Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыар санаа ыбылы ытырбыт ыллыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыар санаа ыбылы ытырбыт ыллыгар
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.04.2020 16:08
Олох... Түннүгүнэн көтөн ааһар чыычаах... Киһи дэнэн, бу Орто туруу бараан дойду кырсын тиҥилэхтээн сырыттахпыт. Киһи. Киһилии киһи... * * * Ынах-сүөһү курдук аһаан апчарыйа-апчарыйа, мээнэ сылдьыбыт үйэтин моҥуо эбитэ дуу... Суох, киһи саныыр санаалаах, толкуйдуур чөмчөкөлөөх. Дьэ, ол иһин ыарык санаа киирдэҕинэ, ыһыктыбакка, күнү-дьылы уҥуордаан, уруккуну-хойуккуну ситимнээн кэскили көрдүү сатыыр идэлээх. Сорох киһи санаа баттыга буолан, ол санаатын кыайбакка өлөр-тиллэр. Дьон тылын истэн, чугас дьонун иннин быһа хаамар. Кэнниттэн хаалар дьонугар санааларын алдьатарын өйдөөхтөөбөт. Илим ситимин быспыттыы, сүүрүк хоту быраҕар. Тыала суохха от-мас хамсаабат. Бу да санаа ситимэ — олохтон. Куурбут-хаппыт харах уутун, сайын тоҥмут, үөрүү-өрөгөй кэмигэр күлүк сиргэ таласпыт, ааспыт кэми кэтээн көрбүт киһи тыла-өһө. Доҕорун алҕаска — саанан Аҕам оскуоланы бүтэрэн баран бииргэ үөрэммит, биир иһиттэн аһаан-сиэн улааппыт аллар атаһын, алҕаска саанан дэҥнээбит. Алҕаска! Олох алҕаска уҥуоҕун тутан кэбиһээхтиир. Эдэр киһиэхэ бу төһөлөөх охсуу, саат-суут буолуой?! Санаата ол күнтэн ыла ыһыллан хаалар. Доҕорун дьоно бу алҕас тахсыбыт быһылааны олох өйдөөбөттөр. Кыраан-таныйан, кэскилин кэдэрги тардан бараллар. Кинилэри эмиэ өйдүөххэ сөп. Оҕолорун сүтэрбит төрөппүттэр буоллаҕа дии. Ол икки ардыгар төһөлөөх кырыыс тыла этиллибитэ буолуой... Бу күнү-дьылы уйбакка аһыы утах диэки хайыһар. Киһини хаһан абыраабыта баарай, санаатын албыннана сатыыр да, кыайтарбат. Аһыы утах баҕайы ыбылы ылар. Эдэр эрэ буолан, онуоха-маныаха диэри тулустаҕа буолуо. Хаайыы тымныы, сииктээх, параша сыттаах хаамыралара аҥайа сытыйан, ааннарын арыйан аппаҥнаһаллар. Оскуоланы саҥа бүтэрэ сылдьар туруу киһи, бу олох киэҥ аартыгын хаайыыттан саҕалыыр. Бу да олорон сырдыкка, ырааска таласпытын сөҕөбүн эрэ. Элбэх да санаа баттыга ыар сүгэһэрдээх сылдьаахтаабыт эбит, аҕам барахсан. “Кэлин киһи буоллаххына, син өйдүөҥ...” диэбитэ дьэ кэллэҕэ. Кини “хайаан да бу олоххо үтүөнү-кэрэни оҥорон баран бардарбын” диэн сылдьаахтаабыт. Хаайыыттан тахсаат, араас үлэни барытын кэриэтэ билбит. Олох бары кырааскатын этинэн-хаанынан билэн бараахтаабыт. Бу олох күннээҕи сүпсүлгэнин сырсыытыгар уһуну-киэҥи толкуйдаабат буолар эбит. Сааһын ситтэҕинэ, “дьэ ситэн” үрүҥү-хараны араара үөрэнэр дуу... Хаайыы кэннинээҕи олоҕо — Сойуус кыаҕын тутан турар кэмэ. Хомуньуус баартыйа тыына өссө да ааһа илик. Ол эрээри норуот өйүн-санаатын булкуйуу саҕаланан эрэр кэмэ. Оччолорго саҥа “тас дойдуларга “үчүгэй”, биһиэхэ “мөлтөх” диэн санааны иҥэрэ сатаан тииһинэн эрэллэр эбит. Үлэһит норуоту үлэтиттэн тэйитэллэр, үлэ намырайар — олох тохтуур. Санааларыгар, атын сиргэ “сылааска” көһүтэн олорор курдук санаа этиллэр кэмигэр аҕам баҕа санаатын ыһыктыбакка ыччат иннигэр үлэлии сатаахтаабыт эбит. Арыгы баҕайы оҥоруута диэн сүҥкэн. Сааны эспэккэ, хаан-сиин таһаарбакка, хас эмэ көлүөнэ иннин сарбыйбыт, элбэх өйү сүүйбүт күүс. Дойду үрдүнэн үлэни кыайбат буолуу саҕаланар. Барыта аат эрэ харата барыҥныырга кубулуйар. Барбах барыҥныыр дьон быыһыгар мин аҕам сыыйа киирэн хаалаахтыыр... Ол иннинэ
оскуолаҕа учуутал үрдүк аатын ылан сырыттаҕа дии. Барыта кыраттан саҕаланар. Оччолорго арыгыта суох туох да быһаарыллыбат этэ. Мас-от киллэриититтэн саҕалаан, эгэ, киһи өллөҕүнэ, оҕо төрөөтөҕүнэ... Билигин да бу дьарык салҕанан бара турар... Биһиги ол өлүктүйбүт көлүөнэ эрэттэрэ буоллахпыт. Ол хас эмэ сыллар тухары “иһэр-аһыыр сиэр-туом” кытаанахтык иҥэн хаалбыта. Билигин да онон-манан сылтаҕыран, төрөөн-тиллэн, ылан-биэрэн “сууйа” сылдьар үгүс... * * * Үлэни өрө туппут норуот хаһан да өлөн-охтон биэрбэт. Холобур, Кытай. Билигин Кытай курдук кыахтаах дойду суохха дылы буолла. Ол дьон үлэни өрө тутан кэллилэр. Барытын бэйэлэрэ оҥороллор, үлэлииллэр-хамныыллар. Биһиги туохтаахпытый? Тугу киэн тутта кэпсиир кыахтаахпытый?! Куораты өрө мыҥаан олоруу, сүөһү иитиитэ мэлигир. Ас-үөл – тас дойду. “Хара үлэ” диэн үлэни араарабыт – хата ол оннугар илиибитин тоһуйан баран, улахан лааппылар айахтарыгар олорорбут саата кыра быһыылаах... Ахсааммыт аҕыйах диэхтиибит. “Үлэни сирэ-тала сылдьан хантан ылбыт үппүт-харчыбыт кэлиэй... Оҕолонуох иннинэ — иитиэх, иитиэх иннинэ — үлэ. Үлэни кыайар омук олоҕо туруктаах буолар диэн кырдьаҕастар сөпкө этэллэр. Үлэ сэриини кыайбыта! Үлэһит дьоммут ыччаппыт олоҕо тубустун диэн кыайбыта-хоппута, хаанын тохпута! Итирик, атахха арыычча дугунан сылдьан, үлэлии сылдьар дьону үөхсүөхпүт. Тугу кыайбыт-хоппут буолан, этэр-тыынар кыахтанныбыт? Кинилэртэн туох ордуктааххыный, үлэлээн оҥойор айаххын да сатаан ииттибэт буоллаххына? Хата, ол оннугар ханнык улуустан сылдьарын аатын ыйытыах иннинэ ыйытыахпыт... Тугу да хамсаппакка кураанаҕы куолулууру, салгыны сылытары сатыыбыт аҕай!.. * * * Билигин да норуоту чээрэлээн, кыаҕын ылар бэлиитикэ бара турар. Сойууһу эрэ эһэр бэлиитикэлээхтэрэ дии саныыгыт дуо? Суох. Норуоту норуокка утары туруоран “ас таһааран” дойдуну ыһар сыаллаах. Украинаҕа туох буолбутун кэпсиир наадата суох ини. Бырааттыы омуктары ускайдаан тиниктэһиннэрэллэр. Сойууһу бу сиэбитэ. Онно топпотохтор. Алдьатыылаах санааны итэҕэйэн, ылынан, утарыта тураллар. Түмсүбэттэр. Хоннохторун эрэ аннын саныыллар. Ол иһин сайдыы бытаарар. Хойох хостоһуутун курдук туһата суох дьарык суох! * * * Бу маны “билиҥҥи олоххо тиийэ тоҕо халыйдыҥ?” диэххит. Аҕам олорон ааспыт кэмэ. Билигин — биһиги кэммит. Аҕам барахсаны тыыннааҕар: “Иһээччи, сүрэҕэ суох...” – диэн, үөҕэн аҕай биэрбит буруйдаах эбиппин. Кэмигэр ситэ өйдөөбөтөх буруйдаахпын! Киһиэхэ кыра да сылаас саҥа эмтиир кыахтаах... Ол тыллары эппэтэхпин... Түөн саҕа хара санаа холорук буолан, ытыллан тахсыан сөп эбит. Санаатын көтөҕөн, кыратык да эйэҕэстик кэпсэтэн, санаа туймуутун эппэтэхпин. Аҕам барахсан төһөлөөх хомойбута буолуой... Ииппит уола санаатын ситэ истибэтиттэн төһөлөөх курутуйда... Санаан көрдөххө, ыарахан эбит. Киһи — санаа хамначчыта. Иһэр киһини биһиги өйдүү сатаабат эбиппит. Туох да туһалыа суоҕун курдук саныыбыт. Иһэр, сымыйа доҕотторо “өйдүүр” аатыран бииргэ иһэллэр-аһыыллар. Хаһан да кини туругар киириэ суох курдук сананабыт. Арааһа, кини киэбин кэтэн, этинэн-хаанынан эрэ билбит этэр кыахтааҕа буолуо. Сиилээһининэн муҥурданан хаалабыт.
Туохтан санаата оонньуурун түөргүлэһэр суох. Чахчы, итирик киһини кытта ким кэпсэтэн санаатын билэ сатыыра кэлээхтиэй. Дьон онно бириэмэтин, ньиэрбэтин бараабат. Биир үксүн ол сөп да буолуох курдук. Ол эрээри үгүс иһээччи өр кэмҥэ иитийэхтии сылдьыбыт, хас эмэ хос “күрүө” нөҥүө кистиир санаатын “аһыы” эрэ олорон, аһаҕастык этэр кыахтанар. Атын киһи оҕото диэн туора көрбөккө, оҕом диэн ылынан, ийэбин кытта билистэҕэ, ыал буоллаҕа эбээт. Кыаҕа тиийэринэн иитэ сатаатаҕа дии. Ону мин киһийдэх ситэ өйдөөбөтөх эбиппин. Булка-алка сыһыарбыт кимий – аҕам! Ол эрэ буолуо баара дуо... Өйдөөн, өйөөн махтанар кэлээхтиэ дуо?! Кэпсэтэ сатаан, итирэн баран көрдүүрүн итирик киһи тугу баҕарар оҥоруон сөп диэн, дьонум олох кэпсэтиннэрбэт буола сатыыллара сыыһа эбит. Ол сылдьан, аҕам уола буолбатахпын атын дьонтон истэн өссө бөтө барбыт эбиппин. Кэлин ийэбин кытта арахсан, куоракка көһөн күккүрээн киирбитэ. Нус-хас олох кэлбитин иһин, киирэн кэпсэтэн да барыах баара. Мин ол киириитин чахчы таҥнарыы диэн ылыммытым. Хойукка диэри, эрийдэҕинэ да, олох кэпсэппэт буола сатыырым. Сыыһа-халты туттуу ханна бараахтыай. Көннөрүнүө диэн этэн көрөн баран, тохтоон хаалбакка салгыы “бырах, кытаат, туругур” диэн күн аайы этэ-тыына сылдьыбыт буол — хайаһыа эбитэ буолла?! Ийэбин аһынарым бэрт. Ийэ сүрэҕэ баар хаһан да бэйэтин дьонугар куһаҕаны санаабат. Ийэм барахсан өйдөөх, инникини-кэнникини үчүгэйдик өйдүүр буолан аҕабын мөҕө-этэ барбатаҕа. “Кэлин бэйэтэ өйдүө” эрэ диэбитэ. Санаата бөҕөҕүн сөҕөбүн. Ийэм эппитинии буолбута. Кэлин аҕам булкуллан сылдьан баран төннө сатаабыта да, кини баҕатын хоту күрүө-хаһаа суоҕун курдук төннөр кыаҕа суох эбит этэ... Ийэм барахсан миэхэ да, киниэхэ да, хаһан куһаҕаны баҕарбыта кэлээхтиэй. Иккиэммитигэр үчүгэйи эрэ баҕараахтаан сырыттаҕа дии. Бу олоххо барыта санаа хоту табыллан иһэрэ буоллар, олох олоруу суолтата өлбөөдүйүүһү. Ол иһин урукку олох аһыы күннэрин хатылаабат эрэ курдук дьаһаныахха баар эбит. Тиһэх төлөпүөн Сааскы кус кэмэ. Ол күннэр билигин санаан көрдөххө, олох бэҕэһээ курдуктар. Ыраах тэринэн куска тахсан сытабыт. Санаа хоту кустаан табылынныбыт. Ботуруон баранан киирбит күнүм. Төлөпүөн тыаһаата. Ыллым. Аҕам. Итирик. Санаам алдьанна. Талыр гына бырахтым. Ол күн булдум да булт буолаахтаабата. Наар аҕам туһунан санаан таҕыстым. Онно да тиийэн “өйдөммөтөх” дии санаатым. Санаата туохтан эрэ алдьанан эрийбитэ буолуо диэн толкуй да суох. Онтон хас эмэ хонон баран, дьиэбэр эмиэ ботуруонум баранан кэллим. Киирдим. Дьонум арахсалларыгар курдук им-ньим көрүстүлэр. Туох буолбутун ыйыталастым. Балтым барахсан төһө эрэ айманан сылдьаахтаата. Ытаан-ытаан сирэйэ иһэн, харахтара нэһиилэ көстөр буола дарбайан хаалбыт сирэйдээх-харахтаах хос иһиттэн тахсан кэллэ уонна: “Паапаны өлөрбүттэр! Өлбүт!” – диэн хараҕын уутугар чачайа-чачайа эттэ! Биһиги дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын дуома буоллаҕым дии. Туттуна сатаатым. Син биир хараҕым уута ыгыллан тахса турар. Кистээн, дьоммор
көрдөрбөккө соттон иһэбин. Мин наһаа айманан ытаан-соҥоон бардахпына, дьиэлээхтэрбин барыларын аймаан кэбиһиэм диэн, дьоммун уоскутан тыл-өс буола сатаатым. Ол сылдьан аҕабын санаан, эппэккэ хаалбыт элэ-была тылларбын аны хаһан да этэр кыаҕа суохпуттан ордук харааста санаатым. Этиллибэтэх тыл-өс эгэ билигин туһалыа баара дуо. Ол эрээри бу курдукка олоххо түбэстэххитинэ, искитигэр тута сылдьыбатаргыт... * * * Билигин санаатахха, ол итирик олорон, кэпсэтэн кэҥээбитэ буоллар, баҕар, баар буолуо этэ диэн санаа ытырбахтыыр. Этиэхтээххитин эппэккэ хааллаххытына, санаа баттыга оҥостуоххут. Ол санаабын бигэргэппиттии ийэм: “Аҕаҥ түүн түөрт саҕана итирик эрийэ сылдьыбыта. Эйигин туоһуласпыта. Суох диэт, ууран кэбиспитим”, – диэбитэ. Ол кэпсэтэригэр хайдах эрэ ынчыктыыр курдук ыараханнык өрө тыына-тыына кэпсэппит. Саанан искэ таптаран олорон төлөпүөннээбит. Субу “бараары” олорон эрийээхтээбит. Туоһуласпыт. Бырастыы! Этиэхтээххитин кэмигэр этэ сылдьыҥ. Буркун.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан