Кэпсээ
Войти
Регистрация
Баппат Баанньа
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Баппат Баанньа
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
24.04.2020 22:04
Хомойуох иһин, хас дэриэбинэ аайы маннык түктэри быһыылаах дьон баар буолаллар. Бүтүн дэриэбинэни сутурук иһигэр олордоллор, биир да кыыһы сүгүн сырытыннарбаттар, туора дьону тоһуурга түбэһиннэрэллэр. Хас мунньах аайы кинилэр айдааннара... Баанньа тутта-хапта сылдьарынан, саҥатынан-иҥэтинэн, баламатынан оннук киһи этэ. Ааттыын Баппат. Быһата, туһунан сокуоннаах, ыйдаах-күннээх киһи. Оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр кыргыттарын дьээбэлээн, баттахтарыттан тардыалаан, суумкаларын, тэтэрээттэрин, кинигэлэрин алдьатан, марайдаан, уолаттары кырбаталаан, ытаталаан, сотору-сотору дириэктэргэ соһуллан киирэрэ. Ол киирэрин да аахайбата. Учууталлар бары кинини кытары бодьуустаһан тахсаллара. Уруогу сүгүн ыыттарбат урааҥхай этэ. Биирдэ кинилэргэ ахсыс кылаас кэнниттэн саҥа кыыс кэлбитэ. Атын улуустан. Хайдах эрэ сиртэн-буортан тэйбит курдуга, тутта-хапта сылдьардыын субу уста сылдьар куба курдук куоҕалдьыйара. Кылаас уолаттара бары кэриэтэ ол кыыс болҕомтотун тарда сатаан сор бөҕөнү көрбүттэрэ. Биирдэ Баанньа бииргэ үөрэнэр уолун кырбаан, эмиэ дьүүллэнэр буолбута. Ээ, ол аайы кини улаханнык кыһаллыбат. Дьүүллэнэн-дьүүллэнэн бачча кэлбитэ, биир кулгааҕынан истэн баран атынынан таһааран кэбиһиэ. Дьэ, оннук киһи, хайыаҥ баарай... Били, кырбаммыт уол төрөппүттэрэ айдаан бөҕөнү таһааран, бу сырыыга Баанньа оскуолаттан үүрүллэр-үүрүллүбэт боппуруоһа турбута. Дьүүллүүр мунньахха оскуола салалтата, учууталлар, төрөппүттэр, кылаас актыыба кэлбиттэрэ. Бэйэтин төрөппүттэрэ эрэйдээхтэр, уолларыттан кыбыстан, умса туттан олороохтообуттара. Иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Баанньаны дуоска иннигэр туруорбута. Мэлдьи буоларын курдук, уолбут кинилэр диэки хайыһан бэрт. Хайдах да буолуҥ диэбиттии туттан, түннүгү одуулаһа турбута. Хараҕын кырыытынан кылааһын оҕолорун диэки кылап гынан көрбүтэ, арай били кыыһа сөхпүттүү көрөн аҕай олороро. Дьэ, онно биирдэ Баанньа кыбыстар диэни билбитэ. Сиргэ дьөлө түһүөҕүн сирэ кытаанаҕа, халлааҥҥа көтүөҕүн кыната суоҕа. Хайыаҕай, умса туттан баран турбута. Учууталлар үгүһү эппиттэрэ-тыыммыттара, үгүстэрэ оскуолаттан үүрэр уолдьаспытын быктарбыттара. Төрөппүттэр муустаах ураҕаһынан үүрэр туһунан туруорсалларын этэ да барыллыбат. Кылааһын оҕолоро эмиэ биир-биир туран, кини хайдах курдук бэрээдэгэ суоҕун, уруогу ыһарын эппиттэрэ. Киһи бары этэн бүппүтүн кэннэ, били саҥа кыысчаан туран: “Оҕо куһаҕан буолан төрөөбөт. Хайдах эмэ гынан көнөр суолга туруоран көрбөппүт дуо?! Наада буоллаҕына, кыргыттар да шефтэһиэ этибит. Биир бэйэм кинини кытары үлэлииргэ бэлэммин”, — диэтэ. Кылаас иһэ эмискэ уу чуумпу буола түспүтэ. Ким даҕаны итинник тылы күүппэтэх буолан, бары тылларыттан маппыттара, бэйэ-бэйэлэрин эрэ көрсөн хаалбыттара. Баанньа эмискэ өрө көрө түспүтэ, Сардаана хараҕа чоҕулуйан сүрдээх. Кыыс хараҕар дьикти эрэл кыыма көстөрө. Эмиэ даҕаны көрдөһөрдүү, эмиэ да эрэнэрдии тобулу көрөн олороро. Учуутала, дьэ, өйдөммүттүү: “Күндү табаарыстар, өскө кылааспыт кыргыттара бэйэлэринэн ылсар буоллахтарына, кэтээн көрүүгэ хаалларан эрбэппит дуо?” – диэн тыл көтөхпүтэ. Ситинник биир санааҕа кэлэн, кырдьык, кыргыттары кытыардахха, туох эрэ тахсыыһы диэн санаалаах тарҕаспыттара. Баанньа ийэтэ Сардаанаҕа чугаһаан иһиллэр-иһиллибэттик махтаммыта. Оттон уол кыбыстан эбитэ дуу, хайдах эбитэ дуу, тугу даҕаны саҥарбакка кылаастан тахсан барбыта. Оскуола кэнниттэн дьиэлээбэккэ,
тапталлаах алааһыгар тиийэн тиитин анныгар олорбута. Сардаана сарсыҥҥы күнтэн ыла Баанньаны кытары дьарыктанан киирэн барбыта. Уруоктарын бииргэ ааҕаллара, наар бииргэ бараллара-кэлэллэрэ. Уоллара, кырдьык, бэрээдэгэ тосту көммүтэ. Бэл, ол-бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттар буолбута. Үөрэх бүтүөр диэри эйэ дэмнээхтик сылдьыбыттара. Били, баппат аатырар кылаас, бу сырыыга инники күөҥҥэ буола түспүтэ. Учууталлара сүргэтэ көтөҕүллэн, Баанньаны хайгыыртан соло булбатаҕа. Маннык холобур үчүгэй эбит диэн, атын кыргыттары барыларын мөлтөх уолаттарыгар сыһыартаабыта. Онус кылааска үөрэнэ сырыттахтарына, кыыс дьоно атын оройуоҥҥа көһөр буолбуттара. Оччотооҕу салайааччылары биир сиргэ олордубаттара. Баартыйа ханна ыыппыт сиригэр биир-биэс тыла суох баралларын эрэ билэллэрэ. Саатар, эмискэ баҕайы көспүт буоланнар, Сардаана Баанньатын кытары аанньа бакааласпакка да хаалаахтаабыта. Уол санаатыгар, били, аарыма тиит анныгар тиийэн, күүтэн көрөөхтөөбүтэ да... Сардаана кэлбэтэҕэ. Киэһэ барбыттар үһү диэн истэн эрэ хаалбыта. Ол күнтэн ыла,хайдах эрэ хараҕа хараҥарбыт курдук буолбута. Бүөм түһэн, саҥарбат-иҥэрбэт буолан хаалбыта. Бэрээдэги кэспэтэр да, үөрэҕэр ээл-дээл сыһыаннаспыта. Сардаана барахсан тиийбит сириттэн сурук суруйан ыытара да, ол суругу уолга тиэрдибэттэр этэ. Бииргэ үөрэнэр уолун ийэтэ почтаҕа үлэлиир буолан (уола Сардаананы таптыыр эбит), суругун барытын кистээн кэбиһэрэ. Кэнникинэн сурук кэлбэт да буолбута. Соннук онус кылааһы бүтэрбиттэрэ. Кылааһын оҕолоруттан сорохторо үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарса диэн куораттаабыттара. Дэриэбинэҕэ үөрэҕэр мөлтөх аҕыйах уол эрэ хаалбыта. Баанньа сопхуоска үлэлээн иһэн, арыгылыыр мээрик буолан, үүрүллэн хаалбыта. Сопхуос үрэллибитин кэннэ, бэйэтин курдук доҕотторунуун хотунан-соҕуруунан үтүөх-батаах сылдьа сатаан баран, туга да табыллыбакка эмиэ дэриэбинэтигэр төннөн кэлбитэ. Били, оччоттон да мөлтөх бэрээдэктээх киһи, борбуйун көтөхпүччэ, өссө буолан-хаалан турбута. Онно эбии дьалхааннаах 90-с сыллар долгуннара кинитээҕэр буолуохтары күөрэ-лаҥкы түһэрдэҕэ эбээт. Үгүс уол хаайыы дьиэлэммитэ, сорох арыгыга умса-төннө түспүтэ. Биир даҕаны охсуһуу кинитэ суох ааспатаҕа. Эмиэ Баппат Баанньа киэбин букатыннаахтык кэппитэ. Дьоно эрэйдээхтэр этэ сатаан баран эппэт буолбуттара. Ийэтэ эрэйдээх сүрэҕинэн өрүттүбэтэҕэ, балыыһаны кэрийэн тахсара. Аҕата уолуттан кэлэйэн, кэпсэппэт да буолбута. Бииргэ төрөөбүттэрэ бары да киэр хайыспыттара. Биир кыыһы кытары олоро сатаан баран, эмиэ үлтү арыгылаан, күүлэйдээн, кырбаан куоттарбыта. Ол кэмҥэ дэриэбинэҕэ саҥа учуутал кыыс кэлэр үһү диэн сурах тарҕанна. Мин аҕай дэммит дэриэбинэ уолаттара биир-биир сыбыытыыллара. Арай Баанньа сордоох ынах маҥыраабат, ыт үрбэт киһитэ буолан сылдьаахтыыра. Биирдэ ол саҥа учуутал кыргыттар утары иһэллэрэ. Кыбыстар диэни билбэт буола синигэр түспүт Баанньа кыргыттары дьээбэлээн, куттаан ааһарга санаммыта. Син биир дьон кэпсээтэхтэрэ диэн санаалааҕа. Биир кыыһа суол атын өттүнэн бара сатаабыта, иккиһэ уолга утары хааман кэлбитэ. Баанньа көрбүтэ, били, кинини кытта бүөбэйдэспит Сардааната илэ бэйэтинэн эбит. Баанньа сирэй-харах дьүһүлэнэн, таҥас-сап буорайан сылдьарыттан кыбыстан умса-төннө түспүтэ. Аат эрэ харата дорооболоһоот, ааһа турбута. Сардаана соһуйан, саҥата суох хаалбыта. Дьэ, ол күнтэн ыла
Баанньа санааҕа ылларбыта. Бэйэтэ бэйэтигэр иһийээхтээбитэ, бэл, уулуссаҕа көстүбэт буолбута. Ыраах тыаҕа сылгыһыттарга тахсан хорҕойбута. Оттон Сардаана билэр дьонуттан, бииргэ үөрэммит оҕолоруттан Баанньа туох буолбутун ыйыталаһан көрөрө да, бары кини дэриэбинэҕэ баппатын эрэ туһунан кэпсииллэрэ. Онтон атыны тугу даҕаны кэпсээбэтэхтэрэ. Соннук хас да ый ааспыта. Баанньа дэриэбинэҕэ быкпат буолбута. Наар үрэҕинэн, сылгыһыттар базаларынан сылдьыбыта. Бэл, бииргэ арыгылыыр атастара сүтүктээбиттэрэ. Бырааһынньык охсуһуута суох ааһара, бэл, хайдах эрэ чуҥкук курдук буолбута. Бииртэн биир эдэр дьон Сардаанаҕа иҥээҥнээн көрөөхтөөбүттэрэ да, кими даҕаны чугаһаппатаҕа. Биирдэ Сардаана маҕаһыыҥҥа баран истэҕинэ, хайа эрэ киһи утары хааман кэлэн туох эрэ кумааҕытын туттарбыта. Арыйан көрбүтэ — Баанньа буочара. “Бүгүн киэһэ били тииккэ тиийээр”, — диэн, бэрт кылгастык суруллубут этэ. Сардаана долгуйан, сүрэҕэ эппэҥнии түспүтэ. Ол күнү быһа санаатыттан арахпатаҕа. Киэһэ билэр ыллыгынан аарыма тиит анныгар тиийбитэ. Тиит кэнниттэн Баанньа тахсан кэлбитэ. Саас буолан, сирэйэ-хараҕа хараара быһыытыйбыт. Бастаан утаа кэпсэппэккэ утары көрсөн турбуттара. Сардаана эмиэ да эрэнэрдии, эмиэ да тугу эрэ кэтэһэрдии көрөрө. Дьэ, онтон эмискэ төлө биэрэн, Баанньа кинитэ суох хайдах сыыһа олорбутун, билигин көнүөн баҕарарын эппитэ. Сардааналыын өр кэпсэппиттэрэ. Суругу эмиэ таарыйан ылбыттара. Баанньа ханнык да сурук кэлбэтэҕин эппитэ. Онтон ыла санаата түһэн, арыгыга умса-төннө түспүтүн, хайдах курдук акаарытык быһыыламмытын кэмсинэн кэпсээбитэ. Баанньа өр гыныа дуо, суругу ким кистээбитин билэн, ол киһиэхэ тиийэн ээҕин этиппитэ. Анараата, киһи эрэ буоллар, хата, ол суруктары бырахпатах эбит. Ампаартан булан, быанан баайыллыбыт сүүрбэччэ суругу туттарбыта. Баанньа киэһэ дьиэтигэр тиийэн суругу барытын биир тыынынан ааҕан бүтэрбитэ. “Эн, кылаабынайа, эрэлгин сүтэримэ, хайаан даҕаны киһи буолуоҥ, эрэн. Туох да буолбутун иһин, кыраттан санааҕын түһэримэ. Ырааһы, сырдыгы эрэ ыралаа. Дьоҥҥо хаһан даҕаны куһаҕаны оҥорума, ол барыта бэйэҕэр төннөрүн умнума. Тулалыыр дьоҥҥор үтүөнү эрэ баҕар, айылҕа сокуонунан онтуҥ барыта бэйэҕэр үтүөнэн эрэ эргийиэ. Эн биһикки син биир көрсүөхпүт, бииргэ буолуохпут. Ыһыктыма эрэ доҕоруом...”, — диэн суругу харах уулаах аахпыта. Өскө бу суругу урут туппут буоллун, доҕорун санаатынан салайтаран умса-төннө түһүө суох этэ. Сардааналаах Баанньа кистии-саба көрсөр буолбуттара да, дэриэбинэ дьонуттан тугу кистиэҥ баарай?! Син биир барыта биллибитэ. Сардаананы кэллиэгэлэрэ, дьүөгэлэрэ буойа сатаабыттара. Баппат Баанньа хайдах курдук куһаҕанын кэпсииллэрэ. Ол үрдүнэн Сардаана киниттэн тэйбэтэҕэ. Баанньа ол күнтэн ыла хааппыла да арыгыны испэтэҕэ, үлэ булан үлэлээбитэ. Күһүн сыбаайбата таймата суох чуумпутук бур-бур буруо унаарыппыттара. Баанньа хоһууннук үлэлээн, сотору кэминэн массыына ылыммыта. Саас доҕотторун кытары мас кэрдэн сайын дьиэ туттубута. Ийэлээх аҕата үөрэн, туох баар хаһаайыстыбаларын барытын уолларыгар туран биэрбиттэрэ. Киһилии олордун диэтэхтэрэ. Куоракка баар оҕолоругар олохсуйа барбыттара. Баанньа хаһаайыстыбатын барытын бэйэтэ дьаһайан олорбута. Эһиилигэр уолламмыттара, онтон икки сыл
буолан баран аны кыыстаммыттара. Баанньа бэйэ дьыалатын тэринэн, урбаанньыттаан барбыта. Онтон Сардаана оскуола дириэктэрэ буола үрдээбитэ. Билигин дэриэбинэ биир сайдам ыала буолан олороллор. Баанньа кэтэхтэн үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ. Биир дойдулаахтара: “Аныгы быыбарга киирсэн баһылык буол!” — диэн хаайа сылдьаллар. “¤э, Баппат Баанньабыт, аны, аата уларыйан, сотору Баһылык Баанньа диэн буолара буолуо...” – дэһэр буоллулар. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан