Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьаҕас кэпсээнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырдьаҕас кэпсээнэ

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
09.04.2020 17:20
Санаа баар – туохтааҕар да күүстээх. Эйиэхэ туох эмэ күүстээх санаа киириэ эрэ кэрэх – хамсаммытынан бараҕын. Биир өттүнэн, эйигин кэбирэтэр, алларытар эмиэ – кини. Ол буулаатаҕына, аһыыр аһыҥ да ас буолбат, утуйар ууҥ да уу буолбат. Онон киһи – өрүү санаа кулута. Биир курдук толкуйдаатахха, сир үрдүгэр баар бары үтүө-мөкү – санаа күүһүнэн үөскүүр. Кэнникинэн, син балачча сааһырбыт киһи сиэринэн, олоҕу анаарарым элбээтэ: иннибин-кэннибин «чарапчыланан» олохпор «тугу ситистим, тугу сыыстым, өссө тугу гыныахха» диэн санаталыыр буоллум. Баҕар, сааһыран буолуо – астымматым элбэх. Күммүн-дьылбын сатаан туһаммаппын дуу, хайдах дуу?! Тугу да ситэн-хотон оҥорбутум диэн суох, арай киэһэлик олус сылайбыт-илистибит курдук буолабын. Биэс уончалаах кэргэним да уруккута буолбатах: маннык киһини кытта хайдах үйэ чиэппэрин устата олорон кэлбитим буолла диэх үлүгэрэ. Көрдөххө, саас балачча ылбыт оҕонньотторо-эмээхситтэрэ иллэрэ-эйэлэрэ өссө күүһүрбүт курдук хатыыппайданаллар, уулуссаны туоруурга сиэттиспитинэн дьөгдьөрөҥнөһөллөр. Оттон оптуобуска олордохторуна, эмээхситтэрэ биллибэтинэн-көстүбэтинэн оҕонньотторун таҥастарын-саптарын көннөрөн, биир эмэ сап сыстыбытын ылҕаан кыһана-мүһэнэ сылдьаллар. Тапталлара сөҕүөрүйэ илигэ илэ көстөр. Оттон биһиэнэ ити кырдьаҕастарга холоотоххо хайдаҕый? Хата, манна Ленин болуоссатынааҕы фонтан таһыгар баар ыскамыайкаҕа олорон «Кыыммын» ааҕа түһүөххэ. Үчүгэйиэн, ити уоллаах кыыс сиэттиһэн иһэллэрэ! Эчи, үөрбүттэрин-көппүттэрин! Отуттан тахса сыллааҕыта мин да ити уолчаан курдук этим ээ. Бэл, обкуом чособуойун хаһыытаппытынан кулуумбаҕа үүнэн турар сибэккини кыыспар бэлэхтиирим. – Хаһыакка, дьэ, тугу суруйаллар? – аттыбар олорор киһи саҥата иһилиннэ. Көрө түспүтүм, саас лаппа баттаабыт кырдьаҕаһа тайаҕын имэрийэ-имэрийэ мин диэки хайыһан олорор. «Чэ, бу кырдьаҕас хаһыаппын син биир сүгүн аахтарыа суох, арааһа, эмиэ бэйэм курдук муунтуйа сылдьар быһыылаах» дии санаан, кини диэки сыҕарыс гынным уонна кэпсэппитинэн бардым. Оҕонньорум, сороҕор хараҕа уоттанан, сороҕор үөһэ тыынан, санньыйан ыла-ыла хааһахтан хостуур кэриэтэ кэпсиир. 93 сааһыгар сылдьар үһү! Сөхпүтүм омунугар, төбөбүн илгистэбин. Мин сааспын ыйытан баран, саҥата суох күлэн эрэ кэбистэ: – Пахыый, 60 саас диэхтээн. Эн сааскар ойоҕу кытта утуйа сытан, атын сайылыкка эдэр дьахтары кытта көссүүлэһэ охсон кэлиллэрэ. Эдэрбэр син кыанар этим. Арай билигин пааматым арыый мөлтөөтө. Оҕонньор кэпсээнин одоҥ-додоҥ хайдах өйдөөбүппүн сэһэргиим. Ындыыһыт Сэрии иннинэ холкуоска араас үлэҕэ сылдьыбытым. Дьонум эрдэ өлөн, иннибин бэйэм солонорум. Туох да үлэттэн аккаастаммыппын өйдөөбөппүн. Тугу соруйдулар да толорор аакка барыллара. Биирдэ үөһэттэн дьаһал кэллэ: биир киһини икки көлөлөөн ындыы таһыытыгар ыытыҥ диэн. Охуоскайга. Бириискэ дойдутугар, хаайыылаах бөҕөтө мустубут сиригэр, ким барыам диэй?! Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ миигин анаатаҕа дии. Дьэ, сүрдээх дойду этэ. Иннигин көрүммэт буоллуҥ да – бүттэҕиҥ ол. Эн тускар онно ким да кыһаммат: өл да төрөө. Бэл, биир милииссийэни массыыналары баҕастары хайаттан түҥнэри аспыттара. Өлүк сытыйыар-ымыйыар диэри соннук сыппыта, ким да харайбатаҕа. Боростуой ындыыһыт
өлөрө кэмнээх буолуо дуо. Симиэбийэ диэҥҥэ бараак дьиэлэргэ олохтууллара. Аһаталлара босхо этэ. Ас да буолаахтаан, сулугур уу курдугу сиэтэллэрэ. Үксүн бэйэбит хайдах сатанарынан үссэнэрбит. Арыгыны, хаартыны батыспыт дьон уһаабат этилэр – начаас суорума суолланаллара. Саас буолбутугар дойдубутугар ыыталаабыттара. Мин итинник 3-4 сыл сылдьыбытым. Холкуоспар аттарбын илдьэ кэллэхпинэ, бэрэссэдээтэлим, саатар, баһыыбалаабат этэ. Дьиҥэр, атын киһи эбитэ буоллар «ирээппин сырыттым, айака, аны атын киһини ыытыҥ» диэ эбитэ буолуо. Тулаайах буолан, испэр син санаан ылларбын да эппиттэрин хоту сылдьарым. Хомойорум диэн, бачча кутталлаах сырыыттан нэһииччэ эргийэн кэлбит үлэһиттэригэр хаһаас тардарыттан да өлүүлээбэт этилэр. Ындыыга ыытар кэмнэрэ кэллэҕинэ, хата, миигин түргэнник булаллара. Биирдэ оннук сырыыбыттан боруода ат бэлэхтээх кэлбитим. Дьэ, үөрдүм да этэ. Ат да ат! Ону баара, сайын холкуос ата оһолго өлбүтүгэр «бирэдьиитэллээн, холкуос көлөтүн өлөрдө» диэн суукка биэрэ сатаабыттара. Били, үтүө аппын онно туура тутан ылбыттара. Сэриигэ Сэрии буолбутугар тылланан барбытым. Биһиги нэһилиэктэн хаһыа да этибит. Өр муҥнанан-таҥнанан Челябинскайга тиийбиппит. Дьэ, үөрэх диэн кытаанаҕа манна баара. Аһаталлара да куһаҕана бэрдэ. Онон-манан хаппыыста сэбирдэҕэ көстөн ааһар миинин иһэрдэллэрэ. Остуолтан тураат, сонно аччыктаабытынан барарбыт. Нэһилиэгим уолаттара начаас көтөхтөрөн, ыарытыйан барбыттара уонна кыргыс хонуутугар тиийбэккэ да эрэ Челябинскайга өлбүттэрэ. Кинилэр эрэ буолуо дуо, атын да дьон өлөрө элбэх этэ. Уопсайынан, били, ындыыга сылдьыбытым курдук: эйиэхэ ким да кыһаммат. Мин түүнүн кистээн ыстаансыйаҕа тиийэн, куруусчут эҥин буолан айахпын булунарым. Сороҕор суухараны куултан сойботор да түгэн баара. Биирдэ үөрэхпитигэр 40-ча биэрэстэлээх бохуот оҥорон кэллибит. Ырыы-быстыы сүрдээх. Миигин чособуой оҥордулар. Дьиҥэр, Челябинскайга туох ньиэмэһэ кэлиэй. Онон да буоллаҕа, оччо сылайбыт киһи, мин, туумбабар олорон утуйан хаалбыппын. Хамандыырым кэлэн түҥнэри охсон түһэрбитигэр биирдэ уһугуннум. «Пуоска олорон утуйбут» диэн хаайыыга бырахтылар. Дьэ, манна бааллар эбит илэ сиэхситтэр диэн. Хаамыра иһигэр муннукка утуйа сатыы олордохпуна, биир көкөт сиэппин хаппайдаан барбытыгар уум быыһыгар бэйэм да өйдөөбөккө тоҕонохпунан сыҥаахха саайбыппын. Били күтүр наара кырыытыгар төбөтүнэн түһэн, «тыла суох» барбыта. Буруйум барыта мунньуллан 7 сылы биэрбиттэрэ. Хата, холуонньаҕа буолбакка, «штрафной батальон» диэннэригэр ыыппыттара. Манна да араас дьон барыта баара. Биирдэ биир узбек, туох эрэ диэн саҥара-саҥара, бинтиэпкэни хаба тардан ылан мин диэки туһаайан эрдэҕинэ, хантан сылбырҕам киирбитэ буолла, умса баттаабытым. Саа эстибитигэр харабыллар сүүрэн кэлэн узбегы илдьэ барбыттара. Ити курдук ыттыы өлө сыһан турабын. Штрафнойдарга сокуон дьэҥкэ этэ – буруйгун хааҥҥынан «сууйаҕын». Дьэ туран, инники кирбиигэ аҕаллылар. Бирикээспит – үрдэли ылыы. Хамаанда кэнниттэн бинтиэпкэбитин туппутунан иннибит диэки түстүбүт. Хаһыы-ыһыы, маатыра-куутура. Өлө сытар дьон биир кэм сылбах курдук. Бу атаакаҕа атахпар бааһырбытым. Билигин санаатахха, кутталлаах курдук эрээри, ол саҕана өлөр туһунан төрүт санаабат этим. Инньэ
гынан икки нэдиэлэ курдук эмтэнэн, буруйбун боруостаан, аны хайыһар биригээдэтигэр түбэстим. Хайыһарга үөрүйэхпин, лаппа кыанабын даҕаны. Биирдэ ньиэмэстэр биир эписиэри кытары түөрт саллааппытын бүлүмүөттээн кэбистилэр. Ол иннинэ сынаайпардара хас да киһибитин өлөрбүтэ. Хата, ону хойуу лабаалаах маска олорорун таба көрөн адаарытан түһэрбиттэрэ. Тоҕо эбитэ буолла, мин «ньиэмэс бүлүмүөччүгүн бултаһабын» диэн хамандыырбар этээччи буоллум. Хараҥарыыта инним диэки сыыллым. Өстөөх кирбиитигэр тиийэн траншеянан сиргэ хам сыстыахпынан-сыстан сыҕарыйан иһэбин. Үкчү дойдубар сааскы көҕөҥҥө сыыллар курдук. Халлаан суһуктуйда. Көрбүтүм, отунан-маһынан хаххаланан ньиэ-мэһим олорор. Кэнсиэрбэтин сиир. Сүүрбэччэ миэтэрэ баар быһыылаах. Салгыы сыыллар кутталлаах: аа-дьуо көрүүһү. Аргыый аҕай бинтиэпкэбинэн ньиэмэһим төбөтүн кыҥаан-кыҥаан баран, элбэрээкпин тардан кэбистим. Киһим тиэрэ таһылла түстэ. Мин сүүрэн тиийэн ручной бүлүмүөтү харбаан ыллым. Билэр сэбим. 70 ботуруон киирэр лиэнтэлээх, онто тимир хоруопкаттан сыыйыллан тахсар. Чөмөхтөөн тэбэр бэртээхэй сэп. Кыылым турбута сүр. «Бачча кэлэн баран таах төннүллүө дуо» диэн санаталаатым. Ньиэмэстэр хайаан да киһилэригэр кэлиэхтээхтэр. Онон бүлүмүөппүн соһон, тэйиччи арыый үрдүк сиргэ сыыллым. Чаас аҥаарын кэриҥинэн килбэчигэс кааскалаах урааҥхайдар адаҥхалаһан иһэллэрэ көһүннэ. Отуччалар. Тугу да сэрэйбэккэ чугаһаабыттарын кэннэ холбуу түһэн баран бачыгыраттым. Чугас соҕус буолан, табыллыбыт өттө киэр эһиллэн сууллар. Биир да киһи куоппата. Көр, ол бүлүмүөттэрэ оннук үчүгэй сууһарыылаах сэп этэ. Хамандыырым сүрдээхтик үөрэн: «Эйигин хайаан да Дьоруой аатыгар түһэриэм!» – дии-дии санныга таптайбыта. Сэриигэ наар ити дьоҥҥун кытта сылдьыбаккын. Өлүү-сүтүү, бааһырыы элбэх. Ол аайы саҥа сиргэ ыытан иһэллэр. Биирдэ өстөөх сөмөлүөттэрэ кэлэн үлтү буомбалаатылар. Буомбалара иһиирбитинэн кэлэн сири биир гына үлтү тэбэллэрэ. Куттал диэн, дьэ, ити этэ. Хайыаҥ баарай көтө сылдьар сөмөлүөтү? Көҥүл айбардыыллара. Бу ньыкыйа сыттахпына, аттыбар буомба түһэн өйбүн сүтэрбитим. Төһө өр сыппытым буолла, хата, саньытаардар хомуйбуттар этэ. Кэннибин буомба үлтүркэйэ хайа тэбэн, суон оһоҕоһум кытта тахсыбыт, атаҕым, сиһим бүттэтэ суох. Эдэр, син тэтиэнэх буолан тулуктастаҕым буолуо. Госпитальга 7 ый сыппытым. Атахпын быһаары гыммыттарын көрдөһөн-ааттаһан, быстах кэмҥэ тыыттарбатаҕым. Укуоллууллар, эмп эрэ иһэрдэллэр, оттон бааһым ириҥэрэн, атаҕым сүүлэ иһэн барбыта. Онуоха мин «арыый кэбирэх сирэ бу буолаарай» диэн, сөмүйэбинэн тобулу анньан бааһым ириҥэтин таһаарбытым. Хааннаах ириҥэ көйбүт да этэ! Хата, ол кэнниттэн начаас үтүөрэр аатыгар барбытым. Хирурдар быһар эрэ мөккүөннээх этилэр. Хамыыһыйаҕа быраастар өссө да сэриигэ ыытаары, күүстэринэн атахпын араастаан токута-бокута сатаабыттара. Онуоха хааным тохтоло суох барбытыгар, дьэ, инбэлииккэ таһааран дойдубар ыыппыттара. Хоту Сэрииттэн кэлэн баран, тылланан, күһүөрү үс сүүсчэкэ сүөһүнү көрөн-харайан баарсанан Булуҥҥа айаннаабытым. Бааллан турар сүөһүлэргэ от биэрэрбит, ноһуомнарын ыраастыырбыт. Биирдэ муораҕа улахан долгун түстэ, өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ буолла. Уу киһини түҥнэри биэрэр. Мин арыычча өрүһүннүм, оттон биир ынахпыт быата сөллөн, аҕыйахта эрэ көстөн хаалбыта. Оо, дьэ, ол
баарсаҕа киирбит ууну барытын биэдэрэнэн баһан сүөкээбиппит. Урут хаһан да балыктаабатах киһи, аны хоту дойду балыксыта буолан турдум. 40-чалыы илими көрөбүт. Аспыт – нуорма. Күҥҥэ бултаабыккыттан биир кыра балыгы биэрэллэр. Сокуон кытаанах. Соҕурууттан үтүргэҥҥэ түбэспит омуктары кытта үлэлиибит. Сүнньүнэн, прибалтикалар. Манна кэргэммин кытта билсибитим. Эрэйдээҕим сыыһа, аҕата тымныйан, аҕыйах эрэ хонон хаалаахтаабыта, оттон ийэтэ икки хараҕынан көрбөт буолбута. «Оҕобор боҕуу буолуом дуо» диэн, астан барытыттан аккаастанан, соннук бэйэтэ хоргуйан өлбүтэ. Тулаайах кыыһы маҥнай балтым курдук көрөн-харайан, иитэн баран, кэлин сокуоннай сааһын сиппитигэр биирдэ кэргэн ылбытым... * * * Дьэ, кырдьык, биир уол оҕо сырыытын сылдьыбыт кырдьаҕас эбит. Сэргэх. «Дьылҕа-Хаан көмөтүнэн өссө да олоро түспүт киһи» диэн баҕалаах. «Ким эмэ сэриитээҕи докумуоммун сөргүтэрэ буоллар, баҕар, дьол хараҕа суох, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун иҥэрбиттэрин ылбакка сылдьарым буолуо дии», – диэн баран мин диэки көрүтэлээтэ. Били, хонон баран дорооболоспукка дылы, кырдьаҕаһым аатын ыйыттым. – Лиэп Бочукарыаппын. Бутукай.
kyym.ru сайтан