Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэмсинии
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэмсинии
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
04.06.2020 17:06
Арамаанап оҕонньор аа-дьуо соодьоҥноон, өрүс кытылыгар турар эргэ мас ыскаамыйаҕа, аны кини эмсэҕэлиэ диэбиттии, бэркэ сэрэнэн олордо. Онто, үгэһинэн, балай эмэ кыычырҕаан баран, оҕонньорун син уйда. Оннооҕор буолуох араас санааҕа эмнэрбити уйбахтаабыта. Дьиҥэ, Арамаанабы кытары билсибитэ да ыраатта. Эдэр эрдэҕинэ уол одьунааһа буола сылдьан бу ыскаамыйаҕа элбэхтик олорбута. Тыый... ол кэмнэргэ... ырааһа, сырдыга... Оттон бу сырыыга ис-иһиттэн ыараабыт тыына иһиллэр. Олох ыар ындыытын сүгэ сырыттаҕа. Быста-быста салҕанар санаатын холбуу-илбии сатаата. Холкутук устан саймаарыйа сытар өрүһэ, оҕонньор санаатын үллэстибиттии, иһин түгэҕиттэн түллэҥнэтэн, өрүтэ будулуйбахтаата. Кэмсинэн да, билигин кэлэн тугу уларытыай?! Буолуох буолбутун кэннэ. Оҕолорун инникилэрин сарбыйдаҕа ити. Кини оччолорго саҥардыы улаатан эрэр оҕолорун быраҕаттаан атын дьахтарга иирэн барбатаҕа буоллар, Маасата билигин да тыыннаах буолуо этэ. Оҕолоро аҕаларын көрүүтүнэн-истиитинэн үөрэхтээх, үлэлээх, нус-хас олохтоох буолуо этилэр. Билигин...?! Улахана — туспа сокуоннаах хаайыы киһитэ. Оттон кырата, мааны кыыһа, бу сытаахтыыр. «Оо, абам да эбит, мин эһигини сиэтэлээтим... мин... мин... бырастыы гыныҥ даа, аҕаҕытын... » — диэн ис-иһиттэн уһуутаат, иэдэһинэн субуруйан түспүт хараҕын уутун киэр илгэн кэбистэ. Өрүс кытары уйуһуйан, эбии эрчимирэн, долгунунан сабыта биэртэлээтэ. *** Арамаанаптар оччолорго туох да айдаана-куйдаана суох нус-хас олорбуттара. Кинилэр саҕа дьоллоох ыал суох курдуга. Бүөтүр быраас киһи быһыытынан дьиэтигэр көстөрө да ахсааннаах курдуга. Ол эрээри баар буоллаҕына, болҕомтотун бүтүннүү дьиэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар уура сатыыра. Бу билигин кэлэн олорор кытылыгар киирэн балыктыыр буолаллара. Уоллаах кыыһа өрүс кытылын устун уунан ысыһа-ысыһа сырсыакалаһан, күлэн саһыгыраһаллара субу иһиллэргэ дылы. Эчи, минньигэһин... Ийэлэрэ, дьонун наһаа хойутаатылар дии санаатаҕына, корзинатыгар аһын-үөлүн бүүс-бүтүннүү уктан тиийэн кэлээччи. Дьэ, оннук киэһэлэргэ уу кытылыгар күнү-күннүктээн олорооччулар. Күн киирбитин кэннэ эрэ, ийэлээх аҕа уоллаах-кыыстарын санныларыгар быраҕан дьиэлэрин булааччылар. Оо, доллоох да кэмнэр эбит. Хайа, уонна эркиннээх аата эркиннээх. Мааса онуоха-маныаха диэри олох ыараханын билбэккэ олорбута. Оҕолоро туох буолуохтаахтарын эрдэттэн ырыҥалаан, Бүөтүр үөрэхтэригэр улахан болҕомтону уурара. Кыыһа Лия «аҕам туйаҕын хатаран быраас буолуом» диэн тыллаах буолара. Оттон уолугар Васекка эрэлэ улахан этэ. Кырата сопхуос дириэктэрэ буолуохтааҕа. *** Биир сыл “саҥа быраас кыыс кэллэ” диэн буолбута. Мааса Бүөтүрүгэр бүк эрэнэр буолан эбитэ дуу, дьахтар аймах кэлэригэр-барарыгар дьыалайдаабат этэ. Арай ол кэлбит нуучча кыыһа хайдах курдук кырасыабайын дьахталлар кэпсэтэллэрин бэркэ диэн сэрэхэдийэ истибитэ. Биирдэ Бүөтүр төрөөбүт күнүгэр кэллиэгэлэрин ыҥыртаабыта. Дьэ, онно көрбүттээҕэ кэпсэлгэ сылдьар кырасыабай луохтуурдарын. Мустубут эр дьон ол дьахтарга хайдах эккэлиэхтэрин билбэт буола дьү´үлэммиттэрэ. Бэл, дьиэлээх хаһаайын Бүөккэ ордубатаҕа. Мааса иһигэр төһө да ытырыктата санаатар, онтун биллэрбэтэҕэ. Арай Бүөккэтэ хойутуура улам элбээн барбыта. Дьиэтигэр баар да буоллаҕына бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн хаалара. Урукку курдук үөрэ-көтө балыктаабат, сир астаабат, бохуоттаабат буолбуттара. Бэл, бииргэ чэйдииллэрэ
да ахсааннаах буолан барбыта. Бүөтүр саҥа быраас дьахтарга ылларбытын балыыһа барыта билэрэ. Арай Мааса эрэ кулгааҕа бүөлэммит курдуга. Сэрэйдэр да хайыай?! “Аралдьыйа түһэн баран уоскуйар ини” диэн уоскутунара. Туох да буолбатаҕын курдук тутта-хапта сатыыра да, киһи барыта кинилэри ырытара. Дьахтары “ыал олоҕун алдьатан эрэр” диэн, баартыйа мунньаҕар дьүүллээн баран, бу дойдуттан барарыгар эппиттэрэ. Ол түүн Бүөтүр дьиэтигэр кэлбэтэҕэ. Сарсыныгар «бииргэ күрээбиттэр үһү» диэн сурах тилийэ көппүтэ. Мааса төһө да итэҕэйбэт буола сатаатар, аҕалара өрүү буоларын курдук «чэ, доҕор, аскын тарт эрэ» диэн, күлэн-үөрэн дьиэтигэр киирэн кэлбэтэҕэ. Субуоннуу да сылдьыбатаҕа. Ол аата, чахчы, күрээтэхтэрэ. Мааса сити курдук бэйэлээх-бэйэтин эрин нуучча дьахтарыгар былдьатан ытыс соттон хаалбыта. Аймахтара онон-манан ыйыталаһан көрбүттэрэ да сурахтыын сүппүттэрэ. Сыл буолан баран “соҕуруу олороллор үһү” диэн сурах кэлбитэ. Мааса айманан, эт бэйэтэ эмэҕирэн, сыа бэйэтэ сылайан, ыран-дьүдьэйэн барбыта. Эбиитин кута-сүрэ көтөн ыарыы бөҕөҕө хам ылларбыта. Оҕолор саҥа улаатан өйдөрө-санаалара уларыйар кэмигэр, аттыларыгар өйүүр-өйдүүр, сүбэ-ама буолар киһи суох буолан биэрбитэ. Аҕалара суох. Оттон ийэлэрэ бэйэтэ нэһииччэ сылдьаахтыыра. Кини ытабылын, муҥун-таҥын истимээри, дьиэлэригэр да кэлэллэрэ ахсааннаах буолан барбыта. Улам үөрэхтэригэр мөлтөөн, бэрээдэктэрэ ыһыллан оскуолаттан үүрүллүбэт эрэ айдааныгар сылдьыбыттара. Уол саарбах атастарын кытары кучуһан уулусса киһитэ буолбута. Ол сылдьан киһи өлүүлээх охсуһууга кыттан, эдэркээн сааһыгар хаайыыга барбыта. Дьиэлэрин босхону эрэ үрдүнэн атыылаан уолларын албакаатыгар төлөөбүттэрэ. Ол сайын Мааса ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ. Хара өлүөр диэри аҕалара өйдөнөн кэлиэ диэн бүк эрэллээх сыппыта. Бүөтүрүн соннук көрбөккө эрэ бараахтаабыта. Өлөрүгэр: «Кини туһуттан өлөн эрэбин, уолбут бу айылаах буолла, кыыспыт сир-халлаан икки ардыгар соҕотох хаалла», — диэн муҥун ытаабыт үһү. *** Оҕонньор эмэҕирбит мас курдук ииммит-хаппыт тарбахтарын бигээн көрө-көрө, харахтарын чыпчыҥната олордо. Хараҕын өһөн эрэр уота өрдөөҕүтүн эргитэргэ өрүһүлтэ көрдөһөр курдук. Быр бааччы олорбуттара сыччах. Дьонун кытта олорбут дьоллоох олоҕун бэйэлээх-бэйэтин илиитинэн сити курдук урусхаллаабытын хаһан даҕаны бырастыы гыныа суоҕа. Быстах таптал туһуттан киһи өйүн сүтэрэр да буолар эбит. Билигин кэмсиммитин иһин туох кэлээхтиэй. Дьон-сэргэ саҥата бэрдиттэн Настятын кытта соҕуруу күрээбиттэрэ. Бастаан утаа ханна баалларын кимиэхэ да биллэрбэтэхтэрэ. Биир-икки сыл таптал кынаттанан толору дьоллоох курдук олорбуттара. Иккис сылларыгар уол оҕолоро “куоппута”. Төрдүс сылларыгар Настя нэ´иилэ оҕоломмута. Күүтүүлээх оҕолоро иринньэх төрөөбүтүттэн санаарҕаан, бу ыал эмиэ ыһылла сыспыта. Омук сиринэн эҥин сылдьан эмтэтэ сатаабыттара да туһа тахсыбатаҕа. Дьахтар ол кэннэ оҕоломмотоҕо. Инбэлиит уолларыттан күннэрэ-ыйдара тахсара. Бүөтүр анарааҥ²ы дьонун туһунан туох да сураҕы истибэт этэ. Маасата суох буолбутун түөрт сыл буолан баран, уулуссаҕа көрсө түспүт биир дойдулааҕыттан истибитэ. Бара сылдьыаҕын кыаҕа суоҕа: муспут харчыларынан уолларын эмтэтэ омук сиригэр барбыттара. Ол санаарҕабылыгар буолан анарааҥ²ы дьонун умна быһыытыйбыта. Уоллара
син биир үтүөрбэтэҕэ. Олоҕо сити курдук хомолтолоохтук ааһан испитэ. Бүөтүр аралдьыйаары, төбөтүн оройунан үлэҕэ түспүтэ. Бу уобаласка биллэр учуонай-быраас буола үүммүтэ. Үлэтинэн сылы-сыллаан Москубанан, омук сиринэн сылдьара. Бүөтүр биир дойдулааҕа, урут бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, сэминээргэ бара сылдьан хонон ааспыттааҕа. Инбэлиит оҕолорун көрөн, «оҕо ииттэ ылыаххытын» диэн сүбэлээбитэ. Ол ки´и “кэргэним дьүөгэтэ Оҕо дьиэтигэр үлэлиир, онон билсиинэн үчүгэй оҕону ылыахха сөп” диэбитэ. Бу күнтэн ыла Бүөтүрдээх чуумпу олохторо айманан, оҕо ылбыт киһи диэн ыра санааҕа ылларбыттара. Тө´ө да Саха сириттэн айдааннаахтык «куотталлар», оҕо ылан ииттээри төннөргө кү´эллибиттэрэ. Бүөтүргэ сонно тута Дьокуускайга үчүгэй үлэ көстүбүтэ. Били биир дойдулааҕа эрэннэрбитин курдук, доруобай оҕо эмиэ көстүбүтэ. Тоҕо эбитэ буолла, Бүөтүр аҕалбыт кыыстарын көрөөт сүрэҕэ ытырбаҕалаабыта. «Ха´ан да хаалларыам суоҕа» диэбиттии, кыысчааны бэйэтигэр сы´ыары туппута. Ха´ан эрэ «сүтэрбит» кыы´ын Лияҕа майгынната санаабыт. *** Лия оскуоланы бүтэрэн баран, урукку баҕатынан медучилищеҕа киирэн үөрэммитэ. Ситэ үрдэтиммэккэ, харчыга наадыйан балыыһаҕа сиэстэрэлии киирбитэ. Училищеҕа үөрэнэр кэмигэр тапталлааҕа Миисэтиттэн хат буолан төрүү киирэр. Өлүү быалаах диэбиккэ дылы, дьэ, хараҥа олоҕор сырдык сыдьаайынан тыган олоҕун сылытан эрдэҕинэ, тапталлааҕа массыына саахалыгар түбэһэн өлөн хаалар. Кыыс төрүү сытар кэмигэр ким даҕаны куһаҕан сураҕы эппэт буола сатыыр да... Куһаҕан сурах куһаҕан кыыбаҕалаах – иҥэн-батан сылдьыбат идэлээх. Саһыара, кистии сатаабытыҥ да иһин, холорук курдук, сири-буору сиксигинэн иһэн өрө ытыллан тахсыбыта эрэ баар буолар. Оннук холоругунан өйө-санаата үлтү ытыллыбыт Лия оҕотун көтөхпүтүнэн, чороҥ соҕотох туран хаалыан ким билиэ баарай?! Оҕотун иитэр кыаҕа суох буолан, дьүөгэлэрин сүбэлэринэн, кыыһын детдомҥа биэрэн кэбиһэр. Атахпар турдахпына ылыам диэн эрэнэ санаабыта. Киһилии дьоннооҕо буоллар, муҥ, саатар, онно ииттэриэ эбитэ буолуо. Училищетын этэҥҥэ бүтэрэн, хос сыыһын ыла сатаан үстүү-түөртүү үлэҕэ үлэлиир. Дьэ, үлэлэнэн-хамнастанан атахпар турдум диэн кыыһын ыла барбыта, хайыы-үйэ атын дьон ылбыттар. Лия баар-суох көмүһүн — кыыһын сүтэрэн уйа-хайа суох ытаабытын иһин, ким киниэхэ оҕотун төнүннэриэй... Онтуттан санаата оонньоон, кыралаан арыгы амсайан барар. Хаста да сэрэтиилэммитин кэннэ балыыһатыттан үүрэн кэбиһэллэр. Сити курдук уулуссаҕа ускул-тэскил сылдьа сатаан баран дойдутугар тиийэр. Биир арыгыһыты кытары олоро сатыыр да сотору-сотору ибили кырбанар. Өйдөөҕөр, дьиҥэр, ырааһа, асчыта хаһаайка бэрдэ. Итирдэҕинэ туга кэлээхтиэй... Олоҕо сатамматаҕын туһунан ытаан-соҥоон, суланан тахсар. Сотору-сотору эрэ буолуохсуттан ибили кырбанан балыыһаҕа киирэр. *** Бүөтүр отучча сыл буолан баран, кэмниэ кэнэҕэс дойдутугар үктэннэ. Үктэнэн да диэн. Урукку дьоллоох олоҕо барыта күдэҥҥэ көттөҕө. Өрүс биэрэгэр турар дьиэлэрэ субу харааран-барыаран тураахтыыр. Билигин атын дьон олороллор. Бүөтүр кэлииккэтин аттыгар кэлэн, киириэх баҕайым дуу, суох дуу диэбиттии дөйүөрэн турда. Көрдөҕүнэ, Маасата тэрээсэтиттэн күлэн-үөрэн тахсан и´эр. Кэнниттэн уоллаах кыыһа күлэн саһыгырыы-саһыгырыы сүүрэн таҕыстылар. Эмискэ кинини — аҕаларын — көрөн
баран, тохтоон хааллылар. «Бу мин дии, мин... аҕаҕыт...» диэн саҥа таһааран саҥара сатаата да... Арай Мааса хараҕа хомойбуттуу, хоргуппуттуу уота суоҕунан көрөн турарыттан бөтө бэрдэрэн ыарыылаахтык ыйырбахтаата. Онтон ким эрэ саҥатыттан уһукта биэрдэ. Тэрээсэҕэ олох билбэт суон дьахтара тахсан тугу эрэ ыйытар, айманар саҥата иһиллэр. Бүөтүр тугу да истээхтээбэтэ. Кэлииккэ аанын сабан тахсан барда. Били, оҕолорун кытта өрүскэ балыктыы киирэр ыллыктарынан бара турда. Арай кытылга ибили кырбаммыт дьахтар сытарын көрөн, бырааһа өтөн эбитэ дуу, тыыннаах дуу, суох дуу диэн туппахтаан, иһиллээн көрдө. Хаан-билик буолбут дьахтары түргэн үлүгэрдик балыыһаҕа илтэрдэ. Балыыһалар к³стүбүт дьахтар кимин-тугун сонно тута биллилэр. Эдэр сиэстэрэлэр ааһан иһэн: «Арамаанаба Лия диэн иһэр соҕус дьахтар. Эрэ буолуохсут куруук кырбыыр. Бу сырыыга кыратык хойутаабыппыт буоллар өлүө эбит. Хата, хайалара аҕалан биэрбитэй», — диэн кэпсэтэллэрин Бүөтүр аттыларыгар туран кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Оо, ол иһин даа... Сүрэҕэ сэрэйбитэ. Сүөм түһэн, чочумча саҥата суох олордо. Дьиэ сууйааччы «балыыһа сабылынна» диэбитигэр өйдөнөн кэлэн таһырдьаны былдьаста. Эмиэ, били кытылыгар кимтэн эрэ куотардыы сүүрэ турда. Ыскаамыйатыгар тыын быһаҕаһынан сырдырҕаан тиийэн кэллэ. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан