Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дэриэбинэ олоҕо (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дэриэбинэ олоҕо (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.07.2020 16:00
Балаҕан ыйа саҕаланан от-мас алтан өҥүнэн күлүмүрдээн күһүҥҥү айылҕа тупсан турар кэмэ. Харыйа, тиит, хатыҥ быыстардаах кыракый дэриэбинэ көстөр. edersaas.ru, Елена Хатыы, Сунтаар Кытыы күөл нэлэһийэн көмүс долгуннара кустуктана дьиримнии оонньуур. Бу кэрэ көстүүгэ эргэ дьиэлэр самналлан иҥнэллэн тураахтыыллар. Түннүктэрэ-үөлэстэрэ алдьанан, былыр үйэҕэ барбыт хаһаайыттарын санатардыы киһи хараҕын далыгар саба быраҕыллан көстөллөр. Ол эрээри олох салҕанарын туоһулаан ортолоругар саҥа дьиэлэр хороһон тураллар. Сорох дьон үөс сиргэ тардыһан көспүттэр. Эдэр ыччат оҕолор киин куоракка студент буолан үөрэнэ сылдьаллар. Төһө да аҕыйах киһи олордор, кулууп, оскуола-сад уонна атын тэрилтэлэр ньиргиччи үлэлииллэр. Тыа ыалын сиэринэн дьон үксэ сүөһү, сылгы ииттэн үлэ үгэнигэр олороллор. Үүттэрин ыан, эттэрин туттаран онон харчыланан аһаан олороллор. Күн аайы сарсыарда аҕыстан, киэһээ тоҕус чааска диэри үүт туталлар. Уулусса уҥуор турар маслоцехха билээгэ соспут дьон тиэтэйэ хаамсаллар. Онтон аҕыйах хамыы почта турар. Онон ким барбыта кэлбитэ барыта көстөн турар. Бүгүн пенсия түҥэтиллэр дьоро күнүгэр анаабыт курдук үтүөкэн нуурал күн сылааһынан илгийэн тосхойдо. Почта таһыгар оҕонньоттор, эмээхситтэр уочараттан тураллар. Манна атыы-эргиэн дэлэйбит. Коммерсаннар массыыналарын иннигэр араас табаары тэлгэтэ сыталлар. Бэл бэйдиэ сылдьар ыттар тиҥсирийэн ааһаллар. Бу бириэмэҕэ Соловей-Сиидэр, Бэйиэт -Бэлиэрий, Самурай-Сэмэн, үһүөн арахсыбат доҕордуулар, субуруһан пенсия ылар курдук ыксаан кэллилэр. Туох дьикти ааттаах дьону кэпсээн эрэҕин диэххит. Ону кыратык халыйан быһааран биэриэм. «Соловей-Сиидэр»- кэрэ куоластаах. Аргы истэҕинэ күөмэйэ арыллан ырыатын иэйиитэ тахсар. Били Валерий Ноев курдук нарыннык сыыйан ыллыыр. Онтон «Бэйиэт-Бэлиэрий» оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан саха тылын уруогар хоһоон суруйан мэлдьи хайҕанара. Учуутала Анна Ивановна кини суруйбут хоһооннорун оҕолорго ааҕан биэрэрэ. Бэлэм буол хаһыакка хаста да тахса сылдьыбыта. Үһүс киһибит «Самурай-Сэмэн» совхоз эрдэҕинэ тракторист бэрдэ этэ. Видик саҥа үөдүйэрин саҕана киинэ көрөн баран гаражка тиийэн уолаттарыгар кэпсиирин омунугар самурай уолу үтүктэн көрдөрбүтүгэр онно сүрэхтээбит ааттара. Бу дьоммут орто саастарын аастылар даҕаны хоонньоһор ойохторо, ытыыр оҕолоро суох. Атастара сүбэлээн тулаҕытын өйдөөн көрүн үчүгэй баҕайы кыргыттар бааллар диэн ыйа сатыыллар. Кэбис балтыбыт кэриэтэ дэһэн сапсыйан кэбиһэллэр. Кинилэргэ киһи барыта эдьиий, балты. Баҕар биир дэриэбинэҕэ үөскээн аймахтыы курдук саныыллара буолуо. Тыа дьоно бэйэ -бэйэлэригэр көмөлөсүһэн олороллор. Өрүүнэ эмээхсин оҕонньоро ыалдьан кыайан оттообокко ыксаан, бу үс дьону харчыга наймылаһан хата сүөһүлэрин кыстык отун дэлэччи булан үөрэ сылдьар. Бүгүн ол үлэлээбит харчыларын ылыахтаахтар. Тоҕус чаас буолан почта аана аһыллан эмээхситтэр, оҕонньоттор киирдилэр. Биһиги дьоммут табах тарда туран күннээҕи сонуну кэпсэттилэр. Ким төһө оту охсубутун, хайа ходуһа үүммүтүн ырыттылар. Билигин техника дэлэйбит кэмигэр оту элбэҕи оттуохха сөп. Ону баара сэлээркэ көстүбэт диэн Самурай айаҕа аһыллан куолулаан эрдэҕинэ Өрүүнэ кэлэн харчытын алта тыһыынчаны уунна. Кэлэр ыйга эмиэ биэриэм диэтэ.
Икки тыһыынчалыыннан үллэстэн сиэптэригэр угуннулар. Бииргэ үөрэммит уолларыгар тиийэн биир буокканы ылан маҕаһыын аһылларын күүтэн аргыларын иһэ олордохторуна коммерсан Киэсэ кур холуочук байаатаҥнаан кэллэ. Рынок саҕаланан коммерсия саҥа үөдүйэригэр Куола аан бастаан саҕалаан биири-биэс гына эргитэн баайар суолугар үктэнэн барбыта. Арааһа дьон тыла тиийэн олоҕо түҥнэри эргийэн билигин туга да суох умнаһыт кэриэтэ чороҥ соҕотох баанньыгар олорор. Кэргэнэ оҕолорун илдьэ атын киһиэхэ арахсан барбыта. Улахан баҕайы дьиэтин, гараһын көтүрэн массыынатын тракторын атыылаан баран киһитигэр тугу да биэрбэккэ элэс гынан хаалбыта. Онтон сылтаан бу киһибит буор иһэччигэ кубулуйа сылдьар. Бытыга умайдар эрэ мэлдьи харчы иэстэһэн көрдөһөр. Ол идэтинэн эмиэ харчы иэстээн диэтэ. Ону истэн Самурай хоморуйан саҥарда: «Олохпут уларыйан киһи үөйбэтэҕин истэр, көрөр. Аргы атыылаан байан тылла-хабылла сылдьан гараж туттаран баран харчыгын биэрбэккэ албыннаабытын. Аҕыйах бутылканы иһэрдэн баран ыларгыт суох диэбиккэр утары аахсыбыппар участковайга үҥсэн айдаан тардыбытын дии. Дьахтаргын кытта куомуннаһан хаайыга уга сатаабыккыт. Аргыһыттар баҕайыллар диэн улахан сах туттар этин. Онно кыһыйбытым ахан. Күлбүтүн күнүнэн кэлэҕэ. Онон-манан киирбэккэ дьүгүлүйэн хаал!»- диэн күргүйдээтэ. Куттуурдуу сутуругун ыараҥнатта. Куттанан тыас хомунан дьалты тэйэ хаамта. Бүгүн атыыһыттара дьон иэһин хомуйан кэмниэ-кэҥ нэҕэс маҕаһыынын хойутаан аста. Кэтэһэн олорбут дьоммут маҕаһыынна киирэн үс буокканы кытта халбаһыы, кэнсиэрбэ ылан тахсан истэхтэринэ оруобуна биэкэр Биэрэ киирэн уолаттары көрдөһөн ыскылаакка тахсан кууллаах бурдук тастарда. Ол манньатыгар ип-итии, сибиэһэй килиэп ылан бэкээринэ таһыгар баар котельнайга олордулар. Ортолуу аһаан эрдэхтэринэ табаарыс уолаттара кэлэннэр эбии харчы бырахсан кыттыһан пиибэ, аргы бөҕө истиллэр. Итиигэ дэлби көймөстөн түргэнник итирдилэр. Туохтан эрэ бурайсан ыһыы-хаһыы түһэрсэн охсуһан ыллылар. Эмиэ даҕаны ырыа ыллаатыллар, хааһы да саламаат буола сырыттылар. Бу кэмҥэ Бэйиэт Бэлиэрий тэйиччи үүнэн турар хатыҥы кууһан туран сыллыы-сыллыы хоһоон ааҕарын дьиктиргээн оскуола обургу оҕолоро бөх хомуйа сылдьан көрөн турдуллар. «Биирдэ бэриллэр олохпор Эн көстөн ааспытын, Эйигин умнубат эбиппин Сырдык кэрэ мөссүөҥҥүн Күн -түүн санаан Түүлбэр кытта көстөн Күнүм ыйым диибин. Биир тылы этиэхпин Барымаа иһит сэгэриэм» Онтун быыһыгар бүтэҥитик ыҥырҕаан ис-иһиттэн эймэһийэн хаһыырар былаастах ытыы-ытыы миигин быраҕыма диэн аймана түстэ. Өрдөөҕүттэн тахсыбатах харах уута халыйан хатыҥ туоһун устун субуруйда. Оччо айылаах айдааҥҥа дьоммут син өйдөрүн-төйдөрүн булан түҥ-таҥ харбыалаһан тиийдилэр. Эргийэ сылдьан уоскута сатаатылар. Киһилэрэ өссө эбии сэтэрэн ытаан-соҥоон барда. Самурай кыыһыран киһитин уолугуттан күүскэ илгиэлээтэ. «Туох ааттааҕын кэбилэнэн хаалаҕай бүт!» -диэтэ. Онуоха анарааҥҥыта уу-хаар баспыт хараҕынан килэп-халап көрдө. Өр баҕайы бодьустаһан нэһиилэ илиитин хатыҥтан арааран соһон-сыһан илдьибиттэрэ. Ол күн дэриэбинэ иһэ туола охсубута. Сорох дьон аһынан ылбыттара. Аһара аргылаан буккуллубут дэһэн сибигиннэспиттэрэ. Дьээбэлээх өттө эбэн-сабан көр-күлүү тэнийбитэ. Дьахталлар кими санаабыта буолуой диэн уруккуну -хойуккуну ырытан толкуй
бөҕөҕө түспүттэрэ. Кини да иҥчэҕэй эттээх киһи буолан таптаан баран эппэккэ сылдьыбыта арыллан таҕыстаҕа. Төһө да итирдэр күн ахсын суруйар халыҥ тэтэрээтин арыйан көрбүт киһи бу кистэлэҥин билиэх этэ. Онон ол таабырыны ким хайдах таайа сатыыра бэйэтин көҥүлэ. Елена Хатыы. Кулун тутар 13 күнэ, Сунтаар Аллыҥата
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан