы буолуоҕум. Күн киириитэ халлаан халлан, салгын чэбдигирэн, киһи таһырдьаттан киириэ суох астыга буолбут. Айаал Туоһахтатын көччүтэн кэлбитэ, ийэтэ үктэлгэ сөрүүкүү олорор эбит. — Ийээ, көспөт буолбуппут наһаа үчүгэй дии! Дэриэбинэбин таптыыбын ээ. — Ээ, оннук-оннук. Тыа сирэ барахсан үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Манна ыраас салгыммыт, көҥүл-босхо сүүрэрбит-көтөрбүт да баар. Бачча үчүгэйтэн, ама, киһи хайдах аккаастаныай. Чэ, кэл, чыычаах, манна иккиэн олоро түһүөххэ. Ханна эрэ ынах маҥыраата. Түптэ сыта саба биэрдэ. Мичийэ оҕотун кууһан, сайыҥҥы киэһэ абылаҥар ылларан, сылаанньыйа олордо. “Ыра санаа дойдутун бэйэҥ эрэ оҥостор кыахтааххын”, — сиккиэр тыал сэрэнэн сипсийэн ааста. edersaas.ru саайтка анаан Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн Светлана Егорова.
edersaas.ru сайтан