Кэпсээ
Войти Регистрация

Быстах санаа содула (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Быстах санаа содула (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
10.10.2024 10:00
Кинилэр олох суолугар үктэммит эдэркээн дьон этилэр. Бу кыра кэпсээммин саҕалыам иннинэ, өр толкуйдаатым. Ыччаттар олох үөһүгэр үктэммит эдэркээн дьон кыраттан кыыһырсыыларын, иэдээннээх түбэлтэни ааҕан, баҕар,  олоҕу сыаналыахтара, уһуну-киэҥи толкуйдуохтара дуу диэн суруйан эрэбин. Бу кэпсэнэр дьон уонна сир-уот аата, биллэр биричиинэнэн, уларытылыннылар. Ааныс оскуоланы бүтэрээт, «оскуола-үлэ-үөрэх» девизтээх икки сыл дуогабардаһан, сопхуоска пиэримэҕэ ыанньыксытынан үлэлии тахсыбыта. Үлэҕэ өрүү сыстаҕас буолан, кини үлэ үөһүгэр түргэнник оройунан түспүтэ. Хас ынаҕын, хас саҥа төрөөбүт ньирэйин ааҕа таптыыра, ааттарын да оннук тапталынан толкуйдаан биэрэрэ. Кыысчаан күн ахсын ыйдааҕы былаан туһугар өрө мөхсөрө. Ол курдук, биир сыл олус түргэнник элэҥнээн ааспыта. Ол сайын олус сылаас, нуурал, ардаҕа суох күннэр турбуттара. Ыһыахтар саҕаланан, эдэр дьон туҥуй сүрэхтэрэ өрө көбөн, сүр күүскэ уратытык долгуйа тэбэн, бу күүтүүлээх, дьикти кистэлэҥнээх күн хаһан буоларын күннэри-түүннэри күүтэллэрэ. Уйбаан. Уйбаан Ааныһы сылы быһа ыраахтан көрөн олус таптаабыта. Сүрэҕэр сөҥүөрэн илдьэ сылдьыбыт кистэлэҥ тапталын кыыска этиэн, кини намчы илиитин сүрэҕэр ыксары тутуон, долгуйбут санаатын уоскутуон олус баҕарара. Онон ыһыах күнэ буоларын адьас тулуйбакка-тэһийбэккэ көһүппүтэ. Уйбаан бу пиэримэҕэ кыһынын от тиэйэр тырахтарыыстарга көмөлөһөн, сайынын от оттоһон, мас мастаһан эдэр киһи эдэрдэри кытта тэҥҥэ үлэлиирэ. Чэ, тугу уһатан-кэҥэтэн. Кэпсээммитигэр тиийиэҕиҥ. Кэтэһиннэриилээх ыһыах күммүт үүнэн,  пиэримэ кыргыттара күнүскү ыамнарын эрдэ ыан, ньирэйдэрин аһатан, үлэлэрин үмүрүтэ охсон уопсайдарыгар сырыстылар. Кыргыттар суунан-тараанан, күө-дьаа аһаан, саҥа былааччыйа кэтэн, киэргэнэн, суһуохтара субуллан түһүлгэҕэ бардылар. «Хаалбыт» бааһынатын аана аһыллан, сылгы бөҕө тоҕуоруйбут. Кыргыттар өр толкуйдуу барбакка, бааһынаны кыйа сүүрэн, сылгылары тоһуйа көттүлэр. Сэттэ кыыс өр гыныахтара дуо?  Сылгылары бааһынаттан таһааран,  бааһына аанын кичэллээхтик сабан, түһүлгэ диэки тэбиннилэр. Ыһыах үгэннээн турарыгар тиийдилэр. Наҕараадаҕа Кыайыы вымпелын кыргыттар тутан, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үксээтэ.  Дьэ, онтон эҕэрдэлэр кэннилэриттэн, түһүлгэнэн олорон аһааһын буолла. Кымыс иһиитэ, үтэһэлээх эмис эт сиэһинэ,  ким тугу аҕалбытынан уос-тиис үллэстии, үөрүү-көтүү, эҕэрдэлэһии, көрдөөх-нардаах кэпсээн. Салгыы күүрээннээх күрэхтэһиини көрөн ыһыы-хаһыы түһэриитэ бөҕө буолла. Кыайыылаах мүһэтин үллэстэн сиэһин, сүргэни өрө көтөхтө. Уһун кыһыны быһа өрүүрү билбэккэ күүстээх үлэҕэ миккиллибит дьон санаалыын манньыйан, сүрэхтиин сымнаан, дууһалыын долгуйан ырыа-үҥкүү, оһуохай түһүлгэтигэр түмүстүлэр. Ааныс дьүөгэ кыыһын кытары күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ кулууп эрээт олоппоһугар олордулар. Кэннилэригэр олорбут уолаттар отур-ботур кэпсэтэ түһээт, таһырдьа субуруһан таҕыстылар. Оттон Уйбаан Ааныс көбүс көнө уһун суһуоҕун имэрийэ көрөн олордо. Бу кэмҥэ ыаллыы пиэримэ уолаттара кыргыттары кытары эйэргэһэн, билсиһэн, үҥкүүгэ ыҥыран бардылар. Кыргытар кэҕис гынаат, чэпчэкитик тойон туран үҥкүүгэ эргийдилэр. Мичээрдэһии, отур-ботур кэпсэтии, эйэргэһэрдии көрсүһүүлэр саҕаланнылар. Уйбаан буоллаҕына, ону барытын көрө олорон хараҕа хараҥаран, тыына кылгаан барда. Санаата барыта хараара өстө. Ааныһы кытары үҥкүүлүү сылдьар уолга уоттаах хараҕа хатанна, олустук кыыһырда.  «Ити мин, мин кыыһым! Миэнэ эрэ! Мин эрэ таптыыр кыыһым!»диэн күнүүлүүр хара санаа баһыйда, баһын иһигэр хантан эрэ атын куолас ону күүскэ күөртээн биэрдэ. Онуоха Уйбаан өйө-санаата бүтүннүү холоруктуу ыһыллан, ытыллан турда. Уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, өлүү түбэлтэлээх туллан кэлбит олоппос өйөнөр маһын туппутунан, кыра да кыырпах санаа кыттыспакка наҕыллык үҥкүүлүү сылдьар паараларыгар ойон тиийээт, үлтү сабаабытынан барда. Дьон уолуйан хаалла. Чыпчылҕан түгэнэ туох барыта ньим баран ылла. Дьэ, онтон амырыын аймалҕан, ыһыы-хаһыы буола түстэ! Уйбаан эргиллэ түһээт, аан диэки ыстанна уонна хараҥаҕа «умсан» хаалла… Тула дьон үмүөрүстэ… Ааныс хаан-сиин буолбут төбөтүн аргыыйдык иҥнэри туттан, мичээрдээбит обуйук уостарын ибирдэтэн ылла, тыына быһынна… Оттон Уйбаан?!  Уйбаан онтон ыла этэ дии, халлааҥҥа көппүтэ, сиргэ тимирбитэ биллибэккэ сүппүтэ, мэлийбитэ… Ити курдук, биир быстах санаа содула, биир хара санаа сааттаах ыйааҕа икки эдэр дьон олоҕун илдьэ барбыта… ТААЙА
edersaas.ru сайтан