Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Бээкинчэ оҕонньор уруоктара

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Бээкинчэ оҕонньор уруоктара

K
edersaas.ru Категорията суох
13.07.2020 19:00
Төрөөбүт төрүт бөһүөлэкпэр тиийэ сылдьан билии-көрүү аартыгар ааны аспыт, кынаттаан көтүппүт үөрэммит оскуолабар таарыйдым. Оскуола тэлгэһэтигэр тиит мас чэлгийэ үүнэн турар. Күөх мутукчата сайыҥҥы сылаас тыалга оргууй-аҕай тылыбыраан биллэр-биллибэттик ойуур сытын тарҕатар. Тиити кууһан көрөбүн. Урут быыкаайык бэйэтэ хайыы-үйэ киһи өйөнөрүн уйар буола улааппыт. Үрдүкү чыпчаала оскуола үрдүгүн куоһарбыта ырааппыт. Тииппит барахсан сириэдийэ үүнэн улаатан эрэриттэн үөрэ санаатым. Онтон арай өйдөөн көрбүтүм, онон-манан сорох лабаата кууран-хатан хаалбыт эбит. Хайдах буоллаҕай диэн сыныйан тутан-хабан, эргийэ көрдүм. Аллараа ойоҕоһунан ытыс саҕа сиргэ хатырыга барыта хастаммыт. Туох эрэ сытыынан дьөлө анньыллыбыт суол баар. Арааһа, мэник оҕолор быһаҕы быраҕа оонньоотохторо. Өйдөөн көрдөххө, тиит умнаһын устун өссө хас да сиринэн быһах киирбит суола баар эбит. Аны буоруттан туох эрэ быган кылабачыйа сытар. Хостоон ылбытым, күҥҥэ кубарыйбыт “чипсы” дуу, туох дуу суута буолан биэрдэ. Тииппин аһынан, саҥа көлүөнэ оҕолор айылҕа маанылаах маһыгар аанньата суохтук сыһыаннаһалларын өйдөөн эмиэ да санаарҕаан ыллым. Тиит синньигэс лабааларын быыһынан ааспыт сыллары сэгэтэн көрөргө дылы гынным, быдан дьылларга буолбуту өйдөөн кэллим. Урукку сылларга бөһүөлэкпитигэр бөлүһүөк Бээкинчэ диэн оҕонньор баара. Ис санаатын, билиитин-көрүүтүн мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыбат, улаханнык айдааран кырдьыгын дакаастаабат буолара. Тоҕо кинини “бөлүһүөк” дииллэрин аныаха-маныаха диэри өйдөөбөт этим. Алтыс кылааска киирэппитин кытта, “Бээкинчэ оҕонньор уруок биэрэр үһү” диэн сурах иһиллибитэ. “Тыый, ол кини туох уруогун биэриэх баҕайытай?” диэн эмиэ да муодурҕааһын, эмиэ да интэриэс күөдьүйбүтэ. Учууталлар истэригэр “Оҕонньор түөһэйбит дуу, үөдэн” диэн сибигинэһии иһиллэн ааһара. Дьэ, ол кэтэһэн-манаһан, чаас аҥарын өлүүлэһэн, биһиги кылааспытыгар баара эрэ үс уруогу ыыппыта. Биирэ – күһүн, үөрэх сыла саҕаланыыта, иккиһэ – кыһын, үөрэх сылын ортото, үсүһэ – саас, үөрэх сыла бүтүүтэ. Урут буолбут түгэн күн-дьыл хаамыытыгар баттатан, өлбөөдүйэн, хайдах эрэ ыраатан хаалар идэлээх. Оттон Бээкинчэ оҕонньор үс уруога, дьиктитэ-дьиибэтэ бэрт буолан дуу, биитэр чахчы да туһалаах, мындыр санааны эппитин иһин дуу, тоҕо эрэ өйбөр хатанан хаалбыттар. Маҥнайгы уруога этиһии үгэнигэр уоп түбэстэ. Билигин туохтан сылтаан этиспиттэрин бу диэн өйдөөбөппүн. Валя уонна Галя диэн биир араспаанньалаах эмдэй-сэмдэй кыргыттар сотору-сотору туохтан эрэ кыйыттан, айдаарсан турар идэлээхтэрэ. Аны эбиитин икки өттүттэн “өйөөччүлэр” кыттыһан эбии тэптэрэн биэрэллэр. Ол күн эмиэ физика учуутала дьиэҕэ үлэбитин хомуйан, садаанньа биэрэн баран тахсаатын кытта, кыргыттар тылларыттан хапсан турдулар. Баара эрэ икки эрээппит утарыта турсан, кылаас иһэ ыҥырыа уйатын тоҕо тарпыт кэриэтэ куугунаан олорбута. — Бүт эрэ, бүт! Айаххын сап диибин! – Галя кыыс этиспит омунугар сокуолкалаах баттаҕа үрүө-тараа ыһыллан, сирэйэ кытаран, чыҥкынас куолаһынан кылааһы биир гына толорор. — Ол эн миигин тоҕо бүтэрэ сатаатыҥ? Хата, бэйэҥ бүт! – Валя да хаалсыбат. — Оннук, — мин
дьукааҕым Биитэ уол хос сыҥаах буолар. – Галя, бэйэҥ саҕалаан бараҥҥын. — Эс, кини саҕалаабыт үһү дуо?! – аны Галя иннигэр олорооччу, дьүөгэтэ Ньукку кыттыһар. – Валя дии барыта! Көмүскэһэргитин эрэ билэҕит! — Оттон эн да көмүскэһэ олорор буолбатаххын дуо? – Валя дьукааҕа Дима ойон туруохча буолар. — Эһиги уопсайынан бырахтараҕыт дуу, үөдэн? Наар Валя саҕалыыр бытты! – анараа эрээт кэнники паартатыттан Дьулус өгдөйөр. Ити курдук аамайдаһан төһө өр олоруохпут биллибэт. Арай эмискэ харахпыт кытыытынан көрбүппүт, кып-кыра оҕонньор киирэн турар эбит. Төһө өр көрөн, иһиллээн турбута буолла. Кылаас иһигэр биирдэ чуумпу сатыылаата. Кыбыһынныбыт быһыылаах, бары бииргэ умса көрбүтүнэн туран кэллибит. Оҕонньор сирэйбитин-харахпытын сыныйа одуулаһан, чочумча саҥата суох турда. Онтон оргууй “олоруҥ” диэт, бэйэтэ эмиэ аа-дьуо олоппоһун булла. — Дьэ, оҕолор, үүнэр көлүөнэ дьоно ити курдук этиһэргит, быдьар тылынан бырахсаргыт истэргэ олус кыбыстыылаах, хомолтолоох даҕаны. Сирбит-дойдубут сарсыҥҥытын эһиги быһаарыаххыт. Туллар тутаах дьон эһиги буолуоххут. Ситигирдик этиһэ-охсуһа, харсыһа сырыттаххытына ханна тиийэбит? Биһиги өссө ордук чуумпуран, хамнаабакка даҕаны олордубут. Дуоска үрдүгэр ыйаммыт чаһыбыт тыаһа хаһааҥытааҕар да чуолкайдык иһиллэр. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, оҕонньор эмиэ саҥа таһаарда. — Түннүгүнэн көрүҥ эрэ оҕолор. Биһиги хап-сабар түннүк диэки хайыстыбыт. Оскуолабыт аттынааҕы хатыҥ чараҥ күһүҥҥү тыалга көмүс сэбирдэхтэрин оргууй-аҕай тэлимнэтэр. — Айылҕа или-эйэни сөбүлүүр. Көрүҥ, ити хатыҥнар барахсаттар хайдах курдук иллээхтик, өйөһөн-убансан үүнэн туралларын. Кинилэр бары тэбис-тэҥ буолбатахтар. Син биир биһиги курдук уратылар, хас биирдиилэрэ хатыламмат моһуоннаахтар. Ким эрэ арыый бытааннык, ким эрэ арыый түргэнник үүнэр. Ол эрээри бүтүн чараҥ барыта биир хатыҥ курдук иллээх-эйэлээх. Арай, ити хатыҥнарбыт кыраларыттан кыыһырсан-охсуһан турбут буоллуннар? Бэйэ-бэйэлэрин таах кырган бүтэриэ этилэр, билигин бу курдук кэрэ, сырдык, киһи хараҕын сымнатар чараҥ суох буолуох этэ. Эмиэ чуумпу сатыылаата. Мин өссө “оҕонньор түөһэйэн, тугу этиэхтээҕин умнан кэбиһэр быһыылаах” диэн санаан аһарбытым. Билигин санаатахха, арааһа, Бээкинчэ биһигини толкуйдатаары соруйан элбэҕи саҥарбат эбит. — Бэйэ-бэйэни өйдөспөт, атын дьону ытыктаабат буолуу туохха тиэрдиэн сөбүн билэҕит дуо? Өһүөннээх санааҕа, абааһы көрсүүгэ, бүтэр уһугар сэриигэ тиэрдэн сөп. Онон бэйэ-бэйэҕитин харыстаһан, тылгытын-өскүтүн кыатанан сырыттаргыт ордук буолуо этэ. Сатыылаабыт чуумпуга Галялаах Валя сүүстэрин анныттан утарыта көрсөн ыллылар. Хантан эрэ соҕотох сахсырҕа киирэн, кылааһы төгүрүйэ дыыгыныы көтөн ааста. — Билигин эһиги олох суолугар саҥардыы үктэнэн эрэҕит. Инники олоххут хайа диэки салалларын бэйэҕит эрэ быһаараҕыт… Субонуок тырылаабытыгар, бары соһуйан ходьох гына түстүбүт. Бээкинчэ өссө да тугу эрэ этиэх эбит быһыылаах даҕаны, көрүдүөргэ саҥа-иҥэ, атах тыаһа кутуллан, били от хамнаабат чуумпубут ыһыллан хаалла. Оҕонньор туран, аан диэки салалынна… Иккис уруокпут кыһын оройо буолла. Кып-кыра хатыҥыр оҕонньор кылаас иһигэр дьөгдьөрүйэ түһээтин кытта, биһиги
тута бэрээдэктэнэн, ойон турдубут. Күһүҥҥү уруогу, быһыыта, ким да умнубатах. Ол уруок туһунан хаһан да биир тылы быктаран кэпсэппэтэхпит. Ол эрээри таспытыгар таһаарбакка эрэ, испитигэр оҕонньор эппит тылларын өйдөөн, хайдах эрэ этиһэрбит-мөккүһэрбит сыыйа-баайа уостан хаалбыта. Бээкинчэ илиитинэн “олоруҥ” диэн көрдөрбүтүгэр, тыаһа-ууһа суох дуоспуруннаахтык миэстэбитин булан, аны тугу кэпсиир эбит диэн кулгаах-харах иччитэ буоллубут. Оҕонньор паарта кэнниттэн төбөтө эрэ быган олорон, сирэйбитин ааҕа көрдө. Онтон оргууй ыйытта: — Ким бултуурун сөбүлүүрүй, оҕолор? Ким бултуон баҕарарый? Уолаттар хап-сабар илиилэрэ күөрэҥнэһэ түстүлэр. — Сөп. Оттон эһигиттэн ким бүгүн киэһэ аһыыр аһа суоҕуй? Ким эмит хам аччык сылдьааччы баар дуо? Ким да илиитин көтөхпөтө. — Өйдөөн истиҥ эрэ, оҕолор. Биһиги өбүгэлэрбит үгэстэрин салҕыыбыт диэн ааттаан булдунан үлүһүйэбит. Ол гынан баран, өбүгэлэрбит айылҕаны харыстаан, сиэри-туому тутуһан туран, аһыыр-таҥнар, хоргуйан өлбөт туһугар бултуллар этэ. Аһара барбакка, айахтарыгар эрэ сөп гына. Оттон бу биһиги билигин аһыыр астаах, таҥнар таҥастаах, быдан дэлэгэйдик олорон, аһара баран көрүлээн бултуур буоллубут. Оонньуу-көр курдук. Эмиэ күһүҥҥү уруок кэмигэр курдук уу-чуумпу сатыылаата. Арай, Галя алҕаска уруучукатын таарыйбытыгар, уруучука паарта үрдүнэн төкүнүйэрэ сүүнэ тыас буолан иһилиннэ. Оҕонньор аа-дьуо, хас биирдии тылын ыйааһыннаан салҕаата: — Көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, устар хатырыктаах эмиэ биһиги курдук тыынар тыыннаахтар, айылҕа оҕолоро. Таах көрүлээн, “хорсуммутун” көрдөрөн, кинилэри эһэрбит, кыргарбыт сыыһа. Өбүгэлэрбит ону сөбүлүө этилэр дии санаабаппын. Айылҕаны харыстааҥ. Айылҕабытын көрөн-истэн, маанылаан, инникитин да силигилии турарын, сир үрдүгэр олох салҕанарын ситистэххитинэ, ол буолуо – дьиҥнээх хорсун быһыы. …Үһүс уруогун оҕонньор саас айылҕа тыллыыта ыыппыта. Уруокпут таһырдьа буоларын истэн, кылааһынан оскуола иннигэр тахсан, тоҕуоруһан турдубут. Өр-өтөр буолбакка, уулусса устун Бээкинчэ иһэрэ көһүннэ. Илиитигэр туох эрэ тутуурдаах. Балачча чугаһаабытын кэннэ өйдөөн көрбүппүт, сибэкки иһитигэр олорбут киһи харытын саҕа үрдүктээх мас үнүгэһэ эбит. Бээкинчэ мичээрдээбитинэн, быыкаа маһы инники тахсан турар уолга туттаран кэбистэ. — Бу тиит үнүгэһин сыл устата көрөн-истэн үүннэрдим. Билигин маны эһиэхэ бэлэхтиибин. Дьэ эрэ, хамнанан иһиҥ, тииппитин оскуола иннигэр олордуохпут. Ким чугас дьиэлээх, бука диэн сүүрэн тиийэн күрдьэхтэ аҕалбаккыат? — Мин