Кэпсээ
Войти Регистрация

«Туоһахта уонна Лэкиэс»

Главная / Кэпсээн арааһа / «Туоһахта уонна Лэкиэс»

K
edersaas.ru Категорията суох
07.08.2020 18:00
Cуруйааччы, СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ култууратын туйгуна, Дьокуускай куорат 33 №-дээх орто оскуолатын уруһуй уонна технология учуутала Василий Гоголев-Уйулҕан быйыл сайын «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээтэппит “Туоһахта уонна Лэкиэс” диэн саҥа кинигэтэ номнуо улахан сэҥээриини ылла. edersaas.ru “Уйулҕан, бэйэтин псевдонима да этэрин курдук, маннык сюжетынан ааҕааччы уйулҕатын хамсатар, долгутар, сэһэни киһи биир тыынынан ааҕар. Ааптар тыла-өһө, ойуулуур-кэпсиир дьоҕура кини билиҥҥи кэм прозаигын быһыытынан, уһулуччу талааннааҕын кэрэһилиир”, – диэн филология наукатын дуоктара, профессор, литературовед Варвара Окорокова кинигэ аан тылыгар суруйбут. Сахалар булугас өйдөрүнэн – инники күөҥҥэ «Биир дойдулааҕым Василий Гоголев-Уйулҕан «Бичик» кинигэ кыһатыгар саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Туоһахта уонна Лэкиэс» диэн сэһэн кинигэтин ааҕан баран санаабын үллэстэбин. Сэһэҥҥэ саха киһитин олоҕун, Дьөһөгөйүн оҕотун дириҥ, түгэх устуоруйаттан саҕалаан олус умсугутуулаахтык, уус-ураннык саҕалыыра киһини тардар, интэриэһиргэтэр. Биһиги оҕо сырыттахпытына, сылгы көлүллэр миҥэбитинэн буолара. Хайа да оҕо дьонугар көмөлөһөр буолан, сылгы майгытын билэрэ. Ол курдук, Баһылай бэйэтэ сылгыга чугас уонна сыстаҕас буолан, сылгы майгытын, өйүн олус итэҕэтиилээхтик суруйар. Сылгы саҥарбат эрэ, ону кини саҥарар курдук ойуулуур, саҥардар, иҥэрситэн кэпсэтиннэрэр. Сылгы үөрүгэр сылдьыбыт курдуккун диэхпэр диэри итэҕитиилээхтик суруйар. Дьөһөгөй оҕотугар тапталы иитэр, иҥэрэр суолталаах. Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт, иэдээннээх соһумар суоллаах сэрии саҕаламмыта. Сут-кураан аргыс­таах сэрии кэмигэр «Коммуна суола» холкуос бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Маркович Находкин икки холкуос дьонун биири да хоргуппатаҕа, аата бэйэтинэн ахтылларын олус истиҥник ылынан, оччотооҕу дьоммут барахсаттар Лэгэнтэй Мааркабыска махталларын, убаастабылларын этэллэрин истибит буоламмыт, ону тириэрсиэ диэн махтана санаатым. Төһөлөөх саха ньургуннара Ийэ дойдубутун көмүскээн, сотору кыайыы көтөллөөх төннүөхпүт диэн эрэл санаалаах айаҥҥа туруммуттара буолуой? Саха норуотун биллэр күүстээх бөҕөһө В.И. Степанов-Буучугурас, Тигилээхэп Уйбаан сэттэ уу кырбас оҕотун хаалларан, төһө да доруобуйатынан сыыллыбытын үрдүнэн, иккиһин ыҥыран ыыталлара кыһыылаах. Сэһэҥҥэ саха киһитин биир үтүө хаачыстыбата, ол эбэтэр сүрүн дьоруойдарын, эдэр киһини Лэкиэһи хайдах курдук араҥаччылыы, көрө-истэ, үөрэтэ сылдьаллара чаҕылхайдык көстөр. Сүрүн дьоруой Лэкиэс прототиба – Роман Гоголев. Бу Гоголевтартан элбэх киһи сэриигэ барбыта, сүрдээх уус дьон. Сэриигэ аттаналларыгар үс бырааттыылар Холболоох арҕаа баһыгар улахан баараҕай сэргэ туруоран барбыттара. Ол сэргэ билигин да кинилэр сырдык ааттарын ааттата турар. Сэрии иннинэ Уһун Эбэҕэ улахан дьиэ туттубуттара, ол улахан түннүктэрдээҕин өйдүүбүн. Үс бырааттыылартан иккитэ маҥнайгы уот сэриигэ тыыннарын толук уурбуттара, биирдэрэ үлэ фронугар түбэһэн тыыннаах эрэ эргиллэн, 10 оҕолонон эйэлээх олоҕу тутуспута. Москва, Сталинград көмүскэлигэр үгүс саха дьоно тыынын толук уурбута. Ол курдук, мин эһэм Захаровтар икки бииргэ төрөөбүт бырааттарыныын, биир алааска олорор аймахтарыныын – 5 киһи Сталинград, Москва, Ленинград, Харьков куораттар кыргыһыыларыгар охтубуттара, биир да киһи тыыннаах эргиллибэтэҕэ. Бу сэһэни ааҕа олорон биһиги дьоммут эмиэ маннык сэриилэстэхтэрэ
диэн, хас биирдии киһи сүрэҕэр-быарыгар иҥэр гына суруллубута киһини итэҕэтэр, уйадытар. Нууччалыы билбэт, пуойас диэни көрбөтөх саха киһитэ барахсан булугас өйүнэн, сатабылынан, тулуурунан инники күөҥҥэ атын омуктары кытта тэҥҥэ сырыттаҕа. Бу алдьархайдаах сэрии хас биирдии ыалы хаарыйбыта. Сэһэҥҥэ Туоһахталаах Лэкиэс хаһан, хайдах сэрии­лэспиттэрэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран, дириҥник ааҕан, үөрэтэн суруйбута ааптар биир үтүө хаачыстыбата буолан, ааҕааччыга тиийимтиэ, сүрэхтэригэр чугас. Ол иһин Василий Иннокентьевиһы биһиги классик суру­йааччыларбытыгар тэҥниибин. Василий сэрии диэн тугун-хайдаҕын ааҕан эрэ билэр буолбатах. «Ол курдук тыылга ийэтэ Екатерина Васильевна сут-кураан, үлэһит илии тиийбэт ыарахан кэмигэр Кэтириис «Коммуна суола» холкуос төһүү үлэһитэ этэ. Маҥнай хонуу үлэтигэр сылдьыбыта. Салайар дьаһайар дьоҕурдаах дьону түмэр буолан, пиэрмэҕэ сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Өрүү улахан бартыбыаллаах буолара. Сэрии кэмигэр тулаайахтарын, улахан дьиэ кэргэнин наһаа үчүгэйдик көрөн-дьаһайан олорбута», – диэн ийэм Марфа Ивановна куруук кэпсиирэ. Василий ийэтигэр анаан, «Дьоруой Ийэ – Далбар Хотун» диэн ахтыы кинигэни бэчээттэппитэ. Онон бырааппар Василийга бу сүдү суолталаах улахан айымньыны суруйбутугар махталбын, эҕэрдэбин тириэрдэбин! Өссө да айа тута суруйа тур диэн алгыспын аныыбын». (Валентина Егоровна Захарова, Мөҕүрүөн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна) Туоһахта – саха бэриниилээх ата » Василий Гоголев-Уйулҕан «Туоһахта уонна Лэкиэс» диэн саҥа айымньытын ааҕан олус сэргээтибит, уйадыйан да ыллыбыт, дууһабыт ортотунан таарыйан ааста диэхпитин сөп. Ити кинигэни орто кыыспыт: «Бичиккэ» саҥа кинигэ тахсыбыт, ааҕыҥ, наһаа үчүгэй кинигэ», – диэн аҕалан биэрбитэ, ону биһиги кэргэммин кытта дьэ, былдьаһа сылдьан, олус умсугуйан туран, биир-икки күн иһигэр ааҕан бүтэрэн кэ­­бистибит. Бу айымньы күүстээх таптал, эрэллээх доҕордоһуу, төрөөбүт дойдуга, чугас дьонуҥ иннигэр бэриниилээх сыһыан туһунан. Төһө даҕаны ыарахан кэм буолтун иһин, ахтылҕан дууһаҕын, эккин-хааҥҥын хаайбытын иһин, саха хорсун-­хоодуот ыччаттара тулуурдарын көрдөрөн, күүстээх санаалара кэхтибэккэ туруулаһан туран, кырыктаах сэриини кыайбыттара. Уонна бу айымньы саамай уйулҕаннаах түгэнэ: бу Лэкиэс ата Туоһахта туһунан, олус киһи дууһатын долгутар, уйулҕатын таарыйар. Хайдахтаах курдук саха аттара бэриниилээхтик сэриигэ кыттыспыттарын көрдөрөр, чугас доҕорун аттыгар ханнык да түгэҥҥэ бииргэ сылдьан олох очуостарын ааһаллар. Наһаа үчүгэйдик уус-ураннаан, киһиэхэ түргэнник өйүгэр-санаатыгар тиийэр гына суруллубут. Бу айымньы сүрүнэ диэн, дьиҥнээхтик сэрии кэмигэр буолбут тугэн. Бу барыта муҥура суох Итэҕэл, Эрэл, Таптал баар буолан, олох салҕанан бара турар. Киһини оннук күүскэ тардар, интэриэһинэй айымньы буолан биэрдэ, киһи астына-дуоһуйа ааҕар. Бу кинигэ ааптарыгар улахан махталбытын тириэрдиэ этибит, өссө да маннык айымньылары суруйа тураргар баҕарабыт. Мантан ыла биһиги бу Василий Гоголев диэн суруйааччы сүгүрүйээччилэрэ буолабыт». (Светлана, Баһылай Тортоусовтар, Буучугурас сиэнинэн уруулара) Үйэлэргэ өйдөбүнньүк буолуо «Василий Иннокентьевич, дьоһуннаах, историческай, үйэлэргэ өйдөбүнньүк кинигэни архыыбы хасыһан, элбэх үлэнэн ааҕааччыга тиийимтиэ гына, чахчы сиппит-хоппут айымньыны суруйбуккар барҕа махтал!
Суруйууларгын бииртэн биир кинигэҕэ кубулутан, эн талааҥҥар сүгүрүйээччилэриҥ кэккэтэ кэҥээтин! Этэҥҥэ, эдэрдии эрчимнээх, туспа суоллаах-иистээх, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаргынан киэн туттабыт. Түбүктээх үлэҥ үтүө түмүктэннин! Мэлдьи ситиһии эрэ эҥэрдэстин, дьол-соргу эрэ тосхойдун! Дом! Дом! Дом!» (Галина, Валерий Семеновтар, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэ) Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
edersaas.ru сайтан