Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Мин маҥнайгы тапталым…

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Мин маҥнайгы тапталым…

K
edersaas.ru Категорията суох
30.05.2020 19:49
Мин оччолорго учуутал үөрэҕин бүтэрэн, биир хотугу улууска үлэлии сылдьарым. Сэбиэскэй кэм буолан, дьон бука бары иннилэригэр туох эрэ сырдык, үөрүү, дьол күүтэн турарын курдук уонна ол дьоллоро төһөнөн үчүгэйдик үлэлииллэр-хамсыыллар, саҥараллар-иҥэрэллэр да, соччонон түргэнник кэлиэхтээҕин курдук саныыллара. Онно тиийдэхтэринэ барыта буор-босхо буолуохтаах диэн өйдөбүллээхтэрэ. Маҕаһыыҥҥа киирэн тугу таптаабыккын биир-биэс харчыта суох ылыахтааххын, ханна барытыгар көҥүл босхо сылдьыахтааххын, ким да эйигин буойбат-хаайбат, тулаҥ барыта истиҥ-эйэҕэс сыһыан буолуохтааҕын, оо, эрэнэ, итэҕэйэ, ким да саарбахтаабакка күүтэрэ… Хомойуох иһин, боростуой норуот эрэнэ күүппүт-кэтэспит хомуньууһума сарсыардааҥҥы үрүҥ туман курдук чаҕылыйар сиик тэҥэ симэлийэ сүппүтэ ыраатта… Мин учууталлыы тиийбит кыракый дэриэбинэм олохтоохторун дьүһүнүгэр сып-сырдык сыдьаай тыга сылдьар курдуга. Наһаа холкулара-наҕыллара, дуоһуйуу тыына биллэрэ. Кыргыттара, дьахталлара үтүктүспүт курдук этэн көрө-көрө күлэн лыҥкынаталлара мин кулгаахпар минньигэстик да иһиллэрэ. Миигин, саҥа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэркээн уолу, хоту анаабыттарыгар, испэр соччо “бэрт” дии санаабатарбын да, эмиэ оччотооҕу сиэринэн диирбэр тиийэбин, сөбүлэспитим. Күһүҥҥү уһун силбик ардах түһэн, хас да күн пуорка киирэ-киирэ төннөн тахсан, чуут аккаастыы сыһан, “чэ, бүгүн көппөтөхпүнэ баҕас уонна барыам суоҕа” диэн кытаанах санааны ылынан киирбитим, сотору буолаат, регистрацияны биллэрэннэр, хайыамый, кинигэлэрдээх үрүсээкпин соһуспутунан бараахтаабытым. Син өр көтөммүт, сөмөлүөт сири билэн лүһүгүрээн, сахсыйан барбытыгар, түннүгү өҥөс гыммытым добуоччу элбэх дьон чөмөҕө көстүбүтэ. Биир акыйбыт үрдүк уҥуохтаах буолан баран, нүксүйэ кырдьыбыт оҕонньор тоҕо эрэ дьонтон ойуччу турарын көрөн аһарбытым. Аймахтарын тоһуйа киирбит дьон “дорообо, дыраастый” дэһэн үөрбүт-көппүт ньамалаһар күүгээннэрин быыһыгар, сөмөлүөтү ыытан кэлбит пуорумалаах дыраспыт нуучча лүөччүк уолаттарын ымсыыра оҥой-соҥой көрбүт оҕолор барахсаттар кэннилэригэр турар кырдьаҕаска хараҕым тута хатана түспүтэ. Кини хайдах эрэ кими эрэ наһаа күүппүт-кэтэспит, эрэммит, үөрүүнэн туолбут харахтарын кытта мин харахтарым начааскыга харсан ылбыттарыгар, тоҕо эрэ сүрэҕим мөҕүл гынан ылбыта. Бүтэһигинэн мин түһээппин кытта, оҕонньорум били үөрбүтэ ханна да суох буола түспүтэ, өссө ким эмэ тахсаарай диэбиттии, дьон быыһыттан кылайа-кылайа, атаҕын төбөтүгэр тура-тура үөһэнэн-алларанан көрө сатаахтаабыта. Кэтэһэр киһитэ кэлбэтэҕиттэн эбитэ дуу, оҕонньор чочумча тура түһэн баран, эбии нүксүччү түспүтэ уонна табалаах дьоҥҥо, туохха да, кимҥэ да наадыйбакка, аа-дьуо иннин диэкки сундулуйа тураахтаабыта. Миигин олордубут, бука, дэриэбинэ баар суох мотуордаах көлөтө буолуо, үрдэ кубарыйа хаппыт бириһиэн, алын өттө онон-манан от күөх кырааската барбыт эргэ ГАЗик массыынатыгар да кыһаммакка, бу кэмҥэ, бу сир үрдүгэр собус-соҕотоҕун эрэ иһэр курдук туттан, оҕонньор хараҕын уутун кимтэн да кистээбэккэ, кимиэхэ да кыһаммакка хааман иһэрин көрөн, мин сүрдээх күүскэ, олус дириҥник аһына санаабытым. Массыынабытыгар симсэ түстэххэ, син биир киһи батар миэстэтэ баарын көрөммүн, суоппарга: -Ити кырдьаҕаһы ылбаппыт дуо? Аа? — диэн ыйыппытым. -Ээ, эн киниэхэ кыһаллымаа. Ити кырдьаҕас хаһан да, биир да
сөмөлүөтү көтүппэт ээ. Итинник киирэн көрсөр — кини идэтэ, – диэбитэ аахайбатахтыы эдэрчи киһи, массыынатын уруулун эрийэн мускуйа-мускуйа. Онтон олорсон иһээччилэр ити дьыалаҕа төрүт да кыһаммакка, отой да атыны кэпсэтэ, күлсүү-салсыы бөҕөтүнэ буола испиттэрэ… Мин хаһан да итинник долгутуулаах түгэни көрбөтөх киһи, сүрдээҕин ороһуйа, ис-испиттэн уйадыйа ылынаммын, ити кырдьаҕас өйбөр-сүрэхпэр дириҥник өтөн киирэн, дьиктитик сөҥөн хаалбыта. Кини эмиэ да эрэмньилээхтик, эмиэ да хомолтолоохтук көрбүт харахтара мин баҕарбатаҕым да үрдүнэн, хас эмэ күн өйбөр-санаабар сүппэккэ көстөннөр, түүн да, күнүс да олус эрэйдээбиттэрэ. Эдэригэр бэрт мааны дьүһүннээх эбитэ буолуо, онно эбии көнө, уһун уҥуоҕа дии санаабытым… Дэриэбинэм кыра буолан, тута киһи барыта билэр бэйэлэрин киһилэрэ буола түспүтүм. Оскуолам кэлэктиибэ да дьоҕус уонна сүрдээх түмсүүлээх, эйэ-дэмнээх буолан, испэр олус үөрбүтүм. Хоту дойду дьоно барахсаттар, эчи аһаҕастара, эйэҕэстэрэ-сайаҕастара, ыраах дойду сириттэн кэлбит киһиэхэ ураты болҕомтолоро, эйиэхэ бэйэҕэр эппэккэ да кыһаллаллара-мүһэллэллэрэ, миигин, урут итинник бодьуустаһыыныы соччо билбэтэх киһини симитиннэрэ түһэн ылбыта. Быһата мин дэриэбинэ баар суох атаах, эмиэ да убаастыы, толло көрөр киһилэрэ буолбутум. Аны бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын этэ да барбаккын-бары биир иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн курдуктара. Тыал-куус, буурҕа бөҕө түһэн, тымныы кыһын кэлбитигэр, миэхэ тугут саҕынньах, тыс этэрбэс, кырса бэргэһэ, бэл диэтэр, бэдэр үтүлүк кытта баар буолбута. Онтубун ханна, кимҥэ харчы төлөөн дуу, ыйыталаһан дуу, көрдөһөн дуу ылбыппын бу диэн билигин үчүгэйдик да өйдөөбөппүн. Бу сааты, махтанным эрэ, суох эрэ, эгэ, ону өйдүөм дуо? Арааһа, оскуолам сопхуоһа “бу эйиэнэ” диэн биэрдэҕэ буолуо эрэ дии саныыбын. Барахсаттар, биһиги үөс сирбит тымныыта кэлси дуо, манан аҕай буолбатах тымныыны кытта үйэлээх саастарыгар өрө тустан кэлбит хоту дойду хоһуун дьонун, билигин да улахан хорсун дьонунан ааҕабын. Арыт аһара тоҥнохпуна, хас эмэ күннээх-түүннээх буурҕа улуйарын иһиллии сытан, “бу дьоннор туох ааттаах буруйдарыгар маннык сиргэ олороллоро буолуой, ээ?” диэн санаа миигин үүйэ-хаайа тутара. Онтон кинилэр хоту дойду хоһууттара, төрөөбүт сирдэрин-уоттарын туохтааҕар да күүскэ таптыыллара, ытыктыыллара, киэн тутталлара сирэйдэригэр сурулла сылдьара. Арыт барахсаттарбын аһыы утаҕы ордороллор диэччилэр ээ. Баччалаах тымныыга сылдьан, тоҥон-хатан баран, амсайбаккалар?! Ирээри, тоҥмуттарын таһаараары, олорор олохторун харыстаан буоллаҕа дии. Инньэ гымматтара буоллар, манна олох, арааһа суох буолуо этэ. Бррр… Мин устудьуоннуу сылдьан быраактыкабар, куораттан чугас тыаҕа хортуоска хомууругар сылдьыбытым. Быраактыкабыт бүтэһик күнүгэр тымныы ардах ибиирбитин аахсыбакка үлэлээбиппит кэннэ, киэһэнэн халлаан кылбаччы халлан, аны хаһыҥнаан барбыта. Бука, хортуосканы быыһыыр сыалтан буолуо, биһиги үс уол ыкса киэһэриэр диэри ол хортуоскабытын аны хараныылыссаҕа илдьэр массыынаҕа куруустаабыппыт. Силиибитигэр тиийэ тоҥон, тииспит тииспитигэр лаһыгыраан титирии сылдьар инчэҕэй таҥастаах уолаттарга сопхуос дириэктэрэ бэйэтинэн кэлэн биирдии улахан, кырыылаах ыстакаан буокканы күргүйдээн туран, күүһүнэн иһэрдитэлээбитэ. Арааһа, бука онтубут
туһалаатаҕа буолуо, хата, этэҥҥэ ким да ыалдьыбакка быраактыкабытын түмүктээн, үөрэхпитигэр киирбиппит… Оскуолам хоту дойду тыатын сиэринэн, таһыттан көрдөххө бэрт эргэ, самналлыбыт, “п” буукубаны санатар кыракый дьиэ этэ. Ол гынан баран иһигэр киирдэххэ, чыҥха атын хартыына этэ. Барыта уурбут-туппут курдук бэрээдэгэ, ырааһа, чээлэй күөх сибэккилэрэ, куруһууба түннүк сабыылара хаһаайка сатабыллаах, сылаас илиилэрин кэпсииллэрэ. Оскуолабар үргүбүт тугут курдук чоҕулуччу көрбүт бэрт кэрэ сэбэрэлээх, мап-маҥан тэбис-тэҥ тиистэрдээх, кылбаа маҥан сирэйдээх, уурбут-туппут курдук бэрт маанытык, бэйэтин тупсаҕай таһаатыгар олус барсардык таҥнар-симэнэр Саргылаана Ивановна диэн учуутал кыыс баара. Маннааҕы олохтоох кыыс. Оччолорго Бүлүү педучилищетын саҥа бүтэрэн кэлэн, алын кылаастары үөрэтэрэ. Элбэх саҥалаах, мэлдьи истиҥник мичээрдиир сытыы-хотуу Саргыны, мин испэр тута көрөөт да сөбүлээн кэбиспитим. Бэрт мааны майгылааҕа, эчи эйэҕэһэ-сайаҕаһа, кэпсэтинньэҥэ. Быыс-арыт буллубут да иккиэн маҥнай үлэбит, үөрэтэр оҕолорбут эҥин туһунан кэпсэтэр этибит. Кыыс элбэх билиилээҕин, кырдьаҕас Бүлүү куоратын учууталлары бэлэмниир суон сураҕырбыт, аатырбыт училищета үлэҕэ эрэ буолбакка, кыыс атын талаанын арыйбыт этэ. Ол курдук биир да мусукаалынай үнүстүрүмүөҥҥэ сатаан оонньообот кыыс, кулуупка буолар бары кэнсиэрдэргэ солбуллубат собус-соҕотох баянист, арыт наада буоллаҕына фортепианоҕа да олус сатабыллаахтык оонньуур мусукаан бэрдэ буолбут этэ. Саргы миигин күнтэн-күн интэриэһиргэтэн, умсугутан, кэлин тиһэҕэр кинитэ суох тугум да табыллыбат буолан хаалбыта. Ол ыккардыгар, сороҕор, “маннааҕы уолаттар бэйи, сүрдээх дьон, ким эрэ сүрэҕэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьан, Саргыны сөбүлүүр уол баара буолуо” диэн дьаахханар санаа үүйэ-хаайа тутан, түүн сүгүн утуппакка, эрэйдиир буолбута. Онтум баара, хата, билбитим Саргы бу нэһилиэк улахан аҥара аймахтара эбит. Онон, “сэмээр балтыбытын хата ити учуутал уол көрөрө буоллар” диэн баҕалаахтар эбит. Мин бэйэм кыыс эбитим буоллар, тута биир эмэ уол билсибит буолуохтаах эбитэ үһү. Манна үлэлии кэлбит кыргыттар үгүстэрэ олохтоох уолаттарга кэргэн тахсан, ыал буолан олохсуйа хаалаллар эбит. Хоту дойду дьоно мындырдар, “уруу ырааҕа, уу чугаһа” диэн өбүгэбит дириҥ суолталаах өһүн хоһоонун тутуһар дьон эбиттэр. Маны барытын кимтэн истэриҥ этэй диир буоллаххына, өстүбэһи, эйиэхэ, мин күндү ааҕааччыбар, өссө кэпсии илик эбиппин. Мин манна кэлээппин кытта Сахаараптар диэн ыалга олохтообуттара. Үс уоллаах, оччотооҕу сиэринэн олорор, боростуой ыал этилэрэ. Ыалым ийэтэ Настаа барахсан элбэх кэпсээннээх, сытыы-хотуу, турбут-олорбут саас ортолоох дьахтар этэ. Дэриэбинэбит араас буолар-буолбат сонуннарын кини үчүгэй баҕайытык киэһэ наллаан аһыы олордоххо, күлэ-үөрэ сэһэргиириттэн, ким тугунан тыынарын син удумаҕалаабытым. Ыалым аҕата, бары маннааҕы эр дьоннор курдук, сорсуннаах булчут, балыксыт бэрдэ. Миигинниин араа-бараа саастаах уолаттарын мэлдьи илдьэ сылдьара, табаларын көрөллөрө. Бу ыалга хара элбэҕин сөҕөрүм. Ол курдук сарсыарда, күнүс, киэһэ аһылыктарга мэлдьи остуолга сыалаах, минньигэс арыт таба, арыт куобах, арыт тайах, арыт тыатааҕы этэ өрөһөлүү хоторуллара. Хас сарсыарда аайы Настаа буһарбыт миинин мип-минньигэс
сытыттан, муннум иҥсэлээхтик кыһыйан уһуктарым. Аны ону ааһан, киэһэ аһылыкка эбэһээт сыата уулла сылдьар мип-минньигэс тоҥ балык. Маҥнай дьиктиргээн баран, кэлин син үөрэммитим. Ол эрээри, үрүҥ аспын, сүөгэйбин, араас минньигэс бурдук аспын ахтар-суохтуур да этим. Арай биирдэ киэһэ аһылыкпар сыалаах да сыалаах чыыр балыгы туустуу-туустуу минньигэһиргэтэн чамыргыы-чамыргыы сии олорон, Настаабыттан ыйыттым: -Ити наар сөмөлүөтү тоһуйа киирэр оҕонньору билэҕин дуо? – диэбитим. -Хата, билэн буоллаҕым, — дии түспүтэ Настаа. Санаабар сыа-арыы таммалыах айылаах ньалҕаархай хара сирэйэ сырдаан ыларга дылы гыммыта. -Дьэ, ити биһиги дэриэбинэ биир саамай бастыҥ мааны төрүт олохтоох Дьэрэмэй диэн киһибит. Эдэригэр уҥуоҕа-арҕаһа бөдөҥө-садаҥа, көстөр да дьүһүнэ ырааһа-сырдыга, кыыс аймах көрөөт да сөбүлүүр уолана этэ. Настаа улам-улам уутугар-хаарыгар киирэн кэпсиэхчэ буолбута баара, уолаттара бултарыттан-астарыттан кэлэн, тохтоон хаалбыппыт. Уолаттары кытта кэлсибит киэҥ нэлэмэн туундара чэбдик, мип-минньигэс салгынын сыта дьиэ иһин биирдэ тунуйан кэбиспитэ. Улахан уол хапкааныгар улахан бэйэлээх мап-маҥан кырса иҥнибитин, өрө-таҥнары тутан-хабан, тэбээн-сахсыйан көрүү-истии буолбуттара. Онтон саамылаһан аһаан-сиэн, күлсэн-кэпсэтэн остуол тула олорон хаалбыттара. Мин хоспор киирэн, сарсыҥҥы уруокпар бэлэмнэнээри, остуол лаампабын уматан, суумкабыттан оҕолорум тэтэрээттэрин, кинигэлэрбин хостообутум да, тоҕо эрэ үлэлиэх санаам отой кэлбэтэҕэ. Өйбөр-санаабар наар Дьэрэмэй сөмөлүөт аанын иҥсэлээхтик манаһан көрөн-истэн чаҕылыҥныы турара, онтон ол чаҕылыҥнаабыта уоһуннар-уостан дириҥ санаарҕабылынан, хомолтонон солбуллубута мин харахпар көстөн-кэлэ турара… Бэйи ити кими итинник айылаах күүтэр баҕайыный, тоҕо ол киһитэ кинини үөрдэ-көтүтэ кэлбэт баҕайыный диэн араас санаалары күүспүнэн үтүрүйэн, адаа-будаа буочарынан суруллубут оскуолам оҕотун тэтэрээтин оргууй арыйан, ахсааннарын төһө сөпкө суоттаабыттарын бэрэбиэркэлээри, сүүспүн мырчыһыннарбытым… Дьэ, ити курдук барык-сарык кыһын ааһан, хоту дойдуга күн тахсар үөрүүлээх күнэ үүммүтэ. Сарсыардаттан бары суунуу-тарааныы, оҥостуу-туттуу, сүүрүү-хаамыы, тиэтэйэ-саарайа ону-маны ыһыытаһа былаастаан кэпсэтии… Сөп ээ, бу үлүгэрдээх тымныыны, буурҕаны кыл мүччү этэҥҥэ төлө көппүт дьон үөрүмүнэ-көтүмүнэ, сүпсүгүрүмүнэ!!! Бары суулаһан таһырдьа тахсан илин диэки саҕаҕы манаһыы буолла. Күн барахсан хата өр күүттэрэ барбата, бу кытаран-наҕаран былтайан тахсан кэлбэтэ дуо?. Дьэ, доҕоор, манна буолла ээ үлүгэрдээх үөрүү мургуна. Биримээнэ хас биирдии киһиттэн сардырҕыы сылдьар уот кыымнара күлүмүрдүү тыгыалаата. Оннук күүстээх өрө көтөҕүллүү, үрдүк үөрүү үлүскэнин мин хаһан да өссө көрө да, билэ да илигим… Билэр-билбэт киһигин кытта куустуһуу, эҕэрдэлэһии, бэргэһэни өрө кыыратыы. Онтон таба сүүрдүүтэ, наарта үрдүнэн ыстаныы, күрэхтэһии арааһа. Аны санаатахха, оо, үчүгэй да кэмнэр элэҥнээн ааспыттар эбит… Киэҥ нэлэмэн туундара барахсан хаара ирэн-хорон, аны саас барахсан сандааран кэллэ. Онтон аны киирбэт күннээх-түүннээх, сайын барахсан сатыылаабыта. Чуп-чугас курдук эрээри, хаамтахха киһи син илистэн тиийэр хайатыгар Саргыбыныын биир ылааҥы өрөбүл күн барарга санаммыппыт. Бу хайаны маннааҕы дьон “Дойдууна хайата” диэн ааттыыллара. Тоҕо инньэ дииллэрий диэн, Саргыттан ыйыппыппын, “былыр манна дойду сириттэн
биир эмчит кыыс кэлэн, олус сөбүлээн дьаарбайарын иһин ааттаабыттар үһү” эрэ диэбитэ. Син өр айаннаан аара олорон сынньанан ыла-ыла, хайабыт үрдүк чыпчаалыгар тахсыбыппыт. Дьиктитэ диэн, манна биир да үрдүк мас суоҕун кэриэтэ этэ. Тула барыта, киһи хараҕа ыларынан намыһах сэппэрээктэр, хахыйахтар эрэ этилэр. Арай, соһуйуом иһин, хайа саамай үрдүгэр биир собус-соҕотох улахан баараҕай үөт үүнэн турара. Мин тоҕо эрэ онно дьулуспутум. Саргыбын сиэтэн аҕыластаан тиийбиппит, арай үөппүт анныгар сиэрэй таҥастаах, маҥан киэпкэлээх киһи биһиэхэ көхсүнэн олороро. Биһиги соһуйан хаалан, син өр бэйэ-бэйэбитин көрсөн ыла-ыла турбуппут. Онтон киһибит аа-дьуо биһиги диэки хайыспытыгар, тута билбиппит — бу Дьэрэмэй оҕонньор этэ. Биһигини көрөн киэпкэтин устан, кыратык тоҥхох гынан дорооболоспута уонна “мин аттыбар манна олоруҥ, сынньаныҥ” диэбиттии илиитинэн ыйбыта. Биһиги өс киирбэх аттыгар тиийэн олоро биэрбиппит. Киһибит хараҕа кып-кыһыл буолбут этэ уонна тарбаҕынан ыйан биһигиттэн соччо ырааҕа суох икки кыталык үҥкүүлүү сылдьарын ыйбыта. Аата барахсаттар эчи кэрэлэриин даа!!! Аҥардас бу маны эрэ көрөөрү манна кэлиэххэ сөп эбит дии саныы олордум. Атыырдаах тыһы кыталыктар хайдах истиҥник таптаһалларын, хайдах бэйэ-бэйэлэрин кытта оонньоһоллорун, кыратык ыраата түһээт субу ахтыспыт дьоннуу куустуһа түһээт, имэрийсэллэрин-томоруйсалларын саҥата суох олус долгуйан олорон көрдүбүт-иһиттибит. Аны ыллыыллар эбит. Бу куоластара күүһүн-уоҕун, кылыһахтаах улуу ырыаһыты санаттылар. Саманнык өр таалан иһиллээн, көрө-истэ олорбуппут кэннэ, маанылаах көтөрдөрбүт көтөн намылыһан тахсан, тус илин диэки аа-дьуо нарыннык-наҕыллык сапсынан көтө турбуттарын, сайыспыттыы көрөн хаалбыппыт. Ып-ыраас таптал ып-ыраас салгынын долгуна биллэн ааһарга дылы гыммыта… Син чочумча саҥата суох олорбуппут кэнниттэн Дьэрэмэй оҕонньор кытарбыт харахтарын куоттара-куоттара эппитэ: — Хата, дьоллоох оҕолор эбиккит. Кыталыктар үҥкүүлэрин куоттарбатыгыт, — диэтэ, симиктик мичээрдээбитэ уонна тоҕо эрэ дириҥник үөһэ тыынан ылбыта. Аа-дьуо алтахтаан туран, эниэни таҥнары түһэн бара турбута. Биһиги кинини манна эрэ көрсүөхпүт дии санаабатах дьон, кини туһунан кэпсэппиппит. Саргы олохтоох буолан, Дьэрэмэй туһунан син балайда билэр эбит. Мин үрүсээкпиттэн аһылыкпытын хостоон, Саргым түргэн үлүгэрдик былаатын тэлгээн, остуол хотойорунан астаах тэҥэ сананан, сиргэ утарыта быардыы сытаммыт, кэпсэтэн барбыппыт. Төһө да сайын сатыылаан турдар, от-мас көҕөрдөр, сотору-сотору киһи “ычча даа” диэҕинии, сөп-сөрүүн тыал сирилээн ааһара. —Биһиги дэриэбинэҕэ дойду сириттэн учуутал кыргыттар, эмчит кыргыттар кэлитэлээн барбыттар үһү. Ити дириэктэрбит Степанида Ивановна манна үлэлии кэлбитин, мин тастыҥ аймаҕым уол кэргэн ылан манна хаалан, билиҥҥээҥҥэ диэри үлэлии сылдьар дии, — диэн Саргы мичээрдээн ылбыта. — Онтон аны эмиэ, куорат диэкиттэн быһыылаах, биэссэл кыыс кэлбит үһү. Дьиҥнээх аатын билбэппин. Билигин бары Дойдууна эрэ дииллэр дии. Биһиги Дьэрэмэйбит ол кыыһы көрөөт да уҥа-таала таптаабыт үһү. Ол кыыс наһаа кэрэ сэбэрэлээх уонна наһаа үчүгэй майгылаах үһү дииллэр. Ити Дьэрэмэй уонна Дойдууна субу манна
сөбүлээн көрсүһэр, таптаһар эбиттэр үһү. Онон ити оҕонньор ону кэриэстээн манна мэлдьи сылдьар сирэ. Оччотооҕу дьон ол эмчит кыыһы бары да наһаа сөбүлээбиттэр үһү уонна кини барбытын кэнниттэн кинини кэриэстээн диэбит курдук, бу хайаны “Дойдууна хайата” диэн ааттаабыттар үһү, — кыыһым дьоно кэпсииллэрин саныы сатыырдыы эбитэ дуу, сөҕөрүттэн эбитэ дуу, хааһын түрдэһиннэрэн ыла-ыла кэпсээбитэ-ипсээбитэ. — Ээ ол кыыс суох буолбута дуо? — диэн мин интэриэһиргээн, быһа түһэн, ыйыппытым. — Аньыы даҕаны, баар ини, — Саргы түргэн үлүгэрдик эппиэттии охсубута. — Сураҕа өссө Дьэрэмэйтэн ыарахан буолбут уонна холбоһуохтаах эбиттэрэ үһү. Үчүгэй баҕайытык үлэлии-хамсыы, мантан уонна хаһан да барбаттыы ыал-күүс буолан олохсуйардыы сананан сырыттаҕына, кыыска биир күн эмискэ дойдутуттан тэлигирээмэ тэлибирээн кэлбит, “аҕаҥ ыарыйда, кэлэ тарт” диэн. Ханнык дойдутун билбит суох, арааһа, куорат кытыыта быһыылаах. Кыыс хайыай, тапталлааҕын хаалларан, ол күн кэлбит сөмөлүөт төннөрүнэн, эмискэ дойдулаан хаалбыт. Арахсаллара да эмиэ дьикти үһү. Кыыс төннүбэтин билбиттии, олохтоох дьон бары киирэн атаарбыттар. Ытаһыы-соҥоһуу да баара үһү. Онтон Дьэрэмэй өр сөмөлүөт аанын саптарбакка, лүөччүктэри эрэйдээбит үһү. Субу үлэлээн барбыт мотуордарын төттөрү умулларан, лүөччүктэр уонча мүнүүтэ күүппүттэр үһү. Син сааһыран эрэр тоҥуй дьүһүннээх нуучча лүөччүктэрэ биирдэрэ хараҕын уутунан суунар үһү, биирдэрэ эйэҕэс баҕайытык мичээрдиир үһү. Дьэ, оннук айманан-сайманан кыыстарын атаарбыттар. Сөмөлүөт аана сабыллан эрдэҕинэ кыыс “мин хайаан да эргиллиэм!” диэбит хатан-чуор хаһыытын, киһи барыта истибит. Уонна ханна баарый, күн бүгүнүгэр диэри суох, — диэт, Саргым икки илиитин нэлэс, саннын ыгдах гыммыта уонна Дьэрэмэй туһунан кэпсээнин түмүктээбитэ. — Ээ, оччо эрэннэрэн баран тоҕо да төннүбэтэх бэйэтэй? — диэн мин кыыспар хайыспытым. — Илдьэ барыахтаах этэ, дьиҥэр. Оччоҕо туох да буолуо суох этэ. Дьэрэмэй дойду сиригэр олоруо этэ. Оччоҕо итиччэлээх дууһа моруута буолуо суох этэ диэн маннааҕы олохтоохтор кэпсэтэллэрин истэ улааппытым, – диэт, кыыс дириҥник үөһэ тыынан ылбыта. — Саргы, мин эйигин наһаа таптыыбын. Эн мин бастакы уонна, эрэнэбин, тиһэх тапталым буолаҕын. Эн миэхэ кэргэн таҕыс. Мин эйигин мантан илдьэ барыам, — диэт, мин кыыспын килбиктик кууспутум. «Хата, сатаан сааһылаан этэн таһаардым ээ» диэн саныы-саныы устунан урут хаһан да билэ илик турукпар киирэн бардым… Тапталлааҕым харахтара эбии хараардылар, эбии улаатан өссө тупсан көһүннүлэр. Тыынара улам-улам чаастатыйан субу аттыбар биллибитигэр, ип-итии уоспутунан даҕайсан уураһан бардыбыт. Оо, үчүгэйиэн, саманнык уһуннук да уһуннук сыппыт киһии дии санаабытым. — Миша, мин эмиэ эйигин таптыыбын, — Саргым сып-сылаас тылларыттан ууллан, ханна эрэ көтөн хаалбыт курдугум… Бу мин да, Саргы да төрөөн баран аан бастакы уураһыы диэннэрин кытта билсиһиибит этэ… Хаһан да киирбэт сайыҥҥы күн барахсан биһигини арыаллыыр курдуга. Биһиги ити баараҕай үөт таһыгар
арааһынайдаан тутта-тутта хаартыска бөҕөтүгэр түһэ сатаабыппыт… Тапталлааҕым ол дьикти кэрэ киэһэҕэ миэхэ кэргэн тахсарга сөбүлэһэрин эппитэ. Мин үөрүүбүттэн көтүөхпэр кыната суох буолан, нөҥүө күнүгэр дьоммор тута эрийэн эппитим. Ийэлээх аҕам биһигини куоракка олохсутар былааннаах, үчүгэй оскуолаҕа үлэ көһүннэ, букатынныы көһөн кэлэҕит диэн бирикээс аҥаардаах кэпсэтиилэрин ылынаммыт, Саргым биһикки үөрэ-көтө тэриммитинэн-хомуммутунан барбыппыт… Биһиги куоракка көтөөрү пуорка киирбиппит, үгэһинэн киһи-сүөһү дэлэй этэ. Мин хараҕым тута Дьэрэмэйгэ хатаммыта. Эргэ холтуун чараас сонун көхсө хараарбытынан сылыктаатахха, оҕонньор тиэтэйэ-саарайа хаампыт быһыылааҕа. Илиитигэр эргэ хортууһун имит да имит, туппахтаа да туппахтаа буоларыттан сэрэйдэххэ, олус долгуйар быһыылааҕа. Сөмөлүөт түспэккэ өссө да халлааҥҥа эргийэ сылдьарынан туһанаммын, оҕонньорго чугаһаан илиибин биэрбитим. Киһим хап-сабар илиитин биэрэн, сииктээх, күүстээх ытыһынан, илиибин күүскэ ыга туппута. Харахтарбыт утары көрсүбүтүгэр, кыратык мичээрдээн ылбыта. Мин “бу ыал буолан көһөн баран эрэбин” диэбиппэр, харахтара курус гына түспүттэрэ. Арай, бүтэҥи сөҥ куолаһынан “ээ, дьоллоох ыал буолуҥ” эрэ диэбитэ уонна тэйэ хаампыта… Ол ыккардыгар сөмөлүөт сиргэ түһэн, маҥнай кыратык өрө хантайан сүүрбэхтээн баран, аа-дьуо бытаардар–бытааран, дьирилээн-куугунаан тохтообута. Көрсүһээччи дьон өрө сууллан, утары барбыттара. Маҥнай кирилиэһи талҕалатан түһэрээттэрин, хап-хара көстүүмнээх лүөччүктэр тахсан кэлбиттэрэ уонна сулбу-салбы пуорт диэки хаамсан чиккэҥнэһэ турбуттара. Дьэ, онтон оҕо-дьахтар ньамалаһан түһэн киирэн-барбыттара. Биһиги маны барытын син тэйиччиттэн көрөн турбуппут. Иннибитигэр Дьэрэмэй барахсан икки атаҕар тэпсэҥнээн ыла-ыла, дьону үрдүнэн көрө сатаан, арыт атаҕын төбөтүгэр туран ылаттыыра. Бүтэһик киһи түһээтин кытта өссө иэдэйбитэ. Арыый да чугаһаан сөмөлүөт иһиттэн өссө ким эмэ тахсаарай диэн одуулаһа-одуулаһа, чочумча төттөрү-таары хаамыталаабыта. Онтон эмискэ сэниэтэ эстибит киһилии, биирдэ нукус гына түспүтэ да, эмиэ собус- соҕотоҕун аа-дьуо сыыры өрө тахсан төрүт атын сир диэки иэҕэҥнии тураахтаабыта. Саргы “эрэйдээҕии” диэбитэ, ууламмыт хараҕын моонньугар эрийбит сырдык халлаан күөҕэ өҥнөөх былаатын уһугунан соттубута… Дьокуускай пуордугар биһигини ийэлээх аҕам иккиэн олус үөрэн көрсүбүттэрэ. Саргыбын тута сөбүлээн, үөрүүлэрэ өссө үс бүк үрдээбитэ. Дьоммор соҕотох оҕо буоламмын, тугу тыыммытынан буолуо дииллэрэ буолуо да, оннук буолбатаҕа. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕи төрөппүттэр билиҥҥи төрөппүттэр курдук бу сир үрдүгэр кинилэр эрэ оҕолоро баарын курдук санаабаттара. Сөбүн көрөн таптаан, сөбүн көрөн мөҕөн-таһыйан, үөрэтэн-такайан улаатыннарбыттара. Арай, билиҥҥи кэмҥэ оҕо муҥур тойон кэриэтэ. Дьиэтигэр буоллун, оскуолаҕа буоллун. Онон испэр билиҥҥи оҕону аһына саныыбын. Улаатан киһи-хара буоллаҕына да, оҕо кэминээҕи сымыйа икки, кырдьык икки ардынан көмүскэлэ иҥэн, атаахтыы сылдьыан баҕарыа суоҕа дуо, оҕо саастан чыҥха атын тыйыс олоххо, кини төһө бэлэмнээх үктэниэй? Миигин төрөппүттэрим дьиҥ олоххо сөпкө үөрэппиттэр эбит дии саныыбын. Улахан үлэһит аҕам миигин куоракка сылаас миэстэҕэ учуутал үлэтин төһө баҕар булуохтааҕа эбитэ буолуо да, тус хоту бардын, уол оҕо уйанын, хатанын көрдөрдүн диэтэҕэ буолуо дии
саныыбын. Улахан мааны уораҕайбытыгар киирэн баран, Саргы олус соһуйбута. Миигин маннык эрэ төрөппүттэрдээҕэ буолуо дии санаабатах үһү. Ийэм бырааһынан үлэлиирин, аҕам миниистирдэр Сэбиэттэригэр улахан дуоһунаска үлэлиирин истэн баран, хараҕа өссө төгүрүйбүтэ. Миэхэ холоотоххо, кини төрөппүттэрэ туох да үөрэҕэ суох, боростуой табаһыттар эрэ этэ. Дьонум Саргыбын ханна олордуох да, туруоруох да сирдэрин булбаттара. Ийэм Саргыбынаан тута уопсай тыл булан, мин санаабар, олох уруккуттан билсэр улахан дьүөгэлии курдук кэпсэтэн-ипсэтэн барбыттара. Мин онтон олус дьолломмутум. Ийэлээх аҕам миэхэ хайаан да улахан үөрэхтээх, баай, үлэһит дьон кыыһын ылыахтааххын диэн хаһан да, биирдэ да эппэтэхтэрэ. Арай мэлдьи “кыыһы таптаатыҥ да, кэргэн ылыахтааххын” диэн үөрэтэллэрэ. Мин Саргыбынаан хайдах оскуолаҕа үлэлиирбитин, хайдах сынньанарбытын кэпсээбиппит. Онтон Дьэрэмэй оҕонньор туһунан кэпсээбиппэр, дьонум сирэй-сирэйдэрин көрсөн эрэ кэбиспиттэрэ уонна хайдах эрэ иккиэн арбы-сарбы буолан ылбыттара. Бу маннык кэпсээни ордук аҕам интэриэһиргээн иҥэн-тоҥон ыйыталаһыахтаах этэ дии санааммын, олус дьиктиргээбитим. Арай, ийэм олус долгуйан, харахтарын чааста-чааста чыпчылыйан ылбытын, көхсүн хаста да этитэн ылбытын эмиэ муодаргыы санаабытым. Ити итинэн ааспыта. Биир улахан хоһу биһиэхэ анаан, барыта саҥа миэбэли туруорбуттара, киирээппитин кытта саҥа мас сыта муннубутугар саба биэрбитэ. Кип-киэҥ мааны, муус маҥан таҥастаах ороҥҥо сытыахпытын кэмчиэрийбиппит даҕаны. Саргыбынаан дуустанан, наһаа үчүгэйдик куустуһан баран, утуйан хаалбыппыт… Сарсыарда туруубар арай көрдөхпүнэ, ороммут аттыгар баар дууп мастан бэрт сатабыллаахтык оҥоһуллубут остуол үрдүгэр, туох эрэ кыһыл көстөрө. Илиибин уунан эһэ охсон ылан көрбүтүм — дьиэ күлүүһүн тыла. Харахпын быччаччы көрөөт, ороммор олоро биэрбитим. Аттыбар утуйан буккуруу сытар Саргым эмиэ хараҕын аһан кэлбитэ. Соһуйбуппут да, үөрбүппүт да. Ийэм үлэтигэр барбыт этэ. Аҕам уоппуската буолан, дьиэтигэр баара. Кабинетын аана аһаҕаһынан көрдөххө, остуолугар суруксуттуу олороро. Биһигин “аһааҥ, онтон манна киирээриҥ” диэбитэ. Биһиги суунан-тараанан кухняҕа киирбиппит, остуол хотойорунан ас бэлэмнэммит этэ. Саргы эмиэ да соһуйбут, эмиэ да үөрбүт харахтарынан миэхэ истиҥник мичээрдээбитэ. Саманнык остуол кинилэргэ Саҥа Дьылга да суоҕа биллэр. Ол эрээри, мин хайдах эрэ, Настаа өрөһөлөөбүт сыалаах табатын этин сүрдээҕин ахтыбыппын өйдөөн аһарбытым. Сулбу-салбы аһаат, аҕам кабинетыгар киирбиппит. Биһиги учительскайбыт саҕа хоско, хоҥор тирии тастаах, киһи олордоҕуна тимирэн хаалар дьоҕус дьыбааҥҥа олорбуппутугар, аҕам мин хаһан да көрбөтөх араҕас өҥнөөх альбоммун туппутунан кэлэн, ортобутугар олорунан кэбиспитэ. — Дьэ, оҕолорбор этэбин, аныгыскы нэдиэлэ субуотатыгар, бу куораппыт саамай улахан рестораныгар сыбаайбаҕыт буолуоҕа. Кэпсэтиитэ барыта ыытыллан бүтэн турар. Ити эһиэхэ анаан атыылаһыллыбыт сабыс-саҥа икки хостоох кыбартыыраҕа олохсуйуоххут. Ол дьиэҕититтэн аҕыйах хаамыылаах сиргэ үлэлиэхтээх оскуолаҕыт турар. Онтон сыбаайбалаат да Сочига сынньана көтүөххүт. Путевкаҕытын номнуо ылбыппыт, — диэбитэ биһиэхэ бэрт сымнаҕастык аҕабыт. — Оо, баһыыба, аҕаа, — диэн мин үөрүүбүттэн ойон туран кууһан ылбытым уонна сүүһүттэн сыллаан ылбытым.
Саргы бу барыта арааһа түүл быһыылаах диэбиттии, өйдөөх харахтара мээнэ көрөн ылбыттара. Аҕам эмиэ биһигини эр биир сыллаталаан ылбыта уонна дириҥник үөһэ тыынан баран кэпсээн барбыта: — Эн ийэҥ ити эн үлэлээбит сиргэр эдэр сылдьан аҕыйах кэмҥэ биэлсэринэн үлэлии сылдьыбыта, — диэт хайдах эрэ долгуйан, туома куолаһа титирэстээн ылбыта. Мин тута тымныы уунан саба ыстарбыт киһи курдук буолан ылбытым, хааным чэчэгэйбэр кэлэн күүскэ тэбиэлээн ылбыта. “Дойдууна хайата”, “биэлсэр кыыс” диэн тыллар мин өйбөр-санаабар охсуллан ааспыттара. — Онно сылдьан ити Дьэрэмэйи билсибит этэ. Онтон аҕата ыалдьыбытыгар манна кэлбитигэр, мин райкомол сэкирэтээринэн үлэлии олорорум. Аҕата соччо аматыйбатаҕын да үрдүнэн, хоту үлэтигэр көтөөрү мин кабинеппар бронь көрдөһө киирбитэ. Мин эн ийэҕин уруккуттан олус сөбүлүүрүм, кини мин маҥнайгы, күүстээх уонна собус-соҕотох тапталым буолар. Онно көрөөт да, хайдах да ол хоту дойдуга ыыппаппын, онно барда да ыал буолар диэн санааттан, тапталбар билиммитим уонна миэхэ кэргэн буол диэн ис сүрэхпиттэн көрдөспүтүм. “Аҕаҕын куоракка хайа баҕар үчүгэй балыыһаҕа кэпсэтэн киллэриэм, саамай үчүгэй быраастарга эмтэттэриэм, аҕаҥ хайаан да үтүөрүөҕэ”диэбитим. Уонна өссө эбэн оччолорго миигин куоракка улахан дуоһунастаах үлэҕэ ылбыттарын, онон сотору онно көһөн киирэрбин эппитим. Номнуо миигин үс хостоох сабыс-саҥа кыбартыыра куорат килбэйэр киинигэр кэтэһэр диэбитим. Ийэҥ барахсан аҕатын эмтэтиэн баҕарарын эппитэ, онтон эмискэ баҕайы: «Мин тапталлаах киһибиттэн оҕо күүтэбин, онон хайаан да барыахтаахпын», — диэбитэ. М Мин бачча сааспар диэри аҕам диэн кэлбит киһим, олох да туора киһи эбитин, дьиҥнээх айбыт аҕам Дьэрэмэй буоларын өйдөөт, хараҕым уунан тобус-толору туолан, салгыы истэр кыаҕа суох буолан, хоспор сүүрэн тилигирээбитим. Сыттыкпар умса түһээт, төлө барбыт ытабылбын Саргыбар иһитиннэримээри өрө мөхсөн муҥнаммытым. Хата, Саргым биллибэтэҕэ. Арааһа аҕам дуома кэпсээн дьаабылыырын ис дьиҥин өссө билээри иһиллээн олордоҕо. — Оннуга өссө ордук. Миигин быраастар оҕото суох киһи эбиккин диэн бириигэбэрдээн бүппүттэрэ. Онон, хата, эн сүрэҕиҥ анныгар илдьэ сылдьар оҕоҕун бэйэм төрөппүт оҕом курдук таптыаҕым, көрүөҕүм-истиэҕим. Эн бу сиргэ үйэҕэр туох да кыһалҕаны көрбөккө баайдык-тоттук олоруоҥ диэн мэктиэлиибин. Быраас үөрэҕэр үөрэттэриэм. Онтон бронь чааһа олох кыаллыбат. Сулууспаттан кэлэн иһэр саллааттар бараллар, — диэн кытаанахтык эппитим. Икки хонон баран, Люда мин кабинеппар киирбитэ. — Хайа мин этиибин туох диэтиҥ, Люда? — диэн мин утары көрсүбүтүм. — Ээ, аҕабын, сарсын балыыһаҕа илдьэр буоллум, куоракка эрэ эмтэннэҕинэ бэттэх кэлииһи, — диэбитэ. Мин тута “сарсын иккиэҥҥитин массыына куоракка киллэриэ уонна өскөтө түһэр сиргит суох буоллаҕына, бу саҥа дьиэм аадырыһын биэрэбин. Онно эһигини көрсүөхтэрэ” диэт кумаахыга суруйбут дьиэм аадырыһын, дьиэм күлүүһүн тылын ылыа суоҕа диэн куттана-куттана ууммутум. Хата, кыыһым син өр саараан-саараан баран, оргууй сэрэниин-сэрэнэн ылбытыгар, үөрүүбүттэн өрүтэ ыстана сыспытым. Уонна иккистээн этэбин, эн өйдөөн кэбис, Люда бу сиргэ мин маҥнайгы уонна тиһэх тапталым буолар, — диэбитэ уонна хараҕын уутун кистиирдии, атын сири одуулаабыта… Саргы маны барытын болҕойон истэ олорон, бу кини тапталлаах доҕорун Мишатын төрөппүт оҕотуттан туох да итэҕэһэ суох көрөн-истэн улаатыннарбыт киһини иһигэр улаханнык аһына санаабыта. Мин бэрт түргэнник төттөрү барарга санаммытым. Саргым куоракка хаһан да сылдьыбатах киһи, Бүлүүгэ көтөрүгэр эрэ бэрт кыратык таарыйбыт эрэ буолан, куоракка хаалыан олуһун баҕарбыта. Аҥардас кинини, тапталлаахпын быһа гыммакка үс хонорго дэспиппит. Саргым кэпсээбитинэн, ииппит аҕам киниэхэ альбомтан хаартыскалары көрдөрбүт. Онно барытыгар ийэм уонна Дьэрэмэй бииргэ түспүт хаартыскалара үһү. Саргы биһикки үөт таһыгар хаартыскаҕа түспүппүт курдук, оруобуна ол сиргэ түспүттэр эбит. Арай оччолорго ити үөт намыһах уонна чачархай сэбирдэхтэрдээҕэ үһү… Аҥардас маҥнайгы тапталбын Саргыбын кэлэппэт санааттан, сыбаайбаттан аккаастамматаҕым. Үгүс элбэх мааны тойон-хотун эрэ мустубут бэрт мааны остуолугар Саргыбынаан хантан эрэ олох атын планетаттан кэлэн олорор дьон курдук санаммыппыт… Эппитим курдук биһиги куоракка нэһиилэ нэдиэлэ эрэ курдук буолаат, төннүбүппүт. Мин бэрт түргэнник тапталлаах хоту дойдубар бэрт түргэнник тиийэ охсубут эрэ киһи диэн олус улахан баҕа санааҕа ылларбытым. Дьэрэмэйи, төрөппүт аҕабын санаатахпына, дууһам түгэҕэр, сүрэхпэр хаһан да билбэтэх наһаа минньигэс нүөлүйүү биллэн ааһара. Дьэ, барыахтаах күммүт үүммүтэ. Мин түүн барбах эрэ утуйбутум быһыылааҕа. Таах өрүтэ уһуутуу-уһууту, өрө мөхсөн эрэ тахсыбытым. Сарсыарда эрдэ арбы-сарбы буолбут ийэм аах атаарбыттара. Биһигини пуорка киллэрэр хара «Волга» массыынаҕа киирээри турдахпына, ийэм ууламмыт-ааттаспыт харахтарынан имэрийэ көрөн баран, иэдэспиттэн сыллаары гыммытыгар, өрө чинэрийэн сирэйбин куоттарбытым. Аҕам, арба ииппит аҕам, илиитин биэрбитин, көрбөтөҕө буоламмын, массыына иһигэр түргэн үлүгэрдик дьылыс гынаат, ааны саба охсубутум… Дьокуускай пуордугар киирбиппит, аалыҥнас киһи этэ. Нэһиилэ бэйэбит дьоммутун булан, үөрдүһэн тура түспүппүт. Арай: — Хайыа, бу тоҕо төнүннүгүт? Онтон эһигини букатын көһөн бардылар диэбиттэрэ дии, — диэн саҥа иһиллибитигэр, көрбүтүм, биһиги нэһилиэкпит этэрбэс араадьыйатын маанылаах дииктэрэ Хобууса Морууса илэ бэйэтинэн турар эбит. Мин хайдах эрэ испэр өһүргэнэ санаатым быһыылааҕа, онон быһа баттаан кытаанах соҕустук эппитим: — Дьэ төнүннүбүт Морууса, онно туох баарый? — Ээ, ыык, — Хобууса Морууса мин кытаанахтык саҥарбыппыттан толунна быһыылаах уонна тугу да ыйыталаһа барбатаҕа. Мин алҕас саастаах дьахтары хомоттум дии санаан, буруйбун саптынан, аны кини буолунай элбэх суумкаларын соһон сыһаҕастаһан, көмөлөһөр аатыгар түспүтүм. “Посадка” диэн суруктаах хоско киирээри турдахпытына, таһырдьаттан наһаа улахан роза сибэкки букетын туппут сыҕаан дьахтара киирэн кэлбитэ уонна күүгээни-айдааны баһыйар куолаһынан: -Букээт, букээт. Самому счастливому! Купитэ! Купитэээ! — диэн хаһыытаат биһигини супту көрбүтүнэн тиийэн кэлбитэ. — Аа, эн саамай чугас киһигэр баран иһэр эдэр киһи, киниэхэ анаан хайаан да ыл. Кини саамай дьоллоох киһи буолуо! — дии-дии сибэккитин мин диэкки үҥүлүппүтүгэр, эһэ охсон ылаат, бинсээгим сиэбиттэн харчыбын хостоон, сыҕааҥкабар ууннум. — Мин олохпор дьэ, аан бастакытын саамай сөптөөх атыылаһыы буолла, маладьыас эдэр киһиэ, — дии-дии мичээрдээбитигэр, кыһыл көмүс тиистэрэ “мэйиҥ, көрүҥ биһигини ” диэбиттии күлүмүрдүү түспүттэрэ. Сөмөлүөт собуоттанан барбытыгар мин наһаа дуоһуйбут туруктаахпын билбитим. Түргэн үлүгэрдик тиийэ охсон, айбыт аҕабын Дьэрэмэйи күүскэ да күүскэ кууһан ылыахпын, киниэхэ өр да өр сыстан туруохпун баҕарбытым. Санаабар, уруккутааҕар лаппа уһуннук көтөн, дьэ, хомнуо-хойут сөмөлүөт мотуора умуллан, уу-чуумпу сатыылаата. Онтон эмискэ дьон бары туран аан диэкки дьулустулар. Мин Саргыбын илиититтэн аргыый тутан, “саамай бүтэһигинэн тахсыахпыт” диэтим. Түннүгүнэн өссө сөмөлүөттэн көрбүтүм эбээт, тэйиччи аҕам барахсан нүксүллэн тураахтыырын. Сүрэҕим сүр күүскэ тэбиэлиирэ уонна хараҕым уута бычалыйан кэлэ турара, муннум кычыгыланара… Саамай бүтэһигинэн биир илиибэр ыбыс-ыарахан суумкабын, аҥаарбар уп-улахан, кып-кыһыл оруоса сибэкки букеттаах тахсан кэлээт, тута иннибэр уун-утары турар аҕам барахсаҥҥа хардыылаатым. Суумкабын ыһыктан кэбиспитим да, ытыы-ытыы Дьэрэмэйгэ букеппын уунаат, саба түһэн кууһа түспүтүм: — Аҕаа, аҕаа, аҕаа, мин эйиэхэ букатын кэллим, — дии эрэ турбутум. — Оо, уолчааныам, ол иһин да. Эн хайаан да кэлиэхтээх этиҥ, ол да иһин, — оҕонньор санна дьигиҥнээн ытыырын быыһыгар эппит сылаас тыллара сүрэҕим ортотунан киирдилэр. Син өр ити курдук куустуһан турбуппут. Арай, өйдөөн көрбүтүм доҕоор, биһигини пуорка баар дьон бука бары төгүрүйэн кэбиспиттэр этэ. Үөрүү-көтүү, сорох хараҕын уутун сотторо. Дьэ, астык көстүү этэ, доҕоор! Дьэрэмэй уҥуохтуун көбүс-көнө буолбут, үөрбүт да үөрбүт харахтарынан дьону тула көрбүтэ уонна мин диэки көрө-көрө: — Дьэ, бу мин күҥҥэ көрбүт соҕотох оҕом — уолчааным барахсан, миэхэ букатынныы олохсуйа кэллэ, — диэн улахан чиҥ-чаҥ куолаһынан эппитэ. Дьон бу мэлдьи нүксүйэ сылдьар, уота-күөһэ умуллубут харахтаах, наар саҥата суох сылдьыбыт оҕонньор, хайдах курдук эмискэ чаҕылыйа түспүтүн олуһун диэн сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Үгүстэр, дьахтар өттө, харахтара Дьэрэмэй илиитигэр сэрэнэн туппут олус кэрэ букетыттан арахпата. Бары суолбутун ыйан, маҥнай эһиги барыҥ диэн туораан биэрбиттэринэн, мин аҕабынаан, Саргыбынаан үөрэ-көтө, күлсэ-күлсэ дьон саамай иннигэр сэниэлээхтик хааман барбыппыт… Бу дьоллоох түгэнтэн ыла сүүрбэ төгүрүк сыл көтөн ааста. Ол тухары мин аҕабыттан харыс да сири халбарыйбакка, биир дьиэ кэргэн буолан олоробут. Хас киэһэ аайы аҕам барахсан “дьоллоох буол” диэн баран сүүспүттэн сыллаан эрэ баран, оронун булар. Кини үтүө алгыһынан дьоллоохтук-соргулаахтык олоробут… Мин уон иккис сылбын олохтоох дьаһалта баһылыгынан үлэлиибин. Саргым — оскуолабыт дириэктэрэ. Биһиги икки уол, биир кыыс оҕолоохпут. Аҕам оҕолорбун барытын көрсөн улаатыннартаата. Дьиэ кэргэним саамай тутаах киһитин бары олус күүскэ таптыыбыт. Уолаттар куоракка эбэлэрин аах уонна биһиэхэ анаммыт дьиэлэринэн олорон, университекка үөрэнэллэр. Кыыспыт Миилэккэ эһэтин муннун бүөтэ, быйыл оскуола боруогун атыллыа… Дьэ, итинник маҥнайгы таптал дьоллоох түмүгэ буоламмын, айбыт киһибин олоҕун уһата, үөрдэ-көтүтэ, дьоллуу сылдьарбыттан ордук үрдүк дьол миэхэ суох… Валентина ШОЛОГОНОВА, Дьокуускай куорат, 11.07.2017 сыл.
edersaas.ru сайтан