аҕалыам, — Биитэ, суол нөҥүө дьиэтэ көстөн турар киһи быһыытынан, быһа гыммакка, дьиэтин диэки тэбиннэ. Сотору буолаат, уолбут күрдьэхтээх күөрэс гынна. Уолаттар сири хаһан, кыргыттар үнүгэһи сэрэнэн иһититтэн хостоон, хойуу лабаалаах өттүн соҕуруу диэки туһаайан, оскуолабыт иннигэр тииппитин олордон кэбистибит. Оҕонньор, туох эрэ улахан суолталаах дьыаланы оҥорбут, сүгэһэрэ чэпчээбит киһи курдук сирэйэ сырдаан, астыммыт харахтарынан тиитчээни имэрийэ көрөн, саҥата суох турбахтыы түстэ. Онтон биһиэхэ утары хайыста. — Ыраас, эйэҕэс санаанан салайтаран, маскытын сэрэнэн, таптаан, бүөбэйдээн көрүҥ-истиҥ. Оччоҕо кини улаатан-төлөһүйэн, сүүнэ тиит буола сириэдийэ үүнүө. Оттон кирдээх, өс санааны тумус
оҥостон, маскытын охсо-тэбэ сылдьар, буоллун-хааллын курдук сыһыаннаһар түгэҥҥитигэр, кини кэхтиэ-уостуо, төттөрү төлкөлөнүө. Биһиги кыракый тииккэ харахпытын хатаатыбыт. Саҥа тыллан эрэр чээлэй күөх мутукчата күн сырдыгар күлүмүрдээн, киһи сүрэҕин үөрдэр, туох эрэ кэрэҕэ, үрдүккэ угуйар курдук. — Кыратын көрүмэҥ, биир эрэ диэн мыынымаҥ. Аарыма тыа, суугунас ойуур бу маннык кыракый титириктэртэн үүнэн тахсар. Оттон ойуур диэн сирбит-дойдубут тыҥата. Төһөнөн кини элбэх, ыраас, чэгиэн, оччонон биһиэхэ бэйэбитигэр үчүгэй. Хас биирдии үнүгэс суолталаах. Хас биирдии үнүгэстэн сир үрдүгэр олох салҕанара быһаччы тутулуктаах. Бу мас дьылҕата – аан дойду дьылҕата. Аан дойду дьылҕата – эһиги илиитигэр. Оскуола иһиттэн субонуок тырылаабытыгар, биһиги бары да ыксыырбытын-тиэтэйэрбитин умнан, оргууй кылааспытыгар киирэн, хомунан, дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Бээкинчэ оҕонньор ол сыл күһүнүгэр ханна барбыта биллибэккэ симэлийбит этэ. Кини хас саастааҕын, хантан кэлбитин, ким да бу диэн чопчу билбэтэҕэ. Ытык кырдьаҕастар остуоруйа быластаан кэпсииллэринэн, былыр, кинилэр эдэр ыччат эрдэхтэринэ, Бээкинчэ диэн саас ортолоох, хантан да кэлбитэ биллибэт киһи кылгас кэмҥэ таарыйан, оттоһон ааспыт үһү. Ыйыттахтарына, “күн тахсыыта халлаан уонна сир силбэһэр, бары барыта төрүттэммит сириттэн сылдьабын” диэн таайыллыбат таабырыны этэрэ үһү. Онтон кэлин биһиги бөһүөлэкпитигэр өрүү да олорбут курдук. Ойуур саҕатыгар саһан турар кыракый дьиэҕэ хаһан кэлэн олохсуйбутун ким да билбэт. Кырдьаҕас өттө “былыргыны былыт саппыта, тоойуом, аны кэлэн хаһан хас киһини өйдөөрү” диэн хоруйдуур. Арыый эдэрчи өттө “дьэ, билбэтим, бэйэбин өйдүөхпүттэн баар курдук этэ” диэн буолар. Бээкинчэ барахсан билиитин-көрүүтүн түмэн тобулбут толкуйун, мындыр санаатын кэс тыл оҥостон биһиэхэ – үүнэр көлүөнэҕэ – анаатаҕа. …Тииппит барахсан силигилии үүнэн кыырай үрдүккэ, сырдыкка талаһар. Эмиэ да оҕо-аймах хаҕыс сыһыаныттан хараастан хатыах-иниэх курдук буолбут. Кырьык да, бу тиит инники дьылҕата – саҥа көлүөнэ илиитигэр. Ол курдук, сирбит-дойдубут кэнэҕэскитин, киһи-аймах кэскилин эмиэ билиҥҥи үүнэн эрэр ыччат быһаарыа турдаҕа… edersaas.ru саайтка анаан Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн Светлана Егорова.
edersaas.ru сайтан