Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сүүһүн туолбут оҕонньор кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сүүһүн туолбут оҕонньор кэпсээнэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
18.07.2020 12:01
Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгин Ойуун ууһуттан төрүттээх Киэҥ Күөлүттэн Егоров Петр Алексеевич Ойуун ууһугар Күһүт күөл арҕаа өттүгэр 1877 сыллаахха төрөөбүтэ. Сүүс саастаах эһэм Бүөтүр оҕонньор дөрүн-дөрүн саҥата элбээн кэлээччи. Оҕо сылдьан манныгы истибитим. Төһө өйдөөбүппүнэн хас да сыллааҕыта тэтэрээккэ суруйан турардаахпын. Сэрии кэнниттэн Сэбиэскэй Сойууһу аһаҕас сэриинэн кыайбаттарын атын дойдулар билиммиттэрэ. Атын өттүнэн Сойууһу эһэр туһунан былааннаммыттара ыраатта. Ити кыра Вьетнам дойдутун оннооҕор Америка сэриитэ кыайбатын кэннэ, ама, Кытай омуга кыайыа дуо. Аны 50 сылынан олохпут уларыйыа диир этэ. Билиҥҥи туругунан, кытайдар чахчы Сахабыт сирин буулаатылар. Сүүһүн туолбут оҕонньор саҥата Ыар санааҕа түстүм, Дууһам айманна. Ама да бүдүк буолан олордорбун Түүлү-бити көрөн эрдэҕим дии. Күндүл маҥан халлааммытын Хараҥа былыт бүрүйэн, Хара буруо субуллан илинтэн тахсан Халлааны хайа сотто. Ой дуораана күүстээхтик хаhыытаата, Сатарыылаахтык күллэ, Алдьархай аана аһылынна. Холорук буолан бу буруону Үүрэр санааҕа түстүм. Килбиэннээх күөх сирбит Үрдүк халлааныгар Айыылары көрдөһө тахса сырыттым, Көҥүл ыллым. Көрүөх бэтэрээ өртүгэр Орто дойдум дьоно биирдэ Сир үрдүттэн сууралла сыстылар. Сири кытта сир буолан Симэлийиэх курдуктар. Илинтэн сабардаабыт буруо Үлтү күөрэлээн тахсан Дьаардаах сытынан аргыйда, Дьон хаанынан хааҕынаата, Бааhынан бүрүлүннэ, Эт-сиин бокооруута саҕаланна, Истэрэ-хоойдоро айгыраата, Ынырыктаах күннэр чугаһаатылар, Тыыммын ыга хаайдылар. Хойуу дьон тоҕуоруспут сирдэрэ Дьонун-сэргэтин батарбат буолла, Дьон санаата иилиhиннэ, Ханна, хайдах буолалларын, Тугу быhаарыналларын Өйдөрүгэр да оҕустарбат буола Сылдьаахтыыллар. Акаары, ньүдьү балай, Сиэмэх үрдүк сололоохтор, Былааһы тутан олорооччулар Илин дьон өҥөтүнэн туhанан Көҥүл бэйэлээхтэрбит дэнэн Халыҥ харамааннарыгар Халыан үлүгэрдик Халыгырыыр харчы уктаарылар, Халлааҥҥа тиийэр балаҕаннары тутаннар, Дойдуларын дьонун-сэргэтин Имири эhээри, Тыыннаахтыы сиэрилэр Хаайыы курдук дьиэлэри Кымырдаҕас уйатын курдук Хойуу дьон олорор дьиэлэрин Тутан таһааран дьэндэттилэр. Дьааттаах сымарынан дьону тумуннаран өлөрөөрү Дьаардаах тутууларга хаалааннар Сахабыт кыра кыаммат дьонун Ыгыта симтилэр. Тиэтэйэ-саарайа боростуой дьон Тыыннаахтыы хоруоптарга Хаппахчыланаары баламат санааларыгар Умса түһэ охсуhан Угаайыга киирэн биэрдилэр. Холорук буолан илин дойдуга тиийэн Саханы эhэргэ туох кэпсэтии барарын Билиэхпин баҕаран, Ыраах улуу истиэнэ нөҥүө Баран өҥөйөн көрдүм. Дьэ онно баар эбиттэр оҕуруктаах өйдөөх Тыыннаах нэриэтинньиктэр, Улуу омуктар дэнэр Хара санаалаах Баттыгастаах ордуустар. Сирбитин-уоппутун дьаатынан аhатан, Сир кырсын быйаҥын симэлитэн, Хамсыыр харамайы дойдуттан тэскилэтэн Аҕыйах саха дьонун эhэргэ санаммыт Омук ордуустара ол дойдуга олороллор эбиттэр. Оттон биhиги тойотторбут-хотуттарбыт Эрэйдээхтэр халыҥ харчыга Суудайаннар, Дойдуларын атыылаан, Баайы-дуолу үллэстэн, Дьонун-сэргэтин тыыннаахтыы эhэн, Бэйэлэрин тустарын туhугар Дьоннорун атыылаан, Оҕолорун харчыга атастаhан, Баламаттык аамайданан, Сирдэрин-дойдуларын эhэр содулга бардылар… Маннык эрэттэр бадаҕа Баайдара баай буолуо дуо… Олохторо олох буолуо дуо… Ол эрэн-ол эрэн Саха омук өлбөт өрөгөй үөстээх буолан, Кэлэр сарсыҥҥыны өйдүөн, Өркөн өйүн күүһүн уһугуннаран Олоҕун тупсуутун тобулан, Аартыктаах аан аһыллыа… Саҥа
саҕахтар сайыллыахтара Диэн эрэнэ хаалыым буоллаҕа… edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан