Кэпсээ
Войти
Регистрация
Киинэ курдук санаан олорон аахтым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Киинэ курдук санаан олорон аахтым
K
edersaas.ru
Категорията суох
08.01.2020 10:34
Мин сүрүн үлэбин сэргэ, харахтарынан көрбөт эбэтэр куһаҕаннык көрөр дьоҥҥо наада буолуо диэммин 1995 сылтан саҕалаан, көрбөт дьоҥҥо сахалыы алпаабыты айаммын, суругу-бичиги ол алпаабыкка түһэрэбин. Онон, кэнники сылларга балачча элбэх сахалыы кинигэни ааҕан, ааптардары кытары билсэн астына сылдьабын, кинилэр тылларыттан-өстөрүттэн сахалыы ыраастык саҥарарга үөрэнэбин. “Брайль устуруоката” диэн тэрил баар. Ол көмөтүнэн көрбөт киһи көмпүүтэртэн, төлөпүөнтэн, интэриниэттэн ханнык баҕарар файлы ааҕар кыахтанар. Дьэ, мин эмиэ ити ньыманан туһанан, кинигэлэри ааҕабын. СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Надежда Егорова-Намылы уонна Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах “Тайҕа таайыллыбатах таптала” диэн соторутааҕыта эрэ тахсыбыт кинигэлэрин биир тыынынан аахтым уонна кылгастык санааларбын билиһиннэриэхпин баҕардым. Бастатан туран, кинигэ ис хоһооно, тутула олус үчүгэй, дириҥ, киһиэхэ элбэх өйү-санааны саҕар. Төһө да ааҕан бүтэн, хас биирдии сюжетын нойосуус билбит да буолларбын, иккистээн эмиэ олус умсугуйан аахтым. Кинигэ сюжета киһини тардар. Сэһэн дьоруойа Борокуоп оҕо эрдэҕиттэн үөлээннээхтэриттэн атаҕастана улааппыт. Дьиҥэр, оччотооҕу тыа оҕото үксэ да хотон сыттаах буолуо да буоллар, Борокуопу, тоҕо эрэ, хотон сыттааҕынан күлүү-элэк оҥостоллор. Аармыйаҕа тиийэн атаҕастабылы, сэнэбили көрсөр. Урут да, билигин да ханнык баҕарар аармыйаҕа атаҕастааһын, тургутан көрүү баар. Аармыйаттан киһи аҥаара буолан эргиллибитин кэннэ, Борокуоп дьолугар, киниэхэ Тыаһыт оҕонньор чугас атас-доҕор буолар. Тыаһыт кинини айылҕаҕа, булка-аска сырытыннаран, үөрэтэн-такайан киһи оҥорор. Онон, Борокуоп барахсан киһиэхэ киһилии сыһыаны, доҕордуу илиини бу кырдьаҕас оҕонньортон эрэ билэр. Мин толкуйдуурбунан, ханнык баҕарар саха киһитэ айылҕаны төрүөҕүттэн таптыахтаах. Биһиги айылҕа оҕолоро буоллахпыт дии. Ол да иһин, тенгрианство диэн теорияны киллэрэ сатыыллар. Холобур, мин сарсыарда аайы даачабар ойон тураат, сэрээккэлиибин, күммүн көрөн туран, мэлииппэ ааҕабын, махтанабын. Киһи айылҕаны кыра сааһыттан таптыахтаах. Арай, Борокуоп булчут буолбатаҕа буоллар, баҕар, айылҕаны таптыа эбитэ дуу, суоҕа дуу? “Тайҕа таайыллыбатах тапталыгар” ааптардар аҥаардас дьоруойдарын хамсатыынан, майгыларын арыйыынан эрэ үлүһүйбэккэ, айылҕа күн бүгүҥҥэ диэри таайыллыбат дьикти көстүүлэрин киллэрэн биэрэллэр. Холобур, тыа адьырҕа кыыла дьахтары быыһыырын ким эмэ итэҕэйиэн да, итэҕэйимиэн да сөп, итинник буолуон да, буолумуон да син. Ол гынан баран, мин санаабар, олоххо буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, айылҕаны кытары ситиммит биир. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьахтарга тыһы эһэ эбэтэр Борокуоп ойуун буолан көмөлөстө, абылаата дуу? Аны, Борокуоп чаҕылҕаҥҥа оҕустарыаҕыттан сылтаан эбитэ дуу, айылҕа кыылларын, көтөрүн-сүүрэрин кытта киһилии кэпсэтэр. Маннык ойуулааһыннарынан айылҕа киһини хайдах иитэн таһаарарын, киһи уонна айылҕа биир ситимнээхтэрин итэҕэтэллэр. Ааптардары сирэй билбэтиҥ да иһин, сэбиэскэй кэмҥэ иитиллибит дьон буолалларын бүтэйдии сэрэйэҕин. Холобур, сэбиэскэй кэмҥэ сэбиэттээбит, билигин кыракый тыа сиригэр баһылыктыыр Ньукулай Саабыс Борокуобу хайдах курдук хайгыырый, сыаналырый, ытыктыырый? “Бу үлүгэр түҥ тыаҕа соҕотох олорорго модун санаа, айылҕаҕа муҥура суох бэринии эрэйиллэр. Мин санаабар, Борокуоп курдук дьон баар буолан, айылҕабыт чөл
харыстаныллан турдаҕа” , — диир. Кырдьык, киһи олорор дьиэтэ, даачата, сайылыга барыта ып-ыраас буолуохтаах. Биир бэйэм, төһө да харахпынан мөлтөхтүк көрдөрбүн, тиэргэним иһин биир да бөх-сыыс суох буолуор диэри ыраастыы, хомуйа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Орто дойдуга киһи анала — ыал буолуу, оҕо төрөтүү. Эн олоххун кинилэр салгыыллар. Ол эрээри, киһи анала бу эрэ буолбатах дии саныыбын. Таптал муҥутуур дьолун билии – кини анала уонна ытык иэһэ. Билиҥҥи олоххо көрдөххө, соҕотох эрэ тапталлаах этибит диэн, иккистээн олохторун оҥосто сатаабакка, оҕоломмокко-урууламмакка хаалбыт кэрэ аҥаардар элбэхтэр. Мин санаабар, кинилэр сыыстараллар, эр киһи айылҕаттан бэриллибит күүстээх иэйиитин билбэккэ хаалаллар. Этэргэ дылы, эр киһи уонна дьахтар сыһыаныгар духуобунай эрэ буолбакка, эт-хаан чугасаһыытын ханнык баҕарар киһи билиэхтээх, тардыһыахтаах. Наһаа элбэх саха дьахтара соҕотох олорор. Соҕотохсуйуу кыһалҕата Европаҕа да, Эмиэрикэҕэ да элбии турар. Оттон кинигэбит дьоруойдарыгар соҕотохсуйуу муҥа-соро барыларыгар да көстөн ааһар курдук. Борокуоп социализацияны барбакка хаалбыт, уопсастыбаттан тэйбит. Ону, хата, куорат кэрэ дьахтара Виктория кэлэн, дьол диэн тугун биллэрэр. Хаһан да харахтаан көрбөтөх дьахтарын ис сүрэҕиттэн таптаан кэбиһэр. Иккиэн да бэйэ бэйэлэригэр тардыһыылара, аныгы кэм сорох дьонун курдук, таҕылы таһаарыы, ханнарыы уххана буолбатах. Түүн биир үүтээҥҥэ утуйа сытан, бэйэ-бэйэлэрин кытары чугасаһыахтарын төһөлөөх баҕаралларый? Ол эрэн, сиэрдээх майгылаах дьон буолан, туттуналлар. Бу түүҥҥү түгэнинэн ааптардар сиэрдээх майгыны өрө туппуттарыгар, ааҕааччы быһыытынан, махтана санаатым. Нууччалыы эттэххэ, “ниже плинтуса” түһэрбэтилэр. Бу иннинэ доҕорум, бэйиэт Егор Старостин-Байаҕантай бэчээккэ тахса илик кэпсээннэрин аахпытым. Киниэхэ эмиэ манна маарынныыр сюжеттаах, Долгунча туһунан кэпсээннээх. Дьааҥы хайаларын кыыһа Кирииһэ диэн булчуту таптыыр, кэтэһэр… Байаҕантай даҕаны, “Тайҕа таайыллыбатах таптала” кинигэ ааптардара даҕаны тапталы хайдах курдук харыстаан, үөһээ көтүтэн суруйбуттарыттан астынным. Сэһэн биир утаҕын хамсатар дьонунан Германнаах Зоя буолаллар. Герман – Виктория кэргэнэ. Герман оҕо сааһа эмиэ олус чэпчэкитэ суох, ийэтэ соҕотоҕун иитэр, сэнэбили билэ улаатар. Ол гынан баран, Борокуоптан атына диэн – кини атаҕар турар, үтүө үлэһит буолан, тэрилтэ салайааччытыгар тиийэ үүнэр. Кэргэнин, Викториятын, олус таптыыр. Онтон сааһыран баран Виката наадыйбат буолбутугар, дьиҥэр, Герман буруйа суох… Виктория тоҥуйдук сыһыаннаспатаҕа буоллар, Герман дьиэ сууйар эдэр дьахтарга аралдьыйыа суох этэ. Кини ханнык да кылаабынай бухгалтеры дуу, хотун чыыннаах дьахтары дуу буолбакка, болҕомтотун дьиэ сууйааччыга уурар. Ол аата, дьахтар статуһун буолбакка, кини майгытын сөбүлүүр. Итинэн, ааптардар Герман киһи быһыытынан боростуойун арыйдылар. Билигин итинник тойон аҕыйах, уон эрэ бырыһыан буолара дуу, суоҕа дуу? Тойоттор, салайааччылар үлэһиттэригэр ыарахан кэмҥэ харчы да биэриэхтэрин баҕарбаттара эмиэ баар буолааччы. Оттон Герман Герасимович салайар кэлэктиибин түмэр, “хас биирдии киһи кэлэктиип чилиэнэ буолар, кыһалҕабатын бары бииргэ быһаарыахтаахпыт” диир. Онон, ааптардар сэбиэскэй кэм салайааччытын уобараһын ааҕааччыга санаппыттарыгар, сэбиэскэй
былааһы үөхпэтэхтэригэр махтана санаатым. Кыбытыы Уйбаан төһө да киһиэхэ сөбүлэппэт майгылааҕын иһин, ааптардар кинини тоҕо эрэ, оруо маһы ортотунан ойуулаабаттар. Наадалаах сиригэр кинини көр-күлүү курдук көрдөрөн, киһи сонньуйуох да, аһыныах да курдук киллэрэллэр. Ханнык баҕарар айымньыга көр-күлүү наадатын табатык өйдөөбүттэр. Туох барыта бүтэр уһуктаах, түмүктээх… Ааҕааччыга барытын арыйан кэбиһимиим. Арай, Виктория Борокуобу “уһугуннаран”, кэлин баҕар атын да тапталы булуо диэн тус эрэ санаабын этиэхпин сөп. Ааҕааччы бэйэтэ толкуйдуо. Таптал киһиэхэ хайа баҕарар сааскар кэлэр. Орто дойду олоҕо киһиэхэ хаһан баҕарар соһуччуну, дьиктини утары уунар. Сорох дьон итинник санаабат, олохтон үчүгэйи, кэрэхсэбиллээҕи күүппэт буолан, барытын бороҥ кыраасканан көрөллөр. Киһи олоҕу таптыахтаах. Күн аайы бу орто дойдуга күөх халлааны көрөргүнэн, чыычаахтар ырыаларын истэргинэн дьоллооххун. Олох сүрүн соруга үбү-харчыны сырсыы буолбатах. Киһи чэгиэн туруктаах буолуохтаах, билиини-көрүүнү эккирэтиэхтээх, күн аайы туох эрэ саҥаны арыйыахтаах. Күндү ааҕааччым, баҕар, туох да итэҕэһи-быһаҕаһы ыйбатыҥ диэҕиҥ. Кинигэни киинэ курдук көрөн олорон аахтым, кылгас кэмҥэ кинигэ дьоруойдарыныын биир олоҕунан олордум. “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru cайтка анаан Пантелеймон ЕГОРОВ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан