Кэпсээ
Войти
Регистрация
Иитэҥэ уонна Иичэкэ (уоспа туһунан былыргы сэһэн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Иитэҥэ уонна Иичэкэ (уоспа туһунан былыргы сэһэн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
17.05.2020 11:31
Оо, саһаан туоралаах Эбэм,1 Кыраман былыргыттан Элбэх да дьону Иитэн олордоҕуҥ! Эн баай бултаах Эргэнэ хара тыаларыҥ, Бастар бараммат балыктаах Үрэхтэриҥ, күөллэриҥ, Араас сиртэн дьону-сэргэни Тоҕо тардан Аҕала турдаҕа. Дьон бөҕө тоҕуоруһан. Ыал-күүс буолан, Байан-тайан Таһымнаан эрдэҕинэ, Арай, кэлбитэ хара сурах, Турбут үһү дьаҥ-дьаһах. Ол дьаҥ-дьаһах Араарбат үһү: Кыылы-сүөлү, үүнээйини, Бэл диэтэр Сүдү куттаах Ойуун да киһини. Онтон ыла Хара былыт Сабардаан хаампытыныы, Сырыы суолун Батыһан барбыт Бадахтаах ыарыы. Баранан барбыт Дьон-сэргэ, Хараара өспүт Аар тайҕа. Көтөр-сүүрэр мэлийбит, Көрдөөн булар Кэмчиэрийбит. Иитэҥэлээх Иичэкэ, Кыахтарын үрдүгэр сылдьаллара, Туохтан да куттамматтара. Илин-кэлин түсүһэн Күүһү-уоҕу тэҥнииллэрэ, Түргэн туттуу, сымса буолуу Таһымнарын кэмнииллэрэ. Майда үрэх мууһун устун Туут хайыһарынан дайаллара Тайах арбаҕын2 өрө быраҕа Үс-түөрт оҕу хатыыллара. Арыт утары көрсөн Соргу холоһоллоро, Тилэхтэрин оонньото Кэтэххэ бэрсэн ылаллара. Ол курдук, күннээн-хааннаан Мохсоҕол буолан сылдьаллара, Төрөөбүт түөлбэни Туора уустан Харыстыырга бэлэмнэрэ. Хойуу иирэ быыһыгар Хоп курдук ойоллоро, Көҕүс көҕүскэ туран Кылыс ойутан таһаараллара, Торҕо бии сытыытын хайа Кэлбит “өстөөхтүүн” киирсэллэрэ, Үүнэн турар талахтары Кытыан курдук кыргаллара. Арай, өстөөх атын этэ, Салгынынан кэлэрэ, Аахайбакка сылдьар кэмҥэ Аймахтыын да кэлсэрэ. Доҕордуулар кэлин кэмҥэ Дьаарханан барбыттара, Олус элбэх ыал кэлин Оһоҕун уота умуллубута. Сутуллубут дьон отуута Суоһар сурах буолара, Чугас доҕор, атас дьон Суола онно умнуллара. Доҕордуулар иккиэн бииргэ Уһаты-туора сылдьыбыттара, Ураты дьаҥтан куотары Букатын умнубуттара. Биирдэ аһаҕас халлааҥҥа Хонон тураат Иичэкэ Улаханнык тоҥмута Туохтан эрэ толлубута. «Бөөлүүн түһээн көрдөхпүнэ, Күөх харахтаах дьахтар кэллэ, Хонукпут тас өттүттэн Өр миигин одуулаата. Куйахам күүрдэ, этим саласта Маннык тобулу көрүүттэн, Байанай буолбатах, туох эрэ атын Таарыйан ааста быһыыта». «Былыт буолуо, долгуйума, Дьахтар аайы айманыма, Туох эрэ дьикти булт Кэтэһэн турдаҕа», — Иитэҥэ түүлтэн салла Хахха сиртэн таҕыста, Аралдьытан, булт көрөөрү Чарапчылана кыҥастаста. Биллибэт эбит үрүйэҕэ Талахха кыыл киирбитэ, Хабдьы көтөр бииһин ууһа Кылбаарыйа хатаммыта. «Үрүйэттэн үрэххэ түһүөх Тоҥокко киирэн тайахта көрүөх Баҕар, тыһа быстыбыт Тыһаҕаһы бултуохпут», — Доҕорун тургуппахтаан Иитэҥэ санаа ииттэ. Онуоха Иичэкэ Саппаҕыра хардарда: «Иитэҥээ, бүгүн мин Барсар ааттан тахсыбыппын, Тыыным-быарым олус кылгаан Титирэстиир буолбуппун. Арай, бэйэҥ булду суоллаан Хочону кэрийэн кэллэргин Киэһээ оттук мас бэлэмнээн Тоһуйуо эбиппин». «Буоллун даҕаны, баран кэлиим, Таарыччы сирдэ көрүүм, Сарсын атын хахха булан Көһүөхпүт, сир уларытан». Иитэҥэ сулбу тардан Туут хайыһарын кэттэ, Үрүйэ устун таҥнары түһэн Суолу-ииһи хайа истэ. Булт суох, имири чуумпу, Суор даҕаны батыспат, Cэргиэҕи тоҥсоҕой Куруҥ маһы тоҥсуйбат. Тугу аһаан киһи буолан Сылдьар кыһалҕа тирээтэ, Үгүс-элбэх санаа кэйэн Бэс маска тириэртэ. Кылыһынан хатырык суллаан Субатын таһаарда, Сутукатын кыһан ылан Сөөрүгэр хаалаата. Отуутугар тиийэн кээлтэ: Доҕоро тылын толорбут, Хонук маһын, амынньыары Хотоойутук
мунньубут. Урукку күлэрэ-үөрэрэ Отой мэлийбит, Кутаатын бэрийэ-бэрийэ: «Ычча! Абытай!» — диир идэлэммит. Иитэҥэ сутукатын таһааран Кырбастаан доҕоругар уунна, Сороҕун сымната таарыйа Солуурчаҕар укта. Түүнү быһа бодьуустаһан Иичэкэтин көрдө, Киһитэ харахха биллэрдик Иҥниин өстө. Сарсыарданан доҕоро, Эрчимэ киирдэ, олордо, Салбаҕырбыт сирэйэ Боруоран көһүннэ: «Иитэҥэ, этим-хааным Барыта ириҥэрдэ, Аны, өрүттүбэт суолга Миигин тириэртэ. Эмиэ түүһээтим ол дьахтары Эмискэ мин испэр киирдэ. Үтүөнү-үлүгэри өйдөөбөт гына Мэйиибин ииртэ. Сотору барыам, Уҥуохпун уматаар, Уонна бу сиртэн Булгу бараар!». Итинник этээт Иичэкэ Атын сиргэ хайыспыта, Онтон Иитэҥэ доҕорун иһиллии Нухарыйан ылбыта. Халлаан ыаҕас иитинии сырдыыта Иичэкэ тыына быстыбыта Иитэҥэ сүүһүнэн көскө Соҕотох хаалбыта. Доҕорун уоттуон кэрэйэн Кутаатын оннун хаспыта, Туос, хатырык көрдөөн Уһун күнүн бараабыта. Хонугар отууга кэлбитэ: Уккунньах эрэ кыламныыра, Тиллиэх чинчитэ суох Доҕоро сытара. Уотун күөдьүтэн, сутука сылытан Үссэниэх буолан эрдэҕинэ, Доҕоро хамсаан кэлбитэ Уолбут хараҕынан көрбүтэ. Өмүттүбүт Иитэҥэҕэ Кыырт курдук түспүтэ. Дьэ, онно тиликтэһии Алдьархайа буолбута, Уулаах солуурчах таҥкыныы Оллоонуттан көппүтэ, Кутаа уота ыһыллан Уон аҥы көппүтэ. Ньылбыраан буолбут өлөр өлүү Сабырыйан эрдэҕинэ, Иитэҥэ быһах булан Көхсүтүгэр аспыта, Көҥдөй уҥуох «хар» гынаат, Налыс гына түспүтэ. Айыы киһитэ халбары анньаат, Атаҕар дугунан кэлбитэ. Умса сытар Самныбыт өлүктэн Атын куолас кыламмыта: «Ситэри оҥоһуулаах киһибуолан Эйигин сиэбэтим», – диэбитэ. Доҕорун тылын өйдүү биэрэн Иитэҥэ уотун күөдьүппүтэ, Туох баар малын барытын мунньан Сонно уокка умаппыта. Силик ситэн, кэриэс туолан Дьону көрдүү барбыта, Ханна буруо тахсарын Көрө-истэ испитэ. Үгүс билэр өтөхтөрүн Буруолара көстүбэтэ, Иэдээн кэлэн ааспыт суолун Эндэппэккэ билбитэ. Түгэх соҕус Дьүүнэ үрэх Тардыытынан өксөйбүтэ, Лаамы түҥ уус дьонун Хайан тыатын сыыйбыта. Биир тоҕойго буруо сыта Муннугар биллибитэ, Бу дьолу, баҕар, манна Дьаҥ-дьаһах кэлбэтэҕэ? Көстөн кэлбитэ Тарыҥ мууска Дьон баарыгар эрэнэ, Тута хантан эрэ куорсуннаах Оноҕос ааспыта сиирэ. Кээһэҕиттэн ох хостоон Көмүскэнэргэ санаммыта, Быыһык сонноох тоҥус оҕото Болбукта кэтэҕэр көстүбүтэ. Тарбах, илии көмөтүнэн Сороҕун киһилии тылынан Быһаарсыбыттара барахсаттар, Өлүүттэн ордон хаалбыттар. Кыра кыысчаан дьоно бары Ыарыыттан охтубуттар, Уот оттооччу оҥорон кинини Түһүлгэттэн үүрбүттэр. Икки тыыннаах хаалбыт дьон Ыал курдук буолбуттара, Ыарыы кэтиир сирдэрин Кый ырааҕынан тумнубуттара. Биир дьыл айылҕа көнньүөрэн Чэчирээн, тыллан кэлбитэ, Кыыл-сүөл эмиэ элбээн Сырдык санааны сахпыта. Дьугдьуур сиһин аттаах дьон Кэрийэр буолбута, Уутунньуктуун4 бу түөлбэҕэ Дьон олоҕо уларыйбыта. Хантан эрэ сайдыы кэлэн Быһыы быһар буолбуттара Онтон ыла суоһар ыарыы Сурахтыын сүппүтэ. Дьон-сэргэ тоҕуоруйан Хаттаан дьылҕатын айбыта, Иитэҥэлээх кыысчаан Сүрэхтэрин холбообуттара, Алдан өрүс сүнньүгэр Киһи төрдө буолбуттара. Евсей Лугинов—Уолан Алдан, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан