Кэпсээ
Войти Регистрация

Түөрт уон араас моһолтон биирэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Түөрт уон араас моһолтон биирэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
08.05.2020 15:42
Киһи олоххо арааска бары түбэһэр эбит. Тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр суолга, сиргэ-уокка киһи доруобуйатыгар, олоҕор суоһуур араас түбэлтэ, соһуччу түгэн мэлдьи баар уонна өрүү тахса турар. Сахалар былыр-былыргыттан «киһини күҥҥэ түөрт уон араас моһол көһүтэр» диэн сөпкө да этэллэр эбит. Ол курдук, ханнык да ыарахан түгэҥҥэ, бэйэни кыана туттуу, холкутуйуу, санааны күүһүрдүү хайаан да наада. Биллэн турар, сыыһа-халты туттууттан, куттаныыттан, кыра, чычаас санааланыыттан хомолтолоох түгэн тахсара элбэх бөҕө буоллаҕа. Ол-бу оһол-моһол, уйан-хатан биллэр кытаанах түгэннэрэ киһи олоҕун тухары мэлдьи аргыстаһа сылдьаллар. Сахабыт сирин өрүстэригэр күһүн, саас буолла да, ууга дэҥ-оһол киһи үөйбэтэх өттүттэн тахсан, тустаах дьон уйулҕаларыгар өтөрүнэн сүппэт төһөлөөх суолу-ииһи хаалларара эбэтэр харах уулаах хомолто эҥээрдэһэрэ буолуой... Мантан аллараа эһиги дьүүлгүтүгэр дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэни таһаарабыт. Дьылҕа диэн баар эбит Мария Никитична Хогурова-Докторова, үлэ бэтэрээнэ:– Кэргэним Алексей Евдокимович Докторов кулууп сэбиэдиссэйинэн, мин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр 1967-1969 сылларга үлэлээбиппит. Оччолорго икки, үс саастаах кыргыттардаахпыт, мин үһүс оҕобунан дэкириэт ылан дойдубутугар – Дүллүкүгэ көһүөхтээхпит. 1969 сыл сэтинньи 19 күнэ. Самасыбаал массыынанан айанныыр буоллубут. Суоппар Михаил Вигович Кан биһигини массыынатынан дойдубутугар илдьээри кэллэ, дьэ, үөрэн-көтөн, таһаҕаспытын тиэнэн бардыбыт. Бу кэмҥэ өрүһүнэн сырыы саҕаламмыт этэ. Онтон өр айаннаан, Намҥа ыалга чэйдээн, сэниэ-күүс ылынан, кыратык сынньанан аастыбыт. Арай ол ыалга олордохпутуна кыра кыыспыт Анегина, тугу эрэ биттэммит курдук, сүгүн таҥныбакка ытыы-ытыы куота сатаата (кини онно икки сааһын саҥардыы туолаары сылдьара). Ону биһиги күүспүтүнэн тараччы тутан таҥыннаран, салгыы айаннаатыбыт. Массыынабытын сапыраапкалана турдахпытына, толору эт тиэйиилээх икки массыына ситэн ааста. Өрүһү кырыытынан баран истибит, хаара суох буолан, нэксиэлээх баҕайы. Арай өрүһү усталаан массыына суола көһүннэ. “Ээ, сылдьыбыт эбиттэр”, – диэт, суоппарбыт мууска сүүрдэн киирдэ. Дьэ, суол нэксиэтиттэн сынньанан абыранныбыт. Суоппарбыт быыс булан: “Чаһы хас буолла?” – диэн ыйытта. Онуоха мин: “10 чаас 30 мүнүүтэ”, – диирбин кытта, доҕоор, массыынабыт дьигиһис гынна да, ууга тимирбитинэн бардыбыт, уу күүгэннирэ-күүгэннирэ бидилийэр – массыынабыт туолан барда, мин өйбүн сүтэрдим. Барыта кыл түгэнэ этэ Арай уу чуумпу, аҥаар тоҕонохпунан тайанаары гыммытым, хаар тыаһыыр, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм – сиргэ сытар эбиппин... “Ууга түһэн эрэрбит дии, хайдах баҕайыный?” дии санаатым, ол икки ардыгар. Онтон “ким эрэ кэлэн ылар ини” дии санаат, тура сатаатым да, турар кыах суох буолбут курдук. Хараҥа, уу тыаһыыр, көрдөххө – итиннэ-манна хара, маҥан туохтар эрэ сыталлар. Өйдөөн көрбүтүм, оҕолорум барахсаттар эбит, ууга түһүөхтэрэ диэн бэйэбэр тардынар санаалаах нэһиилэ сыыллан тиийдим. Ол кэмҥэ ким эрэ ууну булкуйар, саҥата: “Бүттэ быһыылаах”, – диэтэ, мин туох-ханнык буолбутун ситэ өйдөөбөккө сытабын, онон да буолуо, ким, туох бүппүтүн улахаҥҥа уурбатым, долоҕойбор
тохтоппотум даҕаны. Ол киһи син биир ууну булкуйарын тохтоппот. Онтон, доҕоор, уу иһиттэн холус бэйэлээхтик киһи ойон таҕыста, били, суоппар соһон ыллаҕа буолуо, өрө холоруктаан туран кэллэ. Арай өйдөөн көрбүтүм – кэргэним Өлөксөй! Нэһиилэ да сыттарбын, киһибин көрөөт, үөрэн өлө сыстым. Киһим ыксаабыт аҕай, сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх, саҥата: “Маанньа ханнаный?” – диир, олох миигин көрдүү ууга төттөрү түһүөх курдук буолла, мин кини ыксамырын билэбин. Нэһиилэ испиттэн: “Баарбын-баарбын!” – диэн хаһыытаан дуомнанным. Кэргэним миигин көрөөт тута: ”Оҕолоруҥ ханналарый? – диэн ыйыта оҕуста. Ол бириэмэҕэ сэгэрдэрим сыыстара, дьэ, утуу-субуу “пус” гынан тыыннылар. Аны «тыыннаахтар дуо?» диэн буолла. Мин: “Тыыннаахтар, тыыннаахтар!” – диэтим. Аҕабыт өрө холоруктуу сылдьар буолан, инчэҕэй сонун суоппар нэһиилэ уһулла. Өлөр-тиллэр икки ардыгар Хоро икки Үөһээ Бүлүү икки ардыгар – сир ортотугар түспүт үһүбүт. Мин сытабын, ол курдук көрө сыттахпына, кэргэним Өлөксөй – кыра кыыһын Анегинаны, суоппарбыт Миша улахан кыыһы Таняны көтөхтүлэр. Суоппар Миша: “Маанньа, тура сатаа, биһигини батыс”, – диэтэ. Быстыам дуо, оҕолорум тоҥуохтара диэн санааттан төкүнүйэн тура сатаатым, төрөөрү сылдьар дьахтар, саатар, саҕынньахтаахпын, син туран, батыһан үнүөхтээтим. Ол быыһыгар суоппарбыт: “Маанньа, сэрэн, ууну эргийэ бар”, – диир саҥата иһиллэр. Арааһа, тааҥ баар быһыылаах, ол иһин сэрэтэр буоллаҕа дии саныыбын. Ол курдук баран иһэбит, быыһыгар Мишабыт саҥата: “Быыһааҥ!” – диэн хаһыытыыр. Мин: “Баҕар, дьахтар саҥатын истэн быыһыахтара”, – диэн эмиэ саппай уопсан: “Быыһааҥ, абырааҥ!” – диэн хаһыытыыбын. Ыраахтан Хоро сэлиэнньэтин уота көстөр да көстөр, ол эрэн кэлэн быстыбат. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ... Мин кыһалҕаттан хаста да хаһыытаан ньааҕынаатым быһыылаах да, саҥабын бэйэм эрэ нэһиилэ истэбин. Ол иһэн өйдөөн көрбүтүм, ыскылааттар диэкиттэн биир итирик киһи нэһиилэ иэҕэҥнээн биһиги диэки син кэллэ. Биһигини көрөөт: “Баҕайылар өссө оҕолоохтор ээ”, – диэн саайбата дуо! Мин ити айылаах саҥаны истэн өһүргэнэн: “Итириктэр диигин дуо? Массыынабыт ууга түстэ буолбат дуо!!! – диэбиппэр, туох-хайдах балаһыанньаҕа түбэспиппитин дьэ өйдөөн, киһи эрэ буоллар, син ыксаан булумахтана түстэ. Ыксаата аҕай, тэлэгириэйкэтин уста баттаата, буоккатын аҥаарын ыстаанын сиэбигэр угунна да, кыра кыыспытын илиитигэр эһэ тардан ылаат, хабыс-хараҥаҕа сүтэн хаалла. Мин таҥаһым торточчу тоҥон, хамсыырга ыарахана сүрдээх. Дэриэбинэ кулуубун анныгар тиийээт, сыыры өрө тахса сатаатыбыт. Арай биирдэ өйдөммүтүм, кэргэним Өлөксөй сып-сылаас илиитинэн миигин сиэтэн иһэр эбит. Такымын туох эрэ охсор да, охсор, өйдөөн көрбүтүм, халҕан курдук тоҥмут суорҕан эбит. “Бырах, мэһэйдиир”, – дии сатыыбын. Киһим онно эрэ наадыйбат, миигин сыыры өрө таһааран баран, отой да сүтэн хаалла. Мин түһүү сылдьар курдук турукка сылдьабын. Бу диэки кулууп баара диэн, ону көрдөөн син сөпкө булан киирдим. Ааны утары хочуолунай баара, онно дьоннор саҥарсаллар. “Өлөксөй,
Өлөксөй”, – дииллэр, мин да кимин билэ сатаабатым, остуорас хоһун көрө бардым. Киирбитим, арай ханнык эрэ сыгынньах оҕону остуол үрдүгэр сытыараллар. Мин түүл-бит курдук сылдьар буоламмын, улаханнык болҕомтоҕо уурбатым. Тугу гыналларын интэриэһиргээбэппин. Санаабар, бэйэм оҕолорбун көрдүүбүн, тахсан бардым. Көрүдүөргэ биир оҕонньор көрсөн, төттөрү эргилиннэрэн, били, оҕолоохтор хосторун ааһан, атын хоско киллэрэн, дордоччу тоҥмут соммун уһулла. Миигин, сыгынньах дьахтары, горшокка олортулар: “Ииктээ, оо, эрэйдээҕиэ, өссө төрөөрү сылдьар эбит”, – дииллэр. “Шоковай” турукка сылдьар буоламмын, миигин этэллэр да диэбэппин, сааппаппын да быһыылаах, орон оҥорон сытыардылар. Биэс оҕо төрүөх ыйааҕар Биир дьахтар киирэн, оҕо чохоолун уунар, быыһыгар: “Чэйдэ ис”, – диир. Мин көрдөхпүнэ, сулугур уу, мин биир тыынынан, утаппыт киһи быһыытынан, киллиргэччи иһэн кэбистим. Амтанын да билбэтим, онтукам, кэлин билбитим, испиир үһү. Ол дьахтар миигин төкүнүтэ сылдьан, тугунан эрэ эппин-сииммин сотор. Мин сороҕор итииргээн кэлэбин, онтум испииринэн сыгынньах эппин сотор эбит. Нэһиилэ да сыттарбын, оҕолорбун ыйыталаспыппар: “Оҕолоруҥ бааллар”, – диэтилэр уонна хантан эрэ аҕалан үөс өттүбэр сытыартаатылар. Мин кэргэммин – Өлөксөйү – дьөрү умнан кэбистим, киниэхэ эрэ наадыйбаппын. Өйүм-санаам барыта оҕолорбор буолла. Ол курдук мучумааннана сыттахпына, аны оҕонньорбун тэлэкэчитэн киллэрдилэр. Миигин көрөөт: “Маанньа, оҕолорум?!” – диэн эрэ ыйытта. Эмиэ мин курдук турукка сылдьар быһыылаах. Мин арыый улахамсыйа соҕустук: “Баарбыт, баарбыт”, – диэтим. Киһим, дьэ, “һуу” гынна. Утуйан бардаҕым аайы, суорҕаным ойуута көстүбүтүнэн муус буолан, тостон эрэр буолар, мин хаһыытыы түһэн баран, оҕолорбун кууһан ылабын... Сарсыарда уһуктубутум, нэһилиэк дьоно барахсаттар таҥас бөҕөнү мунньубуттар – талбыт таҥаспын кэттим. Оҕолорум таҥаһын ыаллар, түүнү быһа утуйбакка эргитэн-урбатан куурдан таҥыннардылар. Хороҕо ол кэмҥэ биир кылааска үөрэммит кыыһым А.Х. Алексеева кэргэнэ Егор Никитич сэбиэттиир эбит. Онон биһиги дьиэ кэргэн ыалдьыбакка, этэҥҥэ доруобай сырыттахпыт, хойутаан да буоллар махтанабын, сорохторун куоттарбыт эбиппин. Ол кэннэ дойдубар кэлэн уолламмытым. Оҕо ийэ иһигэр сылдьан истириэс ылар эбит. Ол курдук, биир ыйыгар тартаран өлө сыспыта. Оччотооҕу эмчиттэр диагноһын бириэмэтигэр сөпкө туруоран эмтээннэр, барыта этэҥҥэ ааспыта. Дьылҕа диэн киһиэхэ чахчы баар эбит, онно өлбүппүт буоллар, биэс оҕо, уонча сиэн суох буолуо этилэр. Билигин санаатахпына, итиннэ суоппарбыт киэҥ, холку көҕүстээх буолан быыһаталаабыт эбит. Кини ууга түһэн эрэрбитин билэн, тутатына өйдөөн массыынатын аанын аспыт, онон барыбытын биир-биир ылаттаабыт. Суоппар Михаил Вигович Каны кытта эмиэ биир кылааска үөрэммиппит. Биһигини быыһаабытын иһин киниэхэ оччолорго мэтээл биэрбиттэр этэ. Бу санаатахха, дьиҥинэн, мууһу эт тиэйиилээх массыыналар алдьатан ааспыттар эбит. Ол кинилэр сылдьыбыт суолларын батыһааччы буолан, былаҕайга былдьата сыһан турардаахпыт. Бу түгэни дьоҥҥо, оҕолорбор да мээнэ кэпсээбэт этим. Киһи олоҕо кылгас да, кэпсээтэххэ уһун... Бэлэмнээтэ С.БАГЫНАНОВА.
kyym.ru сайтан