Кэпсээ
Войти Регистрация

Иччилээх кэпсээннэр (дьиҥ олохтон)

Главная / Кэпсээн арааһа / Иччилээх кэпсээннэр (дьиҥ олохтон)

K
kyym.ru сайтан Айымньы
24.02.2018 13:24
Бүтэй тамыйах Бу 1937 с. Саҥкыччахха Дыыдараас диэн сайылыкка буолбута. Хара саадьаҕай, илин атаҕа биир сиртэн үүммүт, тобугун үөһэ өттүттэн салаалаах, кэлин атаҕа сүһүөҕүнэн олох хамсаабат, самаҕа эмиэ дьороччу тэбэ сылдьар гынан баран олорор тамыйах төрөөтө. Тыһыта-атыыра быһаарыллыбат. Бүтэй сүөһү. Хоолдьуга эргийбэт, хантайан көрөр. Этэ син сылаас. Үчүгэй баҕайы саадьаҕай тамыйах. Хараҕа күп-күөх, улахан баҕайы. Уоттаах харахтаах. Титиик аанын атыллаан киирбиппэр, хантайан миигин көрдө. Төбөтө адьас үөһэ. Туппахтаан көрдүм – сүөһү сүөһү курдук. Ону Ньукулай Сыссыыкын диэн киһи баара. Тамыйаҕы куулаҕа сылбахха таһааран умаппыта. Онтуката умайбакка, уоту тоҕо көтөн хонууга тахсан түспүт. Сыссыыкын харса суохтуҥу киһи этэ. Сүгэ ончоҕунан төбөтүн уҥуоҕун үнтү сынньан кэбиспитэ. Онтуката эмиэ өлбөтөх, хамсыы сылдьар. Онтон Сыссыыкын: “Дьуоппасымаат!” – диэн баран, сүгэтин биитинэн кэрдэн кэбиспит уонна умаппыт. Онтон ый эрэ буолан баран, аҥаар хараҕа суох буолан хаалбыта. Ону биһиги көрө сылдьабыт уонна: “Ол баҕайы сиэтэҕэ”, -- диэбиппит. Урукку эбитэ буоллар, туой күөс булан кэтэрдэн, дириҥ иин хаһан көмөн кэбиһэҕин. Кини туой күөһү курдаттыы көрбөт. Онно сааһын тухары хаайыллан сытар. Таҥнары көмүллэр. Өрө буоллаҕына, төттөрү тахсан кэлиэ буоллаҕа дии. Уонна сүөһүгүн да сиир, бэйэҕин да ыарытыннарар. Тугу баҕарар оҥорор, ол тамыйаҕыҥ. Алексей Артемьев, 1911 с. төрүөх. Мэҥэ улууһун Үөһээ Алтан нэһ. 1995 с. суруйбуппун. Туох ыта үрэрий? 1975 с. Улахан Мурбаайыга Быччаҥа диэн сиргэ биригээдэнэн оттуу сылдьыбыппыт. Сэттиэ буолан. Ол сайын, күнэ-дьыла үчүгэй буолан буолуо, от олус үүммүт этэ. Ардах суох, биһиги оту кэбис да кэбис. Күһүөрү үлэбит аҕыйаан, дьэ, үөһэ тыынныбыт. Атырдьах ыйын бүтүүтэ быһыылааҕа. Улахан хабах диэн бүтэһик ходуһабытын кээһэн бүтэрээри турдахпытына, утары көстөр сискэ, арай, ыттар үрэн кэллилэр. Биирэ бордурҕас саҥалаах, иккиһэ – хатан. Оччону истэн баран туруохпут дуо? Мин биллэхпин Ганя Ощепковы кытта саабытын ылан баран, хайаны өрө сүүрэн таҕыстыбыт. Ыттарбыт үрэллэр. Ыраас бэһинэн сүүрдүбүт. Оччолорго кытыгыраспыт сүрдээх этэ. Чугаһаан истэхпитинэ, ыппыт саҥата арыый ыраатта. Биһиги өссө эбэн биэрдибит. Олох чугас кэлэн, үөмэн оргууй ыга киирэн истибит. Ыппыт саҥата тэйэн биэрдэ. Дьэ, ол курдук уһун күнү быһа сордоннубут. Киэһэ быстан, саҥабыт кыайан тахсыбат буолан, отуубутугар атахпытын нэһиилэ соһон төнүннүбүт. Салайааччыбыт Январий Кугданов балаакка түгэҕэр тиэрэ түһэн сытар. Күлэ-күлэ: “Хайа, киэһэ эт сиибит дуу?” -- диэтэ. Хойут билибппит, урут кини эмиэ сырса сатаабыт эбит. Өссө үс буолан, атынан. Сарсыныгар сол сиргэ күрүө оҥоро турдубут. Били сиргэ ыппыт эмиэ үрэн кэллэ. “Хайа, барыҥытыый, сырсыҥ”, -- дэһэллэр. Биһиги саҥарбаппыт. Ол турдахпытына, ыттар үрбүт сирдэрин диэкиттэн Яков Курнев диэн оҕонньор киирэн кэллэ. Кини эмиэ сырса сатаабыт эбит. Дьиктитэ диэн, ол ыттар саҥаларыгар биһиги бэйэбит ыттарбыт барбаттар. Иккис
түбэлтэ. Нүүнэ өрүс кытылыгар Иирэлээх диэн, Чамчаттан 12 биэрэстэлээх сиргэ оттуу сылдьабыт. Сайын оройо, үлэ үгэнэ. Мин эрдэ туран Кузьма Захаровтыын аттарбытын тута бардыбыт. Бэс Өтөҕө диэн сиргэ аттарбытын тутан турдахпытына, бэс быыһыгар ыт үрэн барда. Биһиги балааккабытыгар кэллибит. Ыт үрэр. Дьонум миигин: “Бар”, -- диэтилэр. Мин саабын ылан баран сүүрдүм. Ытым саҥата үрэн баран эрэр. Маардаах сиринэн туораабыт, “арыый көрбөккө хаалбыппын” дии санаатым. Аны Чамчаҕа барар суолу туораата. Онтон суолу сырса Чамча диэки барда. Тохтообот. Бөһүөлэк таһыгар Күөл Үрүйэтэ диэн кыра үрэҕи туораата. Мин сырсан иһэбин. Онтон ыраас бэскэ таҕыста. Онно арыый хойуу, ыккыйдаах да буоллар, кыра ойуур баар. Тула өттө ып-ыраас. Оргууй кэлэн көрөн турдум. Ытым олус үрэр. Онтон эмискэ уурайда. Били ырааһынан туох да туоруурун көрбөтүм. Сотору соҕус ыт саҥата арыый тэйиччинэн, ойоҕоһум диэки үрдэ. Мин сөҕөн да буолуо, олус соһуйдум. Ыраас сиргэ кэлэрэ-барара хайдах да көстүөхтээх этэ! Баттаҕым өрө турарга дылы гынна, куйахам күүрдэ. Турбалаан баран, Иирэлээххэ төнүннүм. Баран иһэн суолу олус чинчийэн көрдүм. Бадараан кэминэн сытар, ыт да, тайах да суола суох. Хата, бэйэм сүүрэн ааспыт суолум онно-манна сытар. Мин ити ыт саҥатын хас да киһиттэн быһааттара сатаабытым да, ким да билбэт. “Булт түбэһээри гыннаҕына истэбит”, -- дэһэллэрэ да, ол сымыйа эбит. Мин саныахпар, урут ким эр улахан булду бултаан баран абыычайы толору тутуспакка, мээнэ тылласпыт буолуон сөп. Дэҥҥэ, киһи сэрэммэккэ булчут ытын ытан кэбиһэр түбэлтэтэ баар буолааччы. Оччотугар ол ыккын сүлэн, түөрт атаҕын сүгэнэн тоһуталаан баран лаабыстаан (араҥастаан) кэбиһиэхтээххин. Оччоҕо эйиэхэ булчут ыт үөскүүр, турумтуо буолар. Николай Пахомов, 1951 с. төрүөх, Ленскэй, Мэйик-Татакаан нэһ. Халлаанынан ааспыт хаһыы Чурапчы оройуонугар сайын биир киһи эмискэ өлөн турар. Ол туһунан сымыйата-кырдьыга биллибэт маннык үһүйээн тарҕаммыта. Кини нэһилиэк Сэбиэтигэр саҥа таллылан үлэлээн испит. Ити буолар сайыныгар, куруутун да буоларын курдук, биир табаарыһыныын иккиэ буолан матасыыкылынан сылдьан от биригээдэлэригэр “аан дойду балаһыанньатыгар” лиэксийэ аахпыттар. Киэһэлик от охсооччулар баар улахан алаастарыгар кэлэн лиэксийэлэрин ааҕан ааһаллар. Кинилэр кэпсээн бүтэн матасыыкылларын тыаһа сүтээтин кытта, кинилэр барбыт сирдэриттэн, үөһээ халлаанынан, хоһооно биллибэт эрээри сүрдээх чуолкай хаһыы иһиллэн ааспыт. Отчуттар дьиктиргээһин бөҕө буолбуттар. Хайдах эрэ, кинилэр олус билэр куоластаах киһилэрин хаһыытын курдук үһү. Онтон эмискэ кинилэри кытта бу алааска үлэлэһэ сылдьыбыт, субу лиэксийэ ааҕан барбыт сэбиэт киһи кыра уола: “Ити мин аҕам хаһыытаата”, -- диэн айманан турбут. Дьон онно өйдөөбүттэрэ, кырдьык, ити били лиэксийэ ааҕан барбыт киһи хаһыытыгар майгынныыр эбит. Онтон ол киһилэрэ ити киэһэ дэриэбинэҕэ тиийэн, өссө биир лиэксийэҕэ сылдьыбыт. Киэһэ дьиэтигэр кэлэн баран: “Ок-сиэ! Бүгүн хаһан да сылайбатахпын сылдайдым”, -- диэт, утуйан
хаалбыт. Сарсыарда туран көрбүттэрэ, киһилэрэ өлө сытар үһү. Кини хаһыытын дэриэбинэҕэ өссө биир дьахтар истибит. Үөһээ халлаанынан киирэн бара турбута үһү. Чурапчы олохтооҕо Петр Шадрин кэпсээнин Ванина Захарова 1960-с. сс. суруйуута. Кылдьыылаах Арыыга Бу Кылдьыылаах Арыыга болуот охсо сырыттахпытына буолбута. Биһиги төрдүө буолан биир эргэ балаҕаҥҥа олорбуппут. Бу дойду олус бөдөҥ, улахан мастаах этэ. Онон үлэбитигэр олус табыллыбыппыт. Ол гынан баран биһиэхэ биир улахан моһуок үөскээбитэ. Дьэ, арай, биир киэһэ куолубутунан сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэйдии олордохпутуна, икки дьахтар киирэн кэллилэр. Биирэ кырдьа барбыт, былыргылыы таҥастаах-саптаах, иккиһэ – эдэрчи дьахтар. Мин туран бу хантан сылдьар, тоҕо кэлбит буоллахтарай дии санаатым да: “Хайа, бу хантан сылдьар оҕолоргутуй?” – диэн ыйыттым. Онуоха кырдьаҕаһа: “Дьэ, эһиэхэ ааттаан-суоллаан кэллибит. Мин куруҥаайы маспын кэрдибиккит. Онон бу дойдуттан бараргытын этэ кэллим. Барыҥ! Эн, кырдьаҕас киһи быһыытынан, дьоҥҥун сэрэт, өйдөт”. Мин биһиги бу дойдуттан барар кыахпыт суоҕун, бэриллибит сорудах быһыытынан манна анаппыт учаастакпытыгар үлэлии сылдьарбытын эттим. “Дьэ, сэрэтиитин сэрэттим. Кэлин хоргута сылдьаайаҕыт. Бу дойдуттан син биир биир да маһы ылыаххыт суоҕа!” – диэтэ кырдьаҕас дьахтар уонна тахсан бардылар. Дьонум: “Хайа, Сэмэн, ити кими кытта кэпсэтэҕин? – дэһэ түстүлэр, -- хайдах буоллуҥ?” Мин туран дьоммор барытын кэпсээн биэрдим. Ону дьонум соччо кырдьыктамматылар. “Оттон тоҕо биһиги көрбөтүбүт?” – дэстилэр. Ол түүн утуйа сыттахпытына, биир киһибит баттатан уһугунна. Утуйа сыттаҕына ким эрэ суорҕанын хастыы тардан киэр элиппит. Ити итинник ааста. Үлэлээбиппит курдук үс-түөрт күн үлэлээтибит. Арай аттарбыт аһаабат да уулаабат да буолан хааллылар. Маска муннуларын анньан баран тураллар. Аны, болуоттарбыт ууга баран хааллылар. Онтон, сүбэлэһэн баран, ити сиртэн тэскилээбиппит. Абааһыны көрбүт Ньурба Чуукаарын олохтооҕо Варвара Д. эмээхсин манныгы кэпсээбитэ. Эдэр сылдьан мин абааһы диэни билбэт, итэҕэйбэт этим. Абааһы киһиэхэ куһаҕаҥҥа эрэ көстөр эбит. Мин абааһыны кэргэним өлөр сылыгар көрбүтүм. Ол маннык буолбута. Биирдэ сайын балтыбыныын ынах хомуйа барбыппыт. Киэһэ этэ. Ынахтарбытын өр көрдөөбүппүт да, булбатахпыт. Дьиэбитигэр төннөн иһэн, арай, ойуурбут ортотугар киирбиппит кэннэ, балтым миэхэ сибигинэйдэ: “Көр эрэ! Ол тугуй? Тэлиэгэлээх аттаах киһи ойуурунан иһэр!” Мин бастаан тугу да өйдөөн көрбөтөҕүм. Онтон тэлиэгэ кыычыгырыырын истибитим, онтон, дьэ, киһини көрбүтүм. Кини тэлиэгэлээх атынан талахтары-мастары ортотунан айаннаан иһэрэ. Оҕуруокка кэлэн баран, киһибит ааны аспакка эрэ курдары, аһаҕас сир курдук ааста. Дьэ онно мин “абааһы эбит” дии санаабытым. Ол сыл оҕонньорум өлбүтэ. Ону “тиэйэн бараары” тэлиэгэлэнэн-таймаланан бэлэмнэнэ сылдьыбыттар эбит. Анастасия Мартынова, педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан 1969 с. курсовой үлэтиттэн. Багдарыын Сүлбэ “Үһүйээннэр, номохтор 2” кинигэтиттэн
kyym.ru сайтан