Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьүөгэлиилэр икки ардыларыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьүөгэлиилэр икки ардыларыгар
K
edersaas.ru
Категорията суох
09.12.2019 19:25
Лина бүгүн оскуолаҕа бииргэ үөрэммит кыргыттарын кытта көрсөөрү сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Кинилэри эрэ кытта оҕо сааһыгар төннөр, дууһалыын сылаанньыйар. Биллэн турар, барыларын мунньар табыллыбат, ол гынан баран, куоракка олорор кыргыттар сылга иккитэ-үстэ мустан, сонун үллэстэн аастахтарына санаалыын эгди буолаллар. Бу сырыыга эмиэ буоларын курдук кини кыргыттарын дьиэтигэр муста. Үгэс быһыытынан дьүөгэлэрэ бары араас бүлүүдэ астаан аҕалаллар. Хаһаайка улахан төгүрүк остуолун тула олорон кэпсэтии тимэҕин сүөрдүлэр. — Тоҕо ити уолаттарбыт баттахтара маҥхайан, истэнэн-үөстэнэн олус кырдьыбыт көрүҥнээхтэрий? Ама, кинилэр биһигини эмиэ иннэ дии саныыллара буолуо дуо? Биир бэйэм олох уларыйбатах курдук сананабын! – кылаас кырасаабыссата Оля идэтинэн кинини долгутар боппуруоһу көтөхтө. — Эн кырдьыахтааҕар улам эдэргэр түһэн иһэҕин. Аныгы косметология, пластика өҥөтүнэн туһанарыҥ биллэр ээ. Мин даҕаны эн курдук бизнесмен эрдээҕим буоллар оҥостуом-туттуом да этэ! — тугу көрбүтүн “пал” гыннаран этэр идэлээх Люда тугу саныырын эттэ. — Уой, ол миигин оҥостон эдэр дии саныыгын дуо? Олох даҕаны операцияламмаппын ээ! Наай гыннар укуоллатабын эрэ. Мин геным маннык үчүгэй! – Олябыт үллэччи иһэн хаалбыт уостарын олуонатык туттан толлотто. — Тоҕо ол кистээтиҥ? Саатар биһиэхэ сүбэ-ама да буолуоххун сөп этэ, билигин учууталлар хамнаспыт кырата суох, онон биһиги да эдэрбитигэр түһүө этибит! – Люда иннин биэрбэт. — Кыргыттар, бу олорон, арай, санаатым. Орто омурҕан биэтэгэр кэлэн көрдөххө бары даҕаны уларыйбыт эбиппит ээ. Арай наар биир курдукпут даҕаны, өйдөөн көрдөххө, оннук буолбатах… Ким хайдах олохтооҕо билэр диэххэ дуу… – Лина санаатын үллэһиннэ. — Ол ким баайын-дьадаҥытын этэҕин дуо? – элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Таня төлүтэ биэрэн түргэнник саҥарда. — Суох, киһи бу олоҕу хайдах ылынан олорорун этэбин. Барыта киһи өйүттэн буолбат дуо? Олоҕу бэлэх курдук ылынан чэпчэкитик олоруохха сөп. Бу Оля курдук. Кини, баҕар, ол иһин кырдьыбата буолуо. Дууһата эдэр. — Эбэтэр бу эн курдук, Лина, олоххо олус эппиэттээхтик. Эн курдук үлэһит киһи аҕыйах ини. Үрүҥ күнү көрбөккө үлэлээн тахсаҕын. Ол быыһыгар кэргэниҥ, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ түбүктэрин барытын эн быһаараҕын. Аймахтаргар эмиэ наар көмө-тирэх буолаҕын. Оччотугар эн сыыһа олороҕун, оттон Оля – сөпкө? – Люда эмиэ тугу саныырын ыраас мууска уурда. — Люда, мин атыны этээри гыммытым. Биһиги бары бу орто дойдуга тус туһунан аналлаах кэллэхпит. Дьон бары биир буолбатах, арааспыт. Онон дьону биир халыыпка киллэрэ сатаабакка хайдах баардарынан, уратыларын учуоттаан ылыныахха наада. Олоҕу эмиэ хайдах баарынан ордук хос уустугурдубакка ылынар сөп. Биһиги кыһалҕаны бэйэбит өйбүтүгэр оҥоробут ээ. Толкуйдаан көрдөххө. Оттон өйгүн наадата суох санаалартан босхолоотоххуна сүрэх уонна өй мөккүөрэ суох олоруохха сөп эбит дии санаатым. Ону бэйэм бу кэлин өйдөөтүм. Урут төбөм иһэ биир кэм араас санаанан
толору, тугу эрэ толкуйдаа да толкуйдаа буолар этим. Ыаһы хал буолуоххар дылы ыстыыр курдук. Онтукпуттан ыгылларым, санаам түһэрэ, кимиэхэ эрэ хомойорум даҕаны. Оннук гынар олох сыыһа да эбит. Олохпун була сатаан уустугурдубут да эбиппин дии саныыбын билигин. Кэлин ис турукпун иһиллэнэ, сүрэҕим тугу этэрин таайа сатыыбын. Сороҕор кыаллар, ардыгар – суох. Оннук биһиги тоҥ өйбүтүнэн олорорго үөрэнэн хааламмыт, сүрэхпит тугу этэрин билбэппит. Санааҥ көрүҥ эрэ, оннооҕор ол биһиги орто саастаах дьон оннук айылҕабытыттан тэйэн иһэр буоллахпытына, оҕолорбут хайдах буолуохтарай? Биһиги, төрөппүттэр, кинилэри хайдах иитэбитий? — Мин санаабар, киһи хайдах кэмҥэ олороругар сөп түбэһэн оннук уларыйар. Кэммит ирдэбилэ буоллаҕа дии. Иэйии, сүрэх, дууһа дии сырыттахпытына олох даҕаны сатаан үлэлээбэт, олохпутун оҥостубат буоллахпыт дии. Бэйэм чааһым бу аныгы олоҕу астынабын. Түргэн тэтимин сөбүлүүбүн. Ол мин эһиги курдук халлааны уруһуйдуу сылдьар дьону кытта сөп түбэспэппин, — диэн сыһыгыраччы күллэ Маайа. Кини ким хайа иннинэ Кытайы булан, таҥас-сап тиэйэн аҕалан атыылаан, билигин хас да маҕаһыыннаах бөдөҥ бизнестээх салайааччы. — Маайа, кырдьык, бэйэҥ суолгун тэлбит маладьыас киһигин. Дьиҥэр, бу эн ордук-хоһу саныы-саныы уустугурдубакка, куолулаабакка дьыаланы оҥорон иһэҕин ээ. Ол иһин ситиһиилээххин. Оскуолаҕа барыбытыттан эрэ сэмэйбит этиҥ, ол эрээри бэйэҥ дьоҕургар таба тайанан атыыһыт буоллаҕыҥ. Холобура, мин хайдах да атыыһыттыыр кыаҕым суох. Этэргэ дылы, наар ыараханнык ылан баран, атыылырбар чэпчэтэн биэриэм. Оннук даҕаны буолааччы миэхэҕэ. Эн буоллаҕына, эт илиигининэн Кытайтан “баул” бөҕөтүн соһон кэлэн, атыылыырыҥ дии. Ол туһугар айака дьыала буолуо ээ, — Лина санаатын үллэһиннэ. — Оскуола олоҕор хантан кыттыамый, балтыларбын, бырааттарбын көрдөҕүм дии. Кинилэри билигин даҕаны соһо сылдьабын. Хата бырааттар атахтарыгар тураннар бэйэлэрэ кыах дьоннор. Миигин аһары баран, техниканан дьарыктаналлар, интернет-маҕаһыыннары арыйдылар. Онон, кыргыттар, мин олохтон толору дуоһуйан олоробун! Лина этэрин курдук сүрэхпин да иһиллэммэккэ! – Майа тэбэнэттээхтик күлбүтүгэр кыргыттар бары күллүлэр. — Лина идэтинэн барыны-бары олус уустугурдар. Олох онто да суох бэйэтэ уустук. Доруобуйа баарын тухары күн аайы үөрэ-көтө олоруохха наада. Киһиэхэ саамай тутааҕа доруобуйа эбит. Баай-дуол, үлэ-хамнас, аат-суол буолбатах — доруобуйа. Мин эмиэ бу эһиги курдук үлэнэн эрэ үлүһүйэн олорбуппун бэйэҕит билэҕит. Судаарыстыбаннай сулууспаҕа эҥкилэ суох 25 сылбын биэрбитим. Уолум хайдах улааппытын да бу диэн өйдөөбөппүн. Кэргэним тулуйа сатаан баран, атын дьахтарга барбыта. Ас астыыр, дьиэни-уоту көрөр-истэр дьахтар наада буоллаҕа дии. Арахсар суолга киирбиппитигэр даҕаны мин үлэбин быраҕар санаам суоҕа, оннук акаары бэриниилээх этим. Аҕабыт икки дьиэнэн сылдьа сатаан баран, мин командировкаҕа сырыттахпына хомунан барбыт этэ. Үлэбинэн аралдьыйан, үлэбэр кэккэ ситиһиилэнэн, онон дуоһуйан олорбутум. Үлэм кытаанах режимигэр үөрэнэн атын олоҕу билбэт да этим, билиэхпин да баҕарбатым. Ол сылдьан эмискэччи ыалдьыбытым. Ыраас халлаҥҥа
этиҥ эппитинии ыарахан диагноз турбута. Кэлин ааҕан биллэххэ, ыарыы төрүөтэ киһи иһигэр туппут хомолтото, архан ыарахан санаа ыарыыга кубулуйар эбит. Оннук да буолуо ээ… — Билигин хайдаххыный, Рая? Кэлбиккэр олус үөрдум. Сирэйиҥ-хараҕыҥ үчүгэй. Модун күүстээх буолаҥҥын бу ыарыыны кыайдыҥ дии саныыбын, — диэн баран Лина дьүөгэтин санныттан кууһан ылла. — Этэҥҥэ буоллум. Улаханык ыксыы, санаам түһэ сылдьыбыт ыарахан күннэрдээҕим. Барытын сапсыйан баран сытынан кэбиһиэхпин эрэ баҕарарым. Бэйэбин аһынан тахсарым. Тоҕо ала-чуо мин ыарыйдым, туох аньыым-харам иһин диэн муҥатыйарым да ханна барыай. Киһи сэниэтин-күдэҕин супту оборор ыарыы аанньа буолуо дуо… Уолбун санаан, кинини атаҕар туруораары олох иһин кытаанахтык охсуһар эр санааны ылыммытым. Хата тэрилтэм, өр сыл бииргэ үлэлээбит кэлэктиибим улаханнык көмөлөспүтэ. Тута квота биэрэн, операцияланан абыраммытым. Билигин кыра үлэҕэ аа-дьуо сылдьабын. Эһигини бу көрөн астынан олоробун. Сороҕор хаарыан эдэр сааспын, тапталбын харыстаабатах эбиппин дии саныыбын. — Рая, олоххун билигин да оҥостуоххун сөп! Олох санааҕын түһэримэ! Билигин ону баара эдэр дьон бу биһигини көрөллөр. Миэхэ интэриэс бөҕөлөрө ээ! Олоҕум кэрэтэ бүттэ дии саныы сылдьыбытым, онтум баара, биир эдэр киһи таптаан, иккистээн тылла сылдьабын, кыргытта-аар! Дьахтар аҥардас сылдьыа суохтаах. Хайаан да доҕордоох буолуохтаах. Рая, баҕарар буоллаххына биир эмит холостуой киһини кытта билиһиннэриэхпин сөп, – Оля олордуу кыламаннарынан сапсынан, омуннаахтык киэҥ-киэҥник көрүтэлээтэ. — Оо, миэхэ ол наадата суох. Билигин көҥүлбүн туох иһин биэриэ суох курдукпун. Дьэ, бэйэбин таптаан, олохтон дуоһуйан олорон эрэбин ээ! – Рая эрчимнээхтик күллэ. — Кыргытта-аар, бу курдук көрсөн, аһаҕастык кэпсэтэрбит олус да үчүгэй. Аныгы олоххо киһи туора дьоҥҥо дууһатын арыйбат. Эһигини эрэ кытта хайдах баарбынан истиҥник кэпсэтэбин. Өйдөһөн кэпсэтэр киһилээх туһунан табыллыы ээ, — Лина кыргыттарын эйэҕэстик эргиччи көрдө. – Ким туохха дьоҕурдааҕынан үлэлээн-амсаан олороҕут. Ордук бу Таняттан үөрэбин. Кэргэнин Михаиллыын биэс оҕолорун улаатыннардылар, билигин сиэн, оҕо-уруу бөҕө буолан быр-бааччы олороллор. Онтон атын бу сиргэ дьол суох эбээт. Аат-суол, дуоһунас диэн ситиһии дии саныыллар сорохтор. Оннук буолбатах, дьиҥэр. — Лина сөпкө этэҕин! Мин эдэр сылдьан, тоҕо даҕаны саатар үстэ оҕоломмотоҕум буолуой диэн кэмсинэбин ахан. Павлигым эрэйдээх көрдөһөн да биэрэрэ. Биир оҕонон сөп буолбутум. Бэйэм туспар маанытык олоруом диирим. Элбэх оҕолоох ыалга тиийиммэккэ улаатан, баайдык-дуоллук биир оҕолоох, карьера оҥостон хайаан олоруом диирим. Акаары да эбиппин! Оннооҕор, бу билигин аныгы медицина көмөтүнэн оҕоломмут киһи диибин. Туох дии саныыгыт? – бу иннинэ дууһатын ис-дьиҥин арыйбат Олялара санаатын үллэһиннэ. — Бу да дьахтар тылын! Сиэниҥ сотору ыал буолара чугаһаата ини! Ама да эдэримсийбит иһин, айылҕаны кыайан албыннаабатыҥ буолуо! – Люда быһа-бааччы этэр киһи буолла. — Оо, дьэ, Люда майгыҥ уларыйбат! Ордук санаан биэрээхтиигин! Төрүүр
да буоллахпына эйигиттэн көҥүл ылыа суох курдукпун! – Оля кыыһыран турда. — Эс, бүтүҥ эрэ, бу кыргыттар уруккаттан Палестиналаах Израиль курдук буолан биэрэллэр. Мин санаабар, киһи сааһын кэрэтин таба өйдөөн, онно сөп түбэһэн олоруохтаах. Бэйэ сааһын ылыммакка, урукку курдук сананан тутта-хапта сатааһын олуона. Аныгы кэмҥэ киһи сааһын ситиспэт буолан иһэр. Кырдьар диэн туох эрэ мөкү дьыала курдук өйү аан дойду информациятын ситимэ көрдөрөр. 50 саастаах киһи 35-тээх курдук көстүөхтээх диэн формула киирдэ. Дьиҥэр, ити улахан бизнес. Бары пластика буолан баран, эдэримсийэн бардахпытына, оҕо эмээхсин диэн буолар буоллахпыт дии. Мин санаабар, киһи хайдах баарынан сааһыгар сөп түбэһэн сылдьыахтаах. Сааспытын ситиһэн иһиэхтээхпит, кэлэр көлүөнэ ыччат сотору биһигин хааһакка уга сылдьан сүбэлэтиэхтэрэ. Оннук буолуохтаах. Бары эдэримсийэн дайа сырыттахпытына, ытык кырдьаҕас диэн өйдөбүл да суох буоларыгар тиийэр дии. Уопсайынан, айылҕаны утары барар сыыһа дии саныыбын, — Лина бу этиитин кытта бары даҕаны сөспөстүлэр. Арай Оля оҥоһуу кыламанынан быһаарыта суох сапсынан кэбистэ. — Билигин барыта үтүктээйи олох буолла. Инстаграмы көрөн киһи сонньуйар. Ким эмит хайа эмит кэрэ дуу, сэдэх дуу көстүүлээх сиргэ эбэтэр тэрээһиҥҥэ тиийэн хаартыскаҕа түһэрэн таһаарда даҕаны, бары ону хатылыыллар. Дьон бары, эчи, иллэҥэ бэрт ээ. Тугу да гынара суох киһи уһун күнү быһа телефонун тутан баран сылдьар ини. Мин биирдэ эмит киирэн көрөбүн эрэ. Тугу аһаан-таҥнан эрэллэрэ эмиэ киһиргэнэр. Тас дуй, бэрт буола сатааһын. Бары ситиһиилээх буолар туһугар түһүнүү. Ис кырдьыга суох дьон элбээтэ, — Рая ырааҕы-уһуну саныы олорон этиннэ. — Мин өйдөөбөтүм диэн, ол холобуру дьон салайааччылартан ылаллар. Дуона да суох дьыаланы арбааһын, аныгы кэмҥэ саҥата суох үлэлиир буоллаххына — үлэҥ көстүбэт, ол эбэтэр олох даҕаны үлэлээбэтэх да курдуккун. Оттон элбэхтик бэйэтин хайҕанар, интернет ситимиттэн түспэт киһи – кыахтаах салайааччы, үлэһит аатырар. Киһини тус дьыаланан сыанылыыр кэм ааспыт курдук. Биһиги саҕана сэмэй буолуу үтүө хаачыстыба буоллаҕына, билигин ол мөлтөх буолуу. Оскуолаҕа биир оннук. Мин 30-ча сыл эҥкилэ суох үлэлии сылдьабын даҕаны, наҕараадаҕа тиксибэтим. Сэмэйим, тойоҥҥо-хотуҥҥа бэрт буолар үөрүйэҕим суоҕа мэһэйдиир, — Люда батыйан турда. — Ол оннугар эн бэйэҕэр ытыктабылгын сүтэрбэтэххин. Дьоҥҥо сирэй көрбөх буолан, бэрт буола сатыыр дьон тус бэйэлэрин таҥнараллар. Оннук сыананан ситиһии да наадата суох. Киһи тус бэйэтин ытыктыахтаах, түһэн биэриэ суохтаах. Мин хаһан даҕаны атын дьонтон тугу даҕаны күүппэппин, бэйэм эрэ күүспэр эрэнэбин, — диэтэ Маайа. — Саамай сөп! Ол иһин эн толору дьоллооххун! – Лина дьүөгэтин өйөөтө. … Бу курдук орто омурҕаннарын ааспыт дьүөгэлиилэр өргө диэри куорат биир кыбартыыратын куукунатыгар олорон ирэ-хоро сэһэргэһэ олордулар. Айталина Никифорова Хаартыска: ru.espreso.tv
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан