Кэпсээ
Войти Регистрация

Сибиэн куһаҕаҥҥа көстөр

Главная / Кэпсээн арааһа / Сибиэн куһаҕаҥҥа көстөр

K
edersaas.ru Категорията суох
31.10.2019 20:30
Баанньа ыраах сиртэн ийэтигэр күүлэйдии кэллэ. Күнү-түүнү быһа сэлэһэн, хойутаан сыттылар. Арай Баанньа түүлүн быыһынан иһиттэҕинэ, аан тыаһаа да тыаһаа, ким эрэ киир да киир, таҕыс да таҕыс буолар эбит. Баанньа, “ийэм хаама сылдьар быһыылаах, тоҕо утуйбат баҕайыный” дии санаабыт. Ол эрээри этэ бүтүннүү аһыллан, ким эрэ тэһэ көрөрүнүү, тымныы уунан ыстарбыт курдук дэлби тиритэн уһуктан кэлбит. Оронугар олорон эрэн оһох уонна истиэнэ икки ардыларынааҕы хайаҕаһынан таһырдьа тахсар аан диэки көрө сатыы олорбут. Арай доҕоор, сирэйэ туга биллибэт, санныгар түспүт ыас хара баттахтаах, маҥан ис ырбаахылаах дьахтар ааны сэгэтэн баран иччилээх баҕайытык кинини көрөн ахан турар үһү! Онуоха Баанньа, мааҕыын таһырдьаттан киирэрбэр ааммын хатыырга дылы этим дии санаабыт, куттаммыт, этин сааһа аһыллыбыт, суорҕанын иһигэр дьылыс гынан хаалбыт уонна иһиллиэҕинэн иһиллээн сыппыт. Утуйар уута отой көтөн хаалбыт. Ол дьахтар аны этэрбэһин дуу, таапачыкатын дуу соһон хааман, Баанньа аттыгар кэлбит уонна оронун илигирэппитинэн барбыт. Уол көлөһүнэ олох сарт түспүт, кутталыттан уолуйан хаалбыт, хаһыыра сатаабыт да, саҥата тахсыбат курдук эбит. Бу кэпсээни Баанньа бэйэтэ илэ-чахчы ол кэмигэр төннүбүт курдук, долгуйан олорон кэпсээбитигэр истэ да олорор киһи кутталтан куотуох курдук этэ. Кыра оҕо буолан, мин тулуйумуна, куттанан быһаҕас истибитим. Мин санаабар, арааһа, Баанньа сибиэни көрбүтэ буолуо, дьон да оннук тойоннууллара. Эһиилигэр кини хаайыыга киирбитэ. Сибиэн куһаҕаҥҥа көстөр дииллэрэ кырдьык быһыылаах. “Эдэр саас” хаһыат. 09.01.2002 сыл.
edersaas.ru сайтан