Кэпсээ
Войти Регистрация

Булугас өйүнэн

Главная / Кэпсээн арааһа / Булугас өйүнэн

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
29.05.2020 19:36
Убайдар хайа баҕарар омугу кытта уопсай тылы була охсор дьон. Миигинньик саханы аармыйаҕа сырыттахха, бэйэ киһитин курдук көрөллөрө. Ити гынан баран ол обургулар уорбакка сылдьыбат кыдьыктаахтара. Туһалаах да, туһата да суох буоллун – куһаҕаннык сытары кып гыннаран иһэллэрэ. Ордук билбэт дьоннорун малын ылаллар. Бэйэ киһитэ буоллаххына, эйиэнин тыыппаттар. 1971 сыл сааһыгар Саха сириттэн 66 уол буолан Коштан диэн Чита сиригэр – үөрэнэр полкаҕа тиийдибит. Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы кэлбиппитинэн эҕэрдэлээтилэр уонна барыбытын 9-с ротаҕа биэрдилэр. “Водитель-механик” ротата эбит. Тута баанньыкка илтилэр, онтон саллаат таҥаһын кэтэн таҕыстыбыт. Ротаҕа ороннорбутун буллардылар. Саҕаны хайдах тиктэргэ үөрэттилэр. Сотору эбиэккэ илтилэр. Киэҥ баҕайы дьиэҕэ киирдибит. Хас эмэ эрээтинэн остуол да остуол. Барытыгар ас тардыллыбыт. Уоннуу гына олортулар. Мин остуол кытыытыгар түбэстим. «Пилоткаҕытын устан олорон аһааҥ» диэн модьуйдулар. Көрдөхпүнэ, бары курдарыгар кыбыттылар. Мин сордоох, үрэх баһыттан кэлбит киһи, пилоткабын ыскамыайка уһугар ууран баран, аһаан кимиритии. Ким-хайа иннинэ бүтэн, дьону-сэргэни көрөн мэлээриҥнии олордум. Сорох саҥа киирэр, сорох бүтэн тахсар. Эмискэ: “Туруҥ! Бэргэһэҕитин кэтиҥ!” – диэн хамаанда буолбутугар пилоткабын харбаары гыммытым – мэлигир! Сиргэ түстэҕэ диэн, остуол, ыскамыайка аннын өҥөйдүм – суох. Онно эрэ уорбуттарын сэрэйдим уонна уолаттар тоҕо курдарыгар кыбыталларын өйдөөтүм. Хата, сержаммыт, эргэ да буоллар, пилотка булан биэрдэ. Нөҥүө киэһэ миигин атын ротаттан биир сержант кэлэн ылан барда. Бэргэһэм эргэтин көрөн, устан ылан киэр бырахта. Соһуйан эрэ хааллым. Онтон атын уолтан устан ылан, миэхэ кэтэрдэн кэбистэ. Бу кэнниттэн 4-с ротаҕа илтэ. 6 ый үөрэнэн, отделение хамандыыра, сержант буолуохтаах үһүбүн. “Таҥаһы хайдах хомуйан уураргын үөрэппиттэрэ дуо?” дииллэр. “Ээх” диибин. “Сыгынньахтанан утуй”. Сорох сыппыт, сорох хаама сылдьар. Таҥаспын олоппоско дьаарыстаан сыттым. Сарсыарда хамаанданан ойон туран, таҥнан хачыгырайдым. Арай, бэргэһэм эмиэ суох! “Эс, хайдах баҕайыный, куруук миэнэ сүтэн истэҕэй”, – дии саныыбын. Атыттар бэргэһэлэрэ оннуларыгар сытар. Бэрт аҕыйах уол турда, атыттар бары утуйан муннулара хаһыҥырас. Сержаннар хаһыытаан көрөллөр да, мэлигир. Ким да, саатар, төбөтүн өндөтөн көрбөт. Сержаннар саҥарыы бөҕө. Ол курдук маахайданан, кэмниэ кэнэҕэс бары туран, аһаан кэллибит. Мин пилоткабын итиннэ-манна көрдүү сатыыбын да, суох аата суох. Биир старшина кэлэн “миэхэ ордук пилотка баар, 3 солкуобайга биэриэхпин сөп” диир. Харчым суох, ол иһин 9-с ротаҕа ыстанным, уолаттарбар кэпсээтим. “Хайдах наар эн эрэ пилоткаҥ сүтэрий?” дэһэллэр. Харчылаах уолу аҕаллылар. Кыра уҥуохтаах, ол эрээри бэйэм курдук хап-хара уол эбит. «Бу Миисэҕэ үс солкуобайда биэр» диэбиттэригэр сирэйэ уларыйа түстэ. Кэччэйэрэ тута билиннэ, ону уолаттар үлтү мөрөйдөөн, биэрэргэ тиийдэ. Өр хасыһан, чопчу үс солкуобайы ылан биэрдэ. Харчыбын старшинабар аҕалан туттардым. Киһим туумбатыттан пилотка ылан биэрдэ. Ирдэбил быһыытынан бэргэһэҥ ойоҕоһугар байыаннай билиэтиҥ нүөмэрин суруйтараллар. Онон
пилоткам нүөмэрин өйдөөн хаалбыппын. Көрбүтүм – бэйэм киэнэ. Бэргэһэбин ким уорбутун кэнники билбитим – техникуму бүтэрбит, биһигиннээҕэр саастаах, хамандыыр эбээһинэһин толорооччу Хемельской диэн киһи эбит. * * * 3-5 км сири саалаах-саадахтаах сүүрүү буоллаҕына, ротаҕа наар инники сылдьабын. Сыал ыттардылар. Онно үс ботуруонтан үһүөннэрин уоҥҥа түһэртээн, бүтүн полка үрдүнэн биллэр буоллум. Үлэ буоллун, күрэс буоллун – наар инникибин. Хемельскойум “мин үөрэтэр уолум” дии-дии, санныбын таптай да таптай буолар, эписиэрдэргэ киһиргиир. Кыһыйарым диэн, ити дьонуҥ уопсай дьыала туһугар пилотканы сып гыннаралларын курдук кыһаллыбаттар, мөлтөхтөр. “Учебканы” бүтэрээт, Мииринэй диэн ыстаансыйаҕа 25-с гвардейскай (показательнай) полкаҕа ыыппыттара. Разведка полкатыгар түбэстим, отделение хамандыырынан анаатылар. Биирдэ үһүө буолан КП-га дьуһуурунайдыыр буоллубут. Иккибит – саҥа кэлэн отделение хамандыырынан анаммыт дьоммут. Биирбит – таджик, диэмбэл. Киһибит сынньалаҥ кэмигэр аптамаатын өйөннөрө ууран баран, утуйан хаһыҥырас. Ол сыттаҕына ыстаап начаалынньыга майор аптамааты уоран ылбыт. Ити кэмҥэ биир уолум таһырдьа боруотаҕа турар. Дьуһуурунай эписиэр миигин бэйэтин оннугар олордон баран, полка сарсыардааҥҥы аһылыгын көрө барда. Майор элэс гынан ааспытын түннүгүнэн көрөн эрэ хааллым. Сонно биһигини тутан бардылар. 10 күн “губага” уктулар. “Губаттан” тахсыбыппытыгар, биһигини, икки “молодойу”, пехотаҕа үүрдүлэр. Мин алтыс ротаҕа бүлүмүөт сүгээччи буоллум. Онно 30 киһи – блиндаж экипаһа уонна хааччыйыы отделениета. Бүлүмүөппүн балтараа сыл сүктүм. Ол кэмҥэ күһүҥҥү диэмбэллэр өссө бара иликтэрэ. Алтынньы ортотун диэки полка үрдүнэн бирикээс тахсыбыт: рота барыта таҥас куурдар хос оҥостуохтаах үһүбүт. Бары хаптаһын көрдүүр муҥар түстүлэр. Киэһэ, аһылык кэнниттэн, иккилии-үстүү гына араара-араара, уонча уолу хаптаһын көрдөтө ыытар буоллулар. Утуйар кэмҥэ диэри сылдьаллар да, хаптаһын көстүбэтэ. Забайкалье – олоччу истиэп дойду. Уруккуттан олорор ыаллар кыра хаптаһын дуомнаахтар. Хортуоска, оҕуруот олордор сирдэрэ хатыылаах боробулуоха күрүөлээх буолан, дьоммут хас эмэ күн сырыттылар да, мэлийдилэр. Ол дойдуга хаптаһыны буойас тохтуур ыстаансыйатыттан эрэ булуохха сөп. Дьэ, ону киирэн ыларыҥ диэн биир моһуок – төгүрүччү үстүү миэтэрэ үрдүктээх олбуор үрдүнэн хатыылаах боробулуоха, ханан да киирэр сир суох. Күнүһүн биир харабыл турар, түүн – түөрт киһи. Хайдах буолуох баҕайыный? Ити 1972 сыллаахха этэ. Ол дьыл Забайкальеҕа кураан сатыылаабыта. Оҕуруот аһа, хортуоска төрүт үүммэтэҕэ. Онон Амур уобалаһыттан аҕалбыттара. Ол оннугар күһүн ардах бөҕө, өссө хас эмэ хонугу быһа “муора быыла” дэнэр инчэҕэй туман бүрүүкээн турбута. Саллаат бөҕөтө тымныйан ыалдьыбыта, эмп дьиэлэрэ толору ыарыһах. Куруук инчэҕэй таҥастаах сылдьартан сыыстаран. Бу таҥас куурдар хос диэн хайаан да наадатын өйдөөтүм. Эмискэ хочуолунай бу күннэргэ үлэлиир буолуохтаах дии санаатым. Чоҕу тиэйэ иликтэрэ чахчы. Сонно тута полкабыт хочуолунайдарын көрө ыстанным. Сэрэйбит сэрэх – хочуолунай таһа ып-ыраас, саатар, аҕыйах күрдьэх чох суох. Дьэ, бэрт эбит диэн, күлүкпэр имнэнэн кэбистим.
