Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аймалҕаннаах уочарат (саҥа кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аймалҕаннаах уочарат (саҥа кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.07.2020 18:09
Бэс ыйын ортото, быстах ардах түһэн ааста. Барыаран турбут халлаан чэмэлийэ тыкта. От-мас сииги иҥэринэн, айылҕа тупсан чэлгийдэ. Уу суола аһыллан өрүскэ борокуот араас малы тиэйэн кэлбит. edersaas.ru, Елена Хатыы, Сунтаар Аллыҥата Нэһилиэк аайыттан дьон бөҕө хомуллан таһаҕас таһан куруустаһар. Кытыы уһук түөлбэҕэ, биир үтүө күн күнүскү чэй кэмигэр лааппыга табаар кэлэр диэн сонун ыал ахсын тилийэ көттө. Туох атыыга тахсара барыта биллэ оҕуста. Үс устуука таҥас сууйар массыына үһү. Маны истэн кыанар кыаммат эмээхситтэр, бэл оҕонньоттор, дьахталлар обургулар оҕо аймах лааппыга бардылар. Хабытай Хаача чугас олорор буолан, кытыгырас бэрдэ сүүрэр хаамар ыккардынан элэгэлдьийэн тиийэн испииһэк суруйа турда. Бастакы бэйэтэ, иккис баар суох дьүөгэтэ мааны Муоча, үһүс аймаҕа учуутал кыыс сириксэн Суоппуйа киирдэ. Иккис кэлбит айдааннаах Алааппыйа кыыһыран силбиэттэннэ. Суох дьону тоҕо суруйдун диэн ыххайда. Икки тыллаах дьахтар түбэспиттэрин түмүгэр. Абытайдаах иирэн төрдө төлө барда. Били ытырыык ыт курдук утары көрсөн ырдьыгынаһан, абалаах-саталаах моргуор, кус-хаас тойугун аамайа саҕаланна эбээт. Ый-хай айдаан быыһыгар саһа сыппыт хоп-сип көрүдьүөһэ күөрэйдэ. Хойох хостоһон ампаалыктаһан ньамаластылар. Сэрэх Сэмэн оҕонньор бэркиһээн буойан көрдө даҕаны, хата бэйэтигэр саба түһэн чуут кырбыы сыстылар. Сэрэх сэмээр үөмэ сылдьан абытай Аананы кытта пиэрмэ хотонун оттоох күрүөтүгэр күөлэһийэ сыппыттара арыллан таҕыста. Эрэйдээҕи хоһулаан-сиилээн үөҕэн кэбистилэр. Киһи бөҕө сөҕөн айахтарын атан аппаһан турдулар. Күлэр күллэ, кэлэйэр кэлэйэн киэр хайыста. Аны Хаача эрин биригэдьиир Бүөтүр содур быһыыта ахтыллан ылла. Совхоз баар суох атыыр оҕуһа буола оҕуста. Эдэр көссүүтүгэр оҕото сайылыкка сүүрэ сылдьара кэпсэннэ. -Эн да оҕонньоруҥ хаалсыбат наһаа сибэтиэй буотах. -Һэ бу да дьахтар тылын. Итиннэ киһи өһүргэнэрэ туох баарый? Кырдьыгы сирэйгэр этэбин. Элэ-была этиһэ сатаан баран баттахтаһан илигирэһэн ыллылар. Хата эр дьон баар буолан уҥа-хаҥас соһон араартаан охсуһуу тахсыбата. Бу айылааҕы көрөн өмүрэх Өрүүнэ соһуйара бэргээн һуу бабат-татат диэн эһиэхэйдэннэ. Чочумча уоскуйан өйдөрүн-төйдөрүн булан эрдэхтэринэ талыгырас Туонньа испииһэк хос оҥостуоҕун диэн туруоруста. Ону истэн кулууп кыыһа Кылаара суумкатыттан тэтэрээт ылан баран, кими бастакы уочаракка суруйабын дии турдаҕына Хаача хааман тиийдэ даҕаны тэтэрээти былдьаста. Хата кыыс бэрдэ биэрэн бэт. Бэлэм сылтах ону тардыалаһан бардылар. Сытыы Сибиэтэ ойон кэлэн Хаачаны үтүрүйдэ. Бар антах мэһэй-таһай буола турума диэбитигэр. Ыһыы-хаһыы араллааҥҥа күөдьүйдэ. Этиһэн хапсыһан ньуу-ньаа бөҕө хойунна. Өссө улахан содуом кыргыһыы тахсыаҕын лаппы сэбиэдиссэйэ мэскэй Маппый тахсан уоскутта. Сарсын кэлэр табаар сэбиэт дьаһалынан атыыга тахсыбат. Быһа элбэх оҕолоох Сымыытаптарга биир сууйар массыына тиксэр, иккис чулуу үлэһит ыанньыксыттарга, үһүс оҕо саадыгар, лоп-баччы быһааран биэрдэ. Улахан аймалҕаннаах түрүлүөн түмүгэр ким да тиксибэккэ хомойон тарҕастылар. Урукку кэм көрүдьүөс түгэннэрин ахтан аастыбыт. Елена Хатыы, Сунтаар Аллыҥата 6 02 2020 сыл.
Хаартыска интэринэттэн туһанылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан