Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыам сирэ барахсан…(Кэпсээн салгыыта)

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыам сирэ барахсан…(Кэпсээн салгыыта)

K
edersaas.ru Категорията суох
03.04.2020 21:30
Хара үлэҕэ миккиллэн улааппыт тыа уолун уурбут санаатын туох тохтотуо баарай. Улахан сүбэлэһии кэнниттэн, ийэлэрин өтөҕөр Дьараамаҕа дьиэ туттан олохсуйарга сананар. Аймахтарын, доҕотторуҥ күүһүнэн кыра дьиэ, хотон туттар. Быраҕыллыбыт сайылыктан уот ситимин бырасыакатын оҥорорго, остоолболору туруорааһыҥҥа үп-ас улаханнык ороскуоттанар. Миисэ харчыга кыһарыйтаран Элэһиннээҕи дьиэтин атыылаан иэстэн-күүстэн босхолонор. Чэпчэки соҕус сыанаҕа дьонтон икки алдьаммыт “Бөлөрүүс” тыраахтар ылан, хапытаалынай өрөмүөн оҥорон сүүрдэр. Үлэттэн үлэ ситимнэнэн, салҕанан бара турар. Миисэ үлэҕэ үлүһүйэн арыгытын тохтотор, арай ааспыт аһыылаах-кутурҕаннаах, дьалхааннаах олоҕо баттаҕар маҥан сүүмэхтэри хаалларбыттар. Дьэ, итинник, сиһин көннөрбөккө үлэлээн 2004 сыллаахха 13 сүөһүлээх, икки “Бөлөрүүс” тыраахтардаах, мунньардаах, охсордоох “Дьараама” бааһынай хаһаайыстыба тэринэн олохсуйар. Соҕотох киһиэхэ дьиэ-уот, сүөһү-ас көрүүтэ кыайтарбакка Амматтан кэргэн сүгүннэрэн аҕалар. Хата, кини дьолугар, сүөһүгэ сыстаҕас, асчыт дьахтар түбэһэн, ыал-ыалынан буола түһэллэр. Дьараама Эбэ барахсан нэлэйэн-хотойон, салгына ырааһынан, чуумпутунан, кыһынын хайдахтаах да бытархан тымныыга туманнырбакка, күнэ сандаарыччы тыгара саҥа ыалы сөхтөрөр. Олох хаамыытын үлэ сирдиир. Миисэлээх кимтэн да тутулуга суох, көҥүл босхо олоҕу биһирииллэр. Эчи, Дьараама айылҕата да үчүгэйэ куттарын тутар. Киһи маннык, бэйэтин туһугар харытын күүһүнэн үлэлээн, байыахха сөбүн өйдүүллэр. Уһата барбакка, 2006 сылга “Туймаада лизингтэн” табаарынай кирэдьииккэ сэттэ убаһаны ылаллар уонна дьон сылгытын көрөн икки убаһаны эбинэллэр. Онон, сылгылаах, сүөһүлээх “тиҥ” курдук хаһаайыстыба буола түһэллэр. Бастаан утаа, “дьонтон ойдом олорон чуҥкуйарбыт буолуо” диэн санаарҕаабыттара, өбүгэлэрин алааһынан бытанан олорор хааннара тардан дуу, кимнээҕэр тэһийэн, үлэни өрө тутан олороллор. Миисэ уоллаах кыыһа бороохтуйан көмө дьоно буолаллар. Сайыҥҥы сынньалаҥҥа бииргэ сайылаан, тыа сирин бүппэт түбүктээх үлэтигэр тэҥҥэ миккиллэн Уйбаан уол кыра сааһыттан тиэхиникэҕэ сыстан тырахтарыыс, суоппар, мэхээнньик бэрдэ буолар. Эмиэ “Туймаада лизинг” өҥөтүн туһанан прессподборщик ылан, отторун үлэтин тулуппат буоллулар. *** Күн биллэрдик уһаан, дьыбар тахсар буолла. Тыа киһитэ сааскыга үктэннэҕинэ санаата көтөҕүллэр, дууһата сылаанньыйар. Сүөһүлэр төрөөн үлэ үксээтэ, үрүҥ ас дэлэйдэ. Саҥа төрөөбүт ньирэйдэр барахсаттар истэрэ тотон чоҕулуччу көрө-көрө ойуоккалаһалларын, ону-маны сыллаан көрөөт сиргэммитэ буолалларын киһи эрэ таптыах курдук. Бэл саах таһаарааччы оҕус, от сиирин тохтотон күлтэччи көрөн турар буолар уонна “пуус” гына тыастаахтык тыынаат оту хатыылаах, уһун тылынан салбаабытынан барар. Арай ити мучумааҥҥа, кууруссалар кытыылара да кыһыйбакка, биир кэм аһаан тобугураталлар. Хайалара эрэ сымыыттаан хахаарар. Киирии аан хаҥас муннугар, үс сибиинньэ ыадаччы тотон, истэрэ халыйа сытар. Ордук хос тыаһы иһиттэхтэринэ, харахтарын да аспакка сөбүлээбэтэхтэрин биллэрэн ыҥырҕаһан ылаллар. Сүөһүлэр оту хардырҕаччы ыстыыллара киһи кулгааҕар дьикти уратытык иһиллэр. Өрүөчэй саҥа төрөөн, кэнэҕэскитин салыбыраппытынан, тураары үҥүөхтүү сатыыр оҕотун быыстала суох салаан ньалбаардар. Аттыларыгар турар ынахтар: “Бу, туох абааһытай,”- диэбиттии сыллаан көрөөт, үрдүк хаачыстыбалаах бэттиэмэ окко төбөлөрүн укпутунан бараллар. Саҥа киирбит минньигэс от сыта, хотон
иһин ылан кэбистэ. Киирииттэн-тахсыыттан хотон салгылаан – тыынардыын чэпчээтэ. *** Саҥа тутуллубут икки этээстээх дьиэҕэ, аан туманы бүрүнэн, сылгыһыт Дьөгүөр киирэн кэллэ. Чомпой бэргэһэтин, сирэйин-хараҕын ыт үтүлүгүнэн кырыатаата, сутуруолаах хаатыҥкатын хаарын тэбиирдии тэбиэлээтэ, таба тириитэ саҕынньаҕын устан көхөҕө ыйаата: — Ычча, билигин да халлааммыт, өтөрүнэн тымныытын ыһыктыа суох. Ыаллар, тугу кэпсээтигит? – түннүк таһыгар турар ыскамыайкаҕа, этиттэриитэ суох кэлэн олорунан кэбистэ. Миисэлээххэ ыалдьыт дэҥ сылдьар, онон киһи кэлэрэ күндү. Иза ыалдьыты күүппүт курдук, остуолун тардыбытынан барда. — Кэпсээн суох. Хайа, Дьөгүөр, сылгыларгын көрө сылдьаҕын дуо? – дьиэлээх хаһаайын, Миисэ эгэ-дьаҕа буолан ыйытта. — Ээ, сылгыларбын. Кырдьаҕас тураҕаһым бу эргин ыырданааччы. Бөрөлөр баар сурахтарын истэммин кэллим. Аны, сылгылары моһуоктуохтара. — Бөрөлөр диэ. Үнүр түөрт бөрө суола бу Эбэни хабыллар хаба ортотунан кудуччу илин түһэ турбуттар этэ. Суоллара көнөтө, арааһа айан бөрөлөрө быһыылаах. — Айыылааҕын оннук эрэ буоллун,- Дьөгүөр үөрбүтүҥ биллэрэн, ньилбэктэрин охсунна, ыскамыайка хаачыгырыар дылы иҥнэҥнээн ылла. Дьөгүөр саас ортолоох, үлэни өрө туппут киһи. Үйэтин тухары сылгыһыт. Сэбиэскэй кэмҥэ окко солбуллубат звеновод этэ. Билигин бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сылгынан барбыта. Биэс оҕолоох: үс уол, икки кыыс. Дьөгүөрдээх, күтүөт, кийиит, сиэн элбэх дьоно. Оҕолор сорохторо үрдүк үөрэхтэнэннэр бары дойдуларыгар олохсуйан сүөһүнү, сылгыны дэлэччи иитэн, кыахтаахтык олороллор. — “Абааһылар”, барбыттара ордук. Биири тартылар эрэ, хаан сытын билэн арахпаттар буоллаҕа. Көр эрэ Дьөгүөр, үнүр сылгыларым бөрөлөрү билэн, манна, далга кэлэн үмүөрүстүлэр ээ, көмүскэл эрэйэрдии. Биһиэхэ бөрө суох, ону ити сылгылар өстөөхтөрө буоларын хантан билэн тэһииргээтилэр? Саастарыгар көрбөтөх кыыллара буоллаҕа. -Айылҕа оҕолоро айылҕаларынан таайдахтара эбээт. Холобур эн, иччилээх өтөххө кэллэххинэ, абааһыны көрбөккө да сылдьан, этин сааһа аһыллан дьаахханаҕыҥ дии.. . сылгыҥ эмиэ сибиэни эндэппэккэ билэр. Ол сиэринэн, бөрөнү адьырҕа буоларын билэн эрдэҕэ. — Дьөгүөр, кэлэн итиитэ киллэр, — Иза ыалдьытын остуолга ыҥырда. Иза, сырдык хааннаах, номоҕон дьүһүннээх, үгүс саҥата суох, күнү быһа үлэлээн түбүгүрэр, эдэрчи дьахтар. Дьөгүөр ыалга сылдьа үөрүйэх киһи сиэринэн, ыҥырыыны кэтэспит курдук, сылбырҕа соҕустук, олоппоско кэлэн олорунан кэбистэ. Остуол аһын эргиччи көрдө, астынан ытыс таһынардыы илиилэрин мускунна: -Дьэ, бу, бэрт, — остуол хотойорунан аһы көрөн, үөрбүтүҥ биллэрдэ. – Быйыл кэнчээрилээх күһүн буолан сылгы уойуон уойда. Көр, бу, убаһаҥ этин, киһи сүрэҕин астарар сыата, — саха быһаҕынан убаһа этин чараас гына бысталаата, биир куһуогу салыбыраппытынан тиэрэ ханарыйан айаҕар түһэрдэ, бэркэ минньигэһиргээн ыстаата. Киһи эрэ аһыах санаата кэллэ. -Бу ээ, киһи бэйэ хаһаайыстыбалааҕа. Барыта бэйэ, сибиэһэй аһа, — кырдьык да остуол муҥунан ас. Убаһа, ынах этэ, тоҥ быар, хаһа, харта, оҕуруот аһын араас салааттара, ыһаарыламмыт собо, сүөгэй, барыанньалар, хойуу , үүттээх, итии чэй. Бэл килиэп
бэйэ оҥоһуута. Дьиҥ сахалыы сандалы. -Айахпытыгар баҕас аһыыбыт, — Миисэ, ыалдьыта хайҕаабытын сэргии иһиттэ. -Мин оҕолорум бары дойдуларыгар олохсуйан, кэтэх хаһаайыстыбаланан, маннык тотоойутук аһаан-сиэн олороллор. Маҕаһыынтан аһы атыыласпаттар. Бурдугу, мас арыытын эрэ ылаллар. Бу, улахан да дьиэни туттубуккун, хас да хастааҕый? – Дьөгүөр, дьиэни саҥа көрбүттүү эргиччи одуулаһар. -Былаан киэҥ, Дьөгүөр, хаһаайыстыба сыл ахсын кэҥээн иһэр, билигин эдэр буолан кыайар курдукпут. Мантан инньэ, ити таһырдьааҥҥы кыра дьиэбэр үлэһиттэри хамнастаан тутууһукпут. Сүөһү-ас этэҥҥэ буоллаҕына харчыны бэйэтэ оҥорор эбит. Бастаан саҕалыырга, кырдьык ыарахан этэ. Докумуоҥҥа билбэппит да элбэҕэ атахтыыра. Билигин хайа да кирэдьииттэн куттаммаппыт, уопсайа Кытай киэниниин түөрт тыраахтардаахпыт, урулуоннуур прессподборщик, икки мунньар үксүлэрэ кирэдьииккэ “Туймаада лизинтэн” ылбыппыт. Барытын саптыбыт. Сүөһүбүт отут буолла, хотоммут кыараата, онон Граҥҥа киирсэн, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир, аныгылыы хотон туттаары сылдьабыт. Дьыала табыллыах курдук. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, дьиҥинэ саҥа саҕалааччыларга, пиэрмэрдэргэ арааһынай көмөлтөтө элбэх. Биһиги, тыа дьоно билбэппит элбэх, ким эйигин манна кэлэн үөрэтиэй, аны бэйэҥ эккирэтиһиэххин бириэмэҥ суох. Билигин ИП буоллубут. Дьоннор арааһынай субсидиянан туһаналлар ахан. — Миисэ, сөпкө этэҕиҥ. Субсидиянан туһанар наада. Мин былырыын 250000 ылан, сылгым баазатын кэҥэтэн, тупсаран биэрдим. Эн этэҕин, дьоннор “сүөһү ииттэбит” диэн куонкуруска кыайан аҕыстыы мөлүйүөнү ылаллар. Онно холоотоххо, эн эдэр киһи харыҥ күүһүнэн үлэлээн сүһүөххэр турдуҥ, — Дьөгүөр итии үүттээх чэйи, үс тарбаҕар сатабыллаах баҕайытык тутан иһэн сыпсырыйар. Чэйэ тохтубата бэрт ээ. — Оннук ээ. Ол эрээри, туох барыта биирдэ оҥоһуллубат. Биһиги да муннубут тыырыллан билэн-көрөн иһиэхпит буоллаҕа. — Сөпкө этэҕин. Киһини эрэй үөрэтэр. Былырыын төһө үүтү туттардыҥ? — Уон үс ынах төрөөн, 25 туонна үүтү туттарбытым. Тумултан ыраах олорор буолан сүөгэйинэн, мунньан илдьэбит, онон күн аайы баран бириэмэбитин сүтэрбэппит. Холбуур үүтүн манна салбанааччы элбэх. Көөнньөрөн сибинньэлэргэ, ньирэйдэргэ иһэрдэбит. -Ол аата, — Дьөгүөр толкуйдаан кэтэҕин тарбанар, аҥаар хараҕын симэн, түннүгү көрөн олордо. Онтукайа сыанаҕа оонньуу олорор артыыһы санатта. Дьиэлээхтэр күлсүбүттэригэр эр-биир өйдөөбөтөхтүү көрүтэлээтэ. Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах Хаартыска: art-see.ru ылылынна.
edersaas.ru сайтан