Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэм кумааһынньыга (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэм кумааһынньыга (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
24.11.2023 16:00
Иванна аҕыйах хонуктааҕыта биһигин ыйаабыт төрүт сиригэр барар буолбутун истэн олус долгуйбута. Урут командировкалар бааллара да, куруук туох эрэ мэһэйдээн, кини оннугар барар дьону сайыһа хаалара. Дьэ, бу сырыыга тугун барытын быраҕан туран айаннаабыта. …Аны бу номнуо командировката түмүктэнэн, түөрэҕэ түспүт сириттэн арахсан баран эрэр. Аҕыйах хонуктааҕыта кынаттаах кэриэтэ көтө-дайа сылдьыбыта ханна да суох. Курус санаа дьахтар түөһүн ыарыылаахтык хаарыйар. 85 саастаах ийэтин кытары түннүк таһынааҕы остуолларыгар чэй иһэн баран хомуна сырыттаҕына, дьиэлэрин таһыгар массыына кэлэн “хорус” гына түстэ. Ыксаабытын биллэрэн, “пи-пиип” бөҕөтүн түһэрдэ, мэктиэтигэр аны бааҕынатан ылла. Иванна итиччэни истэн баран, соһуйбуттуу ойон турда: – Чэ, ийэкээ, барар кэмим кэллэ. Сыллаан ылыым дуу, – дии-дии хараҕын уута кэлбитин кистии сатаата. Ийэтин муус маҥан баттаҕын имэрийдэ, сымнаҕас бэйэлээх иэдэстэриттэн сэрэммиттии сыллаан ылла. -Чэ, тоойуом, уһуктубат уһун уубар утуйдахпына, кэлэн бараар, – диэтэ ийэтэ муҥнаах. -Кэбис, инньэ диэмэ! Аны сайын сир астыы кэлиэм дии. Онно эмиэ миигин күүтэн түннүгүҥ таһыгар олорор буолуоҥ? – Иванна кытаанах-кытаанахтык саҥарбыта буолла уонна аан тутааҕын харбыаласта. Массыынаҕа киирбитэ, айанньыттар күө-дьаа буола олорон, эмискэ чуумпуран хааллылар. Иванна санаатыгар, кини сирэйин-хараҕын кэтиир курдуктар. Бөлөхтөрүн салайааччыта: “Аттар түстүлэ-ээр!” – диэтин кытары, эдэр суоппар бу хамаанданы эрэ күүтэн олорбуттуу, массыынатын гастаан кэбистэ. Иванна алаһа дьиэтэ хараҕын далыттан сүттэр сүтэн, уһун да уһун уулусса уһугар түннүктэр уоттара эрэ барбах кыламнаһа хааллылар. Кэм-кэрдии кэрээнэ суох. Дьоллоох оҕо сааһын кыымнара ити түннүк уотунуу, эмиэ кытыастан бүппүттэр эбит … ххх Иванна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрөн, убайдарын, эдьиийдэрин истиҥ тапталларыгар бигэнэн улааппыта. Бииргэ төрөөбүттэр бары туспа алаһа дьиэ тэринэн, олохторун оҥостубуттарын да иһин, төрөппүттэрин дьиэлэригэр самаан сайыннарын эбэтэр көмүс күһүннэрин атаараллара. Аҕалара Уйбаан улааппыт оҕолоро ыалдьыттыы кэллилэр да, сонун-нуомас истэ түһээт, аны төттөрү хайдах айанныылларын толкуйугар түһэрэ. Билиҥҥи курдук буолуо дуо, оччолорго суол-иис уустуга. Улуус киинигэр киирэр массыына аҕыйах буолан, аҕалара эрдэттэн суоппардары сураһан барара. Төлөпүөн да суоҕа, онон дэриэбинэ биир уһугуттан биир уһугар диэри атах тэбэрэ. Ол кини “оҕолор түргэнник бара оҕустуннар” диэн чуумпу олоҕун “айматарыттан” буолбатах этэ. “Көмүс чыычаахтарым төрөөбүт уйаларыгар сынньанан баран, үчүгэйдик айаннаан дьиэлэригэр, оҕолоругар-урууларыгар этэҥҥэ тиийдиннэр” диэн санааттан буоларын бары өйдүүллэрэ. Кэлин, аҕалара суох буолбутун кэннэ, кини ити кыһамньытын олус суохтууллара. Муста түстэллэр эрэ, ахтан-санаан ааһаллара. Ийэлэрэ ыарыһах буолан, сүөһү көрөр кыаҕа суоҕа. Онон, дьиэни-уоту, хаһаайыстыбаны тутан олорбут аҕалара күн сириттэн күрэммитин кэннэ сүөһүлэрин аҕыйатан, устунан олох да эһэн кэбиспиттэрэ. Били куораттааҕы күтүөттэрэ, кийииттэрэ: “Тоҕо биһиэхэ эрэ эт сыалааҕын талан ыыталларый?” — диэн талымастыыллара быдан дьылларга хаалбыта. Оччолорго ким билбитэ баарай, аҕыйах сылынан толунньаҥ уҥуоҕа да баһыылка
буолан кэлэрэ тохтуоҕун? Ийэлэрэ Ааныс арыый өлүөр эрдэҕинэ, кыргыттара-уолаттара кинини көрсө кэлэллэрин тэһийбэккэ кэтэһэрэ. Улааппыт оҕолорун үөрдээри, оронун атаҕар турар ыскаабыгар дьиэлээхтэртэн кистээн кэһии мунньара. Ол ууруммут кэһиититтэн оҕолоро дьиэлэриттэн тахсан барар күннэригэр бэлэхтэтэлээн үөрдэрэ. Сыры-сыллата кыргыттар бэйэлэрэ да сэмээр: “Ийэбит бу сырыыга тугу биэрэрэ буолуой?” – диэн күүтэ сатаан баран: -Ийээ, аптаах ыскааппытыгар туохтаахпытый? Хаһан хостоноруй? Көрүөхпүтүн наһаа баҕардыбыт. Бары тарҕаһа иликпитинэ, кистэлэҥҥин арыйыый, – диэн ийэлэрин хаадьылыыллара. -Тугум кэлиэй, биэнсийэлээх кырдьаҕас киһи? – диэн Ааныс буруйдаммыт курдук туттаахтыыра. Ол да буоллар, ким эрэ айанныыр киэһэтигэр эбэтэр сарсыардатыгар былаат сыыһыгар сууламмыт кыра да кэһии кистэлэҥинэн айанныыр киһиэхэ бэриллэрэ. Кэлин ийэлэрэ дьиэ эрэ иһигэр нэһиилэ сыыгынан сылдьар буолбута. Чугас ыалларыгар сылдьара да аҕыйаабыта. Эгэ, маҕаһыыҥҥа туох кэлбитин билиэ баара дуо? Ардыгар түүнү быһа уочараттаан, үчүгэй табаарга тиксэр кэм ааспытын, маҕаһыыҥҥа туох барыта дэлэй буолбутун ыалларын кэпсээннэриттэн эрэ истэрэ. Ийэ барахсаҥҥа оҕо төһө да улааппытын иһин, куруук оҕо буолан сылдьар. Ааныска оҕолорун таптыыра бэрдиттэн куруук үөрдэ сылдьар санаата батарбата. Оҕолоро тэрийэр үбүлүөйдэригэр киирэр бэлэхтэри бэйэлэригэр суол-иис түҥэтэлээн кэбиһэрэ. Элбэх оҕоттон ким сэниэтик, ким эрэ орто баайыылаах, ким эрэ тиийиммэт-түгэммэт соҕустук олороро. Ону ийэ сүрэҕэ бэркэ билэрэ. Ийэлэрин илиититтэн бэлэх туппут дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэрэ. Кимиэхэ туох тиксибитин көрөн, ардыгар оонньуу-күлэ кэриэтэ ордугурҕаһаллара, күнүүлэһэн да ылаллара. Ол эрэн, эйэ дэмнээхтик кимиэхэ туох суоҕунан атастаһаллара, мэнэйдэһэллэрэ. Ол бэйэтэ туспа көрүдьүөс буолара. Кыргыттара дьээбэлэһэллэриттэн, үөрэллэриттэн ийэлэрэ саҥата суох мичээрдии, астына сытар буолара. Баҕар, бу улааппыт кыргыттара оҕо сылдьан оонньуурдарын былдьаһан, киниэхэ көмүскэл көрдүү сүүрэллэрин санаан ылара буолуо. Ийэлэрин бэлэҕиттэн долгуйар үөрүүлээх мүнүүтэлэр сылтан сыл аайы аҕыйаабыттара. Ааныс оҕолоро кэллэхтэринэ, кыратык чэйдэспитэ буолаат, күнү күннүктээн сытан тахсара. Аптаах ыскаап “хаһаайката суох мин тугу сатаан дьаһаныамый, миигиттэн хоргутумаҥ” диэн мэлдьэспиттии, кураанахсыйан, кууран-хатан, эмэҕирбит долбуурдар эрэ оҥоһон хаалбыттара. х х х -Хайа, Иванна, ийэҕин көрсөн астынан баран эрдэҕиҥ? Аҥаардас үүттээх чэйин да испитиҥ төһөлөөх абыраллаах буолуой? – биир аргыһа массыына иһигэр бүрүүкээбит чуумпуну уйгуурдуон баҕаран саҥа таһаарда. -Ээ, үчүгэ-эй, – диэн дойдулаах киһи аҕыйах тылынан хардарда. Бу түгэҥҥэ Иванна алаһа дьиэтин кистэлэҥин кими да кытары үллэстиэн баҕарбата. Үүтэ суох хара чэйи испитин, үрүҥ аһы амсайбакка баран эрэрин куорат мааны дьонугар кэпсиир туһата суоҕун өйдүүр. Кинилэр хантан билиэхтэрэй Иванна дууһатын билиҥҥи мучумаанын, төрөөбүт дьиэтиттэн арахсаары турдаҕына буолбут санаа түһүүлээх кэпсэтиини? Ол хайдах этэй? Иванна киинэ лиэнтэтин төттөрү эргитэр курдук, биир да мүнүүтэни, сөкүүндэни мүччү туппакка, өйүгэр умнубаттыы хатыы сатаата. Ийэтин бытаарбыт хамсаныыта, кыыһын көрүүтүттэн куоттара сатаабыт уота-күөһэ өспүт харахтара умнуллубаттыы сөҥнүлэр. Уйбааннаах Ааныс кыра кыыстара, кинилэр ааттарынан сүрэхтэммит Иванналара
дьиэтигэр кэлбит киэһэтигэр ийэтэ үгэһинэн атын оҕолоро куоракка хайдах олороллорун ээр-сэмээр ыйыталаспыта. Кыыһа ийэтин сэргэхситээри, наар үчүгэйи эрэ булан кэпсии сатаабыта. Төрөппүттэриттэн тугу да эрэйбэттэрин, куоракка туох барыта баарын, эт-үүт маҕаһыыҥҥа дэлэйдик атыыланарын үөрэ-көтө сэһэргээбитэ. -Тото-хана аһаан-таҥнан олорор курдук ырай олоҕун кэпсээхтиигин да, төрөөбүт алааһыҥ сүмэһиннээх отунан, күөх үүнээйитинэн эмсэхтэммит сылгы, ынах этигэр тиийбэтэ биллэр. Дьүдьэйбитиҥ да сүрдээх. Ити ыалбыт Өрүүнэ уола куоракка барыта соҕурууттан, өссө Эмиэрикэттэн “тупсарыллан” кэлбит куурусса буутунан аһыыргыт туһунан кэпсиир. Ол “Буус буута” диэхтээн… -Ким буута диигин, ийээ? – ийэтин хаадьылыах, кэпсэтиини уларытыах санаата кэлбитэ. -Куурусса буутун мотуйар куорат дьоно таптаан итинник ааттыыллар быһыылаах. Эдьиийиҥ дьиэтин иэһин төлөөн бүтэрэн эрэр дуо? Быраатыҥ Володя эмиэ иэстэн-иэскэ киирэ-киирэ хаһыс-хаһыс тэлэбиисэрин атыыласта? Харчыта суох эрээри, кирэдьииккэ киирэн иһэрин сөҕөбүн ээ. Кэргэнэ үлэлээбэккэ олорор дии. Сиэннэрим котокулар тото аһаабат буолуохтаахтар, – Ааныс мөҥүттэр аҥаардаах саҥа таһаарбыта. Хаһан да ийэтин биир тылынан албыннаабатах, киниттэн тугу да кистээбэтэх Иванна бу сырыыга саҥата суох барбыта. Чочумча иһийэн олорбуттара. – Эн да иэстэн иэскэ олордоҕуҥ. Саатар оҕолоргун төлөбүрдээх үөрэххэ киллэрбит сурахтааҕыҥ. Тугу барытын миигиттэн кистииргитин эрэ билэҕит, – ийэтэ олорбут олоппоһуттан аа-дьуо турбута. Иванна тугу да саҥарбатаҕа, ийэтэ эппиэт да эрэйбэтэҕэ быһыылааҕа. Ийэтин батыспыта. Сытар оронун төбөтүгэр олорон күндү киһитин астыйбыт баттахтарын тарбахтарынан тарыы, төбөтүттэн имэрийэ олорбута. Ааныс кыысчаанын илиилэрин сылааһыттан харахтарын симпитэ буолан, налыйан, наскыйан сыппыта. Бу ийэтин кытары аҕыйах хонук бииргэ буолбутугар аны хамнас кыратын, иэстэн иэскэ олоруу туһунан кэпсэтии күөрэйбэтэҕиттэн иһигэр үөрэ сылдьыбыта. Ол гынан баран, бэйэтин албыннаммыт этэ. Кыра малын-салын уонна ийэтэ кэһиилиир барыанньатын суулуу, суумкатыгар хаалыы сылдьыбыта. – Тоойуом, кэл эрэ манна, – нөҥүө хостон ийэтин симик саҥата иһиллибитэ. Иванна хомунарын тохтотон, ийэтигэр тиэтэйбитэ. Таптыыр киһитэ хайдах эрэ кэри-куру буолбутун көрөн, сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. – Оһоҕос түгэҕэ оҕом, аны маҕаһыынтан килиэп да атыылаһан туһалаабат киһиэхэ ким да харчы туттарбат. Биэнсийэбин харахпар көрбөппүн. Бу ордоруммут харчым тобоҕо баар. Маны ыл, куорат киһитигэр наада буолуо, – диэбитэ. Хаһааҥҥыта эрэ саамай атаахтара кыыс ийэтин аһыммыттыы, харааста көрбүтэ. Ийэтэ кыргыттара хаһан эрэ дьахтар күнүгэр бэлэхтээбит тирии кумааһынньыктарын бобута туппахтыы турара. Кумааһынньыгын остуолга сүөкээбитигэр 50, 100 солкуобайдаах кумаланан хаалбыт кумааҕы харчылар уонна биэстээх, уоннаах бытархайдар саккыраспыттара. Төһө да иэстэн иэскэ, хамнастан хамнаска диэри олордор, ийэтэ мунньуммут бүтэһик харчытын “кэһиилэнэн” барыан баҕарбатаҕа. Бу бытархайдар Иванна иэһин кыайан саппаттара, улаханнык туһалаабаттара биллэрэ. Ол эрэн, ийэтин бүтэһик харчытын кумааһынньыгыттан кураанахтыы турарыттан хараастыбыта, уйадыйбыта. Куолаһа титирэстии-титирэстии: -Кэбиһиий, ийээ, мин эйигиттэн тугу да эрэйбэппин ээ. Бүтэһик харчыгын ылар санаам суох! Дьиэтээҕи сиэннэргэр наада буолуо, – диэбитэ. -Чэ, чэ, ыл!
Аны көмөлөһөр да биллибэт, – ийэтэ кураанахсыйбыт кумааһынньыгын аа-дьуо ырбаахытын сиэбигэр төттөрү уга сатыы турбута. Иванна быраһаайдаһар мүнүүтэтэ ыган кэлэн эрэрин өйдөөт, ийэтин иэдэһиттэн күүскэ да күүскэ сыллаан ылбыта уонна түргэн үлүгэрдик ааны былдьаспыта. х х х Иванна айаннаан иһэн, кылгас сонун хармааныгар угуллубут кумааҕы харчылары сэрэнэн бигээн көрөр. Ийэтин кытары быраһаайдаспыт мүнүүтэлэрин хос-хос эргитэ саныыр. Бу харчылары туохха да туттубакка, утуйар хоһун хомуотун түгэҕэр кистэнэр шкатулкатыгар угарга быһаарынна. Имиллибит, кумаламмыт кумааҕыларга таптыыр киһитин, эйэҕэс ийэтин сылаас тыына биллэргэ дылы гынна. Оттон ийэтэ Ааныс кыыһа дьиэтигэр айаннаан тиийбитин биллэриэр диэри төлөпүөн тыаһын иһиллии, оронун үрдүгэр ыйанан турар чаһытын кыҥастаһа сыттаҕа…
edersaas.ru сайтан