Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тимофей Сметанин туһунан онлайн-кэмпириэнсийэ буолла
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тимофей Сметанин туһунан онлайн-кэмпириэнсийэ буолла
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.05.2020 21:46
Ойуунускай аатынан Литература түмэлэ Улуу Кыайыы күнүгэр «Биллэр уонна биллибэт Тимофей Сметанин» диэн онлайн-кэмпириэнсийэни ыытта. Улуу саха, Уолан саха… Кинини биир идэлээхтэрэ, суруйааччылар, итинник ааттыыллара. Тимофей Сметанин аата тыыннааҕар даҕаны Саха сирин дьонугар киэҥник биллэрэ. Сэрии саҕаланыаҕыттан уоттаах-төлөннөөх тылларынан норуотун өстөөҕү өһөрөргө ыҥырбыта. Кыайыылаах 1945 сыллаахха тахсыбыт “Саллаат сүрэҕэ” диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонноро кырыктаах кыргыһыыттан инбэлиит буолан төннүбүт үгүс саха саллаатын сүргэтин көтөхпүтэ, тыыннаах буолар үчүгэйин, син биир сирдээҕи дьолу билэллэрин итэҕэппитэ. Күн сириттэн барбытын да кэннэ, Тимофей аата умнуллубат. Доҕоро Софрон Петрович Данилов 1951 уонна 1969 сылларга кини айымньыларын хомуйан бэчээттэппитэ. Ол кэнниттэн хаста даҕаны Тимофей хомуурунньуктара таҕыстылар, ол иһигэр кини тус олоҕун туһунан ахтыылар, үлэлэрин үөрэтии түмүктэрэ таҕыстылар. Бу үлэ туһунан научнай сотрудник Ефросиния Семеновна Ноговицына маннык кэпсээтэ: — “Бэйэлэрин кэмнэригэр этиэхтэрин ситэ эппэккэ эрдэ өлбүттэр модун дууһаларын, дириҥ санааларын, хаалларбыт нэһилиэстибэлэрин хат-хат эргиллэн кэлэн аахтахтарына, өссө эбии күүһүрдэн, дириҥэтэн билэбит. Оннук дьонтон биирдэстэрэ – талааннаах суруйааччы Тимофей Сметанин”, — диэн этэн турардаах Петр Аввакумов. Кырдьык оннук. Былырыын Тимофей сүүс сыллаах юбилейын өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээбиппит, элбэх чинчийии үлэлэрэ ыытыллыбыттара. Ол аата, урут биллибэт түгэннэр, чахчылар арыллыбыт буолуохтарын сөп. Ол иһин бүгүн Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх үбүлүөйүн күнүгэр онлайн-кэмпириэнсийэҕэ кыттан санаа атастаһыыта буолла. Литературнай музейга саҥа үлэлии кэлээппин кытары Николай Алексеевич биир паапканы туттарбыта уонна “Көр, бэрээдэктээ, үөрэт, табыллар буоллаҕына туохта эмит суруй”, — диэбитэ. Ити ааспыт сылга норуодунай суруйааччы, Тимофей Сметанин доҕоро Софрон Петрович Данилов кыргыттара музейга бэлэхтээбит паапкалара этэ. Паапка иһигэр аҕалара хас эмит сылы быһа доҕоро илиитинэн суруйбут үлэлэрин, бэйэтэ хомуурунньук бэлэмнииригэр хаһыаттартан устубут кини айымньыларын тиэкистэрин укпут. Мин Тимофей Сметанин олоҕун, айымньыларын урут 1994 с. үөрэтэ сылдьыбытым. Саамай соһуйбутум, үөрбүтүм диэн, Софрон Петрович “Саллаат ахтылҕанын” нууччалыы тылбаастаабыппын эмиэ укпут эбит. Ити сыл элбэх тылбааһы, дьиҥинэн, оҥорбутум. Ааппын суруйбатаҕым. Идэлээх тылбаасчыт буолбатах буоллаҕым дии. Оччолорго Сангаарга үлэлиирим, ол иһин оройуон киинигэр олорор нуучча тыллаах дьон биллиннэр, сэргээтиннэр диэн баҕа санаалаах этим. Бу паапкаҕа айымньылар ортолоругар докумуоннар ортолоругар Тимофей Сметанин сэриигэ сылдьан ыыппыт 5 суруга бааллар. Кинилэр бэчээккэ тахсыбатахтара. Ити суруктарынан сирдэтэн, улуу убайым, биир дойдулааҕым Тимофей Сметанин олоҕун, айымньыларын саҥалыы, дириҥэтэн үөрэтэрбин саҕалаатым. Уонна Петр Аввакумов сөпкө да эппит эбит диэн санааҕа кэллим. Кини «Бэйэлэрин кэмнэригэр этиэхтэрин ситэ эппэккэ эрдэ өлбүттэр модун дууһаларын, дириҥ санааларын, хаалларбыт нэһилиэстибэлэрин хат-хат эргиллэн кэлэн аахтахпытына, өссө эбии күүһүрдэн, дириҥэтэн билэбит. Оннук дьонтон биирдэстэрэ – талааннаах суруйааччы Тимофей Сметанин”, — диэн турардааҕа. Биллэн турар, бу үөрэтиим түмүгүнэн бэйэм урукку биир үлэбин чуолкайдыам, көннөрүөм этэ. Ити 1994 с. оҥорбут «Хроника жизни Т.Е.
Сметанина» диэн үлэм. Билигин Николай Алексеевичка бу үлэни итэҕэйэн биэрбитигэр муҥура суох махтанабын. Махтанабын, көмө оҥорбут Бүлүү, Сунтаар, Абый, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Эдьигээн улуустарын музейдарын үлэһиттэригэр, махтанар биирдиилээн дьоннорум эмиэ элбэхтэр. Кинигэм тахсарыгар барыларын ааттарын суруйуом. Буойун сиппэтэх сэһэнэ Кэмпириэнсийэҕэ дириэктэр Николай Лугинов, сырдатар-научнай отдел сэбиэдиссэйэ Н.Е. Винокуров-Урсун, Тимофей Сметанин кыыһа Татьяна Тимофеевна, оҕолоро уонна Кэбээйи улууһун салалтата, бибилэтиэкэтэ, музейа кытыннылар. Николай Алексеевич Лугинов түмэлгэ тахса илик рукопистары чинчийэр үлэ ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. Ол курдук Горнай улууһуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыттартан саамай үрдүк наҕараадалаах, Бойобуой Кыһыл Знамя уордьаннаах, Мытаахтан төрүттээх байыаннай училищены бүтэрбит эппиһиэр, харса суох хамандыыр Николай Иннокентьевич Николаев эйэлээх олох кэмигэр суруйбут «Сэрии сиппэтэх сэһэнэ» сэһэнэ көстүбүтүн туһунан кэпсээтэ. Буойун суруйуута 60-тан тахса сыл хатааһыннаах ыскаапка ууруллан турбутун, оҕолоро булан, «Үлэ күүһэ» хаһыат редакциятыгар бэчээттэтэргэ көрдөһөн тиксэрбиттэрэ. Сэһэн төһө да сиппэтэҕин иһин, бу ууну-уоту ортотунан ааспыт, күннэтэ өлүүнү кытта охсуспут саллаат өстөөхтөрдүүн сэриилэһиитин, бойобуой доҕотторун туһунан автобиографическай суруйуутун, ким баҕарар олус долгуйа, аймана, сэҥээрэ ааҕыа. Кинигэҕэ Н.И. Николаев таптыыр кыыһын кытта суруйсуулара, биир дойдулааҕа поэт С.П. Данилов айар үлэҕэ холонуутугар сүбэлэрэ, рецензията киирдилэр. Кинигэни суруналыыс Василий Ильич Алексеев бэчээккэ бэлэмнээбитин научнай үлэһиттэр Анна Гоголева, Яна Поскачина, Ангелина Кузьмина уонна Ефросиния Ноговицына сахалыыттан нууччалыы тылбаастаатылар. Буойун суруйууларын, о.д.а. докумуоннары кини кыра кыыһа Л.Н. Прибылых, О.Н. Бережнова, Н.Н. Прохоров редакция кинигэ таһаарарыгар көрдөһөн аҕалбыттар эбит. Түмүккэ, буойун суруйааччылар тустарынан оҥорбут видеослайдаларбытын көрдөрдүбүт. Онон бу күн, хамсык кэмэ да буоллар, түмэл устуоруйатыгар чаҕылхайдык бэлиэтэннэ. Ангелина Кузьмина, филологическай наука кандидата, edersaas.ru сайтка анаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан