Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аналын толорботох аньыытыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аналын толорботох аньыытыгар
K
edersaas.ru
Категорията суох
11.11.2019 21:00
“Түҥ былыр саха сүрэхтэнэ илигинэ буолбут түбэлтэ үһү” диэн кэпсиир этилэр. Биир ыал “көрөр харахтарын дьүккэтэ, көтүрдэр тиистэрин миилэтэ” күн соҕотох кыыстаахтар эбит. Кыыс тас көрүҥүнэн чугас эргин тэҥнээҕэ суох, олус кэрэ мөссүөннээх эбит. Өйдөөх үтүөтэ, мэйиилээх бэрдэ, асчыт ааттааҕа, иистэнньэҥ бастыҥа уонна үлэһит кэрэ аатыгар эбии буолан, кини сураҕа ырааҕынан-чугаһынан иһиллэн барбыт. Оннук кыыһы ким кэргэн ылыан баҕарыа суоҕай, оҕо дьонуттан оҕонньоругар тиийэ кэлэн ыйыта, суорумньуһуту ыыта сылдьыбыттар. Сорохторун дьоно сөбүлээбэтэхтэр, үгүстэрин кыыс бэйэтэ сирбит. Сыл-хонук ааһан испит. Кыыс ийэлээх аҕата кырдьан, мөлтөөн дьиэлэрин үлэтин кыайбат буолан, сэмээр “үлэһит-хамначчыт, бүгүрү, сытыары-сымнаҕас киһи күтүөт буолан киирэрэ буоллар” диэн быктарар, оҕото суох ыал-ыал быһыытынан эстэрин туһунан бэйэлэрин икки ардыларыгар кэпсэтэр курдук эрээри, улам өрүү кыыстара истэригэр кэпсэтэр буолан барбыттар. Кыыс кэпсэтиигэ кыттыспат, муннунан-айаҕынан тыыммат эбит. Дьоно ити курдук таайтара эрэ сатаан баран, устунан хомуруйан, “дьахтар буолан төрөөбүт айылгыгын толор, кэргэннэн, өлүөхпүт иннинэ сиэн оҕото төрөтөн сүрэхпитин сылаанньыт, оҕо көтөҕөр, харайар дьоллоо. Сотору өбүгэлэрбитигэр бардахпытына, соҕотох хаалыаҥ дии, киһитэ киллэрин, үчүгэй дурда-хахха буолуо” дэһэллэр. Кыыс “ээх” да, “эй” да диэбэт. Дьоно этэ сатаан баран, туһа тахсыа суоҕун иһин, тыл быктарбат буолаллар. Кэргэн кэпсэтэ кэлээччи аҕыйаатар аҕыйаан, устунан ким да кэлбэт буолар. Аҕалаах ийэтэ сиэннэммэтэх хомолтолорун илдьэ утуу-субуу өлөн, кыыс соҕотоҕун хаалар. Дьыл-күн обургу кинини да харыстыа дуо, кэрэ бэйэтэ кэхтэн барар. Биир сарсыарда ынаҕын ыы олордоҕуна кини үрдүнэн уорай халлаан, кый ыраах атын дойду муус дьэҥкир сырдыгын тыктаран, арылла түһэр. Ол аһаҕаһынан хара сылгылаах Хара Суорун тойон кыра уола хара суор хооҕурҕаабытынан түһэн, сиргэ үктэнээт, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн саҕа суор хара киһи буолан “чиккэс” гына түһэр. Кини дьахтары тутан ылан, үөгүлэппитинэн-хаһыытаппытынан “таптаан” кэбиһэр. Сылдьыспыт-сылдьыспыт курдук дьахтар оһоҕостонон хаалар. Дьахтар төрүүр кэмэ кэлэн тыыннаах суор оҕону төрөппүт. Суор оҕо төрүттэрин дойдутун диэки олоотообутунан тахсан, хаһыытыы-хаһыытыы ойуолаан огдооройдоон эрдэҕинэ, кини үрдүнэн уорай халлаан дьөлө ыстаммыт курдук аһылла түһэн, ыҥырардыы дьиримнээн ыла-ыла, муус дьэҥкир сырдыгын суһумнаабытынан барбыт. Суор оҕо үөрүүлээхтик хооҕурҕаабытынан, ийэтин диэки хайыһан да көрбөккө, ол сырдыгы батыһан эһээтэ Хара Суорун дойдутугар өрө көтөн тахсан бара турбут. Мин санаабар, бу, Орто туруу бараан дойдуга кэлэн, Ийэ буолан дьону-сэргэни тэнитэр иэстэрин умнубут дьахталлар дьылҕаларын омнуолуур, кэрэ аҥаардарбыт Үрдүк аналларын толороллоро Айылгы ирдэбилэ буоларын санатар үһүйээн буолуон сөп. Барыыс Махсыымап. Сунтаар, Кутана. “Эдэр саас”, 2001 сыл. Уруһуй: goodfon.ru ылылынна
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан