Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Туллукчаан» оҕо уһуйаана олоҥхо-испэктээх туруорбут (видео)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Туллукчаан» оҕо уһуйаана олоҥхо-испэктээх туруорбут (видео)
K
edersaas.ru
Категорията суох
01.06.2020 14:06
Дьокуускай куорааттаҕы оҕону сайыннарар киин, №10 нүөмэрдээх «Туллукчаан» уһуйаан оскуола иннинээҕи бэлэмнэнии бөлөҕө “Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхо-испэктээги туруорда. edersaas.ru Бу испиктээги төрөппүттэртэн биирдэстэрэ Наталья Лопатина (“Кэм” айар холбоһук салайааччыта) видеоҕа устан Ютубка таһаарбыт. Бэйэтин инстаграм-сирэйигэр бу туһунан маннык суруйбут: — Бу уһуйааннарын түмүктүүр сылларыгар иитээччибит Нина Александровна Николаева хас да сылы быһа дьулуһан туран дьарыктаан киһи сөҕөр олоҥхо испиктээгин туруорда. Уолум барабанщикпын диэн кэпсиир этэ. Ону үлэ үөһүгэр сылдьан улаханнык аахайбатаҕым. Өссө кыыһырыахча, эмиэ «араас хос-хос таҥастара» игин диэх курдук санаа да кылам гынан ааһара. Онтон дьэ бэстибээлгэ кыттабыт диэн буолла. Биир кэм үлэҕэ эриллэ сылдьар ийэ хайаан быыс булбутум буолла, уолбун кытта барсан ол күрэхтэһиилэрин көрдүм. Дьэ уонна олох сөҕүү бөҕөтүн сөхтүм! Бу кып-кыра мэник, биир сиргэ таба биир да мүнүүтэ көнөтүк турбат дьону, маннык испиктээги ооньуурга үөрэтэн, бэлэмнээн таһаарыы диэн сүҥкэн үлэ буолар. Мин биир бэйэм манныкка ниэрбэм эппиэттэспэт. Аны оҕолор уустук баҕайы олоҥхо тылын устар ууну сомоҕолуур курдук этэллэрэ-тыыналлара! Аны хас биирдии оҕо оруолун дьүһүйэн көрдөрөрө! Хас да сыл сыал-сорук туруорунан үөрэтиэм да диэн ылсыам суоҕа эбитэ буолуо. Айаан Соров (абааһы уолун оонньуур) биһиги бөлөхпүт эмиэ биир чаҕылхай уола. Маннык оҕолор чаҕылхай өрүттэрин таба көрөн, күн аайы дьарыктаан, сыратын, санаатын, күүһүн биэрбит иитээччибитигэр Нина Александровнаҕа бу видео нөҥүө махталбын тиэрдэбин. Маннык үлэтигэр, оҕолорго бэриниилээх иитээччигэ түбэспиппититтэн олус үөрэбин.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан