Кэпсээ

Сохсо

Главная / Кэпсээн арааһа / Сохсо

К
Кыым Дьылҕа
18 часов назад
Былыр өбүгэлэрбит “сохсо” диэн абыраллаах тэрили айан хаалларбыттар. Ону өссө чопчу ким айбыта биллибэт, сохсону үүт-үкчү гына Сибиир омуктара бары оҥостоллор. Бириинсибэ уларыйбат. Кээмэйин улаатыннаран, быһыытын-таһаатын кыратык уларытан, эһэттэн саҕалаан кутуйахха диэри, барыларыгар туһаныахха сөп.    Төһө өйдөнөрүн билбэппин эрээри, быһа холоон, тылбынан ойуулаан көрүүм. Кыралыы уонна “кыайардыы” кутуйах сохсотун туһунан кэпсэтэбит. Төһө кыра-улахан кутуйах буулаабытыттан көрөн, быһа холоон, 30-40 см уһуннаах, 20-ҕэ чугаһыыр см кэтиттээх хаптаһын ылабыт. Ону усулуобунайдык “сохсобут олоҕо” диэн ааттыыбыт. Ол хаптаһын лоскуйугар туруору, “П” буукуба курдук быһыылаах, 20-25 см үрдүктээх мас арааманы туруору саайабыт. Дьиҥинэн, былыргы сохсолорго ити арааманы биир үөт талаҕы суоллаан баран иэҕэн оҥорбут буолаллар да, ону сатаабат дьон быһыытынан, боростуой бэс хаптаһын лоскуйдарын тоһоҕонон саайталаан иҥиннэрэбит. Онно бөҕө-таҕа, ууммат сабынан кыракый мас тоһоҕоһун баайабыт. Ол туох диэн ааттанарын билбэппит, быһа холоон, “сохсо элбэрээгэ” дуу, “чыычааҕа” дуу дэнэрэ эбитэ дуу?    Сохсо саамай сүрүн чааһа – үрүт өттө. Ону ыарахан, киил тиит мастан оҥорор ордук. Чэпчэки мас буоллаҕына баттаппыт кутуйах бэрт кыратык дөйүөрэн сыта түһэн баран, өрө сүгэн баран хаалыа. Ыарахан мас көстүбэт буоллаҕына, чэпчэки да соҕус маһы ылан баран, үрдүгэр ыарата туох эрэ тимир малы хам саайыахха, иҥиннэриэххэ сөп. Анныгар, “чыычаах мас” тирэнэригэр анаан бэрт кыракый дьаппа, чычаас дьөлөҕөс оҥоробут. Ону ханан оҥорору бэйэҕит бигээн көрөн быһаараҕыт.    Сохсобут алын чааһын, ол эбэтэр “тыҥкырайын”, ханнык баҕарар чараас мас тымтыгынан оҥоһуллар. Ону биир уһугуттан быалаан баран сохсо түгэҕэр баайыахха сөп (ити мин саамай судургу суолу этэбин). Бу тыҥкырай маспытыгар быһаҕынан дуу, тугунан дуу, бэрт кыракый хайаҕаһы дьөлөбүт. “Чыычаах” төбөтө киирэрин курдук. Кутуйах мэҥиэтин бу тыҥкырай маска ууруллар. Ити бэрт сэмэй, мөлтөх ойууга сохсо уопсай өйдөбүлэ уруһуйданна. Уус идэтигэр быыкаа да сыһыаннаах дьон көрөн сохсо сүрүн бириинсибин өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбит.    Бу курдук сохсону киһи биир чаас иһигэр илиитин анныгар түбэспит мас сыыһынан оҥоруон сөп. Туох да өйө да, сатабыла-маастарыстыбата да эрэйиллибэт. Эрэллээҕинэн баҕас, ханнык да собуот хапкааныгар тэҥнэммэт.
kyym.ru сайтан