Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭПСЭЭН: Куһаҕан үчүгэйдээх

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭПСЭЭН: Куһаҕан үчүгэйдээх

K
edersaas.ru Категорията суох
30.04.2020 22:00
Тыа сиригэр от, хомуур үлэтэ үмүрүйэн, аны кыстыгы быһаарар былдьаһыктаах күннэр тураллар. Тыа киһитигэр сынньалаҥ диэн суох. Дьыл кэмиттэн ситимнэнэн, бииртэн биир үлэ тахсан иһэр. Тулалыыр эйгэ араас кыраасканан дьүһүн кубулуйан, көмүс күһүнүн аҕалан, саһарбыт сэбирдэхтэри тыал тэлээрдэ көтүтэр. Арай харыйалар, бэстэр биһиэхэ син-биир диэбиттии биир кэм ала-чуо көҕөрөн тураллар. Үлэни-хамнаһы кыайыах биэс эрэт хатырыктаммыт бэрэбинэлэргэ тылга тииһэ, табаахтыы олороллор. Бу үлүгэр былдьаһыктаах кэмҥэ, холку үлэлээх дьон эбит. Элбэх табах тардыллыбытыттан көрдөххө, олорбуттара ырааппыт бадахтаах. Сүгэлэр маска батарыта сааллыбыттар, сытыы биилэрэ, күһүҥҥү күн уотугар үлэҕэ угуйардыы, килбэһэллэр. Бу , бары даҕаны үлэни кытта тэҥҥэ улааппыт, сопхуос туруу дьоно. Хара үлэҕэ дэгиттэр буоланнар отделение кинилэрэ суох сатаммат. Ол эрээри, бу кэнники биригэдьиирдэригэр табыллыбакка, аа-дьуо аалыҥнаһар үлэһиттэргэ кубулуйдулар. Тойонноро Ньукулай “мин да мин” диэн тыллаа5ын олох сөбүлээбэттэр. Бу кыстык хотон өрөмүөнүгэр сылдьаллар, тойонноро хонтуораҕа тоһоҕо көрдөһө барбыта, онон таах олороллор. — Мин ону оҥордум. Мин итини оҥоруохтаахпын, миэхэ тоһоҕо наада, — диэн Ньукулайдара билигин наар соҕотоҕун үлэлиир курдук кэпсэнэ сылдьарын сүрэхтэринэн сэрэйэллэр. Өссө куһаҕана, бэрэбиэркэ кэллэҕинэ, тойотторго илин-кэлин түһэрэ толоос буолааччы. — Һм, хата уум дэлби кэллэ, — эдэр үлэһит Сэмэнчик олороруттан салҕан тыыллаҥнаан ылар, — күммүт билигин даҕаны сылыта сатыыр эбит, — ытыһын күҥҥэ тоһуйар. — Дьэ, аны кыһыммыт кэлиэ турдаҕа, ычча да ычча. Быйыл эмиэ сопхуос үлэтиттэн ордон дьиэбин оҥостубатым. Кыһын тоҥон өлөрбүт буолуо», — саас ортолоох, сымыыттан тахсыбыт курдук кыламан, бытык сыстыбатах ып-ыраас сирэйдээх Наһаар кыһыны санаан дьигиһийбэхтээн ылар. Кырдьаҕас бостуук, Хаампый ходуһаҕа баран иһэн, дьон олорорун көрөн, туораан таҕыста: —Хайа, үлэһиттэр дорооболоруҥ, — Хаампый хамсатын хостообутунан барда. —Дорообо, кырдьаҕас, — дьон сонун киһини сэргии көрүстүлэр. — Бу үлүгэр үчүгэйгэ тоҕо үлэлээбэккэ олордугут? – Хаампый хамсатыгар табах симэ-симэ ыйытар. — Биһиги үлэлээбэт дьоммут, тойоммут соҕотоҕун үлэлиир. Кини кэлэн үлэлиирин кэтэһэбит, — бэлэм айах Туолук чап гыннарар. — Ньукулай диэ, Ньукулайгыт хонтуораҕа “мин да мин,” дии сылдьар этэ, — Хаампый тугу эрэ этээри бүтэйдии мүчүҥнээн ылла, көхсүн этиттэ: — Киһи сиргэ сылдьар, быа түспэтэх сылгытын айааһаан, иннин ылан, көлө оҥостор баҕайыта. Эһиги да сүбэҕитин холбоон киһигитин үөрэтэ түһэн биэриҥ ээ, — диэт, хамсатын соппойбохтоото. — Бэйи эрэ, ол хайдах үөрэтэбит, — дуоспуруннаахтара Хабырыыс токкоолосто. Дьон дьиктини истээри, кэтэх тардыстан сытааччы олоро биэрдэ, оҕонньорго чугаһаан сыҕарыҥнастылар. Оҕонньор кинини тула үмүөрүспүт дьоҥҥо “туора кулгаах истиэ” диэбиттии өр тугу эрэ сибигинэйэн кэпсээтэ. Истээччилэр “дьэ, бэрт эбит” диэн биһирииллэрин биллэрдилэр. Бу кэмҥэ биригэдьиирдэрэ Ньукулай кууллаах тоһоҕону сүкпүтүнэн бу таҥкыччахтанан кэллэ: —Хайа, дьэ, миигин кэтэһэн олороҕут дуу?! Саатар утары баран көмөлөспөккүт, бу үлүгэр ыараханы соҕотоҕун
аҕаллым, — идэтинэн суоһурҕаммыта буолла. Дьоно итинниккэ үөрэнэн хаалбыт буолан, “тарбаабыт ынах курдуктар”: — Чэ, туруҥ, туруҥ үлэлээтибит. Чаас ыраатта, — үлэһиттэр тыыллаҥнаһан, дьэ, саҥа хамсыах курдук буолан эрдэхтэринэ ГАЗ-ик кэлэн тохтоото. Массыынаттан сопхуос дириэктэрэ, управляющай, хонуу биригэдьиирэ, райком бастакы сэкирэтээрин арыаллаабытынан түһэн кэллилэр. Улахан тойоттор үлэһиттэри ааҕа илии тутуһан бэрт истиҥник дорооболостулар. Кыстык боппуруоһугар үлэ хаамыытын ыйыталастылар. — Хотон өрөмүөнүн хаһан бүтэриэххитий? – райком сэкирэтээрэ хотон иһин-таһын сирийэн көрө-көрө ыйытта. — Икки-үс хонугунан бүтэриэм дии саныыбын, — Ньукулай идэтинэн илин-кэлин түспүтүнэн барда: — Тоһоҕону бу билигин аҕаллым, онон үлэҕэ харгыс суох буолла. — Онтон тугу гынаҕыт? — Нэһилиэк баанньыгын өрөмүөннүү барыахтаахпын, онно нэдиэлэ сылдьарым буолуо. Быыһыгар-ардыгар гараас аанын оҥоруохтаахпын. Субан хотонун далын күрүөтүн сэлбийиэҕим. Эбии аһылык оҥорор дьиэ сарайа суох турар, ону оҥоруохтаахпын, — хонуу биригэдьиирэ араастаан имнэнэ, өттүккэ кэйиэлии сатаата да, Ньукулай истэр аат диэн суох, садьыйан кэбиһэ-кэбиһэ өссө кимэн киирэн истэ. Райком сэкирэтээрэ ачыкытын нөҥүө харахтара өссө улаатан, дьиэгиниһэн таҕыстылар, бөтө бэрдэрдэ: — Сүрдээх үлэһит киһи эбиккин доҕор бу, ким диэҥҥиний? – Ньукулай тойон үгэргээбитин, хайҕаата оҥорон: — Ньукулай Хабырылайабыс Атылааһап диэммин, бу тутуу биригээдэтин биригэдьиирэбин, — хайдах билбэккин диэбиттии тойону өрө мыҥаан турда. Улахан тойон көхсүн эрэ этиттэ. Кэлбит тойоттор бу хотоҥҥо хас ыанньык сүөһү кыстыахтааҕын быһаарсар кэмнэригэр, Ньукулай илин-кэлин түсүһэ сырытта. — Бу ньирэй уйата арыый кыра курдук көрөбүн, элбэх сүөһү төрөөтөҕүнэ ньирэйдэргэ кыараҕас буолсу. — Оҥоруом, оҥоруом, кэҥэтиэм, — Ньукулай хайҕанаары сирэйэ-хараҕа турбута сүр. Өссө да кэпсэтиэх дьон Ньукулайтан мэһэйдэтэн суолларын көннөрөр аакка бардылар. Ньукулай массыынаны сайыспыттыы бэрт өр көрөн турда, онтон кэлэн дьонун дьаһайбытынан барда: — Чэ, уолаттар, чаас ыраатта, бу муоста баалкытын киллэриэххэйиҥ, — диэт бэрэбинэ ортотугар кэлэн турунан кэбистэ. Сэмэнчиктээх имнэнсэн баран ”тып” курдук көтөҕөн дэгдэс гыннардылар уонна Ньукулай санныгар уураат туора ыстанан хааллылар. Биригэдьиир бэрт куһаҕаннык ынчыктаата, бүк түһэн хаалла. Хаампат да, бырахпат да балаһыанньаҕа түбэстэ, нэһиилэ иһин түгэҕиттэн ыган: — Уо-уо-уолаттар маһы ылыҥ, – хамыахтыы хаҥас атаҕын хамсата сатаата. Киинэни бытаардан көрдөрөрдүү аргыыйдык тобуктаата, онтон аттыы түстэ. Баалкы мас бэйэтин дьаалатынан төкүнүйэн хаалла. Киһи сиһин битилиннэрдэ быһыылаах, былыттары үөрэтэрдии халлааны килэччи көрөн сытта. Ыарыыланан сирэйин араастаан мунньараҥнатта, ынчык-бөтүөх бөҕөнөн нэһиилэ атаҕар турда, ким да кэлэн көмөлөспөтө. Сыыр намыһахтыы Сэмэнчиккэ силэ бырдаҥалаабытынан тиийдэ: — Ыттар, соруйан өһөөн, өлөрөөрү сылдьаҕыт дуо?! – ииригирэ кыыһырбыт киһини Хаампый аа-дьуо доҕордуу санныттан эргилиннэри тарта уонна: — Ньукулай, эн кырдьаҕас киһи этэрин иһит. Туох үчүгэй-куһаҕан оҥоһуллара барыта төрүөттээх буолар баҕайыта, ону барытын ыйааһыннаан, бэскилээн көрөр куолута. Дьону кытта үлэлиир киһи – дьон санаатын билиэхтээх, олох
үөрүүтүн- хомолтотун кинилэрдиин тэҥҥэ үллэстиэхтээх. Эн буоллаҕына ”мин да мин” диигин. Соҕотох киһи тугу да кыайбат, өскүөрүтүн эттэххэ, ити биир мас сискин араара сыста дии. Эдэр киһи инникитин мин этэрбин маҥалайгар хатаан кэбис, — Хаампый мин этэрим манан бүтэр диэбиттии, эргиллэ биэрээт, соруктаах аҕайдык атыгар барда. Ньукулай иһигэр улаханнык өһүргэннэ, өйүүр киһи суоҕун сүрэҕинэн сэрэйдэ. Кинини хам баттаабыт маһыгар саҥатыттан матан өр табахтыы олордо. Дириҥник өрө тыынна, дьонун кэриччи көрдө уонна туран дьиэтин диэки нэһиилэ алтахтыы турда. *** Ньукулай сиһинэн баҕа курдук сыыллан хаалла. Бүгүн сыппыта бэһис күнэ. Ааранан ийэтэ эмээхсин эрэйи көрдө, араас отунан-маһынан эмтии сатыыр да, эт быстыбыта аанньа буолуо дуо, сиһэ хамсаппат, дьөрү күүскэ да тыыннарбат, сөтөлүннэҕинэ уот татакай буола түһэр. Ол да буоллар тыынара кэҥээтэ, эдэр эт-хаан өрүттэр аакка барда. Ньукулай бу күннэргэ элбэҕи эргитэ санаата. Тыа хаһаайыстыбатын техникумугар устудьуоннуоҕуттан биллэ-көстө сатыыр эбит да – өнүйбэт. Кууруһугар ыстаарысталаан да ылбыта, уопсастыбаннай үлэлэргэ сылама курдук сыстан көрөрө да, хайдах да оҕолортон чорбойботоҕо. Аны икки сыллаах аармыйа, куһаҕан чааска түбэһэн «дедтэр» алдьархайдаах атаҕастабыллара, түүннэри утуппакка арыгылыы, арыгылыы быһыта сынньыылара, дьону абааһы көрүүгэ тиэрпитэ. Ама да ааспытын иһин амырыын этэ. Аны бэйэтэ «дед» буолан өрөгөйдөөбүт кэмнэрэ, эдэр саллааттартан иэстэһии, бэйэни үрдүктүк туттуу, эн эрэ этэргинэн дьоннор умса-төннө түһэллэрэ – бэйэ былааһын муҥура суох билинии үлүскэнэ. Аармыйаттан дойдутугар эргиллэн, кыра да буоллар салайар үлэлэргэ тарбачыһара, ол быыһыгар баартыйаҕа да анньыһан көрбүтэ. Кыргыттардыын билсэрэ, сотору тэйэн хаалаллара, ону эдэр буолан баардыылаабат этэ. Бу санаатаҕына майгытын сөбүлээбэттэр эбит. Ийэтэ үүт кыынньаран, хончоҕорго кутан, олоппоско аҕалан уурда: -Сыллы, бу үүтү сылааһыгар иһэн кэбис. Оо, дьэ, аҕаҥ курдук киһиргээн кирсиҥ быстыах киһитэҕиҥ. — Ол, аҕам киһиргэс этэ дуо? – Ньукулай, аҕата кыра эрдэҕинэ өлөн, өйдөөбөт. — Үлэни барытын саба тутаары, «мин да мин» дии-дии сүүрэн-көтөн аҕай биэрээхтиирэ. Күһүн муус тостон холкуос сүөһүлэрэ ууга түспүттэригэр, кини аҕай буолан, муустаах ууга киирэн, хостооччу буолан былдьаммыта. Сүөһү үксэ өлбүтэ, бэйэтэ сэбиргэхтэппитэ уонна өрүттүбэтэҕэ. Оччолорго эмп-томп да мөлтөҕө буолуо. Дьон Хабырылла дьоруойдаата диэбэтэхтэрэ, хата, күһүҥҥү балыкка, муҥха иҥиннэҕинэ “Хабырылла баара буоллар киирэн араарыа этэ“, – диэн үгэргээн кэпсэтэллэрэ, — ийэтэ ааспыты санаан буолуо, соҥуоран олордо. —Эдьиийиҥ эмиэ, бастаан учууталлыырыгар “мин аҕайбын” дэнэн иһэн, кыыс-кыыһа өтөн киһиргиирин тохтотон, билигин хайҕанартан соло булбат. Эн да бэйэ бодоҕуҥ тардыныаҥ этэ. Бээ, мин олорон хаалаары гынным, дьиэм үлэтэ элбэх, — ийэтэ баттаҕыттан имэрийдэ уонна кыра оҕолуу сүүһүттэн сыллаан ылла, аа-дьуо сырдырҕаан тахсан барда. Ньукулай ийэтэ эппитин аттаран, ырыҥалыы сытта. Ийэтэ сөпкө этэр эбит. Оһоллонон баран, үлэ тохтор буолла дии санаабыта, онтуката баара,
дьоно хотон өрөмүөнүн бүтэрэн, икки биригээдэҕэ арахсан баанньыгы уонна эбии аһылык оҥорор дьиэ сарайын үмүрүппүттэр. Кинитэ суох туох да сатаныа суоҕун курдук саныыра сымыйа эбит. Өллөҕүнэ да итиэ суохтарын бигэтик өйдөөтө. Хайа баҕарар тэрилтэҕэ, буларын-таларын иһин буолуо, бастаан сөбүлэтиэх курдук буолан иһэн, ким-туох киһитин билэннэр тэйэн хаалаллар эбит. Ол иһин даҕаны биир сиргэ өр үлэлээбэт. Таптыыр кыыһа Оля “майгыгын уларыт, оччоҕуна барыта үчүгэй буолуо”, – диэн бэрт таайтарыылаахтык эппитэ. —Ол, хайдахпыный мин? — Кэнники өйдүөҥ… – быһааран эппэтэҕэ. Олята билигин да кэргэн тахсыбакка сылдьар. Ньукулайга санаата чугас быһыылаах, үчүгэй баҕайытык кэпсэтэр-ипсэтэр, оннооҕор биирдэ: —ХаҺан уларыйаҕын, кырдьар буоллум, — диэн күлэ-күлэ эппиттээх. — Тугу этэҕиҥ? –диэн Ньукулай онно өйдөөбөтөҕө. — Кэнники өйдүөҥ… – эмиэ уруккутун хатылаабыта. —Оля ол эппитин дьэ, өйдөөтүм. Ийэм этэригэр дылы бэйэ бодобун өрө тардыннахха сатаныыһы. *** Ньукулай биир нэдиэлэнэн үлэтигэр таҕыста. Дьоно туох да буолбатаҕыҥ курдук көрүстүлэр. Кинитэ суох үлэ барыта бүппүт. Кыстыкка быыһык кэмнэр кэлэннэр нэһилиэк дьоно үс күн куобах күрэҕэр таҕыстылар. Бу күргүөмнээх, киһи өйдүүн-санаалыын чэбдигирэр булдугар, дьон- сэргэ урааннаах уһун кыһыҥҥа бэлэмнэнэн ырааһыран, күүс-күдэх ылар кэрэ кэмнэрэ. Ньукулайга байанайа “мичик” гынан биир да куобаҕы сыыһа туттубата. Идэтинэн киһиргээри бэркэ хаатыйаланна эрээри, нэһиилэ тутунна. Хата, ону күрэхчиттэр бэйэлэрэ тыл тиийэринэн хайҕааннар харыс үрдээтэ. Дьон хайҕала баар буолар эбит, киһини үрдүккэ көтүтэр, кэрэҕэ угуйар сүдү күүс. Ону Ньукулай дьэ биллэ. Күрэхтэн сүргэтэ улаханнык көтөҕүллэн, санаата көнньүөрэн, олох уларыйан кэллэ. Ийэҕиттэн тугу кистиэҥий, уола бу күннэргэ тосту уларыйан, ырыанан эрэ анньа сылдьарын биһирии көрдө. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, Ньукулай үлэҕэ оһоллонуоҕуттан, бэйэтигэр сыанабыл бэринэн, дьоҥҥо сыһыанын, киһиргэс куһаҕан кэмэлдьитин быраҕан көнөр аакка барда. Олох үөрэтэр. Иннокентий Попов — Оҕуруоттаах Уус-Алдан, Суотту Уруһуй: liveinternet.ru
edersaas.ru сайтан