Кэпсээ
Войти Регистрация

«Уран тыл оһуора» литературнай түмсүү саҥа кинигэтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / «Уран тыл оһуора» литературнай түмсүү саҥа кинигэтэ

K
edersaas.ru Категорията суох
12.06.2020 22:26
«Уран тыл оһуора» литературнай түмсүү 50-нус үбүлүөйдээх кинигэ хомуурунньугун бэчээттэтэн таһаарда. edersaas.ru Типография кырааската сыттаах «Үлэ — дьол» диэн ааттаах кинигэни бэс ыйын 12 күнүгэр, Арассыыйа күнүгэр, туттубут. Бу хомуурунньукка 18 ааптар үлэ туһунан хоһуйуулара киирбит. Хоһооннору сэргэ ааптардар хаартыскаларын сэргэ,төрөппүттэригэр аналлаах хоһоонноругар төрөппүттэрин, доҕотторун хаартыскалара бэчээттэммитэ, болҕомтону тардар. Ааспыт олохпут биир улахан ситиһиитэ үлэҕэ сүгүрүйүү, үлэҕэ таптал, күүрээннээх үлэ этэ. Ол иһин үгүстэр хоһоонноро төрөппүттэрин күүрээннээх үлэтигэр анаммыт. Кырдьык, кинигэ аата да этэрин курдук, үлэ хас биирдии киһиэхэ дьолу аҕалар. Түмсүү туһунан кылгастык билсиһиннэрдэххэ, манна араас улуустартан хоһоону айааччылар түмсүбүттэрэ иккис сылыгар барда. Салайааччы Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова көҕүлээһининэн суруйар эйгэлээхтэр хоһооннорун хомуурунньук быһыытынан түмэн, 50-нус кинигэтин хомуйан оҥордо, таһааттарда. Бу иһигэр биирдиилээн хоһоонньуттар кинигэлэрин эмиэ таһааттарда. Үлэ туһунан хомуурунньукка эьиллибитинии, үлэлээх буолуоҥ-олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыаҥ. Марта Николаева, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан