Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Мөлтөх ботуруон сии сыспыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Мөлтөх ботуруон сии сыспыта
К
Кыым
Дьылҕа
19 часов назад
Эдэр-сэнэх эрдэхпинэ күһүн аайы уоппуска ылан дойдубар – Чаара өрүс тардыыларыгар – сопхуоһу кытта дуогабар түһэрсэн тииҥниир, киистиир үгэстээҕим. Мэлдьи да буоларын курдук, биир күһүн эмиэ үһүө буолан бултуу таҕыстыбыт. Бас-көс киһибит – булка оройуон, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, “Бочуот знага” уордьаннаах Павел Худаев, иккиспит – Родимир Худаев диэн 100-тэн тахса киилэ ыйааһыннаах, өр силиэдэбэтэлинэн үлэлээбит дьиҥнээх саха бухатыыра. Кини билигин дойдутугар Бэс Күөлүгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Барар сирбит – бөһүөлэктэн 15 көс ыраах, Иркутскай уобалас ыпсыытыгар сытар Сис Анна диэн урут холкуос сылгыта-сүөһүтэ турбут сирэ. Чаара эбэ хотун кытылын ото-маһа, айылҕата кэрэтэ ама туохха тэҥнэһиэй, киһи дууһата ыллыыр үтүө дойдута. Дьонум икки ындыылаах атынан Чаараҕа түһэр Ыарҕалаах диэн үрэҕи өксөйөр буоллулар. Мин аара бултуу-бултуу баран кинилэр тохтообут сирдэригэр тиийиэхтээхпин. Урут хаһан да сылдьыбатах сирбинэн Кураанах үрэҕи батан иһэн үөһэ сискэ таҕыстым. Икки ыттаахпын. Күн аҥаара айаннаан баран, биир улахан үрэххэ кэллим. Олус хойуу, 2 миэтэрэ курдук үрдүктээх ыарҕа талах дойду эбит. Бу истэхпинэ эмискэ ыттарым үрэн маргыһа түстүлэр. Туох да көстүбэт, ыттарым тыастара-уустара сүрдээх. Улахан кыылы туруорбуттарын тута сэрэйдим. Тозовкабын бэлэм тутан турабын. Өр-өтөр буолбата, ыттарым саҥалара субу чугаһаан кэллэ. Сотору ыарҕа быыһынан улахан адаар муостаах сүүнэ улахан лөкөй тайах көһүннэ. Үрэх уҥуор ойон эрдэҕинэ биирдэ ойоҕоско ытан хааллым. Ыттарым тайах кэнниттэн ойо турдулар... 20-ччэ мүнүүтэ буолан баран ыттарым ыраах тыа анныгар тиийэн үрэр саҥалара иһилиннэ. Аҕылааһын-мэҕилээһин бөҕө буолан, ыттарбар сүүрдүм. Ыттарым тайаҕы урут уот сиэбит үрэх эниэтигэр тохтоппуттар. Хата, ото-маһа намыһах. Синньигэс, хаппыт титириктэринэн, бөлкөй талахтарынан сирэйдэнэн үөмэн киирэн баран, 60-ча миэтэрэ сиртэн тайаҕым ойоҕоһун көрө-көрө ыт да ыт. Кыылым туох да буолбат. Ыттарга кыыһыран сүүнэ улахан адаарыспыт муостарынан маһы үлтү кырбыыр тыаһа туох да сүрдээх. Бултуу бараары сылдьан “Сахабулт” концернтан тозовка саҥа ботуруоннарын атыыласпытым. Сиигирбит ботуруоннар түбэспиттэр быһыылаах. Бу ыта турдахпына, кыылым миигин таба көрөн ылла. Кулгаахтарын ньылатан баран талахтары-мастары аҥаар кырыытыттан үлтү барчалаан, тоҕо күрдьэн, адьас тааҥка курдук, миэхэ утары ыстанна. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр сирэйэ субу кэлэн барыс гына түстэ. Тозовкабынан хараҕын кыҥаан ыта охсон баран, тута уҥа диэки ыстанан кэбистим. Ол кэннэ хоройон турар мастан иҥнэн, эниэ устун аллара төкүнүйдүм. Аллараа тиийэн, хата, бэрт сылбырҕатык ыстанан турдум уонна улахан мастар баалларыгар сөрүөстэ биэрдим. Ыттарым саҥалара сүрдээх. Кыылым биир сиргэ эргийэн кулахачыйа сылдьар. Арааһа, хараҕар таптарбыт быһыылаах. Дьэ уоскуйан батарантааспын хасыһан, былырыыҥҥыттан ордон хаалбыт 5-6 устуука 1-кы категориялаах хара ботуруоннары булан ыллым. Олус үөрдүм. Ити кэмҥэ хайыы үйэ киэһэрэн эрэр этэ. Ыттарым үрэллэр да үрэллэр. Кыылбар бардым... Иккитэ
ытан охторбутум. Дьэ “һуу” диэн, кыылым аттыгар тиийэн олорон эрэ баран уоскуйбутум. Дьэ, ол кэннэ балай эмэ өр кыылбын астаабытым. Ол сылдьан көрбүтүм, буулдьаларым кыылы букатын да хоппот эбиттэр. Түөһүттэн эт ылан манааҕыбар баанным, дьонум балааккаларын көрдүү бардым... Ити курдук хаачыстыбата суох ботуруону ыламмын өлө сыһан турардааҕым. Анатолий Габышев, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан