Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыһыллыы сүрэ (кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыһыллыы сүрэ (кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
26.03.2020 20:00
Бу күннэргэ суруналыыс, суруйааччы Айталина Никифорова “Көрүнньүк олох көлдьүнэ” диэн саҥа кинигэтин таһаарда. Ааптар аныгы кэммит сиэрин-майгытын, дьон сыһыанын, олоххо бэйэ миэстэтин булунуу туһунан суруйбута элбэҕи толкуйдатар, иитэр-үөрэтэр суолталаах. Бүгүн биһиги кинигэҕэ киирбит биир кэпсээни бэчээттиибит. Елена Петровна кэлин күһүнү ордорор. Айылҕалыын уоскуйар, иһийэр, ис туругун иһиллэнэр биир кэрэ кэмэ. Кини сүүрбэттэн тахса сыл учууталлаата. Бэйэтэ да билбэтинэн оскуола бараммат түбүгэр үөрэнэн хаалла. Саҥа үөрэҕин бүтэрэн, оскуолаҕа кэлэн баран, сотору атын үлэҕэ көһүөм дии саныыра. Оҕо айдааныттан сылайдаҕына, хайа эмэ хонтуора чуумпу кэбиниэтигэр олоруон баҕаран кэлэрэ. Ол эрэн, күнтэн күн, сылтан сыл ааһан испитэ, кини буоллаҕына кылааһын оҕолоругар ылларан, күн аайы ытыллан олорор оскуола олоҕор үөрэннэ, убанна. Онон кэлин атын үлэ туһунан санаабат даҕаны. Ол эрээри, уопуттаах учуутал, аныгы үөрэх тиһигин астыммат. Оҕолор толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарбат, кинилэри көҥүл тутуллаах, күүстээх ис туруктаах гына ииппэт-үөрэппэт үөрэхтээһин дии саныыр. Оҕо алын кылаастан саҕалаан бэлэм бэриллэр эппиэттэртэн сөптөөҕү талар, уһуну-киэҥи толкуйдуу, ырыта барбакка. Сөп-сыыһа, үрүҥ-хара. Олоҕу оннук олус судургутук үрүҥҥэ-хараҕа эрэ арааран олорор дьон ол иһин элбээтэ. Күннээҕинэн олоруу, бу — сыыһа, оттон бу – сөп, атын — суох. Киһи барахсан амарах айыы санаата ол да иһин олус тутахсыйда. Елена Петровна, литератураны биэрэр буолан, оҕолору, көннөрү, сочинение сатаан суруйар ньымаҕа эрэ үөрэппэт. Кини, улуу суруйааччылар айымньыларыгар олоҕуран, үөрэнээччилэрин киһилии сиэргэ-майгыга, таптал сүдү күүһүгэр иитэр. Биллэн турар, уруокка бэриллэр чаас онуоха тиийбэт, ол иһин кини эбии үөрэтэр. Хомойоро диэн, ол эбии үөрэххэ сылдьар оҕо ахсааннаах. Бары биир кэлим эксээмэҥҥэ киирэр биридимиэттэригэр сылдьаллар, онон кини литературатын суолталаабаттар. Ол да буоллар, аҕыйах оҕо сылдьар. Быйыл литературам куруһуогун салгыырым дуу, суоҕа дуу… Мин даҕаны, атыттар курдук, чааспын биэрэ-биэрэ сылдьыахпын сөп. Куруһуогум бириэмэбин эрэ сиир. Кэргэним этэригэр дылы, ол оннугар нуучча тылыгар репетитордаан харчы аахсыахпын сөп этэ. Ол мин аҕыйах оҕоҕо улуу нуучча классиктарын айымньытыгар үөрэтэрим, үйэ тухары киһини киһи гыммыт сиэри-майгыны, аһаҕас, көнө сүнньүлээх буолууну, олоххо тапталы сыаналааһыны, аһыныгас, амарах сүрэхтээх буолуу курдук иэйиини иҥэрэ сатыырым наада буолуо дуо? Аныгы, “олох диэн охсуһуу” диир кэммитигэр үтүө санаалаах, сэмэй, аһаҕас дууһалаах дьону мөлтөх курдук сыаналыыр буоллулар. Тимир тыҥырахтаах, сытыы тиистээх-уостаах, тоҥолоҕунан үлэлиир дьон тахсар кэмнэрэ кэллэ ээ, быһыыта. Бу кэмҥэ мин, баҕар, оҕолору былыргылыы сыыһа үөрэтэрим буолаарай?.. Сылтан сыл аайы мин литературнай куруһуокпар сылдьар оҕо ахсаана аҕыйаан иһэр. Саламта да өйөөбөт. Былырыын дириэктэр туох диэтэ этэй? “Бу Елена Петровна курдук ис дууһатыттан математика да учуутала үлэлээбэт ээ!” – диэбитэ. Ол аата “эн литератураҥ наадата суох” диир тыла буоллаҕа. Чэ, кырдьык, быйыл аккаастаныам! Уопуттаах учуутал ити курдук эргитэ саныыр
санаатын ис дууһатыгар баар куолас утарар. Эн олоҕуҥ анала аҥаардас быраабылаҕа үөрэтии үһү дуо? Бачча сыл устата оскуолаҕа үлэлээн, төһөлөөх үтүө дьону иитэн-үөрэтэн таһаардыҥ? Дьиҥэр, эн үлэҥ түмүгэ ким ЕГЭ-ҕэ төһө баалы ылбытыгар буолбатах, эн оҕолору КИҺИ буоларга иитэҕин. Онно сытар эн үлэҥ сүрүн анала! Елена Петровна былырыыҥҥы куруһуогун оҕолорун санаан кэллэ. Хайдах кинилэри быраҕан кэбиһиэй? Балаҕан ый ортотуттан кини литературатын куруһуогун салҕаата. Арай быйыл хаһааҥҥыттан да элбэх оҕо суруйтарбыт. Елена Петровна соһуйа да санаата. Бэл диэтэр, уолаттар бааллар. Ол аата дьон өйүгэр-санаатыгар уларыйыы баар буолан эрдэҕэ. Кини куруһуогар орто кылаастан ыла бэйэтэ суруйтаран көтүппэккэ дьарыктанар Айыына диэн кыыс баар. Кини атын оҕолортон хайдах эрэ ураты. Оттомноох. Быйыл кыыс тоҕо эрэ уку-сакы. Уруккутун курдук көхтөөхтүк кыттыбат, сайын ааҕаарыҥ диэбит айымньыларын төрүт даҕаны тутан да көрбөтөх. — Айыына, быйыл эйигин билбэппин дии? Туох эрэ санааҕа баттаппыт курдуккун? Елена Петровна кыыһы уруок кэннэ хаалларан кэпсэттэ. Кыыһа эмискэ остуолга умса түһэн олорон ытаата. — Туох буоллуҥ, Айыына? Уоскуй. Миэхэ кэпсээ, баҕар, мин тугунан эрэ көмөлөһүөм… — Суох, миэхэ ким даҕаны көмөлөһөр кыаҕа суох! — Айыына, этиэххин баҕарбат буоллаххына, кэпсээмэ. Ол гынан баран, мин көмөлөһөргө бэлэммин. — Мин ийэм хайдах эрэ буолан хаалбыт. Кыбартыырабытын атыылаан кэбиспитэ, билигин ыалы кэрийэ сылдьабыт. Дьиэ харчытын ханнык эрэ фирмаҕа уктум, онтум үс төгүл улаатан кэлиэ диир. Үлэтиттэн уурайан, билигин ол фирмаҕа сылдьар. Сарсыарда эрдэ барар, киэһэ хойут кэлэр. Мин көрдөхпүнэ, туох эрэ пирамидаҕа киирбит. Кими да истибэт. Өйө-санаата харчы эрэ. Ол гынан баран, харчыта суох. Наар иэскэ сылдьар. Онон мин үөрэнэр да кыаҕым суох. Хантан ол кинигэ ааҕыахпыный? Дьонтон дьоҥҥо көһөртөн сылайдым! — диэн баран, кыысчаан хараҕын уута иэдэһинэн субуруйда. Елена Петровна оҕону уоскутта. Бэйэтэ Айыынаны аһынан, ороһуйан хаалла. Хайаан даҕаны кыыс ийэтин кытта кэпсэттэҕинэ табыллар. Өрөбүл күн ол дьоҥҥо тарҕаммыт, биллэн эрэр фирмаҕа тиийдэ. Кинини үөрэ-көтө көрүстүлэр. — Билигин организмҥар баар сыаҕын быһаарыахпыт! Биһиэхэ кэлбитиҥ олус үчүгэй! Биһиги килийиэннэрбит түргэнник ыраллар, эдэрдэригэр түһэллэр. Олоҕуҥ чыҥха атын буола түһүөҕэ! Көрөрүҥ курдук, манна бары олоҕу сатаан туппут, ситиһиилээх эрэ дьон үлэлиибит! Оннук буолбат дуо? — биир орто саастаах, кэтит сирэйдээх дьахтар саҥаран-иҥэрэн умайыктанна. Кини саҥардаҕын аайы атыттар ытыстарын таһыналлар. Туохтан эрэ бары олус үөрэллэр. — Суох, суох, мин киһини көрдөөн кэллим. Сара диэн эһиэхэ үлэлиир дуо? — Аа, Сарочка! Баар, баар! Сотору кэлиэҕэ. Эн Сараны уруккуттан билэҕин дуо? Көрөөр эрэ, кыыһыҥ билигин адьас атын киһи! Ситиһии киһини тосту уларытар! Өйдүүбүн ээ, кини биһиэхэ бастаан кэлбитин. Олохтон сылайбыт көрүҥнээх, модьу баҕайы дьахтар этэ. Билигин кыыс оҕото! Эн эмиэ биһиги хамаандабытыгар
киир! Начаас ырыаҕыҥ! Олох атын кыраасканан оонньоон көстүөҕэ! — Элеонора диэн ааттыыр дьахталлара тылын ылыннара сатаан сүрдээх. — Мин урут буҕаалтырынан үлэлиирим. Хамнаспыт дуома кып-кыра, ол туһуттан хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри үлэлиирим. Бу фирмаҕа киирэн хараҕым аһылынна ээ! Билигин үп-харчы хотоҕостуу субуллар. Харчыбын аахпаппын! Тымныы кыһыҥҥа манна тоҥон-хатан олорбоппун, соҕуруу сылаас дойдуга кыстыыбын. Дойдубар сайын кэлэбин. Этэргэ дылы, минньигэс олохтоохпун! Эн мин курдук олоруоххун эмиэ сөп! Бу Сара эмиэ оннук олорон эрэр! Быйыл сайын кыыһыныын Америкаҕа баран кэлбитэ! Барыта супер! Елена Петровна дьахтар саҥатыттан сылайа быһыытыйда. Хата, Сара Ивановна кэлэн абыраата. — Сарочка, ити саҥа кэлбит киһиэхэ бородууксуйабыт туһунан үчүгэйдик кэпсээн киллэрэ сатаа эрэ! Бачча сайдыылаах, баай-талым олохтон хайдах аккаастаныахха сөбүй? — Элеонора этэн-тыынан хаалла. Оттон Сара Ивановна кинини тута биллэ. Кулук-халык тутунна. Дьахтар, кырдьык, ырбыт, оҥостубут-туттубут. Ол гынан баран, хараҕа биир сиргэ тохтообот, тоҕо эрэ иччитэ суоҕунан көрүтэлиир. — Мин Айыынаны аһынан кэллим. Кини мин биир бастыҥ үөрэнээччим этэ. Быйыл олус ыһыллаҕас, биир да кинигэни аахпатах. Олорор дьиэбит суох диир дии. Ону билсээри кэллим. — Елена Петровна, мин дьиэбин атыылаан баран, тута икки кыбартыыраҕа долевойга укпутум, онон бу быйыл арендаҕа олоробут. Кыыспар туспа кыбартыыра оҥоруом этэ буоллаҕа дии! Айыына эргэ дьиэтин аһыйаахтыыр. Кинини саҥа олох күүтэрин өйдөөбөт! Мин урут сыыһа да олорбут эбиппин! Ый аайы кыракый хамнас кэлэрин кэтэһэрим, харчым утары дьиэ-уот, кирэдьиит төлөбүрүгэр барара. Хайдах киһи сааһын тухары оннук олоруой! Хата, бу фирма арыллан, билигин мин олоҕум тосту уларыйда! Олус дьоллоохпун! Билигин аан дойдуну кэрийэбин, аан дойду дьонун кытта алтыһабын! Баҕардым даҕаны, Америкаҕа барабын! Урут ыйааһыным улахан этэ, билигин хайдахпыный? Хааным баттааһына улахан буолан, наар төбөм ыалдьар этэ, билигин онтукпун букатын даҕаны умуннум! Дьиҥнээх, сөптөөх олох диэн тугун дьэ билэн сылдьабын! — Оттон Айыына наһаа оҕустарбыт көрүҥнээх ээ. Оннук барыта үчүгэй буоллаҕына, кини тоҕо наар санаата түһэн сылдьарый? Наһаа уларыйбыт, дьүдьэйбит. Түптээх олоҕо суоҕа биллэр. — Этэбин дии! Бакаа оннук диэн. Сотору дьиэ атыылаһыам эбэтэр букатын даҕаны атын дойдуга баран олоруохпут! Ол биһиги бырааппыт! Тоҕо хайаан даҕаны бу тымныы дойдуга олоруохтаахпытый? Айака! Биһиги, баҕар, быйыл даҕаны көһөн хаалыахпыт! Манна туох даҕаны туппат! Биисинэспин эрэ таһаара түһүөхпүн наада! Арба, эһиги, учууталлар, хамнастааххыт дии, бу биисинэскэ киириҥ эрэ. Бэйэҕит абыраныаххыт! — Сара Ивановна, киһи этэрин истибэккин дии. Олоҕунан оонньуур табыллыбат. Үрэйэр – чэпчэки, хаттаан тутар уустук буолар, хаһан баҕарар. Мин көрдөхпүнэ, бу — пирамида аҥаардаах тэрилтэ, сотору сабыллыа. Эрэлэ суох дьыала. Хайдах бу билбэт дьоҥҥор эрэнэн, дьиэҥ-уотуҥ харчытын бүтүннүү кутан биэрдиҥ? — Эн көрдүҥ дии, ити Элеонораны! Кини Турцияҕа
виллалаах! Онно баран кыстыыр. Бу фирма киниэхэ оннук кыаҕы биэрбит. Кини үрдүк таһымҥа сылдьар буолан, үп-харчы кутулла турар. Кини — олус баай! Мин кини таһымыгар тиийэн баран тохтуом этэ. Сара сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Киһи тылын букатын ылыммат. Өйүн улаханнык баайтарбыт. Хайдах ити курдук буолуохха сөбүй? Кини улахан тэрилтэҕэ хайа эрэ салаа хотуна этэ, үчүгэй үлэлээх курдуга. Үчүгэйкээн кыыстаах. Дьэ, уонна, түргэнник байа охсоору, саарбах соҕус дьыалаҕа киирбит. Хараҕар харчы кыбыллан, тугу даҕаны истибэт-көрбөт буолбут. Урут итинник сытыы-хотуу, оттомо суох тыллаах-өстөөх буолбатах этэ. Харса-хабыра суох буолбут. Кини тылын тамаҕыттан өйдөөтөххө, биһиги бары сыыһа олоробут, сыыһа аһыыбыт, сыыһа дьону кытта алтыһабыт. Бу кини тарҕатар биисинэһэ эрэ сөп үһү. Ситиһиилээх дьон бары ити Сара курдуктар эбит. Оҕотугар даҕаны кыһаллыбат курдук. Өссө миигин биисинэһигэр угуйа сатаата. Буолар да эбит! Дьону угуйа сатаан ити сылдьарыттан да сэрэйдэххэ, бэрт эрэйинэн кэлэр үп буолуо ээ, бадаҕа. Чэпчэкитик байбыты билбэппин. “Тыалынан киирбит — холоругунан тахсар” дииллэр сахалар. Уонна, адьас өйдөөбөтүм, хайдах ол бороһуогу испит киһи тосту уларыйыан сөбүн. Баһаалыста, ырдын, тубустун. Ол эрээри, тоҕо олоҕун булгуччу уларытан, ити урут билбэтэх дьонун батыһыахтааҕый, сектаҕа дылы? Киһи баһын бэйэтэ билиниэхтээх… Ити курдук саныы-саныы, Елена Петровна оскуолатыгар тиийдэ. Куруһуок буолар күнүгэр кылааска Айыынаны көрбүтүнэн киирбитэ. Хата, кыыһа баара… Оттон кини, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, оскуола тэтимнээх олоҕор олорсон, саас кэлбитин өйдөөмүнэ да хаалбыта. Биир ылааҥы күн соһуччу Сараны көрсө түспүтэ. Кини Айыына ийэтин нэһиилэ билбитэ. Бэйэтэ дорооболоспотоҕо буоллар, оннук билбэккэ ааһыа этэ. Били тырымнаабыт Сараттан туга даҕаны хаалбатах. Дьыала уойбутугар буолбатах. Хайдах эрэ уларыйан хаалбыт. Киһи хараҕын таба көрбөт, солуута суох элбэҕи саҥарар. Елена Петровна ордук кини көрөрүттэн дьик гыммыта. Хараҕа ол курдук өһөн хаалбыт. Олус сылайбыт дуу, улаханнык ыалдьан баран бэттэх кэлэн эрэ дуу киһини санатар. Киниттэн ыһыллыы сүрэ биллэр. — Дорообо! Хайа туох сонуннааххын? — Барыта үчүгэй! Бу сайын Айыыналыын соҕуруу барыахпыт! Кыыһым соҕуруу куоракка үөрэниэҕэ! Манна хантан билиини ылыай! — Эс, маннааҕы университет уруккуттан чиҥ билиини биэрэр, дэлэҕэ даҕаны манна атын дойдуттан кэлэн үөрэниэхтэрэ дуо? Биир бэйэм университеппар махталлаахпын эрэ. Ол эрээри, Айыына бэйэтэ быһаарыа, ханныкка киирэрин. Бырастыы гын, Айыына билигин даҕаны ыалга кыбыллан олоробут диир. Дьиэҕит боппуруоһун хаһан быһаараҕын? — Саха сиригэр дьиэ-уот тэринэн да диэн! Этэбин дии, биһиги атын дойдуга көһүөхпүт. Манна миигин туох даҕаны туппат! Кыыс оскуоланы эрэ бүтэрдин! Елена Петровна дьон олоҕун оҥкула ити курдук чэпчэкитик уларыйан хааларыттан дьиксинэр. Тоҕо эбитэ буолла? Аныгы олоххо дьон олус мунна. Ити төрдө-төбөтө бэйэ итэҕэлин, сиэрин-туомун билбэттэн, ылымматтан тахсар. Киһиэхэ эркээйи буолар төрүт өй-санаа баар буолуохтаах. Бэйэ
киэнэ суох буоллаҕына, бу Сара курдук үтүктээйи олох киирэр. Дьиҥэр, кини курдуктар элбэхтэр. Атын итэҕэлгэ барыы, онтон сылтаан мунуу-тэнии. Баар эбээт, саханы саха дэтэн кэлбит бэйэбит итэҕэлбит, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сиэрбит-туоммут. Ону тоҕо анаан үөрэтии суоҕуй? Биһигиттэн, учууталлартан, оннук ирдэбил турбат. Арай, бэйэм санаабыттан классик суруйааччылар айымньыларыгар олоҕуран, итэҕэл, сиэр-майгы, киһилии быһыы сыаннаһыгар иитэ сатыыбын. Бигэ ис туруктаах, итэҕэллээх, ийэ тыллаах эрэ киһи бу аныгы уустук кэмҥэ ис дьиҥин, көҥүлүн тутан сылдьыа. Оттон өбүгэ итэҕэлин билбэт, ылыммат, ийэ тылын сүмэтин иҥэриммэтэх киһи үтүктээйи буолар дьылҕалаах, кини бар дьонун, омугун дьылҕатын түстэһэр кыаҕа сарбыллар. Тас олоххо, туораттан киирбит үөрэххэ, атын олох сиэригэр сыстан, бэйэтин сүтэрэр. Ити Сара курдук. Санаан көрүҥ, кинилэр, дьиҥэр, үөрэхтээх, интэлигиэнсийэ диэн ааттыыр дьоммут эбээт… Елена Петровна ити курдук санаа баттыга буолан иһэн, дириҥник өрө тыынна. Айталина Никифорова. Хаартыска — goodimg.ru саайтан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан