Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баппатах Бааска
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баппатах Бааска
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
01.05.2020 22:55
Кэлиҥҥи кэмҥэ куоталаспыт курдук дьон үксэ сайын аайы соҕуруу сынньана айанныыр кыдьыктанна. Онто суох туохтара эрэ ойдон түспүттүү айманаллар, сынньамматах аатыраллар. Биир сайын ый аҥаара бэлэм көстүүнэйгэ күөлэһийдэххинэ, хоруол курдук сынньаннаххына, аны онто суох сатаммат буолан хаалар үһүгүн. Ол курдук, биир дьүөгэм куруорт ыарыытыгар ылларбыта син балайда буолла. Бу бүгүн дьиэбэр көтөн түһээт, эмиэ “хайа эрэ муораҕа күн сарсын хараара барабын” диэн кэпсээтэ. Идэбинэн сувенир эрэйэрбин этэн, айанын алҕаан баран атыны кэпсэтиэх буолтум, кыыһым биир дьикти көрдөһүүлээх буолла: – Валюша, мин суох кэммэр Васечканы эйиэхэ хаалларабыын? – уонна хаһан да албыннастаҕына буоларыныы, эриличчи көрөн кэбистэ. Мин буоллаҕына өйдөөбөккө: – Туох Бааскатын?! – диэн, дьиэм дьигиһийиэр диэри өмүрдүм. Хата, кыыһым онтон тыына хаайтарыар диэри күллэ. Нэһиилэ уоскуйан, Васечка диэн хайа эрэ боруода куосканы Толечката бу соторутааҕыта бэлэхтээбитин, ол “котигын” ханна да хаалларар сирэ суоҕун кэпсээтэ. Мин буоллаҕына төрүкү куоска диэни соччо сэҥээрбэт, ааһа баран, биһирээбэт дууса (кыра сырыттахпына куоска ытырбыттаах) сүктэрэ сатыыр соруктарыттан батына сатаатым да, ончу “суох” диири урут да сатаабат киһи бэринним. – Васечканы сарсын Толик аҕалан биэриэ дии. Мин сарсын эрдэ көтөр билиэттээхпин ээ. Наһаа чуумпу, ыраас куоска, мэһэйдэтиэҥ суоҕа, – дьүөгэм котоку бүтүн аан дойду суолталаах сүдү кыһалҕаны быһаарбыт тэҥэ хараҕа сырдыы, санаата көнньүөрэ түстэ. Кини үөрбүтүттэн бэйэм кытта чэпчээбит курдук буоллум. Чэ, туохтаах үһү, икки-үс нэдиэлэ хайдах эмэ гынан биир куосканы тыыннаах туоратыллар ини. Оннооҕор Шустрик диэн сыалай ыты сылы быһа ииппиттээхпин. Ол котоку билигин ханна сылдьара буолла, сыабын быһан, күрээн хаалбыта. Эрэй эрдэтинэ бу киһиттэн тэскилиэххэ диэбитэ дуу, кэлиэм диэн баран муммута дуу – туох да билбэт. Сайыҥҥы күн илин систэн сырдаан, көмүс сардаҥа утахтарын хоһум түннүгүнэн ыспытыгар уһукта биэрдим. Уоппускам буоларын санаан, суорҕаммын сууланаат, бэрт минньигэстик хат уубар умсуохча буолан эрдэхпинэ, бабат! Ааммын тоҥсуйан лигийдилэр. Тоҥсуйдулар буолбатах, лигийдилэр. Ким буоллаҕай, таһаараа Ааныс эбитэ буоллар, сэмэй соҕустук тоҥсуйуо этэ. Бачча эрдэ хайа акаары ааны тэбиэлии оонньоотоҕой, туох буолла дуу?.. Куһаҕаны түүйэн, аны уум ончу көтөн хаалла. Сиирэ-халты таҥнан ааммын арыйа баттаабытым – омуна суох уонча суумканы сүкпүт Толик турар. Көлөһүнэ сарт түспүтүттэн, сүүһүн аннынан көрбүтүттэн сылыктаатахха, санаата лаппа хойдубут чинчилээх. – Бу Лара ыытта. Билэр үһүгүн дии. Бу – Вася (туох эрэ холбукатын уурда), бу таҥастара, ити туалета, оттон ити... чэ, бэйэҥ быһаарсар инигин оттон, – диэт, туох эрэ ыйааһыннааҕы төлө туппуттуу, түргэнник төттөрү көтө турда. Мин ааммын хатаат, дөйүөрбүттүү таалан, кэлбит баһыылкабын, суумкалары кэриччи көрө турдум. Таах даҕаны, куоска мала диэтэххэ, дьэ, таһаҕас дии. Мин биир бэйэм таҥаһым барытын суулуу туттахха да бачча буолара
дуу, суоҕа дуу?.. Дьэ, хайа бэйэлээх харамай эбиккин, сэрэйдэххэ, маа бэйэлээх мааны Бааска буолуоҥ. Инньэ диэн таайа саныы-саныы, куоскалаах диэбит холбукаларын арыйа сатыыбын да интэриэһинэй хатыырдах мал аһыллар санаата суохха дылы. Эҥин араастаан эргитэ сылдьан эллэһэ сатаатым да бэринэн бэрт. Аны холбукалаах хаһаайыным өрө-таҥнары туппуппун сөбүлээбэтэ бадахтаах, маҥнай суоһурҕанар курдук ньарылаата. Мин буоллаҕына куоскабын кытта этиһэ-этиһэ бу күн тосхойбут садааччатын таайа сатаан биир эрэй. Чэ, кэбис, ханна да куоппат инигин диэн, киһилии суунан-тараанан кофе иһэ куукунабар бардым. Хайа кэлиэҕиттэн табыллымаары гыммыт сордоох соругай доҕоор, таах да сөбүлэһэн... Аан аттыгар сытар холбуканы бэлиэр өстөөҕүм курдук көрөбүн. “Чэ, бастаан таһаҕаһыҥ оннун булларыахха”. Чаас аҥаара кэриҥэ бодьуустаһан куоскам малын син оннун-тойун булларарга дылы гынным. Бу иһитэ элбэҕин! Харамайыҥ өссө утуйар оронноох! Онтугар үс хос тэллэхтээх! Санаабар, ыалдьыт дуу, хоноһо дуу өр буола кэлбитин курдук. Арба, куоскам тоҕо ньарылаабат? Аны тыына хаайтаран “айаннаан” хаалла дуу... Сүүрэн тиийэн эмиэ холбукабын кытта астаһа сатыыбын. Киһи баайын аны тумнаран иэдээн буолсу дии. “Васечкаа, кис-кис-кис...” Ханна эрэ холбука түгэҕэр нэһиилэ аат эрэ харата “мяууу” диэн куоскам сыыйан кэриэтэ саҥа таһаарбытыттан сылыктаатахха, дьыалата куһаҕан быһыылаах. Миэхэ харахпар салгына тиийбэккэ эппэҥниир, ааттаспыттыы көрөр өһөн эрэр харахтаах кып-кыракый хомуок түү элэҥнээн ааста. Киһи эрэ буолларбын сымыһахпын быһа ытыран ийэ-хара көлөһүнүм тохтуор диэри холбука айаҕын атытаары олуйса-моһуйса сатаатым да... кыайбатым. Кыһыыбыттан куһаҕан холбуканы билэр-билбэт маат тылбынан үөҕэн күлүбүрэттим. Дөрүн буола-буола куоскабын ааттыыбын. Ол аайы котокум хардарар саҥата кыччаан иһэргэ дылы. Маннык сатаныа суох диэн, тохтоон уоскуйа түһэн баран, холбукабын сыныйан көрдүм. Онтум баара! Киһи ылгын чыҥыйатын төбөтүнээҕэр да кыра кунуопка сыыһа саһа сылдьар эбит буолбаат! Туох эрэ улахан арыйыыны оҥорбуттуу уһуутаан ыллым да, били төкүнүкпүн баттаан “лас” гыннарааппын кыттта сордоох холбукам икки аҥыы тэлэс гынна. Ону кытта ол иһиттэн тахсан кэллэ ээ унньулуйан, биирдэ өйдөөбүтүм: “Баҕайыы-баҕайыы, бар мантан!” – диэн сарылыы-сарылыы харамайым диэки түбэһиэх харбаабыппын тамныы турар эбиппин. Куоскам буоллаҕына – онно оҥос. Куоска буолуо дуо, туох эрэ түүтэ суох, хап-хара, мырчыстаҕас...брррр... Олоро сатаан баран туох баар хорсуммун киллэрэн саалабар киирэбин: “Васечкаа...кис-кис”, – төһө кыалларынан истиҥник саҥара сатыыбын. Көрдөөн-көрдөөн харамайбын дьыбаан анныттан булабын. Баҕайыҥ тахсан да бэрт, уоттааҕынан көрөн баран олорор. Чэ, ханна барбыт үһүгүн, аччыктаатаххына, тахсар инигин. Күнүм хара ааныттан табыллыбатах буолан, ханна эмэ барыах-кэлиэх санаа тамты суох буолла. Соло булларбын эрэ ханна эрэ ыраах көтөн иһэр толору дьоллоох дьүөгэбин мөҕүттэбин. “Котик” буолбаккаҕын, ханнык эрэ түүтэ суох ужаһы аҕалар эрээри. Тоҕо да атын дьон курдук куоска курдук куоскаламматаҕай. Арба Толик бэлэҕэ диэбитэ дии. Сараһыныҥ бэлэхтиирин бэлэхтээн баран куота-көтө сылдьар эбит буолбаат!
Дьэ, бэйиккэй! Ол да буоллар киэһээҥҥэ диэри санаам көнөн, куоскалаахпын да умнан, аспын астанан, тото-хана аһаан тэлэбиисэр көрө кириэһилэҕэ олордум. Бэрт бэһиэлэй биэрииттэн бэйэм бэйэбэр күлэн ыла-ыла олус сэргэх туруктаахпын. Эмискэ хантан да кэлбитэ биллибэккэ, туох эрэ ньылбырхай атахпар ойон тахсыбытын, соһуйбут омуммар, ыраах кыырата тэбэн саайдым. Ол бырахпытым туора эһиллээт, бэркэ хомойбуттуу ньааҕынаат, дьыбаанын анныгар киирэн хаалла. Онно дьэ куоскалаахпын санаан ас бөҕөнү сыҥалыы, үүттээх иһити үҥүлүтэ сатыыбын да, куоскам дуостал тахсыбат, хомойоохтоото быһыылаах. Мин даҕаны киһи ааттаах эрээри куоска куһаҕан дьүһүнүттэн абааһы көрө сырыттаҕым. Туох да диэбит иһин тыыннаах харамай буоллаҕа. Васечкабын ол күн ыҥыра сатаатым да аһаабакка ол курдук дьыбаан анныгар хоммута. Сарсыныгар сырдыкка төһө да куттамматарбын, куоскабыттан ыраах соҕус сырыттым. Суумкаларын иһиттэн аска маарынныыр кэнсиэрбэлэр баалларын булан аһаттым. Баҕайыҥ киһи аһылыгын сирэр буолан аһаабатах эбит. Иккис күммүтүгэр син иллэстибит. Васечка дьыбааҥҥа аттыбар кэлэн олорор буолла. Ол эрээри түүтэ суох тириититтэн илиим тардар буолан, таарыйыахпын сол да саллабын. Син ол курдук бэйэ-бэйэбититтэн ыраах, мэһэйдэспэккэ эйэ дэмнээхтик олоруох эбиппит да, Васечка баракааһа хойдон истэ: остуораларбын тырыта тыытара суох, остуол үрдүгэр утуйара, баҕарбыт сиригэр тахсан киирэрэ суох... Биир оннук күн кыыһыраммын, үс тэллэхтээх оронун хомуйа тутан кэбистим. Киэбирбэтин-хайаабатын: “Буруйдаах дьыбаан анныгар утуйар!” – диэн бириигэбэрдээн баран, утуйан хааллым. Арай түүн уһуктубутум, ороммор туох эрэ хамсыырга дылы, сырдатан көрбүтүм, куоска алаадьы курдук төгүрүйэн, кумуллан баран, бу аттыбар утуйан буккуруу сытар эбит. Мааҕын кыыһырбытым ханна эрэ сууралла охсон, түүтэ суох куоскам аны тоҥуо диэн, куоскабын суорҕаммынан үллүйээт, утуйан хааллым. Ити күнтэн ыла куоскабын кытта иллэһэн, көтөхсөр эҥин буоллубут. Куоскам атаахтатарбын, сымнаабыппын билэн баракааһа кытта тохтоото. Бэйэ-бэйэбитин бэркэ өйдөһөр буолан истибит. Васечка аата кубулуйа охсон, Бааска буолан хаалла. Хата, ыҥырарга да судургута, бэйэтигэр да барсара... Бааскам барахсаны эҥин араас омуктуу суруктаах кэнсиэрбэнэн аһатыахпын санаам буолбакка, этинэн, балыгынан аһатар буоллум. Котоку, баҕар, эттэнэн, арыый ама дьүһүннэниэ. Онтум, бээ, маҥнай сирдэҕэ буолан баран син үөрэннэ. Моонньугар иилбит моойторуктарын устан ылан туора уурдубут. Онтон ордук Бааска чэпчээтэ быһыылаах. Ити курдук, маҥнай утаа дьүөгэм кэлэрин ааҕа кэтэспит буоллахпына, билигин Бааскабын биэриэхпин баҕарбат курдук буолан хааллым. Соҕотох олорор киһиэхэ доҕор буолара үчүгэйгэ дылы. Ол эрээри дьон баайын туох диэн былдьаһыахпыный. Дьүөгэм кэлэрэ чугаһаабытын утаа аны Бааскам туох эрэ буолла. Биир кэм сытан тахсар, аһаабат да, мэниктээбэт да. Иһэ буоллаҕына биир кэм курулуур да курулуур. Куттанаммын, куоскабын бэтэринээргэ илтим. Бэтэринээрим куоскам туһунан үгүһү ыйытта, тугу ла билбэппин истэн мөҕүөх да курдук буолла. Сиикэй балыгы сиэппиппин билэн, бэйэбин сиэх курдук тутунна. Ол да гыннар син эмтээн-томтоон, тугу гынарбын ыйан-кэрдэн
куоскабын илиибэр туттарда. Ол түүн Бааскабын ыарыылаан утуйбатым даҕаны. Котоку иһэ ыалдьарыттан кини да утуйбата быһыылаах. Нөҥүө күнүгэр кыыл кыыла өтөн, харахтан сыыһы ылбыт курдук үтүөрбүтэ. Иччитэ итии дойдуттан аҕалбыт көстүүмнэрин кэтимээри дьыбаан анныгар куоппута. Дьүөгэм: “Васечка атын баҕайы буолбут”, – диэн атыҥыраабыта да куоскатын илдьэ барбыта. Билигин маҥнай илэ абааһы диэн куттаммыт харамайбын дөрүн-дөрүн көрдөөн ылан, дьиэбэр ыҥыран туох баарбынан (сиикэй балыктан уратыны) маанылаан ыалдьыттатабын. Лена ВАСИЛЬЕВА.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан