Кэпсээ
Войти
Регистрация
Буор балыксыт уонна чучунаа (үһүйээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Буор балыксыт уонна чучунаа (үһүйээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
24.11.2019 19:00
Буор балыксыт Майаҕатта Бэрт Хара Тыгын кыыһын күрэтэн аҕалбыта. Ийэтэ Эбэрикээн эмээхсин, хонууттан хомуйан, сыһыыттан сылгылаан аҕалбыт ойоҕун, аллараттан үөһэ көрөн таһаарбыта. Токкоолоһон билбитэ, Тыгын ыһыаҕар сүүйүүтүн манньата эбит. “Тыгын буолан баран бу бэйэлээҕин туох буолан ыһыгынна?” — ийэтэ си дьүгээр буолуохтааҕар уолуттан ыйытта. — Күрэтэн кэриэтэ аҕаллым. — Оо. Олорбуппут сыччах. Эмиэ Тыгын боотурдара сүгүн олордоллоро биллибэт. — Таптыыр сэгэттэйбин биэриэм кэриэтэ, тыыным быстыа. Сөбүлүүр биэбэккэбин биэриэм кэриэтэ, сүрэҕим тохтуо!, — Майаҕатта элбэх саҥата суох хабырынан ылла. Тыгын кыыһа аарыма киһиттэн саллан, ибигирии олордо. Майаҕатта кинини кыбыммытынан хас да көһү тохтоло суох сүүрбүтэ. Кэннибиттэн эккирэтиэхтэрэ диэн киһи куйахата күүрүөх кыламмыта ой дуораана буолан эҥсиллибитэ. Өс киирбэх кини үөгүлүүрүн истибиттии, ким да эккирэтэр сибикитэ биллибэтэҕэ. Майаҕатта ойоҕун манаан хас да күн бултуу барбатаҕа. Тыгын кыыһа кэнники сыһыйбыта, Майаҕаттаҕа убаммыта, тыаттан бултаан кэлэрин кэтэһэр буолбута. Чугас билистэххэ киһи куттаммат эбит. Майаҕатта кинини түһэҕэр олордон, төбөтүн имэрийэрэ олус да күндү эбит. Киһитин кэтит түөһүгэр сыстан олорон атаахтыыр идэлэннэ. Балык ойоҕоһунан тараах оҥорон, Майаҕатта саннын байаатыгар тиийэ үүммүт баттаҕын тарыыр. Бэйэтэ ууга киирэн күлүгүн көрүнэн тараанар. Арай биирдэ Майаҕатта бултаан кэлэн иһэн көрбүтэ балаҕанын тула табалаах дьон бөҕө ампаалыктанар. Урут дьон баар эбит диэн кыһаммат буоллаҕына, билигин кэрэ аҥаара баар буолан, ону манаан чугас эргин бултуур. Кэккэлэһэ сытар кэргэнин, хоойго сытар холоонноох доҕорун эҥин дьүһүн гыныахтара диэн халлаан хайдарынан үөгүлээн бытарытта. Саһан олорбут куобах, саһыл туора ойдулар, суор-тураах үргэн көттүлэр. Ол эрээри сиэҥ тахсаары гыммыт сибикитин билэн, чугастааҕы мастарга олордулар. Сүүнэ улахан киһи часкыйбытынан сүүрэн иһэрин көрөн тоҥустар үгэххэ түстүлэр, кытыгырас өттө тыаҕа сырыстылар. Майаҕатта биир билэр сахатын Куоһааныны көрөн уоскуйда. Саспыт тоҥустар онтон-мантан быгыахтастылар. Куттал суоһаабатын билэн, чугаһаатылар. Майаҕатта урут дьон баар диэн кыһаммат эбит буоллаҕына, билигин кэриччи көрүтэлээтэ. Тоҥустар былырыын туос тордуйалыы тоҕута көтөн ааспыт, боотурдарын билбэт бэйэлээх буолуохтара дуо. Майаҕатта хараҕын далыттан тэйиччи буолбуттара. Билигин кэриччи көрүтэлээбитигэр, эттэрэ тымныйда, иэннэрэ кэдэҥэлээтэ. — Дьэ, убайбыт Майаҕатта, эн ааккын ааттаан кэллибит. Бу бииргэ бултуур тоҥустарым, эн тусаһаҕын көрдөһүүлээх өҥөйдүлэр. Эйигин билэр буоламмын, миигинэн кэпсэтиннэрэллэр. Сахалыы өлөртөөрү да гыммытыҥ иһин саҥарбаттар, уоттарын умуруораары да гыммытыҥ иһин урааҥхайдыы онолуйбаттар. — Туох кыһалҕатын кыпчыйан, миинэн кэллилэр. Омолуй!, — Майаҕатта уһаат иһигэр саҥарардыы сөҥөдүйдэ. — Үөлээннээҕим Майаҕатта, бу дьону, биһигини даҕаны Чучунаа диэн кыыл дуу, сибиэн дуу түбүлээтэ. Бастаан өйдөөбөккө эйигин тайах кыыл тириитин кэтэн сылдьар диэн уорбалыы санаабыттар. Кэнники бу сирэйэ мэрбэстибитин көрөн, эн буолбатаххын сибикилээбиттэр. Кии дуу, киһи дуу буолар дьылҕабыт кыл саҕаттан турарын иһин, эйигин суон дурда, халыҥ хахха буолаарай дуу диэн көрдөһүүлээх
кэллибит. — Ол түбүлээн туоххутун былдьаата?! — Майаҕатта хараҕа уоттаах чолбон курдук буолан ылла. — Көлүнэр табалары тааһынан оройдорун тэһитэ быраҕаттаан өлөртүүр. Күрүлүүр күнүс биир дьахтары кыбынан баран сүүрэ турбут. Оҕунан ытыалыы сатаабыттар да, хотуппатахтар. Муос төбөлөөх оноҕостору бырдах ытырбытыгар да баардылаабат. Бу тоҥустар, сахалар курдук, тимири уһаарбаттар. Майаҕатта дьахтары күрэппит сураҕын истэн, олох маһа хачыгыраан ылла. Арҕаһын түүтүн туруорбут кыыллыы көхсүн иһигэр тугу эрэ курдьугунаата. Сэгэрин диэки көрөн ылла. Тарбахтарын тыаһа лачыгырыар дылы сутуругун ыга тутта. Хабырынан хачыгыратта. Тоҥустар онно алы буолан икки табаны сүнньүгэ анньан охтордулар. Майаҕаттаны күндүлээри эт бөҕөнү үөллүлэр. Чучунаа диэн кыылларын, суолун хайыах буоллулар. Сарсыныгар Майаҕатта Тоҥ Биистэри кытта чучунаа диэн кыылларын ир суолун ирдии, тоҥ суолун тордуу бардылар. Тоҥустар уучахтарын миинэн айанныыллар. Буор балыксыт туос сатыы хааман иһэр. Икки тыатааҕы баппаҕайын холбуу туппут саҕа улахан суолу буллулар. Муоҕу тоҕута тирэнэн ааспыт. Суолун хайан иһэн сүтэрдилэр. Халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэт. Майаҕатта аарыма бэс үрдүн диэки хантаарыҥнаата. Маска хатаастан тыҥыраҕынан мас хатырыгын хастаан, лабааны логлу тирэнэн, тоҕута барчалаан нөҥүө маска ыстаммыт. Нэтээги курдук мастан маска ыстанар эбит. Тоҥустар саллыбыттыы көрдөллөр, Майаҕатта баардылаабатын көрөн, эрэх турах сананаллар. Чучунаа мастан маска ыстанан, сиргэ дьэ түспүт. Буурдаан бурҕайбыт. Ойорун арыта ырааҕын салла көрдүлэр. Кыыл табаны охторон үссэнэн ааспыт. Аҥарын сиэбит. Таба чабырҕайыгар киһи сутуругун саҕа таас батары түһэн сылдьар. Салгыы барбахтыы түспүттэрин кэннэ туох эрэ кыыл часкыйар, эмиэ да иһиирэр саҥата систэн- сискэ охсуллан, ой дуораана буолан эҥсилиннэ. Ханна баарын көрөөрү, туруук тааска таҕыстылар. Им-дьим иһийэн, кэтээн көрөн олоро түстүлэр. Чучунаа көһөҥө таас быыһыттан быган көһүннэ. Туохха эрэ үөмэрдии ньохчооройдоото. Эмиэ да сыт ылан хантаарыҥныыр. Бэрдьигинэлэр быыстарыттан тыатааҕы тахсан кэллэ. Эһэ иккитин саҕа кыыл бу барыйан турарыттан соһуйан «бөх!” диэбитинэн тиэрэ баран түстэ. Эргийэн олордьу түһээт, куотан эрдэҕинэ чучунаа сабырҕаҕыттан хабан ылан илгиэлээтэ. «Ур -ар!» бөҕө буола түстүлэр. Түү бөҕө бурҕайда. Эһэ көмүскэнэн баппаҕайынан сабырҕатар. Чучунаа көтөҕөн таһааран, төбөтүн оройунан түһэрэр. Эһэ куотан эрдэҕинэ эмиэ хабан ылар. Биир түгэҥҥэ хапсан ыллылар. Ытырсан баран хайалара да ыһыктыбат. Майаҕатта маны туруук үрдүттэн көрө сатаан баран оҕунан ытта. Оноҕос сурулаан тиийэн эһэ хабарҕатыгар хатана түстэ. Тыын былдьаһан хардыргыыр кэмигэр чучунаа ытыран баран илгиэлиир. Хамсаабат буолбутун кэннэ эбии атын сыт баарын ыла сатыырдыы хантаарыҥныыр. Ол кэмҥэ Майаҕатта иккис оноҕоһо ойоҕоһун сиирэ-халты суруйан ааста. Чучунаа хантан куттал суоһуурун билэн, дьон диэки сүүрэн баадыйалаата. Тоҥустар уолуйан, үрүө-тараа ыһылыннылар. Майаҕатта соҕотох хаалан, тайыытын угун сиргэ тирээн баран, чучунааны үөрэҕэстээри кэтээн турда. Бу бэрийэн кэлбитигэр тоһуйан биэрбитин, чучунаа туора садьыйда. Тыатааҕы курдук кэбэҕэстик киһи атарбат эбит.
Иккиэн ыбылы хапсыбытынан сыыр эниэтин диэки төкүнүйдүлэр. Чучунаа тииһинэн хадьырыйа сатыырын, Майаҕатта кытаҕас курдук эпсэри тардан баран сылдьар. Иккиэн эһиллэн тиийэн аллара түһүүлэригэр, чучунаа үөһэ буолла. Майаҕаттаны хабарҕатын хадьырыйа сатыырын хаҥас илиитинэн дьабадьытыттан анньар. Уҥа илиитинэн тааһы ылан чэчэгэйгэ сырбатта. Чучунаа туймааран хараҕын үрүҥүнэн-харан көрдө. Ол кэмҥэ Майаҕатта ойон туран, сабырҕаҕыттан ылан тааска сабаата. Чучунаа хараҕын өҥүргэһинэн көрөн сыттаҕына, икки харыстаах быһаҕынан хабырҕатын хайы сотоору гынан баран тохтоото. Онтон-мантан саспыт омуктар быгыалаһан кэллилэр. Биир тоҥус көмүскэлэ суох буолан сытар чучунааны үҥүүнэн өтөрү түһэн эрдэҕинэ Майаҕатта түөскэ кэбэн кэбистэ. Уонна кирис быанан атахтарын кэлгийдэ. Эбиитин маска сыһыары, бохсо тардан кэбистилэр. Салгыы айаннаан чучунаа ыырын кэрийдилэр. Хайа хаспаҕыттан били чучунаа күрэппит тоҥус дьахтарын буллулар. Дьахтар атаҕастаммыт дьүһүнэ көстүбэт. Эбиитин төлөһүйбүт көрүҥнээх. Эрэ бэйэтин тылынан тугу эрэ саҥарар. Дьахтар үҥсэргиирэ көстүбэт. Сис нөҥүөттэн чучунаа хаһыытыыра эҥсиллэн иһилиннэ. Дьахтар ону истэн, тугу эрэ айманар. Майаҕатта “Бара охсуоҕуҥ, кэлэ илигинэ» диэтэ бадаҕа, дии саныыр. Ону саха киһитэ тылбаастаабытыгар көһүппэтэх өттүттэн буолла. Дьахтар: “Эһиги кинини өлөрдүгүт дуо?», — диэн аһынар эбит. Ол туһуттан эрин кытта тугу эрэ мөккүстүлэр. Төттөрү айаннаан, тоҥустар түһээйилэригэр хоннулар. Сарсыарда турбуттара, чучунаа хаһыыта атын сиринэн эҥсиллэр. Тоҥустар үөхсэллэрин тылбаастаппыта: “Бу багдайа сытыйбыт, итиччэ кыайа тутар буолан баран чучунааны тыынын салҕаан да кэбиспэккэ», — диэн Майаҕаттаны сүөлүргүүллэр эбит. Ол кэннэ тоҥустар эбии айманнылар. Били, чучунаа күрэппит дьахтара сүппүт эбит. Чучунаа кэлгиэтин сүөрэн, түүн кэлэн эмиэ күрэппит диэн сэрэйдилэр. Аны ону ирдии аттаннылар. Бэҕэһээ чучунааны маска кэлгийэн хаалларбытара, сүөрэн барбыт. Быһаҕынан быһа соппуттуу быһыта тыытан кэбиспит. Майаҕатта чинчийэн көрдө. «Ити урдустаргар эт. Били дьахтар хата бэйэтэ кэлэн быһаҕынан бысталаан сүөрбүт», — диир. Ону истэн эмиэ айманан, кус-хаас саҥатын түһэрдилэр. Дьахтар эрэ ыйаастыгас хараҕа төгүрүйэн ылла. Төбөтүн илгистэр, тугу эрэ мөҕүттэр. Майаҕатта суолларын хайан көрдө. Дьахтар суола баран иһэн сүтэн хаалар. Бадаҕа, чучунаа кыбынан баран ойуолаан бырдааттыыр эбит. Суолларын хайан баран истилэр. Биир нэлэмэн алыыга дьахтары сүкпүтүнэн баран иһэрин көрдүлэр. Дьону көрөн сүүрэн бырдааттаата. Куттананан куотарын билэннэр, тоҥустар табанан эккирэттилэр. Майаҕатта батаһын өрө туппутунан түһүнэн кэбистэ. Табалар тылларын былас түһэрэн, кэннигэр хааллылар. Майаҕатта түҥ ойуур хара тыа быыһынан үөмэр-чүөмэр үктэнэн баран иһэр. Ханна эрэ чугас кыыл көхсүн тыаһа кулдьугуруур, эмиэ да ырдьыгыныыра иһилиннэ. Майаҕатта батыйатын бэлэм тутан иһэр. Эмискэ чучунааны кытта ыы муннунан кэтиллэ түстүлэр. Хайата саҕалыан билбэккэ утарыта көрсөн турдулар. Иккиэн багдаллан улахаттара да бэрт. Тоҥус дьахтара үөрүйэхтик чучунаа арҕаһыгар олорсо сылдьар. Тугу эрэ бэйэтин тылынан айманар. Чучунаа өлөрсөр санаата суоҕун Майаҕатта сэрэйдэ. Тоҥус дьахтара эмиэ «Мантан бар», — диирдии сапсыйар. Майаҕатта эргиллэн кэлбит
суолунан төнүннэ. Чучунаа үөһээ хайа диэки ытта турда. Сотору Майаҕатта сүтэрсибит тоҥустарын көрүстэ. Соҕотох сахаҕа этэн тылбаастатан кэпсэттилэр. — Дьоҥҥор эт. Ити кыылы тыыппатыннар. Бэйэтэ да буулуо суоҕа, — диэтэ. Майаҕатта элбэҕи лэбэйбэтин билэллэрэ бэрт буолан сукуһан дойдуларын быстылар. Майаҕатта төрөөбүт түөлбэтигэр кэллэ. Кэрэ аҥарын, күндү киһитин кини эмиэ күөйэ көтөн күрэтэн аҕалбыта. Чучунаа дьахтары кыбына сылдьара эмиэ ону санатта. Баҕар, ол иһин чучунааны тыыппакка ыыппыт буолуохтаах. edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан. Хартыына: ааптар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан