Кэпсээ
Войти Регистрация

Маҥхааһай (худуоһунньук Сэмэн Луканси кэпсээнэ)

Главная / Кэпсээн арааһа / Маҥхааһай (худуоһунньук Сэмэн Луканси кэпсээнэ)

K
edersaas.ru Категорията суох
22.05.2020 20:00
Ыам ыйын 22 күнүгэр, биллиилээх худуоһунньук Сэмэн Луканси бэйэтин социальнай ситимнэригэр кэпсээн суруйан таһаарда. edersaas.ru Бэйэтэ этэринэн, бу сахалыы тылынан уус-уран айымньыны суруйууга маҥнайгы холонуута: — Бу харантыын кэмигэр эмискэ иэйии киирэн, бэйэтэ тахсар курдук, сүр түргэнник кэпсээн суруллан хаалла. Бу иннинэ, урут, хаһан даҕаны сахалыы кэпсээн суруйар туһунан санаабат этим. Бу кэпсээн, оҕо сааспар буолбут дьиҥнээх түгэннэргэ олоҕуран сурулунна. *** Кулун тутар ый. Туос маҥан туллуктар күөх халлаан ньуурунан куруһубалыы көтөллөр.Таһырдьа күн уһаан киһи түөһүн хам тутар, дириҥник эҕирийдэххэ, киһи мэйиитэ эргийиэх сааскы көй салгын турар кэмэ этэ. Ол эрэн, тэлгэһэ халыҥ хаара өссө да тэлгэнэ сытара. Киһи үрдүгүн саҕа халыҥ хахха курдук күрдьүк хаар дьиэ айаҕыттан саҕалаан, хотон диэки субуруйара. Мин оскуолаҕа бастакы кылааска үөрэнэр уолчаан этим. Саас аайы тымныйан ыалдьарым, сыыҥ-сыраан буоларым – бу да саас «былаан быһыытынан» барбыта. Бу санаатахха, саас эрэ буолбакка, өрүү кыралаан ыалдьар оҕо этим. Ас маанытын аһаабат, үүт-эт сиэбэт буоламмын, миэхэ туспа ас буһараллара. Хаста даҕаны оройуоннааҕы балыыһаҕа баран көрдөрбүппүт. Быраастар “анемия” диэн диагноһы туруорбуттара. Ол иһин алын кылааска оскуоланы элбэхтэ көтүппүтүм. Ийэм оскуолаҕа учуутал буолан, дьиэҕэ үлэбин оскуолаттан сурунан аҕалара. Мин сыыҥмын-сырааммын ырбаахым сиэҕин тоҥолоҕугар диэри субурутан сотто-соттобун, суоттаан муҥнанарым. Күнүс дьонум үлэлэригэр сылдьаллара, эдьиийдээх убайым номнуо оскуоланы бүтэрэн куоракка устудьуоннар. Оттон мин — ыал кыра оҕотобун, мурун бүөтэбин. Күнүһүн дьиэҕэ эбэбинээн хааларым. Эбэм бэйэтин “дьиэ бөҕүнэн” ааҕынара. Ол эрээри, дьонум суоҕар ас астаан дьиэ ис үлэтин тутан олороро. Мин күнү-күннүктээн уруок ааҕабын. Сороҕор аралдьыйан, мууһа ирбит түннүк нөҥүө уулуссаны одуулаһан өр «аппайан» баран олордохпуна, эбэм эмээхсин: “Суоттаан ис, суоттаабатаххына иһит сууйтарыам!” – диэн суоһарҕаннаҕына, иһит эрэ сууйумаары суоттаабыта буолааччыбын. Ол курдук, арыый үтүөрэн үөрэхпэр тахсыбытым. Сарсыарда аайы эрдэ туруу айдаана. Бу өйдүүрбүнэн, элбэх кинигэлээх үрүссээкпин оскуолабар диэри нэһиилэ соһон аҕаларым. Биирдэ суолум ортотугар, сылайбыт мэктиэбэр, хаалларан да кэбиспит түгэннээҕим. Биллэн туран, мөҕүллүү бөҕөтүн мөҕүллэн, төттөрү ир суолун ирдэтэн, булан аҕалтарбыттара. Оскуола кэнниттэн биһиги, арҕаа дэриэбинэ оҕолоро, дьэбитигэр диэри аара аргыстаһан кэлээччибит. Кылааспар мин саамай кыралара, хачаайылара этим. Ол иһин Чыырпа диэн хос аат иҥэрбиттэрэ. Бу санаатахха, кырдьык, кыргыттардааҕар кыра, күл курдук күкээркэй баттахтаах, тоһоҕоҕо ыйана сылдьарга дылы, убайым эргэ таҥаһын таҥнан, аат эрэ харата таҥастаах, сап-саһархайынан көрбүт чөчүөккэ оҕотун курдук эбиппин. Саас саамай сөбүлээн оонньуурум, туохтааҕар да астынарым диэн: дьиэ таһыгар лөглөйө сытар халыҥ күрдьүккэ кириэппэс хаһан, элбэх киирэр ааннаах хороон оҥостуу буолар. Ол хороон оҥосторбор, Моойто диэн эриэн ытым эмиэ иннибэр-кэннибэр түсүһэн, тэҥҥэ хасыһара. Арай, биир өрөбүл күн, дьыбар ааспытын кэннэ, күнүс мин хорооммун хаһа оонньуу сырыттахпына, дал аана
аһыллар тыаһын истэ биэрдим. Ат тыбыырда. “Тыый, хайа аттаах киһи кэллэҕэй? Аҕам дэлээнэттэн үлэлээн кэлэрэ өссө да эрдэ дии…” – дии санаатым. Күрдьүгүм хороонуттан быга түһээт, дал диэки кыҥастастым. Көрбүтүм, аҕам кэлбит эбит. Атын ыҥыырын бэрийэ турар. Өйдөөн көрбүтүм, хаҥас илиитигэр көнтөс быалаах уонна туох эрэ обургу төргүүтүн устан булумахтана турар. “Дьээт, аргый, хамсаама…!” – диир саҥатын иһиттим. Мин харах-кулгаах буоламмын, инчэҕэй үтүлүкпүн кэтэн баран, аргыый сыбдылыйан тиийдим. Арай көрбүтүм, туртас оҕотун тутан аҕалбыт диэхпин, лөҥсөйөн соччо туртаска маарыҥнаабат кыылы бэрэмэдэй оҥостон аҕалбыт. Туомтуу баайбыт быатын төлө тардаат, кыыл оҕотун хаарга уурда. Чугаһаан көрбүтүм: халаачык курдук быһыылаах, үрүҥ хаарга симэлийэр муус-маҥан кулунчук тоҥон ибигирии сытар эбит. Чээн, барахсан, мөхсөн да көрбөт. Нэһиилэ, ыас хара харахтара эрэ чыпчылыҥныыллар. Мин имэрийээри чугаһаабыппар, аҕам хап-сабар: “Нохоо, ыл, эбэҕэр баран эт: ыаммыт үүттэ сылыттын, ньирэй суоскатын бэлэмнээтин” – диэн соруйда. Мин иһиттим эрэ, истибэтим эрэ, буут быстарынан эбэбэр сүүрдүм. Дьиэҕэ киирэн тугу көрбүппүн тыын ыла-ыла кэпсээтим. Эбэм улахаҥҥа уурбата дуу, итэҕэйбэтэ дуу: — Кэл! Сыыҥкын сотуохха –, диэн хардарбыта. — Оччоҕуна тахсан көр ээ…! – диэн мин өһүргэнэ быластаатым. Күө-дьаа тугу эрэ саҥара-саҥара, туран түннүгү одууласта. — Бай, кырдьык эбит дуу… Оо, кырдьык, хотоҥҥо тугу эрэ көтөҕөн киллэрдэ! — Тугу эрэ буолбатах, кулунчугу! — диэн өһүргэммит быһыынан эттим. Эбэм дьэ хамсанна, үөһэ-аллара түһүү буолла. Киэһэ ийэм үлэтиттэн кэлбитигэр чэйдии олордубут. Мин, олох аһаабат, миин испэт оҕо, салгыҥҥа сылдьан аччыктаан дуу, бүгүҥҥү көрбүтүм-истибитим солунугар дуу, эбэтэр дьоммор бэрт буолаары дуу, аһаан кимириттим. Аһыырым быыһыгар, дьонум тугу кэпсэтэллэрин харах-кулгаах буолан истэ олордум. — Бүгүн үс көлүйэ үрүйэтин үрдүгэр, тыа саҕатыгар биһиги биэбит төрөөн баран, быыһамматах. Дэлээнэҕэ үлэлиир уолаттар көрөн тыллаатылар. Тиийбитим, кулун сыкыырыыр тыына эрэ хаалбыт, ийэтин аттыгар сытар эбит… Хата, ыттар туппатахтар. Сарсын баран биэни харайыам. Кулуну хотоҥҥо Мааныкай аттыгар окко сытыардым. Ол эрээри, бука өрүттүбэтэ буолуо, – диэн аҕам аргыый саҥарда уонна итии миинин сыпсырыйда. — Аҕаа, кулунчук муус-маҥан дии! Ол иһин, Манхааһай диэн ааттыхха! — диэн мин чап гыннардым. — Чэ, аһаан ис чыычаах… – диэн, ийэм сымнаҕастык хоруйдаата. Амма эбэ барахсан бэс ыйын бүтүүтүгэр күөх кырдала араас дьэрэкээн сибэккинэн симэнэр, уута сылыйан оҕо-аймахха сөтүө үгэнэ саҕаланар. Өрүс сүнньүнэн ынах-сүөһү сөбүлээн мэччийэр сирэ буолар. Күн кыһалҕата суох оҕо саас саамай күндү күннэрэ саҕаланаллара. Үрүҥ түүн дэриэбинэ күөх унааар түптэ буруонан бүрүллэр. Биһиги, арҕаа дэриэбинэ оҕолоро, хойуккуга диэри лапталааччыбыт. Аҕам окко тахсар кэмэ кэллэ. Мин дьиэҕэ ийэлээх, эбэбин кытары соҕотох эр киһи буолан хааллым. Сайыҥҥы эбээһинэһим саҕаланан, күн аайы сарсыарда эрдэ туран собуокка тэлиэгэнэн
үүт таһабын уонна төннөрбөр бөтүөн аҥаара күөх үүтү аҕалабын. Бөтүөннээх тэлиэгэм тыаһын истэн, Маҥхааһай ыраахтан олбуор ааныгар сүүрэн даллайан кэлэрэ. Уһун-синньигэс атахтарынан мэник оҕо курдук иннибэр ойуоккалаан оонньуур. Ити аата, үүт иһээри албыннаспыт дьүһүнэ. Олбуор иһигэр бөтүөннээх киирдэхпинэ, хаамтарбат үлүгэрэ буолар. Суоскаҕа үүтү кута охсон биэрдэхпинэ, төбөтүнэн үтүөлээн, сүр омуннаахтык киһи көрүөх бэтэрээ өттүгэр, эмэн бүтэрэ охсор. Иккитэ-үстэ оннук истэҕинэ, мэник хара харахтара миэхэ махтанар курдук чыпчылыҥныыллар. Киэһэлик, биэдэрэ түгэҕэр кыра бурдук кутан күндүлүүбүн. “Маҥхааһай, кэл!” – диэн ыҥырдахпына, кыбыы аанын төбөтүнэн арыйан, сүүрэн кэлэр. Эбиэс бурдуга — саамай сөбүлээн сиир аһа. Сайын ортото Маҥхааһайым номнуо миигин ситэн, самыыта, иһэ төкүнүйэн, түүтэ хойдон-тупсан күөх окко үктэммитэ биллэ быһыытыйан, дьөһөгөй оҕотун мааныта буолбута. Ол эрэн, мэник майгыта ханна барыай, миигин кытта эккирэтиһэ оонньуур идэлэммитэ. Улаатан, күүһэ эбиллэн, ас көрдөөн эбэтэр мэнигэ киирэн миигин төбөтүнэн силэйдэҕинэ, умса түһэн охто сыһааччыбын. Дьиэ тас үлэтигэр миигин кытары тэҥҥэ батыһа сылдьааччы. Ханна эрэ олбуор таһыттан тахсан бардахпына, ыытымаары дуу, барсаары дуу, кистиир курдук гынара уонна төбөтүн күрүө быыһынан быктаран өөр да өр көрөн турааччы. Ол курдук, аны кэлин, ынах көрдүү барарбар, күрүөттэн таһаарар буолбутум. Хата, сүүрэн куотан хаалбат, кэннибиттэн кутурук курдук батыһа сылдьааччы. Иннибэр — эриэн ытым, Моойтом. Кэннибэр — Маҥхааһайым. Арҕаа дэриэбинэ уулуссатынан хаамтахпытына, дьоннор билэллэрэ: “Маҥхааһай!”- диэн ыҥырдахтарына, маҥан кулгаахтара чөрөс гына түһэллэр. Ол эрээри, атын дьону атыҥыраан чугаһааччыта суох. Оҕо саас сайына туспа кэрэ да кэм эбит! Сайын устата элбэҕи билэҕин-көрөҕүн. Айылҕаны кытта алтыһыыттан өйүҥ-санааҥ чэпчиир, этиҥ-хааныҥ да чэбдигирэр. Ити сайын мин саамай чугас доҕорбунан Маҥхааһай буолбута. Сороҕор кинини наһаа аһынарым: “Кини тулаайах оҕо. Киниэхэ мин курдук ийэ, аҕа, эбэ диэн суох. Киниэхэ — мин эрэ баарбын” – диэн санааттан таптыырым өссө күүһүрэргэ дылы гынара. Күһүөрү аҕам от үлэтин бүтэрэн, кыайан-хотон, дьиэтигэр кэлбитэ. “Ок-сиэ! Маҥхааһай улааппыт даҕаны! Сүүнэ улахан убаһа буолбут дии!” – диэн соһуйан саҥа аллайбыта. Мин көрбүт-харайбыт киһи буоларым быһыытынан, киэн тутта санаабытым. Кырдьык, Маҥхааһайым күһүн диэки улатаан, тыллан-хабыллан сылгы ааттааҕа буолбута. Куолутунан, миигин син биир эккирэтэ сылдьара. Ол эрээри, уруккутун курдук өрө биэрэн ойуоккалаабат буолбута. Мин көрдөхпүнэ дьоһуннаахтык төбөтүн өрө көтөҕөн, саллааттыы хаамар курдуга. Мин балаҕан ыйыттан ыла үүппүн таһан бүппүтүм. Оскуолаҕа барар кэм кэлбитэ. Үөрэх түбүгэр оройбунан түспүтүм. Үгэс быһыытынан, сайыны хайдах атаарбыппыт туһунан нуучча, саха тылын уруоктарыгар айан суруйууга “Мин доҕорум — Маҥхааһай” диэн кэпсээннэрим иһин, маҥнайгы биэс сыаналарым тэтэрээкккэ турбуттара. Соторунан, таһырдьа биллэ тымныйан, чалбах уута күнүһүн ирбэт тоҥ буолбута. Мин оскуолам кэнниттэн, ыксалынан, дьиэбэр соҕотохсуйан чуҥкуйбут Маҥхааһыйбар сүүрэрим. Аҕам кинини олбуор иһигэр сылдьарын боппута, ол
иһин эргэ далга хааллан турара. Олбуор аанын тыаһын иһиттэҕинэ, “хорос” гына түһэрэ уонна миигин көрдөҕүнэ кистиир, тыбыырар идэлээҕэ. Кэлэммин кэбиһиилээх оттон от быраҕан биэрэбин, уу, бурдук кутабын. Алтынньы ый саҕаланыыта күн-дьыл биллэ кылгаабыта. Сир-дойду номнуо хаарынан бүрүллүбүтэ. Мин эмиэ куолубунан ыалдьан сыппытым. Сэниэм суох буолан, оронтон хас да күн турбатаҕым. Илиим-атаҕым тыбыс-тымныы буолааччы. Ол иһин, илиибин сотору-сотору имитэн сылытарым. Ийэм отонунан утах оргутан иһэрдэр. Олох аһыахпын баҕарбат этим, ону дьонум сыҥалаан, күүстэринэн кэриэтэ аһатааччылар. Бу өйдөөтөхпүнэ, өрөбүл күн этэ. Мин хойукка диэри утуйбутум. Сарсыарда ийэм буһарбыт алаадьы сытыттан уһуктубутум. Дьонум бары номнуо үлэ-хамнас буолан ыраатыннарбыттар. Арай иһиттэхпинэ, эбэм оһох иннигэр миискэлэри, биэдэрэлэри сууйан булумахтыыр. Иһит-хомуос тыаһа тохтообот. Аҕам сотору-сотору иһирдьэнэн-таһырдьанан хаамыталыыр. Кини тугу эрэ көрдүүр, дьиэ аанын тыаһа кыычыгыраан олорор. Ийэм мин уһуктубуппун көрөн: “Һыллыый, турдуҥ дуо? Кэл, чэйдээ”, – диэбитэ. Мин арыый үтүөрэн, син бэттэх кэлбитим. Ол иһин туран суунан-тараанан, ийэм буһарбыт алаадьытын күөрчэххэ умньаан сиэри, остуолга кэлэн олорбутум. Ийэм миигин кэтэхпиттэн имэрийбитэ, оройбуттан сыллаабыта, чэйбин куппута уонна остуолга утары иннибэр олорбута. — Чыычаах, бүгүн аҕаҥ идэһэ өлөрөр үһү –, диэбитэ. Мин бастаан-утаа өйдөөбөтөҕүм. — Ол, ханнык идэһэни? – диэн ыйыттым. — Сэмэнчик, өйдөө…Эн ыалдьарыҥ бэрт… Эбэҥ аах убаһа эрэ хаана абыраатаҕына абырыа дииллэр. Ол иһин… –, диэтин кытта, мин ситэ истибэккэ да, аһаабакка да таһырдьа ыстанан тахсыбытым. Далга, Маҥхааһайбар, сүүрэн тиийбитим. Сылгы-сүөһү өлүү быатын сүрэҕинэн сэрэйэр да буолар эбит… Маҥхааһайым хаһааҥҥытааҕар даҕаны аймаммыт курдуга. Дал иһин төгүрүччү сүүрэ сылдьара, кутуругунан салгыны куйаабыллыыра уонна туохтан эрэ сиргэнэр курдук туора ыстаҥалыыра. Миигин көрөөт, сүүрэн кэлбитэ. Мин баһыттан имэрийэн баран моонньуттан күүскэ кууспутум. Маҥхааһай төбөтүн мин санныбар уурбута уонна ыараханнык тыыммыта… Сүрэҕин тыаһа бит-битигирэс… Бу санаатахпына, мин бырастыы гыннаран көрдөһөн ботугураабытым быһыылааҕа. Ытыахпын баҕарарым да, хараҕым уута кыайан кэлбэтэҕэ… Өр-өтөр буолбата, күтүөтүм аах идэһэ астыырга көмөлөһө кэлбиттэрэ. Үөһэ-аллара түһүү бөҕөтө буолла. Мин ыраахтан кыбыы күрүөтүн үрдүттэн көрөн турбутум. Маҥхааһайы далтан сулбу соһон таһаарбыттара. Баһын быатыттан бэрэбинэҕэ баайбыттара. Миигин көрөн, Маҥхааһайым сүр улаханнык көрдөһөр-ааттаһар курдук кистээбитэ. Мин ону тулуйбакка, харахпын быһа симпитим, үтүлүктээх илиибинэн кулгаахпын бүөлэммитим. Аҕам биир күүстээх охсуунан убаһаны тиэрэ биэрэн түһэрбитэ. Мин кулгааҕым чуҥкунаабыта… Хараҕым уута тохтоло суох тымныы иэдэстэрбинэн сүүрбүтэ. Ийэм илиибиттэн сиэтэн Маҥхааһай иннигэр аҕалбыта. Аҕам сытыы быһаҕын ылан, Маҥхааһайым хабарҕатын хайа соппута… Муус-маҥан хаарга кыа кыһыл хаан биирдэ бырдаҥалыы түспүтэ. Маҥхааһай бүтэһигин тыын ылар курдук эҕирийбитэ. Мин хайдах да буолуохпун билбэккэ, уолуйан турбутум. Кэннибиттэн ийэм кууспута, онтон эбэм саҥата суох бэлэмнээн турбут иһитин-хомуоһун тоһуйан, убаһа моонньун анныгар тоһуйа уурбута. Тимир тааска сүүрбүт сылаас хаантан, эбэм хомуоска
баһан: “Иһэн кулу!” – диэн ууммута. Мин уулаах-хаардаах харахпынан көрөн туран, ийэбиттэн көрдөспүтүм: “Ийээ, мин хаан иһиэхпин баҕарбаппын…” – диэт, ытаабытынан барбытым. Аҕам онуоха суостаахтык: “Сойо илигинэ иһэ оҕус! Үтүөрүөҥ этэ буоллаҕа!” – диэбитэ. Ханна да куотуохпун билбэккэбин, харахпын быһа симэн баран, иһэргэ күһэллибитим. Сылаас хаан этим курдат киирбитэ, мэйиим эргийбитэ. Тыын тиийбэтиттэн, салгыны былдьаһан халлаан диэки хантайбыппар,арай, хоп-хойуу кыстык хаар түһэн барбыта… Ол күһүн, мин өйбүнэн-санаабынан улааппытым. Оҕо сааһым доҕоро, сайыҥҥы сылаас күнүм бэлиэтэ, күлүм гынан ааспыт биир кэрэ кэмим – оҕо сүрэҕим оспот бааһа буолбута. Хара муруннаах, туос-маҥан Маҥхааһайым мап-маҥан хаары кытары симэлийбитэ…
edersaas.ru сайтан