Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Дьикти бултуйуу
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти бултуйуу
К
Кыым
Дьылҕа
18.05.2026 14:00
🎵 Дьикти бултуйуу
00:00
--:--
Посмотреть рекламу и скачать
Сааска сылгыһыттаабыта ыраатта. Быйыл сэтинньи ый сиппэрэҥ, хаардаах буолан, күөллэр тааҥнаан кыайан тоҥон биэрбэккэлэр, сылгыга көрүүлээх-маныылаах баҕайы дьыл буолла. Сотору-сотору кэрийэн көрө сырыттаххына эрэ сатанар курдук. Сааска биир күн атын миинэн, ытын батыһыннаран, сылгыларын көрө барда. Сиһи быһан, оргууй аҕай хаамтаран истэҕинэ, чугас соҕус иннигэр ыта үрэн баргыйда. Тиийэн көрбүтэ: ыта биир олус улахан, хойуу лабаалаах тиити тула көтө сылдьан үрэр. Сааска болҕойон көрбүтэ – тиит төргүү мутугар аарыма улахан солоҥдо тахсан олорор. Уол атын маска баайан, ытын тутан ылан эмиэ быалаан баран, “тииккэ эрийэн” солоҥдото төбөтө эрэ көстөрүн курдук аҕалан түҥнэри ытан түһэрэр. Ылан көрбүтэ, солоҥдото моонньугар саҥа хайа тардыллыбыт баастаах. Ону тэҥэ, үйэтигэр хаһан да көрбөтөх улахан солоҥдото буолан сөхтөрөр. Сааска булдун уктан баран салгыы айаннаары ытын быатын сүөрбүтэ, ыта босхо бараат да эмиэ били тиитин тула көтө сылдьан үрбүтүнэн барар. Уол “бу ыт хайдах буолар баҕайытай?” диэн дьиктиргиир. “Сэрэххэ” диэн, маһын эргийэн көрөр. Арай, үөһэ хойуу мутук быыһыгар баай хара тыа маанылааҕа киис саһан олорор эбит. Сааска кииһи эмиэ мутукка сөрүү тутан баран төбөҕө ытан түһэрэр. Онон, биир мастан солоҥдолоох кииһи өлөрөн сүргэтэ көтөҕүллэ түһэр. Дьэ ол кэннэ бултаабыт киһи киэбинэн салгыы сылгыларыгар бара турар... Сарсыныгар төннөн иһэн били бэҕэһээҥҥи байанайдаах тиитин аттынан ааһан иһэн, аны, били тиитин төрдүгэр куобах өлө сытарын таба көрөр. Атыттан түһэн куобаҕы илиитигэр ылан көрбүтэ: моонньо быһа хадьырыйыллыбыт, атына барыта бүүс-бүтүн сылдьар. Уол куобах бэҕэһээҥҥи суолун-ииһин чинчийэн көрөн баран, “солоҥдо туппут эбит” диэн түмүккэ кэлэр. Чахчы, куобах уонна солоҥдо хапсыспыт суоллара ырылыччы көстө сытар. Солоҥдо куобаҕы тутан баран сиэри олордоҕуна, киис кэлэн былдьаспыт. Аарыма улахан солоҥдо онно “сөбүлэспэккэ”, дуолан охсуһуу саҕаламмыт. Сааска ыта оруобуна ол кэмҥэ түбэһэ кэлэн охсуһааччылары биир маска куоттартаабыт. Инньэ гынан киирэн биэрээхтээбиттэр. Түмүгэр, Сааска биир мастан киис, солоҥдо уонна куобах бултуйан турардаах. Байанай анаан биэрдэҕинэ дьэ биэрэр буолар эбит.
kyym.ru сайтан
➤
➤
🎵 Дьикти бултуйуу
kyym.ru сайтан