Киэһээ аһылык кэнниттэн ким ханна барарын аттарыы буолан эрдэҕинэ, эписиэрдэрбэр эппиппэр, бары истэрин тарбыы-тарбыы, быардара көһүйүөр диэри, этэн көрө-көрө күлсүү бөҕө: – Якут воровать хочет, һа-һаа! Барыбыт кыһалҕатыгар барыахпын сөп диэтим: – Вы пытаетесь воровать, но уже неделя прошла, а досок все еще нет”, – диэн саҥата суох ыыталаатым. Ротнайым «хаһан, хантан булаҕын?» диэбитигэр ону бэйэм эрэ билэрбин эттим. – Эн икки көрдөһүүбүн толор. – Дьэ, ол тугуй? – Бастакытынан, сарсын икки быһах эрбиитэ, үчүгэй доҕуулаах игиитэ аҕал. Иккиһэ, ротаны өрөбүл күн нэрээккэ ыыт. Хочуолунайдарга биһиги ротабыт уолаттара, мин билэрбинэн, ыстаансыйаҕа иккитэ харабылга турбуттара. Дьэ, сэрэтии бөҕө буолар үһү, биирдэ түүн бэрэбиэркэ кэлэн көрбүтүн кэпсээбиттэрэ. Мииринэй ыстаансыйаҕа 5 байыаннай чаас турар. Ол аһа-үөлэ, мала-сала, чоҕо барыта онно сүөкэнэн, быстах кэмҥэ хараллар. Ону таһынан олохтоохтор киэннэрин эбэн кэбис, хаптаһыны онтон эрэ булаҕын. Бээтинсэ күн киэһэлик ыстаансыйаҕа баран көрбүтүм, син балай да иккилээх хаптаһын дьаарыстанан турар. Буойаһынан кэлбит маһы сонно миэстэтигэр пилорамалыыллар. Баҕар, сорохтор «аармыйа саллаата хайдах көҥүл баран, көрөн кэлэр киһиний?» диэххит. Биһиги полкабыт аттыгар, олбуор нөҥүө, 63-с пехота полката баар. Иккис сылбын саҥардыы сулууспалаан эрдэхпинэ, ол полкаҕа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит 4 лейтенант кэлэн сулууспалаабыттара: Гаврильев, Лукин, Васильев, Новиков – диэн уолаттар. Кинилэргэ күнүс-түүн кэлэ-бара сылдьааччыбын. Уолаттар “бу эн сулууспалыыр киһигин дуу, суох дуу?” дэһээччилэр. «Арааһа, биһиги саллааттарбыт суохпутуна эмиэ маннык күүлэйдээн эрдэхтэрэ» диэт, полкаларыгар ыстанааччылар. Ол тиийэн устуруойдатан, бэрэбиэркэлээн көрдөхтөрүнэ, бары баар буолаллар эбит. Мин көҥүл сылдьарбын, кырдьык, сөҕөллөр этэ. “Үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сырыттахпытына, оо, биһиги кэккэбитигэр баарыҥ буоллар”, – дэһэллэрэ. Миэхэ хайдах да сылдьарым көҥүл. Ол туһунан кэлин кэпсиэм. Ыстаансыйаттан төннөрбөр ити хаптаһыннартан хайдах ыларбын тобула истим. «Сарсын субуота, эбиэккэ эрэ диэри үлэлиэхтэрэ, хаптаһын бу күннэргэ ханна да барбат» диэн эрэбил санаа киирдэ. Кэлэн, хамандыырбар “чохто тиэйтэр” диэбиппэр, уолаттар сөбүлээбэтилэр: “Ээ, хайдах өрөбүлгэ барыахпытый, сынньаныа этибит”, – дэһистилэр. Онуоха мин “таҥаскытын куурдар хоско кыһаммаккыт дуо?” – диэн эмиэ саҥата суох ыыталаатым. Ротнайым сарсыарда икки бэртээхэй быһах эрбии, игии аҕалбыт. Овгоренко диэн уолга эрбиилэрбин биэрэн сытыылаттым. Бэйэбин батальон ыстаабыгар ыҥырбыттар. Комбат, үс рота эписиэрдэрэ бары мустубуттар. Хаптаһыны хайдах ыларбын туоһуластылар. – Эһиги 5-6 массыынанан хааччыйыҥ, онтон биирэ кыра 66-лаах буолара бэрт этэ, – диибин. Комбат этэр: – Сөп буолары эрэ ылаар дэниллибитэ, дьиҥэр, биһиги бэйэбитигэр эрэ ылыахтаах этибит. – Чэ, ол да буоллар, ити да элбэҕэ суох, кыһана сатыам, – диэтим. Сарсыарда туран эрбиилэрбин 2 уолга биэрдим: – Ыстаансыйаҕа кимиэхэ да көрдөрүмэҥ, хаптаһыны эрбээҥ диэтэхпинэ – эрбиигит. Биэс уол эрбэммит хаптаһыннары бэрт суһаллык массыынаҕа тиэйэн иһээриҥ, – диэн эбии сэрэттим.
Ротанан устуруойдаан, гарааска тиийдибит. Мин онтон хаалан, кэннилэриттэн тиийдим. 66-лаах уонна 5 “Урал” массыына кэккэлэһэн туралларыгар тохтоотубут. Суоппар уолаттары ыҥыртаан ылан, ыстаансыйаҕа киирэн, ханнык массыына хайдах туруохтааҕын быһааран биэрдим. Бастаан 66-лаах киирэн, бэйэм ыйбыт сирбэр туруохтаах, атыттара киирэр сиртэн кыра массыына көстүбэтин курдук бүөлүү, чугас-чугас ыга тураллар диэн быһаардым. – Биһиги тиэнэн бардахпытына, хайдах сааһыланаргытын бэйэҕит көрөөрүҥ. Бары массыыналарга олорон ыстаансыйабытыгар тийдибит. Тиийдиҥ да, ойутан киирбэккин, массыынаҕа суоппар эрэ хаалар. Киирэргэр-тахсаргар ыйаан көрөллөр. Онтон билэллэр – туох таһаҕас, хас туонна тиэллибитин. Кыра эрэ киһи батар аанынан эр-биир субуһан киирэбит. Хаптаһыным таһыгар тиийэн, массыынам кэлбитигэр, манан ордук буолуо диэн, хаптаһыммын төбөлөтө тохтоттум. Атыттары бүөлүү туруортаатым да, «чэ, эрбээҥ, тиэйиҥ!” диирбин кытта, уолаттарым түһүнэн кэбистилэр. Эрбии көөбүлүн кумахха булкуйтардым. Массыынабыт чох тиэйэр уолаттарга тиийэн турарын кытта, бэрт түргэнник хаптаһына көстүбэт гына, томточчу тиэйтэрэн кэбистим. Эписиэрдэр көрөн аҕай тураллар. Замполит: “Сам-то даже руку не приложил”, – диир саҥатын истэн аһардым. Ити барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолла. “Массыына сөп буолар чоҕу тиэннэ, миэхэ үс уолла аҕал”, – диэбиппэр биэрдэ. Дьиэ иһигэр киирэн, массыына төһө чоҕу тиэммитин ыйытан таҕыста. Бэйэм кэбиинэҕэ киирэн олордум, уолаттар үөһэ ыстаҥалаһан таҕыстылар. Ити курдук “убайдар” дьон малын солуута суох кып гыннарарга эрэ бэртэрэ. Оттон дьон кыһалҕатыгар мэлигирдэрэ. Мин кинилэр курдук уорар кыдьыгым суох. Ол сырыыга төбөбүн уопсай дьыала туһугар үлэлэппитим. Ити курдук туохха барытыгар тобуллаҕас, инники буолан, “убайдарбын” салыннарбытым. Охчут Талыман.
kyym.ru сайтан